Өбүгэҥ дойдутун умнума


Кэтэх хаһаайыстыба уонна коллективнай предприятия



бет3/5
Дата17.06.2016
өлшемі438.5 Kb.
#142990
1   2   3   4   5

Кэтэх хаһаайыстыба уонна коллективнай предприятия
1988 сыллахха совхоз үлэтиттэн ууратыллан баран, Покровскайга оҕолорбун кытта 4 сыл бииргэ олорон, үлэлээн-хамнаан бириэмэтигэр өрөбүллэнэн, бириэмэтигэр отпускаланан, үрдүк хамнастанан, ичигэс дьиэлэнэн дьоллоохтук олорбуппут ол да буоллар төрөөбүт-үөскээбит дойдум тардан, 1992 сыллаахха Үөдэйгэ төптөрү көһөн тахсыбытым. Оччолорго совхоз государства күүһүнэн эстэ илигэ.мин бастакы көһөн тахсыбыт сылбар бурдук звенотын салайбытым. Аренданнан, договорынан үлэлээбиппит. Үрдүк үүнүүнү ыламмыт звеном дьонугар биллэр көстөр доход тиксииһигин центральнай аппарат билэн үүнэрбит бурдукпутун конфискациялаан баран звенобутун ыһаттаан кэбиспиттэрэ. Ол сыл 1993 сыллаахха совхоз баар техникатын, сүөһүтү тутууларын, оборотнай средстволарын, үлэһит дьоннорун о.д.а. баайы дуолу государства уопсай баайдарын курдук 700-чэ киһиэхэ босхо бэриллэн, коллекивнай кыттыгас баай быһыытынан «Орджоникидзевскай» КП булбута. Директоранын туох да быыбардааһын суох Семенов Анатолий Игнатьевич анаммыта. Үөдэй нэһилиэгэр баайа-дуола ханнык да хамнатыыта суох урукку производственнай баҕатын туппутунан КП бригаднай отделениятын быһыытынан оҥоһуллубуттара. Үөдэйгэ управляющайынан Герасимов Петр Афанасьевич анаммыта. Отделенияҕа сүүс сүүрбэччэ үлэһиттээҕэ.Бастаан КП диэн тугун, ханныгын билбэт буоланнар отделение баайа кэтэх паай быһыытынан государства биэрбитин билбэт этилэрэ. Аҕыйах хонон баран 1993 сыллаахха тохсунньу ый 17 күнүгэр рабочайдр уопсай мунньаҕынан Үөдэйгэ миигин председателинэн, Латышева Елена Дмитриевнаны сүөһү бригадирынан аһаҕас куоластааһынынан талбыттара.

Төрөөбүт дйдубутугар сокуоннай бэйэбитин бэйэбит дьаһанар хаһаайын буолбуппутунан үөрэ санаабытым. Ол эрээри Советскай тутулга үөскээбит-иитиллибит дьаһалтатын, үлэһиттэрин саҥалыы олоххо, дьаһалтаҕа уонна үлэ тэрээһиннэрин оҥоруу, эрдиитэ суох сүүрүгү утары барарга тэҥнээх этэ.

Отделение ис туруга ыарахан балаһыанньалаах этэ. Отторун саппааһа кормовой рационнарынан быһыытынан ааҕан көрдөххө, муус устар ортотугар эрэ тиийэр кыахтааҕа. Дьаһалта үлэтигэр опыттаах буолан араас үлэни-хамнаһы ааҕан-суоттаан, анализтаан үлэлээн барбытым. Сиинэттэн оҥоһуллан кэлбит экономескай былааннара, расчеттара дьиҥннээх фактическай олохторун кытта ырааҕынан дьүөрэлэспэт этэ. Бастаан уута центральнай үрдүкү дьаһалтабыт «давление» оҥорор кыаҕа ыһылла илик буолан бобуу-хаайыы олус күүстээх этэ. Самостоятельнай дьаһалтабытыгар үөһээттэн оройуоҥҥа тиийэ туормастаһар, миэрэлиир дьаһаллар үлэ хаамыытын мөлтөтөллөрө. Ол да буоллар бастакы дьаһалбыт 17 ынахха выбрановка оҥорон, Сиинэтээҕи дьаһалтабытыгар уонна оойуон үлэтигэр, статистикаҕа бас бэриммэккэ өлөртөөн эккэ таһаарбытым. Ол оннугар сүөһүлэрбит кыһыны туоруур кыаҕы үөскэппиппит. Этин харчытыгар Большой Невертан 1 водовоз, ГАЗ-53 автомашинаны, 1 сварочнай агрегаты атыылаһан производствавытын биллэ хамсаппыппыт. Сүөһүттэн ылар продукциябыт I кварталга12% эбилэрин ситиспиппит. Үлэһиттэргэ диссиплинэ, улааппыта. Урут Сиинэҕэ үлэлии сылдьан КТУ (коэффициент трудового участия) сстематын үлэҕэ туттубут опытпун олоххо киллэрбитим. Ол түмүгэр үлэһиттэр үлэҕэ тахсар интириэстэрэ көтөҕүллүбүтэ.

Хамнаһы коэффициент ааҕыллыытынан биэрэр буолбуппут. Продукция оҥорон таһаарыыбыт эбиллибитэ. Үлэһиттэр үлэ боростуойун таһаарыылара суох буолбута.

Сыл аҥрдаах үлэбит түмүгүн киин аппарат оҥорууларынан, бэйэҕэ турар сыанатынан отделенияларыттан Үөдэй биригээдэтэ саамай элбэҕи чэпчэппитин экономист анаализтаабыт бүлүтүөнүттэн билбиппит. Отделенияҕа 9 эрэ ый үлэлэтэн баран, үрдүкү дьаһалтаҕа бас бэрммэт, КП ис структурнай тутулун Николай Николаевич ыһарыгар тиийдэ диэн эмиэ ууратан кэбиспиттэрэ. Миигин Үөдэйгэ землеустроителинэн Үлэҕэ ылбыттара.

Үөдэй КП-га Филиппов Владимир Егорович талыллан үлэлээбитэ. Ол эрээри КТУ системата ыһыллыбыта. Хамнас аахсыыта, доходу үллэстии, үлэ учуота, диссиплинэ мөлтөөһүнэмөкүөрдээх уонна айдааннаах боппуруостарга кубулуйан сыыйа эстэн хаалбыта. Сүөһүнү хаалбытын кэтэх хаһаайыстыбаларыгар үллэстэн ыллбыттара. Техника уонна эргиир средстволарын Филиппов Владимир Егорович эппиэтинэһигэр үллэстибэккэ хааларбыттарын, биллибэккэ-көстүбэккэ алдьанан, атыыланан бүтэн-оһон сүтэн хаалбыттара. Кэтэх хайаайыстыбаларга бэриллибит сылгы, ынах сорох төбөлөрүн өлөртөөн аһаан-сиэн, аҕыйах бэрт ахсааннаах сүөһү чааһынайдарга билигин баар.

Мин землеустроителинэн үлэлиирбэр сири кэтэх хайаайыстыбаҕа биэриини иэнин ыйан, сирин кэмнээн, аатын-суолун суруйан олохтоохторго барыларыгар иэрбитим уонна оройуонунан бигэргэтэн докуменнары туттартаабытым.


Теоритическай үөрэх уонна ситиһиллибэтэх үлэ түмүгэ
Өбүгэлэрбит теория үөрэҕин билбэттэрэ, ол оннугар физическай үлэлиир интириэстэрэ улуутук сайдара. Бэйэлэрин хааччынар дьулуурдара оҕо эрдэхтэриттэн эт-хаан, өй-санаа физическэй эрчилиини чэрдитэр оскуолатынан иитиллэллэрэ. Бу оскуола үөрэтэр-иитэр сүрүн оруола дьулууру, тулууру, сатабылы, кэмчилиири олоххо тардыһар интириэһи, доруобуйаны эрчийиини, куһаҕан идэттэн тэйитиини хааччытара. Бу үөрэҕи теоритическай сайдыылаах өй үлэтинэн сэбилээтэххэ улуу ситиһиини баһылыахха сөп. Ол биһиги өбүгэлэрбитигэр хаппата. Ол иһин оҥорон тааһарар дьоҕурдара сайдыбата, үүнүүнү үөрэтэр сэкириэттэри бэлбэттэрэ тус олохторугар ыарахаттары үөскэтэрэ.

Өбүгэлэрбит уонна билиҥҥи көлүөнэлэри тэҥнээн көрөр буоллахха, үлэҕэ сыһыаны, хаһаайынныы быһыыны-майгыны өбүгэлэрбит улуутук сайыннарбыттар. Ити кинилэр иитэр оскуолаларын үлэтин түмүгэ. Билиҥҥи көлүөнэ теорияннан сэбилэнэр үөрэҕи 23 сыл бохсо үөрэнэн үрдүк били дипломун харамаанналарыгар укталлар. Ол оннугар сатабыллара, үлэҕэ дьулуурдара, тулурдара, доруобуйалара о.д.а. олоххо наадалаах көрүҥҥэ эт-хаан өттүнэн эрчилэн иитиилэрэ быстар дьадьаҥы буолар. Саамай кылаабынайа иитиллэн чэрдийэр бириэмэлэрин куоттарыылара буолар. Үлэҕэ интириэстэрэ сынньалаҥ, чэпчэки үлэнии ирдииргэ, пенсияҕа эрэ дылы үлэлиир тулуур, өй-санаа олохсуйуута общественнай олох-дьаһах сайдыытыгар тэтими үөскэппэт.

Өбүглэрбит иитэр-үөрэтэр оскуолалара 25 саастырыгар дылы эрэ туһаны биэрэрин бигэргэтэллэр. Онтон кэнники эт-хаан, доруобуйа үүнүүтэ тохтуурун, медицина кытта бигэргэтэр.

Сайдыылааах дойдулар ол иһин нэһилиэстибэннэн олохсуйууну, үөрэттэриини политическай олох тэрээһинигэр тутталлар.

Нэһилиэстибэни эһээтэ саҕалаабыт, оҕото тупсарбыт, сиэнэ туругурдубут. Дэриэбинэбит сайдыытыгар эмиэ ити этиллэр тыллар, сөптөөх хайысхатын тутуһарга ыҥырыллыах курдук көтө сылдьан олохсуйар дьоннордоох дойдуга, чэлгийэрин кэтэһимэ.

Харыйалаах арыы хаһаайына кимий?
«Биир маһы кэртиҥ, иккини олорт» - диэн мээнэҕэ туттуллубат этии. Өбүгэлэрбит традициялара төрөөбүт дойдуларын нэһилиэстибэннэн харыстыыллара. Өллөхтөрүнэ да төрөөбүт дойдуларыгар харайалларыгар кэриэстэрин этэллэрэ. Күөллэрин балыгын эстэн халыар диэри бултаппаттара. Көтөр-сүүрэр, төрүүр-ууһуур кэмигэр бултуур сэби-сэбиргэли хомуйан ылалларын модьуйаллара. Тыаҕа уоттан сэрэхтээх буолууну хас биирдиилэрэ кытаанахтык тутуһаллара. Баһаар буоллаҕына, дэриэбинэҕэ үлэни кыайар дьон бука бары көхтөөхтүк кытталлара. Суолга туора мас охтубут буоллаҕына, Ким да харайбакка быһа ааспаттар. Нэһилиэк уопсай туһанар баайын-дуолун, күрүөтүн-хаһаатын, сирин-уотун чөлүгэр түһэрии кыһалҕата тирээтэҕинэ Ким да туора турбат. Быһатын эттэххэ, дьиҥнээх төрөөбүт дойдуларыгар хаһаайынныы кыһамта ис дууһаларыгар, суобастарыгар оҕо саастарыттан кырдьыар дылы кытаанахтык иҥэн чэрдийэр.

Бүгүҥҥү кэм дьонун ылан көрүөххэ.

Харыйалаах арыыга олохсуйбут 17 өбүгэ аҕа уустарыттан Бродниковтар, Кировтар, Евграфовтар, Парфеновтар, Тарасовтар, Шадриннар, Мартыынаптар о.д.а. эстэн хаалыар дылы республика араас муннуктарыгар ыһыллан олохсуйбуттар.

Харыйалаах төрүт үөскээбит Кэлсиинтэн, соҕотох ыалтан 1750 сытан, 2006 сылга тарҕаммыт ийэ, аҕа уустарынан 500-600 киһиэхэ тиийбит. Атын аҕа уустарын үөскээһинэ итинтэн итэҕэһэ суоҕа биллэр. Государственнай колликтивизациялааһын хайысхата төрүт олохтоох дьону дойдуларын айылҕатын көмөтүнэн бэйэлэрин бэйэлэр хааччыныыларын ыһан, толору государственнай хааччыйыыга интириэстэрин үөскэтэн, айылҕа хас күн аайы көрөр истэр хаһаайынын суох оҥорон, сылга биирдэ-иккитэ быһа охсуллан хонтуруолланар государственнай уопсай бас билиигэ кубулуппут, Советскай «босхо» сир хаачыйыытыгар олорбут. Харыйалаах төрөөбүт дойдум хаһаайына хана олороруй? Бу билиҥҥи Үөдэй олохтоохторо государства харчы биэрдэхтэринэ эрэ мас киллэринэн бэйэлэрин оһохторун оттунар, аҕалан биэрдэхтэринэ эрэ остуолга олорон аһыырга уонна государства үбүлээтэҕинэ эрэ дойдуларын оҥосторго үөрэммит дьон, айылҕаларын харыстыыр, дойдутун көмүскэнэр, туора дьонтон бэрээдэги ирдиир ис дууһаларыттан хаһаайынныыр өй-санааҕа хаһан кириэхтэрэй? Бастакы сокуон оҥоһуллубута, оттон ону Ким үбүлүүр, Ким олоххо киллэрэр. Эдэр ыччаттарбытын 100% дойдубутун хаһаайынныырга теорияннан 23 саастарыгар дылы, физическай үлэҕэ үөрэппэккэ, сэблээбит оҕолорбут тоҕо дойдуларыгар олохсуйбакка куоракка куоталларый? Оччоҕо киммит кэлэн дойдубутун дьаһайан сайыннарар. Сыл аайы сирбит бэрсэр баайын-кыаҕын таах туһата суох сытытар, олох-дьаһах хайысхатыгар халыйыы кэскилэ, сайдыыны хааччыйыахтааҕар катастрофаҕа тиэрдиэ суоҕа дуо? Биһигини мэлдьи алмаз, нефть о.д.а. сир аннытан хостонор баайбыт харчыннан хааччыйан иитэргэ, эмньик оҕо курдук бүөбэйдиэ дуо? Тоҕо айылҕабыт сыл аайы бэрсэр баайын туһаммакка, бэйэбитин бэйэбит хааччына үөрэммэккэ, ытыс тоһуйан айахпытын хааччыныыга халыйдыбытый?

Советскай союз дьонун тиэйэн аҕалан аһынан-таҥаһынан, босхо дьиэннэн кыайан хааччыйбакка эстэн хаалбытын умнубут дуу? Рыночнай эргиэнинэн бэйэбитин бэйэбит дьаһанан, хааччынан сайдыахтаах этибит да республика эргинэн булбут харчытыгар эрэнэн хос үөһээттэн хааччыйар хайысхаҕа төптөрү баран эрэбит, буолбатах дуо?

Советскай кэмигэр биһиги территориябытыгар 4 нэһилиэктэн соҕотох Үөдэйгэ эрэ хаалбыта дии. Дьоммут барыта куоракка көһөн хаалбатахтара дуо? Оттон күн бүгүн Үөдэйгэ 1988 сыллаахха 615 баарыттан 2006 сылга 350 киһи эрэ ордон буорбутун булкуйан аһаабыта буолабыт да тоҕо эрэ ыччаттарбыт куоракка көһөн көҕүрүү турабыт. Уонна Үөдэйбит тугунан сайдар диэн этиэхпитин сөбүй? Иччитэх дьиэлэр, күл-көмөр буолбут тыабыт, балыга аҕыйаабыт күөллэрбит, чыычаах ыллаабат, оҕус мөҥүрээбэт алаастарбыт, республиканы байыталлар дуу? Эбэтэр үлэ булбакка Покровскай, Якутскай уулуссалары кэрэйэ сылдьан криминалы сайыннарга киирбит ыччаттарбыт миэстэлэрин улуу сайды курдук ааҕынабыт дуу?

Республика үрдүкү дьаһалталара бэйэлэрэ эмиэ хааччыйыы үрдүк хамнаһын ирдээн киирбит тыа дэриэбинэтин ыччаттарыттан составтааҕын уонна кэлэн куоракка суругунан, тылынан дьарыктанан хамнастанар чиновниктары халыҥатарга үллэр үбү, халыйар харчыны куду анньан биэрэллэрин, буору булкуйан аһыытын булунар бааһынайдар оҕолоро, ымсыыран куоракка куоталларын, Ким үбүлээн, көҕүлээн үүннэн-тэһииннэн, сүрүннүүр, дэриэбинэҕэ тохтоон олохсуйалларын дьаһайыах айылаах. Ким баарын, тус бэйэм өйдөбөппүн. Ол содула хойутаан дэриэбинэбит олох да суох буоларыгар тиэрдээрэй? Бу дьиҥнээх олоххо буола турар балаһыанньаны аһаҕастык кэпсэтэр, туруорсар уонна толкуйан үп-харчы дохода хантан булан олохтоох бюджеты халыҥатан, ону хас биир солкуобайын 5-10 солк. Элбэтэр экономическай эргиири үөскэтэр эдэр ыччаттарбытыттан талан ылар ыарахан буолла.

Сыл аайы улус, республика салайар специалистара бэйэлэрин үлэлэрин, кыайыыларын хотууларын отчуоттанан бараллар. Ол бириэмэтигэр кытыы нэһилиэк кыһалҕаларын сурунан, истэн баран дьаһалы ылыах буолаллар да эһиилги отчетка дылы ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэллэр. Ити курдук реформа саҕаламмыта 15 сыл ааста да олохтоох дьоммутун олохсутарга туох да миэрэ ылбатылар. Иччитэхсийэн эрэр Үөдэйи мантан антах тугунан сайыннарабытый? Кумаҕыга суруллубут олоххо кыайан туһаммат сокуоннары кууһан олоробут. Сыл аайы киһитэ көҕүрээтэҕин аайы оскуолаҕа, детсадка, лесхозка, больница, почтаҕа, сибээскэ о.д.а. 20-чэ тэрилтэҕэ сокращения оҥоруу, дириэбинэ сайдыытын хайдах хааччыйыаҕын Ким да толкуйдаан инициативнай дьаһалтаны көтөхпөттөр да, дьону мунньан кэпсэппэтилэр даҕаны. Дьону мунньахха мунньар даҕаны проблемаҕа кубулуйбут. Буолумуна, олохтоох ис информацияны дьоҥҥо тириэрдии, тарҕатыы быста дьадьайда. Местнай телевизорнай передача суох, радио передача сабылнна, кулуупка дьон интириэһин тардар үлэ мөлтөотө, ис дьаһалта ыалы кэрийэн информациялыыр агитациялыыр кыаҕа үп-харчы суоҕа улахан тэтимнээх үлэни хааччыйбат буолла.

Быһатын, эттэххэ, барыта үөһээттээн үбүлээһин суоҕар сигэнии инерциятыгар хам ылларан баран олоробут.

Оттон сүүһүнэн мөлүйүөн сууммалаах айылҕа ыл аайы бэрсэр баайын кыайан туһаҕа таһаарыммат буола көдьүгүрбүппүт.

Үөһээттэн хааччыйыы харчыта 2-3 ый кэлбэтэҕинэ, сутуох курдукпут. Бу сайдыы буолбатах төптөрү бары. Үөһээттэн хааччыйыы сылы да быһа кэлбэтэҕинэ, бэйэбитин кыанар буоларга толкуйдааһын инициатива күүскэ, сайыннаҕына эрэ бэйэбитин бэйэбит дьаһанар кыанар буоллубут диэхтээхпит.

Ити буолар билиҥҥи российскай, республиканскай, политическай олох-дьаһах сайдыытын тэрийэр сүрүн сыала уонна соруга. Ону бары өйдүүр уонна кыһаллан олоххо киллэрдэхпитинэ эрэ дойдубут сайдар кыахтанар.



Государстваҕа көмөм улаатар
Советскай кэмҥэ киһи 80 сыл олох олорор буоллаҕына, 22 сыл государства суотугар босхо үөрэнэр, онтон пенсияҕа тахсан 25 сыл иитимньи буолар. Атыннык эттэххэ 47 сыл иитимньиигэ кубулуйар. Биир өттүнэн өйдөөтөххө, тустаах киһиэхэ олус элбэх сынньалаҥ хааччыйыыннан туһанар. Иккис өттүнэн өйдөөтөхө, государстваҕа олус элбэх хоромньуну туһаарар. Ити дьиҥнээх факт.

Государства ити хоруомньуну билиҥҥи ыытыллар реформаннан тустаах киһи бэйэтигэр хаалларарга суруктанар. Бастакытынан үлэлиирин тухары киһи бэйэтин хамнаһыттан пенсиятыгар анаан уган иһиэхтээх. Иккиһинэн чааһынай бас билиигэ төрүттэнэр государства норуода тус бэйэтэ тэриммит үлэтин үйэлээх сааһын тухары бырахпата биллэр. Атыннык эттэххэ тэриммит предприятияҥ бэйэтэ үлэлэтэр, эбэтэр ыччатыгар нэһилиэстибэлээн өлүөр дылы көмөлөһөр.

Сайдыылаах государства сайдыытын биир хааччыйар государственнай тэрээһинин хайысхата онуоха олоҕурар.

Итиниэхэ тус бэйэбин холобурдуохпун баҕарабын. Пенсияҕа тахсыбытым 10 сыл буолла. Советскай сокуонунан тус бэйэбэр аахсар хамнаспыттан пенсиябын хааччымматаҕым, онон билигин государства бюджетыттан РФ саҥа былааһын иитиитигэр олоробун. Советскай былаас иэһин төлөөбөккө бэйэтэ эстэн хаалбыта. Иккиһэ чааһынай бас билиигэ РФ саҥа сокуонугар олоҕуран кэтэх усадьба, ходуһа, бааһына ыламмын тус бэйэм интириэспэр үлэлиир буолан хас сыл аайы 100-150 тыһ.солк. тыа хаһаайыстыбатын продукциятын оҥорон таһааран норуоту хааччыйыыга государстваҕа элбэх көмөнү оҥоробун. Ону таһынан, тастан биир да көмө киһитэ суох 2005 сыллаахха кыһыҥы 5 ыйдаах үлэ чааһын туһаҕа таһаарар туһугар 9,5х7 м иэннээх мас дьиэни көҥдөйүн тыаттан кэрдэн, тиэйэн, суоран, тутан баран, саас суол оҥоһуллубутун кэннэ оҕолорбун көмөлөһүннэрэн, Покровскайга кыра кыыспар Аидаҕа (Скрябиннэр) анаан туппутум. Быйыл 2006 сылга, Кельцинов Матвейга анаан дьиэтигэр газ оһоҕун туруоран котельнай дьиэтин оҥордум, ону эмиэ суол арыллыннаҕына киллрэн туруоран биэриэм. Ити курдук пенсияҕа тахсан баран 2 гараһы, картофелехранилищены склад, 2 сарайы, 1 биир улахан хотону, сайылык дьиэтин оҥортоон үлэҕэ киллэртээтим. Ону таһынан 3 км күрүөнү, кыра-кыра сарай, кладовкаларын оҥортоон үлэҕэ киллэртээтим. Бу буолар дьиҥнээх кэтэх хаһаайыстыбаннан государстваҕа көмө буолар кэскиллээх рыночнай хайысхалаах соругун, сыалын олоххо киллэрэ сатыырга бэйэм өттүбүттэн көмөлөһөр соругум туолуута. Доруобуйам үчүгэй буоллаҕына өссө да үлэлииргэ интириэһим оҕолорбор, сиэннэрбэр үлэ миэстэтин тус бэйэм хааччыйарга санаабын ситиһэргэ кыһаллабын.

Советскай кэмҥэ сири бас билиини боболлоро, тугу эмэ атыылыыр эргинэр буоллахха, спекулянт быһыытынан дьүүлгэ тардаллара.

Итинник киһи үлэлээн дьоҕурун туһаҕа таһаарыныытын уонна сир дойду сыл аайы босхо бэрсэр баайын-дуолун норуот туһатыгар сайыннарыы, сокуонунан бобуллуута государственнаһы сайыннарар кыаҕын хааччыйбатаҕа, ити төрүттэнэрин өйдөөбүтүм өр буолла.

Нэһилиэк иһигэр бэйэни дьаһаныы олоххо киириитэ олус бытаан, ол сүрүн үлэтэ миэстэтигэр сайдан, дьиҥнээхтик тэрээһин үлэтэ ыытыллыбат. Онуоха сөптөөх үп-харчы хааччыйыылара олохтоох дьаһалтаҕа бэриллибэккэ посредниктарга тарҕатыллан, тэтимнээх туһа биэриитэгэр, ардыгар сыыһа хайысхалары сайыннарар.

Ахсынньы ый, 2006 с.



Дойду дьонунан чэлгийэр

Куорат хааччыйыынан,

Дэриэбинэ дьонунан сайдар.

Сир айылҕатын дэриэбинэ дьоно сайыннарар да, кэхтэр да хайысхалыырын быһааран ааспыт олохпутуттан ахтыыларбын суруйдум.

Куорат олоҕун хайысхатынан сиэтилллэн, дэриэбинэ эмиэ үп-харчы уонна сир уу, салгын балансвай эрэ хааччыйылларынан кэлин хайысхаланан олохпут биир сүрүннэммит. Туһаныллыбыты чөлүгэр түһэрии, хас бирдии киһиннэн ис дууһатынан сайдыбыт өйүнэн-санаатынан эрэ ситиһиллиэхтээх. Сүүс киһини биир киһиннэн хонтуруоллатан, ыстырааптаан айыҕаны сайыннарары кыайбакка, олохтоох бэйэни дьаһаныыга киирии кэмигэр хос төннө сатыыбыт. Рынок үйэтин сайдыытын механизма норуоту олохсутууга 2 хайысхалаах. Үөһээттэн кэлтэй хааччыйыыны уонна бэйэни дьаһанан хааччыныы. Дэриэбинэ дьоно өбүгэ саҕаттан бэйэтин хааччынар олох хайысхатынан олобута. Ол эрээри үөһээттэн хаачыйыы күүстээх сайдыытын конкуренцията кыайда. Онон дэриэбинэ дьоно массовай куоракка халыйыыларын үрдүкү дьаһалта кыайан тохтото илик. Ол түмүгэр дэриэбинэ дьоно мунан криминалы сайыннаран эрэр. Дэриэбинэ иһигэр тэҥэ суох хааччыйыы харчыта дьону тохтотон бэйэлэрин хааччынары сайынарынар кыаҕы үөскэт э илик. Төһөннөн дьон массовай хааччыйыыга халыйан найыланыыта улаатар да соччонон, госбюджетка үп-харчы дефицита улаатарын үрдүкү дьаһалта салайааччылара бары өйдүүр буолбатахтар. Билиҥҥитэ хааччыйыы хайысхатыгар бары көрүҥнэригэр, куолас ыраҕынан кыайар.

Бэйэм дэриэбинэбэр туһалаан этэр буоллахха дьиэҕин, хотоҥҥун оҥотсоргор, сүөһү иитэргэ, бурдук үүннэринэргэр кэргэҥҥиттэн харчы көрдөөбөккө, түүннэри-күнүстэри бэйэҥ үлэҕинэн үлэлээн, мин тус уопуппун туһанаргытыгар сүбэлиибин. Ол туһунан ахтыыларбар суруйбутум.

Ити курдук үлэлээтэхпитинэ, аҕыйах сыл иһигэр дэриэбинэбит, сайдарын саарбахтаабаппын. Дэриэбинэ сайдарын туһугар, ардыгар босхо үлэлииргин кэрэйимэ. Ити өбүгэлэрбит үтүө майгылара.

Олорор мутукпутун кэрдимэҥ. Үрдүк үөрэҕи нэһилиэстибэннэн баһылыыргытыгар сүбэлиибин. Таҥара барыгытыгар көмөлөстүн!

II чааһа.

Харыйалаах арыыга буолбут түбэлтэлэри, үһүйээннэри

итэҕэйиэхпин баҕарыбын
Бу түбэлтэ 1949 сыллааха буолбута. Биһиги оҕолор күн аайы колхозка үлэлиирбит. Төрөппүттэрбит үлэҕэ ханна анаммыттарынан тарҕаһан сайын үлэлииллэрэ. Мин ийэм ыанньыксыттыыр буолан Туораһыҥҥа, Саҥа Сайылыкка, Сохумаҕа үксүгэр сайылыыра.

1949 сыллаахха кураан буолан эбитэ дуу, эбэтэр колхоз сайыҥҥы, күһүҥҥү хонуутун үлэлэрэ кыаттарбакка эбитэ дуу, ферманы сайылыктан Хааттарарга көһөртөөн киллэрбиттэрэ. Хаттарарга бүтэйдэрэ кыараҕас буолан, ынахтарын эрдэ оттонон бүппүт ходуһаларын кэнчээритигэр манаан мэччитэлэрэ. Харыйалаах арыыга бурдук, хортуоска үуннэрэллэрэ уонна ферма ыанар ынахтара, сылгылара, субай сүөһүлэрэ кыһын кыстыыр буолан, күһүн колхоз үлэһиттэрэ арыыга мунньусталлара.

Ол күһүн ийэм Хоту остолубуой (отчуттар дьиэлэрэ) таһыгар баар дьиэҕэ Чурукка Кэтирииһин кытта дьуккаахтаһан күүһээри сайылыктан көһөн киирбиттэрэ. Оччолорго колхоз сайыҥҥы үлэтэ 10-14 г. уһуннаах буолара. Ийэм күҥҥэ3-4 Хааттаргар ферма ынаҕын ыары төптөрү-таары хаамар. Ол быыһыгар бурдук баайыытыгар көмөлөһөрө. Дьиэтигэр биирдии ыанар ынахтарын эмиэ ыахтарын наада. Кэтэх ынахтарбыт сайын отчуттар көлүнэр аттарын хаайар бүтэйдэригэр мэччитэллэрэ. Киэһээ аайы Ким эрдэ соҕус кэлбит, күн киириэн иннинэ хотоҥҥо аҕалан баайарбыт.

Арай биирдэ Кэтириис уола «Сып Кутурук» (хос аата) үчүгэй аата Асекритов Винокур күн киириэн аҕай иннинэ кэтэх ынахтарын бүтэй иһиттэн аҕалтыы барбыт. Ылдьаака уонна Бүөтүркэ күөлүн икки ардыгар Бүөтүркэ өтөҕөр турар иччитэх дьиэни аһаҕас түннүгүнэн өҥөйбүт. Көрбүтэ кини саастыылаах табаарыһа Васильев Калистрат эргэ сиҥнибит оһох аттыгар оонньуу олорор үһү. Көрөөт да үөрэ санаабыт уонна иһирдьэ киирэн тарбыйах туйахтарынан оонньоон барбыт. Оонньуу сылдьан «Эн ийэҥ аата Ким диэн этэй?» диэн Винокур ыйыыппыт. Ону «Төп төгүрүктэр» диэн эппиэт истэн дьиктирээн «Ол хайдах төп төгүрүктэрий» диэн өйдөөбөтөх. «Мин билигин бу кутуйах хороонугар киирэн барыам» диэн соһуппут. Өс киирбэх «Чэ, киир эрэ!» хап-сабар эппит уонна хайдах-хайдах буоларый дии санаан сирэйин хараҕын одууласпыт. Көрөн турдаҕына эмискэ кыччаан-кыччаан кутуйах саҕа төп-төгүрүк буолан баран, хороонугар киирэн хаалбыт.

Сып кутурук ханна барбытын өйдөөбөт буолуор дылы куттаммыт. Өйдөммүтэ борук-сорук буолбут, эргэ баҕана төрдүгэр уҥа түһэн сытар үһү. Ону биһиэхэ дьиэтигэр сарсыныгар эрэ уоскутан баран кэпсээбитэ. Онтон ыла ол дьиэ аттынан түүн сылдьыбат буола сылдьыбыппыт. Ити кэнниттэн сотору Калистраты быраата Сергей тээпкэннэн көхсүгэ охсон хаан бөҕө баран балыыһаҕа сыта сылдьыбыта. Кэлин Якутскайга Совпартшколаҕа үөрэнэн Сиэбэргэ үлэлии тахсан баран, эмискэ төбөтүнэн ыалдьан иирэр бараакха эмтэммитэ. Кэргэннэммэккэ хойут сааһыран баран өлбүтэ. Винокур армияттан сулууспалаан баран Атас Баска кыыһын Ольганы кэргэн ылан 3 оҕолонон баран, эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүтэ.


Улахан Тарыҥ иччитэ
Ой-Мураан устугас ньуучаларын олохсуйбут дэриэбинэтэ ХХ үйэ 60-с сылларыгар бөдөҥсүтүү содулуттан эстибитэ. Бэйэтин кэмигэр дьоно-сэргэтэ элбэн оттуур ходуһа хаппат буолан барбыт. Филиппов Матвей Николаевич оттур ходуһата хаппакка Фаина диэн кыыһынаан Улахан-Тарыҥҥа оттоору палаткаҕа олорбуттар.

Биирдэ кыыһын хаалларан Ой-Мурааҥҥа дьиэтигэр аһылык киллэрэ тахсыбыт. Хойутаан хаалан ол киэһээ төннүбэтэх. Сарсыныгар күнүс Тарыҥҥа кэлэн мас тыытын биэрэккэ тарда туран кыыһа биэрэккэ сүүрэн кэлэр бэйэтэ, кэлбэтэҕиттэн муодарҕыы санаабыт. Чэй өрөр чаанньыга сыыр ортотугар таска иҥнэри сытарын көрөн өссө улаханнык куттаныах санаата кэлбит. Палаткатыгар кэлбитэ кыыһа хомут сибиэнэ суоҕа, букатын да куйахата күүрүөр дылы куттаабыт. От охсубут сиригэр аҕыйах бугул мунньан туруорбут. Санаатыгар ыҥыран хаһыытаан көрбүт да Ким да биллибэтэх. Ыксаан чэйдэммэккэ да тыаны, хонууну барытын кэрийэн көрдөөбүт да суола да суох сүтэн хаалбыт. Куттаныан иһин Харыйалаах арыы дьоно, Улахан Тарыҥҥа урут дьон сүтэн хаалалларын кэпсээбиттэрин санаан тугу гыныан, ханна барыан буолбатах. Саатар дьон ыҥыра Харыйалаахха киириэн, киэһэрэн борук-сорук буолбут. Ол олордоҕуна биэрэк устун тааһы саппыкы саллыргатар тыаһа ааһан эрэрин истэн палааткатын өҥөтөн көрбүтэ, киһитэ суох тыас эрэ оргууй аҕай соҕуруу ааһа турбут. Ол кэнниттэн сотору соҕус буолан баран, аны палаткатын аттыгар атах тыаһа сырдырҕаан кэлбит «Аны миигин сиэри кэллэ» диэн санаан куттанан олордоҕуна кыыһа киирэн кэлбит. Онно үөрбүтүттэн ордук хаһан да үөрбэтэҕин аһаан-сиэн баран, арыый уоскутан, хайдах буолбутун кэпсээбит.

Фаина отун хомуйан үлэлээн баран киэһээ чаанньыгын тутан уу баһа киирбит. Уу баһан тахсан истэҕинэ хаҥас илиитин орто тарбыҕыттан, киһи бэйэтэ суох, илиитэ эрэ туппут. Илиитин тардыалаһан көрбүт да олох ыыппатах. Күүстээх баҕайы Илии ходуһаны, ууну, бадарааны ортотунан сиэтэн, үрэх иһинэн сискэ таһаарбыт. Ол курду хоту-маһа үрдүнэн сиэтэн төһө ыраах илдьибитин өйдөөбөтөх. Кэлин, уоскуйан өйдүү биэрбит, кырдьаҕастар эппиттэрин «Абааһы сиэттэҕинэ хаҥас санныгынан нөҥүө кэннигин көрүн» диэни. Кэннин эргиллэн көрбүтүгэр сиэтэн испит Илии ыһыктан кэбиспит. Хараҥа буолан ол түүҥ сыгынах төрдүгэр олорон хоммут. Таҥаһа дэлби сытыйан, алдьанан титирээн хомут. Халлаан сырдаабытын кэннэ мунан тыаны, бүтүннүү кэспит. Хойут үрэх сүннүн булан таҥнары уһун баҕайытык хааман палаткатын булбут.

Бу туһунан Үөдэй олохтооҕо Герасимова Клавдия Ильинична уонна Ой-Муран кырдьаҕас олохтоохторо кэпсээбиттэрэ.

Филиппов Матвей Николаевич онтон бэттэн Тарыҥҥа сылдьыбат буолбут. Кинини сөнньүө уола Матвейка оҕонньор диэн ааттырбыт. Олус элбэх хабдьыгыраабыт, бөдөҥ саҥалаах, сахалыы ньууччалыы булкуйан элбэх кэпсээннээх «бааһынай» оҕонньоро этэ. Эдэр эрдэҕиттэн Сэбиэскэй иитиигэ үөрэммит буолан, харса-хабыра суох, абааһыны, иччини итэҕэйбэт санаатын биллэрэн, ардыгар дьону күлүү -элэк оҥосторо. «Тарыҥ иччитэ бэйэтин биллэрдэҕэ» диэн дьон билигин сэтэрииллэр. Биир төрөппүт уола Леонид Якутскайга университет препадавателинэн үлэлии сылдьан аварияҕа түбэһэн өлбүтэ.



Достарыңызбен бөлісу:
1   2   3   4   5




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет