Тулалыыр эйгэни харыстааһын сыла түмүктэннэ
Күөх дуолбут – быстыбат быйаҥмыт
Тулалыыр эйгэни харыстааһын сыла биһиги республикабытыгар тэрээһиннээхтик ыытылынна. Ол курдук, сыл бэлиэ түгэннэринэн Арктика үүнээйитин уонна хамсыыр харамайын харыстааһын Арктикатааҕы сэбиэтин оробуочай бөлөҕүн киэҥ ыҥырыылаах сүбэ мунньаҕын, экологическэй хонтуруол уонна кэтээн кѳрүү (мониторинг) күүһүрдүү үлэтин, Канадаттан үһүс төгүлүн отут бизон аҕалыллыытын, сыл устата ыытыллыбыт “Айылҕа уонна биһиги”, “Кыра үрэхтэр туруктара – норуот доруобуйатын мэктиэтэ” акциялары, Эдьигээҥҥэ хатыыс ыамаларын үѳскэтэн таһаарар көһө сылдьар сыах үлэҕэ киириитин, сылы түмүктүүр Москваҕа айылҕа харыстабылын үлэһиттэрин Бүтүн Россиятааҕы IV съезтэрин, үрүҥ эһэни харыстааһыҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы сугулааны, “Арктика: бүгүн уонна сарсын” Санкт-Петербурга буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы форуму о.д.а. ааттыахха сѳп.
Сыл чэрчитинэн республикаҕа туох үлэ барбытын туһунан СР айылҕа харыстабылын министрэ Владимир Григорьевы кытта кэпсэттим.
-- 21-с үйэ саҥатыгар диэри айылҕа харыстабылыгар улахан сокуоннар суохтара. Онтон болҕомто ууруллан, тэтимнээх үлэ барбыта. Экологическай үѳрэхтээһиҥҥэ, хонтуруолга уонна кэтээн кѳрүүгэ, бултааһыҥҥа, балыктааһыҥҥа балачча элбэх сокуоммут республика уратытын, күнүн-дьылын учуоттаан, сөп түбэһиннэрэн, уопсай Федеральнай сокуоннар принциптэрин кэспэккэ эрэ бэйэбит испитигэр оҥоһуллубуттара ордук туһалаахтар. Уопсайынан сокуону ылыыга атын субъектартан инники күѳҥҥэ сылдьабыт. Оттон билигин Россия үрдүнэн мунньуллубут элбэх экологическай кыһалҕалары туоратарга саҥа сокуоннар ылыллаллар. Онтон туора турбаппыт.
Ууну ырааһырдыы
-- 1992 сылтан республика салалтата, ол иһигэр биһиги министерствобыт уу боппуруоһунан утумнаахтык дьарыктанар. Министринэн ананаат Бүлүүнэн, Мирнэйинэн, Ньурбанан, Сунтаарынан эргийбитим. Улуустар, нэһилиэктэр салалталарын, олохтоохтору уонна “АЛРОСА” компанияны кытта көрсүбүтүм. Эһиилигэр, 2007 сыллаахха, Бүлүү экологическай сулууспатын, общественнай экологтары, министерствобыт специалистарын түмэн компания хайдах үлэлии олорорун билиһиннэрбиппит, сибээс олохтообуппут.
“АЛРОСА” компания 2007-2011, 2012-2018 сылларга үлэлиир сиригэр-уотугар тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа туһаайан, биир тиһиктээх комплекснай программалары ылыммыта. Олору оҥорсууга министерство быһаччы кыттыбыта. Сүбэнэн, тэҥнээн көрүүнэн оҥоһуллубутун кэннэ, СР Правительствотын кытта сөбүлэһиигэ илии баттаммыта. Ол чэрчитинэн айылҕа харыстабылыгар АЛРОСА компаниянан 2018 сылга диэри 10 млрд. суумалаах программа ылыныллыбыта. Ол программа иһинэн:
алмааһы сууйар, рудаттан таһаарар аналлаах фабрикалар, карьердар уулара уруккутугар Бүлүү өрүскэ ыраастаммакка быһа киирэ турбут эбит буоллахтарына, ол тохтотуллубута. Билигин туттубут ууларын иккистээн туһаналлар, туһаҕа таһаараллар. Буортулаах веществолардаах уу сиринэн киирэн, бэлэмнэниллибит көлүйэҕэ түһэр, сѳҥѳрдүллэр, ырааһырар. Ити Бүлүү уутун ырааһырдыыга улахан хамнааһын.
Мирнэй, Удачнай, Алдан, Ленскэй куораттарыгар ѳрүстэргэ, үрэхтэргэ киирэр туттуллубут ууну ыраастыыр тутуулар ыытылла, саҥардылла сылдьаллар. Мирнэйгэ иһэр ууну ыраастыыр станция аһылынна. Удачнайдааҕы, Мирнэйдээҕи ГОК-тар үлэлиир сирдэрэ уу хаачыстыбатыгар эмиэ сыһыаннаахтар. Марха ѳрүс сэттэ нэһилиэгэр иһэр ууну ыраастыыр установкалар таҥыллан туруорулла сылдьаллар. Кирдээх уу сир анныттан тахсыан эмиэ сөп. Хайалары, сиһи уҥуордуур, туустаах уу, үрэхтэри кытта холбоһор. Түмүгэр доруобуйаҕа охсор веществолара элбииллэр. Радиация урукку ракета тобоҕуттан эрэ буолбакка, озон араҥата чарааһыттан эмиэ тутулуктанар. Сиргэ радиационнай фон баар буолуон эмиэ сөп. Ол тута буолбакка, онно уһуннук олордоххо дьайыан сөп.
Салгын киртийиитэ
-- Промышленнай уобаластары кытта тэҥнээтэххэ турукпут арыый ордук. Дьокуускайга, Мирнэйгэ, Нерюнгрига салгын балачча киртийбитэ бэлиэтэнэр. Дьокуускай салгынын транспорт, ГРЭС, ТЭЦ буортулуур. Нерюнгрига чоҕу хостуур разрез, Мирнэйгэ “Мир” трубкаттан сероводород тахсар. Итиннэ толкуйдаммыт, кэлим үлэлэр бараллара ирдэнэр. Холобур, Дьокуускайга транспоры бэрээдэктиэххэ, оттугу (топливо) газка уларытыахха, суолу оҥоруохха, турбаларга быылы, күлү тутар установкалары туруоруохха. Быылга иҥмит газ төттөрү өрө көтөн тахсыбытынан тыыныы туох да үчүгэйэ суох. Ол иһин, маныаха далааһыннаах кэлим дьаһаллар наадалар. Оттон Нерюнгри уонна Мирнэй куораттарыгар научнай тѳрүккэ олоҕуран онно баар бѳдѳҥ компаниялар хамсатыылаах дьаһаллары ылыахтаахтар.
Тулалыыр эйгэни харыстааһын
-- 1999-2000 сылларга улахан туруорсуунан, “АЛРОСА” АК Бүлүү бѳлѳх улуустарыгар баар экологическэй кыһалҕалары быһаарарга барыһыттан 2%-ны нэһилиэнньэ туһугар, ол эбэтэр сылга миллиард курдук харчыны биэрэр. Ол үбү бу улуустар дьаһалталара анал сэбиэт быһаарыытынан, араас тутууга, бүгүҥҥү наадалаах боппуруостарга ыыталлар. Дьиҥэр, ити үптэн балачча сууманы тулалыыр эйгэни харыстааһын, иһэр ууну ыраастааһын боппуруостарыгар туһаайаллара буоллар, уһун кэмҥэ кэскиллээх дьыала быһаарыллыа этэ. Экологияттан дьон доруобуйата быһаччы тутулуктаах. Сэрэтэр үлэни күүһүртэххэ, туһата өссө улахан буолуо.
Көмүс хатырыктааҕы элбэтии
-- Сэрии сылларыгар сорох ѳрүстэртэн сылга сэттэ тыһыынча тоннаҕа тиийэ балык тууһанан фроҥҥа ыытыллара. Кэлин көмүс хостооһуна, промышленность сайдыыта балык аҕыйааһыныгар тиэрпитэ. 1990-с сыллартан ырыынак ыган, хоту дойду дьоно күндү балыгы туттаран дохуоттанар буолтара. Ол барыта түмүллэн, билигин төһө да сөбүгэр уулаах-хаардаах курдукпут иһин, балыкпыт саппааһа аҕыйаан квотанан бултанарынан күннээҕи рациоҥҥа таһаардахха, дэлэйэ суох. Итиннэ тоҕоостоох кэмигэр сиэмэх балыктары (сордоҥ, сыалыһар, алыһар, мунду о.д.а.) астааһын тэриллибэтэҕэ эмиэ охсор. Сиэмэх балыктары бултааһын уонна астааһын үлэтэ тэриллэрэ буоллар, үрүҥ балык элбиэ этэ.
Мантан сиэттэрэн балыгы дэлэтии үлэтин туһунан эттэххэ, элбэх үбү уонна түбүгү эрэйэр үлэ. Бастатан туран, ууга анал чинчийии оҥоһуллар. Көмүс хатырыктаах үөскүүр усулуобуйата баар диэн буоллаҕына биирдэ ыытыллар. Манна даҕатан эттэххэ, бу үлэҕэ “АЛРОСА” уонна “Анаабыр алмаастара” АК кѳтѳр транспорынан көмөлөһөн улахан тирэх буолаллар. Республика бүддьүѳтүттэн балыгы дэлэтиигэ үп ситэ көрүллүбэт.
Быйыл хатыыһы дэлэтиигэ Эдьигээҥҥэ мини-инкубационнай сыах үлэтэ саҕаланна. Маныаха улуус баһылыга Алексей Мандаров кэскиллээх дьыаланы өйдөөн, сыах дьиэтин туттаран, улахан өйөбүлү оҥордо. Атын да улуустарга эмиэ итинник быһаарыналлара буоллар, балыгы дэлэтии үлэтэ сайдыа этэ.
Чернышевскайдааҕы балык собуота биһиги министерствобытыгар бэрт элбэх хаһаайыны уларытан, улахан иэстээх, моҥкуруут барар туруктаах 2008 сылга бэриллибитэ. Ону аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн уларытан онорбуппут. Ол кэмтэн барыта 253 мѳл. балык ыамата күѳллэргэ уонна Бүлүү муоратыгар ыытылынна. Онтон собо туһунан эттэххэ, кэнники 2 сылга 413 күөлгэ – 97812 собо олохсутулунна. Ол эрээри, билигин да үгүс түбүк эрэйиллэр. Уопсайынан, республикабытыгар Чернышевскайдааҕы курдук икки-үс собуоттаахпыт эбитэ буоллар, бу хайысхаҕа улахан үлэ ыытыллыа этэ дии саныыбын.
Кыылы-сүөлү дэлэтии
Кыыл-сүөл ахсаанын ааҕыы кыһыҥҥы кэмҥэ суолунан кѳрѳн ыытыллар. Ол да үрдүнэн чахчыларга сөп түбэспэт буолуу көстөр. Баһаартан куотан, хаартан, аһылыктан тутулуктанан тайах уонна атын да туйахтаах кыыллар бүгэн турбут сирдэриттэн дьон сылдьар сиригэр үгүстүк тахсаллар. Ону элбээбит курдук кѳрүѳххэ сѳп. Дьиҥэр, урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ ахсаан лаппа аҕыйах. Кыыл таба, кус-хаас ахсаана аччыыр.
Өскөтүн, кыылы-сүөлү элбэтиэҕи баҕарар буоллахпытына, ырааҕы толкуйдаан күүһү түмэр ордук буолуо этэ. Кэлтэй бобуунан муҥурдаммакка, бултааһын быраабылатыттан саҕалаан, эбии аһатыы, тураҥнары дэлэтии көмөлөөх буолара саарбахтаммат. Онуоха Кэмпэндээйи тууһун туһанар тоҕоостоох. Адьырҕа кыыллар: бѳрѳ, эһэ о.д.а ахсааннарын сүрүннээһиҥҥэ кѳдьүүстээх үлэ барыахтаах.. Биллэн турар, маны олоххо киллэрии биир кыра тэрилтэҕэ кыаллыбат. Итиннэ туһааннаах этиини СР Правительствотыгар киллэрэн турабыт.
Ураты харыстанар сирдэр
-- Ураты харыстанар сирдэр резерват, заказник уонна айылҕа паарката диэн арахсаллар. Бэлиэ сылга Аллараа Халыма сирэ-уота (Куруппааскылаах–Куропаточье) Аллайыаха быысаһыытын кытта холбонно. Дьааҥы биэрэгэр 3 мөлүйүөн 300 гаалаах заказник (Янские мамонты) Усуйаана улууһун Лаптев муоратын биэрэгин хабар. Палеонтологическай профильнай заказниктан Юка мамонт оҕотун уҥуоҕа, Дьүкээгир мамонын, бизон, овцебык төбөлөрүн уҥуохтара, саха сылгытын өлүгэ көстүбүттэрэ. Булуҥ улууһун Хара Уулаах нэһилиэгэр POLARIS-ЭКО республикатааҕы суолталаах резерваты, Тиксииттэн саҕалаан Хайырга диэри муора биэрэгинэн аһаҕас сир баарын тилэри хапта. Таймылыырга Анаабыр кыраныыссатыттан (Анаабырга республикатааҕы суолталаах резерваттаах) Уус Ленскэйдээҕи федеральнай заповедникка диэри ситимнэннэ.
Онон Анаабыр, Булуҥ, Усуйаана, Аллайыаха, Аллара Халыма улуустарга муора биэрэгэр барытыгар ураты харыстанар сир-уот тэрилиннэ. Маны ситиһэргэ СР айылҕа харыстабылын министерствотын биологическай ресурсаларга уонна ураты харыстанар сирдэргэ дирекциятыгар улуустар, нэһилиэктэр дьаһалталарын баһылыктара көхтөөхтүк көмөлөстүлэр. Онон республикаҕа 90 мөлүйүөн 800 тыһыынча га харыстанар сиргэ 886 тыһыынча га сир эбилиннэ. 91 мөлүйүөн 686 тыһыынча га ураты харыстанар сирдэннибит-уоттанныбыт. Ол аата кыылбытын-сүөлбүтүн, көтөрбүтүн-сүүрэрбитин, аар айылҕабытын харыстыырга кыах эбилиннэ.
Ракеталар тобохторо уйулҕаны уйгуурта
-- Ракеталар тобохторун түһүүтэ ордук Бүлүү бѳлѳх улуустарын улаханнык долгутар. 1990-с сыллардаахха нэһилиэнньэ, наука үлэһиттэрэ, “Бүлүү” общественнай кэмитиэт, республика салалтата бу боппуруоһунан күүскэ дьарыктаммыттара. Баар чахчыларга уонна элбэх киһи туруорсуутугар олоҕуран, биһиги 2007 сыллаахха СР Правительствотыгар ракеталар тобохторо түһэригэр дуогабары көтүрэр туһунан этии киллэрбиппит. Ол түмүгэр, РФ Оборона министерствотын кытта дуогабар көтүллүбүтэ. Маныаха, кинилэр өттүлэриттэн эпизодическай, ол эбэтэр хаһан эмэ ытарга, дуогабар түһэрсиэхпитин сөп диэн этии киллэрбиттэрэ. Дуогабар билиҥҥитэ суох, ол кэмтэн ыла официальнай иһитиннэриинэн ракета биир да тобоҕо республика территориятыгар түһэ илик.
Оттон билигин “Восточнай” космодромтан кѳтѳр ракеталар тобохторо түһүөхтээх сирдэрин чинчийиигэ комплекснай үлэ ыытыллыа. Сир айылҕатын уопсай туругун, усулуобуйата хайдаҕын кэлэр сылга оҥорон бэлэмниэхтээхпит. Тобох түспүтүн кэннэ радиационай фон, уу-хаар киртийиитэ бэрэбиэркэлэнэр, инники үлэ түмүгүн кытта тэҥнэниллэр. Бу үлэни Роскосмостары, научнай институттары кытта бииргэ сылдьан оҥоруохтаахпыт.
Роскосмос 2015-2016 сылтан саҥа ытыллыахтаах ракеталарга гептил (гептил – это ракетное топливо на основе несимметричного диметилгидразина (НДМГ) высокотоксичного вещества 1-го класса опасности), тулалыыр эйгэҕэ, киһи доруобуйатыгар буортулаах вещество туттуллубатын бигэргэтэр.
Дуогабар түһэрсилиннэҕинэ эрэ
-- Инникитин Роскосмос СР Правительствотын кытта дуогабар түһэрсиэхтээх. Ол иннинэ маҥнай федеральнай уонна республиканскай сокуоннарга олоҕуран, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа былааннар оҥоһуллуохтаахтар. Ол эбэтэр, космодромтан ракетаны ытарга соруммуттарын СР Правительствотыгар уонна нэһилиэнньэҕэ хайаан да эрдэттэн биллэриэхтээхтэр. Ол кэнниттэн тулалыыр эйгэҕэ туох сабыдыаллааҕын ОВОС (оценка воздействия на окружающую среду) туһунан бырайыак оҥоһуллар. Көҥүлү СР Правительствотыттан эрэ ылыынан эрэ муҥурдамматтар. Нэһилиэнньэ сөбүлэстэҕинэ, бырайыак Москваҕа федеральнай экспертизаны ааһыахтаах. Онно кѳҥүлү ыллахтарына эрэ, СР Правительствота дуогабар түһэрсиэн сөп. Дуогабарга түспүт ракета тобохторо түргэнник булуллан хараллыахтаахтарын туһунан ирдэниэхтээх. Оттон тобох түспүт сиригэр туох эрэ алдьаныы-кээһэнии таҕыстаҕына, ол чөлүгэр түһэриллиэхтээх, хоромньу төлөнүллүөхтээх.
Уу туругун тупсарарга, сир аннынан урукку ядернай эстиилэр, инникитин ракеталар тобохторо түһэр сирдэрин кэтээн кѳрүүгэ уонна куттала суох оҥорууга үлэ салҕанар. Биһиги министерствобыт маныаха бырайыак тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, дьон-сэргэ доруобуйатыгар охсуута суох буолуохтааҕын хонтуруоллуур.
Норуот күүһэ, көмүөл күүһэ
-- Правительство общественнай тэрилтэлэри өйүүр. Маныаха общественнай хамсааһын, общественнай экологтар экологическай культураны, билиини-кѳрүүнү үрдэтиигэ оруоллаах буолуохтаахтар. Общественнай хонтуруолга, кэтээн көрүүгэ кыттыһыахтаахтар. Итиэннэ санааларын этэллэрэ, тиэрдэллэрэ наада даҕаны. Биллэн турар, кэлтэччи утарсыынан эрэ буолбакка дьиҥ чахчыны токуруппакка. Оттон сырдатыы, үөрэтии оҕо саадыттан, оскуолаттан саҕалаан үөрэх тэрилтэлэригэр тиһиктээхтик барыахтаах. Айылҕабытын харыстыыр, чэгиэн доруобуйалаах дьону иитэн-такайан таһаарарга көмөлөөн үлэлээтэхпитинэ эрэ ситиһиилээх буоларбыт саарбахтаммат.
Тулалыыр эйгэни харыстааһын сылын тэрээһиннээхтик ыытарга СР Президенэ Е.А. Борисов дьаһалынан тэрийэр комитет тэриллибитэ. Республика бюджетыттан нэһилиэктэргэ биирдии мөлүйүөн көҕөрдүүгэ, чэбдигирдиигэ, экологическай туругу тупсарыыга, ырааһырдыыга диэн анаан бэриллибитэ. Оттон биэстии мөлүйүөн улуустар киннэригэр бэриллибитэ. Ону таһынан, тэрээһин дьаһалларга сѳбүгэр үп кѳрүллүбүтэ.
Аан бастакынан СР Президенин уонна СР айылҕа харыстабылын министерствотын Граннара олохтоммуттара. Саамай элбэх үлэни ыыппыт Бүлүү улууһа уонна Горнай улууһун Киров нэһилиэгэ Президент Гранынан наҕараадаланнылар.
* * *
Ааһан эрэ сылга дьон-сэргэ тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа туһуланар тэрээһиннэргэ хаһааҥҥытааҕар да көхтөөхтүк кытынна. Онон бэлиэ сылга балачча хамсааһын таҕыста. Оттон билигин ситиһиллибит тэтими ыһыктыбакка, далааһыны өссө кэҥэтэр былаан барыбыт иннибитигэр турар. Маныаха экология боппуруостарын быһаарыы кэлэр Культура уонна Арктика сылыгар ѳссѳ күүстээхтик барарыгар саарбахтаабаппыт. Бу үлэни-хамнаһы өссө ситэрсэн, толорсон биэрэргэ аартыгы арыйар.
Түгэнинэн туһанан ааҕааччылары кэлэн иһэр саргылаах саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Чѳл айылҕаны, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын!
Кэпсэттэ Сардаана БАСНАЕВА.
Достарыңызбен бөлісу: |