Былыргы дьыл Быһылааннаах мындаатыгар



бет3/3
Дата16.07.2016
өлшемі0.57 Mb.
#203849
1   2   3

Туора-маары тэбиэлэһэн,

Буор бөҕөнү бурҕатан,

Бөх бөҕөнү көтүтэн,

Таас бөҕөнү тамнааттаан

Охсуһа сылдьаллар эбит.

Айыы киһитэ

Алтан араҕас аттаах

Айысхаан Бухатыыр

Адьарай буойуна

Астаҕын аайытын

Аһаран биэрэ сырытта,

Ол сылдьан охтон түстэ.

Онуоха анарааҥҥыта

Хааннаах болотун

Хаба тардан ылан

Сайылаары гыммытын

Биһиги киһибит

Буойун дуоламмыт

Үөгүлүү түһээт

Үөһүн хараҕа манан буолуо диэн

Үҥүүтүн салайан

Үс саһаан үрдүгү

Өрө ыстана түһэн баран

Өтөрү түспүтэ, үҥүүтэ

Үс сиринэн тоһута барда,

Түөрт сиринэн тоҕута барда,

Биэс сиринэн быһыта барда.

Уот Уоппут

Уот Уобурдаан обургу

Утуйа сыттаҕына

Уолукка астахха

Уолуйан уһуктубат бэйэтэ

Уолуйа түһээт

Эрилис-турулус көрүтэлээтэ,

Туора-маары ойуоккалаата.

Итиэннэ, сур бөрөлүү улуйда,

Ити курдук диэн

Кэпсээннээх буолла:

– Аар-дьаалы!

Аар-таатай оҕолоор!

Орто туруу дойду

Дуолан дуулаҕалара

Отой да өрө барбыттар –

Иккиэ буолан көмөлөөн,

Эргийэ сылдьан кырбаан эрэллэр!

Эдьиийдээтэр эдьиийим,

Ходьоҥ тобук,

Хобуох эмэһэ

Хатан Хаһыырба Куо,

Холоруктатан кэл даа!

Абыраатаххына эн эрэ

Абырыаҥ,

Көмөлөстөххүнэ эн эрэ

Көмөлөһүөҥ,

Өрүһүйдэххинэ эн эрэ

Өрүһүйүөҥ!

Онон эппит тылбын ылын,

Көрдөһөр көрдөһүүбүн толор! –

Диирин эрэ кытта,

Этиэх бэтэрээ өттүгэр

Эҕирийиэх эрэ иннинэ

Тус хоту диэкиттэн

Тойон ураһа саҕа улахан

Хара добун холорук

Сирдиин-халлаанныын

Тура эрийэ-эрийэ кэлэн

Харахтарын иннигэр тохтуу биэрдэ.

Өйдөөн иһиттэхтэринэ

Өрө холоруктанан ытылла-ытылла

Саҥалаах буолла:

– Иһиликпин, таһылыкпын,

Иэхэйикпин-чуохайыкпын!

Орто туруу дойдуга

Ойох-дьахтар өттүнэн

Эн диэтэх киһийдээн

Чарааһааҥҥын кэллэҕиҥ!

Күн сардаҥатын курдук

Кэрэ килбиэн дьүһүннээх,

Тоҕус былас уһуннаах

Толбоннурар суһуохтаах,

Туналҕаннаах ньуурдаах

Күөрэгэйдээн Куону ылыма,

Кини оннугар

Миигин ойох ыл!

Ороҥҥо сытар оҥоһуулаахпын,

Хоойго сытар холоонноохпун,

Асчыппынан ааттаахпын,

Дьиэһиппинэн бэртээхпин.

Сөбүлэспэт түгэҥҥэр

Сытыы тыҥырах

Хайа тардарын билиэҕиҥ,

Ылыммат түгэҥҥэр

Ынчык-бөтүөх

Ыарыы буолан өлүөҕүҥ,

Истибэт түгэҥҥэр

Ийэ куккун көтүтэн ылан

Илэ-чахчы ыйыстыам!

Иэхэйикпиэн-чуохаайыкпыан!

Итини истээт

Баһырҕастаах аттаах

Баабый Баатыр

Аҕыс уон аҕыс былыты

Ааһар албаһа киирэн,

Тоҕус уон тоҕус былыты

Куотар кубулҕата киирэн

Өрөөбүт уоһун өһүллэ,

Хоммут уоһун хоҥнордо:

– Көр бу, көр бу!

Күн сиригэр

Кэрэтинэн биллибит

Күн сардаҥатын курдук

Килбиэннээх дьүһүннээх,

Кыыс киэнэ кылааннааҕа,

Дьахтар киэнэ дьоһуннааҕа,

Ойох киэнэ оҥоһуулааҕа

Ол курдук диэн

Аллараалыыр дойдуга

Олохсуйан олорор диэннэр

Ойох ылаары

Оҥостон кэллим,

Күтүөт буолаары

Куоһанан кэллим!

Оччону истэн баран,

Бэргэһэ быатын саҕа мэнэгэйдээх,

Сутуруо быатын саҕа соллоҥноох,

Этэрбэс быатын саҕа иҥсэлээх,

Абааһы кыыһа обургу

Үөрэн үөһүн таттарда,

Хаһыыран хайыта ыстанна:

– Иэхээйикпиэн-чуохайыкпыан!

Олох да оноотугар

Буолар эбит оҕолоор-оҕолоор!

Ойох тахсар үчүгэйин

Саҥа билэн эрэбиэн-эрэбиэн!

Тугу диэбиккин

Тоҕо батан, аккаастаан

Кээһиэмий, кээһиэмий! –

Диэн эрэ баран,

Дьиэм диэн

Дьэбин буолбут тимир ураһаҕа

Дьиэрэҥкэйдээн илдьэ бара турда.

Халыҥ харытынан

Харбаан ылан

Айыы киһитин

Аҥныалаарай26 диэн

Сыллаһаары сыстаҥнаабыт,

Уураһаары уунаҥнаабыт.

Уолан киһи барахсан

Уҥа илиитин кэннигэр илдьэн,

Саабылаан батыйатын

Сулбу тардан ылла да

Собо балыгы

Үтэһэҕэ үөлбүт курдук

Үөһүн хараҕыттан

Өрө үөлэн таһаарда,

Онуоха абааһы кыыһа

Сиик буолан симэлийдэ,

Туман буолан уоһунна.

Сити курдук дьаһанан

Өстөөҕүн өлөрөн баран,

Айаас аттаах

Айысхаан бухатыырга

Көмө буола

Көтүтэ турар.

Уот Уоппут

Уот Уобурдаан

Күн улууһун киһитин

Кырбаан-кырбаан

Күһэҥэтин быспыт,

Күнүн киллэрбит,

Хараҕын уотун умулларбыт,

Иэдэһин тэтэркэйин хараардыбыт,

Уоһун кытархайын көҕөрдүбүт.

Алтан араҕас

Айаас аттаах,

Аһыныгас санаалаах

Айысхаан Бухатыыр барахсан

Иччитэ суоҕунан көрөн

Сытарын булан

Кыыһырыаҕынан кыыһырда,

Абарыаҕынан абарда –

Сирэйиттэн сиэрэ уота

Сирдьигинээн түстэ,

Хараҕыттан хатат уота

Хатыастан түстэ да

Күүс күүһүн киллэриннэ,

Кыах кыаҕын муһунна,

Үөгүлүү түһээт

Үөҕэ-үөҕэ сүүрэн иһэн

Үөгүлээх буолла:

– Көр бу, көр бу!

Хааннаах айах,

Хара бэкир,

Салыҥнаах27 сабырҕах,

Түүн сырыылаах

Түүлээх уллуҥах,

Атас туһугар атах тостор!

Эчэйэн да туран

Иэҥҥин хастаан,

Иҥииргин тэнитэн

Иэспин ылыаҕым!

Нохтолоох тойон сүрэххин

Этэрбэс гынан кэтиэҕим,

Үрүҥ хааҥҥын тоҕуом,

Хара хааҥҥын халытыам!

Өлөн да туран

Өспүн ситиһиэм!

Өлөр сүбэҕин булбут,

Үрүҥ күҥҥүттэн маппыт,

Күн сириттэн сүппүт

Курдук санан!

Чэ, кэлэн көрүүй,

Сааппат сирэй!

Уот Уоппут

Уот Уобурдаан

Истибэтэҕин истэн

Тиэрэ-маары көрдө,

Уолуйбат бэйэтэ

Уолуһуйуох курдук буолла:

– Бээй, бээй, дуҕаар!

Бухатыыр буойун киһи

Бэйэбинэн «мэ» диэн

Бүөбэйим оҕотун

Күммүн күөрэтэр чыычаахпын,

Күөрэгэйим оҕотун

Биэрэн ыытыам үһү дуо?

Бу кыаҕыра турбуккун

Бу кыстана сытар уҥуохтарга

Уһун уҥуохтарыҥ сыыһын

Урусхал мас оҥорон быраҕыам,

Кылгас уҥуохтарыҥ сыыһын

Кыс мас оҥорон кутуоҕум!

Сыа эккин

Суор-тураах аһылыга гыныам,

Искин-үөскүн

Үөн-көйүүр аһылыга гыныам,

Сырдык эккинэн

Сир үөннэрин айах тутуом,

Хара эккинэн

Халлаан көтөрдөрүн күндүлүөм! – диэтэ.

Хата биһи киһибит

Хокуосканан сирэйин быһа саайда,

Биирбит да эппиэт биэрэн

Хокуосканы хардары

Харахха биэрдэ.

Хардары-таары дайбаһан,

Харах харахха саайталаһан,

Мурун муруҥҥа бэрсэн,

Уос уоска сырбатыһан бардылар.

Биирдэрэ буоллаҕына

Саабылаан батыйатын

Сулбу тардан ылла,

Биирдэһэ буоллаҕына

Хааннаах хара дьиэрэҥкэй болотун

Хаба тардан ылла.

Тимири тимиргэ

Түһэрдэхтэрин аайытын

Тыас бөҕө тыаһаан барда,

Этиҥ этэн ньиргийдэ.

Силээхтэ киһи 28

Силлээбит силэ

Сиргэ кыайан түспэт

Силлиэтэ турда,

Хатан киһи

Хаахтаабыт хааҕа

Хаарга кыайан түспэт

Хахсаата буолла.

Икки буур тайах

Муос муостарыттан

Ылсан баран

Эргичийэ сылдьалларын курдук

Эргийэ сырыттылар.

Сыҥаах тыаһа

Сотору-сотору иһилиннэ,

Кулгаах тыаһа

Тохтоло суох куугунаата,

Сутурук тыаһа

Быыстала суох битилиннэ,

Атах тыаһа

Ахсаана суох хатыланна.

Киирэр күн килбиэнин көрдөрбөккө,

Тахсар күн сарыалын биллэрбэккэ

Ытыс таһынар

Ыас хараҥанан,

Хара туманынан аргыйан,

Харыс хааны халытан,

Сах хаан быһылаанын тардан,

Өлүү хаан дибдилгэнин туруоран

Кус хараҕа тэстэр,

Куба моонньо тостор

Кулан айдаана буолбута үһү.

Ол курдук

Отут орулуур хонук охсуһан

Айыы киһитэ сэниэтэ эһиннэ,

Күн киһитэ кыаҕа бүттэ.

Абааһы да уола

Үрүт күүһэ

Үмүрү тутан барда,

Алын күүһэ

Аччаан киирэн барда,

Үөһэ-аллараа көрдө,

Үрүт кубулҕата сүттэ,

Аба-хомуһуна бүттэ.

Сэниэ сэниэлэрин киллэрэн

Сэттэ күн устата

Сынньана түһүөххэ дэһэннэр

Сынньанан ыллылар.

Алтыс хонуктара ааһан

Сэттис хонуктара туолуута,

Арҕааттан күөрэйэр

Абааһы аймаҕын

Анысханнаах күннэрэ тахсыыта

Хабыр хапсыһа,

Күөн көрсүһэ туруннулар.

Саха саарына

Саабылаан батыйатын

Сулбу тардан ылла,

Адьырҕа атамаана

Хааннаах хара дьиэрэҥкэй болотун

Хаба тардан ылла.

Тимири тимиргэ түһэрбиттэрэ –

Тоҕустуу сиринэн

Тоҕута барда,

Аҕыстыы сиринэн сиирэ барда.

Үҥүүнү үҥүүгэ түһэрбиттэрэ –

Үстүү сиринэн

Үнтүрүтэ барда,

Оҕу оххо түһэрбиттэрэ –

Ортотунан тоһунна.

Ол туран хайдах буолалларын билбэтилэр,

Моой моойдоруттан ылсан

Муомахтаһан бардылар.

Маннык туран

Баабый Баатыр

Уот Уобурдааны

Уллуҥаҕынан түөскэ тэбэн баран,

Илиититтэн харбаан,

Иһиттэн тэбэн

Нөҥүө быраҕан түһэрээт

«Нохтолоох тойон сүрэҕэ,

Чараас сирэ манан буолуо», – диэн,

Хонноҕун аннынан

Батыйатын туһаайан туран

Батары аста.

Биирдэһэ билбэккэ да хаалла,

Бадаҕа өлөн эрэбин диэн айманан

Бүтэһиктээх кэриэс тылын

Этэн энэлитэ сытта:

– Аар дьаалы!

Ыый да ыыйбыан,

Аай да аайбыан!

Кыайтардыбыт-кыайтардыбыт дэстэхтэринэ

Күлэ-күлэ

Күллэрин таптайар этим,

Тохтоо-тохтоо, уоскуй диэтэхтэринэ

Тохтоппокко ыстаан туллаҥнатарым,

Утары көрбүтү

Эрэйдээн өлөрөр иэһим

Утары тирээтэ бадаҕа!

Барбатах балык миинин курдук

Бүдүк-бадык дойдум,

Быдан дьылларга

Бырастыы буоллун!

Абааһы аймаҕа,

Истэр эбит буоллаххытына

Орто туруу дойдуттан

Кими да ойох ылбат буолаарыҥ!

Оннооҕор миннийэлиир киһи

Ойох ылан

Оҕо төрөтөн ыал буолан

Олох олорботум.

Дьэ, Баһырҕастаах аттаах

Баабый Баатыр обургу,

Кыайыах киһи кыайдыҥ,

Хотуох киһи хоттуҥ.

Мааны ыал

Мааны оҕото этим,

Ытык ыал ыамата этим,

Ыл, сордообокко

Салҕаан биэр,

Сайылыы оҕус! – диэбитигэр

Биһи киһибит

Батыйатын өрө күөрэтэн,

Моонньоох баһын

Биир охсуунан

Быһа баттаан кэбистэ!

Уот Уоппут

ҮУот Уобурдаан

Туман буолан уоһунна,

Сиик буолан симэлийдэ эрээри,

Тыллаах сыҥааҕын иччитэ

Тыһы тыймыыт29 буолан

Чыбыгыр гына түһээт

Тунаарыс гынан хаалла:

– Кыыс оҕоҥ

Кыптыый тутарын саҕана,

Уол оҕоҥ

Оҕунан оонньуур буоларын саҕана

Иккистээн төрөөн

Иэспин ылыаҕым,

Хаттаан төрөөн

Өспүн ситиһиэҕим! – диэн

Эргиллиэх буолан саанна.

Саастааҕын самнаран,

Өстөөҕүн өлөрөн

Өрөгөйө үрдээн

Өссө күүһүрэргэ дылы гыммыт

Биһи киһибит санаа булунан,

Өй салҕанан

Айысхаан бухатыыры

Өрүһүйэр санаалаах

Айыы Намыһын удаҕаны

Ыҥыра турбут:

– Көр да бу,

Көр да бу!

Күн өркөн улууһун

Айыы хаан аймаҕын

Араҥаччыһыта буолбут

Алта арылы маҥан

Кыталык кыыл кутуруксуттаах,

Айыы Намыһын удаҕан

Айгыстан кэлэҥҥин

Абыраа даа!

Айыы аймаҕын, күн улууһун

Абааһы аймаҕыттан көмүскээри,

Аҕыс үйэ тухары

Аҕа ууһун тэнитиэхтээх,

Ойдубуту оһорор

Одун хаантан оҥоһуулаах,

Быстыбыты салгыыр

Дьылҕа хаантан дьылҕалаах,

Алтан араҕас аттаах

Айысхаан бухатыыр

Аламай маҥан күнүттэн матта!

Өлбөт мэҥэ уута30 аҕалан

Өрүһүйэ оҕус даа!!!

Көрүөх бэтэрээ өттүгэр

Кынаттарыгар кырааскалаах

Кыталык кыыллар

Крыымпалыы кылана-кылана

Көтөн иһэр

Кынаттарын тыаһа

Куруҥ үрэх

Кутулла-суккулла айманан,

Курулаан-сурулаан тыаһаан

Эрэрин курдук иһилиннэ.

Ити икки ардыгар

Айыы Намыһын удаҕан

Аман өһүн этэн

Амалыйа турбута үһү:

– Дом ини дом,

Дом ини дом!

Аан ийэ дойду

Хайҕахтаах хара быара буолбут,

Орто туруу дойду

Нохтолоох тойон сүрэҕэ буолбут,

Аал Луук мас иччитэ

Аан Алахчын хотун

Чороон курдук

Чороҕор эмиийдэрин

Ыган-ыган

Үрүҥ илгэ

Ас оҥорон ыытта!

Ойдубуту оһорорго

Одун Хаантан оҥоһуулаах,

Быстыбыты салгыырга

Чыҥыс Хаантан ыйаахтаах,

Үс үйэ тухары

Үс саханы үөскэтэргэ

Үрүҥ Аар Тойонтон айдарыылаах

Үтүө киһи эбиккин,

Алтан араҕас аттаах

Айысхаан Бухатыыр!

Онон буоллар

Окко түспүт оҥоһуугун,

Сиргэ түспүт сэрэбиэйгин,

Силигин ситэриэх тустааххын!

Дом ини дом,

Дом ини дом! –

Диэн эрэ баран,

Эбир хамыйаҕынан31

Үрүҥ илгэни

Үс төгүл баһан

Алтан араҕас аттаах

Айысхаан бухатыыр

Бэлэһин төрдүгэр куппутун

Биһи киһибит,

Бухатыыр уоламмыт

Биирдэ эрэ ыйыстан кэбиспитэ –

Биэс сиринэн

Быһа сотуллубут баастара

Бүччүччү оһон хааллылар,

Алта сиринэн

Хайыта барбыт этэ

Үмүрүччү оһон хаалла,

Хараҕа уоттанна,

Имэ тэтэрдэ,

Илэ бэйэтинэн буола түстэ.

Ойон туран кэллэ,

Ол курдук диэн

Саҥалаах буолла:

– Дьэ буо,

Дьэ буо!


Арҕаһыттан тэһииннээх,

Аһыныгас санаалаах

Айыы хаан киһитэ, атаһым,

Көхсүттэн тэһииннээх,

Көмүскэс санаалаах

Күн улууһун киһитэ, үөлээннээҕим,

Үрүҥ тыыммын өрөһүйдүҥ,

Хара тыыммын харыһыйдыҥ!

Бу абыраабытыҥ иннигэр

Үйэлээх сааһым тухары

Үс күлүккэр нөрүйүөҕүм,

Түөрт күлүккэр хаптайыаҕым!

Мохсоҕол кыыл саҕа

Махтал буоллун! – диэтэ.

Ити кэннэ иккиэн

Кытаран көстөр

Кыһыл хайа кирбиитигэр тиийэн,

Халыҥ дэриэспэ таас

Хаппахчы дьиэ аҥаар эркинин

Баабый Баатыр

Хайа тэбэн кэбиспитэ –

Күөрэгэйдээн Куо барахсан

Кэрэ дьүһүнэ

Күндү таастыы

Күлүмүрдээн көһүннэ,

Тирии бүтэй

Этэ көһүннэ,

Эт бүтэй


Уҥуоҕа көһүннэ,

Уҥуох бүтэй

Силиитэ дьалкыҥнаата.

Бэҕэһээ сиэбитэ

Биэстээх харчы саҕа буолан

Бэлэһин түгэҕэр биллэр,

Үнүрүүн үссэммитэ

Үстээх харчы саҕа буолан

Өрөһөтүн иһигэр көстөр,

Үргүүк бүүчээн курдук

Кыыс оҕо барахсан

Куота буспут моонньоҕон харахтарынан

Соһуйа көрөн турар эбит.

Тоһуулаах былыт курдук

Харыс-харыс хардыылаан,

Суһуоҕа субуруйан,

Тэллэҕэ тэлээрийэн

Унаарыйан кэлэн

Күөрэгэйдиир чыычааҕым

Кылыһахтаах куолаһынан

Субу курдук ырыалаах,

Сити курдук тойуктаах буолла:

– Дьэ буо!

Дьэ буо!


Баһырҕастаах аттаах

Баабый Баатыр доҕоруом!

Бу үлүгэр ыраах дойдуга

Айаннаан кэлэн

Алдьархайтан быыһаатыҥ,

Ынырыктан куоттардыҥ!

Уһун олоҕуҥ тухары

Уоттаах харахтаах

Утары туран көрбөтүн,

Татаар тыллаах

Таба кыайан эппэтин!

Уруй-айхал,

Махтал буолуохтун! – диэн

Махтанарын эрэ кытта,

Айыы дьоно

Аттарыгар олоро биэрээт

Тус илин диэки

Соҕотохто субурус гынан көтүтэ турдулар.

Аллараа дойдуттан тахсар аартыгы

Ааһан эрэ баран

Баабый Баатыр

Аман өһүн

Туойа турбута үһү:

– Дьэ буо!

Дьэ буо!

Алдьатыылаах-кээһэтиилээх

Аллараалыыр дойдуттан

Адьарай аймаҕа

Аны хаһан да

Аҕыс иилээх-саҕалаах

Аан ийэ дойдуга

Айыы хаан аймаҕар

Адьаһын биллибэтин,

Киирбит күөрэйбэт,

Барбыт төннүбэт сириттэн

Көстүбэт бөҕөтө тахсан

Бороҥ урааҥхай омугу

Уйгу быйаҥ олоҕун

Атыйахтаах ууга дылы

Дьалкыппатын! – диэн баран,

Дьэбин көлүйэ үрдүгэр турар

Дэбдилгэ хайаны32

Дэгдэҥнэтэн аҕалан

Кэмнээтэххэ мээрэйдэммэт

Киэҥ-куоҥ аартык суолу

Наарба халҕаҥҥа дылы

Ылы-чып ыпсаран

Бүөлүү быраҕан кэбистэ.

Күн сирин дьоно

Өрө тардан тэһииннээтилэр,

Быһа биэрэн кымньыылаатылар,

Холуоннук хаамтардылар,

Хорсуннук айаннаатылар.

Айыы сирин

Аартыгын арыйан,

Орто туруу дойду

Дьоллоох суолун тобулан,

Аан ийэ дайды

Алгыстаах аартыгын аһан,

Илин өттүлэригэр

Аламай маҥан күн

Алгыстаах сардаҥатын эркиннэнэн,

Кэлин өттүлэригэр

Күн улууһун аатыттан

Кэтит кэскиллэнэн,

Абааһы аймаҕар атаҕастаппакка

Алыс үчүгэйдик айаннаан

Үөскээбит үтүө сирдэригэр,

Төрөөбүт төрүт сирдэригэр

Төннөн кэлбиттэрэ –

Оҕонньордоох-эмээхсин

Кыыстаах-уолларын,

Баһырҕастаах аттаах

Баабый Баатыру

Уруйдаан-утахтаан

Айхалынан далбардаан

Үөрэ-көтө көрсүбүттэр.

Ол эрэ кэннэ,

Тоҕус уон хонук устатыгар

Тохтоло суох

Дохсун урууну оҥорбуттар,

Аҕыс уон хонук тухары

Ааттаах малааһыны тэрийбиттэр,

Сэттэ уон хонук былаһыгар

Ытык ыһыаҕы ыспыттар.

Саалыыр биэ33 үүтүн

Сайа ыатан ыланнар

Саар ыаҕас муҥунан

Саамал кымыс34 оҥорон

Санааларын көтөхпүттэр,

Ас амтаннааҕынан

Айах туппуттар.

Аччык мантан аһаабыт,

Ааспыт мантан абыраммыт,

Быстыбыт мантан салҕаммыт.

Субу малааһыҥҥа

Сылдьан дьаарбайар баҕаттан

Содьороҥ, атаҕа суох дьон

Хаамар буолан бэйэлэрэ

Хааман тиийэн кэлбиттэр,

Хараҕа суох, кыайан көрбөт дьон

Көрүөх баҕалара баһыйан

Көрөр буолан харах иччитэ буола

Көрөн кэрэхсии кэлбиттэр,

Таас бүтэй, сатаан истибэт дьон

Истиэх баҕалара баһыйан

Истэр буолан кулгаах иччитэ буола

Истэн сэргэҕэлии кэлбиттэр.

Күүстээх бэттэрэ

Күөн көрсүбүттэр,

Хапсаҕайдьыт бэттэрэ

Хапсаҕай хапсыбыттар,

Оһуохайы-оонньууну

Оройуттан туппуттар,

Улуу ойуун кыырбыт,

Улуу олоҥхоһут олоҥхолообут,

Улуу ырыаһыт ыллаабыт.

Эйэлээх олох эҥэрдэспит,

Саргы-дьаалы салаллыбыт,

Сахалыы саҥа сатараабыт,



Дьол-соргу тосхойбут!

1 Олом – ууну (хол., үрэҕи) кэһэн эбэтэр кэстэрэн туоруур үчүгэй үктэллээх чычаас уулаах сир.

2 Тардыы көмүс – уһун синньигэс гына таптайан тэнитиллибит көмүс.

3 Иэҕии көмүс - үрүҥ көмүс көрүҥэ, иирэни, талаҕы хоһуйан, ойуулаан, киэргэтэн этэр кубулуйбат эпитет.

4 Хаарыс солко - нууч., гарус, натуральнай түүттэн оҥоһуллубут таҥас матырыйаала.

5 Үрүҥ илгэ – күүһү-уоҕу, дьолу-соргуну, баайы биэрэр аптаах утах.

6 Араҕас илгэ – күүс-уох киллэрэр, уйгу-быйаҥ төрдө буолар таҥара биэрэр аптаах сөлөгөйө.

7 Көмүс ньээкэ – төрөөбүт төрүт дьиэ диэн суолтаҕа туттуллубут.

8 Туут хайыһар - таба илин тыһыттан аттарыллан оҥоһуллубут түгэхтээх кэтит хайыһар.

9 Укулаат тимир – нууч., уклад, хатырыллыбыт тимир.

10 Ньассыын от – бытархай, сымнаҕас от.

11 Аартык – киэҥ, улахан айан суола; сүрүн суол.

12 Мохсуо – оонньуу көрүҥэ, хос быһаарыыны көр.

13 Ас – эргэр., бу кэрчиккэ баттах диэн суолтаҕа туттуллубут.

14 Таман – эргэр., эт-сиин диэн тыл урукку көрүҥэ.

15 Олооччу – эргэр., мараҕа кэтэр кылгас остоох этэрбэс.

16 Күһэҥэ – эргэр., ойуун кыырар таҥаһын көхсүгэр баайыллар кылырҕас төгүрүк тимирдэр.

17 Түүлээх уллуҥах – түөкүн диэн суолтаҕа. Үөхсүү тыла.

18 Чаҥнаах – куһаҕан, мара, сааппат сирэйдээх диэн суолтаҕа.

19 Төбүрүөн – төп-төгүрүк диэн суолтаҕа.

20 Куодалаах мас – таһыттан биллибэт иһиттэн хайдыбыт мас, дьиэк.

21 Чиэппэр күүс – киһиттэн эрэ ураты күүстээх дьону бэлиэтиир тыл ситимэ.

22 Наарба халҕан – нууч., нарва, буруус мастан аттарыллан оҥоһуллубут, туттарыллыбыт халҕан.

23 Суххай – түргэн диэн суолтаҕа туттуллубут.

24 Харбый – аччыктаан, күүс-уох баранан сэниэтэ суох буол.

25 Чыыстай буолак – нууч., чистый полог, олоҥхоҕо бухатыырдар охсуһалларыгар аналлаах сир.

26 Аҥнах – эргэр., кийиит сирэйин саптар таҥаһа.

27 Салыһыҥ диэн тыл көрүҥэ. Балык салыҥын курдук санньылхай куһаҕан, чалахай.

28 Силээхтэ киһи – үтүөмсүк, маанымсык киһи. Эбии хос быһаарыыга көр.

29 Тыһы тыймыыт – манна кыра күлгэри диэн суолтаҕа туттуллубут.

30 Өлбөт мэҥэ уута – өлбүт киһини тилиннэрэр аптаах утах.

31 Эбир хамыйах – эргэр., түөрт оҥхойдоох, эриэн дьүһүннээх сиэргэ-туомҥа туттуллар хамыйах.

32 Дэбдилгэ хайа – эргэр., иччилэри манньытаары эгэлгэ бэлэҕи уурар сиргэ баар хайа.

33 Саалыыр биэ – кытархайдыҥы саһархай бороҥ дьүһүннээх биэ.

34 Саамал кымыс – иһэргэ анаан бэлэмнэммит кымыс. Эбии хос быһаарыыга көр.



Достарыңызбен бөлісу:
1   2   3




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет