Бастакы олох уларыйыытын кэмнэригэр
Мин кыра уонно эдэр эрдэхпинэ 1940-50 сылларга өбүгэлэрбит олохторун хайысхатыгар иитиллэн кэлбит дьоннортон 70-80% тыыннаах этилэр. Кинилэр Советскай кэм иитигэр хабыллыбыттарын иһин Харыйалаах арыыга былыргы хаһаайынныы сыһыаннара өссө да улаханнык алдьана илик этэ. Онон биһигини таҥара, абааһы, айыы, баарын кыра да буоллар үөрэтэллэрэ, кэпсииллэрэ. Ордук абааһыттан куттанан хараҥаҕа таһырдьа улахан киһитэ суох сылдьыбат этибит. Олохтоох бэрээдэги кэһии, тосту туора быһыыны-майгыны оҥоруу айыы буоларын ханна да сырыттахпытына умнубат этибит.
1917 сыллаахха кинилэр былыргы өбүгэлэрбит традицияларын, олохторун-дьаһахтарын уклаадын толору билэн, иитиллэн кэлбит ыччаттар, саҥа олох уклаадыгар саҥалыы олох хайысхатыгар хас күн аайы үөрэнэн, үлэлээн-хамсаан төрөөбүт дойдуларыгар биллибэтинэн уларыйыы баран испитэ.
Төһө да ыраахтааҕы былааһа ыһыллыбытын иһин Харыйалаахха бэйэ бэйэлэрин кытта сэриилэһэн, эн үрүҥҥүн, эн кыһылгын дэһэн икки утарыта турар быһыы-майгы сатарыйбатаҕа үһү. Ол эрээри өрүс уҥуор кытылынан аһар бандьыыттар этэрээттэрэ Киров Киргиэлэйи, Максимов Бүөтүрү, Кельцинов Уйбааны, Кытаа Афоняны, Асекритов Байбалы, од.а. күүс өттүнэн бэйэлэригэр холбоон илдьэ барбыттара сураҕырар. Кинилэр иккис сылыгар бары тыыннаах күрээн кэбиттэр. Ол курдук гражданскай сэрии кэмигэр бэйэ бэйэлэрин кытта ытыалаһан өлөрсүү диэни билбэккэ Советскай кэми эйэлээх кэминэн саҕалаабыттар. 1930 сыллаахха саҕалаан араас коллективнай түмсүүлэр, мунньахтар, кэпсэтиилэр саҕаламмттар. 1932 сыллаахха ыаллар кыра-кыра холбоһон табаарыссыстыбалар, артыаллар тэриллибиттэр. Бу тэрээһиннэр бурдук, от-мас, сүөһү-ас, күрүө-хаһаа тэринииллэригэр син уопсай тылы булан үлэлээн испиттэр, ол эрээри доходтарын үллэстэр кэмнэригэр өйдөспөт мөккүөрдэр ыһыллыыга тириэрдибит.
Харыйалаах арыытыгар өбүгэ саҕаттан ыаллар ыраах-ыраах, тус-туспа сирдэнэн уоттанан олорбут буоланнар сир үллэһигэр олус улахан өстөһүү, сир былдьаһыытын айдаана тахсыбатах. Арай сүөһү, ол-бу баай, дьиэ-уот сэниэ баайдаахтартан былдьаан ылан тэҥнээһин бэрээдэгинэн оҥоһулларыгар Кельцинов Сэмэн Пахомович бэйэтигэр тиийинэн өлбүт. Ону Улахан Тарыҥ төрдүгэр таһааран харайбыттар. 1933 сыллааха колхоз холбоһуктааһын саҕаламмыт. Паай холбооһунугар сириттэн, туттар сэбиттэн саҕалаан сүөһүтүгэр, дьиэтигэр миэлиҥсэтигэр тиийэ Ким туох кыахтааҕынан кыттыспыттар. Харыйалаах арыы баһыгар туспа «Ленскэй» колхоһа тэриллибит. Трифонова Ульяна Николаевна бэрэссидээтэлинэн, Тимофеев Афанасий Федотович куоластааһын бэрээдэгинэн талыллыбыттар. Хааттарарга эмиэ туспа «Тураҥнаах» колхоһа тэриллэн бэрэссидээтэлинэн Самсонов Савва Маркович, суоччутунан Киров Андрей Иванович талыллыбыттар. Бастакы тэриллибит колхозтар артыаллардааҕар үлэҕэ дьону ордук көҕүлээбит. Ити кэмтэн дьоҥҥо, саҕаламмыт уопсайга уонна кэтэх хайаайыстыбаҕа үлэлээһин 2 өйдөбүлүнэн сыһыан интириэстэрэ үөскээбит. Бастаан утаа колхоз үлэтигэр үлэлиир интириэстэрэ кэтэх хаһаайыстыбаларыгар үлэлииллэринээҕэр дьону көҕүлээбит уонна ордук умсугуппут. Дьахтардыын, эр дьоннуун бииргэ үлэлээһин көрө-нара коллективынан түмсүүнү ордук көҕүлээбит. Онуоха эбии үөһээттэн оруйуон ат сэбинэн араас материалларынан (лабогрейка, сеялка, молотилка о.д.а.) көмөлөһүүтэ дьон санаатын күүскэ көтөхпүт. Сарсыарда эрдэттэн, киэһээ хойукка дылы үлэлиир интириэстэммиттэр.
Ленскэй колхоуһугар сүүрбэчэ ыал холбоспут. Биригээдэннэн үлэлээһин кыайыылааҕын көхтөөһүн бары биһирээбиттэр. 10х20 метр усталаах туруору эркиннээх хотон оҥорбуттар. Бурдук куурдар, ыраастыыр, сиэмэ бурдугун харайар 7 метр туоралаах, 10 м усталаах икки этажтаах хаптаһын сарайдаах склад туппуттар. Сүөһү аһатар, хаайар күрүө-хаһаа, үүтү астыыр дьиэ бэрт көхтөөх үлэннэн бүтэриллибиттэр. Хааттарарга «Тураҥнаах» колхуоһугар түөрдэнчэ ыал колхозка киирбит. Ол иһин тутуулара арыый улахаттар. Бурдук астыыр сарайдара 1 метринэн үрдүк, 9х16 м. улаханнаах иккис этааһыгар тахсар кирилиэһэ ис өттүнэн оҥоһуллубут.
Хотонноро бөдөҥ маһы суоран сытыары муохтаан дьиэ курдук 10х35 м усталаах хас биирдии ыанар ынахтара тус-туспа быыһааһыннаах «Былааннаах» хотону туппуттар. Ол хотон 1960 сыллаахха дылы туһалыы турбута. Муостата хаптаһын, саах-иик сүүрдэр ханаабалаах, тарбыйах хаайар тус-туспа уйалардаах, бэрт сатабыллаахтык оҥоһуллубут хотон этэ. Субай сүөһү туспа хотоннорго тураллар. Кыһыны быһа күөлгэ үүрэн киллэрэн уулаталлар. Ынахтара саха боруодата буолан эмиийдэрэ мээнэ үлүйбэт. Сорох эрэ ынахха эмиийигэр сыалдьа, таҥаһынан тигэн байааллар үһү. Субай сүөһүнү кыһын даҕаны 1-2 чаас устата таһырдьа аһаталлар. Ол бириэмэтигэр саахтарын ыраастаан таһырдьа балбаахтыыллар. Ону бааһынаҕа туһаналлар. Харыйлаах арыытыгар барыта 100 га бааһынаҕа бурдук үүннэрэн толору хааччыналлар.
Коллективнай олоххо-дьаһахха тардыһан ыраах олорор ыаллар сыл аайы Хааттарарга көһөн кэлбиттэр. Биирдилээн кэтэх бас билииннэн олорбут ходуһалара, сирдэрэ ити курдук, өтөххө кубулуйан быраҕыллан, сыыйа дэриэбинэ курдук икки колхуоһунан Бороҥҥо, Хааттарга киининэн дьон олохсуйуулара үөскээбит.
1941 сыллаахха дылы Харыйалаах арыытын дьоно бэркэ сайдан хас биирдии ыаллар чугастааҕы нэһилиэктэрдээҕэр байан-тайан барбыттар. Ордук үүнүүтэ үрдээбит, сүөһү да ахсаана элбээн барбыт.
Аҕа дойду сэриитин кэмигэр
1941 сыллахха сайын үлэни кыайар-хотор эр дьон өттө сэриигэ ыҥырыллыбыттар. Ол эрээри ол кыһын бурдугунан, сүөһүннэн, булдунан хааччыныылара куһаҕана суох эбит.
1942 сылтан эр дьон олох да аҕыйаабыт. Ити кэмтэн, уокка оттор мастан уратыны, кэтэх хаһаайыстыбаҕа хааччыныыны, үлэлээһини дьаһалта күүстээх хонтуруолга ылбыт. Колхоз тугу бэрсэринэн кыһыны туорааһын кыһалҕата тирээбит. Барыта фроҥҥа үлэлээһин, хааччыйыы, колхоз кыһалҕатынан буолбут. Сылгы сүөһүнү аны кыһынын бөрө буулаан массовай охтортообут. Тус бэйэм ону өйдүүбүн, кыһыны быһа сылгы этинэн, аһыыр этибит. Ол эрээри саамай кытаанах кыһынынан 1943 сыллааҕы кэм этэ. Ол эрээри мин ийэбин кыта Кытыл-Дьураҕа Мордовской (аатын өйдөөбөппүн. Хос аата Чэнээк) диэн киһиэхэ иитиллэн тыыннаах хаалбыппыт.
1944 сыллаахха күһүҥү алтынньы ыйга ийэбин Евграфов Афанасий Леонтьевич диэн киһи кэргэн кэпсэтэн, Харыйалаахха төптөрү көһөрөн аҕалбыта. Сэрии кэмигэр Харыйалаах арыыга биир колхоз буолбута. Онно бэрэссидээтэлинэн Киров Андрей Иванович үлэлэппиттэр. Сэрии кэмигэр хонуу араас ыарахан үлэлэригэр дьахталлар үлэлииллэрэ. Биллэн турар, сүөһү ахсаана лаппа аҕыйаабыта эрээри үлэ өссө элбээбитэ. Тарасова Дарья Яковлевна, Асекритова Татьяна сылгыһытынан үлэлээбиттэрэ. Ийэм сибиинньэ көрөрө, фермаҕа көмөлөһөрө. Түүнүн оһох, ый сырдыгар таҥас тигэрэ. Ардыгар күнүс аһыы олорон, утуйа олорорун көрөр этим. Мин кыра оҕо сааһым сэрии кэмигэр түбэспит буолан итиини-тымныыны, күлүмэни-кумаары,үчүгэйи-куһаҕаны, эрэйи кыһлҕаны 4-5 сааспыттан өйдүүр буоларга айылҕа бэйэтэ үөрэппитэ. Ийэм миигин туос тымтайга сүгэ сылдьан, 300 итиигэ, 500 тымныыга үлэлиирэ. Биэс сааспыттан оһоҕу оторго, маһы кыстыырга, хаары баһан уу оҥорорго үөрэммитим, билигин үчүгэйдик өйдүүбүн. 6-7 сааспар, мас эрбиир, бурдук тардар, чаай оргутан аһылык бэлэмниир буолбутум. Ферма үлэтигэр ынах хомуйуутугар, тарбыйах этэтиргэ, от таһарга улахан көмөлтө киһитэ буолбутум иһин, хайгыыра. Оскуолаҕа 8 сааспыттан эрэ үөрэттэрэ биэрбитэ, 8-9 саапыттан сайын, саас посевка, от үлэтигэр, колхозтаахтары кытта, сарсыарда эрдэттэн, киэһээ хойукка дылы, тэҥҥэ үлэлэһэрбит. Ити курдук оҕо сааспыттан аһыыр-сиир, тыыннаах буолар кыһалҕата киил мас курдук, этим-хааным эргиллэн, сатаабат уонна иннин ылбатах үлэм диэн суох! Олох эрэйин билбит, тугу барытын тус бэйэм харым күүһүнэн сатыырга кыайарга олох опыта бэйэтэ үөрэтэр. Олох опутуттан үөрэх төрүттэнэр. Чэрдээх Илии үөрэҕи өйдүүр.
Сэрии кэмигэр үлэлээбит дьон дьарыга суох олоҕу сөбүлээбэт, олохтон салҕыбат, бэйэтин дьаһанары сатыыр. Сэрии кэмигэр Харыйалаах арыыга үлэлээн бэйэлэрин хааччынан олорбут дьону элбэҕи билэбин. Кинилэр кырдьан өлүөхтэригэр дылы үлэлиир дьарыктарын бырахпатахтара. Ыччаттарын бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьан үлэҕэ эрчийэ сатаабыттара эрээри чэпчэки олох сайдыыта күүстээх хааччыйыы олоҕор-дьаһаҕар халытта.
Аҕа дойду сэриититтэн ордон кэлбит олохтоох дьоннорбут эйэлээх, олоҕу оҥорорго, икки төгүл эрчимнээх үлэ кыһалҕата, үлэ диэн дьоллоох олох иһин күүскэ турунуу наадатын өйдүүргэ үөрэппитэ. Төрөөбүт дойдуларын, айылҕатын, сирин дьонун таптыыр, көмүскүүр, сайыннарар умнуллубат ахтылҕанын үөскэппитэ.
1944 сыллаахха Тарасов Василий Александрович сэрииттэн араанатынан сыыйыллан кэлбитэ. Кэлээт да үлэ үөһүгэр киирбитэ. Түүннэри-күнүстэри тохтоло суох биригэдиирдээн сүүрэрэ, бултуура. Ол кыһын биир дьиэҕэ кыстаабыппыт. Тайах, куобах этинэн быспакка хааччыйара. Үлэҕэ элбэххэ үөрэппитэ. Кэргэнэ Дарья ол сыл ыарахан сылдьан сылгыһыттыырын тохтоппотоҕо. Ол курдук үлэлии сылдьан 1945 сыллаах кыыс оҕону төрөппүтэ. Ол эрэ кэнниттэн Василий Александрович сылгыһыттыыры бэйэтэ ылбыта. Дарья уонча хонон баран фермаҕа үлэлии тахсыбыта. Оҕолору биһиги, суох кэмнэригэр көрөрбүт, дьиэһиттиирбит. Харыйалаах арыыттан сэриигэ барбыттартан сорохторо сурукка киирбэтэххтэр. Сурукка киирбитинэн 49 эр киһи сэриигэ ыҥырыллаан 34 өлбүт, 15 киһи дойдуларыгар эргиллэн кэлбиттэр. Ол эргиллэн кэлбиттэртэн 2006 сылга 3 эрэ фронтовик тыыннаах. Самсонов Егор Иванович билигин сааһа 85-һэ, Якутскайга олорор. Филиппов Михаил Ксенофонтович 82 сааһа, Үөдэйгэ баар Филиппов Виктор Петрович эмиэ 82 сааһа билигин Үөдэйгэ баар. Кини Ой-Мурантан сэриигэ барбыт. Сэрии кэмигэр Харыйалаах арыыга колхозтаах быһыытынан үлэлии сылдьыбыттартан билигин биир да киһи тыыннаах суох.
Сэрии кэнниттэн колхозка үлэ-хамнас
Мантан антах тус бэйэм тугу көрбүппүнэн билбиппинэн дьиҥнээх олоххо-дьаһахха буолан ааспыты кылгастык суруйуом.
«Ударник» колхоз 1938 сыллааха Харыйалаах арыытыгар эрэ тэриллибит Советскай коллективнай олоҕу-дьаһаҕы тэрийэр бастакы кэмнэрэ буолан, колхозтаахтар үлэҕэ кыттар интириэстэрэ олус улахан этэ. Хас биирдии колхозтаах күннээҕи үлэлиир миэстэтигэр норма оҥоһуллан «үлэ күнэ» коэффициент суруллар. Ол сыллааҕы сумматынан доход аахсаллар. Биһиги «трудодень» диэн ааттыырбыт. Саамай элбэх трудодены сүөһү үлэһиттэрэ аахсаллара. Саамай элбэх трудодень 400-450 тиийэрэ. Оннук трудодень аахсааччылары ударниктар испииһэктэригэр киллэрэллэр. Хас күн аайы трудодень аахсар үлэлиир интириэс хас биирдии үлэһити тэтимнээхтик үлэлиирин көҕүлүүрэ. Күннээх үлэ норматын толорор туһугар сарсыарда эрдэттэн хойукка дылы үлэлииргэ ардыгар кыһаллаллра. Ол иһин «Ударник» колхоз дохода күһүн үгүөрү буолара. Мин өйдүүрбүнэн 2-3 үлэһиттээх ыал тоннаннан бурдугу, сүүһүнэн кг эти, арыыны аахсаллара. Ол эрээри оччолорго харчыннан доход суох этэ. Сорохтор сыл устата авансаннан килиэбинэн, арыынан, этинэн ылан дивитор бараллара. Ону толороору сүөһү үлэтигэр үлэлии киирээччи, былдьаһааччы элбэх буолара.
1952 сыллаахтан «Фрунзе» (Ат-Дабан) «Калинин» (Ой-Муран) уонна «Ударник» Харыйалаах колхозара холбоһон «Коммунизм» колхоһо буолбуттара. Колхоз правленията Үөдэйгэ тахсан тэриллибитэ. Дьаһалта састааба арыый уустугурбута. Үлэ күнүн аахсыы Үөдэйгэ эрэ тахсан буулгалтерияны кытта быһаарсары арыый ыарахаттардаах уонно үлэҕэ көҕүлэнии мөлтөөбүтэ. Ол эрээри атынан үлэлииргэ техниканнан хааччыллыы тупсубута. Бурдугу урукку «Ударник» колхозка илииннэн ыһар эбит буоллахтарна, ат сеялкатынан толору туһанар буолбуттара. Ударник колхозка бурдук астааһыныгар техниканнан туһаныылара тупсубута. Ол курдук самоскид веялка, триер, молотилка күүһүн туһанар буолбуттара. Бурдук сынньар молотилканы 8 ат эргитэрэ. Самоскид диэн бурдук быстарыытыгар 2 атынан состорон, илииннэн баайан сонуок оҥорорго, сөптөөх гына бырахтарар 4 кыраабыллаах техника. Кини кэнниттэн 10-ча дьахтар баайан, атынан тиэйэн ыларга, туруортаан солуһуон оҥороллор. Ону ардах хоппот уонна куолаһа үөһээ диэкки буолан үчүгэйдик куурар. Ону биһиги сыарҕалаах атынан, оҕуһунан тиэйэн, күһүн молотилкалыыр миэстэлэргэ ардах хоппот гына сааһылыыр этибит. Күһүн молотилкаҕа отутча киһи үлэлиир. Сынныллан ыраастаммыт бурдук куулланан складка тута тиэрдиллэн кутуллара. Итинник үлэ «Коммунизм» колхозка эмиэ бара. Ол эрээри 1954 сыллаахха колхоз т-24 тракторы атыылаһан молотилкаҕа, ыһыы үлэтигэр элбэх көмөнү оҥорбуттара. Онуоха бастакы тракторист Асекритов Винокур үлэлээбитэ.
«Коммунизм» колхозка колхозтаахтар 8 чаастан уһуннук үлэлээһини соччо сөбүлээбэт буолбуттара. Кэтэх хайаайыстыбаларыгар бириэмэ ордорунаары бары да наадыйар буолбуттара. Кэтэх хайаайыстыбаҕа биирдии ынахтан ордугу соччо ииппэттэр этэ. Оттуур ходуһа сирин биэрбэт этилэр. Сайын от үлэтигэр үлэлээччилэргэ 10% отунан төлөбүр биэрэллэринэн ынахтарын отун хааччыналлара.
1950 сыллаахха Бороҥҥо 5 ыал, Хааттарарга 12, Үөдэгйэ 11 ыал дьиэтэ баара. Оччолорго дьиэлэргэ дьуккаахтаһан олоруу өссө да баара. Туруору оһохтоох былыргы саах балаҕана Киров Илья Алексеевичка , Самсонов Герасим иккис дьиэлэрин курдук баара. Мин ийэбинэн оннук дьиэҕэ хас да сыл олорбутум.
Харыйалаах арыыга түөлбэ-түөлбэ ыаллар олохсуйан олоруулара 1938 сыллаахтан суох буолбута. Сэрии кэнниттэн ыал да олус аҕыйаабыта. «Ударник» колхоз саҕана дьон өй-санаа төрөөбүт дойдуларыгар өбүгэлэрин традицияларынан көмүскүүр, харыстыыр, олохсуйар быһыылара- майгылара баар этэ. Арыыга 50-чэ гектарга бурдук аһыллара, 1 га хортуоска, турнепс, хаппыыста үүннэрэллэрэ. Хортуоскаларын үксүгэр сатаан харайбат, көрбөт буолан олус бытархай кыра буоларын өйдүүбүн. Өссө күтэр таһан хаһаанан үүнүүтэ олус кыра буолар быһылаах этэ. Биһиги кыра сылдьан, күтэр бааһына кытыытыгар хаһааммытын булан кууллаабыппыт. Ону колхоз солбуйар председателигэр Киров Андрей Ивановичка хортуосканы уорбут курдук тыллабыр тиийбит этэ. Хата ханнык эрэ үтүө санаалаах колхозтаах көмүскэһэн улахан буруйга-сэмэҕэ тардыбатахтара, ол эрээри сельсоветка илдьитэлээн дьүүллээбиттэрэ. Онтон ыла күтэр хасааһын көрдөөбөт, кырыһы түөрбэт буолбуппут. Ити 1948 сыллаахха этэ. Биһиги күһүн бурдук быстарбыт бааһынабытыгар тохтубут куолаһы хомуттараллара. Күтэри, моҕотойу бултаталлара.
Быһата урукку кэтэх хаһаайыстыбатынан Харыйалаах арыыны үллэстэн айылҕ, сир дьоҕурун туһаҕа таһаарар интириэс уопсай күүһү холбоон үлэлээн, оҥоһуллар продукцияны үллэстэн, ыаллар олохторун-дьаһахтарын хааччыйар хайыхаҕа кубулуйбуттара. Омос санаатахха, дьон күүһүн түмэн үлэлиир техниканы булунар, дьиэни-хаһааны оҥостор, көрү-нары кытта аргыстаһар саҥа кэм дьону сэргэхсипит. Ол эрээри, дьон уопсай үлэҕэ үлэлиир интириэстэрэ дьаһалта ыгар күүһүгэр кубулуйан хааччыйыыга найыланыы хайысхатын бастакы кыыма дьоҥҥо үөскээн барбыта. Кэтэх баайы элбэтии интириэһэ сүтэн олохтоммут 8 чаастаах үлэ чааһа бүттэ да дьиэлэригэр бара охсор санаа саҕаламмыт үлэ ситэриллибэккэ хаалларыыны кэрэйбэт буолуу үөскээһинигэр дьону хайысхалаабыта. Дьыллар-күннэр аастахтарын аайы үлэ качествота, уопсай доходу элбэтии интириэһэ уостан барбыта. Дьон чэпчэки, элбэх трудонеь аахсар үлэни ирдээһиннэрэ дьаһалта үлэтигэр ыарахаттары үөскэтэн, сорох үлэ оҥоһуллубакка, үлэ тэтимин харыстаныыта, мөкүөрдэргэ киллэртиирэ улам элбээн барбыта. Ордук ферма үлэтигэр ыарахаттар үөскүүллэр. Ол курдук сүөһү сүтүүтэ, ыадьыыта, аһыы оту сиэн өлүүтэ, ыам көтүүтэ о.д.а. кыһалҕалар төлөбүр ирдээһиҥҥэ киллэртиир.
Араас үлэ уустуктарын туоратыыга дьаһалта ирдэбилэ ордук «Коммунизм» арыый бөдөҥсүйбүт колхоһугар күүһүрбүтэ. Онтон сылтаан олохтоохтор дойдуларыттан көһөр өй-санаа үөскүүрэ элбээн барбыта.
1957 сыллаахха аны Сиинэ нэһилиэгин колхоһун кытта холбоон «Короленко»колхоһун аата иҥэриллибитэ. Харыйалаах арыы олохтоохторугар «Короленко»колхоз тэрээһиннэрэ ыал быһыытынан олохсуйууларыгар түөрэҥнээһини үөскэппитэ. Бэйэтэ да ити кэмҥэ Харыйалаах арыытын олохтоохторо Үөдэйгэ көһөннөр 5 эрэ ыал хаалбыта. Ити хаалбыт ыаллар, 1960 сылга бука бары төрөөбүт дойдуларын букатын быраҕан көһөн хаалбыттара. «Коммунизм» колхоз правлениета, киинэ Үөдэйгэ буолан Ой-Муран, Ат-Дабан, Харыйалаах арыы ыаллара Үөдэйгэ олохсуйарга күһэллибиттэрэ.
«Короленко» бөдөҥсүтүллүбүт колхоһун киинэ Сиинэҕэ буолбут. Ол түмүгэр аны Үөдэйтэн ыаллар көһөн бараллара массовай буолан 37 ыал төрөөбүт дойдуларыттан күрэммиттэрэ. Сорох ыаллар Покровскайга, Якутскайга о.д.а. нэһилиэктэргэ көспүттэрэ. Ити курдук 3 нэһилиэк эстэн хаалбыта. Аны Үөдэйгэ олохсуйбут ыалларбыт түөрэҥнээһиннэрэ үөскээбитэ.
«Короленко»колхоз техническай сэбилэниитэ тупсубут курдуга. Оройуоннааҕы «Сельхозтехника» тракторынан, комбайнарынан, массыналарынан сэбилэниитин хааччыйаннар государственнай көмөлтө күүһүрэн барбыта. Күһүн бурдук хомуйуутугар С-4 бензиновай комбайнан көмөлөһөн, аан маҥнай, үүнэн турар бурдугу бааһынаттан хомуйуу, колхозтаахтары улаханнык сэргэхсиппитэ. Анны тыаны солоонор бааһынаны кэҥэтэн бурдук ыһыытын элбэппиттэрэ. Ол эрээри сэлиэһинэй бурдугу мэлийэн сиир бурдукпутун үүннэринэр интириэспит соҕуруу дойдуттан тиэйэн аҕалан хааччыйыы интириэһигэр кубулуйбута. Ол иһин сэриэһинэй бурдук ыһыытын тохтоппуттара. Ол оннугар эбиэс, ньэчимиэн бурдук ыһыытын кэҥэппиттэрэ. Сүөһү ахсаанын элбэтэр наадаттан, сүөһү сиир бурдугар үлэ тэрээһиннэрин хайысхата тэтимнэхтик сайдан барбыта ол эрээри урукку биирдии гектартан хомуйан ылар үүнүү таһыма таҥнары түспүтэ. Ол оннугар площадын харса суо кэҥэтэн валовай үүннэрэн ылар ахсаана элбээбитэ. Ити биллэн турар бэйэҕэ турар санаатын улаатыннарбыта. Ол сүөһүттэн ылыллар продукцияларга кытта охсубута. Түмүгэр «Короленко» колхоз барыыстаахтык үлэлиир кыаҕын сүтэрбитэ. Төһө да государстваттан көмөлтө улааппытын иһин биллэр-көстөр гына сайдан барбатаҕа. Тус бэйэтин техникатын, дьоннорун хамнастарын, үлэ тэтимин хамсатар ороскуоттары, бэйэтэ киллэринэр дохода саппат буолбут. Ону күүһүрдээри 1964 сыллаахха Тиит-Ары, Чкалов, Тумул, Сиинэ, Үөдэй, Кытыл-Дьура, Исить нэһилиэктэрин холботолоон уйаара-кэйээрэ биллибэт бөдөҥсүтүллүбүт колхозка кубулутуллубута. Колхоз үлэлэрин механизациялааһын тупсубут курдуга. Онтон Үөдэй дьонун олоҕо-дьаһаҕа түргэнник сайдар суолга киирбитэҕэ. Олохтоох дьоннорбут, үүнэр кэнчээри ыччаттарбыт, аны тэтимнээхтик государства хааччыйыытынан сайдар оройуон киинигэр, Покровскайга көһөр дьарыгар хаптарбыттара. Эрдэлээн эттэххэ, күн бүгүн ити дьаллык тэтимирэн куталлаах государственнай ыарыы курдук буолла. Төрөөбүт дойдубут хаһаайынын сүтэрэн өтөхсүйүүтэ түргэтээтэ.
Бу уйаара-кэйээрэ биллибэт колхозпутугар «Орджоникидзевскай»аатын Покровскайга кэлэн олохсуйа сылдьыбыт политсыльнай киһи аатын биэрбиттэрэ.
«Орджоникидзевскай» колхоз киинэ Сиинэҕэ уруккуттунан хаалбыта. Нэһилиэктэр колхоз биригээдэлэрин быһыытынан, киин правлениятыгар бас бэринэр структурнай тэрээһиннэхтэр. Бастакы «Тураҥнаах», Ленскэй, Ударник колхозтартан, Орджоникидзевскай колхоз колхозтаахтара уратыта диэн 80% орто үөрэхтээхтэр сүүс быраһыан ааҕар, суруйар кыахтаахтар. Ол эрээри олоххо саамай наадалаах-туһалаах үлэлээн колхоһу байытар интириэстэрэ үөһэттэн босхо хааччыйыыга эрэниигэ халытар хайысхаламмыттара. Советскай сокуон киин бөһүөлэктэргэ, куораттарга босхо хаачыйыылаах олоҕу-дьаһаҕы тэрийэр көмөлтөлөрө күүһүрбүтэ, биллэ-көстө үлэлиир усулуобуйалара чэпчээбитэ. Онуоха колхозтаахтар ыччаттара, колхоз үлэтин ыарырҕатан массовай көһүүлэрэ саҕаламмыта. Ол түмүгэр үлэһит илии хаппат, былаан үөһээттэн улаатыннаран бэриллэр, кэтэх олорор дьиэлэрэ эбии сылайар үлэни көрдүүр, государственнай босхо хааччыйыы кэлтэй бэриллиитэ колхозтаахтары дэриэбинэлэриттэн көһөргө көҕүлээбитэ. Дэриэбинэлэрбит кураанахсыйан барбыттара. Онтон правительственнай үрдүкү дьаһалта 1969 сыллаахха ыксаан колхоһу совхоз оҥорорго күһэллибитэ.
Тус бэйэм колхоз үлэтинэн буутум этэ буспута, холум этэ хойдубута
Үөһээ этэн ааспытым курдук 3 сааспыттан эрэйи эҥэрбинэн, сору сотобунан билэн, тус бэйэм дьылҕабын оҥосторго эрэлим өйбүн-санаабын эрчийбитэ. Биэс сааспыттан үлэ диэн тугун, кыаллыбаты кыайарга, сатамматы сатыырга, эппин-хааммын олох бэйэтэ эрчийэн барбыта. Аһы-таҥаһы хантан булунары, хаччыныы туһатын, куһаҕан хайдаҕын, хомолто тугун 10 сааспыттан билэн, 15 сааспыттан улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэни кыайар, ханнык да үлэттэн куттаммат буолбутум. 17 сааспар колхозка 1,30 га оту охсор, 160 центнер оту кэбинэр 1955 сыллаахтан «Коммунизм» колхозка биир бастыҥ колхозтаах быһыытынан нэһилиэккэ биллибитим.
1957 сыллаахтан «Короленко» колхозка хонуу, ферма үлэлэригэр араас ыарахан үлэлэри кыайыылаах сатабыллаах үлэһит быһыытынан үлэлэтэллэрэ. Кыһын 120 ыатар ынахха 2-3 атынан 6-7 км Ат-Дабан, Ой-Мураны, Харыйалаах арыытыттан от тиэйэн быспакка хааччыйарым. Өссө бириэмэ ордорунан балбаах, мас тиэйиитигэр көмөлөһөрүм.сайын от үлэтигэр, тутуу үлэлэригэр биир да колхозка өрөбүлэ, отпуската суох үлэлээтим. 1959-1960 сыллардаахха от үлэтигэр комсомольскай молодежнай звенотугар звеноводтаан республикаҕа бастаан Кыһыл знамены ылбыппыт. 1962 сыллаахха биир сыллаах УМСХ (училище механизации сельского хозяйства) үөрэнэн тракторист-машинист широкого профиля идэтин ылан 1966 сыллаахха дылы механизатор быһыытынан үлэлээн оруйуон биир бастыҥ механзатордарын аатыгар киирбитим. Харыйалаах арыыга күһүн СК-4 комбайнынан бурдук быстарыытыгар үлэлиирим. Оҕолорго 100 га арыыга, Үөдэйгэ, Дабааҥҥа 90 га бурдук ыһалларын хомуттарарым. Күннэх нормам 10 га оннугар 18 га быстаран аҕыйах хонуукка бүтэрэрим. 1965 сыллаахха Үөдэйгэ бурдук үлэтин эрдэ срогун иннинэ бүтэрэн баран, Дьура отделениятыгар 7 хонукка сүүс га бурдугу хомуйан «Орджоникидзевскай» колхоз бастыҥ механизатор-рационализатор аатын иҥэрэн бочуот дуоскатыгар киллэрбиттэрэ. Рационализатор аатын кыһын тракторынан талах бурдугун мэлиттэриитигэр дробилканы 2 төгүл элбэх бурудугу мэлийэр гына переделкалаан оҥорбутум иһин иҥэрбиттэрэ быһыылаах этэ. 4 сыл Үөдэй алын сүһүөх комсомольскай тэриллитин секретарынан талбыттара. Комсомольскай тэрилтэбит инициативатынан саҥа кулууб тутуутун саҕалаабыппыт уонна 1969 сыллаахха үлэҕэ киллэриллибитэ. Комсомольскай тэрилтэбит республикаҕа биир бастыҥ тэрилтэ быһыытынан биллибитэ.
1965 сыллаахха муус устар 17 күнүгэр Саха АССР Верховай Совет Президиумун ыйааҕынан Почетнай грамотаннан наҕараадалаабыттара уонна 2 уостах сааны бэлэхтээбиттэрэ.
1966 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэххэ партийнай тэрилтэ рекомендациятынан Якутскайга үөрэнэ киирбитим.
Совхозка
Мин 1970 сыллаахха агроном-луговод специальнаһын дипломун ылан, Орджоникидзевскай совхозка инженер-мелиратор үлэтигэр анаабыттара.
1968 сыллаахха Якутскайга үөрэнэ сылдьан Амма Өнньүөһүн кыыһын Ксенофонтова Мария Матвеевнаны кэргэн ылан, 1969 сыллаах улахан кыыспытын Аэлитаны оҕолонон дьоллоох олохпут саҕаламмыта. Кэргэним Мария бэс ыйыгар 1970 сыллаахха ветврач үөрэҕин бүтэрэн, Сиинэҕэ ветврач үлэтигэр киирбитэ.
Кыра эрдэхпиттэн тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын араас ыарахан кэмнэригэр үлэ эриирдээх-мускуурдаах физическай оскуолатын ситиһиилээхтик ааһан, ону үөрэҕинэн бөҕөргөтөн, дьаһалта үлэтин баһылыырга улахан оруоллааҕын уонна үлэһиттэр дьоҕурдарын таба туһанарга көмөлөөҕүн, ааспыт салайбыт тэрилтэлэрин үрдүк ситиһиилэмиттэрэ туоһулууллар. Дьаһалта үлэтэ бэйэтэ туспа практическай салайар, сүрүннүүр дьоҕур опытынан сайдыыны хааччыйар оскуолалаах. Ол оскуоланы баһылыырга физическай оскуола курсун баһылаабатах специалист элбэх үлэһиттэрдээх тэрилтэни салайарга, барыыстаах оҥороро саарбах. Онуоха дьаһалта самостоятельнай, инициативнай саҕалыыр үлэтин үрдүкү дьаһалта тууйуута кризиснэй балаһыанньаны үөскэтэрэ үксүгэр ыһыллыыга тириэрдэр. Ити Советскай кэм үөһээттэн чиновниктарынан дьаһалымсыйар хайысхалаах совхознай тэрилтэтигэр 18 сыл үлэлээбитим. Ол иһиттэн 5 бүтэһик сылларга Сиинэ отделениятыгар арыый самостоятельнай соҕус дьаһалтаннан үлэлээбитим. Ол эрээри хомойуом иһин, 1988 сыллаахха үрдүкү дьаһалта бэйэтин инициативнай тэрээһини олоххо киллэрэри ууратан кэбиспитэ. Ол туһунан арыый сиһилии суруйарым, үрдүкү дьаһалтаннан дьаһайыллар тэрилтэ сайдыыта тууйулларын, өйдүүргэ ордук буолуоҕа.
Совхоз госудстваннан хааччыллар үптээх-харчылаах, сирдээх-дойдулаах, үлэһиттэрдээх, специалистадаах. Ол иһин хааччыллар специалистара сыл аайы уларыйа-тэлэрийэ турар. Саҥаттан саҥа сорудах, дьаһал былаан үөһээттэн оҥоһуллан тиэрдиллэр. Совхоз дьаһалтата бэйэ бэйэлэриттэн быстыспат кытаанах сокуонуттан Ким да туоруур кыаҕа суоҕа. Тус бэйэм үөһээттэн түһэриллэр дьаһалталары толорор сорук-боллур оҕотун курдук үлэлээн оклад хамнаһы аахсарым. Совхоз центральнай аппараатыгар 40-чэ специалист үлэлээтиннэр, үлэлээбэтиннэр ый аайы оклад харчыны аахсаллара. Сорох главнай специалистар ардыгар үлэ чааһыгар хосторун иһигэр художественнай кинигэ ааҕа олор буолаллара. Центральнай аппарат үлэһиттэрэ бары даҕаны статистика эбээһинэһин толорон хамнас аахсан олорбуттара диэтэхпинэ сыстарбатым буолуо. 20-чэ сыл үлэлээбитэ да плановай убытагыттан да тахсыбатаҕа. Ол устата 9 директор үлэлээн көрбүттэрэ. Партийнай, правительственнай сорудахтары токуруппакка үлэлээбит дьаһалта үчүгэй үлэлээҕинэн ааҕыллара.
Совхоз киин усаадьбатыгар 6 совхоз отделениятын таһаҕаһын хааччыйарга 40 араас мааралаах автомашина, 10-ча трактор, араас сельхоз массыналар бааллара. Сиинэ хоонньоһо сытар центральнай отделенията саамай хаалыылаах производствалааҕынан ааҕыллара. Итиччэ элбэх техникалаах центральнай мастерской от-мас, уу-хаар тиэйиитигэр көмөлөспөккө Сиинэ отделнията быстар куһаҕан туруктаммыта. Управляющайдара сотору-сотору уларыйаллара.
1983 сыллаахха аны миигин Сиинэ отделениятыгар күүстэринэн кэриэтэ управляющайынан анаабыттара. Управляющайынан үлэлии олорбут коммунист Макаров Дмитрий Семенович эбээһиннэһиттэн үлэтин кыайбат диэн ууратан кэбиспит этилэр.
Олунньу ый 23 күнүгэр директор прикаһа миигин управляющайынан аныырга тахсыбыта. Сарсыныгар отделение үлэтин билсиһэ диэн хонтуораларыгар киирбитим хараллыбатаҕа хас да хоммут этэ. Муостаҕа кумааҕы, иччитэх бытыылка, консерва баанкалара кэмпиэт суулара, аһылык тобохторо бэрээдэгэ суох ыһылла сыталлара. Бастакы хоско быстыбыт телефон провода ыйаан турарын сэрэйдэххэ управляющай телефонун уоран илдьэ барбыттар быһыылаах. Иккис хско көҥдөй көхсө эрэ хаалбыт газ плитаҕа, баллона аһыыр остуол, олоппостор, скамейкалар, иһит-хомуос ыһылла сыталлара «горячай питание» үлэлии турбутун туоһулуур.
Хотоҥҥо тиийбитим үүт тутар миэстэлэригэр тимир оһох Тула ыанньыксыттар, этиһии аҥаардаах, биригэдиир Филиппова Октябрина Викторовна оһоххо иттэ туран тугу эрэ быһаарса сатыыллар. «Дьэ саҥа управляющай кэллэ» – диэн баран Леверьева Рая иннибэр аҕалан үүтээх биэдэрэтин олордон баран, күргүйдүүр аҥаардаах кэпсэтииннэн билсиһиибитин саҕалаатыбыт. «Миигинэ да суох бэйэҥ көрөр, билсиһэр кыахтааххын, управляющайдыам дии санаан кэллиҥ ини» - диэн баран Октябрина Викторовна тахсан барда. Хотоҥҥо киирбитим 3 хонукка уулаабакка, 6 хонукка саахтара таһаарыллыбатах хотоҥҥо, өй-мэйдээх тулуйбат ынах маҥырааһына «эҕэрдэлии» тоһуйда. Строплентаннан өһөтөн тартарыллан туран аһыыр 6 ырыганнаабыт ынахтарын көрөн баран куйахам күүрдэ. Көннүнэн өлбүт ынах, сүлүллүбэтэх тарбыйах өлүктэрэ быраҕыллыбыт хотонун аанын арыйбыппар хас да ыт түҥнэри көтө сыыһа таһырдьа куоттулар.
Бу этэ сүүс киһи үөһэттэн дьаһылымсыйан хайааһыннааһынын дьиҥнээх хартыыната. 40-н тахса центральнай аппарат специалистара хоонньоһо сытан, маннык ынырык буолуор дылы производствалара эмсэҕилииригэр дьаһал ылбакка, үрдүк хамнаһы аахса олорон, кыһаллыбат буолбуттарыттан саллан, ол түүн толкуйдаан утуйбатым. Олунньу ый 26 күнүгэр сарсыарда 5 чааска туран, саҥата-иҥэтэ суох үлэһиттэри, дояркалары, специалистары үлэҕэ тахсыыларын, Ким тугунан дьарыктанарын кэтээн, билсиһэн баран, 10 чааска Сиинэ советын председателигэр Иларов Макар Тихоновичка тиийдим. «Хотону, хонтуораны, күрүөнү-хаһааны, картофелехранилищены олохтоох общественность күүһүнэн ыраастаппатаххытына управляющайдыыртан аккаастанабын» диэн ультиматум туруордум. Хата коммунист буолбатаҕым абыраан, көмөлөһүөх буолан тылын биэрдэ.
2 күн субботник тэрийэннэр үөскээбит ыарахан балаһыанньаттан быыһаммыппыт. Отделения үлэһиттэригэр бастакы күмүттэн авторитет ылан, кэргэмминээн Мария Матвеевналыын ис дууһабыттан ылсаһан, эһиилигэр биир бастыҥ көрдөрүүлээх отделения аатыгар киллэрбиппит. Ити курдук 5 сыл устата үлэлээммит икки симиэнэннэн үлэлиир, молокопроводынан үүт молоприемнай пункаҕа кэлэр доильнай аппарааттаан, маҕан халааттаах үлэлиир сырдык, ыраас хотоҥҥо үлэһиттэр үлэлиир, аһыыр, сынньанар усулуобуйалара оҥоһуллубута. Оччолорго сүөһү кыстык рациона шаблоннай буолан, ордор оппутун былдьыыллара, самодельнай бас билэр автомашина да, водовозка да биэрбэттэрэ, үбү-харчыны бас билбэт этибит. Араас ыарахан балаһыанньа тирээтэҕинэ туттарга туспа бюджеппытыгар счет арыттарбаттар этэ. Ол иһин хозрасчетнай отделение оҥороллоругар туруорсуубут центральнай аппаракка улахан айдааны тарпыта. Түмүгэр Сиинэ отделениятыгар управляющай штатын сокращение оҥорон, цеховой дьаһалтаҕа киллэрэргэ бирикээс тахсыбыта. Хомотуох иһин, биир ый иһигэр балаһыанньалара тосту-таҥнары баран, отделение олохто да ыһыллан хаалбытын, Покровскайга хам-түм көрсөр үлэһиттэрим бэйэлэрин хомолтолорун кэпсииллэрэ.
Ити курдук үлэһит киһи дьоҕурун үөһээттэн тууйар кэм 1991 сыллаахха уурайан рыночнай үлэ саҕаламмыта. Ол эрээри, үлэһит дьон кыра оҕо саастарыттан үлэлиир миэстэлэриттэн саҕалаан, хамнаһыгар, аһыгар, таҥаһыгар тиийэ аҕалан, ыйан-көрдөрөн биэрии хааччыйыытыгар үөрэнэн хаалбыт буолан көҥүл олох бэйэни хааччынар, үлэни бэйэтэ тэринэр рыночнай хайысхата үксүлэрин мунан хааларга киллэртээбитэ. Аһыыр-сиир харчыларын тугу үлэлээн булунар олоххо хаамааһын элбээбитэ. Урукку бэйэлэрин бэйэлэрэ хааччынан олорбут колхоз курдук Үөдэйгэ, Сиинэҕэ коллективнай предприятелары, совхоз баҕаларыгар, кыттыһан тэрилтэ оҥостон үлэлииргэ соруммуттар.
Совхоз туһунан түмүктээн суруйар буоллахха, дьон биир сиргэ өбүгэ саҕаттан дойду оҥостон олорбут миэстэлэриттэн лыах курдук көтө сылдьан, государства үрдүк хамнаһы биэрэр миэстэлэрин көрдөөһүн хайысхалаах, олох обраһын үөскэппитэ. Ол түмүгэр дэриэбинэ бэйэтин хааччынар ыарахан үлэлээх дойдулара хаһаайыттарын сүтэрэн иччэхсийиилэрэ үөскээбитэ.
Дьон биир миэстэҕэ олохсуйан, сирдэрин оҥостунан, баайдарын хаҥатынар, ыччаттарын нэһилиэстибэннэн салҕаан иитэр кыахтара бүтэһиктээхтик ыһыллыбыта. Ол инерциятынан дойдуларыгар билигин да кэскиллээх олохсуйар өй-санаа сайда илик.
Достарыңызбен бөлісу: |