Специализация «Театральное творчество»


Чьими именами мы гордимся



бет2/3
Дата17.07.2016
өлшемі0.73 Mb.
#205630
1   2   3

Чьими именами мы гордимся
Андросова Татьяна Игнатьевна, отличник просвещения СССР, РСФСР, заслуженный работник образования РС (Я)

Бурнашев Иван Кузьмич, отличник культуры РС (Я)

Бурнашева Валентина Федосьевна, режиссер Таттинского народного театра

Бушков Иван, режиссер Чурапчинского народного театра (учился у Анастасии Николаевны и Туяны Баяртуровны в филиале ВСГАКИ) (ВСГАКИ)

Габышев Роман Афанасьевич, преподаватель ЯККиИ

Герасимов Валерий Петрович, заслуженный работник культуры РС(Я), отличник культуры РС(Я), зам.директора ТЮЗ по АХЧ

Герасимов Мария Андреевна, заслуженный работник культуры РСФСР

Давыдов Тимофей, директор СК с.Булгунньяхтаах

Данилова Мария Никитична, заслуженная артистка РС (Я)

Евсеев Егор Григорьевич, заслуженный работник культуры РС (Я)

Егорова Нина Константиновна, отличник культуры РС (Я)

Еремеев Петр Алексеевич, заслуженный работник культуры РС (Я).

Заболоцкая Прасковья Еремеевна, кандидат искусствоведения, доцент кафедры искусствоведения АГИИК

Зверева Анна Николаевна, заслуженный работник культуры РС (Я), почетный гражданин Намского улуса.

Илларионова Нюргуяна Ивановна, кандидат искусствоведения.

Корякина Венера Васильевна, заслуженный работник культуры РС (Я), третий выпускник (1976), главный администратор ТЮЗ

Корякина Екатерина Ивановна, заслуженный работник культуры РС (Я), работает режиссером Октемского народного театра

Константинова Марианна Петровна, заслуженный работник культуры РС (Я)

Кривогорницына Александра Константиновна, заслуженная артистка РС (Я)

Кычкина Лукерья Дмитриевна, заслуженный работник культуры РСФСР, отличник культуры СССР, кавалер ордена «Материнская слава» 3 степени, персональный пенсионер РС (Я)

Лукина Людмила Григорьевна, отличник культуры РС(Я), смотритель историко-краеведческого музея.

Рудых Эдуард Егорович, диктор НВК «Саха»

Сивцева Вера Степановна, отличник культуры РС (Я), почетный гражданин с. Антоновка Нюрбинского района

Скрябина Анисия Даниловна, заслуженный работник культуры РСФСР, ЯАССР, отличник культуры СССР, почетный гражданин Мегино-Кангаласского района

Сметанин Филипп Дмитриевич

Соколова Маргарита Алексеевна, заслуженный работник культуры РС (Я).

Сысолятина Зоя Григорьевна, заслуженный работник культуры РС (Я),

Титигиров Александр Васильевич, заслуженный деятель искусств РС (Я)

Тихонов Михаил Иванович, отличник культуры РС (Я)

Федоров Афанасий Семенович, заслуженный работник культуры РФ, заслуженный артист ЯАССР, почетный гражданин с. Дюпся Усть-Алданского района.

Федотов Симон Петрович, заслуженный артист РФ, ЯАССР, лауреат Государственной премии СССР.

Филиппова Августина Николаевна, заслуженный работник культуры РС (Я)

Хатылыкова Елизавета Анисимовна, заслуженный работник культуры РС (Я), отличник культуры РС (Я), ветеран труда.

Чекуров Юрий - режиссер радио на НВК

Чиркова Валентина Ивановна, заслуженная артистка РС (Я).
ВОСПОМИНАНИЯ ВЫПУСКНИКОВ

Биһиги билигин даҕаны бииргэбит

Киhи буолан орто дойдуга үөскээбит үйэбэр үөрэнэн,

үлэhит буолан айахпын ииттэрбэр

уhуйбут-такайбыт үөрэҕим кыhата –

Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищем

Үөрүүлээх үбүлүөйүгэр анаан ахтыым.

1959-1960 с.с. үөрэх дьылыгар оччотооҕу муҥкук-тэҥкик тыа колкуостаах кыыhа дьоллоох Дькуускай куоракка аан-бастаан үөрэнэ киирбитим. Кэҕэ үрдүк маhы былдьаhарыныы, университетка нуучча тылын факультетыгар үөрэнэн учуутал буолар улуу баҕалааҕым. Бүтэhик историям экзаменын куоттаран кэлэн киирбэккэ хааллым. Дьиэбиттэн илдьэ киирбит кыра харчым сыыhын тэбии торуой маҕаhыыҥҥа бардым. Онно бииргэ үөрэммит дьүөгэбин Дусяны көрсө түстүм. Кини культпросветка хоровойга үөрэнэрэ. «Тыаҕа олох тахсыма, биhиэхэ библиотечнай баар, онно киир. Тулаайах киhи үөрэнэн үлэhит буолуоҥ», диэн сүбэлээччи буолла. Онно сөпсөhөн, дьыалабын туттаран били историябын «4» сыанаҕа туттаран, үөрэххэ киирэн хааллым. Ити дьыл 10 кылааhы бүтэрбит оҕолорго театральнай отделение саҥа аhыллар буолла. Онно киhи аҕыйах буолан талааннаахтары талыы буолла. Ол түмүгэр Антонина Матвеевна Ходжаева диэн режиссер учуутал: «Она моя!» - диэн талан кэбиhэн, кини группатыгар устудьуон буолан хааллым. Куурспут салайааччытынан Слепцов Петр Иннокентьевич диэн клубоведение преподавателэ буолла. Көрдөөх-нардаах студенческай олохпут Амма оройуонугар күhүҥҥү практикаттан саҕаламмыта. Ол көрдөөх, дьоллоох, туох да кыhалҕата суох устудьуон олоҕо олус да кэрэ этэ. Күнү быhа үөрэнэҕин, остолубуойга талонунан бэлэм аhы аhыыгын. Чехов, Лермонтов уулуссаларга чааһынай дьиэлэргэ, училище уопсай дьиэтигэр олорбуппут. Кыргыттар бары наhаа иллээх, доҕордуу олорбуппут. Ол да иhин билигин, 50 сыл тухары умнуспакка, көрсүhэ-билсиhэ, үөрүүбүтүн-хомолтобутун үллэстиhэ, өйөhө-тайаhа, ааспыт кэми ахтыhа, билиҥҥи кэми билсиhэ, кэлэр кэми кэрэhэлэhэ олоробут. Эдэр сааспыт эрэллээх аргыстара, дьүөгэлэрим-кыргыттарым тустарынан кылгастык этэн аhыым.

Үөрэхтээх үлэhит оҥорбут дьүөгэм Алексеева Евдокия Дмитриевна – Амма оройуонугар үлэлээбитэ, кэлин бухгалтер идэтин ылан Улахан Мархаҕа кэргэн тахсан Титова буолан, икки оҕону төрөтөн, сиэннэрдээх, 77 сааһыгар тиийэн олорор. Тихонова Наталья Григорьевна (Антонова) – библиотекарынан үлэлээбитэ, икки кыыс, икки уол оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх, Хатас бөhүөлэгэр олорор. Кычкина Марианна Петровна (Константинова) уhуннук культура эйгэтигэр үлэлээбитэ, СР профессиональнай үөрэхтээһин үтүөлээх үлэһитин аатын ылбыта. Культура уонна үөрэҕирии туйгуна, элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх. Старостина Елена Федоровна – Таатта кыыhа, өр сыл учууталынан үлэлээбитэ, 2 кыыс оҕолоох, сиэннэрдээх, Дьокуускай куоракка олороллор. Биhиги театральнайдар 3 кыыспыт Нам улууhугар олороллор – Андросова Мария Петровна, Прокопьева–Васильева Евдокия, Колесова Анна. Ефимова Мария Афанасьевна Эдьигээҥҥэ үлэлии сылдьан Улан-Удэҕэ үрдүк үөрэххэ салгыы үөрэнэн бүтэрэн, Саха телестудиятыгар режиссерунан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ, 2 кыыс оҕолоох, сиэннэрдээх. Куоракка Борисовкаҕа олорор. Саамай балыс кыыспыт Маша Данилова–Старкова Муома улууhугар үлэлээбитэ. Уоллаах кыыс оҕолоох. Биир улахан ыал ийэтэ буолбут, сурук-бичик дьарыктаах, творческай кыыспыт Туласынова (Андросова) Татьяна Игнатьевна төрөөбүт төрүт сиригэр Тааттаҕа культура уонна үөрэх эйгэтигэр уһуннук үлэлээбитэ. ССРС, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха республикатын үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ. Ыал буолан, оҕо–уруу төрөтөн, дьоhун ыал аатын ылан куоракка олорор.

Бу сылга биһигини кытта сэргэ хоровой отделениены бүтэрбиттэр: 70 сааhыгар диэри ыллыы-айа сылдьар саамай үлэhит кыыспыт Елизавета Степановна Попова, билигин да хорун салайар, үлэ үөhүгар сылдьар. Элбэх дьону, ыччаты үтүөҕэ-кэрэҕэ, ырыа алыбар уhуйар. Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Ларионова – СР культуратын туйгуна, Гоголева Дария Ивановна кырдьаҕастар хордарын салайар, 2 кыыс оҕолоох, сиэннэрдээх, куоракка олорор. Биир саамай дьоллоох олохтоох дьүөгэбит библиотекарь Скорохоркина Сивцева Мария ааспыт сылга кэргэнинээн олорбуттара 50 сылын – кыhыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээн аастылар. А.С.Пушкин аатынан Саха национальнай библиотекатыгар олоҕун анаабыт саамай киэҥ билиилээх, көрүүлээх, СР культуратын туйгуна Дьяконова Матрена Матвеевна билигин оҕолонон, сиэннэнэн Хаҥалас Өктөмүгэр олорор.

Мин Бочкарева – Кычкина Лукерья Дмитриевна үөрэхпин бүтэрээт, Абый оройуонугар барбытым. 1963 сыл күhүнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас Балыктаах бөhүөлэгэр үлэбин саҕалааабытым. 25 сааспар ол кулуупка киирэн баран 51 сааспын туолан баран тахсыбытым. 6 оҕолоохпун, 14 сиэннээхпин, 3 хос сиэннээхпин.

Түмүстэхпит ахсын бииргэ үөрэммит оҕолорбутун, учууталларбытын ахтыhан, кинилэр сырдык мөссүөннэригэр сүгүрүйэн ааhабыт. Таатта народнай театрын артыыhа, СР культуратын туйгуна Тихонов Михаил Ивановиһы, ССРС государственнай премиятын лауреата, Россия, СР үтүөлээх артыыhа Симон Петрович Федотовы, баянист Николай Николаевич Батюшкины, Бүлүү кыыhа Марина Саввична Ксенофонтованы о.д.а.

Оччотооҕу училище директора Иван Иннокентьевич Михайлов, Винокурова Галина Прокопьевна – завуч, режиссер – Владимир Иванович Ломако, Иван Павлович Литвинцев – музграмота учуутала, Галина Николаевна Габышева – клубоведение, струннай–духовой оркестр салайааччыта Сивцев Евгений Ксенофонтович, Иннокентий Дмитриевич Томскай СНАП предметигэр, Готовцева Анна Григорьевна үҥкүүгэ үөрэппиттэрэ. Биһиги режиссербут Антонина Матвеевна барахсан наһаа үчүгэй учуутал этэ. Элбэх нууччалыы да, сахалыы да спектакллары туруорара. Ол курдук «Күкүр Уус», «Сайсары», «Снежная королева», «На дне», «Гроза», «Эдэр сүрэхтэр», «Ырыкыныап ыыспата», «Ини -бии», о.д.а. араас кыра-улахан да формалаах спектакллары, драмалары туруорара. Биhигини, аҕыйах оҕону, Щепкин аатынан училищеҕа набор буолар, онно туттарсыа этигит диэн бэлэмнээбитэ. Симон Федотовы М.Горькай «На дне» пьесатыттан Сатин монологун, миэхэ «Гроза» айымньыттан Катерина, сахалыыттан Сайсары эмээхсин монологтарын бэлэмнээбитэ. Ол дьыл, кырдьык, набор буолуохтааҕа, директорбыт Иван Иннокентьевич истэн, булгуччу бобон кэбиспитэ. Антонина Матвеевна курспутун ситэ бүтэттэрбэккэ барбыта, кини кэнниттэн Неустроев Михаил Михайлович ылан салгыы үөрэппитэ. Инньэ гынан үөрэхпитин бүтэрэн, республикабыт араас улуустарыгар үлэлии тарҕаспыппыт. Сорохтор бэйэбит идэбитинэн олохпут устатын тухары үлэлээн, кэккэ ситиhиилэрдээх үйэбитин моҥоотубут.

Бэйэм үлэлээбит кэммэр үөрэммит идэбэр элбэх киhини уhуйдум дии саныыбын. Эриэ-дэхси үчүгэй үлэлээх кулууп аатыран сылга 2 төгүл практиканнары ыыталлара. Олорор бөhүөлэгим оҕолоро оскуола кэнниттэн бу идэҕэ үөрэнэн, үлэлээн-хамсаан, сорохторо номнуо пенсияҕа таҕыстылар. Элбэхтэн аҕыйах холобуру аҕаллахха, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун культура отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Тарабукина–Спиридонова Тамара Иннокентьевна, Тулагы Сыырдааҕар үлэлээбит, билигин онно олорор Дмитриева Валентина Семеновна, Нам Хамаҕататыттан Парникова Антонина Алексеевна, Таатта народнай театрын режиссера Елизавета Хатылыкова, Амматтан Кычкина – Иванова Дария Ивановна, Майаттан Скрябина Мария Прокопьевна, Балыктаахтан Скрябина Анисия Даниловна, СР культуратын үтүөлээх үлэhитэ Шишигина Вера Егоровна, культура туйгуннара: Стручкова Сардана Степановна, «Ыллыкчаан» образцовай оҕо үҥкүүтүн ансамблын балетмейстара Михайлова Валерия Аркадьевна. Кинилэри Саха сирин культурата сайдыытыгар бэйэлэрин кырата суох кылааттарын киллэрсибит дьонунан сыаналыыбын уонна киэн туттабын.

Мин кулуубум барахсан 1978с. «Клуб отличной работы» ааты сүгэр, элбэх сыллаах социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, зонанан үлэни Республикаҕа төрүттээбит, биир интэриэстээхтэр кулууптарын тэрийии саҕалааччыта этэ.

Партиянан салайтаран

Хомуньуустуун куодьуйан

Куоталаhан, күрэхтэhэн

Олорбуппут «Ураа» дэhэн.
Кычкина Лукерья Дмитриевна

ССРС культуратын туйгуна,

РСФСР культуратын үтүөлээх үлэhитэ,


Махталынан ахтабын
1959 с. күһүн Туора-Күөл детсадыгар сэбиэдиссэйдии сырыттахпына балтым Голикова Вера Ытык-Күөлтэн төлөпүөннээтэ. Манна культпросвет училищеҕа экзамен тута сылдьаллар, оҕо ахсаана тиийбэт, кэлэн туттарсан көрбөккүн дуо? – диэн. Мин, экзамен туттаран, киирэн хааллым. Кэлин билбитим, Галина Прокопьевна Винокурова экзамен туппут эбит.

Училищеҕа кэлбиппит, училище иһигэр уопсай хос биэрдилэр. Биир хоска ахсыа этибит. Ол хостон тахсыбакка училищебын бүтэрбитим.

Кулуубунай дьыала хоровой уонна театральнай салааҕа арахсар эбит. Талааммытын бэрэбиэркэлээтилэр. Туох да талаана суох кыыһы театральнай салааҕа суруйдулар. Ол курдук олохпор биирдэ эрэ студеннаабытым. Кэлин 1 №-дээх Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим.

Училищеҕа Саха сирин араас муннуктарыттан уһулуччу талааннаах да оҕолор, мин курдук орто да оҕолор бааллара. Бары олус иллээх, эйэлээх этибит. Ким да кыыһыра, иирсэ сылдьарын көрбөтөхпүт. Бары тэҥҥэ үөрэн, күлэн, кэпсэтиһэн күммүт бүппүт буолара.

Үксүбүтүгэр остолобуойга толуон биэрэн, босхо аһатар этилэр, ол үгүстэри абырыыра.

Миигин кытта үөрэммит оҕолортон саамай киэн тутта ааттыыбын ССРС государственнай бириэмийэтин лауреатын, РФ, САССР үтүөлээх артыыһын Симон Петрович Федотовы. Кини айылҕаттан бэриллибит талааннааҕа, испэктээкилгэ, сценаҕа олус үчүгэйдик оонньуура, барыбытын сэргэхситэрэ, мин бастыҥмын, кинилэр мөлтөхтөр дии санаабат да этэ. Симон олус талааннаах буолан аатырар Щепкини бүтэрбитэ. Саха театрын инники күөнүгэр сылдьар артыыһа буолбута.

Таатта Баайаҕатыгар хаста да гастролга кэлэ сылдьыбыта, көрсөн кэпсэтэр этибит. Саамай бүтэһик сылдьыытыгар кулуубу толору киһи кэлэн көрбүтэ. Испэктээкил кэнниттэн нэһилиэнньэни кытта көрсүспүтэ. Элбэх киһи сылдьыбытыгар үөрэн тыл эппитэ, «театрбыт тыыннаах эбит» диэбитэ. Миэхэ буклетын бэлэхтээбитэ. Ол кэнниттэн, аҕыйах ый буолан баран, өлбүтүн истэн, Баайаҕа дьоно бары да соһуйбуппут, хомойбуппут.

Симону кытта олус тапсан оонньуура талааннаах кыыспыт, үҥкүүһүппүт, профтехүөрэхтээһин үтүөлээх үлэһитэ Марианна Кычкина-Константинова.

Биир талааннаах уолбут армияттан сулууспалаан кэлбит Таатта оройуонун культураҕа управлениетын үлэһитэ, Таатта народнай театрын бастыҥ артыыһа, СР культуратын туйгуна Михаил Иванович Тихонов. Миша өссө талааннаах үҥкүүһүт этэ, сценаҕа да, маассабай да үҥкүүгэ. Ол иһин биэчэр буоллар эрэ хайаан да Мишаны кытары үҥкүүлүүрбүт. Мария Ефимова, Лукерья Бочкарева эмиэ үчүгэйдик испиктээкилгэ оонньууллара.

Үөрэнэ сылдьан Аммаҕа хортуоска хостооһунугар, Хатаска окко, Покровскайга кирпииччэ собуотугар үлэлээн, үгүстүк концертаан, куорат иһигэр ыытыллар араас тэрээһиннэргэ кыттан, спортка училище чиэһин көмүскээн, Мэҥэ-Хаҥаласка, Тааттаҕа практикаланан ааспытым.

Биһигини үтүөкэн учууталлар үөрэппиттэрэ, такайбыттара: И.И. Михайлов, Г.П. Винокурова, И.Д. Томскай, А.М. Ходжаева, М.М. Неустроев, А.Г. Готовцева, Е.К. Сивцев, П.И. Слепцов уо.д.а.

Училищены бүтэрэн баран анабыл ылан оройуннарга тарҕаспыппыт. Оҕолорбут үгүстэрэ үрдүк үөрэхтэнэн, идэлэрин уларытан, үлэлээн, билигин эһээ, эбээ, хос эбээ, хос эһээ буолан олороллор, сорохпут орто дойдуттан барбыттара.

50-тан тахса сыллааҕыта бииргэ үөрэммит кыргыттар, бүгүҥҥү бэтэрээннэр күн бүгүҥҥэ диэри умнуспакка көрсүһэн, дьүөгэлэһэн, түмсэн, эдэр сааспытын санаһабыт, училищебытын ахтыһабыт. Дьүөгэлэрим библиотечнай, хоровой, театральнай отделениены бүтэрбиттэр: М.М. Дьяконова, Е.Д. Титова, Е.Ф. Старостина, Л.Д. Кычкина, М.П. Константинова, Д.И. Гоголева, Ефимова М.А., Н.Г. Антонова, М.Д. Старкова, Е.С. Попова, Е. Васильева, М.П. Иванова, А.И. Колесова, М.Р. Скороходкина.

Бэйэм туспунан эттэхпинэ, 2 сыл кулуупка үлэлээбитим. Онтон кэргэним П.А. Андросов оскуолаҕа пионер баһаатайынан көһөрбүтэ. Онтон ыла 44 сыл устата оскуолаҕа пионер баһаатыйынан уонна оскуола музейыгар үлэлээбитим. Музейга көрдүүр–ирдиир үлэнэн дьарыктанаммын, үгүс матырыйаалы муспутум, архыыпка сылдьаммын. Муспут матырыйаалбынан бэйэм уонна кыттыһан 14 кинигэни таһаардыбыт.

Түмүктээн эттэххэ, эдэр сааспар биирдэ эрэ студенныы сылдьыбыт училищебын күндүтүк саныыбын, училищеҕа үөрэнэммин олох оскуолатын ааспытым, үлэ ирдэбиллэригэр, дьону кытта алтыһарга, кэпсэтиһэргэ, араас тэрээһиннэри ыытарга, бэйэм илиибинэн суруйарга, оҥорорго үөрэммитим. Үөрэммит кыһам олохпор үгүһү биэрбитэ диэн махталынан ахтабын.
Татьяна Андросова,

ССРС, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна,

СР үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ,

Таатта улууһун бочуоттаах гражданина

Үөрэҕим кыһата ыйбыт суолунан
Мин, Хатылыкова Елизавета Анисимовна, Дьоккуускайдааҕы культурнай-просветительскай училищены 1964-68 үөрэх сылларга театральнай-режиссерскай отделенияны бүтэрбитим. Мин өйдүүрбүнэн уруккута Советскай-партийнай школа диэнтэн училищеҕа кубулуйан режиссерскай, бальнай-хореографическай, народнай музыкальнай отделениялар аҕыйах сыллааҕыта аһыллыбыт этилэр. Уруккута библиотека, кулууп уонна советскай-партийнай пропагандистары үөрэтэн таһаарар кыһа эбит этэ.

Биһиги театральнай отделениябытын Ходжаева Антонина Матвеевна, Неустроев Михаил Михайлович үөрэппиттэрэ. Үс сыл үөрэммит кэммитигэр классоводунан Софронов Гавриил Гаврильевич бэйэтин оҕолорун курдук биэбэйдээн салайан кэлбитэ. Бары тыаттан (оройуоннартан) 2-3 сыл производстваҕа үлэлээбит дьон түмсүбүппүт. Биһиги 202 №-дээх дьиэҕэ, Гимеин диэн остановкаҕа, икки этажтаах мас дьиэҕэ олорбуппут. Олус тымныы дьиэ этэ. Мин үөрэнэн бүтэрбитим. Биһиги ортобутугар олус талааннаах оҕолор бааллара. Мин дьүөгэлэрим: Лариса Бочкарева (Захарова), Марина Киренская (Саввина), Ирина Шарина этилэр. Биһиги ортобутугар үөрэнэ-үөрэнэ үлэлиир оҕолор Гоша Большаков, Михаил Корякин, Виктория Максимова бааллара. Билигин бииргэ үөрэммит оҕолорбуттан сорохторо республика араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сырыттахтара.

Мин бэйэм, культура эйгэтигэр 50 сыл Таатта народнай театрыгар үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлиэхпиттэн, 40 сыл үлэлээн кэллим. Бу үлэлээбит кэмнэрбэр араас улахан спектакллары, дьүһүйүүнү, олоҥхону туруортаан көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылан кэллим. Үлэлээбит үлэм сыаналанан, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Гражданскай килбиэн анал аат хаһаайкатабын, культура туйгуна уонна үлэ ветерана буолан бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.

Бу да буоллар тапталлаах театрбар күн бүгүҥҥэ диэри төһө сүһүөҕүм кыайарынан күүс-көмө, наставник буола сылдьабын. Таптыыр идэбинэн үлэлии сылдьарбынан үөрэммит училищебар муҥура суох махтанабын.


Елизавета Анисимовна Хатылыкова,

1967-68сс. ЯРКПУ выпускницата, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, культура туйгуна, «Гражданскай килбиэн» анал хаһаайката.
Миигин кынаттаабыт үөрэҕим кыһата
Оччолорго мин, Васильева Рита диэн кыыс, 1967 сылга Дьокуускайдааҕы кульпросвет-школаҕа, ытыыр баҕабынан экзаменнарбын бэркэ туттаран киирбитим. Үөрүүм-көтүүм–көтүөхпүн кынатым суох! 202 №-дээх уопсайга киирдим. Ийэм, аҕам суох, түҥ тулаайах кыыс, оттон-мастан тутуһан бу баччаҕа кэллэҕим! Үчүгэй да дьоннор бааллара: драматургияҕа үөрэтэр Ходжаева Антонина Матвеевна, куруук миигин аһатар этэ; история преподавателя (аатын умнубуппун), директорым Софронов Гаврил Гаврильевич. Мин Максимова Викториялыын, Большаков Егордыын, кини оччолорго биһиэхэ улахан дьээдьэ курдук көстөр этэ, хотуттан Шарина Ира, Алдантан Горбунова Галя. Хотуттан куруук балык, эт баһыылка кэлэрин, уонна миэхэ бэрсэллэрин өйдүүбүн. Устудьуон сыллары киһи барыта саамай дьоллоох бэһиэлэй кэмнэр дииллэр да, миэхэ хобдох күннэр элбэх этилэр. Көмөлөһөр киһим суох буолан, 25 солкуобай стипендиябын сатаан туттубакка дуу, тоҕо дуу, куруук аччык курдук сылдьааччыбын.

Чэ, ол эрэн, сити училищем баар, миигин кынаттаабыт, элбэххэ үөрэппит, үөһэ көтүппүт! Кэрэ да мөкү да - ол барыта соргулаах олох арахсыспат аргыһа буоллаҕа, ону кэлин өйдүүбүн. Ааттаах сытыы спортсменка этим, билигин да «кытыгыраспын» диэн киһиргиибин, дьүөгэлэрбэр. Иккис курс кэннэ тыҥабынан ыалдьан «Красная Якутия» санаторийга өр баҕайы сыппытым. Кэлин ити ыарыым өр сылларга улаханнык эрэйдээбитэ, икки эпэрээссийэ кэннэ дьон кэккэтигэр тэҥҥэ сылдьар дьолломмутум, «иккистээн» күн сирин көрбүтүм. Үөрэхпин 1969 сыллаахха бүтэрэн, дойдубар Үөһээ Бүлүүгэ кэлээт да, кэргэн тахсан, ыал буолан, Бүлүүгэ көһөн аны кэллим. Кэргэним дьоно Тикситтэн кэлбиттэрэ. Кэлээт, тыа кулуубугар анаммытым. Күн бүгүҥҥэ дылы культура эйгэтигэр сылдьабын. Худругунан, СДК директорынан, кэлин 1989 сылтан народнай театр режиссерынан үлэлии сылдьабын. Бэлиэр эбээ, хос эбээ буолан сылдьабын, сирдээҕи аналбын толордум дии саныыбын. Хотуттан төрүттээх нуучча уолунаан холбоһон, 32 сыл олорон кэллибит (кини билигин бу сиргэ суох). Уоллаах кыыс оҕолонон, атахтарыгар туруортаан, сүрэҕим сөбүлүүр идэтигэр үлэлээн, олохпун олордум. Оо, төһөлөөх элбэх гастроллар, айаннар бачча сыл тухары буолбуттара буолуой!!! Советскай былаас саҕана сайын аайы агитбригадалыы баран хаалабын (оройуону кэрийэ), онно 40 туонна оту оттуур былааннаахпыт, 50 туочкаҕа оройуон үрдүнэн, оччуттарга, фермаларга концерт туруоруохтаахпыт. Күһүн биирдэ дьиэҕэр тиийэн кэлэҕин, дьикти баҕайы сокуон эбит, аны санаатахха оҕолору, дьиэни-уоту барытын быраҕан барыы.

Кэргэним Соколов Реворий оһуобай сымнаҕас киһи этэ. Кини наар миигинэн киэн туттааччы. «Улуу хотун», ону буолуохтааҕын курдук ылынар этим. Бэйэм олох куруук инники эрэ сылдьарбын сокуон оҥостон, туохха барытыгар үлүмнэһэн үлэлээччибин. Бастыҥ общественница, лидер характерым билигин да сүтэ илик. Театр этэҥҥэ бастыҥ үлэлээх театрынан ааҕыллар, республиканский фестиваллар элбэх төгүллээх лауреата, «Гран-При» хас да төгүллээх хаһаайына, бастакы бүтүн Россиятааҕы «Лики наследия» Хабаровскайга ыытыллыбыт «Гран-При» хаһаайына, ону таһынан «Лучшая женская роль», «Лучшая мужская роль», «Юное дарование», «Лучшая сценография», режиссердарга – «Честь и Достоинство» - бэйэбэр! 2004 сыллаахха сэтинньи ыйга бастаан кыайан баран, дьолломмуппут аҕай!!! «Да будет благословенен этот мир» («Алгыс баһа сыаланнын») – Өксөкүлээх айымньыларынан улахан театрализованнай композициянан сылдьыбыппыт. Кэлин Куорсуннаах кэпсээнинэн «Аана дьылҕата» диэн спектакль суруйбутум. Таатталар үтүө дьоно Оросиннар дьиэ кэргэттэрэ, репрессия сылларыгар сэймэктэммиттэриттэн, соҕотох кыыстара Анна олохторун салҕаабыта. Бу айымньы бэркэ табыллыбыт, элбэхтик гастроллаабыппыт. Бэйэм «Бүөккэ» диэн спектаклы суруйан туруоруубутун, аныгы ыччат хаайыыга түбэһэн, соргута тосторун, дьылҕата быстарын туһунан, уопсайынан, ыччат проблематын таарыйар темаҕа этэ. Бу спектакль элбэхтик айаҥҥа сылдьыбыта, көрөөччү биһирэбилин ылбыта, харах уутун да таһаарбыта, долгуппута. Ол туһунан республика хаһыаттарыгар элбэхтик бэчээттэммитэ. Уххан айымньыларынан «Дьалхаан» диэн политизированнай композицияны туруорбутум, улахан мөккүөр тахсыбыта. Ону олох кэмсиммэппин, тахсар сокуон барыта норуот туһатыгар үлэлиир буолбатах, киэҥ нэлэмэн Сахам сирин баайа-дуола, сирэ-уота үллэһиккэ бардаҕа, ону билигин арбаҕастаах да абыраабат. 1996 с. «Эрэлгин сүтэримэ, сырдыкка дьулус» диэн девизтаах, «Дойду ахтылҕана» киэн культурнай программалаах, «Тирэх» диэн хаайыга сытар ыччаттарга сыл аайы кулун тутар ыйга, элбэх гуманитарнай баһыылкалаах, эмтээх-томтоох, кэһиилээх, иитэр-үөрэтэр, такайар, көҥүлгэ тахсан баран олохторун сөптөөх суолунан салҕыылларыгар, өй-санаа өттүнэн күүс-көмө буолар сыаллаах Улахан Бэстээх-Мохсоҕоллоох-Табаҕа-Марха-1 №-дээх ИТК зоналары театрбын кытары кэрийэбин. ГУФСИНтан элбэх махтал суруктары ылбыппыт, биһиги ыытар үлэбит туһалааҕын, наадалааҕын кинилэр этэллэр, бэйэбит да сыл аайы өйдөөн иһэбит.

Уон биирис сылын «Дьылҕам миэнэ» диэн олохтоох «Панорама» телестудияҕа авторскай биэриилээхпин. Обществоҕа араас проблемалары, үтүөнү-мөкүнү барытын көрдөрөр, дьоҥҥо кэтэһиилээх биэриинэн ааҕыллар.

Хаһан эрэ иирэ талах курдук синньигэс, мэник-тэник кыысчаан, олох оскуолатын киэн байҕалыгар умсан ыла-ыла күөрэйэн, арыт тыын былдьаһыгынан тыынан, биэрэги булан, охтон ыла-ыла, туран, бу баччаҕа кэллим. Күн курдук үтүө дьоннор баар буолан бу сиргэ олоробун. Иккис дьиэм кэриэтэ коллективым, «Алгыс» барахсан, Бүлүүм дьоно котокулар, уонна кэрэҕэ угуйбут үөрэппит, училищам барахсан баар буоланнар, бу сирдээҕи олоххо чиҥник үктээн, инникигэ эрэллээх, оҥорбуппунан эрэ муҥурдаммакка, «өссө тугу-эрэ атыны, сонуну оҥорбут киһи» диэн баҕа санаалаах сылдьабын, олоробун.

Өйбөр өрүү баар, Киров уулуссаҕа турбут училищем барахсан, эйиэхэ сиргэ тиийэ бокулуон буолуохтун!


Маргарита Соколова,

Кындыл аатынан Бүлүү народнай театрын режиссера,

СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ,

«Тирэх» общественнай холбоһук салайааччыта,

«Дьылҕам миэнэ» биэрии автора

Хатарыыны барбытым
Биһиги 1976 сыллаахха кыһын училищебытын бүтэрэн, бары араас сиринэн тарҕаһан үлэлии барбыппыт.

Үөрэммит кэммитигэр кыра оҕо курдук сананан сырыттахпыт ээ, ханна бардыбыт да, барытыгар учууталларбыт эргиччи батыһыахтара дии санаабыт курдук, училищебыт аанын сэрэнэн сабан тахсыбыппыт. Ити биһиги хайдахтаах курдук учууталларга үөрэммиппитин санаан ааҕабын, хас биирдиибитигэр ийэлии амарах, сылаас сыһыаннаахтарын, киэҥ көҕүстээхтэрин…

Кураатарым, түргэн-тарҕан, киирбит-тахсыбыт, эппитин этириэс толорторон баран тэйэр, Анастасия Николаевна Габышева этэ. Бастакы сылбар бэрт кытаанах этэ, сөбүлээбэккэбин уурайан барыахпын санаталыыр да түгэннэрим бааллара, саатар, быраатым Андриян да ахтара бэрдэ, хас кэллэҕим–бардаҕым ахсын сайыһара. Билигин, дьэ кырдьык, бу санаатахпына, ыал “атаах" оҕолорун булгурутар ньымата буолуо дии саныыбын. Ол да буоллар, дьоннорбун хомотумаары төннүбэтэҕим, аны иккис курстан бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьан үөрэхпин бүтэрбитим. Билигин учууталбар махтанабын, оҕо киһи сиһин этэ ситэр кэмигэр кытаанах, ирдэбиллээх учуутал наада, "хатарыы оскуолатын" ааспыт киһи, ханна да үлэлээбитин иһин, сирдэрбэт.

Анастасия Николаевна киэҥ билиилээх, наһаа элбэҕи аахпыт буолан, үөрэтэрэ интириэһинэй буолара, кэнники курска аатырбыт артыыс Симон Петрович Федотов үөрэппитэ, киһи быһыытынан холкута, толоруохтаах оруолгун "аһарга" кыһаллан туран быһаарара. Бастакы курс иккис симиэстириттэн Владимир Иевич Корнилов үөрэппитэ, барахсан, киһи киэнэ кэрэмэһэ этэ. Ити биһиги баһылыахтаах идэбит сүрүн предметигэр "режиссураҕа" үөрэппит учууталларбын эрэ санаан аастым. Ама, итиччэлээх улахан дьон "уһуйбуттарын" кэннэ, талан ылбыт идэҕин хайдах таптыаҥ суоҕай, ол да иһин билиҥҥэ диэри үлэлии сырыттахпыт! Биһиги бүтэрэрбит саҕана, култуура министиэристибэтин кадрдары быһаарар отделыгар, Мария Климентьевна диэн, кырдьаҕас үлэһит баара, кини тимир-тамыр быһааран кэбистэ "хоту бараҕыт, үлэһиттэр онно эрэ наадалар, салгыы үөрэнэр наһаа наадата суох!" - диэн. Мин дьүөгэбинээн Мотрена Соловьевалыын (Жиркова) Өймөкөөҥҥө көттүбүт, дьэ доҕоор, тиийдибит ээ! Ыыс-ыпсыбат туман, тымныы кыаҕын ыһыкта илигэ, дьыбар "дойдуга" тымныы муоһа тостон, күн уһаан эрэр кэмэ этэ да, тиийбит сирбит тымныы салгынын тыына аҕай турар эбит! Дьэ, үксүгэр буоларын курдук, оччотооҕу кэмҥэ бэйэ-бэйэлэрин өйдөспөккө дуу, мин миэстэтэ суох буолан хааллым, хайыахтарай, төттөрү барыахпын, ол мин борогуоммун ким уйунуой? Өймөкөөн улууһун барытын кэрийэн, Сэбиэскэй Армия күнүн эрэ иннинэ Төрүт диэн Нелькан бириискэ агрокомбинатын булбутум. Онтон ыла, кулууп дириэктэринэн үлэлээн бардым. Учууталларым миэхэ биэрбит бары сатабылларын туттан, үлэлээтим, ананан кэлбит сирим дьоно-сэргэтэ бэйэлэрэ "бүтүмнүк" олорор буолан, солун киһиэхэ сыста түһэн, үлэбэр көмөлөспүтүнэн бардылар. Учууталым Анастасия Николаевны кытта сибээспин быспатаҕым, үлэлиирим тухары суруйсар этибит, кини миэхэ суругунан сүбэлиирэ, "наһаа тэйиччи бардыҥ, - диэн хомойоро, - чугас сылдьан үөрэххэ барыаҥ этэ," - диирэ, оччотооҕуга суотабай эҥин диэн суох буоллаҕа.

Үөрэнэр кэммитигэр, бу санаатахха, ыарахан услуобуйаҕа олорбут эбиппит, биһиги тыа оҕолоро мас-муус үлэтигэр сыстаҕас уонна эт-хаан да өттүнэн доруобай буолан, икки оһоҕу оттон 17 буолан бүтэрбипппит. Наһаа эйэлээх этибит, инники курстарга "эрдэ сайдыбыт" оҕолор үөрэхтэрин быраҕан барыталаабыттара. Онон, "ыраастанан", бары тэҥ оҕолор бүтэрбиппит. Биһиги курспут кэннэ, театральнай режиссура диэн отделение сабыллыбыта, ити сыыһа соҕус быһаарыныы эбитэ дуу, билбэтим. Учууталбыт Анастасия Николаевна кэлиҥҥи курстарын студеннарын кытта Илин Сибиирдээҕи культура уонна искусство академиятыгар бииргэ үөрэммитим. Махтанабын учууталларбар, ыарахантан чаҕыйбат, бэйэҕэ эрэллээх буоларга уһуйбуккутугар.

Сысолятина Зоя Григорьевна,

СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ,

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан республикатааҕы култуура Киинин төрүт култуураҕа специалиһа



Достарыңызбен бөлісу:
1   2   3




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет