Олоҕум суолун ыйбыта
Культура үөрэҕин бүтэрэн, үлэһит буолбутум быйыл номнуо 35 сыла буолар эбит.
Бу соторутааҕыта курдук этэ, культпросвет училищеҕа баҕаран да туран туттарсан үөрэххэ киирбитим! Үөрэххэ киириэм иннинэ дойдубар 3 сыл үлэлээбитим, самодеятельноска кыттар этим. Оҕо эрдэхпиттэн хоһоон, монолог ааҕарбын, сценкаҕа оонньуурбун, концерт ыытарбын олус сөбүлүүрүм. Онон да буоллаҕа буолуо, оскуоланы бүтэриэм инниттэн культура үлэһитэ буолуом диэн бигэ эрэллээҕим.
Онтон ийэм барахсан миигин учуутал, баан үлэһитэ гына сатаан үөрэххэ ыытарын соруйан туттарбакка, төннөн кэлэр этим. Ол тухары культураҕа киирэр баҕа санаам уостубатаҕа, РДК-ҕа Фома Николаевич Баскаровка этэн, 4-с сылбар анаан эрчиллэн барбытым. Үгэ уонна хоһоон талан, үөрэтэн баран, биир ыйы быһа Фома Николаевич интонацияҕа, үчүгэйдик ааҕарга күүстээхтик эрчийбитэ. Дьэ, уонна бэлэмнээх киһи быһыытынан, Дьокуускай куоракка баҕалаах үөрэхпэр туттарса барбытым.
Үөрэххэ олус үчүгэйдик туттаран театральнай отделениеҕа үөрэнэ киирбитим. Олорор уопсайбыт Лермонтов аатынан уулусса 202 №-гэр турар этэ. Оһоҕунан оттуллар дьиэҕэ кыргыттарбытын кытта биир дьиэ кэргэн курдук олорбуппут. Учууталларбытыгар табыллыбыт курс этибит. Анастасия Николаевна Габышева, Валентина Николаевна Габышева, Владимир Иевич Корнилов, Антонина Матвеевна Ходжаева, Иван Иванович Бурцев, Антон Бонсенович Тё о.д.а. үөрэппиттэрэ. Учууталбыт ирдэбиллээх буолан, бары да кыһаллан туран үөрэммиппит. Бэнидиэнньик аайы истиэнэ хаһыата, субуота аайы араас мероприятиелары ыытарбыт. Бу барыта үөрэнэрбит тухары толоруллар үлэлэрбит этэ. Ону таһынан куоракка ыытыллар араас тэрээһиннэргэ, концертарга кыттыы инники үлэбитигэр элбэхтик көмөлөспүтэ. Режиссура уруогар учууталым А.Н. Габышева куруук солбуйааччы режиссерунан илдьэ сылдьыбыта, элбэххэ уһуйбута, сүбэлээбитэ. А.Б. Тё стадионнай туруорууларга көмөлөһүннэрэрэ, кэнники ыһыахха үлэлиирбэр улахан төһүү күүс буолбута. Үөрэхпэр баҕаран туран киирбит буоламмын наһаа кыһаллан үөрэммитим. Училищеҕа үрдүттэн уруок ааҕаары элбэхтик хоммутум, атын оҕолор курдук биирдэ даҕаны үҥкүүгэ сылдьыбатаҕым.
Баҕаран туран үөрэнэр буоллахха, үөрэх да кыаллар, кэлин үлэһит буоллахха ханна да хамсаабакка биир сиргэ үлэлиир эбиккин. Учууталым кэтэхтэн үөрэнэн улахан билиини ылбаккын диирин өйдөөн, кэтэхтэн үөрэххэ киирбэтэҕим. Ол да буоллар 35 сыл ЯРКПУ-га үөрэммит билиибинэн үлэлээн кэллим.
Элбэх бииргэ үөрэммит оҕолорбут культураҕа уһуннук үлэлээбиттэрэ, билигин да үлэлии сылдьар дьон бааллар. Кинилэр истэригэр хас да СР культуратын үтүөлээх үлэһиттэрэ, культура туйгуннара элбэхтэр. Бу барыта тапталлаах училищебыт, учууталларбыт биэрбит билиилэрэ, үчүгэйдик үөрэппит үлэлэрин түмүгэ буолар.
Мин ЯРКПУ-ну 1977 сыллаахха кыһыл дипломунан бүтэриэхпиттэн, төрөөбүт улууспар үлэлии сылдьабын. Аҕыйах сыл методист, СДК директорынан, онтон 29 сылбын Үөһээ Бүлүүтээҕи “Олоҥхо” норуот театрыгар режиссерунан үлэлии сылдьабын.
Бары бииргэ үөрэммит оҕолорбун, учууталларбын училищебыт үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин уонна ылбыт идэлэригэр бэриниилээх үлэһиттэри иитэн таһаараргытыгар билигин үлэлии сылдьар преподавателлэргэ баҕарыам этэ. Дьоллоох, доруобай буолуҥ, дьон-сэргэ махталын ыла туруҥ!
Татьяна Семеновна БОРИСОВА,
Yэhээ Бүлүүтээҕи “Олоҥхо” норуот театрын режиссера,
СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ,
ЯРКПУ 1977 сыллааҕы выпускнига
Я благодарна судьбе...
Проработав год по комсомольской путевке в родном совхозе им. С. Аржакова Вилюйского района, меня как самую активную участницу художественной самодеятельности, отдел культуры Райисполкома направил в ЯРКПУ. Помню, как прилетела из Вилюйска, меня никто не провожал и не встречал, было поздно, так что пришлось ночевать прямо на вокзале. Наутро поехала искать училище по улице Кирова, 33, подала документы на театральное отделение. Так началась моя первая студенческая жизнь. В училище я встретила землячку из Вилюйска, она уже училась и жила в общежитии «Романовка», где проживали студенты хореографического отделения. Нас первокурсников было двадцать два студента, на режиссерском отделении. Куратором был Корнилов Владимир Иевич. Со дня поступления, он нас принял как родных, очень спокойный, добрый, многому учил, советовал как родной отец. Вторым куратором была Габышева Анастасия Николаевна. Анастасия Николаевна для нас была мамой, учила режиссерскому искусству. Строгая, требовательная, учила мастерству актера, нашему курсу так повезло, что мы попали в класс опытного педагога. К каждому имела свой подход, знала у кого какие данные. По культуре речи учила нас старейший педагог Ходжаева Антонина Матвеевна. По сценической культуре Анфиса Ивановна Платонова, которая ввела нас в театральное искусство. Самым «грозным» и требовательным был Томский Иннокентий Дмитриевич, который преподавал СНАП (средство наглядной агитации и пропаганды). Он не кричал, не ругал, но почему-то все студенты его боялись и уважали. Оставались до утра в училище, чтобы докончить задание, писали плакаты. Конечно, тогда нам было не понятно, для чего все это, но в дальнейшем нам эти навыки очень помогли в работе клубника.
По сценическому движению учила Розалия Дмитриевна Самсонова. Для меня самым необходимым оказалось обучение технике безопасности. Это пригодилось в будущем, когда работала директором сельского клуба. А преподавателями по предмету ТСО были Агния Афанасьевна и Станислав Семенович Бельчусовы. По русской литературе преподавал добрый, спокойный Лебедкин Серафим Иванович. По физической культуре - мастер спорта по легкой атлетике Василий Попов. Мы часто защищали честь училища в спортивных соревнованиях между ССОУ. Также участвовали во многих мероприятиях, фестивалях, конкурсах. Помню, на втором курсе участвовали в фестивале театральных коллективов, среди студентов ССОУ и ВУЗ, и наш курс занял 1-ое место со спектаклем Ильи Находкина «Олоҕум иннигэр» и меня за лучшую женскую роль наградили ручными часами и дипломом.
Училище закончили 17 выпускников. Из них работают в сфере культуры - Зоя Сысолятина (Сергеева), Матрена Жиркова (Соловьева), Валерий Герасимов. К сожалению, о других я ничего не знаю.
После окончания кульпросветучилища поехала в свой родной район, где началась моя трудовая деятельность. Работала в Вилюйском РДК, заведующей АКБ, затем директором Чернышевского СДК, в период работы окончила Восточно-Сибирскую Академию Культуры в г. Улан-Удэ, затем работала в отделе культуры Усть-Майского улуса. Переехав с 2000 года в г. Якутск, работаю по сей день в Государственном театре юного зрителя РС (Я). Общий стаж работы в сфере культуры 35 лет. За годы работы награждена знаками «Отличник культуры РС (Я)», «За вклад в развитие культуры Вилюйского улуса», «Почетный гражданин Чернышевского наслега Вилюйского улуса», награждена почетным званием «Заслуженный работник культуры РС (Я)».
Я горжусь, что училась у таких замечательных преподавателей, которые отдали своим ученикам знания, опыт. Я нисколько не жалею, что выбрала профессию работника культуры. Думаю, в нынешнее время работают и остались работать только энтузиасты своего дела, и люди которые несут духовность культуры нашей республики.
Венера Васильевна Корякина,
администратор ТЮЗ РС (Я),
заслуженный работник РС (Я).
Учууталларбытыгар махтанабыт
Мин культурнай-сырдатар училищеҕа 1988 сыллаахха үөрэнэ киирбитим.
Инструменнарга оонньообот, ыллаабат-туойбат этим, дэриэбинэбэр кулуупка биирдэ эмэ үҥкүүлүүр этим, онон биир доҕор уолум: «Үҥкүү салаатыгар куруутун уолаттар тиийбэттэр, онон онно туттарыстаххына киириэҥ», - диэн сүбэлээбитэ.
Онон үҥкүү салаатыгар киирбитим. Дьэ, үөрэнэн барбыппар билбитим, хайдахтаах курдук үҥкүү искусствота ыараханын, онон киирбит сылым кыһыныгар театральнайга үөрэнэ киирбит биир дойдулааҕым Юрий Чекуров сүбэтинэн театральнай салааҕа көспүтүм. Хата, ол үөрэхпин олус сөбүлээн үөрэммитим. Үҥкүүтээҕэр быдан ордорор, чахчы бэйэм киэнин булбут курдук санаммытым.
Курспут оҕолоро бары олус көрдөөх-нардаах, дьиибэлээх–дьээбэлээх норуот этэ. Курспут кураторынан уонна режиссураҕа, актерскай үөрэххэ преподавателинэн Анастасия Николаевна Габышева этэ. Кинини биһиги «маамабыт» диир этибит. Кырдьык даҕаны, биһиэхэ олох төрөппүт оҕолоругар курдук кыһанара, барытыгар сүүрэрэ-көтөрө, туруорсара сүрдээх элбэх этэ. Сценаттан таба саҥарыы предмети Мария Гаврильевна Боппоёнова биэрэрэ, кинилэр иккиэн биһиги сүрүн уһуйааччыларбыт этилэр.
Курспутугар Юрий Чекуров, Тимофей Давыдов, Петр Игнатьев, Галина Федченко, Ньургуяна Босикова, Акулина Иванова, Людмила Романова, Альбина Афанасьева, Маргарита Прокопьева, Надежда Москвитина, Матрена Прокопьева, Надежда Бекренева, Ньургуяна Трофимова, Айталина Пахомова, Лина Иванова, Александра Караканова, Дарья Стручкова, Сардаана Самырова, Мария Местникова үөрэммиттэрэ.
Киһиэхэ устудьуон сыллара биир саамай кэрэ кэм дииллэрэ кырдьык эбит, төһө да ол саҕана ас-таҥас тиийбэтэр, олус интириэһинэй, бэһиэлэй олохтоох этибит. Үөрэппит учууталларбыт, уопсай дьиэ үлэһиттэрэ олус истиҥник, ийэлии-аҕалыы сыһыаннаһаллара. Үөрэхпитигэр куруутун саҥаны билэрбит, түһээн да көрбөтөх улуу классиктар айымньыларыттан быһа тардыылары туруорарбыт, үөрэхпитин да, иллэҥ кэммитин да олус интэриэһинэйдик, көрдөөхтүк атаарарбыт. Түмүктүүр спектаклбытын поляк Януш Гловацкай «Замарашка» диэн пьесатынан туруорбуппут, сүрүн оруолу олус талааннаах Ньургуяна Босикова оонньообута. Спектаклы көрбүт дьон олус астыммыттара, улахан да сыанаҕа тахсыан сөптөөх диэн үрдүктүк сыаналаабыттара.
Үөрэхпитин 1990 сыл ахсынньытыгар бүтэрбиппит, онтон ыла Сахабыт сирин араас муннуктарыгар баран олохпут саҥа кэрдиис кэмин саҕалаабыппыт.
Рудых Эдуард Егорович,
Саха Республикатын культуратын туйгуна,
СР телевидениетын уонна радиотын туйгуна,
«Саха» КИК диктора
Режиссер идэтигэр уһуллуу
Мин 1991 сыллаахха Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжыгар театральнай салааҕа үөрэнэ киирбитим. Бу сыл кульпросветучилище колледж буолбута. Кураторбыт Анастасия Николаевна Габышева саҥарбыт-иҥэрбит, киирбит-тахсыбыт, туран-олорон, куолаһа улаханынан бастаан утаа салыннарбыта. Биһиги 20-тэн тахса буолан үөрэхпитин саҕалаабыппыт, бары бүтэрэбит диэн бүк эрэллээх этибит. Ону бастакы мунньахпытыгар «саамай тулуурдаахтаргыт, саатар 10 киһи, бүтэрэн режиссер буолан үлэлээтэххитинэ, махтал буолуо», - диэбитигэр олус соһуйбуппут. Бастаан утаа, атын үөрэхтэргэ холоотоххо, күлүү-оонньуу, ырыа-тойук аргыстаах үөрэх курдуга. Дьэ үөрэнэн саҕалаатыбыт. Күнтэн күн соһуйарбыт элбээн истэ. Уһун күнү быһа үөрэх, онно эбии түүннэри-репетициялар. Дьиэбитигэр нэһиилэ атахпытын соһон кэлэрбит.
Анастасия Николаевна артыыс маастарыстыбатыгар, режиссураҕа үөрэтэрэ. Үөрэнэ сылдьан бастаан утаа мөҕүллэрбит хара баһаам этэ, сатаабаппыт, билбэппит оҕото сыттаҕа дии. Бастакы курска этюдтары онорорбут, тэттик сценкалары бэйэбит суруйарбыт, оонньуурбут, туруорарбыт. Дьэ арай биирдэ генеральнай репетиция буолла, онно мин биир уоллуун быыс аһааччы буола сылдьабын. «Начали!» диэн хаһыы иһилиннэ, дьэ биһиги кыһаллыы бөҕө, хата, этэҥҥэ арыйдыбыт. Дьоммут оонньоон саҕалаатылар. Ортолотон, остуолга чэй иһэ олорон истэхтэринэ «Заново!» диэн Анастасия Николаевна хаһыыта иһиллиннэ, биһиги быыспытын төттөрү саптыбыт. Оҕолор өйдөөбөтүлэр, ханна, тугу сыыспыттарын. Хаттаан саҕалаатыбыт. Ол курдук, арааһа, 20-тэ «зановолаатыбыт». Оо, быыс арыйар да сылаалаах буолар эбит! Оннук түүннэри да сылдьыах дьону, учууталбыт да киһи буолан тулуура тахсан, сыыһабытын бэйэтэ этэн биэрдэ - кыыспыт чэй кутарыгар чаанньыгын тумсун көрөөччү диэки тутан ыстакааҥҥа кутар эбит, онто уута суоҕа көстөр эбит. Дьэ, ол кэнниттэн күн бүгүнүгэр диэри туруорбут испихтээхтэрбэр чаанньыгы, сылабаары даҕаны тумсунан көрөөччү диэки туруоран бэрт!
Үөрэнэн бүтэрэр сылбытыгар ахсыа эрэ буолан хаалбыппыт. Үөрэхпит двухступенчатай буолан, дипломнай үлэбитин көмүскүүр экзамеммытыгар Улан-Удэтээҕи култуура уонна искусство академиятын учууталлара кэлэн көрөн-истэн, үчүгэйдэри 3 курска кэтэхтэн салааҕа үөрэххэ ылар буолбуттара.
Ол госэкзамен кэмигэр маннык түбэлтэ буолла. Мин абытай утуйааммын, кураанах биэдэрэ иһигэр будильник туруоран эҥин сордонобун да, туох иһин истибэппин, утуй да утуй. Алампа «Кэччэгэй кэриэһэ суох» драматын режиссерскай анализпын суруйан бэлэмнээтим, сценографиям макетын сарсыарда 4 чааска диэри оҥордум уонна утуйдум. Арай, хата иһиттим ээ, ким эрэ түннүкпүн тоҥсуйар. Ойон турдум, күн ортолообут, түннүгүм анныгар старостабыт Копырина Валя турар эбит. Дэлби аҕылаабыт, ыксаабыт, кытарбыт-наҕарбыт. «Хотуой, кытаат Егорова Аанчык защиталана киирдэ, бары бүттүбүт, эйиигин үстэ ыҥыттара сатаатылар да эн суоххун, ону Анастасия Николаевна «Опять Бурнашева уснула, беги, буди диэтэ», - диир. Дьэ, онно баар этэ, түргэн хамсаныы! Оруобуна тиийээппитин кытары аан арылынна, Анастасия Николаевна сутуруга көһүннэ, уостара аҕыйах «эйэҕэс» тыллары эттэ уонна комиссия иннигэр биирдэ баар буола түстүм, туттардым.
Оннук аҕыс кыыстан алтабыт үөрэхпитин кыһыл дипломунан бүтэрбиппит. Кэлин үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, үлэ киһитэ буолан, дойдубар республикаҕа бастакынан тэриллибит Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театрыгар главнай режиссерунан үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьабын. Бары уһуйан үөрэппит учууталларбытыгар истиҥ махтал тылларын тиэрдэбин, айар аартыккыт арылла турдун, театр алыптаах эйгэтигэр саҥа көлүөнэлэри угуйа, уһуйа туруҥ!
Валентина Федосьевна Бурнашева,
СР култууратын туйгуна, улуус мунньаҕын депутата.
Обучение режиссуре помогает по жизни
Выпуск-2000 года театрального отделения был набран в 1997 году по результатам трех экзаменов: творческий экзамен, русский язык и история России. Форма экзамена по двум последним предметам тогда была традиционной - изложение по русскому языку и ответ по билетам по истории России. На творческом экзамене мы должны были показать свои режиссерские, актерские способности и исполнительское мастерство по другим видам творчества. В первую очередь каждый из нас должен был показать свои режиссерские этюды по актуальным темам и сыграть в этюдах других абитуриентов. Так же проверяли вокальные данные, пластику и речь. Набирали курс Габышева Анастасия Николаевна – отличник культуры СССР и Степанов Ефим Николаевич – народный артист РС(Я), заслуженный артист РСФСР, ЯАССР, лауреат Государственных премий СССР, РФ. Большинство из нас тогда не знали кто они, но слышали, что до нас они с большим успехом выпустили актерскую студию при колледже, выпускники которой работают в Саха театре. Абитуриентов было так много, что им пришлось принимать экзамен в два потока. Поэтому абитуриенты первого и второго потока не знали друг друга.
Всего на курс было набрано 23 студента (7 девушек и 16 парней). Впоследствии были набраны на курс еще 5 студентов (2 девушки и 3 парня). Педагоги предупреждали нас, что учиться будет очень сложно и многие из нас не закончат учебу. Тогда мы воспринимали это как обыкновенную угрозу. Но вышло действительно так, окончили курс в 2000 году только 8 ребят. Учеба требовала жесткой дисциплины, активности и развития в творческом плане. Нужно было успевать по всем дисциплинам. С первых дней педагоги нас ввели в активный творческий процесс. Напрочь отметались фальшивость и наигранность в игре, поверхность суждения, эгоизм и леность в работе. Учились с раннего утра до позднего вечера. Сначала было трудно привыкнуть к такому режиму, все время следили за часами, но потом уже сами по своей инициативе оставались допоздна, репетировали, делали вместе домашние задания. Наши мастера требовали от нас коллективного труда, оправдания и обоснованности в решении творческих задач, расширения кругозора и т.п. Анастасия Николаевна и Ефим Николаевич были великолепными учителями. Наш курс постоянно занимал первые места на различных смотрах и конкурсах. Анастасия Николаевна добивалась от нас тщательного и ответственного подхода к творчеству. Она познакомила нас с удивительным миром театра, разбудила в нас желание учиться и творить. Ефим Николаевич удивлял всегда с одной стороны своей неординарностью, смелостью в режиссуре и простотой в постановке. То, что мы репетировали в течение нескольких месяцев, он мог перевернуть за несколько дней с ног на голову. Это у него получалось гениально и просто. Учились мы тогда на здании бывшего ДК строителей по ул. Кирова 25, ныне Театр юного зрителя. Это было для нас огромное здание, со всем необходимым оборудованием. Была там сцена со зрительным залом, мастерская, паркетный зал, учебная аудитория и т.п. Хотя там было холодно, мы очень уютно себя чувствовали. Были и охранники, вахтеры, уборщицы, комендант здания, в общем, чувствовали себя как хозяева театра. Кроме режиссуры и актерского мастерства большое влияние для нашего творческого роста оказывали уроки по сценическому движению и сценической речи. По сценическому движению учила нас Михайлова Мария Маркеловна, по сценической речи – Федорова Сардаана Николаевна. По сценическому движению мы каждый семестр ставили какую-либо интересную пластическую инсценировку: пластическую композицию по произведению О.Уайльда «Счастливый принц», бои на шпагах по пьесам классических драматургов плаща и шпаги, игру на бытовых предметах, этюды и др. По сценической речи учили монологи, рассказы, стихи. Они все ставились тоже как инсценировки с большим для нас энтузиазмом. С большой гордостью вспоминаю нашу победу в республиканском конкурсе чтецов по произведениям А.С.Пушкина. Эти предметы велись как неотъемлемая часть главной для нас дисциплины – режиссуры. Помнится, как на курсовой практической работе на первом курсе между отделениями мы весело танцевали «Кан-кан» и кружились под музыку вальса из кинофильма «Мой ласковый и нежный зверь». Наверно, этот вальс один из самых ярких наших воспоминаний. Для меня он ассоциируется с радостью долгожданной встречи и с грустью неизбежной разлуки.
Трое закончили колледж с красными дипломами (Соловьев Петр, Буслаева Кристина, Габышев Роман). Из них 7 выпускников по окончании колледжа сразу поступили во ВСГАКиИ, на курс театральной режиссуры Бадагаевой Туйаны Баертуровны. Четверо-на заочное, трое-на очное обучение. Закончили академию шестеро. Сейчас почти все работают в сфере культуры в разных улусах республики.
Мастера наши всегда нас уверяли, что обучение режиссуре всегда пригодится в жизни человека, где бы он ни работал. И действительно, иногда я встречаюсь с теми, кто раньше учился на курсе, они заверяют, что не зря учились режиссуре, только жалко, что не закончили.
Габышев РоманАфанасьевич,
выпускник театральной режиссуры ККиИ 2000 г.,
преподаватель специальных дисциплин ЯККиИ
Тяжело в учении, легко в бою
Мы поступили в колледж культуры и искусств, в 2005 году. При поступлении нас было 25 пять учащихся, а закончили из них 14 самых выносливых активных, талантливых. В первом курсе учеба в колледже была для нас очень тяжелой, ведь мы учились с восьми утра до девяти вечера. Самым страшным днем недели был четверг. В этот день мы проходили аттестацию и по итогам этой аттестации кого-то отчисляли, кому-то предупреждение давали, а кого-то хвалили. Занятия по сценическому движению нам очень нравились, потому что приходишь на пару сонным, ленивым, а выходишь из пары бодрым и полным сил и нам казалось, что нет на свете людей пластичнее нас. Первой коллективной постановкой у нас был цирк, многие из нас изображали дрессированных животных собак, медведей, льва, тюленей и.т.д. В первое время нам это так не понравилось, что когда мы разговаривали между собой, были даже такие слова: «мы пришли сюда учиться, а не изображать животных, как маленькие дети». Но благодаря преподавателям мы узнали азы актерского мастерства и нам самим понравилось изображать тех самых животных. Со второго курса, когда привыкаешь к режиму, и курс уже сплочённее становится, легче учиться. Мы все делали вместе, даже если надо было прочитать много пьес, каждый брал по пьесе, читали, а потом пересказывали друг другу. Словом, были как одна семья. И страшного четверга уже не было. Утром проходили пары по общеобразовательным предметам, на обед давалось максимум 30 минут, но в последние годы мы за эти тридцать минут успевали сварить обед, покушать и еще полежать. После обеда начиналось все самое интересное. Эти два года были для нас очень насыщенными и интересными. Мы столько нового узнали за это время. Итак, пришла пора дипломной работы. И тут начались бессонные ночи. До нового года у нас шла репетиция спектакля по пьесе Марии Ладо «Очень простая история». В переводе на якутский язык он у нас был «Арай биирдэ хотоҥҥо». Репетиции шли ночами и днями, и в зной, и в стужу. В эти дни мы думали, что было бы куда легче сидеть и печатать документацию, но нет, это оказалось еще труднее и нудней. И пришла пора сдавать государственные экзамены, что было страшнее самой смерти. Но благодаря кропотливому труду наших преподавателей мы сдали все экзамены на «отлично» абсолютно всем курсом. И это было так приятно, что ради этого чувства стоило пройти все эти муки. А сейчас порой нам так не хватает этих дней. ;
Роли, сыгранные нашими выпускниками в ТЮЗе РС (Я): Ченянов Павел – Кеша «Дьикти саас» В. Яковлева-Далан, Телегин - «Дядя Ваня» А.П. Чехова; Тотошка - «Волшебник изумрудного города» А. Волкова; Күлүк Сүөдэр - «Таптал» А.И. Софронова-Алампа; Күкүрүллэ Уус, олоҥхоһут - «Үрүлү Бэргэн» М.Эверстовой-Обутовой; Швейцаркас - «Мамаша Кураж и её дети» Б. Брехта.
Портнягин Владислав – Күкүрүллэ Уус - «Үрүлү Бэргэн» М.Эверстовой-Обутовой; Саша -«Дьикти саас» В. Яковлева-Далан; Гудвин - «Волшебник изумрудого города» А. Волкова; полковник - «Мамаша Кураж и её дети» Б. Брехта; Гвидон - «Сказка о царе Салтане» А.С. Пушкина.
Илья Яковлев – Күкүрүллэ Уус - «Үрүлү Бэргэн» М.Эверстовой-Обутовой; Толя - «Дьикти саас» В. Яковлева-Далан; Эгей - «Медея» Еврипида; Боярин - «Сказка о царе Салтане» А.С. Пушкина.
Портнягин Владислав,
артист ТЮЗ РС (Я)
Достарыңызбен бөлісу: |