ӨЛӨКСӨЙ ДЬЭЛЭҺИЭЙЭБИС КУЛАКУОСКАЙ
Ааптар Н.Заболоцкай «Өлөксөй Дьэлэһиэйэбис Кулакуоскай» диэн баһын икки чааска арааран суруйар: «Кулакуоскай суруйуутун уустук өттө» уонна «Кулакуоскай суолтата» диэн.
Кини манна Кулаковскайы норуот айыытыттан быһаччы үүнэн тахсыбыт суруйааччынан ааҕара көстөр. Ол туһунан ааптар бэрт итэҕэтилээхтик суруйбутун бэлиэтиэххэ наада дии саныыбын.
«Кулакуоскай суруйуутун уустук өттө»
Бу чааска ааптар Н.Заболоцкай А.Е. Кулаковскайы саха поэзиятыгар саҥа куорманы киллэрбит суруйааччы буолбатах диир. Ол биричиинэтэ диэн кини үйэтигэр саҥа куорма төрүүрүгэр сөптөөх үйэ, туспа майгы, урут айыллыбыт нэһилиэстибэ суох буолара эбит.
Ааптар норуот поэзиятын тас дьүһүн туспаларын ааҕан суруйар: мээрэйэ суоҕун; биир этиитин хаста эмэтэ хаттаан этиитэ; араас иччилэр ааттарынан төгүрүтэн санаатын этиитэ; уустуксутар ньымаларын омуннааһына.
Ол курдук, Заболоцкай Кулаковскай суруйуутугар охсуллубут икки өттүнү ылыахтаахпыт диэн этэр. Ол курдук:
Маҥнайгытынан – кини норуодунай поэзията тас дьүһүнүн үтүктүүтэ, итиннэ мээрэйэ суох диэн этэр.
Иккиһинэн, кини уустуксутар ньымалара толору норуодунай айыыга олоҕурар, кини саамай минньигэһин сөҥөрдөн ылан, Кулаковскай бэйэтин суруйуутугар туһаммыта диир. Биир оннук суолунан өс хоһооннорун, номохторун туттубута буоларын чопчулуур. Ону таһынан, норуот итэҕэллэрин, абааһы-таҥара ааттарын туттан биэрэр хартыыналарын күүһүрдүбүт диэн этэр. Холобурга «Ойуун түүлэ» поэманы аҕалар. Манна суруйааччы сэрии ынырыгын бара алдьархайдарын ордук сэтэрдэн биэрэн суруйбута диир.
Үсүһүнэн, Кулаковскай норуот айыытыгар дэлэгэй, хойуу омуннааһыннары биһирээбитэ, биэртэлиир уобарастара омуннааһыҥҥа олоҕурбуттара диэн этэр. Холобура, «Кэччэгэй баай», «Итирик бурсуй ырыата» диэн айымньыларыгар көрүөххэ сөбүн бэлиэтиир.
Төрдүһүнэн, суруйааччы норуот айбыт эпитеттэрин, метафораларын элбэх ырыатыгар киллэрбитэ диир, холобура: «кытыан билэ дьонум», «хоруоҥка тииһим» уо.д.а.
Ааптар Кулаковскайы айылҕаны, тыаһы-ууһу, араас событиелары ойуулуругар дэлэгэй кыраасканы туттубут суруйааччынан ааҕар. Холобурга, «Борокуот аал» айымньытын аҕалар. Манна техника күүһэ, ааҕааччы өйүгэр борокуот субу эрдинэн уотунан-күүһүнэн өрө тиҥийэн, элэҥнээн ааһарга дылы суруллубут. Ону тэҥэ «Кэччэгэй баай» айымньыны ахтан ааһар, манна суруйааччы сүрүн герой олоҕун-дьаһаҕын, аһын-үөлүн, таҥаһын-сабын, быһыытын-майгытын тобус-толору гына ойуулаан, кэччэгэй характера чаҕылхайдык суруйбута диир.
Ол курдук, ааптар А.Е.Кулаковскай суруйар уустук ньымата олус дэлэгэйин бэлиэтиир. Кини норуот айыытын киэҥник билиитэ, үөрэтиитэ, туһаныыта кини талаанын көрдөрөр уонна элбэх туһаны аҕалбыта диэн түмүк санаатын этэр.
«Кулакуоскай суолтата»
Бастатан туран, ааптар суруйааччыны саха литературатын бастаан олохтообут суруйааччы буоларын бэлиэтээн ааһар. Кини ордук үгүс уустук хартыыналары биэрбит улахан суруйааччы буолар диир.
Кулаковскай тылын-баайа, суруйуутун судургута, дөбөҥнүк үөрэтиитэ элбэх туһаны аҕалыахтааҕын этэр.
Ол гынан баран, ааптар этиитинэн, Кулаковскай курдук үүт-үкчү норуот айыытын бэйэбит суруйуубутугар туттуоҕун диэн ыҥырыы соччо табыгаһа суох диир. Тоҕо диэтэхэ, бу сэбиэскэй литератураны дьиҥнээх суолуттан туоратыы буолар диэн этэр.
Ону таһынан, Кулаковскай айылҕаны таҥара оҥостон сүгүрүйүү былыргы умнуллан хаалбыт тыллары саҥа тириэрэн суруйуу эмиэ сөбө суоҕун бэлиэтиир.
Түмүгэр сэбиэскэй литература айар ньымата туспа ырытылларын чопчулуур.
Ол курдук, «Өлөксөй Дьэлэһиэйэбис Кулакуоскай» диэн бас араас мөккүөрдээх боппуостары үөскүтүөн сөбүн бэлиэтиэххэ наада дии саныыбын. Ол гынан баран, бу суруйуу биллэн турар, саха кириитикэтин үөрэтиитигэр улахан суолталааҕын өйдүөххэ наада. Хас биирдии ааҕааччы бу туһунан бэйэтигэр тус санааны үөскэтиэхтээх.
Достарыңызбен бөлісу: |