Ааспыты үйэтитэн
Нестеров Миша, Сивцев Саша
И.Е.Винокуров аатынан
Хаты½-Арыы орто оскуолата
салайааччы: Гаврильева Е.Н.,
саха тылын уонна литературатын учуутала
Искусство араас көрүңнэрэ: литература, живопись, архитектура, музыка – барыта норуот үйэлэр тухары муспут кылаата буолар.
Сахалар былыргыттан араас оңоһуктары иһити – хомуоһу, туттар сэби – сэбиргэли, олорор дьиэни олус кичэйэн, кыһаллан оңороллоро. Ол да иһин хас эмэ үйэ а½аара өттүгэр оңоһуллубут туос иһиттэр, уустаан – ураннаан оңоһуллубут таңастар, кыһаллан чочуллубут мас оңоһуктар, тутуулар бүгүңңэ диэри өбүгэлэрбит айан – тутан оңорбут күндү өйдөбүнньүктэрэ буолан, тиийэн кэллэхтэрэ.Архитектура - норуот айан оңoрбут историческай суолталаах материальнай-духовнай культуратын сор³отун быһыытынан дьон-сэргэ интэриэһин киэңник хабар.
Саха сирэ нуучча государстватыгар холбоһуо³уттан мас тутуулар элбээбиттэрэ.
Чиң, бө³ө – та³а тутуулаах остуруоктар, кыстык дьиэлэр Өлүөнэ, Өлүөхүмэ, Бүлүү, Дьааңы, Халыма устун баар буолбуттара.
Ол иннинэ сахалар ураһаларга олороллоро. Нууччалар кэлиэхтэриттэн бөдөң, чиргэл тиит мастан тутуллубут дьиэлэри - «нууччалыы дьиэ» диэн ааттаан тутар буолбуттара.
Маннык дьиэлэри 19 үйэ бүтүүтүн диэки кыахтаах, баай дьон тутталлара диэн биһиги уус – уран айымньылартан, Саха сирин туһунан историческай матырыйааллартан аа³ан билэбит.
Анаан – минээн, дьиэ³э сөптөөх маһы талан кэрдэллэрэ, куурдаллара. Дьиэни хайдах тутар ньымаларыгар тохтообокко, биһиги үлэбит сүрүн сыала – төрөөбүт нэһилиэкпитигэр өссө 19 үйэ³э тутуллан, күн бүгүңңэ диэри баар дьиэлэри туттарбыт дьон тустарынан сырдатыы буолар.
Биһиги билэрбитинэн, билигин Аппааныга 3 дьиэ хаалбыт. Бу дьиэлэртэн иккитэ 1890-с сыллар эргин тутуллубуттара диэн саба³алыахха сөп.
I дьиэ- Ыстапааһа кулуба дьиэтэ. Бу Ыстапааһа кулуба диэн кимий? Ыстапааһа кулуба- Степан Ефимович Сивцев. А³абыт аппатын үрдүгэр кирпииччэ үктэтэн байбыт, Сииттэттэн төрүттээх, 1892-94 сс. Кулубанан талыллыбыт, ол иннинэ 1897 сыллаахха кандидат кулубанан үлэлээбит. 1893 сыллаахха ыраахтаа³ыттан үлэтигэр кыһамньытын иһин бриллиант таастаах кыһыл көмүс биһилэ³инэн на³араадаламмыт. 1897с. кулубанан талыллыбыт, хас да төгүл кулуба дуоһунаһыгар быыбардаммыт. Докумуоннарга илии баттааһынынан көрдөххө 1903 сылга кулуба эбит. Бу сылларга С. Е. Сивцев ыраахтаа³ыттан «За усердие» мэтээлинэн на³араадаламмыт.
1912 с. Романовтар династияларын 300 сыла туолуутугар оччотоо³у Саха сирин саарыннара буолбут дьоннор хаартыска³а түспүттэр. Онно бааллар: Новгородов Семён Андреевич – сахалыы бастакы алфавит автора, Никифоров Василий Васильевич – Күлүмнүүр – саха бастакы интелегенциятын бэрэстэбиитэлэ, Сокольников Прокопий Нестерович – саха I бырааһа, Никифоров Гаврил Васильевич – Манньыаттаах уола, Кулаковскай Алексей Елисеевич – Өксөкүлээх Өлөксөй, Аржаков Иван Алексеевич (Сэһэн Ардьакыап хос сиэнэ, Боро³он кулубата), Заболоцкай Максим Васильевич – суруйааччы Николай Заболоцкай а³ата.
Степан Ефимович Сивцев уола Ефрем Куонда Кириэскэ оскуола³а М.К. Аммосовы, И.Е. Винокуровы кытта биир бириэмэ³э үөрэммиттэр. Максим Кирович Аммосовы кытта 1927 с. Бүтүн Саха сиринээ³и советтар бастакы Учредительнэй съезкэ делегатынан талыллыбыт, Нам улууһун делегаттара бииргэ түспүт хаартыскалара баар. Кэлин Советскай былаас активистара түспүт хаартыскаларыгар Ефрем Степанович Сивцев Максим Кировиһы кытта кэккэлэһэ олорорун хаартыскаттан көрөбүт. Онон Ефрем Сивцев бастың ыччат буолан, Советскай былаас бастакы сылларыгар активнайдык үлэлээбит.
Кини 1930-с сылларга репрессия долгуна суола – ииһэ хаалбата³а, сайдыылаах киэң билиилээх – көрүүлээх, үөрэхтээх эдэр дьон «норуот өстөө³ө» аатыран сор суолламмыттара. Ефрем Степанович – кулуба уола буолан, НКВД-лар тутан хаайбыттар. Ол кэннэ кэнники дьыл³ата биллибэт. Хаһан, ханна өлбүтэ чуолкайа суох. Роман Петрович Кутуков ахтарынан, Хоту Булуңңа Советскай былааһы олохтуу диэн дьоннору ыыппыттар. Ол иһигэр Ефрем Сивцев эмиэ баара. Онно кыһыллар «баай, кулуба уола» диэн ытан өлөрбүттэр.
Иккис дьиэ – Егор Ионович Сивцев – Маалыңкай атыыһыт дьиэтэ. Бу дьиэни Е.И. Сивцев кыыһа Варвара Егоровна Аржакова (Сивцева) ахтарынан 1915 с. Кыһыл Дэриэбинэттэн көтүрэн а³алан туттарбыт.
Е.И. Сивцев- Маалыңкай бэйэтэ кыра со³ус үөрэхтээх, атыыһыт эбит. Кини чугас дьонугар аһынан – таңаһынан көмөлөһөр, эйэ³эс, аһыныгас санаалаах этэ диэн махтаналларын кэпсииллэр.
Егор Ионович 1912с. ити үөһээ ахтыллыбыт хаартыска³а түспэтэх. Ол гынан баран, ол эргин эмиэ ити салоңңа губернатор Крофт Иван Иванович, А.И. Софронов — Алампа, Г.В. Ксенофонтов – биллэр этнограф, ону таһынан улуус кулубалара, атыыһыттара мустан, хаартыска³а түспүттэр. Е.И. Сивцев Илья Егорович Винокуровы сирэй көрсөн билэр, билсэр, элбэхтэ алтыспыт. Илья Егорович, Егор Ионович дьиэ кэргэттэрин кытта бииргэ т¼сп¼т хаартыскаларга көрдөххө, Илья Егорович, Егор Ионович, кэккэлэµэ тураллар, кинилэр иннилэригэр кэргэттэрэ кэккэлэһэ олороллор. Онон чугастык билсэр эбиттэр диэн саба³алыахха сөп.
Маалы½кай дьиэтин Кыһыл Дэриэбинэттэн 1915 с. көһөрөн а³албыт, 1916-17 сс. сал³аабыт.
Бу дьиэ билиңңэ диэри оскуола – үөрэх кыһата буолан, аан маңнай билии – көрүү боруогун атыллааччыларга билии храма буолан, хас к¼һ¼н аайы чуораан тыаһынан чугдааран, үөрэххэ – сырдыкка ыңыра, угуйа турар.
Куһа³ан ыал нэһилиэгин баайа Иннокентий Винокуров (Мэндээрэр) кыһыңңы дьиэтэ. «Харыйалаах арыыга Винокуров Петр Гаврильевич (Туомаһап) дьиэтиттэн километр аңара со³уруу нууччалыы кырыыһалаах, икки мэндиэмэннээх дьиэни 1927с. бүтэрэн малааһыннаабыта»-диэн нэһилиэк кырдьа³ас олохтоо³о, сэрии ветерана Н.С. Гаврильев ахтар. 1928-29сс. Иннокентий Винокуровы кулаак оңорон, туох баар баайын, дьиэтин-уотун государство туһатыгар диэн тутан ылбыттар. Дьиэтин 1932с. «Кыһыл
ынахсыт» колхоз көтүрэн, Аппааныга таһаарбыттара. Бастаан бу дьиэ³э колхоз председателлэрэ, биригэдьиирдэрэ олорбуттара. Аңардас бу үс дьиэ бүтүн нэһилиэк, улуус сайдыытын, дьонун – сэргэтин олорон ааспыт историятын кэрэһиттэрэ, дьон-сэргэ сэңээрэр, бол³омтотун тардан, урукку үйэлэр чулуу пааматынньыктарын быһыытынан сыаналанар кыахтаахтар.
Норуот ытыктабылын ылбыт, биллэр государственнай деятель Илья Егорович Винокуров төрөөбүт дойдутун, нэһилиэгин былыргы тутуулара билиңңэ диэри туһалыы тураллар. Оттон биһиги, эдэр көлүөнэ дьон, үтүө дьон оңорбут тутууларын кинилэр тустарынан өйдөбүнньүк бэлиэтин быһыытынан харыстыыр эбээһинэстээхпит.
2005 с.
Достарыңызбен бөлісу: |