Таабырыннар
Таабырын тордо кырдьа5ас
Таам Таратай ыччаттара,
Таба о5олорунуу сырсан,
ТабыгыраЬан кэллилэр.
ОрусуЬэ-орусуЬэ
Урут-урдугэр эттилэр:
- Мин кимминий? Кимминий?
Билэццин эн таай, - дэстилэр.
К.Туйаарыскай
Хамсыыр харамайдар.
-
Бу дойдуга тыла суох кэлэн барар баар уЬу (Лыах).
-
А5ыс атахтаах араллаан бухатыыр баар уЬу (Оо5уй).
-
Сытыйбыкка эрэ сыстац, минньигэскэ эрэ бэрт, саахарга эрэ салац баар уЬу. (Сахсыр5а)
-
Суурэр атахтаахтан сымыытынан торуур баар уЬу. (Кымырда5ас)
-
Кынаттаах эрээри коппот, муостаах да буоллар кэйбэт баар уЬу. (Таракаан)
-
Туорах са5а да буолларбын, дуул о5уЬу дьулатабын. (Тигээйи)
-
Илиинэн оруллубэтэх илим баар уЬу. (Оо5уй ситимэ)
-
Кыыл да, чыычаах да буолбатар, кылыс сытыы муруннаах. (Кумаар)
-
Быака5ар быыкаа да буоллар, бэйэтинээ5эр улаханы соЬор со5умэр куустээх. (Кымырда5ас)
-
Чыычаах да буолбатар, кынаттаах, кэрэ бэйэлээх баар уЬу. (Лыах)
-
Алта атахтаах аадац баар уЬу. (Хомурдуос)
-
Тырайбыт атах, ырбайбыт айах, ынайбыт ис бырдахтары хабыалыыр. (Ба5а)
-
Сибэккиттэн сибэккигэ, сирэм куоххэ дайабын диэччи баар уЬу. (Лыах)
-
Харахадьыылга маарынныыры кутуругун эрэ тутан хаала5ын. (Кулгэри)
-
Оттоо5ор оччугуй, о5устаа5ар куустээх баар уЬу. (Кымырда5ас)
-
Кыра да кыыралдьыгас,оччугуй да ойуоккалас баар уЬу. (АЬына)
-
Араас дьуЬуннээх сэбирдэх халлаацца котор уЬу. (Лыах, урумэччи)
-
Олон баран тиллэр, сутэн баран костор баар уЬу. (Сахсыр5а)
-
Сытыы тумустаах оксоку кыыл куну-ыйы буолуу котор уЬу. (Кумаар)
-
Сытыы уцуулээх халлаан саллаата тубэспитин дьоло анньар уЬу. (Тигээйи)
-
БаЬыгар харахтаах баар уЬу. (Кулумэн)
-
УоЬун оннугар муоттээх баар уЬу. (Кулумэн)
-
Ууну кэспэккэ, тыыны мииммэккэ илимниир киЬи баар уЬу. (Оо5уй о5ус)
-
Дьиэ иЬигэр дьиэ баар уЬу. (Оо5уй о5ус)
-
Элбэх сап баар гынан баран мотуоктаммат уьу. (Оо5уй о5ус ситимэ)
-
Бадараан быыЬыгар бай5ал маанылаахтарыгар ба5алаах баар уЬу. (Чиэрбэ)
-
Биэс тарбахтаах да сатаан туттубат, икки атахтаах да сатаан уктэммэт, оройунан айахтаах, кэтэ5инэн харахтаах, сааЬын тухары быарынан сыылла сылдьар уу куо5эй о5о баар уЬу. (Ба5а)
-
Кынаттаахпын да коппоппун, харахтаахпын да халлааны корбоппун диир уЬу. (Балык)
-
Барар да суола биллибэт баар уЬу. (Балык)
-
Быыкайкаан суоЬу суус комус манньыаты сугэ сылдьар уьу. (Собо)
-
Сарыы са5ынньахтаах уЬун синньигэс о5онньор баар уЬу. (Сордоц)
-
Кынаттаах да коппот, айахтаах да `сацарбат баар уЬу. (Балык)
-
Котортон сацарбат, ууга уйдарбат баар уЬу. (Урумэччи)
-
Солко ырбаахы кэтэн сибэккилэри кэрийэбин. ЭЬиэхэ «Эккирэтимэц» - диэн эбэ5ит этэрин истэбин. Хайа ким билэрий? Ааппын этэн биэрэрий? (Лыах)
-
Хара буор анныгар хаЬаанан сымыыттыыбын. Хайа ким билэрий, ханнык уол эбиппиний? (АЬына)
-
ХааЬах муцунан хара о5уруо баар уЬу. (Кымырда5ас уйата)
-
Топ-тогурук дыыгыныыр мээчик баар уЬу. (Тигээйи уйата)
-
Уолугунан айахтаах балык. (Бил балык)
-
ТыаЬа суох мотуордаахпын
Таллан таас харахтаахпын.
Дьараппалаан буоламмын
Ньаала5айы тараанныыбын. (Тэмэлдьигэн)
40.Ойуурга солуур оргуйар уЬу.(Кымырда5ас уйата)
42.Сир- халлаан ыккардыгар буор дьиэлээх баар уЬу. (Кымырда5ас)
43.ТаЬа5асчыт, мас ууЬа, артыал улэЬитэ эрбиитэ, сугэтэ суох куораттары тутар баар уЬу. (Кымырда5ас)
45.Ким бэйэтинээ5эр улахан (ыарахан) таЬа5аЬы таЬарый? (Кымырда5ас)
47.Ураа лацкыр муостаахпын да, уу о5уЬа буолбатахпын.(Хомурдуос)
49.Муос сонноох Ньохчоохоон о5онньор баар уЬу.(Чоху)
50.ТаЬа таас, иЬэ ирицэ баар уЬу. (Чоху)
51.Ыраахтаа5ы кыыЬын кыптыыйын тыаЬа ус куннук сиртэн иЬиллэр уЬу.(АЬыца)
52.Ойуоккалас Орой буурай баар уЬу. (АЬыца)
53.Колуйээн кыыЬа котуолээн эрэр уЬу. (Аьыца)
55.Ойуур иЬигэр ойуулаах сонноох омук о5ото олорор уЬу. (Тэмэлдьигэн)
56.Ньир- ньир сацалаах боро лахаахай баар уЬу. (Тойон ыцырыа)
57.Сытыы саллааттаах, сылбыр5а норуоттаах уордаах ыраахтаа5ы баар уЬу. (Тигээйи)
60. КумааЬынай куораттаах, ахсаана биллибэт ампаардаах, ыпсыыта биллибэт ыскылааттаах, улугэрдээх уцуулээх, алдьархайдаах анньыылаах Ала Саар ыраахтаа5ы баар уЬу. (Ыцырыа уонна тигээйи уйалара)
61.А5ыс уон айдааннаах ааннаах, туорт уон турбуоннээх туннуктээх таас тацара дьиэтэ баар уЬу. (Тигээйи уйата)
62.Котор кынаттаах суурэр атахтаа5ы буоЬаппыт уЬу. (Тигээйи суоЬуну тикпитэ)
63.Ким ынах урдугэр торуур? (Тигээйи суоЬуну тикпитэ)
64.Ким сылгы иЬигэр иитиллэр? (Тигээйи суоЬуну тикпитэ)
65.Кыра да, кыЬыылаах баар уЬу. (Оцоойу)
66.БаЬа- ата5а биллибэт баара5ай Оксоку баар уЬу. (Оцоойу)
70.Ырыалаах- тойуктаах Ырыа Ыгдаанай баар уЬу. (Сахсыр5а)
71.Кырбас кыЬыйар куца суох, кыЬыылаах- аЬыылаах Кыппыйаан кыыс баар уЬу. (Кумаар)
72.Айыы кыыЬа биирдэ уобар этэ суох уЬу. (Кумаар)
73.Хатан анньыы тумустаах, нэлэмэн туос кынаттаах. (Кумаар)
74.Хатан иннэ са5а тумустаах, тэллэ5эс туос са5а кынаттаах, туорт хардастыгас тыцырахтаах тэлээрэр бэргэнэ баар уЬу. (Кумаар)
76.Улуу дойду о5уЬа кыЬыл комус куйахтаах уЬу. (Таракаан)
77.КыЬыл комус о5устар кылбарыЬан эрэллэр уЬу. (Таракаан)
78.Кутуруга суох кугас ынах баар уЬу. (Таракаан)
80. КыЬыл буолан баран саЬыл буолбатах, муостаах буолан баран суоЬу буолбатах баар уЬу. (Таракаан)
81. Биир киЬи куулу соЬо сылдьар уЬу. (Таракаан)
82.Халлаацца хара хаппар ыйанан турар уЬу. (Оо5уй о5ус уонна ситим)
83.Сир- халлаан икки ардыгар улуу о5ус баар уЬу. (Оо5уй о5ус уонна ситим)
84.МоЬуурэ быалаах комус чаанньык ыйанан турар уЬу. (Оо5уй о5ус уонна ситим)
85.Ким да оцорботох комус илимэ баар уЬу. (Оо5уй о5ус уонна ситим)
86.Алта атахтаах омук кыыЬа оЬуор анньарыгар ким да тиийбэт уЬу. (Оо5уй о5ус уонна ситим)
87.Моку бэргэн маЬы ууттуур уЬу. (Мас уонэ)
88.Субуруку суруксут баар уЬу. (Мас уонэ)
89.Куорсуна суох да буоллар, муцура суох суруйар баар уЬу. (Мас уонэ)
90.Маннаа5ы суруксут суруйбутун атын суруксут кыайан аахпат. (Мас уонэ)
91.Куну корбот кутур бо5о баар уЬу. (Чиэрбэ)
92.ТоЬо да ууммутун иЬин быстыбат баар уЬу. (Чиэрбэ)
Кыыллар.
-
Сур, сур дьуЬуннээх,
Сурдээх ицсэлээх.
Тор5онноон сылдьан,
СуоЬуну тардар. (Боро)
-
Куох куруц кунду туулээх,
Уут урун учугэй оро5олоох,
Хаппыт тэллэй хаЬаастаах,
Амтаннаах эриэхэ аЬылыктаах,
КуЬугураан куотар,
Кутуругунан оонньуур,
Саллар сааЬыгар
СааЬыттары муцнуур
Баар уЬу. (Тииц)
-
КыЬын кэллэ5инэ кыЬал5ата кыччыыр баар. (ЭЬэ)
-
Тиит тирэхтээх тицсирики суурук баар уЬу. (Тииц)
-
КуЬун кууЬурэр, саас салбанар, инчэ5эй эттээх, эт сурэхтээх, кураанах сиргэ сытар, биирдэ аЬаабытынан кыстыыр, туулээх туц хааЬах баар уьу. (ЭЬэ)
-
От-мас аЬылыктаах ойуоккалас о5очоос баар уЬу. (Куобах)
-
Ууга олохтоох, от аьылыктаах кыыл баар уьу. (Андаатар)
-
СуоЬу буолбатах да, оту сиир баар уЬу. (Кутуйах)
-
Ууга киирдэ5инэ – балык, кытыыга та5ыста5ына – кыыл баар уьу. (Уруц эЬэ)
-
КыраЬа устунан
Кыыдамныы ойуолуур,
Ата5ын суолунан
АлааЬы ойуулуур.
Кутуйахтан атын,
Кырынаастан атын,
Кутуруга мунур,
Кып-кыра мултугур. (Лааскай-муцур)
-
Тамайа сэлиинэн атарабын,
Тай5а суду хаЬаайынабын.
Адаар муоспун сытыылыыбын
Аарыма тииккэ аалынабын
Хайа ким билэрий?
Ханнык кыыл эбиппиний? (Тайах)
-
Сайын бороц, кыЬын мацан баар уЬу. (Куобах)
-
Ким кыЬын ойуурга аччык кэрийэ сылдьарый? (Боро)
-
Тииккэ тилигирэс, харыйа5а хачыгырас. (Тииц)
-
Эриэн ко5ус, тицсирики дьаалы баар эбит. (Мо5отой)
-
Оруутун ургуук, куруутун куттас баар уьу. (Куобах)
-
Албын о5онньор арба5аьа аатырбыт. (СаЬыл)
-
АЬыырын санаабатах аллан айах, ороспуойун эрэммит улуу туокун баар уЬу. (Боро)
-
Ойуур устун дьэрэкээн тацастаах о5олор сырсаллар уЬу. (Мо5отой)
-
Сир анныгар итии болгуо сытар уЬу. (ЭЬэ)
-
Уордаахтык орулуур, ча5ааннык часкыйар баар уЬу. (ЭЬэ)
-
Бу да кыракый буолларбын бууру охторор бухатыырбын диир баар уЬу. (Кырынаас)
-
Икки титириги илдьэ сылдьар баар уЬу. (Таба)
-
Улуйа-улуйа ойууру кэрийэр баар уЬу. (Боро)
-
СыЬыы кыыЬа сыгынах анныгар дьиэлээх уЬу. (Кырынаас)
-
Мацан биэ хара кулун батыЬыннарыылаах уьу. (Кырынаас)
-
Утуо киЬи ус дьураалаах уЬу. (Мо5отой)
-
Ойуурга олоробун,
Саамай куустээхпин,
Ар5ахха кыстыыбын,
КыЬынын утуйабын – диир баар уЬу. (ЭЬэ)
-
Тула оттубун корунэбин,
Туохтан эрэ дьиксинэбин,
Ойуур тыаларын кэрийэбин,
Албынныыры сатыыбын – диир баар уЬу. (СаЬыл)
-
Хонууга да хоройдорбун,
СааЬыттан саЬабын,
Ойуурга да олордорбун
СаЬылтан саллабын. (Куобах)
-
УЬун тууццэ улуйан
Уубун хаммат муцнаахпын,
Сылгыны, ына5ы тардан
Сыа5а, хаЬа5а харабын. (Боро)
-
Эриэн сонноох эликпин,
Элэстэнэн кэлэммин,
СэлиэЬинэй туораа5ын
Сэрэнэ-сэрэнэ уобабын. (Мо5отой)
-
Тииттэн тииккэ ыстанабын,
Тэллэй хатаран хаЬаанабын,
Муох таЬан оргул уйабын
Мутук тордугэр туттабын. (Тииц)
-
Туорт атахтаах ааттаахпын,
Тиирии тирии кынаттаахпын:
Мастан маска котобун,
БатыЬан иЬэргин коробун. (Нэтээги)
-
Ким бэйэтигэр тыаны илдьэ сылдьарый? (Таба)
36.Боро5он кыыЬа буор дьиэлээх уЬу. (Кутуйах)
41.Дьэрэкээннээх саал тииккэ ыйанан турар. (Мо5отой)
43.Кыракый да буолларбын, бууру охторор бухатыырбын диир баар уЬу. (Кырынаас)
45.СааЬын тухары анна хараарбакка ыраастык сылдьар баар уЬу. (Кырынаас)
46.Бэрт киЬи бэйэтигэр бэлиэлээх. (Кырынаас кутуругун харата)
47.Тыа кыыЬа кутуругар бэлиэлээх уЬу. (Кырынаас кутуругун харата)
48.Мацана бастыыр, харата хаалар. (Кырынаас кутуругун харата)
49.Кутуругунан оонньуур кубарыйбыт кыысчаан кумалаацца уйаламмыт. (Тииц)
50.Туорт тиит икки арда сайын да, кыЬын да хараарбат уЬу. (Тииц)
51.Бокунуйэ-бокунуйэ буор сыата баар уЬу. (Куобах)
52.Сыhыыга сырбас баар уЬу. (СаЬыл)
53.Бэйэтэ хара, туоЬугэр куннээх уЬу. (Хара саЬыл)
55.Сир иЬигэр сибигинэйэ Мэхээлэ сытар уЬу. (ЭЬэ)
56.Сайын тот, кыЬын аччык. (ЭЬэ)
57.То5ус ый устата аЬаабат баар уЬу. (ЭЬэ)
58.Хара ойуур иЬигэр итии таас сытар. (Ар5ахтаах эЬэ)
59.Сир анныгар итии болгуо сытар уЬу. (Ар5ахтаах эЬэ)
60.Оцкучах иЬигэр икки кыЬыл чааскылар сыталлар. (ЭЬэ харахтара)
61.Ууга дьиэлээх улуу тойон баар уЬу. (Уруц эЬэ)
62.Ким бэйэтигэр тыаны илдьэ сылдьарый? (Таба)
63.КыЬын харалыыр, сайын туулэнэр баар уЬу. (Таба муоЬа)
64.Сайын сацыйахтаах , кыьын сыгынньах баар уЬу. (Таба муоЬа)
65.Олоон маьа оро ууммут уьу. (Таба муоЬа)
Котор кынаттаахтар
-
«Кэллэрбин эрэ кэпсиэм, барарбар торут сацарыам суо5а»,- диир баар уЬу. (Кэ5э)
-
Турар маЬы, чоцочо5у
Тобулута ууттуубун,
Кып-кыЬыл бэргэЬэлээхпин,
Куруук ытыыбын, уорэбин.
Хайа ким билэрий?
Ханнык котор эбиппиний? (Киргил)
-
Ханалас кыыЬа хаар бала5аннаах уЬу. (Куруппааскы)
-
Туос-маас сацалаах, тэлиэс-былаас дайбаабыт баар уЬу. (Тураах)
-
Тор-тор торулуур, маЬы тоцсуйар баар уЬу. (Тоцсо5ой)
-
Илиитэ да суох дьиэтин бэркэ туттар. (Чыычаах)
-
Ууга умсаахтыыр, кураанах тахсаахтыыр тугуй? (Хаас)
-
О5олонобун диэн уйаламмат, торуохтээхпин диэн тубуктэммэт кыыс баар уЬу. (Кэ5э)
-
Тохсунньу тымныытыгар тоц тиити торулатар баар уЬу. (Тоцсо5ой)
-
Эрэйинэн аЬылыгын булар эриэн сацыйахтаах эрэт баар уЬу. (Тоцсо5ой)
-
Со5уруу дойдуттан кырбас эт кыырайан кэлэр уЬу. (Кус)
-
То5ута тардыах тордуох тумустаах, батарыта харбыах ба5ыыр тыцырахтаах, туун уоЬугэр кулэн куЬугуруур баар уЬу. (Мэкчиргэ)
-
Кун сирин коччутэр кордоох кунду ырыалаах Куорэли эрилик баар уЬу. (Куорэгэй)
-
Хайаттан харахтаах, дул5аттан тумустаах баар уЬу. (Харацаччы)
-
Кун кыыЬа куомэйигэр бэчээттээх уЬу. (Сылгы чыычаа5а)
-
Тииккэ кыайан хатаастыбат аата, хайа сахха тиит чыпчаалыгар олорбут баар уьу. (Чооруос)
-
Халлаацца кугас былаат тэлээрэ сылдьар уЬу. (Элиэ)
-
Саас аайы хара булуус сонноох киЬи киЬиргиир уЬу. (Тураах)
-
Тай5а ортотугар биир киЬи сугэтэ кун аайы тыаЬыыр уЬу. (Тоцсо5ой)
-
Тумуулаабыт мастары тумсубунан укуоллуубун, ис-тас ыарыыларын иЬиллээри торулуубун. Хайа ким билэрий, ханнык эмчит эбиппиний? (Тоцсо5ой)
-
Саас, со5уруу дойдуттан сапсына котон кэлэммин, «Даах дарараах» сацаран дорооболоЬон эрэбин. Хайа ким билэрий, ханнык котор эбиппиний? (Тураах)
-
Хара тыа суруксута
Хаа5ыргыы котон ааста,
КуЬуйа быЬый куорсунунан
Костубэт точканы аста.
Хайа ким билэрий, ханнык котор эбитий? (Суор)
-
Хара5ынан судьу куЬа5ан.
Хараца буолла5ына харахтанар,
Сырдыкка сытыйан туЬэр баар уЬу. (Мэкчиргэ)
-
Кута хонуулаах, хомус ойуурдаах, о5устуу моцуруур баар уЬу. (Ацыр)
-
Бутэй дьиэттэн толо котон тахсар баар уЬу. (Сымыыттан котор о5ото тахсара)
-
Олон, хомус тордугэр
Оро чолойон кирийэбин,
Улаханнык моцуруур кэммэр
«Уу о5уЬа» - дэттэрэбин.
Хайа, Ким билэрий,
Ханнык котор эбиппиний? (Ацыр)
-
Кыцкынас ырыам иЬин
Кырыымпа5а тэцнииллэр,
- Кынаттаах котор бииЬин
КыраЬыабайа, - дииллэр.
Хайа ким билэрий,
Ханнык котор эбиппиний? (Кыталык)
-
Кунус миигин корбоккун –
Кун уотуттан саЬабын.
Ол оннугар, туунун
Оцостон куобахтыы барабын.
Хайа, ким билэрий,
Ханнык котор эбиппиний? (Модьугу)
-
Хаарга умсан утуйабын,
Хабыр тымныыны тулуйабын,
Хатыцтан ас тонооммун,
Хабараан кыьыны туоруубун. (Куртуйах)
-
Куска-хааска тойоммун
Куоттарбакка ситэбин:
Кынатым тыаЬа олуЬун,
Кырата, холорук силлиэбин. (Мохсо5ол)
-
Куох баархат бэргэЬэлээхпин,
Коругэспинэн биллэбин,
Саас аайы эрдэлиибин,
Садырым ууга дьиэлэнэбин. (Ко5он)
-
Сыыр сырайынан сырылаЬан,
Сыа хаардыы котобут,
Халыц уорунэн анньан
Куьун, саас коЬобут. (Туллуктар)
-
Таас хайа чабыр5айыгар
Таптаан уйа туттабын,
Халлаан киэц куйаарыгар
ХаЬаайынныы туттабын. (Хотой)
-
Кута5а сымыыттаан
Кутан кэбиЬэбин,
Куйаастан, самыыртан
Куттаммакка котутэбин. (Тыыраахы)
-
Халын, элбэх уордээхпит.
«Халы-кылы» ырыалаахпыт,
Харабыл туруорар угэстээхпит,
Хата, онон быыЬанабыт. (Хаастар)
-
Чуумпу сарсыарданы уйгуурдан
Чугдаан хаЬыынан уруйдуубун,
Тумара5а, маарга дугуйданан,
Туйгуннук сайыны туоруубун. (Туруйа)
40.Бастаан тороото5унэ сыгынньах, иккис торууругэр тацастаах. (Котордор)
42.Бутэй дьиэттэн толо котон тахсар баар уЬу. (Сымыыттан котор о5ото тахсара)
43.Халдьаайыттан харахтыыр баар уЬу. (Харацаччы)
44.Хоро кыыЬа хороонноох. (Харацаччы уйата)
45.«ЫрыаЬыппынан сурдээхпин, Бороккуоппайга тиийэн, тылым чороччу тардан хаалар»,- диир баар уЬу. (Кэ5э)
46.Олуу кыыЬа оЬох бэргэЬэлээх уЬу. (Киргил, тоцсо5ой)
48.Иннэтээ5эр кыра тумустаах, сугэтээ5эр улахан тыастаах. (Киргил, тоцсо5ой)
49.Ойуулаах сонноох о5о баар уЬу. (Киргил, тоцсо5ой)
50.Киргистээн кистээбитин, Курбустаан хостоон сиир. (Тоцсо5ой мас, чоцочох уонун сиирэ)
51.Эриэн Чэкчэкэ кэлэн бо5о Турантай сылгытын- ына5ын уоран сиэн кэбиспит уЬу. (Тоцсо5ой мас, чоцочох уонун сиирэ)
52.Чыца бо5о буор сыатын уоран сиэбит уЬу. (Тоцсо5ой мас, чоцочох уонун сиирэ)
53.Эдьигээн кыыЬа эмэх дьиэлээх уЬу. (Киргил уйата)
54.Индигиир кыыЬа тиит дьиэлээх уЬу. (Киргил уйата)
55.Хара улар балтынабын, хабыйахаан диэн ааттаахпын. (Куруппааскы)
56.Мастар быыстарынан мацан туулэр котоллор. (Куруппааскы)
57.Хоруо хара Хоруодьа хоно5ор- чоно5ор быЬыылаах уЬу. (Хара улар)
58.Хацыл тойон уола хара5а хааннаах. (Хара улар)
59.Элээрбэ эрэхсин эккэ ицсэлээх уЬу. (Мохсо5ол)
60.Элэс боотур эргийэн туран бырааттарын аЬылык гынар уЬу. (Мохсо5ол)
61.Уруутун эрэ сиир урдук уол баар уЬу. (Мохсо5ол)
62.Киэц эрили алаа харахтаах, куол сэбири албын кулгаахтаах, то5ута тардыах тордуох тумустаах, батарыта харбыах ба5ыыр тыцырахтаах, туун уоЬугэр, тыа иЬигэр кулэн куЬугуруур баар уЬу. (Мэкчиргэ)
64.Тэнтик- мунтук хаамабын, тэлиэс- былаас дайбыыбын да, мин кэллэхпинэ, бары дьон уорэ- кото корсоллор, бары дьон мин кэлиибин кэпсэтэллэр. (Тураах)
65.Комус ыа5ас кохо5о ыйаммат уЬу. (Сымыыт)
66.Кэрэттэн кэрэ таас тахсыбыт, кэрэттэн кэрэ торообут. (Сымыыт)
67.Тацара уола комус манньыаттары уобан баран турар. (Кус сымыыта)
68.Хайа иЬигэр хараЬыллар харах иччитэ баар. (Сымыыт иччитэ)
69.Иьэ эт, таЬа таас. (Сымыыт)
От-мас, уунээйи.
-
Сайын симэнэр, кыЬын сыгынньахтанар баар уЬу. (Тыа)
-
Сайын сацыйах кэтэр, кыЬын устан кэбиЬэр баар уЬу. (Тыа)
-
Тыала да суохха тыаЬыы турар баар уЬу. (Тэтиц)
-
БэргэЬэ иччитэ бээгэй о5онньор баар уЬу. (Тэллэй)
-
Уоттаах о5уруонан киэргэммит улуу хотун баар уЬу. (Харыйа)
-
Тэтэркэй сибэккибин
Тэпсиэхтэрэ диэммин,
Сытыы кылыс иннэлэрбин
Сытыылаан бэлэмниибин.
Хайа киммит билэрий?
Ханнык уунээйи эбиппиний? (ДолуЬуон)
-
Тобото суох да сэлээппэлээх, со5отох атахтаах да, саппыкыта суох баар уЬу. (Тэллэй)
-
«Буорга булкуллубутум, тааска тардыллыбытым, уокка хаппытым, куртахха буспутум,» - диир баар уЬу. (Бурдук)
-
Сахсархай о5онньор саЬархай тоботун кыайбат уЬу. (Бурдук)
-
СааЬын тухары дьуЬунэ кубулуйбат баар. (Харыйа)
-
Тойон киЬи тотто5уна, сонун эцээрэ тиийбэт уЬу. (Мас хайдыбыта)
-
КыЬын да, сайын да ойуулаах сонун устубат хотун баар уЬу. (Харыйа)
-
КыЬыл ырбаахы кыысчааны, тоцкойботоххунэ, булбаккын. (Дьэдьэн)
-
Кырабын диэбэккэ сири дьоло ууммут, сэлээппэ иилиммит. (Тэллэй)
-
Ханнык тыаЬаабат чуораан баарый? (Чуораан сибэкки)
-
Уруц бэргэЬэбин тыал котуттэ, шар буолан кото турда. (Алтан тобо сибэкки)
-
Утуо киЬи сылга биирдэ киэргэнэр уЬу. (Тыа)
-
Саас уунэн ко5орор, куЬун алтан дуйданар, тыалга-куускэ суйданар. (Сэбирдэх, мутукча)
-
Кинилэри ким да куттаабат да, куттанан салыбырыы турар баар уЬу. (Тэтиц)
-
Суус сыл олорор баар уЬу. (Тиит мас)
-
Тыынар, аЬыыр буолан баран, сааЬыгар сытан сынньаммат баар уЬу. (Тиит мас)
-
Сытан баран турбат, охтон баран сы5арыйбат баар уЬу. (Тиит мас)
-
Уйэтин тухары уцэ-суктэ турар баар уЬу. (Талах)
-
СууЬун туолбут о5онньор тииЬин аа5ан билбэт уЬу. (Тиит лабаата)
-
Илиилээх да улэлээбэт уЬу. (Тиит лабаата)
-
Охоноон о5онньор ацаар атахтаах. (Тэллэй)
КыЬыл халпаахтаах, уруц этэрбэстээх кунду оччугуй о5онньор турар уЬу. (Тэллэй)
-
Арыы иЬигэр арбайбыт баттахтаах абааЬы кыргыттара тураллар уЬу. (Дул5алар)
-
Оттон урут тахсар, хагдарыйыан иннинэ хатан хаалар баар уЬу. (НьургуЬун)
-
КыЬын уруц са5ынньахтаах, сайын куох солко былааччыйалаах баар уЬу. (Хатыц)
-
КыЬыл комус хайалар сайынын эрэ уунэллэр уЬу. (Бурдук)
-
Ойуур ортотугар манан ырбаахылаах мааны кыргыттар тураллар уЬу. (Хатын)
-
Мацан тацастаах, мацан эттээх, барыга туттуллар Майбары тойон баар уЬу. (Хатыц)
-
Ойуурга ойуулаах тэллэх тэлгэнэн сытар уЬу. (Отон уга)
-
Дьаама5а сыгынньах киирэн баран, тацнан тахсар баар уЬу. (Сиэмэ уунэрэ)
-
Саца буЬарбар саЬархайбын,
Сэбирдэххэ сууланабын,
Онтон улам хараарабын
Уктан тохтоон саЬабын.
Хайа, кимнит билэрий?
Ханнык сир аЬа эбиппиний? (Моонньо5он)
-
Хабархай, хатан аЬыыбын,
Хата, куйааска бэрт аспын
Кэриигэ, тыа5а кутаабын –
Кэлэн иттэ сатаайа5ын.
Хайа, кимцит билэрий,
Ханнык сир аЬа эбиппиний? (Хапта5ас)
-
Халлаацца ытыЬын тоЬуйан турар баар уЬу. (Мутук)
39.Саас уордэр, сайын соруукэтэр, куЬун аЬатар, кыЬын ириэрэр баар уЬу. (Тыа)
40.Тогурук сылга биирдэ тацнар, биирдэ сыгынньахтанар баар уЬу. (Тыа)
41.Торуо5уттэн кур бэйэтэ кубулуйбат баар уЬу. (Харыйа, бэс)
42.Сайыннары- кыЬыннары уларыйбат баар уЬу. (Харыйа, бэс)
43.Кун анныгар тэлибирии турар баар уЬу. (Хатыц сэбирдэ5э)
44.Илибирэс- тэлибирэс баар уЬу. (Хатыц сэбирдэ5э)
45.Сайын тацнар (симэнэр), кыЬын сыгынньахтанар баар уЬу. (Тиит мас)
47.Илиилээх да улэлээбэт уЬу. (Тиит лабаата)
48.Аан дойду ортотугар со5отох харахтаах баар уЬу. (Мутук онно, кумалаан)
49.Харахтаах да корбот баар уЬу. (Мутук онно, кумалаан)
50.Корбут хара5ын симмэт баар уЬу. (Мутук онно, кумалаан)
51.Уйэтин- сааЬын тухары корбутунэн турар баар уЬу. (Мутук онно, кумалаан)
52.Корон баран чыпчылыйбат, атан баран ньимийбэт баар уЬу. (Мутук онно, кумалаан)
53. Корон баран чыпчылыйбат баар уЬу. (Мутук онно, кумалаан)
54.Атан баран ньимийбэт баар уЬу. (Мутук онно, кумалаан)
55.Тойон киЬи кулэн баран ньимийбэт уЬу. (Мутук онно, кумалаан)
56.Арба5ар бастаах тойон уйэ тухары турар уЬу.(Дул5а)
57.Туохтан да кылгас буолан баран, киЬиттэн атын кыайбата баар уЬу. (Дул5а)
60.Туохтаа5ар да кыра, кимнээ5эр да куустээх. (Дул5а)
61.Сурэ5э суох да тацараЬыт, уорэ5э суох да малыыппаЬыт. (Тыалга от- мас хамсыыра)
62.Кимтэн да кордоЬоллоро костубэт да, уцэн тоцхоЬо турар дьоннор бааллар уЬу. (Тыалга от- мас хамсыыра)
63.КыЬыл комус хайалар сайынын эрэ уунэллэр уЬу. (Бурдук)
64.Оттон урут тахсар, хагдарыйыах иннигэр хатан хаалар уЬу. (НьургуЬун)
65. КыЬыннары- сайыннары хагдарыйбат ходуЬа баар уЬу. (Лабыкта)
Айыл5а костуутэ.
-
ТаЬырдьа хайа буолар, дьиэ5э уу буолар баар уЬу. (Хаар)
-
Кэрэ биэ кэлбит суола костубэт уЬу. (Тыал)
-
Муора ортотугар комус кытах уста сылдьар уЬу. (Кун)
-
Кус быЬый, куба лахсыыр баар уЬу. (Уу сууругэ)
-
Бастакыта уота, ортокута обуоЬа, кэнникитэ кэЬиитэ баар уЬу. (Ча5ыл5ан, этиц, ардах)
-
Бала5ан урдугэр барча тохто сытар уЬу. (Халлаан сулустара)
-
Туорт ааттаах биир кыыл баар уЬу. (Дьыл кэмнэрэ)
-
Мацан куобах бэргэЬэлээх
Барар суолгар турабын.
Куруук суумка сугэЬэрдээх
Коробун эн ааЬаргын.
Бэркэ билэбин эйигин,
Бэргэнник таайар инигин? (Чоцочох)
-
Саас кэллин да, наЬаа
Сонуур, кэтириир.
О5олорбуттан аЬаан
Уойабын ээ, - диир. (Орус)
-
Уон икки саламалаах, сэттэ мутуктаах, ус суус биэс уон алта туорахтаах тоц харыйа баар уЬу. (Сыл 12 ыйа, нэдиэлэ 7 хонуга, тогурук сыл кунун ахсаана)
-
КыЬын ититэр, саас ирэр, сайын сутэр, куЬун тиллэр баар уЬу. (Хаар)
-
Тыына сиик, суор5ана туман, тэллэ5э сиэркилэ баар уЬу. (Уу)
-
Устар-устар да5аны устан буппэт, суурэр-суурэр да5аны суурэн тохтообот баар уЬу. (Орус)
-
Саас уордэр, сайын соруукэтэр, куЬун аЬатар, кыЬын ириэрэр баар уЬу. (Тыа)
-
Ким да кинини куЬэйбэт, бэйэтэ кэлэр-барар баар уЬу. (Дьыл уларыйыыта)
-
Ула5ата – уЬуна биллибэт улуу муора баар уЬу. (Халлаан)
-
Токунук-бокунук, туу мээчик буолбатах, тууннэри-куннэри эргийэр баар уЬу. (Сир)
-
Коцулунэн устар комус кытыйа баар уЬу. (Кун)
-
Кыната суох котор, суола суох барар баар уЬу. (Былыт)
-
Туохтан да элбэх, туохтан да кэбирэх баар уЬу. (Хаар)
-
Уу буолан баран, ууга уста сылдьар- баар уЬу. (Муус)
-
Уокка бырахтахха умайбат, ууга уктахха уу ылбат баар уЬу. (Муус)
-
Бастакыта – нэлэс,
Ортокута – чомчос,
Кэнникитэ – лаглас. (Охсуллубут от, бугул, кэбиЬиилээх от)
-
Сугэтэ да суох муосталанар баар уЬу. (Муус)
-
Аан дойду атыыра кистиир уЬу, улуу дойду о5уЬа орулуур уЬу. (Этиц)
-
Суунэ нуЬэр тайах суус урэх урдунэн суурэн луЬугуруур уЬу. (Этиц)
-
Мацан биэ барбыт, сиэр биэ сиэлбит, кэрэ биэ кэлбит. (КыЬын, саас, сайын)
-
Сарсыарда аайы корсор, киэЬэ атаарар баар уЬу. (Кун)
-
Кун анныгар кулугэ да костубэккэ кууЬургуур баар уЬу. (Тыал)
-
Айдаана суох айанныыр, куугээнэ суох котор баар уЬу. (Былыт)
-
Илиитэ, ата5а суох эрээри ойууЬут уЬу. (КыЬын)
-
Кордоххо кулумурдэс кунду таас, ытыстахха ыраас уу баар уЬу. (Сиик)
-
Айыы бухатыыра кыЬыл комус курунан далбаатанар уЬу. (Ча5ыл5ан)
-
Бала5ан урдугэр кэлтэгэй хамыйах сытар уЬу. (Ый)
-
Туохтан да куустээх баар уЬу. (Айыл5а)
-
Эмистэн эмис баар уЬу. (Сир)
-
Сацата суох саба буруйэн кэлэр баар уЬу. (Туун)
-
Эдьиий быраатыгар ыалдьыттыы барар, быраат эдьиийиттэн куотар. (Кун, ый)
-
Биир ыалдьыт сугэтэ, эрбиитэ суох муоста муосталаабыт. (Тымныы)
-
КыЬын буолла да, уойбутунан барар. (Курдьук)
-
КыЬын тоцор, сайын устар. (Орус, урэх)
-
Туун эрэ костобут, дьэргэйэ умайабыт. (Сулустар)
-
Дьэрэкээн оргуЬуох оруЬу туора туспут. (Кустук)
-
Кулугэ костубэт комус ии баар уЬу. (Кун)
-
Халлаан уота тыкта5ына, бары барыта тиллэр уЬу. (Кун)
-
Умайар да умайан буппэт баар уЬу. (Кун)
-
Туохтан да тутаа5а суох ыйанан турар уЬу. (Ый)
-
Кунус килбигийэр, туун бэрдимсийэр баар уЬу. (Ый)
-
Куох былаат бутун аан дойдуну буруйбут уЬу. (Халлаан)
-
Эргийэр-эргийэр, ханна да барбыта биллибэт баар уЬу. (Сир)
-
ТацаЬын сылга туортэ уларытар баар уЬу. (Сир)
-
Атах анныгар сытар да, ким да котохпотох мээчигэ баар уЬу. (Сир)
-
Куннээ5эр куустээх, тыаллаа5ар молтох, ата5а да суох хаамар, хара5а суох да ытыыр баар уЬу. (Былыт)
-
Куну-ыйы хаххалыыр хара баар уЬу. (Былыт)
-
Куутэллэр-куутэллэр да, хайа кун кэллэрбин эрэ саЬарга бараллар. (Ардах)
-
Аа5ан сиппэт о5уруо тохтор уЬу. (Ардах)
-
Мацан сонноох киЬи сытан-сытан баран, урэххэ-куолгэ суурэр уЬу. (Хаар)
-
Илиитэ-ата5а да суох буоллар, ону-маны илдьэр баар уЬу. (Тыал)
-
ИЬиирэрэ иЬиллэр, бэйэтэ костубэт баар уЬу. (Тыал)
-
Куццэ биирдэ костон ааЬар хара дьааЬык баар уЬу. (Туун)
-
Улуу котор кынатынан даллас гынна да, кун сырдыгын биир куорсунунан хаххалаан кэбистэ. (Туун)
-
КыЬыл комус кымньыынан кытыастанар баар уЬу. (Ча5ыл5ан)
-
Самыыр тустэ5инэ, уот курбуу халлааны хайытар эбит. (Ча5ыл5ан)
-
Соно5ос атыыр кистээтэ5инэ, сир ньиргийэр уЬу. (Этиц)
-
Турдарбын халлаацца тиийиэм этэ диир баар уЬу. (Суол)
-
Бокурбун-такырбын коннордохпунэ, халлаацца тиийиэх этим диир уЬу. (Суол)
-
Дьиэттэн дьиэ5э тиэрдэр да, дьиэ иЬигэр киирбэт баар уЬу. (Суол)
-
Быс да быс, быстыбат баар уЬу. (Уу)
-
Таба буолбатах да суурэр, тыа буолбатах да куугунуур баар уЬу. (Орус)
-
Аттаммат да, о5устаммат да, кыната да суох, ата5а да суох, ол гынан баран ханна ба5арар тиийэр баар уЬу. (Тыал)
-
Сиэдэрэй кыыс туорт киэргэл тацаЬынан дьону-сэргэни куруутун уордэр уЬу. (Сир)
-
Солко кур тацнары намылыйан турар уЬу. (Кустук)
-
Уйэтин тухары эргийэр да, мэйиитэ эргийбэт баар уЬу. (Сир)
-
Комус чохтор тохтообокко чыпчылыцнаЬаллар уЬу. (Сулустар)
-
Илиитэ, ата5а суох эрээри ойууЬут баар уЬу. (Тымныы)
-
Оту-маЬы тоЬутар, сири-уоту хайытар баар уЬу. (Тымныы)
-
Сытыы быЬычча халлааны суруйар. (Ча5ыл5ан)
-
Муцур харыйа отут туорахтаах. (Ый хонуга)
-
АчарбааЬа, устурууЬа суох, кыЬата, кыстыга суох, кун анныгар костубэт, кунустэри-тууннэри уЬанар, уустан ордук уус баар уЬу. (Айыл5а)
-
Кун эмээхсин ийэлээхпин,
Куустээх тыал мицэлээхпин,
Халлаанынан айанныыбын,
Хаппыт сири быйацныыбын.
Дьэ, ким билэрий,
Туох-ханнык эбиппиний? (Былыт)
-
КыЬыл комус кытах туннугунэн токунуйэр уЬу. (Кун сардацата)
-
Кунус комуЬэ, туунугэр алтана. (Кун, ый)
-
Хоту диэки солко былаат тэлимниир. (Дьукээбил)
-
КиЬи хара5ар костубэт да, аан дойдуну тутан турааччы баар уЬу. (Салгын)
-
Кэрэ биэттэн хара кулун торуур уЬу. (Хаар)
-
О5олорун колоЬунун ийэлэрэ эмэр. (Орус)
88.Тугэ5э суох комус ыа5ас баар уЬу. (Кун)
89.Ампаарга алтан солуур кытара сытар уЬу. (Кун)
90.КыЬыл кыыс халлаан устун хаамар уЬу. (Кун)
91.Толоон ортотугар комус кытах баар уЬу. (Кун)
92.Куол тугэ5эр комус биЬилэх сытар уЬу. (Кун)
93.Икки хайа икки ардыгар комус кытах эргийэр уЬу. (Кун)
94.СуЬуо5э суох суурэр, ата5а суох хаамар. (Кун)
95.ДьааЬыкка хаайыллыбыт манньыат баар уЬу. (Кун сардацата)
96.Тыа устун иЬэн лабааны таарыйбат, муора устун иЬэн долгуну хамсаппат. (Кун сардацата)
97.Мацан биэ кутуругун туннугунэн укпут. (Кун сардацата)
98.Онно эмиэ баарбын, манна эмиэ баарбын. (Ууга кун кулугэ)
99.Алтан икки, комус икки утарыта корсуЬэн тураллар уЬу. (Ууга кун кулугэ)
100.Сууйдахха- суураллыбат, кэртэххэ- кэлбэт. (Ууга кун кулугэ)
101.Уу урдугэр комус чааскы уста сылдьар да, илиигэр тутуллубат. (Ууга кун кулугэ)
102.Сандаарыны санаары гынна5ына дьэс кытарар уЬу. (Кун тахсыыта)
103.Илин диэкиттэн биир чуо5ур таба киирэн ар5аа диэки баран суппут. (Кун киириитэ)
104.Эдьиийэ ыалдьыттыы кэллэ5инэ, балта саЬан хаалар уЬу. (Кун уонна ый)
105. Комус чаЬы утуйда5ына, алтан чаЬы барар уЬу. (Кун уонна ый)
106.Кунус- комуЬэ, туунугэр- алтана. (Халлаан сырдыыра уонна харацарара)
107.Кун кыыЬын куох солко былаата ко5орон костор уЬу. (Халлаан сырдыыра уонна харацарара)
108.Ацаара мацан, ацаара хара биэ баар уЬу. (Халлаан сырдыыра уонна харацарара)
109.ТыаЬа суох кэлэр уЬу, тыаЬа суох барар уЬу. (Халлаан сырдыыра уонна харацарара)
110.Уруцнээх хара ат ууннэрэ биир уЬу. (Халлаан сырдыыра уонна харацарара)
111.Комус дьааЬык сабылынна5ына, хара дьааЬык аЬыллар уЬу. (Халлаан сырдыыра уонна харацарара)
112.Хара биэ, уруц биэ икки атахтаЬа сытыллар уЬу. (Халлаан сырдыыра уонна харацарара)
113.ТыаЬа суох муннукка кэлэр баар уЬу. (Туун)
114.ТыаЬа суох саба барыйан кэлэр баар уЬу. (Туун)
115.КыЬын тиллэр, сайын олор баар уЬу. (Халлаан сулустара)
116.Эмээхсин харчытын ахсаана биллибэт уЬу. (Халлаан сулустара)
117.Уруц сибэккилэр туунун уунэллэр, сарсыарда ололлор уЬу. (Халлаан сулустара)
118.Улуу ытык ыспыт кума5ын ким да кыайан хомуйбат уЬу. (Халлаан сулустара)
119.Комус чохтор тохтообокко чыпчылыцнаЬаллар уЬу. (Халлаан сулустара)
120.Биир эмээхсин кун тура- тура ына5ын аа5ар уЬу да, муцурун билбэт уЬу. (Халлаан сулустара)
121.Муора ортотугар комус кытыйа уста сылдьар уЬу. (Ый)
122.Харацаны сырдатар баар уЬу. (Ый)
123.Тугэ5э суох комус ыа5ас баар уЬу. (Ый)
124.Сулустары быыЬынан комус кытах уста сылдьар уЬу. (Ый)
125.Туннугунэн мацан сылгы кутуруга быган турар. (Ый сырдыга)
126.Алтан иЬит арыый быЬа5ас, комус иЬит корбуотунэн уЬу. (Ый уонна кун)
127.Утуо киЬи икки чаЬылаах. (Ый уонна кун)
128.Уруц дьааЬык аЬылынна5ына, кыЬыл дьааЬык сабыллар уЬу. (Ый уонна кун)
129.«Кунус эн, туун мин»,- диэччи баар уЬу. (Ый уонна кун)
130.Биир комус ньуоска, биир муос ньуоска бала5ан урдугэр ыйанан тураллар уЬу. (Ый уонна кун)
131.Биир маныыЬыт тыЬыынчанан ына5ы маныыр уЬу. (Ый уонна сулустар)
132.Аан дойду кыыЬа о5олорун уорэтэр уЬу. (Ый уонна сулустар)
133.Бай5ал балыга оонньообут уЬу. (Дьукээбил уота)
134.Уордаах Ородьумаан уотун отунна5ына, халлаан ацаарын хайа салыыр уЬу. (Дьукээбил уота)
135.Аан Ийэ дойдуну уут курдук дьуЬуннээн, кулук курдук ырбаахылаан утутар баар уЬу. (Туман)
136.Сылдьар да, суола биллибэт баар уЬу. (Туман)
137.Улуу куйаар кыыЬа солко курдаах уЬу. (Кустук)
138.Кун кыыЬа куох солко былаатынан далбаатанар. (Кустук)
139. Кун кыыЬын куох солко былаата ко5орор уЬу. (Кустук)
140.ТацаЬа суох буолан баран курдаах баар уЬу. (Кустук)
141.Баара- суо5а биллибэт да, бары омук тылынан кэпсэтэр баар уЬу. (Ой дуораана)
142.Ким баар буолуой, уорэ5э суох эрээри бары тылынан кэпсэтэр? (Ой дуораана)
143.Бэйэтэ билбэт да, сацарар баар уЬу. (Ой дуораана)
144.Ханна баара биллибэт, барыга бары сыстар баар уЬу. (Ой дуораана)
145.Тыла суох да, бары тылынан кэпсэтэр баар уЬу. (Ой дуораана)
146.Ыт урдэ5инэ- урэбин, ынах мацыраата5ына- мацырыыбын, ким эмэ ыллаата5ына- ыллыыбын, бары миэхэ кыыЬыраллар да, булбаттар диир баар уЬу. (Ой дуораана)
147.Уол атын ким да кыайан туппат уЬу. (Тыал, холорук)
148.Ата5а суох эрээри атахтаа5ы ситэр, илиитэ суох эрээри элбэ5и илдьэр, костубэт да буоллар, кото- суурэ сылдьар тугуй? (Тыал, холорук)
149.Кыната суох да котор, уоЬа суох да урэр, костубэт да кууЬургуур баар уЬу. (Тыал, холорук)
151.Комолтото суох куустээх кутур коцул куулэйдиир уЬу. (Тыал, холорук)
152.Кыната суох коппут, ата5а суох суурбут. (Былыт)
153.Халлаацца дьон хаамса сылдьаллар уЬу. (Былыт)
Достарыңызбен бөлісу: |