Диктант хомуурунньуга



бет3/4
Дата17.06.2016
өлшемі378.5 Kb.
#142986
1   2   3   4

Маңнайгы хаар.

Маңнайгы хаар түстэ. Салгын сөрүүдүйбүт. Сир үрдэ мап-маңан буолбут, сымнађас хаарынан сабыллыбыт. Дьиэлэр сарайдара, мастар маңхайбыттар, хаарынан бүрүллүбүттэр. Эмискэ күн чађылыйа тыкта. Салгын эмиэ ырааһырда.(26)


Кыһын.

Айаннаан иһэбит. Табалар биир кэмник сиэлэн иһэллэр. Тыыннара бургучуйар. Барар суолбут уһун. Тымныыта сүрдээх. Күүстээх тыал уун-утары үрэр. Үөһэ көрдөххө, түгэђэ биллибэт боруңуй халлаан. Арай сулустар чађылыңнаһаллар.(28)



  • Кэнники этии тылларын сүһүөхтээң. Сүһүөхтэр араастарын бэлиэтээң.



Чыычаах ођото.

Мотя сибэккилии сырытта. От быыһыттан чыычаах көтөн тађыста. Көрбүтэ чыычаах ођолоро сыталлар. Айахтарын аталлар. Ас көрдүүллэр быһыылаах. Мотя аһына санаата. Сарсыныгар иэдьэгэй бытархайын илдьэн, уйа кытыытыгар уурда. Чыычаах ођолорун иэдьэгэйинэн аһатар буолла.(32)


Саңа күөл.

Бу ыраах Саха сирин кураайы алааһа. Урут манна хамыйах да уу суођа үһү. Билигин хайдах курдук байђал баар буолбутуй! Бу күөлү биһиги колхозпут үрэђи быһан оңорбута. Онтон бэттэх манна бөдөң бөһүөлэк олохсуйбут. Былыр манан биирдэ эмэ сылдьыбыт атын оройуон дьоно билигин кэлэн соһуйаллар.(43) (С.Омоллоонтон.)


Чубуку.

Хайа тэллэђэр чубуку ођотун бэдэр туппут. Кырдьађас чубуку таас хайа төбөтүгэр туран үөрүн маныыр. Кини бэдэр түөкүн ньылбыйан кэлбитин өйдөөн көрбөккө хаалбыт. Онтон алдьархай тахсыбытын кэннэ, дьэ билэр. Кини үрдүк сиртэн бэдэр диэки ыстанан кэбиһэр. Сытыы муоһунан сиэлийэ охсон түһэрэр. Сиэхсит бэдэр буутун соспутунан талахха сыылар.(46)


Балыксыт кэпсээнэ.

Остоолбо хайа Лена өрүс сүнньүгэр баар. Сайын аайы ити хайађа үс араас кыыл баар буолар. Үөһэ очуос таас тумсугар мохсођол төрүүр. Хайа быарыгар кыракый сүүрээн аттыгар хаас сымыыттыыр. Оттон аллара хайа дьапталђа таастарын быыһыгар куобах үөскүүр. Бу кыыллар бары манна эйэлээхтик олороллор.(42) (Н. Якутскайтан.)


Сардаңа.

Күн сардаңата куула тыа үрдүн көмүс дуйунан бүрүйдэ. Чочумча буолаат, үөһэ халыйан тађыста. Онтон сардаңа тыалга үрдэрэр чараас былыттарга охсулунна. Күһүңңү курус халлааны сэргэхситэ сырдатан турбахтаата. Онтон оргууй киирэн, ньимис гынан хаалла.(32)


Сэдэх түбэлтэ.

Тракторист фермађа кэбиһиилээх оту состорон ађалбыт. Сүөһү аһатааччы от үрдүн хаардыы сылдьыбыт. Кырыалаах көңдөй сир баарын дьиибэргээн, маһынан анньыалаабыт. Арай, көңдөй түгэђэр ырдьыгыныыр саңа иһиллибит. Эһэтин билэн киһи саалаах дьону ыңыран ађалбыт. Эрэйэ суохтук эһэни бултаабыттар.

Эһэ, кэбиһиилээх окко кыстыырга соруммут эбит. Трактор тыаһыгар да, айан нэксиэтигэр да уһуктубатах. Дьэ,кытаанахтык утуйар ођонньор эбит.(54)


  • Бэлиэтэммит тыллары сүһүөхтэргэ араарың. Сүһүөхтэр араастарын бэлиэтээң.


Кыһын.

Кыһын обургу сытыы тыалынан кыскыйданан кэллэ. Мастар кэрэ симэхтэриттэн матан санньыһан тураллар. Ол да буоллар кыһын айылђа көстүүтэ олус кэрэ. Саймаарыйар сүүрүктээх кэрэ Лена мууһунан бүрүллэн ньимийэн сытар. Күн көмүс кыырпахтара ыраас мууска ыһыллыбыттар. Ол араастаан тырымнаан, күлүмнээн көстөр.(39)



  • Икки бастакы этии тутаах чилиэннэрин бэлиэтээң.


Оскуола учаастага.

Мухтуйа оскуолата Лена өрүс үрдүгэр турар. Оскуолађа учаастак тэриллибитэ.Үөрэнээччилэр учууталларын кытта буор таспыттара, дьаамалары хаспыттара. Тыаттан араас мастары түөрэн ађалан олордубуттара. Кинилэргэ төрөппүттэр эмиэ көмөлөспүттэрэ. Сайын учаастактарын ођолор бэйэлэрэ көрөллөр. Манна араас сиэмэлэри тылыннаран үүннэрэллэр. Сођурууңу үүнээйилэр эмиэ бааллар.(40)



  • Элбэх ахсаан сыһыарыыларын булан бэлиэтээң.


Тайах.

Тайах сэргэх кыыл. Кини сорођор сарсыарда күңңэ туора туран сыламныыр. Арай ол кэмңэ тыалы утары балаччы чугаһатыан сөп. Уонна күнүскү ыам сађана ынах курдук сытан эрэн утуйар. Ол бириэмэђэ киниэхэ олох куттала суох киириэххэ сөп. Оттон биллэђинэ, кинини туох тутуох бэйэлээх буолуой? (42) (М.Черосов суруйуутунан.)


Эһэ итирэрэ.

Эһэ саас арђађыттан тахсаат, кымырдађас оргулун булар. Үрэйэн баран, тылын таһааран кымырдађас оргулугар анньар. Онно сүүрэн тахсар кымырдађастары бэрт минньигэстик ньэлбэнэн иһэр. Күнү күннүктээн оннук аһаан муңнанар. Ол кэнниттэн иэђэңнии-иэђэңнии, киңинэйэ олорор буолар. Ону булчуттар эһэ кымырдађаска итирэр дииллэр.(40) (М.Черосов суруйуутунан.)


Айылђа барахсан.

Айылђаны ким таптаабата баарай? Мин эмиэ айылђаны таптыыбын. Кини өссө ордук тупсан, чэлгийэн иһиэн бађарабын. Сайылыгым чугаһыгар кыра ођоруот сирэ баар. Быйыл саас онно дьэдьэн ыспытым. Онтум син тахсан эрэр. Киниттэн мин үүнүүнү эһиил ылыам. Советскай дьон айылђаны байытарга, киниттэн өссө ордук туһаны ыларга кыһаналлар. Оскуолам миигин эмиэ итинник тыыңңа иитэр.(51) («Бэлэм буолтан»).




Тыал туохтан үөскүүрэ.

Күн уота салгыны сылытар. Сылыйбыт салгын, син сылаас буруо үөһэ тахсарын курдук, чэпчээн үөһэ тахсар. Үөһэ тахсыбыт салгын оннугар ойођоһунаађы сөрүүн салгын кэлэн киирэр. Күн салгыны сылытара тохтообот. Онон сылыйбыт салгын үөһэ тахсара эмиэ тохтообот. Үөһэ тахсыбыт салгын оннугар ойођоһунаађы салгын кэлэн киирэр. Онон салгын уу курдук сүүрүгүрэн барар. Тыал ол курдук үөскүүр. (53)


Көмүс күһүн.

Көмүс күһүн кэллэ. Хатыңнар ыыс-арађас өңнөммүттэр. Арай харыйалар эрэ, күһүн кэлбитин билбэтэх курдук, күп-күөх тураллар. Көтөр-сүүрэр кыстыгын оңостон түбүгүрдэ. Күн аайы үөр көтөрдөр субуһаллар. (27)



  • Бастакы уонна иккис этиилэри этии чилиэннэринэн уонна саңа чаастарынан ырытың.


ТӨРДҮС КЫЛААС.
Хатың – Үрүйэ.

Мин төрөөбүт сирим Хатың-Үрүйэ үлүскэн сүүрүктээх өрүс үрдүгэр турар. Төгүрүк ырааһыйалардаах. Илин өртүнэн ньирээйи титириктэрдээх, имигэс иирэ талахтардаах. Ађыйах хойуу хатыңнардаах, чоңоох-чоңоох көлүччэлэрдээх. Үрдүк сыырдаах үрүйэлээх. Сүрэђи сылаанньытар, сүргэни көтөђөр дьикти кэрэ сыттаах тыалаах. Тыатыгар дьэдьэн бөђө үүнэр уот сиэбит куруңнаах. Өрүһүн кытыытыгар сугун, монньођон үүнэр. (54)



  • Ырааһыйалардаах диэн тыл аһађас дорђооннорун ырытың. Илин уонна кэлин аһађас дорђооннору бэлиэтээң.


Ойуур мэндиэмэннэрэ.

Ойуурга көтөрдөр уонна кыракый кыыллар бэйэлэрэ туспа мэндиэмэннэрдээхтэр. Саамай аллара кутуйахтар олороллор. Кинилэр мас төрдүгэр уйаланаллар. Чыычаахтар уйаларын сир үрдүгэр оңороллор. Чаччыгыныардар орто харыйалар лабааларыгар уйаланаллар. Тоңсођойдор, киргиллэр үөһэ кумалааңңа хорђойоллор. Чычып-чааптар, мэкчиргэлэр өссө үөһэ оңостоллор. Саамай үөһэ тыңырахтаах көтөрдөр – кырбыйдар, кыыртар, боруллуолар, хотойдор – уйаланаллар. Хас биирдии көтөр хайаан да бэйэтин эрэ мэндиэмэнигэр олорор. (55) (М.Пришвин)



  • Сэргэстэспит бүтэй дорђооннору булан бэлиэтээң.


Балыксыттар.

Хобордоох курдук кыракый, чоңкучах алаас хоту өртүгэр алаадьы курдук төгүрүк күөллээх. Биһиги онно муңхалаан тахсан, уу кытыытыгар чэйдии олордубут. Чуумпу күөл уута мэндээрэр.

Арай күөл диэки көрбүппүт, собо ытырыылаах икки андаатар уу анныттан күөрэс гына түстүлэр. Тахсаат ууну киэңник силэйэн, кытыы диэки былдьастылар. Устан дьурулаан уйаларыгар тађыстылар. Кэннилэриттэн о5олоро тахсан кэллилэр. (51) (Е.Макаровтан)


  • Бүтэһик этии тылларын дорђооннорун ырытың.

  • Сэргэстэспит бүтэй дорђооннору бэлиэтээң.

Улар уонна кырынаас.

Саас дьыбардаах тымныы сарсыарда Ваня уонна Саша үрэх устун баран испиттэрэ. Үтэн киирбит тыа тумсугар эмискэ хаар анныттан моонньугар маңаннаах улар көтөн бурђачыйан тађыста. Ођолор дьиибэргээн одуулаһа турдулар. Улар көтөн иһэн сотору сиргэ кэлэн түстэ. Сүүрэн тиийэн көрбүттэрэ, улар моонньугар кырынаас эриллэ сылдьан, быһа кэрбээн түһэрбит.

Улар кыһын хаарга саһар. Кырынаас хаары аннынан үөмэн бултаабыт. (55) (Е.Макаровтан)


  • Элбэх ахсаан сыһыарыытын булан бэлиэтээң.


Лена өрүс.

Лена Сибирь өрүстэриттэн биирдэстэрэ. Бириистэннэригэр тыйыс арктическай муораларынан сылдьар бөдөң таһађас таһар суднолар тохтууллар. Ленанан сайын устата араас таһађастары тиэммит баржалаах катердар айанныыллар. Пассажирскай теплоходтарынан Сибирь улуу өрүһүн Лена кэрэ миэстэлэригэр сылдьыахха сөп.

Бу сүңкэн өрүс балыгынан баай. Киниэхэ уомул, тууччах, сыалыһар, бил, күөнэх үөскүүр. Лена өрүс биһигини аһынан-таңаһынан хааччыйар. (53)


  • Нууччалыы суруллубут тыллар олохторун, сыһыарыыларын бэлиэтээң.


Алдан көмүһэ.

Октябрьскай революция Россия баттаммыт норуотугар көңүлү ађалбыта. Норуот бу көңүлүн революция өстөөхтөрүттэн туруулаһан көмүскээбитэ. Гражданскай сэрииттэн алдьаммыт-кээһэммит хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэриигэ кыраныысса таһыттан бурдугу, станоктары, массыыналары атыылаһыыга үп-харчы наада буолбута. Эдэр Советскай былаас бэйэтин эрэллээх саллааттарын Сибирь түң тайђатыгар көмүһү көрдөөһүңңэ уонна хостооһуңңа ыыталаабыта. Кинилэр Алдан өрүс салааларыгар көмүһү булбуттара.

Билигин Алдан Саха сирин промышленнай оройуонун киинэ буолла. (60)

Бүлүү баайа.

Бүлүү биир кэрэхсэбиллээх баайа цеолит буолар. Дьон ити минералы «аптаах таас» диэн ааттыыллар. Кырдьык, дьэ ити дьикти таас. Цеолит тааһы мээккэлээн сүөһүгэ сиэттэххэ ынах элбэх үүтү биэрэр. Ньирэйдэри итинник аһаттахха төрөлкөй буолаллар, түргэнник улааталлар. Оттон ођуруокка уођурдуу курдук куттахха үрдүк үүнүүнү ылыађың. Цеолит ити кистэлэңэ саңардыы билиннэ. Цеолит көмөтүнэн өрүстэр, үрэхтэр кирдээх ууларын уонна буруонан киртийбит салгыны ыраастыахха сөп. (59)


Сылгы чыычаађа.

Тэлгэһэђэ сылгы чыычаађа сүүрэкэлиир. Барахсан, хара сарсыардаттан киэһээңңэ диэри үлэлээн үрүлүйэн-харылыйан биэрэр да, муң саатар, биирдэ сылайбыт-сыңдалыйбыт быһыытын көрдөрбөт.

Уйатыгар түүнү-сыыһы, хаппыт оту таһан баран, сиргэ түһэн олорор. Хамсаабат. Сынньанар. Онтон түүтүн-өңүн ыраастанар. Ити курдук олоро түһээт, эмиэ көтө-көтө түспүтүнэн, сүүрбүтүнэн, көрдөөбүтүнэн, таспытынан барар.

Сылгы чыычаађа, быыкаайык бэйэтэ, дьэ дьоһун үлэһит. (60) (В.Сыромятниковтан)



  • Үһүс этиигэ аат тыллары булан бэлиэтээң, ыйытыыларда туруоруң.


Боря суола.

Боря ийэлээх ађата фермађа үлэлииллэр. Онон кини оскуолатыгар ферматтан сылдьан үөрэнэр. Суолун, онно үүнэр отун-маһын бэркэ билэр. Суола дьыл хайа да кэминээђэр күһүн тупсар. Оол, уот кыһыл талах көстөр. Оттон бу килбэспит иннэлэрдээх долохуна уга. Кытара буспут аһа хараарбыт, таарыйдахха сиргэ түһэр.

Боря сэндээркэй оттоох-мастаах кырдал устун дэгэйэн истэ. Хахыйахтар сэбирдэхтэрин тыал хастаабыт. Ыллык суол бүтүннүүтэ көтөђөнөн тэлгэммит. (62) (В.Сыромятниковтан)


  • Тугунан? Туохтаађар? диэн ыйытыыларга эппиэттиир аат тыллары булан устуң.

  • Тыа, ыллык, устун, барар, тыргыллан – бу тыллары сааһылаан этиитэ суруйуң.


Ленскай куорат.

Бу куорат революция иннинэ Мухтуйа диэн ааттаах кыракый бөһүөлэк этэ. Манна Якутскайтан Иркутскайга диэри почта таһар дьаамсыктар тохтоон, сынньанан ааһаллара.

Онтон биирдэ геологтар Саха сиригэр Мухтуйаттан чугас сиргэ алмаас баар сирин булбуттара. Ол кэмтэн ыла бөһүөлэк уларыйан барбыта. Түңкэтэх тайђанан массыына суола тыргыллыбыта. Саңа тутууларга араас таһађастар таһыллыбыттара. Манна саңа өрүс порда, автобаза, тутуу матырыйаалларын оңорор комбинат тутуллубуттара. Бөһүөлэк куорат буолбута уонна Ленскэй диэн ааттаммыта. (65)


  • Анал ааттары булан бэлиэтээң.


Кыһыл кинигэ.

От-мас, көтөр-сүүрэр, биһигини тулалыыр тыынар тыыннаах барылара – айылђа ођолоро. Манна туһата суох, туһалаах диэн туох да араарыллыбат. Быыкаайык бырдахтан баарађай тайахха, саңа быган эрэр ачаттан лиңкир тииккэ тиийэ бары туһалаахтар. Балартан хайаларын эмэ суох оңордоххо атыттара эмиэ өлөн-сүтэн барыахтара.

Кыһыл кинигэђэ айылђаттан сүтэн эрэр үүнээйилэр, көтөрдөр, харамайдар, кыыллар киирэллэр.

Эһиги көтөрү-сүүрэри сиһилии билиң уонна харыстааң! (59)



  • Туохха? Туохтан? диэн ыйытыыларга эппиэттиир аат тыллары булан хоһуласпыт бүтэй дорђооннору бэлиэтээң.


Туруйа.

Мин кыра эрдэхпинэ, дьонум туруйаны ииппиттэрэ. Ол маннык этэ. Таайым Уйбаан үлэлии сылдьан туруйа ођотун булбут. Туруйа кырата бэрт буолан таайбыттан куоппатах. Кинини тутан ылан суумкатыгар уктан дьиэтигэр ађалбыт.

Туруйа ођотун дьиэ иһигэр ыыппыттара. Кини маңнай утаа киһиттэн куотара. Онтон, улам үөрэнэн, аһатар киһиттэн куоппат буолбута. Туох аһы биэрэргин сирбэккэ-талбакка аһыыра. Биир күһүн уонна кыһын биһиэхэ олорбута. (60)


  • Сирэй солбуйар ааттары булан бэлиэтээң. Ыйытыыларын туруоруң.

Хоту дойду сааһа.

Хоту дойдуга саас үгэнэ. Сир тымырдарын устун хаар уута халдьыгырыы сүүрэр. Дохсун сүүрүк көңүскэ түһэн, үөр хопто балыкка үмүөрүспүтүнүү, үрүң күүгэнинэн аллар. Лена өрүс көмүөллээн күөрэлиир.

Оттон ойуурга тађыстахха саңа тыллан эрэр күөх мутукча, сэбирдэх сыта дыргыйар. Айылђа уһуктар кэрэ-бэлиэ кэмэ. (46) (Н.Винокуровтан)


  • Бэлиэтэммит дађааһын ааттары быһаарың. Ситимнэһэр аат тылларын бэлиэтээң.


Хахыйах.

Балађан ыйыгар бөһүөлэги көђөрдүүгэ үлэлээбиппит. Мин онно сылдьан биир хахыйађы түөрэн ађалан дьиэм таһыгар олордубутум.

Сыллар-күннэр ааһыахтара. Хахыйах ситэн-хотон аар хатың буолан хойуу лабаатынан суугунуу тыаһыађа. Ырыаһыт чыычаахтар мунньустан хас лабаатын аайы үөрүү музыкатын тардан күндү сайыны уруйдуохтара. Ођом кэнэ5эс улаатан кэлэн, хатыңңа өйөнөн туран ођо сааһын саныа5а. (50) (Н.Винокуровтан)


  • Туохтуурдары аннынан бэлиэтээң.


Маңнайгы хаар.

Көмүс күһүн ааһан, сир тоңно. Кырыа бытык кыһын Хоту Муустаах муоратыгар уһуктан айаныгар турунаары оңостор. Биир сарсыарда маңан хаар кыырпахтара салгыңңа тэлээрэн түстүлэр. Хатың лабааларын ичигэс туус маңан суорђанынан саптылар. Тыа бүтүннүү саңа көп хаарынан бүрүллэн нуктаан турар.

Маңнайгы хаар түһэрэ кэрэ дађаны. (50)


  • Аат тыл дађааһын аат суолтатыгар туттуллубутун булан бэлиэтээң. Ыйытыытын туруоруң.


Күн.

Киһиэхэ саамай күндү – күн. Киһи бастаан төрөөт күнү көрөр. Күн барыбытыгар үтүөнү оңорор. Күн көрүө, от үүнүө, сибэкки тэтэриэ. Кырдьык, күнэ суох тыынар-тыыннаах олорбот. Оттон күн үчүгэй үлэһит. Саас аайы улуу муустары уулларар. Халың хаары уулларан күөх оту үүннэрэр. Күн тахсарын көрөр олус кэрэ!

Күн тахсаат мастар күөх солко киистэлэрин көмүс дуйдуур. Ырыаһыт чыычаахтары уһугуннарар. (56)


  • Дађааһын ааттары аат тыллары кытта бэлиэтээң, ыйытыыларын туруоруң.


Тииң өйө.

Бүгүн хаарга кыракый кыыллар уонна көтөрдөр суолларын көрдүм. Олортон биир манныгы аађан биллим. Тииң хаары тэһэ түһэн муохха киирбит. Онтон күһүн кистээбит икки эриэхэтин булан таһаарбыт. Олорун сонно сиэбит, мин хахтарын көрдүм. Онтон, уонна метр кэриңин бараат, эмиэ умсубут. Хаарга эмиэ эриэхэ хађын хаалларбыт. Хас да метри баран, үсүһүн киирбит.

Дьикти! Хаар халың араңатын курдат эриэхэни сытынан булан ылбыт. Мин тииң өйүн, сатабылын сөхтүм. (65) (М.Пришвинтэн)


  • Буолар уонна буолбат формађа турар туохтуурдары булан бэлиэтээң.


Көмүс туорах.

Көмүс туорах сиргэ түһээт сириэдийэн, буорга түһээт муңутаан барбыт. Сотору лоһуор көмүс туорахтанан, өңөр куоластанан, ас кутан, үүнэн күндээрийэн тахсыбыт.

Үүммүт куолаһы сынньан баран, туорахтарын иккиһин буорга түһэрбиттэр. Эмиэ хаһыңтан харыстаабыттар. Кураантан хорђоппуттар.

Көмүс туорахтар сиргэ түһээт үүнэн муңутаан барбыттар. Сотору төрдүттэн төбөтүгэр диэри толуу туорахтанан, ас кутан, бурдук ас диэн ааттанан үүммүт.

Көмүстээђэр күндү, арыытаађар амтаннаах, эттээђэр минньигэс, туохтаађар да тотоойу ас буолбут. (64) (И.Даниловтан)


  • Бастакы этии тылларын састаабынан ырытың.

  • Икки аат тылла булан суруйуң.


Өргөннөөх эбэ.

Өргөннөөх эбэ куула өртүгэр сэттэ улахан, бэйэ-бэйэлэриттэн чугас-чугас сытар дүөдэлэрдээх.

Бу эбэђэ үөскээбит киһи киэң, холку санаалаах буолар үһү. Көтөрү-сүүрэри, оту-маһы таптыыр, айылђа барахсан айбыт бары кэрэтинэн дуоһуйар, онуоха ис сүрэђиттэн сүгүрүйэр киһи атын киһиэхэ сутуругун көтөђүө дуо? Суох. Көтөђүө суођа.

Айылђађа баар кэрэ биһиги иэйиибитин уһугуннарар. Туох баар үчүгэйгэ, кэрэђэ, үтүөђэ ыңырар, айымньылаах үлэђэ кынаттыыр. (60) (И.Сосинтан)



  • Иккис этиини саңа чаастарынан ырытың.


Күһүңңү күн.

Дьиэбититтэн тахсан, күһүңңү тыа устун бардыбыт. Халлаан былыта суох, ыраас, ичигэс. Маннык күһүңңү күн тыаны көрүө этигит!

Манна төһөлөөх элбэх өң, төһөлөөх эгэлгэ кырааска баарый? Хатың сэбирдэђин ылан көр. Дьураа тымырдара сап-саһархай өңнөөхтөр. Ортото күп-күөх, эрбии тииһин курдук сарбынньахтара ап-арађас лаађынан сотуллубут. Оттон дөлүһүөн уга уонна долохоно сэбирдэхтэрэ билигин саһаран тураллар. Кэлин кып-кыһыл өңнөнүөхтэрэ. (58) (Н.Якутскайтан)


  • Бастакы этиини чилиэннэринэн ырытың. Аат тылларга ыйытыыта туруоруң.


Айыл5а көмүскэлигэр.

Айылђађа харысхала суох сыһыан планета кэскилигэр суоһуур. Билигин куораттан тыа сиригэр тиийэ техника элбээтэ. Массыынанан тыаны быһыта сүүрдэн, оту-маһы мэнээк алдьаталлар. Көђөрөр урсунунан күөрэйэр көтөр аалларбыт салгын бөђөнү сииллэр. Күөлү, өрүһү, муораны киртитии эмиэ баһаам. Ол да иһин биһиги правительствобыт айылђаны харыстыыр сокуоннары таһаартыыр. Ол сокуоннары олоххо киллэрии, кытаанахтык хонтуруоллааһын-хас биирдии советскай киһи иэһэ. Ото-маһа, уута-салгына суох буоллахпытына хайдах дьон буолуохпутуй? (65) (М.Ефимовтан)




Мурзик.

Ођонньор тыаттан бэдэр ођотун ађалла. Кини сођотох. Ынахтаах, уонча кууруссалаах уонна биир кырдьађас ыттаах. Ытын аата Кунак. Бэдэр сытын билэн, Кунак арђаһын түүтүн туруорда, ырдьыгынаата.

Ођонньор дьиэђэ киирэн, орон анныттан корзинаны ылан бэдэрин ођотун сытыарда. Сотору Мурзик атађар кытаанахтык турар буолла уонна күнү быһа оонньоон тахсар.

Арай биирдэ Кунак нухарыйа сыттађына, Мурзик үөмэн кэлэн кини хоонньугар сытынан кэбистэ. Сотору кинилэр дођордоспуттара. (63) (В.Бианки)



  • Бастакы этиини этии чилиэннэринэн ырытың.


Сүлүүдэ.

Биһиги Сахабыт сирэ элбэх баайдаах. Оннук биир туһалаах баайынан сүлүүдэ буолар. Сүлүүдэни булбут булчут Виктор Иванович Захаров этэ. Кини сүлүүдэлээх сиргэ геологтары сирдээн илдьибитэ. Онтон ыла сүлүүдэни хостуур буолбуттара.

Сүлүүдэ олус наадалаах. Араас массыыналары, прибордары оңорууга киэңник туттуллар. Сүлүүдэтэ суох аныгы самолеттары уонна космическай хараабыллары оңорботтор. Сүлүүдэни хостооһуңңа Советскай Союзка биир бастың миэстэни ылабыт. (58) (И.Даниловтан)
Хотугу таба.

Урут биһиги Сахабыт сиригэр үгүс кыыл таба баара. Кыыл табаны көрбүт эрэ барыта кэрэхсиир. Кини быһыыта-таһаата, адаарыйа үүммүт баарађай муостара олус кэрэлэр.

Билигин кыыл таба ахсаана ађыйаата. Ити туохтан тахсарый? Кыыл табалар наһаа элбэх өстөөхтөөхтөр: адьырђа аһыылаах бөрөлөр, сиэмэх сиэгэннэр, онноођор таба кырачаан ођолорун бултаһар саһыл.

Кыыл таба үөрэ кыһын ойуурдаах сиргэ олохсуйар. Сайынын муора кытыытыгар киирэр. (58)



  • Этии биир уустаах чилиэннэрин булуң.


Сайын барахсан.

Бэс ыйа. Ађыйах хонук иһигэр сир-дойду симэннэ-киэргэннэ, ситтэ, силигилээтэ. Айылђа барахсан аан ийэ дойдуну чэл күөђүнэн таңыннарда. Күөх сыһыылар, күөх халдьаайылар, бэл күөх күөллэр, өссө сырдык күөх халлаан. Көрө туруохха тођо бађас үчүгэйэй, эриэккэһэй!

Ханна барытыгар салгын от-мас чэбдик, дыргыл сытынан туолбут. Тула барыта тыаһыыр-ууһуур, долгуйар, ыллыыр-туойар, үөрэр-көтөр! (54)


  • Аат тылла, туохтуурда, дађааһын аатта биирдиитэ булан суруйуң. Ыйытыыта туруоруң.


Күһүн.

Күһүн сири-дойдуну кыһыл көмүстүү солотуулуур. Хатың, талах, үөт сэбирдэхтэрэ тэлимнэһэ түһэллэр. Күөллэр улара ордук көђөрбүт курдук буолаллар. Кинилэр эрэһэ долгуннарыгар айан кустара түһэн ааһаллар. Киэң халлааңңа үөһэ тахсан, хотой кыыл, аан ийэ дойдутун эргиччи көрөрдүү, көтөн даллайар. Арай үөр хаастар, Лена өрүс уһун ньуурун суол оңостон, хотуттан со5уруу диэки үс муннуктуу көтөн суксуруһаллар. (54)



  • Аһађас сүһүөхтээх тыллары булуң. Ол тыллары сүһүөхтээң.


Куба.

Бу үрэх ойуурун иһигэр бэрт сырдык уулаах көлүйэчээн баара. Онно сођотох куба олорбута. Ол куба өңө - түүтэ ырааһа, үчүгэйэ бэрдэ. Кини кими да кытары дођордоспот этэ. Онноођор бађарбат буола-буола дорооболоһоро. Туртађар уһун моонньун күөкэтэн баран, тула өттүн одуулаан көрүнэр. Ыалын диэки кынчас гынар. Дорообођо хардаран ханныктык эмэтик баһын хоңкус гыннарар.(51) (В.Бианки.)



Кутуйах умсар эбит.

Күһүн кус көңүллэммит кэмэ этэ. Мин кыра кустарга хапкаан ииппитим.Ону көрө сырыттахпына ууга туох эрэ «чолуп» гыммыта. Арай андаатартан кыра ханнык эрэ харамай устан эрэр эбит. Кытыыга чугаһаат, кини эмиэ умсан хаалла. Уу бүтэй көрөбүн, кини кытыы диэки устан эрэр. Күөрэйэн тахсыбыта, кутуйах буолла. Кутуйах умсарын саңа көрдүм.(49)



  • Иккис этии чилиэннэригэр ыйытыыларда туруоруң.


Балыксыт эһэ.

Мин аатырар Соболоох Түөйэ диэн күөлгэ балыктыы тахсыбытым. Күөлгэ чугаһаан кэлбитим. Биир хара эһэ ууну ыһан күдээриңнэтэ сылдьар эбит. Миигин көрөөт, кини тыађа сүүрэн мөөһөлүйдэ. Кэнниттэн икки ођото сүүрэн бойборустулар. Кинилэр сылдьыбыт сирдэригэр тиийдим. Эһэлэр тугу гыммыттарын билээри тула көрдүм. Ийэ эһэ, ньалыар уунан кэрийэ сылдьан, соболору тутан ылан хонууга тамныыр эбит. Ону ођолоро ичигэстээн сиэн иһэллэр эбит.(58)


Кыыллар дьиктилэрэ.

Тыа кыыллара булчуту эмиэ албыннааччылар. Тииң булчут киниттэн арахпакка сонордоһорун билэр. Оччођо тииң, тиит суон мутугар тахсан, көстүбэт гына мутук устун сытынан кэбиһэр.Ону үөрүйэђэ суох булчут үксүгэр булан көрбөт. Солоңдо, андаатар, саһыл тыыннаах хаалар туһугар туохтарын да быһа кэрбэнэллэрин кэрэйбэттэр. Хапкааңңа иңиннэхтэринэ, атахтарын быһа кэрбэнэн баран хаалааччылар. Хапкаантан, туһахтан, сохсоттон куоппут кыыллар булчут ити тэриллэригэр хаһан дађаны иккиһин түбэспэттэр.(60)



  • Бастакы уонна бүтэһик этиилэр тутаах чилиэннэрин булуң.


Алмаас куората.

Мирнэй куораты алмаас куората диэн ааттыыллар. Бу куорат сис тыађа Иирэлээх үрэх үрдүгэр тутуллубута. Манна чугаһынан күөл дађаны, улахан үрэх дађаны суох. Иирэлээх саас аайы хаатын таһынан угуттуур. Оттон сайын быста уолан хаалар. Саңа тутуллубут куоракка, алмааһы хостуур, сууйар фабрикаларга үгүс уу туттуллар. Ол иһин бу үрүйэни таас уонна буор быһытынан быстылар. Онон сааскы халаан уутун хаайан, улахан күөлү оңордулар.(60) (Н.Якутскай.)


Биэс уон мас.

Лена өрүс биэрэгэр кыра дэриэбинэ баар. Дэриэбинэ ортотугар баар обургу дьиэђэ сарсыарда аайы ођо аймах мустар. Бу-оскуола. Манна биэс уон үс ођо үөрэнэр. Оскуолађа пионердар, октябрёноктар иллээхтик үлэлииллэр, үөрэнэллэр. Кинилэр үөрэхтэригэр бары ситиһэллэр.

Күһүн, саас аайы ођолор мас олордоллорун таптыыллар. Оскуолаларын таһыгар биэс уон мас силигилии үүнэн турар. Оттон сайын оскуола тулатыгар араас сибэккилэр үүнэллэр. (56)
Атыыр уонна бөрө.

Үтүө атыыр бөрөђө бэриммэт, үөрүн да тартарбат. Бөрө баарын биллэђинэ, атыыр үөрэ бүтүннүү биир сиргэ куучалаһа түһэр. Сылгылар барахсаттар бэйэ-бэйэлэригэр ыгыта түһэн тураахтыыллар. Оттон атыыр буоллађына, үөрүн тула холоруктуур. Бөрөнү кытта тииһинэн, атађынан киирсэр. Биир кэм кыылга иннинэн буола сылдьар. Бары түөкүттэр адьынаттара биир. Бөрө эмиэ хаһан да сылгыга утары түспэт. Оттон кэннигинэн буол, куот эрэ. Оччођо тугу хоргутуоңуй? (60)

(М.Черосов суруйуутунан.)



Достарыңызбен бөлісу:
1   2   3   4




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет