Диктант хомуурунньуга



бет4/4
Дата17.06.2016
өлшемі378.5 Kb.
#142986
1   2   3   4

Көтөрдөр.

Уу көтөрө барыта сиргэ уйаланар. Кураанах кус дулђа быыһыгар, тыађа мас анныгар сымыыттыыр. Сайын ођолорун ууга батыһыннаран субурутан киллэрэр. Кус ођотун киллэрбит уутун киһи биллэђинэ, атын күөлгэ көһөрөн кэбиһэр. Ордук көђөн сэрэх көтөр. Алааска киирэн истэххинэ, биирдэ-иккитэ маатырђаан баран сүтэн хаалар. Үөл кус үксүн хомус быыһыгар, күөл арыытыгар уйа туттар. Куођас онноођор уйа тутта да соруммакка, муох, кута үрдүгэр сымыыттыыр.(61) (М.Черосов суруйуутунан.)



Айыл5аны билгэлээһин.

Мођотой чуруктаатађына ардах кэлэр. Чиэрбэ ардахха көбөр. Ньургуһун сэбирдэђэ ньалђархай буолуо. Оччођо үчүгэй саас буолар.

Кыһын тымныы бириэмэђэ мас мутуга таһыргыыр. Оччођо ичигэс буолар. Оттон ичигэс бириэмэђэ таһырђаатађына тымныйар. Илинтэн уонна сођурууттан түһэр тыал ардађы, хаары ађалар. Арђааттан уонна хотуттан үрэр тыал тымныыны ађалар. Этиңнээх, чађылђаннаах сайын киһитигэр-сүөһүтүгэр үчүгэй сайын буолар. (52)
Саас кэллэ.

Кыыдааннаах кыһыммыт ааста. Күн уһаан, халлаан сылыйдар сылыйан, саас барахсан күлэн-үөрэн тиийэн кэллэ. Саас маңнайгы илдьиттэрэ туус маңан туллуктар туртаңныы көттүлэр. Туох барыта сэргэхсийбит, күлбүт-үөрбүт курдук. Ођо аймах таһырдьаттан киирбэт буолбута ыраатта.

Сотору өрүстэр, күөллэр муустара ууллуо. Кэђэ көтөр кэрии тыабыт кэтэђиттэн этэн чоргутуо. Мастар нуолур солко мутукчанан симэниэхтэрэ. Сир-дойду дыргыл мүөт сытынан аңылыйыа. Кэрэ-дьикти ойуулаах лыахтар тэлибирии көтүөхтэрэ.(63)


  • Кэнники үс этиини этии чилиэннэринэн уонна саңа чаастарынан ырытың.


Эһэ.

Сайын көңүлгэ сылдьар эһэ киһиэхэ саба түспэт. Эн кинини тыытыма эбээт. Оттон тыытыстаххына, тугу хоргутуоңуй? Эһэ олус киңнээх. Ытан бааһыртың да, бэйэђэр утары ыстанар. Дьаадьыйан эрэр эһэђэ сутуруккун көрдөр да, ырдьыгыныы түһэр, сойуоласпытынан барар.

Ордук ынырык ођолоох эһэ. Ођотун күрэппит киһини муммакка эккирэтэн булар. Киһи курдук, чуңнаан, түүн балааккатыгар саба түһэр.(51) (М.Черосов суруйуутунан.)
Эһэ эриэхэлиирэ.

Эриэхэлээх сиргэ оңоло диэн көтөр баар буолар. Кини сарсыардаттан киэһээңңэ диэри эриэхэлээн тахсар. Оңоло ыраастаабыт эриэхэтин хатырык быыһыгар, сылбах анныгар хаһаанар.

Били оңоло муспут эриэхэтин, кэнниттэн эккирэтэ сылдьан, мођотой хомуйсан илибирэтэр. Ођолоох-уруулаах мођотой уон икки киилэђэ тиийэ эриэхэни хаһаанар. Оттон сулумах мођотой киэнэ алта-ађыс киилэ буолар.

Күһүн эһэ арђахха киирэр кэмэ кэлэр. Кини мођотойу уоран батыһар эбэтэр кэтэһэн олорор. Буллар эрэ били муңнаах хасааһын бүтүннүү сиэн кэбиһэр. Оннук биир икки хасааһы сиэтэ да, арђађын булан сытынан кэбиһэр.(79) (М.Черосов суруйуутунан.)


Баабыр кыыл.

Мин Владивосток куоракка үөрэнэ сылдьыбытым. Сахам сиригэр бултуу үөрүйэх буолан, дьону кытта бултаһа барсарым. Биирдэ бэһиэ буолан дьиикэй кабаннары бултуу оройуоңңа тахсыбыппыт.

Олохтоохтор бу эргин баабыр кыыл баар диэн кэпсээбиттэрэ. Дьоммун кытта хайа үрдүгэр тахсан көрсүһүөх буолбутум. Хайаны ортолуу тахсан баран, биир дууп анныгар тохтообутум. Аппа иһигэр туох эрэ элэс гыммыта, мин саабын хабан ылбытым. Көрбүтүм сүүнэ улахан баабыр мин ыппыт туртаһым турбут сирин сытыргыы турар. Ону көрөөт, куттанан уңуохтарым босхо бардылар, ыппакка хааллым.(74) (Н.Якутскайтан.)
Кэмпэндээйигэ.

Якутскайтан борокуотунан Лена уонна Бүлүү өрүстэринэн бардыбыт. Төрдүс күммүтүгэр Сунтаарга кэллибит. Мантан массыынанан Кэмпэндээйигэ айаннаатыбыт. Бөһүөлэк өрүс уңуор баар. Суол-иис үчүгэй. Кэмпэндээйи бөдөң бөһүөлэк буолбут. Туус завода баар. Туустаах ууну заводка оргуталлар. Оччођо бастың тууһу ылаллар. Тууһу борокуотунан Саха сирин араас хайысхаларыгар атаараллар. Манна курорт баар. Сыл ахсын курорка элбэх киһи эмтэнэн барар. Оскуола, кулууп эмиэ бааллар. Туустаах Кэмпэндээйи сыл ахсын улаатан, тупсан иһэр.(64) (Турист дневнигиттэн.)



Туруйа аһыыта.

Ким барыта, күн сириттэн күндү дођорун сүтэрдэђинэ, ыар аһыыга ылларар. Онноођор көтөр кынаттаах эмиэ аһыйар эбит. Ол курдук биир туруйа өлбүт дођорун аһыйыыта миигин олус уйадыппыта.

Бүөтүр диэн булчут киһи баара. Кини чугастаађы маартан ийэ туруйаны өлөрбүтэ. Ол киэһэ биир туруйа, маары тула көтө сылдьан, хаһыытаан-ыһыытаан баран ах барбыта.

Саас эмиэ сођотох туруйа маары тула көтө сылдьан айманан ааспыта. Ити курдук хас күһүн, саас аайы түөрт сыл устата бу туруйа муңнаммыта.(72) (А.Даниловтан.)


Ойуур сађатыгар

Сайыңңы ырыаһыт чыычаахтар ичигэс дойдуларыгар көппүттэрэ ырааппыт. Омос иһиттэххэ, күһүн баччађа тыа иһэ чуумпуран, иһийбит курдук. Ол эрээри ити бастаан эрэ. Дьиңэр, субу кэмңэ ойуурга үлэ – хамнас үгэнэ. Манна кыстыы хаалааччылар кыһыңңы олохторун оңостон, «ампаардарыгар» аһылыктарын хаһааналлар.

Кырдьыга дађаны, күһүңңү кэм былдьаһыктаах. Кыыллар, кыракый харамайдар, көтөрдөр – бары кыһыңңы олохторун оңостоллор. ( И.Сосин) (50 тыл)


  • Наар илин аһађас дорђоонноох тылы бэлиэтээң.

  • тар сыһыарыылаах тылы булуң.

  • Төрүт дорђоон хоһуласпыт тылын бэлиэтээң.


Балыксыттар

Хобордоох курдук кыракый чоңкучах алаас хоту өртүгэр алаадьы курдук төгүрүк күөллээх. Биһиги онно муңхалаан тахсан, уу кытыытыгар чэйдии олордубут. Чуумпу күөл уута мэндээрэр. Арай күөл диэки көрбүппүт – собо ытырыылаах икки андаатар уу анныттан күөрэс гына түстүлэр. Тахсаат, ууну киэңник силэйэн, кытыы диэки былдьастылар. Кэннилэриттэн ођолоро тахсан кэллилэр. (Е.Макаров) (57 тыл)



  • Бэлиэтэммит тыл дорђоонун ырытың.

  • рд сэргэстэһиитин бэлиэтээң.

  • Кэннилэриттэн диэн тылы сүһүөххэ араарың.


Лена өрүс

Лена – Сибиир улуу өрүстэриттэн биирдэстэрэ. Бириистэннэригэр тыйыс арктическай муораларынан устар бөдөң суднолар тохтууллар. Сайын устата Ленанан араас таһађаһы тиэммит баржалаах катердар айанныыллар. Пасcажирдары таһар теплоходтарынан Сибиир бу улуу өрүһүн кэрэ миэстэлэригэр тиийиэххэ сөп.

Лена балыгынан баай. Холобур, хатыыс, тууччах, бил, чыыр, муксуун үөскүүр. (»Чуораанчыктан«) (43 тыл)


  • Нууччалыы суруллубут тыл олођун, сыһыарыытын бэлиэтээң.

  • Биир уустаах чилиэннээх этиини булан тардың.

  • Элбэх ахсаан сыһыарыытын булан бэлиэтээң.


Дорообо, хатыңым сэбирдэђэ!

Мин эйигин өр дађаны күүттүм, хатыңым сэбирдэђэ! Ол уңуоргу мыраан тыата көђөрө унааран көстөр буолбута ыраатта.

Бу сайыңңы күннэргэ айылђа түргэнник уларыйар. Туох барыта хампа солко таңаһын таңнан, ахтылђаннаах сайынын көрсүһэр. Оттон эн, хатыңым барахсан, киэргэллээх ытарђађын намылыччы кэппитиң балачча буолла.

Ол эрээри, хатыңым барахсан, кэрэ бэйэкэннээх сэбирдэђиң туһунан мэлдьи саныыбын, хаһан тылларын олус кэтэһэбин. (И.Сосин) (55 тыл)



  • Ахтылђаннаах диэн тылы састаабынан ырытың.

  • Бу тылы сүһүөххэ араарың.


Кубалар.

Саас кус – хаас дэлэйэн эрдэђинэ, тулата хомурахтаах күөлгэ икки куба устан кылбаара сылдьаллар. Уһун моонньуларын күөкэтэн, ууга түспүт күлүктэрин көрүнэр курдуктар. Биирдэстэрэ дођорун көхсүгэр түү өрө турбутун тумсунан көннөрөн биэрдэ. Кубалар бэйэ – бэйэлэрин ити курдук бүөбэйдэһэр эбиттэр. Онтон кубалар саңарсан аймалаһаат, унаар күөх халлааңңа өрө көтөн тађыстылар. Кинилэр киирэн эрэр күн диэки көтөн кылбаңнастылар. (53 тыл)



  • Аат тылы булан тардың.

  • Паараласпыт аат тылы булан, «+» бэлиэни туруоруң.

  • Кылбаңнастылар диэн тылы сүһүөхтээң.


Өлүөнэђэ

Сарсыарда. Күн саңардыы сырайан эрэр. Бөлүүн этиңнээх ардах тођо суккуйан ааспыт. От – мас ибили сытыйбыта сүрдээх. Хаамтахха, күөх оттон уу тохтор.

Угуттаан дэбилийбит Өлүөнэ доллоһуйа устар. Кини кэтиит-кэтит иэнигэр күөх халлаан күлүгүн көрүнэр. Үрдүк модьођо сыыртан хараңаччылар өрүс диэки көтөн сарыкынаһаллар. Элбэхтэрэ бэрт буолан, биир кэм ытыллан олороллор. Көстүбэт куруһубаны салгыңңа ойуулуурга дылылар. ( В.Сыромятникова) (54 тыл)


  • Айылђа көстүүтүн көрдөрөр аат тылы булан тардың.

  • Элбэх ахсааңңа турар аат тылы «+» бэлиэнэн көрдөрүң.

  • Аат тыл дађааһын ааты кытта ситимин бэлиэтээң.

  • Сарыкынаһаллар диэн тыл суолтатын быһаарың. Суруллуутун сүһүөхтээн бэрэбиэркэлээң.


Туртас

Быйыл ахсынньы бүтүүтүгэр эмискэ сылыйда. Күнү быһа хаардаата. Сарсыарданан халлаан халынна, сулустар чађылыңнастылар. Тумана суох сарсыарда буолан, күн ойуур кэтэђиттэн чађылыччы тыган тађыста.

Маннык сарсыарда тыађа сылдьар үчүгэй. Тыа олус чуумпурбут. Өтөр буола – буола мастартан хаар кыырпахтара эргичиһэн сиргэ түһэллэр.

Бу иһэн үс туртас аһыы турарыгар түбэстим. Миигин көрбөттөр. Барахсаттар көрөн-истэн, чэмэлиһэн кэрэлэрэ сүрдээх. Нарын-намчы бэйэлэрэ сиртэн-буортан тэйиэх, сибилигин а5ай көтө-дайа туруох айылаахтар. ( И.Сосин) (66 тыл)



  • Паараласпыт аат тылы булан тардың. Падеһын быһаарың.

  • Бэлиэтэммит тыл падеһын суруйуң.

  • Элбэх ахсааңңа турар аат тылы булуң. Олођун, сыһыарыытын бэлиэтээң.

  • Чађылыңнастылар диэн тылы сүһүөхтээң.


Туруйа

Мин кыра эрдэхпинэ, дьонум биир туруйаны ииппиттэрэ. Ол маннык этэ. Таайым Уйбаан үлэлии сылдьан туруйа ођотун булбут. Туруйа кырата бэрт буолан, таайбыттан куоппатах. Кинини тутан ылан суумкатыгар уктан, дьиэтигэр ађалбыт.

Туруйа ођотун дьиэ иһигэр ыыппыттара. Кини маңнай утаа киһиттэн куотара. Онтон улам үөрэнэн, аһатар киһититтэн куоппат буолбута. Туох аһы биэрэргин сирбэккэ – талбакка сиирэ. Бу туруйа ођото биһиэхэ кыстаабыта. ( Д.Иванов) (58 тыл)


  • Сирэй солбуйар ааты булан тардың.

  • Бүтэһик этиигэ баар солбуйар аат падеһын, ахсаанын ыйың.

  • Текстэн үһүс сирэйгэ, туохтуу падежка, биир ахсааңңа турар сирэй солбуйар ааты булан, «+» бэлиэни туруоруң.


Маңнайгы хаар

Көмүс күһүн ааһан, сир тоңно.

Биир сарсыарда маңан хаар кыырпахтара салгыңңа тэлээрэн түстүлэр. Хатың лабааларын ичигэс муус маңан суорђанынан сабынна. Тыа бүтүннүү саңа көп суорђанынан бүрүлүннэ. Тула барыта иһийэн-сырдаан көһүннэ. Айылђа барахсан кыһыңңы таңаһын таңнан, бары силигэ ситэн, нуођайа нуктаан турда.

Маңнайгы хаар түһэрэ кэрэ дађаны. (47 тыл)



  • Аат тыл дађааһын аат суолтатыгар туттуллубутун булан бэлиэтээң.

  • Ыйытыытын туруоруң.

  • Дађааһын ааты туттан, маңнайгы хаар туһунан этиитэ оңорон суруйуң.

Барабыайдар

Киһи иннигэр-кэннигэр көтөр чыычаахтары биһиги таптыы көрөбүт. Бу барабыайдар. Быйыл кинилэр төрүөхтэрэ кэлбит дьыла. Буолумуна дађаны, сайын устата иккитэ сымыыттаабыттара.

Билигин кинилэр кыстыыр саһаан уонна сарай анныттан, эрбэһин быыһыттан бүтүн үөрүнэн көтөн тарыкынаһаллар. Оттон дэриэбинэ сађатынаађы ойуурга тађыстаххына, кинилэр саңалара биир кэм чып-чыбыгырас.

Барабыайдар, маһы-оту, үүнээйини буортулуур үөнү-көйүүрү сиир буоланнар, киһиэхэ олус туһалаахтар. (56 тыл)



  • Кэпсиирэ буолбут туохтууру икки сурааһынынан тардың.

  • Бүтэһик этии тутаах чилиэннэрин тардың.

  • Текстэн ааспыт бириэмэђэ, үһүс сирэйгэ, элбэх ахсааңңа турар туохтууру булан, «+» бэлиэни туруоруң.


Ньургуһун сибэкки

  1. Ньургуһун – кэрэ сибэкки. Кини умнаһа ньаассын түүнэн бүрүллүбүт. Биэс эминньэхтээх бөдөң сибэккитэ сорођор арађас, сорођор халлаан күөх буолар. Эминньэђин төбөтүн диэки өңө улам сырдаан иһэр. Ол иһин сибэккитэ олус нарын көрүңнэнэр. Ньургуһун кэрэтин туһунан дьон-норуот элбэх ырыаны айар, хоһоону суруйар.

Ньургуһун Саха сиригэр саас кэлбитин кэрэһилиир. Ситэ ирэ илик тоң буору тобулу үүнэн тахсар бастакы хорсун сибэкки буолар. (59 тыл)

  • Туохтуур сирэй солбуйар ааты кытта ситмнэспит этиитин булуң. Бу этиини этии чилиэнинэн, саңа чааһынан ырытың.

  • Бэлиэтэммит туохтууру ырытың.




  1. Ньургуһун – эмтээх от. Умнаһа сүмэһиннээх буолар. Онтон эмп оңорон, бааска, сүһүөх ыарыытыгар тутталлар. Ньургуһун угун айаххар уктаххына, айађың бааһырыан сөп. Сүмэһинэ оннук күүстээх.

Ньургуһун биир сиргэ хас да сыл үүнэр. Ол иһин элбэх сыллаах үүнээйи дэнэр. Ол эрээри силистэри туура тардан ыллахха, ол сиргэ аны үүммэт. Дьон мээнэ үргүүр буолан, ньургуһун улам ађыйаан иһэр. Билигин ньургуһуну Кыһыл кинигэђэ киллэрдилэр. (59 тыл)

  • Буолбат хайааһыны көрдөрөр туохтууру булан, аннынан тардың.

  • Ааспыт бириэмэђэ турар туохтууру ыйың.

  • Көмө туохтуур ситимин булан бэлиэтээң.


Айылђа уһуктуута.

Сир-дойду сибэккинэн симэнэр, ойуур – тыа күөх солко киэргэлин таңнар, тупсар-киэркэйэр. Лаглађар лабаалаах хатың барахсан үнүгэстэрэ тэрэйэ тыллан, күнтэн-күн ахсын эбии көђөрөр. Саңа тыллан тэрэйбит сэбирдэхтэринэн ааһар тыалга далбаатанар.

Айылђа тиллэн, ырыаһыт чыычаахтар араас куолаһынан көрдөөх ырыаны тардаллар.

Күөрэгэй өрө күөрэйэн дьирибинээн тахсан, көй салгыңңа көтө-дайа сылдьан, ыллаан дьырылатар. Үрдүктэн үөрүү-дьол ырыатын түһэрэр. ( В.Тарабукин) (57 тыл)



  • Хайааһыны дьүһүннүүр туохтууру булан, аннынан тардың.

  • Маңнайгы этии тутаах чилиэннэрин булуң.


Куобах

Саас хаар хараарыыта ойуурга үчүгэй. Туох барыта тиллибит курдук буолар. Ойуур иһэ чыычаах ырыатынан туолар. Күөх тыа кэтэђэр ханна эрэ улар охсоро иһиллэр. Хаар уута үрүйэлэргэ түһэр. Үрүйэ уута үрэхтэри булар. Бу сађана куобах өңүн уларытар. Кини улам-улам хараара сатыыр. Ол аата сайыны көрсөр, өстөөхтөрүттэн дьүһүнүн уларытар-тэлэритэр.

Куобах – сэргэх кыыл. Тулатын кырађытык көрөр-истэр. Ол сыттађына, тыас тыаһаата. Куобах куотта. Ол тугуй? Баара-суођа ууллан эрэр хаар биир таммађа эбит. (72 тыл)


  • Паараласпыт туохтууру булан, аннынан тардың.

  • Бу туохтуур бириэмэтин ыйың.

  • Бэлиэтэммит тыллары састаабынан ырытың.



Алаас

Саха дьоно урут алааһынан тус-туспа тарђанан олорор этэ. Алаас диэн киэң көнө сир аата. Онно сайын күөх от, араас сибэкки үүнэр. Сылгы-ынах мэччийэр. Оттон ходуһатын оттууллар.

Алаас бэйэтэ күөллээх, үрэхтээх. Онно сөтүөлүүллэр, балыктыыллар. Чугас ойуурдаах буолар. Ођолор онно отоннууллар, улахан дьон бултууллар.

Алааска сайын ађыйах ыал олорор, бу биһиги дэриэбинэбит курдук буолбатах. Онон ођо эмиэ ађыйах. Ол оннугар бары дођордоһон бииргэ сылдьаллар, бииргэ оонньууллар. (65 тыл)



  • Икки аат тылы булан, көнө сурааһынынан тардың.

  • Икки дађааһын ааты долгунунан бэлиэтээң.

  • Икки туохтууру икки көнө сурааһынынан тардың.

  • Дађааһын аат кэпсиирэ буолбут этиитин аннынан тардың.


Тииң өйө

Бүгүн хаарга кыракый кыыллар уонна көтөрдөр суолларын көрдүм. Олортон биир манныгы аађан биллим. Тииң хаары тэһэ түһэн муохха киирбит. Онтон күһүн кистээбит икки эриэхэтин булан таһаарбыт. Олорун сонно сиэбит, мин хахтарын көрдүм. Онтон, уонча метр кэриңин бараат, эмиэ умсубут. Хаарга эмиэ эриэхэ хађын хаалларбыт. Хас да метри баран баран, үсүһүн киирбит. Дьикти! Хаар халың араңатын курдат эриэхэни сытынан булан ылбыт. Мин тииң өйүн, сатабылын сөхтүм. ( М.Пришвин) (65 тыл)



  • Бэлиэтэммит аат тыл падеһын суруйуң.

  • Маңнайгы этиини саңа чааһынан ырытың.

  • Бэлиэтэммит туохтууру саңа чааһын быһыытынан ырытың.


Иһинээђитэ:


Киирии тыл……………………………………………………….

Маңнайгы кылаас………………………………………………...

Иккис кылаас……………………………………………………..

Үһүс кылаас………………………………………………………

Төрдүс кылаас……………………………………………………


5

13

15



25

38





Достарыңызбен бөлісу:
1   2   3   4




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет