Диктант хомуурунньуга



бет2/4
Дата17.06.2016
өлшемі378.5 Kb.
#142986
1   2   3   4

Тыллаах тураах.

Түннүкпэр тураах ођото кэлэн түһэр үгэстэннэ. Арааһа, тулаайах быһыылаађа. Миэхэ биир куул куруппа баара. Мин куруппа кутан биэрэбин. Итигэстээн сиэн баран көтөн хаалар. Тураах ођотун саңардыахпын бађарабын. Оттон кини саһархай тумсун эрэ аппаңнатар. Кыһыл тылын эрэ көрдөрөн кэбиһэр. (38)



  • Предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары бэлиэтээң.


Саас кэлиитэ.

Халың хаар ууллан, сандал саас кэлбитэ. Улахан бөһүөлэк дьиэлэрэ дьэндэйэн көстөллөрө. Киэң олбуор иһигэр чалбах тахсыбыт. Икки кыра ођо оонньуу сылдьаллара. Күлүк сиргэ хаар өссө да уулла илигэ. Үөһэттэн муус чопчу тостон түстэ. Ођолор дьиктиргээн көрөн турдулар. (38)



  • Предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары устуң.


Күһүн.

Көмүс күһүн тиийэн кэллэ. От – мас сэбирдэђэ саһаран тыа сырдаан көстөр. Хатың, тэтиң, үөт сэбирдэхтэрэ тэлээрэн түһэллэр. Күөллэр уулара дириңээн харааран көстөллөр.

Үөһэнэн айан хаастара хаһыытаһан ааһаллар. Улахан алаас сиргэ үгүс оттор кэбиһиллибиттэр. Онон-манан куоһахтарга күөх кэнчээри ачалара унаарыһан көстөллөр. (41)


  • Икки кэнники этиилэртэн предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары бэлиэтээң.

  • Кэбиһиллибиттэр диэн тылы сүһүөхтээн суруйуң.


Лаанча чыычаађа.

Куйаас күн буолла. Лаанча диэн кыракый кыыс күн уотун утары кыайан көрбөт. Харађын симмэхтиир. Сыгынньах атађын итийбит муостађа кумуччу үктээн, таһырдьа тађыста. Төңкөйөн, күөх оту арыйан көрбүтэ, чыычаах ођото сытар. Ньыђаччы сыппыта, иһэ икки өртүнэн былђайан тахсыбыт. Оттон түүтэ үүммэтэх. (41) (А.Сыромятникова)



  • Икки бастакы этиигэ предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары бэлиэтээң.


Чыычаах күннээђи олођо.

Чыычаах сарсыарда эрдэ уһуктар. Кини уһуктаат, ыллыыр.

Онтон чыычаах аһыыр. Аһаан баран суунар, түүтүн оңостунар, киэргэнэр. Бу кэнниттэн кини сынньанар, аһаабытын иңэринэр.

Онтон иккис аһылыгын сађалыыр. Иккис аһылыгын булан аһаат, чуо ыллыыр сиригэр барар. (34)


Чыычаах түбүгэ.

Чыычаахтар туох да кыһалђата суох курдуктар. Ити алђас санаа. Кинилэр үгүс түбүккэ сылдьаллар. Күһүн уонна саас сындалђаннаах айаңңа көтөллөр.

Саха сиригэр олохтоох чыычаахтар бааллар. Чооруос, чычып-чаап, кэкэ-бука, дьиэ барабыайдара, онтон да атыттар. (34) (Е.Макаровтан.)


  • Уһатыыны булан бэлиэтээң.


Аччык көтөрдөр.

Дьиэбитин тула ойуур тыа. Биирдэ дьиэм таһыгар кукаакылары көрбүтүм. Кукаакылар наһаа аччыктаабыт этилэр. Ол иһин дьиэбиттэн килиэп таһаарбытым. Кукаакылар түргэн бађайытык сиэн кэбиспиттэрэ. Кинилэр биэс этилэр. Биирдэстэрэ киһи илиититтэн аһыыра. Кукаакылар сотору буолаат эмиэ көтөн кэлбиттэрэ. (36)



  • Тугу гынары көрдөрөр икки тылла булан суруйуң.


Кыһын.

Тымныы кыһын этэ. Киһи тыына сыыгыныыр. Ойуур иһигэр мутук тосторго дылы. Сулустар өссө ордук чађылыйбыттар. Ити тымныыга буолар. Кыһыңңы түүн уһун. Сарсыарданан ордук тымныйар. Тыынар тыыннаах барыта тымныыттан иһийбит курдук. (37) (И.Сосинтан)



  • Сыыгыныыр диэн тыл аһађас дорђоонун атынынан уларытың.


Маңнайгы кыраһа.

Түүн хаар түспүт этэ. Күнүс халлаан халлар. Күн уота чађылыйан, хаар үрдэ кылбачыйар. Итийэр. Мас лабаатыттан хаар ууллан таммалыыр. Сотору хаар чөмөхтөнө сылдьар буолар. Бөһүйбүт хаар киһи хаамтађына бурђаңнаабат. Күһүн маңнайгы кыраһа хаар ууллан хаалар.(36) (Н.Якутскай)



  • Сэргэстэспит бүтэй дорђооннору булан бэлиэтээң.



Хаар.

Сарсыарда эрдэ турдубут. Ађам бултуу барда. Оттон миигин эбэм дьиэбиттэн таһаарбата. Күнү быһа ньуолах түү курдук хаар түстэ. Маңан хаар биһиги дьиэбитин, мас лабааларын, бүтэй сиэрдийэтин барытын бүрүйдэ. Ичигэс бађайы күн буолла. Күнэ көстүбэт. Лүңкүр былыт халлааны бүрүйэн турда. (39) (Н.Якутскай)



  • Предмет бэлиэтин көрдөрөр икки тылла булан уһулуң. Ыйытыыта туруоруң.


Ымыы.

Кыһын. Ыллыктары кыраһа хаар саба түспүт. Харыйалар хаар маңан саңыйађы кэтэн тураллар. Чыычаахтар баран хаалбыттар. Паркађа арай кыһыл түөстээх ымыылар эрэ хаалбыттар. Кыһын кэлбитигэр үөрэн чуопчаараллар. Бу көрдөөх-нардаах эриэккэс чыычаахтар. (30)



  • Предмет тугу гынарын көрдөрөр икки тылла суруйуң, ыйытыыта туруоруң.


Сирдьит хаас.

Кубалар – айылђа мааны көтөрдөрө. Муус маңан дьүһүннээхтэр. Сайынын хоту хаастары кытары бииргэ сылдьаллар. Онно төрүүллэр-ууһууллар.

Күһүн сођуруу айанныыллар. Кубалар халың үөрүнэн көтөллөр. Үөр кубалары сођотох хоңор хаас батыһыннаран көтөр. (34) (Е.Макаров)


  • Предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары ситимнэспит тылларын кытта устуң. Ыйытыыларда туруоруң.


Саха сирэ.

Мин Якутскай куоракка олоробун. Иккис нүөмэрдээх оскуолађа үөрэнэбин. Араас омук ођолоро бииргэ үөрэнэбит. Дьиэм ыраах. Онон оскуолабар автобуһунан кэлэбин. Уулуссаны сэрэнэн туоруубун.

Якутскай – Саха сирин киин куората. Биһиги дойдубут олус баай. Көмүстээх, алмаастаах, газтаах, таас чохтоох. Тыата күндү түүлээхтэрдээх. (39)


  • Көмүстээх, алмаастаах диэн тыллары көһөрөргө анаан араарың.


Үлэһит.

Тэлгэһэђэ сылгы чыычаађа сүүрэкэлиир. Билигин кини наһаа элбэх үлэлээх. Онон үлэтин эрдэттэн сађалаатађына сатанар. Уйа оңостор. Түүнү, сыыһы, хаппыт оту таһар. Тохтуу түһэн сынньанар. Онтон түүтүн-өңүн ыраастанар. Ити курдук олоро түһээт, эмиэ сүүрбүтүнэн барар. Ылларан, таттаран үлэлиир. (39) (А.Сыромятникова)



  • Бүтэһик этии тылларын сүһүөххэ араарың.


Ылааңыга.

Ылааңы күннэр буоллулар. Хонуу сирдэргэ хаар ууллан эрэр. Мастар маңан сађынньахтарын устан тураллар. Оттон ойуурга хаар лөглөччү сытар. Тыа хаара уулларын кыыллар кэтэһэллэр. Бастакы таммах түстэђинэ эһэ тахсар. Ылааңы күн куобах сыламныыр. Тииң үөрэн ойуоххалыыр. (38) (М.Пришвинтэн)



  • Маңнайгы этии тутаах тылларын бэлиэтээң.


Сайын.

Сайын мин ыраас уулаах Аммађа сөтүөлүөм. Сардааналаах биэрэгинэн хаамыам. Дьикти дьэрэкээн ойуулаах хонууга дьаарбайыам. Сибэкки мүөт сытынан тыыныам.

Эбэлээх эһэбэр көмөлөһүөм. Кинилэр кырдьађастар. Ол да буоллар үлэлииллэр. Эһэм оттуур. Эбэм ынах ыыр. Үксүн эбэбэр көмөлөһөбүн. Ньирэйи аһатабын, ына5ы үүрэбин. (39)


  • Бастакы этии тутаах тылларын булан ыйытыыта туруоруң.

  • Иккис этии тылларын сүһүөххэ араарың.


Саас.

Саас кэллэ. Чађылхай күннэр үүннүлэр. Чалбах уута халааннаата. Үрүйэлэр чарылыы сүүрдүлэр. Гоша уонна Тамара болуот ыыта оонньууллар. Кыргыттар ньургуһуннуу бардылар.(20)



  • Кэнники этиигэ предмет тугу гынарын көрдөрөр тылы булан бэлиэтээң.



Биһиги көмөбүт.

Мин лабыкта хомуйуутугар үлэлээбитим. Бу үлэђэ элбэх ођо кыттыбыта. Бастаан Тойон уйатыгар, онтон Эбэ уңуор сырыттыбыт. Биирдии бэйэбит күн аайы биэстии куул лабыктаны хомуйабыт. Биригээдэ үлэһиттэрэ махтаннылар.(27)



  • Анал ааттары бэлиэтээң.


Хараңаччы.

Хараңаччы көтөн барда. Уйата иччитэх хаалла. Биир барабыай көтөн кэллэ. Хараңаччы уйатыгар киирэн хаалла. Сотору хараңаччы төннөн кэллэ. Барабыай ыалдьыты көрдө. Тугу гыныан булбакка, салгыңңа айдаара.(26)



  • Бэлиэтэммит тыллары сүһүөхтэрэ араарың. Сүһүөхтэр араастарын бэлиэтээң.


Күн уота.

Күн тађыста. От быыһыгар утуйа сытар күөрэгэй уһугунна. Күөрэгэй өрө көтөн тађыста. Үгүс үтүө ырыатын ыллаата. Колхоз дьоно хонон турдулар. Үгүс буолан үлэлии бардылар. Күн уота ођолору туруоран оскуолађа ыытта.(30)


Кубалар.

Дима күөгүлүү барда. Күөл ортотугар икки куба устан мөлбөһө сылдьаллар. Тохтоон түүлэрин оңостоллор. Кылбађар түүлэриттэн күөл ньуура сырдыырга дылы. Уһун моонньуларын токуччу сођус тутталлар. Кэрэ да көтөрдөр! Дима олус кэрэхсээтэ.(30)



  • Бэлиэтэммит тыллары сүһүөхтэргэ араарың. Сүһүөхтэр араастарын бэлиэтээң.


Сайыңңы сарсыарда.

Күн сандаарычча тыкпыт. Хатың чараң иһэ чыычаах ырыатынан туолбут. От-мас лабаата нарыннык суугунуур. Күөрэгэй өрө дьурулаан тахсан, ыллаан дьырылатар. Ыраах бостуук саңата иһиллэр. Сайыңңы сарсыарда олус да үчүгэй!(29)


Бары.

Кыһын этэ. Учууталга ыйдаран үс сабыылаах остолобуойу оңорбуппут. Чыычаахтарбыт аны манна хонор буолбуттар. Биһиги түү хомуйбуппут. Остолобуойга илдьэн тэлгэппиппит. Онтон ыла дьиэлэрэ, остолобуойдара үрдүттэн буолбут. (25)



Күһүн.

Чыычаах ырыата уурайбыт. Мутукка тииң тэллэй хатарбыт. Тиит көтөђөтө тохтор. Хатың сэбирдэђэ түһэр. Куобах маңан буолбут. Ойуур иһэ иччитэхсийбит.(19)



  • Маңнайгы этии тылларын сүһүөхтэргэ араарың. Сүһүөхтэр араастарын үрдүнэн бэлиэтээң.



ҮҺҮС КЫЛААС.
Өлгөм отон.

Биирдэ биһиги отоннуу бардыбыт. Мин туос ыађас ыллым. Оттон быраатым Петя бидон ылла. Сирин билэр буолан, отонноох сиргэ быһа тиийдибит.

Быйыл отон өлгөмнүк үүммүт. Биһиги хомуйан бардыбыт. Биирдэ үргээтэххэ ытыһың туолар. Олус минньигэстэр. Иһиппитин толорон дьиэбитигэр бардыбыт. (37)


  • Хоһуласпыт бүтэй дорђооннору булан бэлиэтээң.


Күһүн.

Көмүс күһүн тиийэн кэлбит. Сарсыарда туман көтөр. Күнүс сайыңңылыы ичигэс. От-мас сэбирдэђэ саһарбыт. Тураахтар сођуруу бараары бэлэмнэнэллэр. Ођолорун көтүтэ үөрэтэллэр. Мустан үөрүнэн көтөллөр.

Күһүн – кэрэ кэм. Айылђа барахсан араас өңүнэн оонньуур. (32)


  • Уһун аһађас дорђоонноох тыллары аннынан тардан бэлиэтээң.


Ођолор быыһаатылар.

Коля уонна Ваня куйаас күн сөтүөлээтилэр. Арай эмискэ тураах айманна. Көрбүттэрэ элиэ тураах ођотун кытаахтаабыт. Уолаттар элиэни тааһынан тамнаатылар. Элиэ ыксаата. Тураах ођотун ыһыктан кэбистэ. Онтуката ууга түстэ. Уолаттар тураах ођотун ууттан таһаардылар. Күн уотугар кууртулар. (36) (Е.Макаровтан)



  • Бүтэһик этии тылларын ырытың. Дифтоннары уонна аһађас дорђооннору булан бэлиэтээң.


Модьугу.

Модьугу диэн тыңырахтаах көтөр түүн бултуур. Күнүс саһар идэлээх. Кини күнүс көрбөт.

Биирдэ мин тыа сађатынан баран истим. Ытым улахан арбах иһигэр туох эрэ баарын биллэ. Үрэ-үрэ арбах анныгар киирэн барда. Арай күтүр улахан модьугу ойон тађыста. Олус уолуйбут модьугу чугас турар харыйа диэки көппүтэ. (46)


  • Икки хоһулаһыылаах тылы булан уһулуң уонна оннук биир тылла бэйэђититтэн суруйуң.


Эһэ.

Сайын этэ. Арай биир киэһэ тэлгэһэђэ сүөһүлэри батыһан эһэ киирэн кэлбитэ. Тыа кырдьађаһа дьон олорор сиригэр киирэрэ дьулаан этэ. Биһиги таһырдьа сырсан тахсыбыппыт. Көрбүппүт, уңуох-тирии буола дьүдьэйбит. Харађын уота өһөн хаалбыт. Нэктэл буолбут түүлээх. Кырдьађас эһэ хотон аттыгар кэлэн, төбөтө саллайан олороро. Эһэни сайыны быһа аһатан илдьэ сылдьыбыппыт. (50) (Е.Макаров)



  • Рдь - сэргэстэспит тылларын булуң.


Куођас.

Атырдьах ыйын саңатыгар Коля уонна Миша икки ођолоох куођаһы көрбүттэрэ. Ођолорун умсарга үөрэтэ сылдьара. Сарсыныгар тиийбиттэрэ бу күөлгэ пионерскай лаађыр ођолоро кэлбиттэр. Оонньуу-көр бөђөнү түһэрбиттэр. Куођас ол ођолортон мэһэйдэппит. Биир ођотун көхсүгэр сүгэн үөһэ көтө сылдьара. Биир ођотун хайыы - үйэђэ күрэппит. Ханна тиэрдибитэ биллибэт. (45) (Е.Макаров)



  • Рдь уонна лдь, лг сэргэстэһиитин булан бэлиэтээң, биир тылы сүһүөхтээң.


Бурдук.

Сайылыктан чугас сођус саһарчы буспут бурдуктаах бааһына тыалга бигэтэн долгуннурар. Күммүт үөһэ ойон, буолакка дьон-сэргэ уонна техника тођуоруйар. Комбайннар үлэлээн тиңийэллэр. Самосвал массыынађа комбайн бункерыттан көмүс туорах курулуу кутуллар. Самосвал туолла да элеватор диэки куугуната турар.

Сахабыт сиригэр Амма уонна Өлүөхүмэ өң хочолоругар, бааһыналарыгар сэлиэһинэй үүнэр. (50)


  • Дуоскађа суруйуу: Комбайннар, бункерыттан, элеватор.

  • Бурдуктаах, күммүт диэн тыллар олохторун, сыһыарыыларын бэлиэтээң.



Хатың.

Үрдүк томторго сођотох хатың үүммүтэ. Күһүңңү тыал хатың сэбирдэхтэрин турута сынньара.

Оскуола ођолоро ол хатың аттыгар мастары олордорго быһаарбыттара. Кинилэр үөтү, тэтиңи, харыйаны, бэһи олордубуттара.

Саас мастар бары көђөрбүттэрэ. Аны хатың сођотох буолбатах, аттыгар дођоттордоох.

Хойут мастар улаатыахтара. Дьоннор сынньаныахтара. Суугунас лабааларыгар олорон чыычаахтар ыллыахтара. (50)


  • Үөтү, тэтиңи, харыйаны, бэһи диэн тыллар олохторун, сыһыарыыларын бэлиэтээң.


Эһэ туһунан.

Саха сиригэр киэңник тарђанан хара уонна хагдаң эһэлэр үөскүүллэр.

Хагдаң эһэлэр кугас, кытархай саһархайдыңы эбэтэр хап-хара өңнөөх буолаллар. Кинилэр сайын үксүн үрэхтэр сүнньүлэрин кэрийэллэр. Сискэ, хара тыађа отон бустађына тахсаллар. Күһүнүгэр кыстыыр сирдэрин тастарыгар өрүстэр, үрэхтэр, үрүйэлэр үрдүлэригэр уонна эргэ куруңңа киирэллэр.

Үчүгэйдик уойбут эһэлэр кыһын алта аңар ый утуйаллар. (51) (А.Пахомовтан)



  • Бэлиэтэммит тыллары быһаара-быһаара суруйуң.


Бастакы булт.

Мин үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан солоңдону бултаан турабын. Ол маннык буолбута.

Күһүн, хаар түспүтүн кэннэ, ыппын кытта ойуурга сырыттыбыт. Арай ытым сыгынах аннын үр да үр буолла. Мин сүүрэн тиийэн сыгынах аннын маһынан анньыалаатым. Онуоха кыра сырдык кыһыл өңнөөх кыыл ойон тахсан тиит диэки сүүрдэ. Биһиги эккирэттибит. (49) (Бэлэм буолтан)


  • Биэс аат тылла талан суруйуң, ыйытыыларын суруйуң.


Тураах ођото.

Cуол кытыытыгар туох эрэ хара ыстаңалыы сылдьара. Көрбүппүт, кып-кыракый тураах ођото олорор. Кыната тостубут. Туора соһо сылдьар.

Тутан ылан дьиэбитигэр илдьэ бардыбыт. Тураахпыт ођотун Федя диэн ааттаабыппыт. Араас үөннэринэн аһаппыппыт. Кэнникинэн тураахпыт дьиэтийбитэ. Кыната да оспута.

Федя ордук Мурзилка диэн куоскабыт ођотун кытта дођордоспута. Кинилэр биир иһиттэн аһыыллара. (50) (Бэлэм буолтан)



  • Чопчу предметтэри көрдөрөр үс аат тылла булан устуң. Ыйытыыта туруоруң.


Кистэлэң.

Билигин Алдан куорат турар сиригэр түң тайђа этэ. Орто-салаа өрүскэ түһэр кыракый үрэххэ ханнык сир баайа баарын эвенк булчуттара эрэ билэллэрэ.

Аптаах илиинэн ыһыллыбыт курдук, үрүйэ устун көмүс тарђанан сытара. Эвенкилэр ити көмүстээх үрүйэни баайдартан, тойоттортон өр сылларга кистээн сылдьыбыттара. Кинилэр, үрүйэ кистэлэңэ арылыннађына, булчуттарга алдьархай үөскүө дии саныыллара. (50)


  • Бэлиэтэммит тыллары быһаара-быһаара суруйуң.


Өлүөнэђэ.

Сарсыарда. Күн саңардыы сырайан эрэр. Бөлүүн этиңнээх ардах тођо суккуйан ааспыт. От – мас ибили сытыйбыта сүрдээх. Хаамтахха күөх оттон уу тохтор.

Угуттаан дэбилийбит Өлүөнэ доллоһуйа устар. Кини кэтиит-кэтит иэнигэр күөх халлаан күлүгүн көрүнэр. Үрдүк модьођо сыыртан хараңаччылар өрүс диэки көтөн сылбырыйаллар. Элбэхтэрэ бэрт буолан биир кэм ытылла олороллор. Көстүбэт куруһубаны салгыңңа ойуулуурга дылылар. (54) (В.Сыромятников)


  • Айылђа көстүүлэрин көрдөрөр аат тыллары булан бэлиэтээң.


Кырса.

Кырса муус маңан түүлээх. Уһун хойуу түүтэ тымныыттан харыстыыр. Кырса туундарађа үөскүүр.

Түргэн атахтаах. Сэргэх, чэрэңнэс кулгаахтаах. Саспыты булан көрөр кырађы харахтаах. Олус сытымсах муруннаах.

Сайын тоң буору тобулу хаһар. Үрдүк томторго хороон оңостор. Окко ођолорун улаатыннарар. Үүтүнэн уонна балыгынан аһатар. Кырса кутуйађы тутан сиир. Күһүн түүтэ ситтэђинэ бултууллар. (49) (Н.Пестряков)


Күөлгэ.

Түөлбэ диэн кыра күөлтэн хайа да көтөр арахсыбат. Атын улахан да5аны күөллэргэ аанньа түспэттэр. Бу күөл аһылыктаах, этэђэлээх. Онон кустар күөл уута туох аһылыктаађын билэллэр эбит. Ити хайдах билэллэрий?

Айылђа кыыллара, көтөрдөрө айылђаны аһары билэллэр. Сылгы чыычаађа сыл аайы биир сиргэ сымыыттыыр. Тураахтар уйаларын хаһан да сүтэрбэттэр.

Айылђа барахсан олус да дьикти! (52) (Е.Макаров)



  • Биир уонна элбэх ахсааңңа турар үстүү аат тылла булан уһулуң. Анал ааты булан бэлиэтээң.


Албын саһыл.

Өрдөөђүтэ саһыл уонна бөрө дођордоспуттар. Саһыл дьиэ көрөр, бөрө бултаан ађалар. Саһыл бөрөнү кытта бииргэ хороон хастарга быһаарыммыттар.

Бөрө үөрэ санаабыт. Кини урут аһыыр аһа, иттэр дьиэтэ суох олорбута. Ол иһин быста хоргуйара, ырдьаччы тоңоро. Онон бэрт улгумнук, ону ааһан саһыл өйүн хайђаан, сөбүлэспитэ.

Бөрө түүн аайы бултуур. Күнүс да сынньаммат. Саһыл сорудађынан ампаар оңорор. (55) (И.Сосинтан)



  • Аат тылларга үс холобурда булуң.

Дьикти түүн.

Айаал ийэтин кытта ађата оттуур сиригэр барыста. Хомунан барыыларыгар боруңуй буолла. Хойуу тыа устун ыллык суолунан хаамсан истилэр. Аны көбүс-көнө былыргы солооһун кэллэ. Тулатыгар анаан олордубут курдук намчы хахыйахтар үүммүттэр. Аны ый чађылыйан тађыста. Ый сырдыгыттан күөх түүн эбии дьикти кистэлэңэ арылынна. Мастар уу-чумпуга бигэннилэр. Эчи кэрэтин, күһүңңү түүн! (51)



  • Дађааһын ааттары булан бэлиэтээң.


Халтархай табаарыс.

Кымырдађас хатыңңа ыттыбыт. Буортулаах үөнү туппут. Эмискэ күүстээх тыал түспүт. Кинини салгыңңа ытыйан таһаарбыт. Үрэх уңуор бырахпыт. Кымырдађас тула көрүммүт, букатын билбэт сирэ эбит. Хойуу от быыһыгар мунан хаалбыт. Үрэххэ киирбит. Көрбүтэ уңуор дьиэтэ турар эбит. Таһааран биэр диэн чохуттан көрдөспүт. Чохута үөс диэки уста турбут. Чоху көхсө килэркэй, халтархай. (52)



  • Да5ааһын ааттары ситимнэһэр аат тылларын кытта холбуу бэлиэтээң.


Таммахтар.

Саргылаах саас сандааран кэллэ. Күммүт уота сылыйан, араас дьэрэкээн өңнөөх сардаңаларынан күлүмнүү оонньоото. Күн уота ириэрэн, от-мас, кырыыса хаара таммах буолан түстэ.

Сандал саас аан бастаан бу таммахтар түһүүлэриттэн сађаланар. Күн уота күүскэ сылыйдађына өрүһүспүттүү түргэнник тобугуруу түһэллэр. Онтон күн уота саппађырда да, аргыый ађай, наһаа бытааннык, сүрэђэлдьээбиттии таммалыыр. (50)


  • Бастакы этиини сүһүөхтээн суруйуң.

  • Бастакы этиигэ дађааһын ааты ситимнэһэр тылын кытта бэлиэтээң.

Күөх зона.

Куула тыа аннынан үрэх ааһар. Кытыытын тулалыы ып-ыраас сиргэ талахтар үүммүттэр. Кинилэр намчы лабаалара биир тэң куудара буолан мөлбөһөн тураллар.

Талахтар кэтэх өттүлэригэр күлүк сир баар. Онно көпсөркөй хара буорга моонньођон, дөлүһүөн, хаптађас уктара олордуллубуттара. Сэбирдэхтэр быыстарыгар хаптађас хойуу отонноро кытаран-нађаран көстөллөр.

Бу барыта ођолор олордубут уктара. (49) (Е.Макаровтан)




Лабаађа олорбут чыычаах.

Ойуур иһигэр киирэбин. Күөх солко мутукчанан лаглайа симэммит титириктэр тураллар. Бу кэмңэ ойуур барахсан киһини бэйэтигэр тардар курдук.

Ол истэхпинэ, иннибэр сип-синньигэс лабаађа чыычаах түстэ. Күрүң өңнөөх. Кылгас моойдоох. Харахтара хара ођуруо курдуктар.

Чыычаах барахсан… Түүтэ-өңө ырааһын! Хамсыыр буолбатах, тырымныыр. Таммах курдук ып-ыраас харахтара үөрүү уотунан чађылыһаллар. (50) (А.Сыромятникова)



  • Аат тыллары булан ыйытыыта туруоруң.


Күһүн кэлиитэ.

Түүн аайы хаһыңныыр. Хаар хаһың нарын-намчы хатың мастары хаарыйда. Онтон сайылык сађатынаађы тииттэр көп лабааларын солотуу кыраасканан сотон ааста.

Күн күнүһүн бэрт сылаастык сырайбахтыыр. Чуумпуга көрдөххө сыһыы үрдүнэн оођуй ођус күөх илимин утађа салгыңңа көтөр. Тула ып-ыраас, дьэп-дьэңкир, чэбдик. (42) (И.Сыромятниковтан)


  • Маарыннаһар суолталаах хас да дађааһынна суруйуң.


Тайђа.

Тайђаны илэ харађынан көрөр үчүгэй дађаны! Онођос курдук көнө тиит мастар халлааңңа харбаһаллар. Хараңа күөх харыйалар тыаһа-ууһа суох иһийэн тураллар. Үрүң көмүс өңнөөх тирэх мастар, айгыр-силик хатыңнар киэмсийэ киэркэйэллэр. Тэтиң мас сэбирдэхтэрэ тэлибирии оонньууллар. Өрүстэр биэрэктэрин намыын-намчы үөттэр киэргэтэллэр. Тайђађа отон арааһа үүнэр. (46)



  • Элбэх ахсааңңа турар туохтуурдары булан сыһыарыыларын бэлиэтээң.


Күн көлүйэ.

Көлүччэ мэндээркэй иэнигэр эрэһэ долгуннар дьэрэлиһэ сүүрэллэр. Кытыытыгар кылыкынас от бөђө үүммүт. Тыатын сађатыгар сиэдэрэй үөттэр лаглаһан үүммүттэр. Бу кыракый көлүччэ бэрт минньигэс балыктаах эбит.

Былыр сут дьыл дьоннор хоргуйан өлө сыспыттар. Күн аайы көлүйэлэригэр киирэн куйуурдуур эбиттэр. Көлүйэ барахсан сааһы быһа балыгынан аһаппыт. Бар дьону өлүүттэн быыһаабыт. Ол иһин кинини Күн көлүйэ диэбиттэр. (54) (И.Сосинтан)


  • Сүүрэллэр, үүммүттэр диэн туохтуурдарга ыйытыыта туруоруң.


Кыһын.

Биһиги айаннаан иһэбит. Табалар сындыыстанан иһэллэр. Тымныыга тыыналлара ыраахтан бургучуйан көстөр. Кыһын тымныыта да сүрдээх. Айанныыр суолбут уһун, ыраах, олус сылаалаах. Күүстээх тыал уун-утары сирэйбитигэр үрэр. Үөһэ көрдөххө түгэђэ биллибэт боруңуй халлаан. Арай ыраах сулустар чађылыһаллар.

Быйыл кыһын биһиги элбэх тииңи, саһылы бултаатыбыт. (44)


  • Бастакы этиини сүһүөххэ араарың.

  • Чопчу предмети көрдөрөр үс тылла булан суруйуң.


Уу.

Уу айылђађа улахан туһалаах. Уу баар сиригэр үүнээйи арааһа үүнэр. Хамсыыр харамай элбэхтик үөскүүр. Уу суох сиригэр буортан туох да үүммэт. Биир да кыыл үөскээбэт.

Айылђа уута күөллэргэ, өрүстэргэ, муораларга мунньустар. Уулаах сирдэргэ дьон олохсуйар. Муора уута доруобуйађа туһалаах.

Ууну киһи иһэригэр уонна суунарыгар, сири нүөлсүтэригэр туһанар. Ууну харыстаан туһаныахха. (50)



  • Биир да кыыл үөскээбэт диэн этии тылларын сүһүөххэ араарың.

  • Айылђа көстүүлэрин көрдөрөр аат тылларда суруйуң.


Күөрэгэй-хорсун чыычаах.

Талах быыһыгар кыракый чыычаах хамсаабакка олорор. Тоңмут быһыылаах. Эмискэ чыычаах тыалы утары өрө көтөн тађыста. Намчы кынатынан салгыңңа уйдаран турда. Үөһэттэн дьикти ырыа дьурулаата. Тыал ол ырыаттан тохтуурга дылы буолла. Сотору хас да күөрэгэй өрө көтөн тађыстылар. Хаарынан бүрүллүбүт сыһыы көмүс дорђооннорунан туолла. Күн сылаас сардаңаларыттан хаар ууллан барда. Сардаңалаах сааһы уруйдуур тойук кутулла турда. (55)



  • Бастакы этиини ырытың. Туһааны, кэпсиирэни, ойођос чилиэннэри булан бэлиэтээң.


Туундара күһүнэ.

Туундарађа күһүн эрдэ кэлэр. Халлаан сотору тымныйар. Табалар аны күлүмэнтэн, тигээйиттэн куттамматтар. Эбэңкилэр табаларын кытта тыалаах сиргэ көһөллөр. Түүн ахсын хаһың түһэр. Муус халыңаан иһэр. Күһүнү кыһын солбуйар. (28)


Ыраас таммахтар.

Тыал ойуур көтөђөтүн тэбиир. Халлаан улам тымныйан, былытыран барар. Сотору-сотору ардыыр. Лабаалартан, харах уутун курдук, ыраас таммахтар тохтоллор. Ону мин мастар тымныыттан тоңон ытаһаллар дии саныыбын. Испэр мастары олус аһынабын.(31)




Достарыңызбен бөлісу:
1   2   3   4




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет