Өбүгэҥ дойдутун умнума
Кельцинов Николай Николаевич
Үөдэй, 2006 с.
100 сыл иһигэр 3 төгүл дьаһалта политическай сатарыйыытын содулугар дойдум, дьонум уонна тус бэйэм олохпуттан дьиҥнээх олох уларыйыыларын историятыттан ахтылҕаммын суруйдум.
Төрөөбүт Харыйалаахпыттан төрүттээх дьоннорбор, аймахтарбар аныыбын. Н.Кельцинов.
Иһинээҕитэ.
-
Киириитэ
I чааһа
-
Төрөппүттэрбиттэн саҕалаан ахтыыларым, санааларым
-
Харыйалаах
-
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ олох-дьаһах
-
Бастакы олох уларыйыытын кэмигэр
-
Аҕа дойду сэриитин кэмэ
-
Сэрии кэннитэн колхозка
-
Тус бэйэм колхоз үлэтинэн буутум-этэм буспута, холум этэ хойдубута
-
Совхозка
-
Кэтэх хаһаайыстыба уонна КП
-
Теория үөрэҕэ уонна ситиһиллибэтэх үлэ түмүгэ
-
Харыйалаах арыы дьиҥнээх хаһаайына кимий?
-
Государстваҕа көмөм улаатар
-
Дойду дьонунан чэлгийэр.
II чааһа
-
Харыйалаах арыыга буолбут, үһүйээннэри итэҕэйиэхпин баҕарабын
-
Харыйалаах кырдьаҕастарын остуоруйаларын кэпсиибин
III чааһа
-
Харыйалаахха олорбут аҕа уустаҕыттан, 2006 сылга Үөдэйгэ хаалбыт дьон туһунан кылгастык.
-
Кельциновтар аҕа, ийэ ууһунан тарҕаммыт аймахтара.
-
Түмүк.
-
Сырдык онна Айылҕа (остуоруйа)
Киириитэ
Ханнык баҕар дойду бэйэтэ туспа историялаах, дьоно-сэргэтэ туспа сайдыылаах, суоллаах-иистээх, ол эрээри уопсай государственнай олох-дьаһах сүрүннүүр. Биһиги олорор сирбитин, айылҕабыт баайын суолталаабат, харыстаабат, историятын билбэт буоллахпытына, кэскилэ кэхтэр кутталлаах.
Дьиҥнээх хаһаайынныы сыһыан нэһилиэстибэннэн бэриллэр үтүө традициялаах дьонунан салҕанан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэрилиннэҕинэ эрэ дойду чэчирии сайдар. Биһиги төрөппүттэрбит онуоха элбэхтик практически бэйэлэринэн көрдөрөн үөрэппиттэрэ. Итиниэхэ дьиҥнээх олоҕу кытта алтыһан улааппыт көлүөнэ салҕыыр кыахтанар. Төрөппүттэрбит көлүөнэтин дьонноро, кэргэттэрин, оҕолорун, дойдуларын көмүскээн сэриигэ хааннарын тохпуттара, олохторун толук уурбуттара. Атын дойдуга сорохторо, күндү уҥуохтара, үтүө ааттара суруллан харалла сыталлар. Кинилэр хаалларбыт традицияларын, көрөн-харайан хаалларбыт күөх айылҕаларын үйэтитэр тус эбээһинэспит.
Биһиги 100% үөрэхтэннибит, суругу-садьыгы баһылаатыбыт. Аҕыйах сыл иһигэр компьютеры, интернеты, роботы туһанар кыахтанныбыт. Техниканы элбэттибит, сааны-саадаҕы массовай туһанабыт, булду, балыгы эстиэр дылы бултуур кыахтанныбыт, онон айылҕабыт баайын эһэр куттал, сайдыыбытын кытта тэҥҥэ үөскүүрүн мүнүүтэҕэ да сэрэхтээх буолларбытын умнар табыллыбат. Үүнэр ыччаттарбытын кыра оҕо саастарыттан олохсутар, дойдуларын таптыыр, көмүскүүр, харыстыыр өйгө-санааҕа иитэр, өбүгэлэрбит традицияларын тилиннэриэхтээхпит. Билиҥҥитэ өбүгэ саҕаттан салҕаанан Үөдэйгэ олохсуйбут аҕа ууһа олох аҕыйах. Барыта сыл аайы саҕаттан саҥа дьон, специалистар хаһаайыннаан бараллар.
Хас биирдии тыынар тыыннаах, үөн-көйүүр, көтөр-сүүрэр, олохсуйар, дойдуланар, ону көмүскүүр гына айылҕа таҥаратын айбыт сокуона. Киһиэхэ таҥара өйү бэлэхтээбит, ол сиргэ баһылыыр оруолу ылла. Өй, үлэтэ куһаҕан өттүнэн хайысхаланан баһылааһына эстэр кэскиллиирэ биллэр. Онон биһиги төрөөбүт дойдубутун сайыннарар туһугар өйбүтүн-санаабытын күүскэ сайыннарыахтаахпыт. Государства көмөтүгэр, кини хонтуруолугар, ис бэйэбит кыахтарбытын туһаммахха найыланыы, ити ааһан эрэр урукку Советскай куһаҕан хаһаайыннааһын өйүн-санаатын үөскэппит кэмин содула. Биһиги кырдьыга бука бары орто, үрдүк үөрэҕи баһылаатыбыт, ол эрээри сатаан үлэлээбэт, дьоҕурбутун, өбүгэлэрбит курдук хаһаайыннааһыҥҥа таба туһаммат буолбуппут.
Киһи бүдүрүйэ кырдьыар дылы сайыннарбыт дьоҕурун ыччата салҕаан үрдүк кирбиини үөскэтэр. Бэйэтин кытта бииргэ кыратыттан улаатыар дылы ииппэтэх ыччатаах киһи дьоҕура, суола сойор, үһүйээҥҥэ хаалар. Ол курдук эмиэ сир-дойду өбүгэ саҕаттан олохсуйан олорбут дьонунан харыстаммыт чаалай күөх айылҕата, булда-алда уонна ону элбэтэр, харыстыыр интириэстэрин государственнай бар дьонунан хаһаайыннааһынын олохтоон, үтүө кэскиллээх традициялара суох оҥоһуллан сураҕын эрэ үһүйээнниибит. Көҥүл босхо көрүлээн, ыһан-тоҕон хаһаайыннаан ааһар дьону улуус киинигэр олохтоох государственнай хонтуруолунан бэрээдэги олохтуур кытаанах. Олохтоох хаһаайыннааһыны, хонтуруоллааһыны государствоҕа найылааһын оннооҕор өссө алдьатыылаах кутталаах. Билигин, өбүгэ саҕаттан салҕанан, олохсуйан дойдуламмыт аҕа уустара бэрт аҕыйах хаалбыт. Ол да хаалбыт дьоммутугар сирдэрин айылҕаларын харыстыыр, көмүскэһэр чувстволара, интириэстэрэ ис дууһаларыгар хаалбатах. Төһө да бэйэни дьаһаныы, дойдуланыы саҥа тэрээһинин кэмэ саҕаламмытын иһин, государства баайа диэн өрүскэлэһэ-өрүскэлэһэ тус бэйэлэрин туһаларыгар айылҕаны, сири-уоту алдьатыы өссө күүскэ кутталы үөскэттэ. Ким да кимиэхэ бас бэриммэт үлүгэрэ. Государственнай бюджеттан хамнастаах чиновниктарбыт хамнастара өссө улаатта, оттон толоруохтаах, үлэлиэхтээх эбээһинэстэрин олохтоох бэйэни дьаһаныыга найылаан олох да кэлэн хонтуруоллаабат буоллулар. Олохтоох дьаһалта биллэн турар, былдьаһан дьаһалымсыйбата да, дьаһайсара да, государстваттан ылар хамнаһыгар дьайбат.
Ол курдук бас билиэхтээх, дьаһайыахтаах 20-чэ тэрилтэлэрэ бука бары быһаччы Покровскайтан хамнастарын аахсан, эбээһинэстэрэ, бырааптара координацияланан үлэлэрэ хааччылар. Нэһилиэкпитин сайыннарарга государстваттан көрүллэр үп-харчы туһаны биэриитин хонтуруоллааһын интириэһэ кимиэхэ баарын өйүм хоппот. Билиҥҥитэ бэйэтин бюджетын хаҥатынар, була-тала сатыыр, ылар хамнастарын улаатынарар интириэстээх нэһилиэк иһигэр аҕыйах коммерсант баара, үлэлэрэ өҥүйбэт. Государстваттан быһаччы хамнастаах үлэһиттэр, саҥаны сонуну олоххо киллэрэр туһугар түүннэри-күнүстэри үлэлииллэрэ көстүбэт. Төптөрүтүн үлэлиир чаастара кылгас, өрөбүллэрэ элбэх, хамнастара «7 көлөһүҥҥүн» сүүрдэн булунар үлэһиттэри государства хааччыйыытыгар найыланаргыт ордук диэбиттии сыл аайы муҥура суох үрдүүрэ кэтэх дьарыктаан аккаастанарга көҕүлүүр курдук сыаналыыбын. Ону кинилэр оҕолорун үөрэхтээх оҥоро-оҥоро куоракка үлэ көрдөтө ыыталлара да дакаастыыр.
Бу мин суруйуубун государстваттан үрдүк хамнаһы аахсааччы, ичигэс дьиэнэн хааччыллааччылар сөбүлүү аахпаттара өйдөнөр. Ол эрээри дьиҥнээх олоххо буолан ааспыты өйдөөн ааҕар, истэр уонна үчүгэйи-куһаҕаны тэҥнээн көрөр киһи сайдыылаах хайысханнан бэйэтин төлкөтүн тупсарара саарбахтаммат.
Бэйэлэрин кэмнэригэр олорон ааспыт өбүгэ дьоннорбут олохторун-дьаһахтарын ыччаттара үчүгэй эрэ өттүнэн салҕаан сайыннаралларыгар үөрэтэллэрэ. Онтон нэһилиэстибэннэй ситим быһыннаҕына атын олох сүүрээннэрин хайысхата сураҕа да суох гына саҕалаабыт дьарыктарын, традицияларын сотон туһата суох хаалар. Онуоха эбии биһиги төрөппүттэрбит бэйэлэрин төрөппүттэрин туһунан суруйан хаалларар үөрэҕэ суох этиллэр. Ол эрээри бэйэ бэйэлэрин истэригэр кэпсэтэллэрэ уонна өбүгэлэрин туһунан үһүйээннииллэрэ, биһиги өйбүтүгэр сороҕо хаалбыт. Кинилэр кэпсээннэрин үйэтитэр туһугар сурук-садьык массовай сайдыытын бастакы көлүөнэтин ыччата буоларым быһыытынан, төрөөбүт дойдум дьонун-сэргэтин, сирин-уотун, айылҕатын традицияларын тугу истибиппин, тугу билбиппин, ону таһынан билиҥҥи биһиги көлүөнэ дьоно дьиҥнээх олохпут ханнык кэмнэргэ буолан ааспытын туох баарынан суруйан хаалларабын.
Биһиги көлүөнэ дьоно сир шарыгар араас таһымынан сайдар государственнай конкуренцияннан күрэхтэһии таһымнаах цивилизация мунутуур түргэнник, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын уларыта тутар, куһаҕан да, үчүгэй да өттүгэр киллэртиир, кэмигэр дьылҕанан олох олорон ааһан эрэбит.
Мин сааһым билигин 68-м буолла. Мин төрөөбүт дойдум Харыйалаах арыыта. Билигин государственнай, политическай олох-дьаһах содулунан, олохсуйан олорбут дьоннорун сүтэрэн, өтөх дойдута буолан государствоҕа туһа биэрэр дьоҕурун улаханнык сүтэрэн, кууран-хатан көннөрү Өлүөнэ өрүс арыытын быһыытынан биллибэккэ-көстүбэккэ сытаахтыыр.
Хаһан эрэ элбэх дьону-сэргэни иитэн, аһатан, айылҕа көтөрүн-сүүрэрин үөскэтэн улуу Харыйалаах арыыта буола сылдьыбыта. Ол туһунан мантан аллараа сиһилии суруйуоҕум.
Хаҥалас Үөдэй, 2006 сыл
Кельцинов Николай Николаевич
I чааһа.
Төрөппүттэрбиттэн саҕалаан ахтыыларым, саналарым
Мин төрөөбүт дойдубун Хаҥалас улууһун Үөдэй Харыйалааҕын өбүгэннэн салҕаан хаһаайынныы сыһыаннарынан, чаалай күөҕүнэн чэлгийэ сайыннарбыт айылҕалаах дьикти дойдуларын, харахтарын харатын курдук харыстыырга, биһиги көлүөнэҕэ төрүттэрбит кэриэстэрин этэн, үөрэтэн көмүс уҥуохтарын көтөхтөрүттэрэ. Аҕам Кельцинов Николай Павлович, хас да хос өбүгэ эһээлэриттэн салҕаан нэһилиэстибэннэн төрөөбүт дойдуларыттан тэйбэтэх, сирдэрин-айылҕаларын ис дууһаларын тапталынан көрөн харыстаан, байытан олохсуйбут өтөхтөрүн онно Харыйалаах арыы барыгар хаһаайыттарын ситэрэн, оттуур ходуһаҕа Кельциновтар аҕа уустарын аатын сүгэн туоһу буолаллар. Аҕам төрөөбүт ийэтэ Ат-Дабаан ссыльнай ньууччаларыттан төрүттээх, ньуучалыы тыл буккаастаах сахалыы саҥарар, ньуучча хааннаах дьахтар эбит. Аҕам аҕата Тарыҥ үрэх төрдүгэр олорбут сэттэ уоллаах Кэлсиинтэн Байбал диэн уола Кельциновтар аҕа уустарын элбэтэр дьылҕатынан айыллыбыт эбит.
Аҕам ньуучча хана арыый баһыйан, кыһыл маҥан, кыра уҥуохтаах киһи ньууччалыы бэйэтин кыһалҕатын быһаарсар, сахалыы тыллаах-өстөөх, бар дьонугар ытыктанар «Кыһыллыыр» диэн хос аатынан кырдьаҕастар күн бүгүнүгэр дылы убаастаан кэпсииллэр. Кыра оҕо сааһыгар тулаайах хаалан быстар-дьадьаҥы ыалга иитиллэн 9 сааһыгар дылы былыргы буор муосталаах Саха балаҕаныгар кыайан хаампакка олорбут. Ону киирбит-тахсыбыт «Бу уол тоҕо хаампат» - диэн тыл ыһыгыннахтарына, «Эһиги суолгутун мэһэйдээбэппин» диэн эппиэттирэ үһү. Кини биһиги төрүүр-ууһуур быабытыгар буолуо, Семен Пахомович, кыыһа Кельцинова (Самсонова) Акулина Семеновна хойут кэпсииринэн, аҕам кыра уҥуохтаах, хатыҥыр эттээх-сииннээх, 3 мастаах таба күрүөтүн атаҕынан таарыйбакка ойон ааһар хатыгырас буола түргэнник сайдыбыт үһү. Элбэх бэһиэлэй тылах-өстөөх, суоҕу баар оҥорор, кэлиилээх-барыылаах сытыы киһи быһыытын, миигин көрсүбүт кырдьаҕастар бука бары үһүйээн курдук хайҕаан кэпсииллэрэ билигин миигин үөрдэр.
Бастакы кэргэниттэн уоллаах кыыс оҕото эрэ, тыыннаах ордубуттар. Кэргэнэ оҕото олус кыратыгар өлбүт, ол иһин Киров Илья Алексеевич, Харыйалаах арыы олохтооҕо иитэ ылан Кирова Мария Ильинична аатынан докуменнамыт. Уола 1914 сыллаахха сэриигэ баран сураҕа суох сүтүөн иннинэ, кэргэннэнэн Анатолий диэн уол оҕону аатын ааттатар нэһилиэстибэ хаалларбыт. Билигин, Кельцинов Василий Николаевич диэн аатанан сэрии кыттыылаахтарын быһыытын үрүҥ көмүс бууккубанан умнуллубат ахтыы кинигэтигэр киллэриллибит.
Дьиийим Мария Ильинична иккитэ кэргэҥҥэ тахсан баран, бэйэтиттэн оҕоломмотоҕо. Ол оннугар Нина, Лера, Гена диэн ииппит оҕолоро билигин туспа ыаллар.
Аҕам иккис кэргэнин, 16 саастаах отутча сыл балыс кыыһы кэргэн ылан бэстилиэнэй оҕотун миигин төрөппүт. Ийэм Антонова Акулина Кирилловна, Аллараа Бүлүү Илбэҕэ нэһилиэгэр төрөөбүт. 12 сааһыгар 3 оҕону былыргы олох-дьаһах содуллара, тыыннаах тулаайах хааллартаабыт. Аҕата Антонов Кирилл диэн киһи мас ууһун «көмүс тарбаҕа» ааттаан, прорабскай үөрэҕи Якутскайга үөрэнэн таҥара церковын рестоврациятыгар үлэлэппиттэр. Онно уһун кэмҥэ олохсуйан үлэлииригэр Илбэҥэҕэ хаста да тахсан, ийэм ийэтин көһөрөн киллэрэ сатаабытын сөбүлэммээх. Хойут ийэм ийэтин (аатын билбэппин) улуу ойуун көрсүү оҥостоору гыммытын аккаастаммытын моһуоктаан, оҕолорун «икки хараҕар абааһы» көрөр гына иирээки оҥорбут. Онтон куоттаран аҕатын быраата Өлүөнэ биэрэгин булларбыт Горнай, Бүлүү олохтоохторо бурдук булаары Өлүөнэ сүнньүгэр киирэн баран үксүгэр олохсуйан хаалаллар эбит. Харыйалах арыы бурдугунан мээнэ быстарбат дойду быһыытын атын улуустарга киэҥник сураҕырбыт.
Ийэм кыра оҕо сааһыттан эрэйдээх олоххо ас-таҥас булунар туһугар элбэхтик үлэлээн киһи буолбута туһалаабытын, миэхэ үөрэх курдук үөрэтэрэ. Ыал буолан баран аҕабынаан Тарыҥ үрэх төрдүгр тутуу уонна оттор мас бэлэмнэн, болуот охсон Покровскайга, Якутскайга аҕабын ыытан эргинэллэр эбит. Кыһынын кыра да буоллар сүөһү ииттэн, куобахтаан-балыктаан аҕабын кытта 1941 сыллаахха дылы дьоллоохтук олорбуттар. Орто ыал быһыытынан бэйэлэрин бэйэлэрэ хааччынан колхозка киирбэккэ былыргылыы өбүгэлэрин сирэрин туһанан олорбуттар үһү. Аҕам куһаҕана диэн дьаарай хаартыһыт, лотуоһут эбит. Куораттан ардыгар быста дьадьайан, ардыгар олус байан тахсара үһү. Ол эрээри иэскэ киирбэтэ уонна син биир туох эмэ кыра да буоллар Илии тутуурдаах кэлэрэ-диэн ийэм ахтар. Миигин «Сынок» диэн эрэ ыҥырара. Оннооҕор абааһыттан муннаран, ыт оҕотун иитэн «Сынок» диэн оҕотун кытта тэҥҥэ ыҥырара үһү. Арай биирдэ ыппыт ыалдьан өлөн хаалбытын «Сыногум өллө» диэн кириэстээн киһи курдук көмпүттэр.
Саас муус устар ый бүтэһигэр тыаттан туһах көрөн киирбит. Киэһэ аһыы олорон: «Сэгэриэм, олус да сылайдым, өрүһү 4-5 сынньанан туораатым» диэбит. Аһаан баран ийэм ыалга Ликбезкэ үөрэнэ баран иһэн «өллүүм» диэн аҕам көҕүрэттэ олорон хаһыытаабытын истэн, сүүрэн кэлэн дьиэтигэр өйөөн киллэрбит. Үстэ эрэ таҥараҕа кириэс охсуммут уонна скамейкаҕа сытан айаҕынан хаана тоҕу баран өлбүт. Ол сайын сэрии саҕаланан, кыра оҕолоох аҥардас дьахтар эрэйи эҥэринэн, сору соһон түүннэри-күнүстэри үлэлээн, олох олорор туһугар, аччыктыыр арааһын, тоҥуу-хатыы тугун билэр кыһалҕатыгар хам ылларбыт. Тус бэйэтин уонна оҕотун дьылҕатын эрэ туһугар үлэлиир эбитэ буоллар, син кыһын кыстаан тахсар олоҕун-дьаһаҕын булунуох этэ. Ону кохоз үлэтэ, сэрии кыһалҕата, сайын өҥүрүк куйааска, кумаарга-бырдахха, тосту тоҥорор тохсунньу тымныытыгар тымтайга оҕотун сүгэ сылдьан, түүннэри-күнүстэри аччык сылдьан үлэлиирин ийэм мэлдьи кэпсиирэ. Уопсай сири бэйэ олоҕун оҥосторго боболлоро, бурдук мэкиинэтин тыалга көтүтэн биир эмэ киилэ бурдук булуннахха былдьаан ылан уоруу курук буруйдууллара. 1946 сыллаахха биһиги 2 буолан күтэр хасааһын булан кууллаабыт хортуоскабытын былдьаан баран мөхпүттэринэн, оччолорго ханнык олоххо биһиги төрөппүттэрбит олохторо ананан ааспытын, билиҥҥи үйэҕэ олорон, санаан, көҕүл олох киниэхэ наадалааҕын эрэйи көрбүттэр эрэ биһиги сыаналыыбыт.
Ийэм, Акулина Кирилловна, Бүлүүттэн тулаайах хаалан ас-таҥас кыһалҕата өрүс биэрэгин, Харыйалаах арыыны булларбыт. Сэрии сылларыгар миигин аһатар аһылыга суох буоллаҕына кураанах эмиийин 5 сааспар дылы эмтэрэрин билигин да өйдүүбүн. Ытамньыйа-ытамньыйа халыҥ хаарга тыаттан масс соскойдоһорун, түүн ый сырдыгар этэрбэс тигэрин, аһыы олорон мунна тыаһаан утуйа түһэрин, ынахха тэптэрэн ытыырын көрөн ийэбин аһынан, көмөлөһүөх өй-санаа 5 сааспыттан үөскээн барбыта. Дьиҥнээх көмө киһитэ 6 сааспыттан саҕаланан таһырдьаттан мас киллэрэн оһох отторум, Хаар баһан чэй оргутарым, иһит хомуйарым, сайын ынах хомуйарым, түптэ оҥорорум о.д.а. кыра оҕо кыайар үлэтин толорорго кыра оҕо сааспыттан этим-хааным, өйүм-санаам, сатабылым дьиҥнээх үлэ оскуолата эрчийэн кыаллыбаты да кыайарга, сатамматы да сатыырга туох да үлэтин тулуппат кыайыылаах, хотуулаах үлэһит буолан улааппытым.
Орто дойдуга тыынар-тыыннаҕы үлэ оскуолата эрэ кэһиллибэт айылҕа сокуонунан тутуллан турарын уонна өй үлэтин, олоҕу арааран сыаналыырга иитэр дьоҕурун таба туһаммакка, чпчэки олоххо халыйыы, тыыннаах айылҕаны кэбирэтэр кутталланна.
Санаабын ситэрэн этэр буоллахха, төрөөбүт төрүт дойдум үлэлээн иитиллэр, сирин айылҕатын харыстыыр хаһаайынныыр дьоно, аҥаардас көҥдөй теория үөрэҕинэн сүүс бырыһыан бары сэбилэнэн баран,дьиҥнээх олохпутугар туһаммакка хамнастаах, хааччыйыы харчылаах куоракка көһөннөр, Харыйалаах арыы иччэтэхсийдэ. Тус бэйэм төрөппут оҕолорум эмиэ Покровскай куоракка олороллор. Кырдьыга, биһиги билиҥҥи Үөдэйбит олоҕор-дьаһаҕар Покровскай куоратыгар тэҥнээтэххэ, государства хааччыйыыта, бэйэ-бэйэлэригэр обслуживайдаһыылара, үрдүк хамнастаахтара, кылгас үлэ чаастара, араас аралдьыйыы культурнай олохторо киһини барытын ымсыырдар. Ити барыта правительственнай дьаһалтабыт государственнай казнаҕа киирэр бюджеты кэлтэй куорат олохтоохторугар хааччыйыытын содула. Оттон дэриэбинэ тус бэйэтин көлөһүнүнэн булунар хааччыйыытыгар үрдүгү дьаһалтабыт найылааһына, билиҥҥи тэрийэ сатыыр рынок үйэтин ирдэбилигэр ханан да сөп түбэспэт. Киһини барытын ытыс тоһуйуутун хааччыйыытынан үөрэтиэххэ, государстваны кэскиллээх сайдыытын хааччыйара биллибэт. Бэлэмҥэ үөрэммит, хаһан баҕарар бэйэтин хааччыммат буола илиитэ-атаҕа мастыйар, көмөтө суох олорбор. Дойду киһитэ суох сайдыбат, хаһаайына суох айылҕа чэлгийбэт.
Хаһаайынныахтаах административнай территориятыгар өбүгэ саҕаттан олохсуйбут 4 нэһилиэк дьоно эстиэр дылы көһөн хаалбыттара. Ордон хаалбыт 600-кэ дьоммутуттан билигин баар 350-кэ киһи көһөргө «чемоданнары» үрдүгэр олороллор.
Бу олохтоохтор буруйдара буолбат, норуоду политическай сыыһа хайысхаллаах олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы содула. Ол аны 40-50 сылынан тугунан эмиэ «дьааһыйара» биллибэт. Онноҕор биһиги олорор 100 сыл иһигэр 3 төгүл норуот олоҕун-дьаһаҕын булкуйдулар. Ол содулугар мин төрөөбүт дойдум, Харыйалаах билиҥҥи кэмигэр дылы хайдах уларыйан испитин дьиҥнээх олорон ааспыт олохпуттан холобурдаан ахтыыларбын, санааларбын, оҕолорбор, аймахтарбар, билэр дьоннорбор уонна атын да биһиги олохпутугар-дьаһахпытыгар маарынныыр Саха сирин дэриэбинэтин дьоннорун бэйэлэрин дьүүллэригэр суруйабын.
Атырдьах ыйа, 2006 с.
I. Харыйалаах
Харыйалаах – Хаҥалас Үөдэйин утары баар Өлүөнэ өрүс арыыта. Кыра өрүс буолан баран, былыр-былыргыттан дьон олохсурбут миэстэтэ, уһуна 12 км, турата 1,5-2 км ордубат. Үс гыммыттан биирин Өлүөнэ өрүс сааскы халаанын уута таһыйар буолан сылын аайы ньүөлсүтэр. Ханнык да бэйэлээх улахан халлаан уута таһыйбат миэстэлээх.
Арыы баһа – Бороҥ ортото – Хааттарар арыы кутуруга – Үрдүк Тиит диэн учаастактарынан дьон олохсуйар миэстэлэрин араарыллан ааттанар эбит. Революция иннинэ уонна революция саҕана 2-3 түү ыал дьуккаахтаһан 80-га буруо таһаарар дьиэлэр арыы баһыттан, арыы кутуругар дылы тус-туспа түөлбэ-түөлбэ олохсуйан аҕа уустаан олорбутар.
Бу арыыга харыйа тиит, хатыҥ уонно оннооҕор мин кыра эрдэхпнэ бэс мас баара. Араас талах, үөт, рябина, хаппараас, боярка (долохоно) онтон да атын мас умнастаахтар сөбүлээн үүнэллэр. Ону аһылык оҥостор мас көтөрө тыаттан күһүн киирэллэр: улар, куртуйах, куруппааскы, бочугурас, куобах, кырынаас, солоҥдо, муҥур, тииҥ, күтэр быстыбат олохтоох баайдаах. Күһүн тайах, туртас, бүүгээн, ардыгар күһүн эһэ кытта киирэр. От, арааһа манна баар. Ордук полевица, өлөҥ, пырей, кулун кутуруга, күрүөн күрдьүгэһэ, тимофеевка, бекмания, боруу, манчаары, хонуу нэчимиэнэ, луук, кислица, сардаана, дьиикэй мак, көнөппүлэ о.д.а. араас от-мас сүүһүнэн сылтан сыл аайы айылҕа быстыбат баайын биэрэн, тыынар-тыыннаҕы хааччыйаллар.
Өрүс арыыта хаһан да быстыбат кыра-кыра маардардаах, күөллэрдээх буолан кус, хаас, бараах, чөкчөҥо, өгүрүө араас хонуу-талах чыычаахтара чибис, эһир, аҥыр о.д.а. көтөр сүүрэр сыл аайы тохтуур-аһыыр, төрүүр-үөскүүр миэстэлэрдээх. Сааскы, сайыҥҥы кэмнэргэ араас чыычаах, күөрэгэй, кэҕэ, өтөн, кус-хаас саҥалара, ырыалара бэйэтэ эмиэ туспа айылҕа күндүлүүр дьикти көстүүтүн киһи эрэ умсугуйар, кэрэ дуоһуйуутун, Харыйалаах арыытыттан булунар.
Булт, балык көрүҥүн арааһа олохтоох дьону умсугутар, абылыыр Харыйалаах арыы биир эмиэ олохсуйарга төрүөтүнэн, биһиги өбүгэлэрбитигэр, буолбутун саарбахтыахха сатаммат. Тула өттүттэн өрүһүн сылааһа күһүн хойукка дылы үүнээйитин күөх сытыарар, хаһыҥтан харыстыыр, саас хаарын эрдэ уулларан сайынын уһатар дьикти дьоҕурдааҕа Өбүгэлэрбит халаан уутугар хаайтарары кэрэйбэккэ сайыннары кыһыннары сөбүлээн олохсуйууларын сүрүн төрүөтүнэн буолбута өйдөнөр.
Өбүгэлэрбит Харыйалаах арыы айылҕатын баайын кэҥэтэ, элэбэтэ, харыстыы, көмүскүү олорбут көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ нэһилиэстибэннэн бэриллэр бэйэлэрин бэйэлэрэ хааччынар, дьаһанар традициялара ыһыллан, билигин хаһаайынын сүтэрэн куура-хатан өтөх оннулара ырыганнаабыт сылгы хараҕын курдук, хараара уолан оҥойон сытар. Сирин аһын, булдун, балыгын, илиилээх эрэ барыта өрүскэлэһэ-өрүскэлэһэ, ситэ илиигиттэн үлтү тэпсэн хомуйан, бултаан, чыычаах ыллаабат, оҕус мөгүрээбэт, түптэ буруота унаарыйбат, ыт үрбэт, киһи санаата тохтообот дойдутугар кубулуйбут. Государственнай чиновниктар Покровскайтан хам-түм тылларынан эрэ тойомсуйан, дьаһайымсыйан, айылҕаны улаханнык харыстаабыт, көмүскээбит аатыран быһа охсуллан көрөн ааһаллар.
Олохтоох дьоно аҕыйах кэмҥэ олорон ааһар бириэмэтигэр, дойдулаахпыт диэн оҥостуммат, көмүскээбэт государственнай хаһаайыннаах Харыйалаах арыы билиҥҥи мөссүөнэ итинник.
Төрөөбүт үөскээбит дойдуга Ким дьиҥнээх хаһаайын буоларын, бу ааспыт 100 сыл, иһигэр практическай олоҕу олорон ааһан эрэр көлүөнэ эрэ дьонноруттан, быһааран олохтоох бэйэни дьаһаныы ааспыт кэмин хос сөргүтээри, Харыйалаах арыы сирин кэтэх ыалларга, 1995 сыллаахха нэһилиэстибэннэн ходуһа сирин бас билиигэ үллэһигин тус бэйэм оҥорбутум. Ол эрээри, саҥа олох тэрээһинин күүстээх дьаалын олох-дьаһах сүрүн хайысхатын булан быстыбакка, Харыйалаах арыыга алдьатыы-кэһэтии өссө сытыырхайда.
II. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ Харыйалаахха олох-дьаһах
Мин 1955 сыллаахтан уон сыл колхозка үлэлиирбэр 60-70 саастаах, Харыйалаах арыытыгар өрөбөлүүссүйэ иннигэр, ыал буолан олох олоро сылдьыбыт дьоннору кытта бииргэ үлэлээбитим. Сайын оттуур ходуһаларга кээһиилээх оттору бииркэлиирбитигэр былыргы ыаллар өтөхтөрүн аатынан суруйан, ведомость оҥорон колхоз правлениятыгар түһэрбит. Ол иһин ханнык аҕа уустара Харыйалаах арыыга олорбут кыстык уонна сайылык сирдэрин сороҕун билэттиибин. Ону таһынан отуу сылдьан эбиэт кэмигэр эбэтэр киэһээ утуйаары сытан былыргы дьон олохторун биирдиилээн кэпсээччилэр.
Билигин ахтыы курдук кэлэр көлүөнэлэргэ анаан суруйуох айылаах мин эрэ хаалбыт курдукпун. Миигиннээҕэр кырдьаҕастар бааллара биллэр, ол эрээри Харыйалаах арыыга былыргы өтөх ааттарын, кинилэр урукку дьарыктарын хасыһан суруйа сатааччы Үөдэй иһигэр биирда суох эбит. 1900 сыллаахтан 1917 сыллаахха дылы ыаллар Өлүөнэ өрүс уҥа-хаҥас өттүлэригэр уонна Харыйалаах арыыга кэтэх хаһаайыстыбаларынан, Ким ханна сөбүлүү көрөн олорор усулуобуйаларыгар сөп түбэннэрин, түөлбэ-түөлбэ бэйэ бэйэлэриттэн тэйиччи сири бас билэн, уутун-хаарын, ходуһатын, мэччирэҥин, булдун, балыгын, бэйэлэрин хаһаайынныы сыһыаннарынан харыстаан, көмүскээн, байытан, көҥүл олоҕунан олорбуттар. Өлүөнэ өрүстэн тэйиччи соҕус тыаҕа олохсуйбут дьон өтөхтөрө бэрт аҕыйах. Ол уута, күөлэ, балыга, отун-маһын көрүҥэ аҕыйаҕыттан сибээстээх эбит. Үксүгэр сайылык эрэ быһыытынан туһана сылдьыбыттар. Өлүөнэ өрүскэ үрэхтэр, үрүйэлэр түһэр төрдүлэригэр аҕыйах кыстык олох өтөхтөрө хам-түм бааллар. Саамай элбэх ыал Харыйалаах арыытыгар олохсуйа сылдьыбыттарын өтөхтөрө бигэргэтэр. Элбэх сүөһүлэнэ сылдьыбыттарын хотоннорун баҕаналарын төҥүргэстэрэ уонна кыс саахтара кэпсииллэр. Саамай мунутаан 1900 сыллаахха Харыйалаах арыытыгар кыһын буруо тахсарынан аахтахха 80 дьиэ буруо таһааралларын кырдьаҕастар кэпсээбиттэрэ. Ол ыаллар улахан «Спанка» ыарыыта, сэриилэр содуллара, онтон Советсткай бөһүөлэктээһинин дьайыылара, эстэр суолга киллэрбит.
Былыргы ыаллар муостата суох, хотоннорун кытта тилийэ истиэнэлээх, туруору мас эркининэн быысаһар, ынах сааҕынан сыбахтаах дьиэлэргэ хастыы эмэ ыал дьуккаахтаһан кыһын кыстаан тахсаллар эбит. Сүөһүтэ, дьиэтэ-уота суох сулумах саҥа ыаллар кыһын аайы, саҕаттан саҥа ыаллары кэпсэтэн кыһынын кыстыыллар эбит. Дьуккаах ыалларыгар көмөлөһөн, бултаан, балыктаан аһылыктарын, таҥастарын булуналлар. Оннук ыаллар сайынын сөбүлүү көрбүт сирдэригэр эмиэ туруору мастаах дьиэ туттан, туспа буруо таһаарынан ыал буолаллар үһү. Оҕолорго сиргэ-уокка ханнык да докумуоннааһын суоҕун кэриэтэ үһү, кырдьаҕастар кэпсииллэринэн.
Биэлэрин оһоҕо туруору тахсар үөлэстээн буорунан симэн оҥоһуллар. Үөлэһэ судургу көнөтүк тахсар буолан, ичигэһи, оттуллар эрэ кэмигэр. Ол оннугар дьиэ иһигэр сырдыгынан хааччыйар, салгынын ыраастыыр. Оронноро нара, дьиэлэрин эркинин тула сырса биэрэр.. Утуйар тэллэхтэрин эһэ тириитинэн, кус, таба түүтүнэн оҥостоллор. Суорҕаннарын куобах тириитинэн тиктэллэр. Дьуккаах ыал таҥас быыс оҥостон утуталлар. Оҕолорун дьиэ үрдүттэн баайыылаах таҥас биһиккэ утуйаллар. Бырааһынньык эбэтэр таҥара бэлиэ күннэригэр муостата суох дьиэлээхтэр солуома, харыйа лабаатын тэлгэтэллэр. Баай ыаллар мас муосталаах буоллахтарына дэриэспэ кумахтаан, ыарҕа харбыырынан тэбэн, кылбаччы сууйан дьиэлэрин киэргэтинэллэр. Сорох ыаллар чүмэчи уматаллар. Дьиэлэрин аанын хаһан да хатаабаттар. Түннүктэрэ кыһын мууһунан оҥоһуллар. Сайын туоска өстүөкүлэ бытархайын буллахтарына ону аттаран оҥостоллор. Ол суох буоллаҕына, таҥас буолар.
Кыһын тымныыга оһохторугар биир суткаҕа биир ат тардар сыарҕатын аҥаарын оттоллор.
Олоппосторо үксүгэр талах буолар үһү. Остуолларын олус мындырдаан ыксаран мас уустара оҥороллор эбит. Былыргы дьоннор олус ыалдьытымсах, кэпсэтинньэҥ, сайаҕас буоллар. Ону таһынан бэйэ бэйэлэригэр аһылыгынан, таҥаһынан, хааччынсыылара хардарыта кимиэхэ туох баарынан атастаһыы, бэрсии быһыытынан хааччынсаллар. Уопсай туһанар сирдэрин тыаларын, мэччирэҥнэрин, ыраах баар оттуур ходуһаларын, күөллэрин, айылҕаларын харыстыыр, көмүскүүр интириэстэрэ кэтэх дьиэлэригэр хаһаайынныы сыһыаннарыттан уратыта, сэлээннэһиитэ суох көрөр-истэр интириэстээхтэр. Тыаҕа уот туруутуттан олус куттаналлар, сэрэнэллэр уона ыччаттарын кыратыттан харыстанньаҥ гына иитэллэр. Уот турдаҕына оҕолуун, кырдьаҕастыын саба түһэн умуруорар интириэстэрэ 1950 сыллаахха дылы биһиги көлүөнэбитигэр дылы бара. Ол иһин биһиги төрөөбүт ойдубут 1960 сыллардааха дылы айылҕата олус баай этэ.
Харыйалаах арыытын дьоно атын нэһилиэк дьонноруттан уратыта диэн нэһилиэк кинээһин дьаһалын кэспэт, утарыласпат уратылаахтарын, сааскы көмүөх халаанын кыһалҕата биир түмсүүлээх буолалларын хааччыйбыт эбит. Ону 1962 сыллаахха Харыйалаах арыытын халаан уута 3-4 га эрэ кураанах сири хаалларбытыгар, арыыга баар сүөһүнү, дьону, баайы-дуолу, оҥочону барытын биир киһи дьаһалын быһыытынан, ханнык да сүтүгэ алдьаныыта-кээһэниитэ суох быһаарбыттар. Онуоха кырдьаҕас дьон былыргы өбүгэлэрин опытунан, көмүөл кэмигэр Ким тугунан дьарыктаныахтааҕын эрдэттэн билэллэрэ көмөлөһөрүн сүбэлииллэрэ. Сүөһү да, киһи да уу кэлэр кэмигэр Хааттарар учаастагар чугас сылдьыахтахтар. Харыйалаах арыытыгар уу кутар хоһуруоларынан быһа сүүрэн хааттаран хаалар түбэлтэлэрэ дьону сэрэхтээх буоларга уонна бэйэ бэйэлэригэр ыксал бириэмэтигэр көмөлөһөргө айылҕа кыһалҕалара доҕордуу сыһыаҥҥа бэйэтэ үөрэтэлээбит. Арыыга араас сиртэн төрүттэнэн биир ыал курдук, Өлүөнэ өрүс сүүрүктээх халаанныыр уутунан күрүөлэнэн сүүрбэччэ аҕа ууһа олорбут эбит. Арыы баһыгар: Кельциновтар, Бродниковтар, Тимофеевтар, Филипповтар, Прохоровтар, Ивановтар.
Хааттарга: Самсоновтар, Кировтар, Васильевтар, Асекритовтар, Евграфовтар, Парфеновтар.
Арыы кутуругар: Петровтар, Осиповтар, Тарасовтар, Шадриннар, Мартыновтар, Мордавскойдар о.д.а.
Тус бэйэлэрин олохторун иһин төрөөбүт дойдуларын, сирин сыл аайы күндүлүүр дьоҕурунан, бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһанан, үлэлээн иитиллэн бэрт дьоллоохтук олорон ааспыттар. Мин санаабар, төрөөбүт дойду диэн тугун, айылҕаны харыстааһын, кэскилин нэһилиэстибэнэн оҕону иитээһинин, киһи киһиэхэ үтүө сыһыанын, дьиҥннээх хаһаайын буолуу сайда сылдьыбыт мукутуур үчүгэй таһымыгар тиийэ сылдьыбыттарын тус бэйэм эппинэн- хааммынан, кинилэр ыччаттарыттан билэн, билиҥҥи олоҕу кытта тэҥнээн көрөбүн.
Кинигэҕэ суруйалларын курдук «биир киһи барыларын туһугар, бары биир киһи иһин» диэн Харыйалаах арыыга дьиҥнээх олоххо киирбит эбит. Уоруу, охсуһуу, өлөрүү, айылҕаны алдьатыы, көтөрү-сүүрэр кыргыйыы, мээнэ тылга тииһии, таҥара айыытыгар кирии кутталын өйдөбүлүгэр үөрэтии улахан оруоламмыт.
Билигин санаатахха уонна урукку өбүгэлэрбит олохторун кытта, билиҥҥи сайдыылаах үөрэх-билии,үп-харчы, сынньалаҥ олох-дьаһах сайдыыларын тэҥнээн көрдөххө, ордук кэбирэх, билиҥҥи үйэбитин буочукалаах буораах үрдүгэр төлкөммүт курдук толкуйдуубун. 1935 сыллардаахха Харыйалаах арыыга сүүс саастарын туолан баран, үлэлии-хамсыы сылдьар 5-6 киһи баарын туһанан Акулина Семеновна кэпсиирэ.
Акулина Семеновна аҕата Семен Пахомович Кельцинов бэрт доруобай, сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы, дьиҥнээх көҥүл олох үйэтин киһитэ, цивилизация олоҕун саҕаланыытын кэмигэр 1922 сыллаахха бэйэтигэр тиийинэн өлбүт. Билигин олох сайынна, ол эрээри киһи үйэтэ кылгаата. Оҕолорбут кыра саастарыттан эм-том күүһүнэн эрэ дьон буолаллар.
Биһиги торөпүттэрбит, өбүгэлэрбит үлэҕэ умсугуйар интириэстэрин салҕаан физическай үлэннэн доруобуйаларын, дьоллорун булуналлара. Мин дьоннорум төһө да түүннэри-күнүстэри үлэлир эрэйин көрдөллөр толору дьоллоох курдук сананаллара. Ийэм Советскай кэмҥэ, көҥүл олох диэни билбэккэ, ыгы-түүрүү үлэтин эттээх-хаанынан билэн олох олорон ааспыта. Кини элбэхтик кэпсиирэ, үөрэтэрэ уонна үөрэттэрбитэ. Атыннык эттэххэ мин 3 араас политическай тэрээһиннээх олох хайысхаларын тэҥнээх көрөр гына, билигин рыночнай олох-дьаһах кэмигэр дьылҕам анаммыт.
Революция иннинэ государственнай ханнык да көмөнү билбэккэ, тус бэйэлэрин олохторун иһин, төрөөбүт дойдуларын айылҕатын, сирин сыл аайы бэрсэр дьоҕурунан бэйэлэрин бэйэлэрэ хааччынан олорбуттарын, бэйэм өттүбүттэн, сыанабылым айылҕаҕа уонна сиргэ мукутаан хаһаайынныы сыһыан сайда сылдьыбыт эбит. Ол сыһыаммыт билигин ханнык таһымҥа тиийдэ? Уонна кэлэр кэскилин иһин туох тэрээһин ыытылларый? Онуоха бэйэм эппиэппин суруйдуубун саас-сааһынан суруйабын.
Харыйалаах арыытыгар өрөбөлүүссүйэ саҕаланыытын саҕана 17 аҕа уустара урукку өбүгэлэрин традицияларын олохторун хайысхатын хамсаппакка биир ыал тэлгэһэтин, дьиэтин курдук дойдуларыгар бары сүбэннэн олорбуттар. Саха суруйааччыларын курдук улуу баай, быстар дьадьаҥы Харыйалаах арыыга суоҕун кырдьаҕастар бары бигэргэтэллэр этэ. Нэһилиэк кинээһинэн Самсонов Марк Иванович эбит. Кини уҥуоҕунан кыра, кэлэҕэйдээн саҥарар кэлбит-барбыт сытыы киһи дииллэр. Арыыга 8х8 м, хаптаһын сарайдаах, мас муосталаах бэрт бөдөҥ мастан оҥоһуллубут дьиэтэ билигин даҕаны эмэҕирбэккэ бүтүн турар. Дьиэтин иннигэр 5х5 м ампаарын 1954 сыллаахха колхозтан ийэм, Евграфова Акулина Кирилловна, хойукку кэргэнинээн Евграфов Афанасий Леонтьевичтыын доходтарын суотугар атыылаһан дьиэ оҥостубуппут. Көһөрөөрү көтүрэ сылдьан ампаары үрдүттэн Марк Иванович докуменардаах кыра тирии сумкатын булбуппут. Нууччалыы да, сахалыы да суруллубут докуменнары кытта биир мэтээл баара. Сорох докуменнара латынскай бууккубаларынан суруллубут этэ. Оскуола дьиэтигэр анаан Үөдэйгэ баар улахан, иккис дьиэтин государстваҕа бэлэхтээбитин иһин мэтээл биэрбиттэрин ол докуменнартан билбиппит. Ону Покровскайга көтүрэн киллэрбиттэр. Икки айахтаах хаптаһын сарайдаах, мас муосталаах бэрт улахан ампаара билигин даҕаны Үөдэйгэ туһалыы турар. Мэтээлин уола Самсонов Петр Маркович таба көрөн биһигиттэн ылбыта. Самсонов Марк Иванович 9 уолаттардааҕын туһунан истибитим. Савва Маркович колхоз председателинэн үлэлии сылдьан 1941 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан өлбүт.
Самсонов Петр Маркович 2004 сыллаахха кулун тутарга өлбүтэ. Сэрии сылларыгар Ой-Муран нэһилиэгэр «Калинин» колхозка үлэлээбит. 1934 сыллаахха комсомолец, 1944 сыллаахха ССКП чилиэнэ уонна 1950 сыллаахха Үөдэй партийнай тэрилтэтигэр секретараабыт. Кэлин ферма заведующайынан, биригэдииринэн, сельсовет председателинэн пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ. Кыайыылаах, сатабыллаах салайааччы, үлэһит быһыытынан кинини олохтоохтор билинэллэр. Төрдүс уолун бандьыыттар саабыланнан кэрдэн, кэйгэллээн өлөрбүттэрин истибитим.
Биир кыыһа кырдьан баран, Үөдэйгэ олорон ыалдьан өлбүтэ. Сорохторун ханна-ханна тиийбиттэрин билбэтим. Самсонов Марк Иванович оҕолоруттан төрүттээх аймахтыылар билигин элбэхтэр, ол эрээри төрүт дойдуларыгар Үөдэйгэ олохсуйбут биир эрэ ыал баар. Харыйалаах арыы 17 аҕа уустарыттан Кельциновтары элбэхтик ирдээн биллим уонна кинилэри сиһилии суруйабын.
18-с үйэ бүтүүтүгэр Кэлсиин диэн киһи Тарыҥ үрэх төрдүгэр ыал буолан 7 уол оҕону төрөтөн иитэн улаатыннартаабыт. Юда диэн бастакы уола кэргэннэмитэ, оҕоломмуттара биллибэт. Олоро сылдьыбыт өтөҕө Үөдэйтэн 2 км-х «Быһаҕас» диэн сиргэ баар. Кини улуу ойуун быһыытынан сураҕырар. Иккис уол Куһаҕан Пахом диэн. Кини эдэр сааһыгар ыарыһах буолан эдэригэр өлбүт курдук истибитим. Үһүс уола Дьаакып сураҕа Улахан Тарыҥҥа олоро сылдьыбыт. Ыччаттаммыта биллибэт. Төрдүс уола Марсаан Ньукулай Харыйалаах арыытын баһыгар «Эмис күөл» үрдүгэр олохсуйбут өтөҕө баар. Бэйэтиттэн оҕо турбатах, ол оннугар биир уолу аймахтарыттан ылан ииппит. Кини аата эмиэ Ньукулай диэн. Николай Николаевич Кельцинов аатынан сурукка киирбит. Кини аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыллаахха от ыйыгар ыҥырыллан баран, ол сыл алтыньы ый 29 күнүгэр өлбүт. Кэргэннэммэтэх.
Бэһис уола Миитэрэй Харыйалаах арыытын баһыгар ыал буолан олорбут. Дьөгүөр диэн уоллаах.ол уола эмиэ 1943 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ ыҥрыллан, 1944 сыллаахха олунньу ый 25 күнүгэр өлбүт уонна Крымскай обласка көмүллүбүт. Алтыс уола Үчүгэй Пахом 5 оҕото тыыннаах ордон бары ыал буолбуттар. Кини ыччаттара билигин улус, республика үрдүнэн тарҕанан олохсуйдулар. (Схеманы сиһилии көр). Сэттис уола Байбал (мин аҕам аҕата) (схеманы эмиэ сиһилии көр). Кини ыччттара эмиэ кэҥээтэ. Бэйэтиттэн 4 уолун, 2 кыыһын билэттээн сурукка киллэрэбин.
-
Барчарба Дьөгүөр
-
Кыһыллыыр Ньукулай
-
Чөхчөй Өлөксөй
-
Елисей
-
Татьяна
-
Аата биллибэт
Оттон Үчүгэй Пахом оҕолорун аата Терентий, Бакаас Прокопий, Сэмэн, Уйбаан, Маарыйа. Биллэн турар, Кэлсиин сорох сиэн уолаттарын дааннайдарын булла иликпин. Кырдьаҕас аймахтарым үһүйээн кэпсээннэринэн, Кэлсиин Улахан Тарыҥ төрдүгэр өлүөр дылы олорбут. Онно хараллыбыттар. Кэргэнэ хантан төрүттээҕэ биллибэт. Сабаҕалааһын кэпсээинэн дьахтар саха буолбатах, ол эрээри ньууччалартан төрүттээҕин ханнык да кырдьаҕастар бигэргэппэтэхтэрэ.
Тарыҥ үрэҕэ, Харыйалаах арыытын баһын туһунан, утары Өлүөнэ хаҥас биэрэгэр түһэр, кыһыннары уута сүүрэр таас үрэх. Былыргыта Тарыҥ төрдүгэр, Өлүөнэ уонна үрэх сүүрүктэриттэн үөскээбит таас, кумах дьапталҕатыгар кырыс үөскээн кэҥэс кытылламмыт. Өлүөнэ өрүс үрдүк сыыр хайатын анныгар үөскээбит кытылга үрдүк Харыйа, тиит мастар хараҥа тэҥҥэ буолан билигин да сорохторо тураллар. Арай ону туоһулаан өрүс күүстээх сүүрүгэ кыһан ылбыт үрдүк таас дьапталҕата Харыалаах арыыттан кубарыан өрүс биэрэгэ буолан көстөр. Тарыҥ алын өттүгэр оттоох, талахтаах ходуһа сирэ баарын, кэтэх өттүнэн сүүрүктээх уу хайа көтөн туспа арыы курдук буолбут. Кэлсиин аймах дьонноро олоро сылдьыбыттарын, арай кинилэр храллыбыт кладбищелара туоһу буолар. Кладбищеҕа тааска суруллубут сорох ааттара, муох саба үүммүтүн быыһыгар, биһиги Кельциновтар төрүттэрин умнуллубат кэриэстэрин хаалларбыт өйдөбүллэринэн буолар. Өбүгэ Кельциновтар тустарынан билээри, араас кырдьаҕастары, докуменнары, өтөхтөрү, сири-дойдуну, кладбищеҕа ирдии сатаатым. Харыйалаах арыыга былыр-былыргытта олорбут олохтоохтор туһунан тулуус да, республика архивнай докуменнарагар киллэриллибитин була иликпин.
1780-1790 сылларга дылы Улахан Тарыҥ төрдүгэр олохсуйбут Кэльсиини Сиинэтээҕи таҥара үлэһиттэрэ учуокка ылбатах курдуктара. Ити сабаҕалааһын Кэльсиин диэн ааттаах Кельцинов диэн араспаанньа таһааран, Кельцинов Кэлсин Дьаакыбылабыс диэн 1800 сыллаахха толору суруллар аатынан Сиинэтээҕи таҥара дьиэтигэр, киирбитин сабаҕалаан Самсонова (кельцинова) Акулина Семеновна кэпсээбитэ. Ол сөп түбэһэр курдук. Тоҕо диээххэ, Саха сирин үрдүнэн кини 7 уолун ыччаттарыттан тарҕаммыт Кельциевтар ураты Кельциновтар бааллара биллибэт. Арай Нөмүгүгэ Кельциновтар бааллар. Акулина Семеновна (Кельцинов Семен Пахомович кыыһа) үһүйээн кэпсээнинэн Дьаакып Дьэбэ диэн улуу булчут киһи ыччата үһү. Кинилэр араспаанньалара да, олорбут сирдэрэ да хараллыбыт миэстэлэрэ да биллибэт.
Достарыңызбен бөлісу: |