«Кэбээйибит ү т үө аатын ааттата туоруохтун!» Мукучуга Бокса



Дата17.07.2016
өлшемі55.37 Kb.
#205632
6 мая 2015

«Кэбээйибит үтүө аатын ааттата туоруохтун!» Мукучуга Боксаҕа Россия спордун маастарын Иван Варламовы чиэстээһин

Боксаҕа Россия спордун маастарын нуорматын толорбут Иван Варламовы чиэстээһин бу дьыл ыам ыйын 5 күнүгэр буолан ааста. Иван Владимирович Варламов 1992с. Мукучуга төрөөбүтэ. 2004с. Танара оскуолатыгар үөрэнэр кэмнэриттэн боксанан утумнаахтык дьарыктаммыта. Бүлүү спортивнай оскуолатыгар үөрэммитэ, билигин Чурапчытааҕы физкультурнай институт 5 курсун устудьуона.  Республика боксаҕа күрэхтэһиилэрин элбэх төгүллээх кыайыылааҕа. Саамай кэнники чыпчаал ситиһиитинэн Казань куоракка ыытыллыбыт  Россия студеннарын чемпионатыгар кыһыл көмүс мэтээл хаһаайына. Маастары чиэстээһин дьоро киэһэтигэр нэһилиэк олохтоохторо, үлэ тэрилтэлэрэ, үөрэппит учууталлара, аймахтара  кытыннылар. Саха төрүт көрүҥнэригэр оҕо спортивнай оскуолата (дир. Иванов М.В.,методист Иванова С.Н.) маннык алгыһы анаата:Төрөөбүт түөлбэҕин, үөрэнэр институккун, Сахаҥ өрөспүүбүлүкэтин дорҕоонноохтук ааттата сылдьар күндү үөрэнээччибит, Ваня!Эйигин, Саха сирин уонна Россия сүүмэрдэммит хамаандатын боксерун Россия спордун маастара үрдүк ааты ылбыккынан үөрэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!Казань куоракка ыытыллыбыт боксаҕа Россия студеннарын чемпионатыгар педъестал  үрдүкү чыпчаалыгар турбут кыһыл көмүс мэтээл хаһаайына, Ваня!Эн оскуолаҥ, дойдуҥ үүнэр кэскиллээх бөҕөстөрүгэр холобур буоллуҥ, эн суолгун салгыы бырааттарыҥ батыһыахтара диэн эрэнэбит.Ситиспиккин мүччү туппакка салгыы сайыннараргар, дьонуҥ, учууталларыҥ, төрөөбүт улууһуҥ аатын аны да ааттата тураргар, атын омук дьонугар Саха чулуу уолаттара чахчы кыахтаахтарын көрдөрө, итэҕэтэ тураргар баҕарабы!Аны да рингэҥ үс бүтэйдээх сахаҥ күрүөтүнүү хаххалаан-харыстаан, иитиэхтии сырыттын, уйаны-хатаны быһаарсар киирсиилэргэ илииҥ эрчимнэннин, атаҕыҥ тирэхтэннин, быччыҥыҥ күүрбэтин, сүһүөҕүҥ бүдүрүйбэтин, бэрчээккэҥ сорсуннаах буоллун, диэн алгыспытын тиэрдэбит.Баҕарабыт олох өлбөөрбөт дьүһүнүн, дьол сымсаабат амтанын, уостубат умсулҕаны, эстибэт эрчими!    Саха төрүт көрүҥнэригэр оҕоспортивнай оскуолатын коллектива.


спортсмен-боксер тус санаатын үллэстэр


Варламов Иван Владимирович – Чурапчытааҕы государственнай физическай култуура, спорт институтун 5 куурсун устудьуона, Танара орто оскуолатын выпускнига, спортсмен-боксер тус санаатын үллэстэр:- Иван, дьэ, бокса диэн туох уратылаах спорт көрүҥэбуоларый?- Спорт көрүҥүттэн боксаны ордорон дьарыктанабын. Бокса спорт ханнык баҕар көрүҥүттэн ыарахан көрүҥ буолар, олимпийскай циклга киирэр. Формабыт диэн анал бэрчээккэ, биинтэ, капа, бандаш, шортик, маайка, атахпыт таҥаһа боксерка дэнэр. Рингэбит кыһыл, халлаан күөхмуннуктардаах.- Боксер ханнык ураты хаачыстыбалардааҕый?- Боксер киһи взрывной (автор-боксер туттар тиэрминэ), түргэн-тарҕан, имигэс, атаххар бигэ тирэхтээхбуолуохтааххын, чуолкайдык көрүөхтээххин. Бэйэм араас балаһыанньаҕа киирсэбин: бастакы да, иккис да нүөмэрдэринэн. Бастакы нүөмэринэн диэн наар атаакаҕа киирсээһин, онтон иккис диэн наар атахха тэйиэккэлии, куота сылдьан очко хомуйааһын.- Киирсии диэн хайдах турук буоларый?- Рингэҕэ киириэм иннинэ хайаан да Айылҕабыттанкөрдөһөбүн, психологически бэлэмнэнэбин. Хоттороркүммэр «Өссө дьарыктаныахпын наада эбит», - диэнсаныыбын уонна сыал-сорук туруорунабын. Кыайар кэммэрүөрэбин уонна бөҕөргүүбүн.- Оскуолатааҕы кэмнэргиттэн спорт эйгэтигэрсыһыаннааҕы кэпсии түһүөҥ дуо?- Танара орто оскуолатыгар ол саҕана Спиридонов Михаил Степанович дириэктэр этэ, бастакы учууталым Новикова Евдокия Николаевна, кылааһым салайааччыта Афанасьева Мария Валентиновна буолаллар. 2004 сылтан саҕалаандьарыктаммытым. Бастакы тренерим Егоров Афанасий Афанасьевич мин туспар олус кыһаллан дьарыктыыр, эрчийэр этэ. Ол саҕанааҕы оскуолабыт спортивнай саалабилигин аактабай саала буолан турар. Онно дьарыктананчугас бөһүөлэктэн Чагдаттан саҕалаан улаханкүрэхтэһиилэргэ Дьокуускайга кыттар этим. 2005 сыллаахха«Саханефтегаас» бирииһигэр кыттан бастааммын суолумаһыллыбыта. Онтон 8 кылааска үөрэнэ сырыттахпынатренерим Бүлүүлэри кытта кэпсэтэн спорт оскуолаҕаыыппыта, интернакка олорбутум, онно үс сылдьарыктаммытым, уһуйуллубутум. Саха сирин үгүсдойдуларыгар боксаҕа күрэхтэһиилэргэ кыттарым. Тренерим - Сыдыбыл киһитэ - Капитонов Николай Ефимович мин туспар олус кыһаллара. Уопсайынан наһаа эрэнэр эбиттэр. Онтон 2010 сыллаахха дойдубар Мукучуга кэлэн оскуолабын старостанан бүтэрбитим. Дойдубун, дьоммун, сирбин-уоппун ахтабын. Төһөнөн тэйэбин да ахтарым күүһүрэр. Мин улахан үөрүүбүн дьоммун кытта үллэстэ кэллим.- Чиэстээһини эн бэйэҥ хайдах ылынныҥ?- Чиэстээһиҥҥэ наһаа долгуйдум, күрэхтэһэ да сылдьан итинник долгуйбаппын. Олус үчүгэйдик алҕаатылар, эҕэрдэлээтилэр, дьаһалтаҕа, бар дьоммор маннык истиҥник тэрийбиккитигэр дириҥник махтанабын. Эрэлгитин толорорго дьулуһабын: ситиһиилэр өссө да иннибэр, дьоммун, дойдубун ситиһиилэрбинэн үөрдэ туруом.- Россия таһымнаах маастар буолбут ситиһиигин туохха, кимиэхэ аныыгыный?- Быйыл кулун тутар ыйга Татарстаҥҥа Казань куоракка Россия студеннарыгар бастаан үс кыайыым түмүгүнэн Россия маастарын нуорматын толордум. Бу ситиһиибин Улуу Кыайыы 70 сылыгар уонна сэрии бэтэрээнэ эһээбэр Егоров Петр Андреевичка аныыбын.- Спортсмен быһыытынан сүгүрүйэр дьоннордооххун дуо?- Мин кумирдарым: филиппинскэй идэтийбит бэртээхэй боксер Мэнни Пакьяо, российскай идэтийбит кэскиллээх, чаҕылхай боксер Руслан Проводников, футболист Неймар да Сильва Сантос Жуниор «Барселона» диэн испанскай клуб нападающайа, Бразилия хамаандатын капитана.- Үөрэнээччилэргэ, эдэр ыччакка, спортсменнарга туһулаантугу этиэҥ этэй?- Спортсмен киһи сүрүн олуга чөл олох буолар, саха киһитинсиэринэн сылдьыахха, тохтообокко, күүскэ дьарыктаннаххаситиһии оччоҕо кэлэр: кимиэхэ эрэ түргэнник, кимиэхэ эрэ бытааннык.

Достарыңызбен бөлісу:




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет