«Сахаайа» уһуйаан студия салайааччыта Алексеева Тамара Алексеевна, РФ үөрэҕириитин туйгуна, үрдүк категориялаах маастар-педагог, «СР Учууталлар учууталлара»
«Сахаайа» уһуйаан студия үлэтиттэн
1973 сыллаахха Намнааҕы педучилищены бүтэрэн Лөкөчөөн аҕыс кылаастаах оскуолатыгар технология, черчение, изо учууталынан үлэлии кэлбитим уонна 40- с сылбын ханна да халбарыйбакка үлэлии сылдьабын.
Бүлүү улууһун Лөкөчөөн орто оскуолатыгар кылаас таһынан эбии үөрэхтээһиҥҥэ оҕо барыта дьарыктанар. 1994 сылтан саҕалаан «Уһуйаан» студия тиһигин быспакка былаан быһыытынан үлэлээн кэллэ.
Студия кыргыттара баайаллар,оҕуруонан тиһэллэр, быысапкалыыллар, таҥаһы аттараллар. Кыыс оҕону бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах, сатабыллаах, айар талааннарын арыйарга көмөлөһүү ол учуутал эбээһинэһэ. Талан ылбыт үлэлэрэ үчүгэй көстүүлээх, хаачыстыбалаах буолуохтаах. Кыра үлэттэн саҕалаан бииртэн биир уустук оҥоһуктары айан - тутан таһаараллар. Биллэн туран ол улахан тулууру, дьулууру эрэйэр.
«Уһуйааҥҥа» дьарыктаммыт оҥоһуктарбытынан араас форумнарга, семинардарга, быыстапкаларга кыттабыт. Маастар кылаас уонна авторскай быыстапкалары тэрийэбит. Бу студияҕа дьарыктанан тугу билибитттэрин, сатаабыттарын атын оҕолору кытта үллэстэллэр, санаа атастаһаллар. Ол курдук 2012 сыллаахха Бүлүүтээҕи педколледж ыҥырыытынан эбии үөрэхтээһин нэдиэлэтигэр кыттан, бэйэлэрин үлэлэрин быыстапкалаан, маастар- кылаастары ыытан кэлбиттэрэ.учууталлар уонна студеннар бэйэлэрин мхталларын биллэрбиттэрэ.
2012 сыллаахха Бүлүүгэ «Наукаҕа хардыы» улуустааҕы конференцияҕа 1 миэстэни ылбыппыт. 2010 сыллаахха Бүлүүгэ бастакы черчение, изо, технология уччуталларын форумар кыргыттарбыт Васильева Лиза, Васильева Сахаайа, Новикова Чэмэлиинэ авторскай быыстапка оҥорбуттара, ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
1995 сыллаахха оҕолорбут тикпит оҕуруонан оҥоһуктара «Францияҕа Саха Республикатын күннэрин» чэрчитинэн Парижка
быыстапкаҕа кыттыбыта.
Үөрэппит оҕолорум билигин бэйэлэрэ ыал ийэлэрэ, хаһаайкалар. Араас дьарыктаахтар; Новикова Еля, Абдуллаева Зульфия минньигэс астаахтар, Син- Хой Светлана Семеновна, Федорова Матрена Семеновна, Малышева Галина Васильевна, Николаева Саргылана Петровна… иистэнньэҥнэр, Григорьева Федосия Афанасьевна сиэлинэн- кылынан дьарыктанар, тарбаҕар талааннаах- ол аата уһуйааҥҥа ылбыт сатабылларынан эбии дьарыктанан билиилэрин- көрүүлэрин өссө ситэрэн биэрэллэр
Бэйэм араас семинардарга, курстарга сылдьан билиибин хаҥатабын, опыппын тарҕатабын.
Достарыңызбен бөлісу: |