Мин о5о сааhым маннай Оттоох, туойдаах диэн сирдэргэ ааспыта. Ийэбинээн иккиэйэ5ин олорбуппут. Ийэм үлэлии баран хаалара, киhи суо5ар со5ото5ун оонньуу хааларым. Ийэм наhаа уhаата5ына «Ийээ кэлиий!» диэн ытыыр этим



Дата17.07.2016
өлшемі293.5 Kb.
#205629
Мин о5о сааhым маннай Оттоох, туойдаах диэн сирдэргэ ааспыта. Ийэбинээн иккиэйэ5ин олорбуппут. Ийэм үлэлии баран хаалара, киhи суо5ар со5ото5ун оонньуу хааларым. Ийэм наhаа уhаата5ына «Ийээ кэлиий!» - диэн ытыыр этим.

Төрөппүт ийэбин, а5абын өйдөөбөппүн. Бэйэм Үөhээ Бүлүү улууhун Туобуйа дэриэбинэтигэр төрөөбүтүм, кэлин Малтаны диэн сиргэ олорон арааска түбэhэн, өр буолан баран ийэм кэлэрин-барарын батыhар буолбутум. Ииппит ийэм булан-талан аччыктыыры билбэккэ улааппытым. Малтаныга Арыылаах диэн сиргэ сэттэ о5олоох ыалы кытары ыаллаhан олорбуппут. А5алара бултуурунан эт, үрүн ас атастаhан аччыктаабатахпыт. Мин ийэбэр со5отох о5о этим, онон дьиэ ис-тас үлэтэ кыра да буолларбын миэнэ буолара. Үксүн күөлгэ балыктаан, үрүн ас мунньан онон аhыырбыт. Балыктыылларыгар бэрэбинэлэри холбоон болуотунан киирэн тахсалларын, күөлгэ уу баhа сылдьан көрөр этим.

Ииппит ийэм өлтүн кэннэ, таайым төрөөбүт сирбэр Туобуйа5а атынан мэнээhиннэрэн 30-тан тахса биэрэстэлээх сиртэн, сайын ыhыах са5ана а5албыта. Дьиэ үлэтигэр үлэлээн, бурдук тардан, мас ойууртан хомуйан, ынахтарбын ыан оччотоо5у о5о үлэтэ элбэ5э. Аччык кэмнэ суоратынан уонна 5-6-7 кэргэннээх ыалга 1 ыйга бурдугу кэмнээн биэрэллэрэ, ол эрэноннук айылаах хоргуйуу суо5а.

Сэрии кэмигэр кыра буолан кулгаахпынан эрэ истэрим. Арыый улаатан баран «Туобуйа» колхозка 10 сыл дояркалаабытым уонна кырымахтаах хара саhылга көрөөччүнэн 6-та сыл үлэлээбитим.

Бу дойдуга кэлбитим 20-тэн тахса сыл буолла. Ол кэлэн баран, Маркыска 15 боруода ынахха үс кыhын дояркалаабытым. Кэлин Хоптолоох диэн сиргэ ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбитим, ол ньирэйдэри илдьэБыйакы күөлүгэр көhөн, күhүөрү сүөhүбүтүн туттаран Чүүткэ алта сыл субай сүөhүнү көрбүппүт. Ол сылдьан 74 сыллаахха 6-7 о5олоох ыалтан 1,5 ыйдаах уолу ылан улаатыннарбыппыт, колхуоз биир ына5ы биэрбитинэн иитиллибиппит. О5олоохпут диэбэккэ үлэлиирбит, уолбут иhэ тот буолан баалынайга сытан тахсара. Уолбут улаатан баран батыhа сылдьар буолта.

ДавыдовкакэлбиппитигэрбиригэдьиирКлепаэтэ. Быыhыгар Туобуйа5а көhөн бара сылдьыбытым. Ол да кэлэн баран дояркалаабытым. Моторууналыын, Розалыынампаар хотонно ынах ыан, хас да кыhыны- сайыны субай сүөhүнү көрбүппүт, оччолорго 4 хотонно толору ынах этэ. Ол кэннэ хойут Кубалаа5ынан, Кээнэкээнинэн дьиэннэн сүөhү көрөрбүт. Оскуола5а киирэ илик о5обун илдьэ сылдьан хас сайын аайы сылдьыhара. Үлэлии сылдьан пенсия5а тахсыбытым, онно пенсиям киниискэтин уонна пааспарбын ылбытым. Билигин бочуоттаах сынньаланна олоробун.


Сидорова Варвара Даниловна

1986 сыллаахха Куду начаалынай оскуолата арыллар буолбута. Ол сыл мин бу оскуола5а ананан үлэлии тахсар буолбутум. Оскуола5а икки учуутал, биир остуорас истопник көрүллүбүтэ. Миигин директорынан, учууталынан Николаева Ирина Владимировнаны туруорбуттара.

Үөрэх арыллыытыгар 4 квартиралаах дьиэни 2 квартиратын оскуола гынан кыл-мүччү Билии күнүн ылбыппыт. Оскуолабыт кыhын тымныы, кыара5ас этэ. Онон бастакы сылбытыгар олус ыарахаттары көрсүбүппүт, кэлин опыт да элбээн үөрэнэн син үлэлээн барбыппыт.

Бастакы кылааска үс о5о киирбитэ Васильева Варя,

Иванова Аня,

Павлов Айал.

Иккискэ биир үөрэнээччи Павлов Гоша, үhүскэ биир Иванов Август. Мин маннайгы кылаастары үhүскэ диэри үөрэппитим. Ирина Владимировна 2-3 кылаастары ылбыта.

Үөрэппит о5олорум үhүөн үөрэхтэригэр эрдэттэн бэлэмнээх, кыhаллар, сытыы-хотуу о5олор түбэспиттэрэ. Кэлин да оннук, үөрэхтэрин түмүктээн, билигин бэйэлэрэ туспа суоллах-иистээх хоhуун үлэhиттэр буола охсубуттар.

Үөрэнэр кэмнэригэр буолбут күлүүлээх түгэннэр:


  1. Русский язык уруогар Варя ойон тураат: «Я сегодня төрүүрү» диэн чоргуйа көрүстэ. Мин ону бу о5о бүгүн төрөөбүт күнэ буолла5а дуу диэн мунаара турдахпына Аял «дежурю» диэн көннөрөн киhини үөртэ.

  2. Саас уруок кэннэ айыл5а5а бары буолла. Арай Аня куолаhа: «Василий Степанович, ким эрэ бэргэhэтэ…»- диэн часкыйа түстэ. Хайыhа түспүтүм туора түспүт масс анныттан ылаары гыммыт бэргэhэтэ ойон эрэр эбит. Кэлин өйдөөбүпү куобах саhан сыппыт эбит.

Мыскатов Василий Степанович.


Мин, Попова Надежда Васильевна 1986 с. Сайын Давыдовка сана детсад арыллыытыгар ананан тиийбитим, заведующайынан Дошкольнай үөрэхтээhин заведующая Августина Федотовна анаан ыыппыта.

Үлэлии тиийбитим 4 квартиралаах дьиэни 2 квартираны школа гынарга анаабыттар этэ. Детсадка воспитателинан Васильева Клавдия, Мыскатова Ольга анаммыттар этэ. Туспа турар икки өттүнэн ааннаах дьиэ5э биир өттө прачка, биирэ кухня этэ. Барыта холбоон 4 оhох баара, хамнаhын ставката 0,5-hэ, олох кыра хамнастаах буолан ким да сөбүлээбэтэ5э. Ол иhин 4 оhох маhын хайытан, оhохтору бэйэм оттор этим. Поварынан Корякина Дария үлэлиирэ. Мебели, иhити-хомуоhу, танаhы барытын Үөhээ Бүлүүттэн, складчиктартан улаханнык көрдөhөн, нэдиэлэни нэдиэлэннэн райсоюhу манаhан ыларым. Барыта дефицит, нуорма этэ.

«Үөдүгэй» совхоз директорынан Сибиряков Марк Германович үлэлээбитэ, сүрдээ5ин транспорынан көмөлөhөн абыраабыта. «Үөдүгэй» нэhилиэгин Советын председателя Иванов Исай Дмитриевич, булгахтерынан Моксукова Надежда үлэлээбиттэрэ. Сүрдээ5ин мин үлэбэр көмөлөhөллөрө. Бюджетка харчы отто5уна детсадка сээкэй атыылаhарга биэрэллэрэ.

Оhохторбут үчүгэйдик сылыппаттар этэ. Ол иhин сайын оhохторбун бэйэм көтүрэн онорор этим. Оскуола директорынан Мыскатов Василий этэ, учууталынан Ирина Владимировна. Давыдовка эдэрдэр бары ферма5а үлэлииллэрэ.

Мин Оргует нэhилиэгэр 1922 с. төрөөбүтүм. 1937 с. «К/Муодай» колхоз тэриллибитэ, онно сылгы, ынах, таба бара. Оччо5о оскуолаүөрэнэр этим, сайын эбии үөрэ5э суохтары үөрэтэрим. Бригэдьииргэ сурксуттуурум.

Онтон 1941 с. сэрии буолбута. Сэрии иннинэ кураан, аhыыка түhэрэ. Син биир улахан дэлэйэ суо5а лааппы да с/совет да суо5а. 1941-42 сс. олох уот кураан сир дойду аhыыканан туолбута. 1941с саамай эдэр уолаттарбытын сэриигэ ылбыттара, 1942 с иккис ылыы буолта. Бу дьыл колхоз Муоданнадьон бө5ө өлбүтэ, дьиэ-дьиэннэн. Мин дьоммуттан 4 эр киhи өлбүтэ үhүс убайым, бэhис киhи сэриигэ барбыта. Ол миэхэ эдэр киhиэхэ улахан охсууну үөскэппитэ. Нюрба5а колхоз оскуола5а үөрэнэн бригэдьииринэн үлэлээбитим 1943 бэс ыйыгардылы ыарахан үлэ этэ.

Киhи бары аhа-танаhа суо5а. О5о, дьахтар, о5онньоттор, эмээхситэр баалллара, алааска охтубут сылгы этин ыйаан үлэлээбит дьонно биэрэрбит. Буhардахха күүгэн бө5ө буолар, туох да амтана суох. Биир эмэ киhи ордуох быатыгар Уйбан-Жен диэн Туобуйа кыыhа кэргэнинээн, кытай турунуопус үүннэрэн дьону абыраабытын өйдүүбүн.

Ыаллар 2-3-5-тии биэрэстэлээх алаастарга соро5ор 1-2 км сиргэ олорор этилэр, онон кинилэргэ туох да көмөтө суох буолан кыайан бултаан киллэрбэт, оhохторун маhын булуммат буолан ыал-ыалынан хоргуйан, тонон өлбүттэрин, хаhан эмэ билэр-көрөр этилэр. Тойотторбут, с/совеппыт барыта Тойокуга этэ, биирдэ эмит кэлэн приказ биэрэрэ, Сталин оннук диэбитэ диэн булгуччу толоро5ут диэбитэ. Алааска охтубут сылгы кутуругун, сиэлин хомуйан эмээхситтэргэ быа хаттарар этибит, кыра о5олор эмиэ үлэhит курдук көрүллэллэрэ. Ынах быата, өтүү буолара. Былыргы эмээхситтэр, барахсаттар таах биhи курдук ыт үрбэт, ынах маныраабат дьоно буолбатах эилэр. Саас туос хастаан иhит бө5ө тигэр этилэр

Билигин сэрии эрэ буолбатын! А5а дойду сэриитигэр төhөлөөх, хаарыаннаах эдэр уолаттарбыт, дьоннорбут соро5о сура5а суох сүппүттэрэ, өлбүттэрэ буолуой? Сэрии буолбата5а буоллар төhөлөөх о5ону төрөтөн, үлэлээн-хамсаан, биhиги курдук баар буолуох этилэр.

1943 с бэс ыйыгар Давыдовка кэлбитим, эмиэ сэриигэ, үлэ фронугар эр дьон бары барбыт этилэр. О5о, эмээхситтэр, о5онньоттор, кыргыттар бааллара. Мин онно 1942 с Давыдовка комсомолга киирбитим. Кыргыттартан а5ыйа5ы а5ыннахха: Саввинова Уля, Иванова Ольга, Кетяхова Мария, Адамова Екатерина Васильевна, Сортолова Евдокия Васильевна, Трофимова М.Е., о.д.а., уолаттартан: Васильев Василий, Сортолов Е.В., Омукчанов Петр, Саввинов Семен о.д.а.бааллара. Ол сайын ыраах алаастарынан, үрэхтэринэн от мунньарбыт, кээhрбит. От охсоочуларбыт Федорова Марфа, Николаева Екатерина, Адамова Е.Е., Саввинова Матрена (Мотойо), Васильева Вера о.д.а. Сүрдээх үлэhит дьахталлар бааллара, эр киhи үлэтин үлэлииллэрэ. Туос аччык сылдьарбыт суорат, ымдаан ыhыктаахпыт. Куоталаhан үлэлиирбит, сирбитин хайаан да бүтэрэн баран дьиэбитигэр кэлэрбит. Үлэттэн атын аралдьыйарбыт суох этэ. Бастаабыттарга декада түмүгэр грамынан бурдук, ата5а анаара тоорукча бурдугу, арыы, үүннэрбит табах тэллэ5э биэрэллэрэ. Сүрдээх үлэhит а5ыйах о5онньоттор бааллара: Кетяхов Василий хону бригэдьиирэ, Васильев Терентий сылгы бригэдьиирэ, Налыйдыров Елисей тутааччы, балыыhны тутуспута. Ханнык да үлэттэн иннибэт о5онньоттор этэ.

1944 с саас Ньукуолун танара ааспытын кэннэ халын хаар түпүтэ. Онтон арыый от-бурдук үүнэр буолта. Бурдугу Колаев Евсей атынан быстарара, биhиги кыргыттар 300-350-400 шт баайыы баайарбыт, 5-тии баайыы гынан бугуллаан туруорарбыт. Бу бурдугу Налыйдыров Елисей молотилканан сыстарара.

Күндүтүк саныыр Кудум оскуолатын туhунан ахтыыбын са5алыыбын.

Мин Көтөөхөбө (Кетехова) Прокопьева Матрена Васильевна 1927 сыллаахха муус устар 15 күнүгэр Үэhээ Бүлүү оройуонун IIҮөдүэй нэhилиэгин Халбаакытын Илин Ботулуутугар «Хампа» күөүн сыырын үрдүгэр турар үс хостоох нууччалыы тутуллубут дьиэ ханас хоhугар, сиргэтэлгэтиллибит окко күн күбэй ийэбиттэн төрөөн түспүппүн. Дьонум – орто бааhыкайдар, а5ам Көтөөхөп Баhылай Испирдиэнэбис, ийэм Көтөөхөбө Аграфена Васильевна. Улахан убайым Кетехов Гаврил Васильевич «Давыдов» колхозка председателинан үлэлии сырытта5ына, 1942 сыл сайыныгар фронна ыыппыттара. Польша киин куоратыгар Варшава5а көмүллэ сытар. Кыра убайым Кетехов Трофим Васильевич 1941 сыл сайыныгар бастакы ынырыкка уоттаах сэриигэ барбыта уонна хара5ар аранньылаах эргиллэн кэлбитэ. Эдьиийим Көтөөхөбө Мария Васильевна комсомольскай тэрилтэ бастакы секретаара этэ. Бастакы комсомолецтартан биирдэстэрэ. Колхозка ферма сэбиэдиссэйинэн, счетоводунан Ньюрба5а бухгалтердар курстарын үөрэнэн бүтэрбитэ. Ма5аhыын атыыhтынан үлэлээбитэ, партия чилиэнэ этэ.

Мин идэбинэн орто анал үөрэхтээх учууталбын. 22 сыл начаалынай кылаас о5олорун үөрэппиттим. Онтон Кэнтик нэhилиэгэр сана о5о садын астарбытым, онно 8 сыл сэбиэдиссэйинэн үлэлээн пенсия5а тахсыбытым. 1982 сыл кулун тутар ыйтан 1982 сыл совхозка тыа хаhаайыстыбатын производстатыгар үлэлиир эдэр салайааччылары кытта бииргэ үлэлээбитим, наставниктар советтарын, ветераннар советарын председателинэн.

Алта саастаахпар таhынаа5ы «Сиэр Ат», «Алынаа5ар» таайым аахха көhөн кэлбиппит. Онно ат сыар5атыгар а5абын кытта бииргэ олорсон кэлбиппин өйдүүбүн. А5ам ата5ын унуо5ун ат тосту тэбэн сарт туттарыылаах этэ. Таайым Васильев Терентий Васильевич биир хостоох ампаар дьиэтигэр салгыы тутуллубут туруорбах, туспа көмүлүөк оhохтоох дьиэтигэр бииргэ олорбуппут. Убайдарым, эдьиийдэрим үөрэнэ сылдьаллара. Таайым, санаhым Хобороос ииппит уоллаах, кыыс о5олордоохторо. Мин эбэм, ийэм ийэтэ кинилэри кытта олороро. Аата Мычыйа Аака диэн. А5ыс сааспын туолан баран 1935-1936 үөрэх сылыгар маннайгы кылааска үөрэнэ киирбитим. Мария Устиновна Петрова диэн учуутал үөрэппитэ Оргеттан төрүттээх. Кыра со5ус шириибинэн суруллубут улахан форматтаах буквардаах этибит. Билии-көрүү бастакы суолун арыйбыт үтүөкэннээх учууталбын олус кэрэтик, үчүгэйдик саныыбын, хаhан да умнубаппын.

Куду оскуолатыгар «Тонуо», «Кууну», «Чүүт» о5олоро эмиэ үөрэммиттэрэ. Биhи Кудуттан 3-4 биэрэстэлээх алаастартан сарсыарда 3-4 өттүнэн киирэн кэлэрбит. II кылааhы манна бүтэрбитим, IIIкылааска Үөhээ Бүлүү сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим. IV кылааhы Куду оскуолатыгар үөрэнэн бүтэрбитим учууталым Яковлев Андриан Маринович этэ. 1941 сыл сайыныгар бастакы ынырыкка сэриигэ ыыппыттара, дойдутугар эргиллибэтэ5э.

Бары миигин үөрэппит үтүөкэннээх учууталларым көмөлөрүнэн кырдьа5ас Бүлүү куоратын педагогическэй училищатын учуутал идэтин ылбытым. Үлэлээбитим иккис сылыгар (1949-1950 үөрэх сылыгар) Куду оскуолатыгар 2-4 кылаас о5олорун үөрэппитим. Миэхэ үөрэммит о5олорум: Алексеева Мария Саввична, Хочуровская Мария Гаврильевна, Саввинова Дария Марковна, Потапов Иван Гаврильевич, Васильева Мария, Селляхов Сергей, Саввинов Василий Николаевич, Федорова Анна, Васильев Коля о.д.а.

1950 сыллааха колхозтары бөдөнсүтүү хампаанньата буолбута, нэhилиэнньэни көhөрүү, онноо5ор оскуолабытым көтүрэннэр «Бараахап» оскуолатын тиэргэнигэр туппуттара.

Билигин үөрэнэ, иитиллэ сылдьар кэлэр үйэ кэнчээри ыччаттара, күндү педагогтар, бука барыгытыгар ба5арабын бө5ө доруобуйаны, үөрэххитигэр, үлэ5итигэр бастынтан бастын ситиhиилэри, билиини-көрүүнү, айымньылаах үлэни, дьолу-саргыны.

Ахтыыны суруйдум Тыыл уонна педагогическэй үлэ ветерана

Кетехова-Прокопьева Матрена Васильевна

2/12-1999 сыл

Ахтыы

1940-1941 үөрэх дьылыгар Куду начаалынай оскуолатыгар маннайгы кылааска үөрэнэ киирбитим. Учууталбыт Гаврил Гаврильевич, Лиза (а5атын аатын умнубуппун) Лазаревтар үөрэппиттэрэ.



Оскуолабытыттан 4-5 километр сиртэн үөрэнэр буолан, үөрэхпин элбэхтик көтүтэр этим. Уруок диэни дьиэбэр аахпат этим, учуутал тугу кэпсииринэн сылдьарым. 2-3 кылаас учууталынан Арбыкина Марис Спиридоновна үөрэппитэ. Кини үөрэтэр сылыгар о5олор үөрэхтэрин билиилэрэ үрдээбитэ. Миигин 3 кылааска үөрэппитэ, кини биэрбит соруда5ын барытын толорон иhэрим, онон хайгыыра. Балыстарым ол дьыл оскуола5а киирбиттэрэ, Степанида уонна Мария диэн о5олор. Суолбутугар хаар түстэ5инэ эрэйдэнэрим, икки о5о5о суол солуурум. Ол иhин куобахха туhахтыыбын, кырынааска чааркаанныыбын. Кинигэлэрбин суумка5а уган баран дүлүннэ кыбытааччыбын.

3 кылааска үөрэнэрбитигэр Кетехов Трофим Васильевич диэн а5ыйах хонукка учууталлыы сылдьыбыта. Тэтэрээккэ биэрбит соруда5ын эрдэ толорон баран олорооччубун, ону: «Хайа быраат, то5о уруоккун толорбоккунуй?» - диир, оччо5уна тэтэрээппин анньан биэрэбин. Ону: «Быраат, 5!»-диир. 4 кылааска Лазарева Лиза үөрэппитэ.

Ол үөрэнэн дьылбытыгар дэриэбинэттэн Афанасьев Егор а5албыта, наhаа мэник этэ, ол гынан баран, үөрэ5ин сүрдээ5ин билэрэ. Биирдэ 3 кылаас мунньа5ар Николаев Василий Аввакумович диэн үөрэнээччи этии киллэрбитэ: «Мэник, баппат о5олору оскуолаттан таhаарарга эбэтэр ытарга»-диэн. Онно күлсүү бө5ө буолбута.

Биирдэ интернат о5олоро икки буолан ферматтан үүттүү барбыппыт, Дмитриев Егор Петрович диэн уоллуун. Уулусса5а айаннаан иhэн «Хаайын» диэн киhини ыал тиэргэниттэн тахсыбытын көрсүбүтүм. Мин хаалан испитим, «Хаайын»: «уолаттар ытабын дуо?»- диир. Ону уолум: «Ба5ар ытыый да5аны» - диэн хаhыытаабыта. Саа тыаhа дэлби ыстаммыта, уолум тиэрэ кэлэн түспүтэ. Интернат биэрбит ырбаахыта кыа хаан кытара түспүтэ. Мин кини кэнниттэн хаалан иhэр буолан, биир да дарабыына таппата. Ол күн наhыылканан дэриэбинэ5э киллэрбиттэрэ. Онно учууталынан директор Лазарев Гаврил Гаврильевич этэ. Кини уурайбытым кэннэГригорьев Никита Данилович директордаабыта, кэргэнэ Мария Ионовна учууталлаабыта.

Мин кыра эрдэхпиттэн сааhыт этим, ону учууталым кус хана түспүтүн ыйдараары саhааккатыгар илдьэ киирэрэ.

Куду начаалынай оскуолатын бүтэрэн баран Үөhээ Бүлүүгэ Исидор Бараахап 5 кылааска сал5аабытым. Нууччалыы кинигэни аахпатах буолан дэриэбинэ5э киирэн соhуйбутум. 8 кылаас кэннэ нууччалыы үөэнэр этилэр. Оскуола директора Спиридонов Дмитрий Спиридонович интернакка иэстээх эбиккин диэбитин истэн төттөрү Кудуга күрээбитим.

Эhэбин кытта ынах хомуйсар этим. Күдэкээн диэн сиргэ сордон ыамыгар тахсааччы. Эhэм туулуур этэ. Кыра саахарга, кутуу чэйгэ барытын босхо кэриэтэ биэрээччи. Ону тутуhаары, уруок диэннэ наадыйбаппын, эhэм сордонун маныырым, харчыга туруорарым. О5олорго ырбаахы танаhа, хампыат, сахар ылааччыбыт.

Сааhыгар сордоннуубун, кыhыныгар 1953-1955 колхозка чилиэнинэн сылдьабын. Колхоз кадровай булчутунан анаммытым. Бултуур сылларбар 700-800 тиини, ону таhынан кыhыл саhыл, кырынаас, солондо туттарар этим.

1959 сыл Давыдовтаа5ы ма5аhыын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. 1957-1964 Карл Маркс старшай биригэдьииринэн үлэлээбитим. 1964 ЯСПШ партийнай оскуола5а үөрэнэ барабын.

1967 сыл ситиhиилээхтик бүтэрэн, Кэнтик учаастагар сэбиэдиссэйинэн анаммытым.



1967-1973 с.дылы Андреевскай аатынан отделения5а управляющайынан ананан үлэлээбитим. 1979-1980 сс Үөдүгэй совхоз кылаабынай аграномунан үлэлээбитим. Онно үлэ көрдөрүүтэ арыый тупсубута. 1980 сылтан сыл ахсынньы ыйтан Кэнтик сэбиэтин бэрэсэдээтэлинэн быыбардаммытым. 1982-1986 сылга диэри Үөдүгэй сельскэй бэрэсэдээтэлинэн быыбардаммытым. 1960-68 сылга дылы райком профсоюhун председателинэн анаммытым. 1988 сыл тохсунньу ыйга пенсия5а тахсыбытым. Пенсия5а сылдьан о5о сынньалан лаа5ырыгар начальнигынан, 1989-1994 сылларга дылыДавыдовтаа5ы ма5аhыын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим.
Ахтыыны биэрдэ Куду учаастагын ытыктанар кырдьа5аhа Алекссев Иннокентий Саввич Бала5ан ыйын 28 күнэ, 2006

Достарыңызбен бөлісу:




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет