Чакыр орто оскуолата
Диктант хомуурунньуга
1 – 4 кылаастарга
Чакыр, 2007
Амма улууһун үөрэђин управлениета
Чакыр орто оскуолата
Диктант хомуурунньуга
1 – 4 кылаастарга
Чакыр орто оскуолатын алын кылаас учуутала
Николаева В.В
Чакыр, 2007
Диктант хомуурунньуга – 1-4 кылаастарга: учууталга көмө кинигэ/ Николаева В.В. – Амма, Чакыр: 2007 (Саха оскуолатын учууталыгар көмө).
Кинигэђэ үөрэнээччи ситимнээн уонна таба суруйар үөрүйэђин сайыннарар диктаннар тиэкистэрэ араас хомуурунньуктартан хомуллан киирдилэр. Хомуурунньук сүрүн уратытынан тиэкистэр ис хоһоонноро айылђа тематыгар анаммыта буолар.
КИИРИИ ТЫЛ.
Диктант суолтата.
Саха тылын инники кэскилэ билиңңи кэмңэ үүнэр көлүөнэ ийэ тылын хайдах баһылыырыттан тутулуктаах. Саха тылын научнай чинчийии биир сиргэ турбат, олох сайдыытын кытта тэңңэ сайдан, уларыйан иһэр. Наука таһымыгар сөп түбэһиннэрэн үөрэтии сыала - соруга, ис хоһооно эмиэ чуолкайданар, уларыйар, үөрэтии ньымалара сайдан- тупсан иһэллэр.
Оскуолађа төрөөбүт тылы үөрэтиигэ болђомто билигин хаһааңңытаађар да күүһүрэрэ наада диэн тыл үөрэхтээхтэрэ сөпкө бэлиэтииллэр. Үөрэнээччи барыта, маңнайгы кылаастан сађалаан, маннык кэрэ, баай төрөөбүт тылын үөрэтэн, ону сатаан туттар - туһанар буоларын ситиһэр наада. Ол иһин алын кылаас учуутала үөрэтэр ођотугар төрөөбүт тылынан сөпкө саңарар - суруйар сатабылы иңэрэригэр улахан ирдэбил турар.
Сахалыы таба суруйар үөрүйэђи олохсутарга, иңэрэргэ араас көрүңнээх элбэх үлэ наада. Ођону таба суруйарга үөрэтии биир киэңник тэнийбит ньыматынан диктант араас көрүңэ буолар. Бу таба суруйарга үөрэтэр эрчиллии биир суол биһирэммит көрүңэ. Диктант көмөтүнэн ођолор орфография уонна пунктуация быраабылаларын сурукка сатаан тутта үөрэнэллэр. Диктант дорђоону арааран истэр уонна истибити өйгө хатыыр дьођурдары сайыннарарга ордук туһалаах. Диктант суруйалларыгар ођолор тылы сатаан ырыта, алђастарын булуна уонна көннөрүнэ үөрэнэллэр. Эрчиллии бу көрүңэ болђомтону сайыннарарга эмиэ туһалаах.
Учуутал сүрүн көрдөбүлү болђомтолоох буолууга уонна суруйбутун бэйэ бэрэбиэркэлиир дьођурун сайыннарыыга ууруохтаах.
Үөрэтэр - эрчийэр диктант үөрэтэ сылдьар грамматическай матырыйаалы кытта сибээстээх буолар. Ођо аңардас истэн эрэ суруйара татым, грамматика быраабылаларыгар олођуран суруйар дьођуру сайыннарыы ордук туһалаах. Онон диктант сорођор анал грамматическай сорудахтаах буолуон сөп.
Быраабыла өйүгэр түспэтэђинэ, алђаһыыр ођо сурук үлэтин аайы урут-үөһэ алђаһыыр. Начальнай кылаастарга ођолор суруйарга аан маңнай үөрэнэллэрин быһыытынан, диктант үөрэтэр-эрчийэр оруола улахан буолуохтаах. Ол диктаннары утумнаахтык ыытыынан ситиһиллэр. Биир үлэттэн кыра ођо түргэнник салђар, сүрэђэлдьиир. Онон үөрэтэр-эрчийэр диктант ханнык да көрүңүн уруогу быһа ыытар сатаммат. Учуутал төрөөбүт тылга ананар күндү мүнүүтэлэри көдьүүстээхтик туһанар соруктаах. Диктант араас көрүңнэрин уларыта сылдьан уруок этабын курдук (15-20 мүн.) утумнаахтык ыытар наада. Оттон хонтуруолунай диктаны уруок устата ыытыахха сөп.
Диктант туга ордук табыгастаах буоларый?
-
Биир быраабыланан суруллар матырыйаалы бииргэ түмэн биэрэр буолан, ођо сатабылын түргэнник сайыннарар. Ол эрээри орфограмманы олус элбэтэр эбэтэр олус ађыйатар эмиэ сатаммат.
-
Ођо барыта биир текси суруйар, онон биирдии үөрэнээччи билиитин таһымын билэр кыађы биэрэр.
-
Диктант ођо болђомтотун, үлэлиир, толкуйдуур дьођурун сайыннарарга эмиэ көмөлөөх.
ДИКТАНТ КӨРҮҢЭ.
Диктант икки көрүңңэ арахсар:
-
Үөрэтэр - эрчийэр диктант.
-
Хонтуруолунай диктант (билиини бэрэбиэркэлиир диктант).
Үөрэтэр - эрчийэр диктант маннык араастаах:
Сэрэтиилээх диктант. Теманы саңа үөрэтэр кэмңэ тылы бастаан ырытан, хайдах сурулларын быһааран баран, этэн суруйтарыллар. Теманы бүтэрэр сађана диктаны суруйан бүтэн баран, ордук ыарахан тылы тута дуоскађа суруйтаран бэрэбиэркэлэнэр. Манна ођо тыл хайдах сурулларын харађынан өйдөөн көрөргө эрчиллэрин сэргэ грамматическай билиитин туһанарга үөрэнэр.
Быһаарыылаах диктант. Бу диктаңңа суруллуута уустук тылы суруйуох иннинэ сэрэтиллэр. Чуолкайа суох дорђоонноох уһун, ыарахан тылы учуутал быһаара - быһаара суруйтарар эбэтэр биир эмэ ођо тылы сүһүөхтээн, хайдах сурулларын чуолкайдаан биэрэр. Маннык үлэ ођо бэрэбиэркэлэнэр дьођурун сайыннарар.
Бэлэмнэниилээх диктант. Бу бэрэбиэркэлиир диктаңңа бэлэмниир үлэ. Текси кылааска аађан ырыталлар, онтон ођо дьиэтигэр устар. Сарсыныгар учуутал тылыттан истэн суруйаллар. Холобур, дьиэђэ суруйа үөрэнэргэ кылгас хоһоону, текси биэриэххэ сөп. Маннык сорудах мөлтөх үөрэнээччигэ ордук туһалаах.
Тылынан диктант. Бу диктаңңа биир быраабыланан эбэтэр биир теманан суруллар тыллары талан бэриллэр. Холобур, киирии дорђоонноох тыллары (летчик, съезд, депутат, арбуз) эбэтэр кылгас уонна уһун аһађас дорђоонноох тыллары (мас - маас, сас - саас, хастар- хаастар). Холобур, аат тыл диэн теманы барар кэмңэ анал ааттарга (Мохсођол, Баһырђас, Суолдьут, уо.д.а.) эбэтэр паараласпыт аат тылларга (сир-дойду, киһи-сүөһү, күлүү-салыы, уо.д.а.).
Талар диктант. Бу диктаңңа текси ханнык бађарар сэрэтиилээх диктант курдук ырытыллар. Онтон ођолор үөрэтиллэр орфограммалаах тылы эбэтэр тыл ситимин эрэ талан суруйаллар. Учуутал бириэмэни сүүйэр: кылгас кэмңэ биир орфограммалаах элбэх тылы суруйтарыан сөп. Холобур, текстэн аат тыллары эбэтэр дађааһын ааттары истэн суруйуу. Талар диктант ођо ордук болђомтолоох, кичэйэн ырытар буоларыгар көмөлөөх.
Көңүл диктант. Учуутал аахпыт тексин ођолор төһө өйдөөбүттэринэн суруйаллар. Диктант тексэ кыра ођођо кэрэхсэбиллээх, хомођой тыллаах уус-уран кэпсээн буолуохтаах.
Көңүл диктант бу курдук ыытыллар: а) учуутал текст ис хоһоонун кылгастык билиһиннэрэр; б) текси хоһоонноохтук бүтүннүү аађар; в) диктант тексин хастыы да этиинэн туспа өйдөбүллээх быһа тардыыга арааран аађар. Быһа тардыыны биирдэ эрэ аађыллар. Ођолор тугу өйдөөн хаалбыттарын суруйаллар. Көңүл диктаңңа ођо тугу истибитин бэйэтин тылынан холбоон - илбээн суруйар буолан, санааны сатаан этэргэ үөрэтэр маңнайгы хардыы курдук көрүллүөн сөп. Маннык диктант ођо өйгө тутар дьођурун сайыннарар, аахпыты бэйэ тылынан суруйа үөрэнэллэригэр бэлэмниир.
Айар диктант. Бу өйтөн булар сорудахтаах диктант. Кини таба суруйарга үөрэтэрин таһынан үөрэнээччи бэйэтиттэн айан суруйар дьођурун сайыннарар. Айар диктант сүнньүнэн икки араастаах.
- Бэриллибит тылларынан эбэтэр тыллар ситимнэринэн сөптөөх формађа туттан, этиилэри эбэтэр кыра кэпсээни оңоруу.
Бэриллэр тыллары эбэтэр тыллар ситимнэрин учуутал эрдэттэн дуоскађа суруйан баран, сабан кэбиһэр уонна суруйтарар. Ођо суруйан бүтэн баран, дуоскаттан бэрэбиэркэлэнэр.
- Учуутал этэн биэрбит этиитин уларытан суруйуу.
Маннык диктант араас сорудахтаах буолуон сөп. Холобур, биир предмет туһунан этиллэр этиини элбэх предмет туһунан этиллэр гына; үһүс сирэйи бэйэ туһунан кэпсиир гына; билигин буолары хойут буолуохтаах гына этии тутулун уларытан суруйуу; учуутал сађалаабыт этиитин өйтөн ситэрэн суруйуу; бэриллибит тылларынан этиилэри эбэтэр кыра кэпсээни суруйуу.
-
Ыйытыыларга хоруйдаан этиилэри суруйуу.
Айар диктант өйтөн айан суруйууга - сочинениеђа көһөргө төһүү буолуохтаах.
Бэйэ диктаннаныыта. Диктант тексэ учебниктан ылыллар. Уруок сыалыттан уонна текситтэн көрөн, бэйэ диктаннаныыта араастык ыытыллар. Ођо этиини аађан, хас биирдии тыл хайдах сурулларын өйүгэр хатаан баран, кинигэни сабар уонна нойосуус суруйар. Суруйан бүттэђинэ, бэрэбиэркэлэнэн, алђаһын көннөрүнэр.
Кыра хоһоону эбэтэр быһа тардыыны дьиэђэ нойосуус үөрэтэн баран, кылааска өйүттэн суруйар.
Саңата суох диктант. Учуутал этэн биэрэрин оннугар предмети эбэтэр кини ойуутун көрдөрөр. Учуутал сорудађынан ођо ол предмет аатын (холобур, хатың) эбэтэр тыл ситимин (маңан хатың) суруйар. Эбэтэр, учуутал биир үөрэнээччи саннын саңата суох таарыйар. Ођолор бу үөрэнээччи аатын, араспаанньатын суруйаллар.
Саңата суох диктаңңа учуутал хамсыырын көрөн, этии оңорон суруйуу эмиэ киирэр. Холобур, учуутал миэлинэн суруйар, ону көрөн олорон, ођолор маннык этиини суруйуохтарын сөп: Анна Ивановна миэлинэн суруйар. Анна Ивановна дуоскађа суруйар. Учуутал суруйар уо.д.а.
Маннык диктант ођо толкуйдууругар, ситимнээх саңата сайдарыгар көмөлөһөр.
Бэйэ билиитин бэрэбиэркэлэнэр диктант. Маннык диктаңңа ођо, суруйа олорон, суруйбутун бэрэбиэркэлэнэр. Ођолор учуутал этэрин истэн суруйаллар. Мунаарар эбэтэр билбэт буукубаларын, тылларын аннынан тардан бэлиэтииллэр. Текси суруйан бүтэн баран, ођо ол тыл хайдах сурулларын ыйытар. Учуутал быһааран, көрдөрөн биэрэр.
Хонтуруолунай диктант.
Бу диктант үөрэнээччи суруйар дьођура хайдах сайдан иһэрин, билиитин сурукка төһө сатаан туттарын бэрэбиэркэлиир. Теманы бүтэрэн баран, үөрэнээччи дьођура олохсуйбутун кэнниттэн ыытыллар. Маннык диктаңңа үөрэнээччи бэйэтин билиитин, кыађын көрүнэр, онон ханнык да көмөлөһөр, сэрэтэр үлэ ирдэммэт.
Хонтуруолунай диктант маннык схеманан барыан сөп:
-
Учуутал диктант тексин бүтүннүүтүн ис хоһоонноохтук аа5ар, ођолор суруйбакка истэллэр.
-
Диктант тексигэр ођо өйдөөбөт этиитин учуутал быһаарар, билбэт тыллара баар буоллађына, ону дуоскађа суруйан биэрэр.
-
Текст иитэр суолтатын туһунан кэпсэтэллэр: туох туһунан суруллубутуй, туох саңаны биллибит, туохха үөрэтэрий?
-
Учуутал текси биирдии этиинэн орто сођус суруйар ођо тэтиминэн көрөн этэр. Суруйар кэмңэ уһун этиини ис хоһооно өйдөнөр курдук кэрчиктээн аађар. Ођо суруйан бүппүт кэрчигин иккиһин хатылаабакка, үлэлиир тэтимин көрөн салгыы этэн иһэр. Ођо улаатан истэђин аайы өйгө тутар дьођура сайдарыгар кэрчик тылын ахсаана элбээн иһэр (4- 5 тыл). Ођо суруйар кэмигэр хос - хос этэн, атыны саңаран аралдьытар сатаммат. Этиини ођо барыта суруйан бүттэђинэ, учуутал өссө биирдэ толору хатылыыр.
-
Текси бүтүннүү суруйбут кэннэ, ођолор биирдэ аађан бэйэлэрэ бэрэбиэркэлэнэллэр.
-
Ол кэнниттэн учуутал текси хатылаан аађар. Ол кэмңэ ођолор көтүппүт тылларын, сыыһа суруйбуттарын көннөрөллөр. Онтон үлэ хомуйуллар.
Онон текст барыта түөртэ – биэстэ эрэ аађыллар.
Диктант тексин кээмэйэ:
Кылаас
|
Үөрэтэр диктант
|
Бэрэбиэркэлиир диктант
|
1
|
15 – 20
|
10 – 15
|
2
|
30 – 40
|
30 – 35
|
3
|
50 – 60
|
50 – 55
|
4
|
70 - 80
|
70 - 75
|
Диктант текстэрин туһунан.
Бу пособиеђа сүнньүнэн оскуолабыт үлэлиир хайысхатынан салайтаран, төрөөбүт тыл уруоктарыгар туһаныллар матырыйаал биир чопчу тема иһинэн буолара иитэр сыалга ордук табыгастаах буолуођа диэн, Сахабыт сирин кыылларын, көтөрдөрүн арааһын, айылђађа, киһи олођор суолталарын, уратыларын, дьиктилэрин кытта билиһиннэрэр ис хоһоонноох текстэр киирдилэр.
Текстэр диктант көрүңнэринэн араарыллыбатылар. Онон учуутал, ођолор суруйар дьођурдара сайдан иһиититтэн көрөн, үөрэтэр сыалыгар сөп түбэһэр текстэри көңүллүк тала сылдьан туһанар кыахтаах.
Алђастары көннөрүү, учуоттааһын, ырытыы.
Хас биирдии ыытыллыбыт диктант кэнниттэн алђастары утары бэрэбиэркэлээн, ырытан, көннөрөн иһэр наада. Учуутал ођолору бэйэлэрин алђастарын таба көрөргө, көннөрүллүбүт алђастары өйдөөн хааларга үөрэтиэхтээх. Онуоха үлэлэри хардарыта бэрэбиэркэлээһин уонна ођо сыыһа суруйбут тылын дуоскађа суруйан алђастары булларыы үчүгэй түмүгү биэрэр.
Ођо суруйуутун утары көннөрө - көннөрө ааһан иһэр табыллыбат. Ођо алђаһын учуоттаан, хайа ођо туох алђаһы таһаарарын кэтээн көрүөххэ наада. Оччођо эрэ учуутал кими кытта хайдах үлэлиэхтээђин үчүгэйдик билэр, биирдиилээн ођону кытта үлэни туһалаахтык тэрийэр кыахтанар.
Кылаас үрдүнэн хас биирдии ођо ордук туохха элбэх алђаһы оңорорун, ханнык быраабыланы ситэ өйдүү илигин бэлиэтээн иһэр туспа тэтэрээт баар буолар.
Алђаһы маннык наардыахха сөп:
-
Уһун аһађас дорђоону таба суруйуу.
-
Дифтону таба суруйуу.
-
Хоһуласпыт бүтэй дорђоону таба суруйуу.
-
Сэргэстэспит бүтэй дорђоону таба суруйуу.
-
Нууччаттан киирбит тылы суруйуу.
-
Хоһуласпатах бүтэй дорђоону атын бүтэй дорђоонунан солбуйуу.
-
Кылгас аһађас дорђоону атынынан солбуйуу.
-
Кылгас аһађас дорђоону көтүтүү.
-
Буукуба миэстэтин атастаһыннарыы.
-
Сүһүөђү көтүтүү.
-
Ордук буукубаны суруйуу.
-
Улахан буукубаны сыыһа суруйуу.
Диктаңңа мантан да атын сыыһа баар буолуон сөп. Ону учуутал бэйэтэ көрөн, ырытар схематын чуолкайдыыра наада.
Диктант грамматическай сорудахтаах буолар. Ону эмиэ учуоттаан, ханнык ођо хайа теманы, быраабыланы билбэтин өйдөтөн, хатылаан, биллэрэн иһэр наадалаах. Ол иһин таба суруйууга уонна грамматическай сорудахха тус- туһунан сыана турар.
Сурук үлэтин сыаналааһын.
Үөрэнээччи истэн суруйар үлэтин сыаналыырга маннык нуорманан салайтарыллар:
«5» сыана - орфографическай алђаһа суох ыраас үлэђэ.
«4» сыана- 1 - 3 орфографическай алђастаах үлэђэ.
«3» сыана- 4 - 5 орфографическай алђастаах үлэђэ.
«2» сыана- 6 - 10 орфографическай алђастаах үлэђэ.
«1» сыана - олус элбэх орфографическай алђастаах үлэђэ.
Хос быһаарыы. Куруубайа суох эрээри маарыннаһар алђас баар буоллађына, 6 орфографическай алђаска «3» сыана туруон сөп. Олус марайдаах, элбэх көннөрүүлээх үлэ сыаната биир балынан түһэр.
Куруубай алђаһынан аа5ыллар: уһун аһађас дорђоону, дифтону, хоһулаһар бүтэй дорђоону биир буукубанан бэлиэтээһин; буукубаны эбэтэр сүһүөђү көтүтүү; буукуба миэстэтин атастаһыннарыы; буукубаны атын буукубанан солбуйуу; улахан буукубаны сыыһа суруйуу; тылы холбуу суруйуу; сыыһа көһөрүү, о.д.а.
Куруубайа суох алђаһынан аађыллар: ситэри чиңэтиллэ илик араастык этиллэр сахалыы тылы уонна нууччалыы суруллар тылы сыыһа суруйуу; тылы сөпкө суруйан иһэн ситэ суруйбакка хаалларыы; нөңүө строкађа көһүөхтээх сүһүөђү суруйбакка хаалларыы; биир тылы хос - хос суруйуу.
Биир алђаһынан аађыллар: икки көннөрүү; сурук бэлиэтигэр икки алђас; биир тылга алђас хатыланара. Холобур, аттаах диэн тыл текскэ үстэ «атаах» диэн суруллубут буоллађына, биир алђас буолар.
Алђас буолбат: үөрэтиллэ илик быраабылађа тахсыбыт алђас; этии кэннигэр точканы умнан, саңа этиини улахан буукубаттан суруйуу; этии ис хоһооно уларыйбат гына биир тылы атын тылынан солбуйуу.
МАҢНАЙГЫ КЫЛААС.
Саас.
Сааскы кэммит эргийдэ. Туллук бөђө кэллэ. Күммүт уота сылытар. Хаар үрдэ кылбайар.
Сибэкки.
Сайын сибэкки үүнэр. Үрүмэччи көтөн кэлэр. Кини сибэккигэ олорор.
Саас.
Саас буолла. Чалбах тађыста. Күн күүскэ сылытар. Туллук кэлбит. Сотору тураах кэлиэ. Саас кэрэ дађаны. (15)
-
Бастакы этиини сүһүөххэ араарың.
Туллук.
Туллук саас кэлэр. Кини кэрэ чыычаах. Туллук – ођо аймах дођоро. Туллук – саас илдьитэ. (13)
-
Уһун аһађас дорђооннору аннынан тарт.
Ардах.
Биирдэ дьэдьэннии барбыппыт. Арай эмискэ халлаан хараңарда. Хара былыт тађыста. Күнү саба бүрүйдэ. Тыал түстэ. Бөдөң самыыр тобугураата. (18)
-
Тыал, арай, хара диэн тыллары сүһүөхтээң.
Мин дойдум.
Дойдум үрдүк хайалардаах. Элбэх өрүстээх, күөллээх. Онно балык арааһа үөскүүр. Тыатыгар мас кэрэтэ үүнэр. Мин төрөөбүт дойдубун таптыыбын. (18)
-
Иккис этиигэ уһун аһађас дорђоону бэлиэтээң.
Сайын.
Самаан сайын тиийэн кэллэ. Сирэм күөх ситтэ. Күн уота күүскэ тыгар. Күөх халлаан ыраас. Биир да былыт көстүбэт. Ођо аймах көңүл көрүлээтэ. (22)
Күөрэгэй.
Көй салгыңңа уйдаран күөрэгэй ыллыыр. Ырыатын ким барыта кэрэхсиир. Кини сайыны уруйдуур. Дьоллоох олођу туойар. (15)
-
Уһун аһађас дорђооннору бэлиэтээң.
Саһыл.
Саһыл сүүрэн испит. Арай иннигэр сүүрүктээх үрэх көстүбүт. Онно кэлэн хаайтаран хаалбыт. Харбыађын дьулайбыт. Күнү быһа уу кытыытын кэрийбит. (19)
Чыычаах.
Чычып-чаап – кыра чыычаах. Кини тымныыны тулуйар. Буурђаттан куттаммат. Куруук көтөр-сүүрэр. Кини хорсун чыычаах. (15)
-
Иккис этии тылларын сүһүөххэ араарың.
Хатың.
Саас хатың саңа тыллар. Күөх сэбирдэхтэрэ намчылар. Хатың мааны мас. Хатыңы олус харыстыыллар. (13)
-
Сүһүөхтээң: олус, саас, тыллар.
ИККИС КЫЛААС.
Күһүн.
Көмүс күһүн тиийэн кэллэ. От – мас хагдарыйбыт. Тыа ыраахтан саһаран көстөр. Алааска кэбиһиилэх оттор көстөллөр. Сотору көтөрдөр сођуруу барыахтара. (19)
-
Уһун аһађас дорђооннору бэлиэтээң.
Мэкчиргэ.
Сайыңңы күн киэһэрбит. От-мас күлүгэ уһаабыт. Суол ортотугар хаххан олорор. Өлбүт кукаакыны туппут. Мэкчиргэ хаххаңңа түспүт. Кукаакыны былдьаабыт. (19) (Е.Макаров)
-
Хоһуласпыт бүтэй дорђооннору бэлиэтээң.
Күһүңңү ардах.
Күһүн ардах уһуннук түһэр. Арђааттан тымныы тыал үрэр. Мас көтөђөтүн тэбиир. Ардахтан мас ытыыр курдук. Сайыны аһыйан эрдэђэ. (18) (Н.Якутскайтан)
-
Кэнники этиини сүһүөхтэргэ арааран устуң.
Кубалар.
Кубалар – айылђа мааны көтөрдөрө. Айылђа киртийбэт киэргэллэрэ. Муус маңан дьүһүннээхтэр. Сайынын хоту көтөллөр. Онно төрүүллэр-ууһууллар. Кинилэр хаастары кытары бииргэ сылдьаллар. (21) (Е.Макаров)
-
Кубалар, айылђа - диэн тыллары сүһүөххэ араарың.
Чыычаах түбүгэ.
Сайын чыычаах түбүгэ үгүс. Уйа туттар. Уйатыгар биэс-алта сымыыты баттыыр. Ађа чыычаах ас булар. Ођолоругар сымнађас ас наада. Онтон иккиэн аһаталлар. (22) (Е.Макаров)
Туруйа ођото.
Биирдэ маннык буолла. Биһиги туруйа ођотун туттубут. Киниэхэ бађаны биэрдибит. Ону ыйыстан кэбистэ. Өссө биэрдибит. Ыйыстан истэ. Биһиги сөђөн кэбистибит. Туруйа ођотун дьиэбитигэр ииттибит. (24) (М.Пришвин)
-
Сэргэстэспит бүтэй дорђоон букватын бэлиэтээң.
Маңнайгы хаар.
Халлаан халың былытынан бүрүллүбүт. Уу-чуумпу. Онтон хаар түһэн кыыдамнаата. Сып-сымнађас түү курдук. Сотору сири үп-үрүң түү суорђанынан бүрүйдэ. Маңнайгы хаар ып-ыраас, сып-сырдык. (27) (Н.Якутскайтан)
Таба.
Таба лабыктанан аһыыр. Табаны туркуга көлүйэллэр. Табанан айанныыр олус үчүгэй. Мин убайым табађа үөрүйэх. Табаһыттар табалыын, ыттыын көһө сылдьаллар. Туундарађа табаһыт олођо, үлэтэ-хамнаһа элбэх ыараханнардаах, сыралардаах. (27)
-
Таба диэн тыл сыһыарыыларын булуң.
Күн.
Сарсыарда эрдэ күн тахсарын көрдүм. Күнтэн ордук кэрэ туох баарый? Туох барыта күңңэ наадыйар. Күнтэн күүс ылар. Күн уотунан угуттанан ситэр, силигилиир. Күн баар буолан олох баар.(27)
-
Күн диэн тыл хайдах уларыйбытын булан ырытың.
Сибэккилэр.
Оскуола таһыгар сибэкки олордубуппут. Сайыны быһа сибэккилэргэ уу куппуппут. Сыыс оту ыраастаабыппыт. Ардахтаах күн уу куппаппыт. Күһүн буолуута ара5ас, маңан, кыһыл сибэккилэр тыллыбыттара. Сибэккилэрбитин учууталларбытыгар бэлэхтээбиппит. (26)
-
Тыл олођун уонна сыһыарыыларын булан бэлиэтээң.
Дөлүһүөн.
Аана эмээхсин дөлүһүөн отонун хатарар идэлээх. Дөлүһүөн барыта тэңңэ буспат, сиппэт. Сымнаабытын талан ылан хатарааччы. Оннук мунньан, күһүн биир бааңка дөлүһүөннээх буолар. Ити үүнээйи туһата элбэх. Ођолор үстүү дөлүһүөнү күңңэ ыстыы сылдьар буоллахтарына чэгиэн-чэбдик сылдьаллар. (38) (А.Сыромятникова)
Тиит.
Биһиэхэ үүнэр мастартан саамай тэнийбит тиит мас буолар. Бу дьикти мас. Кыһын күүстээх тымныыны тулуйар. Сайын өңүрүк куйааска кыһаммат. Мастартан саамай тулуурдаахтара. Тиит мас ууга да сыттађына туох да буолбат. Хата дьэ, өссө чиңээн, кытаатан иһэр. (36)
-
Предмет аатын көрдөрөр биэс тылы булан уһулуң.
Чыычаах.
Арай биирдэ чыычаах бэрдьигэс от хоонньугар уйа туттубут. Ол уйатыгар биэс быдьыгына ойуулаах сымыытчааннарын өөр - өр баттаан олорбут.
Сып-сылаас сарсыарда буолбут. Бу кэмңэ ођолоро сымыыттарын тэспиттэр. Тэспиттэр да, тахсан кэлбиттэр. (34) (В.Миронов)
-
Предмет аатын көрдөрөр үс тылла булуң, ыйытыыта туруоруң.
Килиэп.
Сири тиэрэн, сиэмэ ыһан, бурдук ситэн, килиэп сиибит. Мээккэ бурдук мээнэ кэлбэт, буспут килиэп бэйэтэ үүммэт. Элбэх үлэ күүһэ түмсэн, көмүс туорах куолас анньар. Топпут ођо ону билбэт. (28)
Кыһын.
Хаар халыңаабыт. Күн сардаңаларыттан көмүс кыырпахтарынан кылбачыйар. Тымныы кыһын бэлиэр кэллэ. Күн олус кылгаата. Халлааңңа бэрт кылгастык көстөн ылар уонна сүтэн хаалар. Түүн уһун уонна олус тымныы. (24) (А.Сыромятникова)
-
Туох? диэн ыйытыыга хоруйдуур үс тылы суруйуң.
Күһүн.
Сайын ааспыта. Ол күһүн мин тођуспун туолбутум. Халлаан тымныйан, күөх хонуу саһаран, күһүн күөйэн кэлбитэ. Быһыттађас былыттардаах, тыаны суугуната хамсатар омуннаах күннэр буолбуттара.
Тыал ойуур көтөђөтүн тэбиир. Сотору – сотору ардыыр. Көтөђөтө түспүт сыгынньах лабаалартан харах уутун курдук ыраас таммахтар тохтоллор. (38) (Н.Якутскай)
-
Бэлиэтэммит тылларга ыйытыыларда туруоруң.
Күһүңңү тыа.
Халлаан ыраас, ичигэс. Маннык күһүңңү күн тыаны көрүө этигит! Манна төһөлөөх элбэх өң баарый! Сођотох хатың да сэбирдэђин ылан көр. Ортотунан дьураа тымырдара сап-саһархай өңнөөхтөр. Ортото күп-күөх. Эрбии тииһин курдук сарбынньахтара ап-арађас лаађынан сотуллубут. (39) (Н.Якутскайтан)
-
Дьүһүнү көрдөрөр тыллары булан суруйуң.
Этиңнээх ардах.
Ханан да былыта суох ыраас күн. Арай эмискэ логлоруспут халың былыттар тађыстылар. Улам тэнийэн күнү хаххалаатылар. Ыраах ньирилиир тыас иһилиннэ. Эмискэ дирбиэн тыас дэлби барда. Сытыы уот күлүм гынна. Бөдөң таммахтар түстүлэр. Онтон дохсун ардах кутта. (36)
Достарыңызбен бөлісу: |