Саха Республикатын Үөрэҕин министерствота
Бүлүү улууһун 1 Күүлэт орто оскуолата
Саха саарына Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах республикатааҕы «Үтүө дьоннору үүннэртээ» аһаҕас уруок
Уруогу бэлэмнээтэ:
Бүлүү улууһун 1 Күүлэт орто оскуолатын
саха тылын уонна литературатын учуутала
Петрова Анна Ивановна
1 Күүлэт, 2010
Уруок тиэмэтэ: Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан «Хара кыталык» романынан интегрированнай уруок (саха литературата уонна физкультура).
Уруок сүрүн сыала:
-
Үөрэнээччи айымньыны билиитин таһымын бэрэбиэркэлээһин.
-
Үөрэнээччини үөрэх кинигэтигэр киирбитинэн эрэ муҥурдаммакка, бэйэтэ өссө дириҥээн, кылаас таһынааҕы ааҕыыга, эбии тус дьарыкка көҕүлүүр, хасыһар, чинчийэр үлэҕэ сыһыарыы.
Соруктар:
-
Суруйааччы олоҕун уонна айар үлэтин ситимнээн көрүүгэ кыаҕы биэрии.
-
Оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы.
-
Бөлөҕүнэн, хамаанданан үлэлиир дьоҕуру сайыннарыы.
-
Оҕо сымса уонна түргэн хамсаныылаах буолуутун ситиһии.
-
Оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыы.
Ыытыллар кылааһа: 8
Уруок көрүҥэ: Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан «Хара кыталык» романын түмүктүүр интегрированнай (холбоһук) уруок (саха литературата уонна физкультура)
Уруок тэрилэ: компьютер, проектор, экран, презентация PowerPoint (Приложение 1), спортивнай тэриллэр: 2 баскетбол мээчигэ, 2 теннис ракетката уонна мээчигэ, 2 волейбол мээчигэ, 2 обруч, свисток, 2 хаатыҥка, 8 сымнаҕас оонньуур, 6 эппиэт былаанката, 2 устуул.
Ыытыллар миэстэтэ: спортивнай саала
Уруок оскуола спортивнай саалатыгар «Көрдөөх стартар» эстафетаҕа олоҕуран ыытыллар. Эстафетаҕа 8-с кылаас оҕолоро икки хамаанданан кытталлар. Кылаас ахсааныттан көрөн хамаандаҕа араарыллар (5-тии оҕо буолуон сөп). Кылаас оҕотун ахсаана элбэх буоллаҕына, 2 оҕо хамаандалар түмүктэрин ааҕарга учууталга көмөлөһөллөр, атыттар көрөөччү буолаллар.
Үөрэнээччилэр хамаанда аатын толкуйдууллар, капитан талыналлар. Хамаанда аата суруйааччы Иван Гоголев «Хара кыталык» романын кытары сибээстээх буолуохтаах. Холобур, «Көмүс» (Тойон Киһи кыыһа), «Кыталык» (Кыталык Куо), «Сымалаах» (нэһилиэк аата), «Угаайылаах» (Кыталык Куо аҕатын ууһа), о.д.а.
Уруок былаана:
-
Тэрээһин чаас.
- бэйэни билиһиннэрии;
- уруок сыалын-соругун иһитиннэрии;
- эстафета быраабылатын билиһиннэрии. Бастакы түһүмэх боппуруоһун аайы – 1 очукуо, 2 түһүмэх боппуруоһун аайы – 2 очукуо, 3 түһүмэх боппуруоһун аайы-3 очукуо бэриллэр (оонньуу ыйытыылара чэпчэкиттэн уустугуран иһэр, ол иһин баал эмиэ үрдүүр). Түһүмэх аайы очукуо ааҕыллан иһэр.
-
Сүрүн чааһа.
1. Хамаандалар билиһиннэриилэрэ.
2. Эстафета хаамыытын быһаарыы: оҕолор күрэхтэһии сорудаҕын толороллор уонна компьютер презентациятын көрөн боппуруостарга эппиэттииллэр (устуулга нүөмэрдээх лиискэ сөптөөх эппиэти суруйаллар).
3. «Көрдөөх стартар» эстафета саҕаланыыта:
1 түһүмэх. «Мээчиги түһэримэ» – ракетка үрдүгэр теннис мээчигин ууран баран сүүрүү, боппуруоска эппиэттээһин уонна төттөрү тутан баран сүүрэн кэлии.
2 түһүмэх. «Көрдөөх кыһын» – 1 оҕо волейбол мээчигин атах икки ардыгар кыбытан баран сүүрэр, боппуруоска эппиэттиир уонна төттөрү көннөрү сүүрэн кэлэр, 2-с оҕо
хаатыҥка кэтэн баран сүүрэр, эппиэттиир, төннөн кэлэр, 3-с оҕо волейбол мээчигин кыбытан сүүрэр, эппиэттиир, төттөрү кэлэригэр мээчиги тутан баран сүүрэн кэлэр, 4-с оҕо – хаатыҥкалаах, 5-с оҕо - мээчиктээх.
3 түһүмэх. «Тохпуккун хомуй» – 1 оҕо обруч илдьэн уурар, иккис оҕо баскетбол мээчигин тэйитэн илдьэн обруч иһигэр уурар, 3-с оҕо суумкалаах оонньууру обруч иһигэр илдьэн тоҕор, 4-с оҕо оонньууру суумкаҕа хомуйан аҕалар, 5-с оҕо обручтаах мээчиги соһон аҕалар.
-
Түмүк.
1. Эстафета түмүгүн хамаанданан таһаарыы, хоппут хамаанданы бэлиэтээһин.
2. Рефлексия
- Хайа хамаанда ордук көхтөөхтүк кытынна?
- Хайа хамаанда ордук болҕомтолоохтук «Хара кыталык» романы аахпыт эбитий?
- Түһүмэх ыйытыылара төһө интэриэһинэй эбиттэрий?
- Ханнык түһүмэх ыйытыыларын ыарырҕаттыгыт?
- Бу теманы өссө хайдах дириҥэтиэххэ сөбүй?
3. Дьиэтээҕи үлэ. Ыарырҕаппыт түһүмэхтэрин ыйытыыларын эбии литератураны көрөн, көрдөөн, хасыһан эппиэти булуу.
4. Сыана туруоруута.
Түһүмэх (презентациянан бэриллэр) ыйытыылара уонна эппиэттэрэ:
1 түһүмэх. «Хара кыталык» роман.
1. Хабырыыс төрөппүт ийэтин аата (Аппырыыс)
2. Хараанай эмээхсин олорор алааһа (Бүөр)
3. Хараанай эмээхсин соҕотох ынаҕа (Кыыстара)
4. Кыталык Куо ханнык аҕа ууһугар төрөөбүтэй? (Угаайылаах)
5. Тверь уобалаһыгар төрөөбүт судаарыскай аата (Староверов)
2 түһүмэх. Ким мэтириэтэй?
1. «Бу дойдуга саҥаран төннөөр», - дэтэн айыллыбыкка дылы олус чобуо барахсан. Быйыл уонун туолла. Бу кыараҕас бүөрэмньи алаас киэлитин кини күлэн чаҥкыныыр, ыллаан чаҕаарыйар саҥата арай сэргэхситэр. (Хобороос)
2. Үрдүк уҥуохтаах, тыҥырахтаах көтөр курдук чыпчылыйбакка эриличчи көрбүт киэҥ, арылхай харахтаах толу саха. (Тойон Киһи)
3. Тууна бааммыт куобах бэргэһэтин дьайыҥыттан уһун баттаҕын сиэл курдук хоччоххой сүүмэхтэрэ туртаһаллар… Түөһүн тылыгар тиийэ сэбирийэ үүммүт күүгэн маҥан бытыгар кыһайан, хара бараан сирэйэ ордук ыаһыйан, ордук ыараан-дьиппиэрэн көстөр. (Ордьонумаан ойуун).
4. Кинилэртэн эдэрдэрэ санныгар тиийэр хоччоххой хара баттахтаах, кыра, хатыҥыр киһи. (Испирдиэн ойуун)
5. … Эргэлээх хаҥас хараҕын быһыччы көрөр идэлээх, онон куруук тугу эрэ кыҥыы сылдьар курдук… Кыһыннары, сайыннары уларыйбат түнэ сонноох. (Мутук оҕонньор)
3 түһүмэх. Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан айар үлэтэ.
1. Иван Гоголев айар үлэтэ хаһан саҕаламмытай? (1942)
2. Иван Гоголев литератураҕа ханнык псевдонимынан киирбитэй? (Витаминин)
3. Народнай поэт прозаҕа тиһэх айымньыта. (Үһүс харах)
4. «Үһүс харах» роман хас чаастан турарый? (Үс)
5. Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан хас кинигэни бэчээттэппитэй? (43)
Туһаныллыбыт литература:
1. Видякин М.В. Внеклассные мероприятия по физкультуре в средней школе. – Волгоград, 2004.
2. Колодезников С.К., Шишигина В.Р. Төрөөбүт литературабыт. – Дьокуускай, 2006.
3. Поротова С.Е. Софрон Данилов «От үрэххэ» кэпсээнэ – саха прозатын биир чулуу айымньыта (9 кылааска уруок торума) // Төрөөбүт тыл уонна литература. 2007, №1.
4. Попова М.А. Саха литературата: биир кэлим эксээмэн тургутуга (ЕГЭ тестэрэ). – Дьокуускай, 2003.
5. Погодаева М.И., Орлова Н.А. Энциклопедия досуга. – Москва, 1999.
6. Шурухина В.К., Будник Е.Р. Час активного отдыха // Физкультура в школе. 2007, №12.
7. Яковлев В.Г., Ратников В.П. Подвижные игры. – Москва, 2001.
Достарыңызбен бөлісу: |