Орто Халыма улууһун
Хатыннаах орто оскуолатын
1 категориялаах алын кылаас учуутала
Слепцова Марфа Николаевна
АЛЫН КЫЛААСТАРГА САХА ТЫЛЫН УРУОКТАРЫГАР АРААС ООННЬУУЛАРЫ ТУhАНЫЫ.
Саха тылын грамматикатын үөрэтиигэ уруокка ханнык ньыма туттуллара үөрэтиллэр матырыйаал ис хоhоонуттан тутулуктаах. Yөрэтии хаачыстыбата уонна үөрэнээччилэр активностара үөрэтэр ньыманы кытта быhаччы сибээстээх. Ханнык баҕарар учуутал уруокка интириэс тартаҕына эрэ оҕо үөрэтэр матырыйаалы кэбэҕэстик ылынарын билэр. Оттон кыра кылаас үөрэнээччитэ сүрүн дьарыга кини оскуолаҕа киириэр диэри оонньуу буоларын умнарбыт табыллыбат. Уруокка оонньуулары киллэрии бастакынан детсад уонна оскуола икки ардыларыгар үөрэтии ситимин быспат уонна уруокка оонньуу араас көрүҥүн киллэрдэххэ оҕо сылайбат, психическэй уонна физическэй нагрузка намтыыр. Ол да иhин кыра кылаастарга уруоктарга үгүстук оонньуунан үөрэтии ньымата туттуллар.
Оонньуу оҕону кэрэхсэтэр , көҕүтэр, умсугутар өрүттэрдээх. Уруокка араас грамматическай оонньууну киллэрии сүрүн биричиинэтинэн манныктары этиэххэ сөп:
1 .Кыра кылаас оҕолоро олус эмоциональнайдар, саҥаны тургэнник ылынымтыалар. Кинилэр биир кэлим дьайыыга тулуурдара суох , түргэнник сылайаллар. Онон уруокка оҕо сылайбатыгар, уруогу кэрэхсииригэр араас өрүттээх грамматическай оонньуулары киллэрэн үөрэтии буолар .
2 .Уруокка оҕо интириэhин көҕүтүү , билиигэ-көрүүгэ тардыhыыларын көҕүлээhин, үөрэххэ бэйэлэрин кыахтарын туhанан активнайдык кыттыыларын хааччыйыы.
3 .Оҕо толкуйдуур дьоҕурун, саҥарар саҥатын ,тылын -өhүн сайыннарыы.
4. Хомоҕой уус-уран тыл саппааһын байытыы, норуот үгэстэригэр cүгүруйүү, уус уран айымньыга кэрэхсэбили иитии.
Тыл доpҕооно, суолтата, грамматическай формата оонньуу атрибута буолар. Онон грамматическай оонньууларга оҕолортон элбэх тылы билии, тыл дорҕооннорун уонна грамматикатын сокуоннарын өйдөөhүн , тутуhуу эрэйиллэр. Кыра кылаас оҕотун үөрэтиигэ ордук көрдөрөн үөрэтии принцибэ туттуллар, ол иhин билиини чиҥэтиигэ , хатылааhыҥҥа эрчиллиилэргэ интириэhинэй гына карточкалары, таблицалары туhаныыга араас грамматическай оонньуулары киллэрэр табыгастаах.
Тыл оонньуута оҕо тылын –өhүн сытыылыыр, сайыннарар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар. Маны таhынан дидактическай оонньууларга көрдөөх хоhооннору , остуоруйалары , таабырыннары , өс хоhооннорун , ребустары , тыл оонньууларын , араас викториналары ыытыы, кроссвордары таайыы, сорудахтаах эрчиллиилэри толоруу , перфокартанан үлэлээhини уруокка эрэ буолбакка кылаас таhынан үлэҕэ эмиэ туhаныллар.
Саха тылын сорох боппуруостарын киэҥник уонна дириҥник үөрэтэр сыалтан кылаас таhынан үлэни ыытыы буолар. Кылаас таhынан үлэҕэ куруhуок үлэтэ, олимпиадалары, викториналары , конкурстары , саха тылын нэдиэлэлэрин ыытыы, быыстапкалары, хаhыаттары таhаарыы , биэчэрдэри тэрийэн ыытыы киирэллэр.Кылаас таhынан үлэҕэ оҕо уруокка ылбыт билиитэ чиҥэтиллэр,кэҥэтиллэр уонна дириңэтиллэр.Бу үлэлэргэ оонньуу арааhын киллэрии оҕо араас дьоҕурун сайыннарар эрэ буолбакка иитэр сыалы эмиэ хабаҕын. Оҕо тулуурдаах буоларга , хапсаҕай буолууга , өй кыаҕар, билиигэ дьулуhууга үөрэнэр, доҕотторун санаатын ылына үөрэнэр, бэйэтин сыаналанар кыахтанар, коллективы кытта бииргэ үлэлииргэ үөрэнэр, өрө тардынар.
Ханнык баҕарар учуутал уруогун умсугутар , кэрэхсэтэр өрүттэрдээх үлэни киллэрэр буоллаҕаны оҕо билиигэ баҕата үрдүүрун өйдүөх тустаахпыт .
Дорҕооннор, сүһүөхтэр темаҕа хоһооннору, перфокарталары туһаныахха сөп , араас оонньуулары киллэриэххэ сөп. Приложение 1.
Уруоктарга «Таайбараҥ мүнүүтэтэ» диэн ыытыахха сөп. Уруокка интириэстэрин көтөҕөргө , саҥа темаҕа таабырынынан киириэххэ сөп. Маны таhынан оҕолор сылайбыттарын аhарарга эмиэ туhаныллар. Приложение 2
Бүтэй дорҕооннорго, дифтоннарга оонньуулар Приложение 3
Саҥа чаастарын үөрэтиигэ туттуллар араас оонньуулар . Приложение 4
«Тыл” , “этии” темаларга араас кроссвордары, ребустары, шарадалары, анаграммалары туһаныы приложение 5
Кылаас таһынан үлэҕэ араас оонньуулар Приложение 6
Туhаныллыбыт литература:
• Саха фольклора.
-
Журнал «Народное образование Якутии» № 2, 1992, IГ 3 1992.
-
«Кэскил» хаһыат матырыйааллара.
-
«Саха тылын методикатыгар очеркалар» Н.Н Неустроев
Достарыңызбен бөлісу: |