Учуутал диэн дьикти, ки и дуу атыгар ¹т¹ киирэр идэ. Оннук идэºэ олоºун анаабыт дьонтон биирдэстэринэн Мария Васильевна Баишева буолар



Дата02.07.2016
өлшемі63.5 Kb.
#172299
Учуутал диэн дьикти, ки»и дуу»атыгар ¹т¹ киирэр идэ. Оннук идэºэ олоºун анаабыт дьонтон биирдэстэринэн Мария Васильевна Баишева буолар. Кини аата, би´иги нэ´илиэккэ оскуола ту´унан кэпсэл буолла да, ааттана- ахтылла туруо. Ол оруннаах. Кини- ма½найгы, оскуоланы т¹р¼ттэспит, оºо-аймах ¼¹рэºэр к¹м¹т¼н биэрбит олоºун анаабыт ки»и.

Мария Васильевна 1925 сыллаахха тохсунньу ыйга Таастаах нэ»илиэгэр т¹р¹¹бүтэ. 1934-37 сс Таастаах начальнай оскуолатыгар ¼¹рэммитэ. Олохтоох оскуолатын сити´иилээхтик т¼м¼ктээн 1938-43 сс ¼¹рэºин Якутскай куоракка салºаабыта. 1945 сыллаахха Мария Васильевна Партизан 7 кылаастаах оскуолатыгар ¼лэтэ саºаламмыта. Ол ту»унан Партизан орто оскуолатын коллектива маннык ахтар:

«Мария Васильевна 62 сыл анараа ¹тт¼гэр аан бастаан би»иги оскуолабытыгар, уруккунан 1-Хомустаах 7 кылаастаах оскуолатыгар учууталынан ананан кэлбитэ. Оччолорго, 1945 сыллаахха сэрии уода»ына ааспытын да и»ин, оскуола оºолоро бары сэрии ыар содула хаарыйбыт, ас-та½ас кырыымчык, доруобуйа да ¹рт¼нэн оччо ¼ч¼гэйэ суох этилэр. ¼г¼стэрэ ыраах сиртэн сатыы сылдьан ¼¹рэнэллэрэ. Кы»ыл Сыыртан, Никольскайтан, 11-Хомустаахтан оºолор эмиэ ¼¹рэнэллэрэ. Мария Васильевна аан дойду историятын, географияны, Конституцияны ¼¹рэппитэ. Бу бириэмэºэ директорынан Саха АССР ¼т¼¹лээх учуутала Ларионов Н.М. ¼лэлээбитэ. Кини ¼лэлиир кэмигэр оскуола материальнай базата б¹º¹рг¹¹н, методическай ¼лэ ¼ч¼гэйдик ыытыллара. Оскуолаºа аан бастаан 1955 сыллаахха электричество киирэн ¼лэ-хамнас ¹сс¹ тупсубута. Оºолор к¼»¼н хортуоскаºа, сайын окко ¼лэлииллэрэ. Учууталлар оºолору кытта оскуола оттук ма»ын эрбээн охторон, хайытан, саа»ылаан, былааны толороору киэ»э сылайан, сытыйан киирэллэрэ умнуллубат т¼гэн буолан оºолор с¼рэхтэригэр-¹йд¹р¼гэр хаалбыт. Ахтыылартан к¹рд¹хх¹ ¼¹рэппит оºолоргут э»иэхэ махтал, ба»ыыба тылларын этэллэр. Мария Васильевна, би»иги оскуолабыт чэчирии сайдарыгар киллэрсибит кылаатын умнубаппыт, ис срэхпититтэн махтанабыт»

Якутскайдааºы учительскай институт курсун б¼тэрэн 1948-51 сс Орджоникидзевскай оройуо½½а Булгунньахтаах уонна Качикат оскуолаларыгар ¼лэлии сылдьыбыта. Оттон 1951с т¹р¹¹б¼т дойдутугар Нам½а кэлэн история уонна география учууталынан ¼лэлээбитэ. 1959 с сайын олохтоох Совет исполкомун мунньаºар Кы»ыл Сыырга (1 Хомустаахха) 3 кылаастаах оскуола а»ар ту»унан уураах ылыллыбыта. Бу оскуола ма½найгы сэбиэдиссэйинэн Мария Васильевна, учууталынан Никитин Николай Николаевич анаммыттара. Оскуолаºа барыта 47 ¼¹рэнээччи баара. Н¹½¼¹ сылыгар Дьячковская Евдокия Михайловна, Пинигина Матрена Петровна ¼лэлии кэлбиттэрэ. Мария Васильевнаны салайааччы бы»ыытынан олус ирдэбиллээºин, улэ»иттэригэр, ¼¹рэтэр оºолоругар олус элэккэйдик сы»ыанна»арын куруутуун бииргэ улэлээбит коллегалара ахта саныыллара.



Дьячковская Евдокия Михайловна.

Мин аан бастаан ¼¹рэºи б¼тэрэн начальнай оскуолаºа учууталлыы 1961 с кэлэрбэр Мария Васильевна оскуола сэбиэдиссэйинэн ¼лэлии олорор этэ. Аан бастаан ¼лэлии кэлбит ки»и толло-толло оскуолаºа учительскайга киирбитим с¼рдээх холкутук ха»аа½½ыттан эрэ билэр ки»и курдук кэпсэтэн ¼лэºэ ылбыта. Ол курдук 2,5 сыл ¹йд¹»¹н, ¹й¹»¹н ¼лэлээбиппит. Мария Васильевна ¼лэºэ эппиэтинэстээх, атыттартан эмиэ оннук сы»ыаны ирдиир ¼лэ»ит этэ.

Са½а ¼лэлиир ки»и сатаабата, кыайбата ¼г¼с буоллаºа, онон ыйыттахха улгумнук с¼бэлиир, к¹м¹л¹»¹р этэ. Бэйэтэ оºолорго сымнаºас холку сы»ыаннааºа бэйэтин тэ½нээхтэрин курдук кэпсэтэр идэлээºэ. Киниэхэ учуутал бы»ыытынан ¼лэтигэр ити хаачыстыбалара улаханнык к¹м¹л¹сп¼ттэрэ буолуо дии саныыбын.

Солдатова Елена Егоровна

Мин Мария Васильевнаны 1963 сылтан билэбин. Ол дьыл хотуттан, Булу½ оройуонуттан, оºом ыалдьан, ¼лэлии кэлбитим. Онно 4-с кылааска Бурнашев Михаил Михайлович дипломнай ¼лэтигэр барбытынан 1-Хомустаах оскуолатыгар миэстэ баара. Онно ¼лэлии киирбитим. Оччолорго бу оскуола начальнай этэ. Сэбиэдиссэйинэн Мария Васильевна ¼лэлиирэ. Учууталларынан Григорий Алексеевич Лазарев, Евдокия Михайловна Дьячковская, Александра Иннокентьевна Ханды ¼лэлииллэрэ.

Оскуола ып-ыраас, уурбут-туппут курдук ис киирбэх, кылааска син элбэхтии оºолоох этибит. Коллектив олус ¼лэ»ит, с¼рдээх чуумпу, ¼лэттэн атыны билбэт, куруук солото суох, общественнай ¼лэнэн дьарыктанан т¼б¼г¼рэрэ. Онно Мария Васильевна, оºом ыалдьарынан миигин нагрузкаттан босхолуу сатыыра, миигин ¹йд¼¼рэ, олус абыраабыта. Ки»ини ¹йд¼¼р, с¼бэ-ама буолар коллективка т¼бэспитим.

Ити дьылтан ыла 40 сыл, Мария Васильевнаны кытта билси»эн, кэннэки ¼с сыл хоту ¼лэлээн кэлбитим да кэннэ биир коллективка ¼лэлээн кэллим.

Саа»ыран да баран, пенсияºа да тахсан баран, бэйэ-бэйэбитигэр олус элэккэйдик, ¼¹рэ-к¹т¹ сы»ыанна»ар этибит.

Олох саа»ыран баран, ханна да к¹рд¹º¼нэ куруук умнубакка, урукку оскуолабыт ту»унан кэпсэтэр этибит.

Мария Васильевна бу нэ»илиэккэ оскуола ¼лэтигэр элбэх сыратын уурбут, с¼¼рб¼т-к¹пп¼т ки»и, оскуола дьиэтэ салºаныытыгар, нэ»илиэк дьонун т¼м¼¼гэ, туттарыыга элбэх т¼б¼г¼ к¹рс¼б¼тэ. Т¹»¹л¹¹х элбэх ыччаты иитэн та»аарбыта буолуой, ону ¼¹рэммит оºолоро ¹йд¼¼-саныы сырыттахтара.

¥¬т¼¹ ки»и ¼лэтэ-хамна»а оскуола историятыгар киирэн, кэлэр кэскилгэ ¹йд¹б¼ннь¼к буоллун, кини ыччаттара аатын ааттаттыннар диэн алгыыбын.



Степанова Марфа Гаврильевна

Мин 1-Хомустаах оскуолатын бастакы директорын (сэбиэдиссэйин), ¼г¼с-элбэх оºо ма½найгы учууталын Баишева Мария Васильевнаны 1978с олохтоох оскуолаºа ¼лэлии кэлэн баран к¹рс¼б¼т¼м.

Мария Васильевна бэрт эдэр саа»ыттан учууталлаабытын, пионер оºолорго ба»аатайынан, комсомол-ыччакка секретарынан ¼лэлээн кэлбитин истэрим. Маны та»ынан нэ»илиэк, оройуон общественнай ¼лэтигэр активнайдык кыттарын кэпсииллэрэ.

Биир оскуолаºа ¼лэлиирбит бы»ыытынан билсэн урукку (ааспыт) сыралаах ¼лэтин ¼г¼с ¹р¼ттэрин, ки»и бы»ыытынан эйэºэ»ин, холкутун. Аºыйах тылынан этэн а»арар муударай с¼бэлэрин билэн, ылынан испитим уонна убаастабылым улаатан испитэ.

Мантан буолуо, Мария Васильевнаны ¼¹рэтэр оºолорбунуун учуутал, комсомол, пионер уонна ийэ к¼ннэригэр ы½ыран чиэстиир, сэ»энин истэр буолбуппут. Аºа саастаах коллегам, наставнигым пионер, комсомол оºолор ¼т¼¹ ¼гэстэрин, ту»алаах дьарыктарын учуутал чиэстээх ¼лэтин, ийэºэ убаастабыл, таптал тустарынан оºолорго олус тиийимтиэтик холобурдаан кэпсиирэ. Сэ»энин быы»ыгар сотору-сотору «оºолор барахсаттар» дии-дии к¼лэ-¼¹рэ турара бу баар курдук.

Мин ¼¹рэппит кылаастарбар Мария Васильевна сиэн балтылара Маша Корякина, Люба уонна Варя Ушницкаялар, сиэнэ Юра Николаев ¼¹рэммиттэрэ. Кылаас та»ынан ¼лэºэ, уруоктарга ы½ырыылаах ыалдьыт, ¼т¼¹ с¼бэ»ит буолбута.

Миэхэ аºа к¹л¼¹нэ учууталларыттан педагогическай ¼лэ ветераннара оºо-аймахха, ыччакка ¼т¼¹лээх учууталлар Барашков И.И, Лазарев Г.Г. уонна Баишева М.В бэйэлэрин ис культураларынан, ¼лэºэ бэриниилээх сы»ыаннарынан, интеллигентнай туруктарынан басты½ холобур этилэр.

Мария Васильевна олохтообут, ¹р сыллаах сыралаах ¼лэтин анаабыт оскуолатын ахтан-санаан таарыйан аа»ара ки»ини эрэ долгутуон, с¹хт¹р¼¹н с¹п.

Учуутал- нэ»илиэк активи»а. Мария Васильевна оройуон общественнай ¼лэтигэр кыттар. Ол курдук ба»аатайдаабыта, комсомольскай секретарынан, дьахтар комитетын председателинэн, олохтоох советтарга депутатынан, народнай суут сэтээтэлинэн талыллан ¼лэлээбитэ. Нэ»илиэккэ агитатор этэ.

Мария Васильевна иллэ½ кэмигэр иистэнэрин с¹б¼л¼¼рэ, быысапкалыыра, баайара, т¼¼лээºи тигэрэ. Элбэх оºону иистэнэргэ угуйан ¼¹рэппитэ. Кини куру»уогар дьарыктаммыт оºолор тикпит сахалыы та½астара 1957 сыллаахха Москваºа ВДНХ-ºа выставкаºа кыттыбыттара.

Мария Васильевна иис куру»уогун та»ынан хомус куру»уогун ыытара. Бэйэтэ хомустуурун олус с¹б¼л¼¼рэ. ¥¬¹рэтэр оºолорун норуот искусствотын таптыырга, убаастыырга ¼¹рэппитэ. Кини куру»уогар сылдьыбыт у»уйуллааччыта Жирков Николай Евсеевич 9 кылааска ¼¹рэнэ сылдьан Москванан, Башкириянан тэлэ»ийэн Саха хому»ун дь¼р¼»¼тэ оонньообута. Кини билигин виртуоз хомусчут.

Мария Васильевна ¼¹рэппит оºолоро араас идэлээх дьон буолан ¼т¼¹ суобастаахтык ¼лэлии-хамсыы сылдьаллар. Мария Васильевна суолун баты»ан учуутал идэтин талан 1-Хомустаах орто оскуолатыгар ¼лэлии сылдьар учууталлар- Новгородов Федор Иванович, Колесова Айтлина Николаевна, Жиркова Светлана Архиповна учууталларын ту»унан итиитик-исти½ник саныыллар:


Новгородов Федор Иванович.

1-Хомустаах оскуолатыгар ¬¹дэй 4 кылаастаах оскуолатын кэнниттэн 5 кылааска ¼¹рэнэ кэлбитим. Ларионов Никифор Михайлович- директор, Мария Васильевна- география, ботаника учууталынан ¼лэлиирэ. Оскуоланы б¼тэриэхпэр дылы Слепцова Агафья Иннокентьевна саха тылын, Маслова Ирина Родионовна нуучча тылын, Максимов Иннокентий Максимович физкультура, Захаров Георгий Иванович завуч, история учуутала этэ. Олус табыллан ¼лэлиир педколлектив эбит.

Оскуолаºа пришкольнай учаастак баара. Тиийбит к¼н¼м «Урожай» быраа»ынньыга буолбута, оºуруот а»ын выставката тэрийбиттэрэ. Оºурсу, помидор, подсолнух, хортуоска, хаппыыста, эриэппэ, турнепс хаһан да харахтаан к¹рб¹т¹х астарым этэ. Оºо барыта араа»а сиэн-к¹р¼¹н баºардаºа буолуо. Сарсыныгар ботаника уруогун кэмигэр ити астары барытыттан ¹л¼¼скэ-¹л¼¼скэ гынан оºолорго барытыгар сиэппиттэрэ. Ити аан ма½най оºурсу, помидор- диэни амсайбытым. С¼рдээх мэник этим, ол эрэн ити кэнниттэн ботаника уруогар олус кы»алларым, ааºарым. Оннук Мария Васильевна ¼¹рэтэрэ ¼¹рэх- практика диэн ¹йд¹б¼ллээх. Саас к¼н¼с к¹»¼йэ о½орорбут онно рассада олордорбут, к¹р¹р-харайар этибит. Физическай географияºа чахчы ¼ч¼гэй билиини биэрбит эбит. Билигин да картаºа олус ¼ч¼гэйдик бы»аарынабын. Картаºа элбэхтик айанныырбыт, ¹р¼»¼нэн, муоранан, хайалар чыпчаалларыгар тахсарбыт,¼рд¼г¼н метрэтин ааºарбыт. Итини барытын «практикум» диирэ.

Учуутал буолан баран, историк да буолларбын Модукка ботаника, зоология, анатомия учуутала этим. Хатырык орто оскуолатыгар географияны ¼¹рэтэ сылдьыбытым. Уруоктарга бэлэмнэнэргэ эрдэтээºи ити предметтэри билии акылаатын ууруута ¼ч¼гэй буолан ыарырºаппат этим. Онно Мария Васильевна ¼т¼¹тэ ¹т¹ к¹ст¹р, ¼т¼¹кэннээх учууталым. Кэлин биир оскуолаºа ¼лэлии сылдьан «оºом» диирэ истэргэ кэрэ, ¼ч¼гэй этэ. Маннык учуутал оºолорго дьоллоругар т¼бэ»эр бадахтаах»



Дьон-сэргэ ¹й¹-санаата, олоºо чэчирии сайдарын ту»угар Мария Васильевна кы»амньылаах ¼лэтэ Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай Грамотатынан, олохтоох салайар органнар бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэннэ. В.И.Ленин т¹р¹¹б¼тэ 100 сылын туолар юбилейын чиэ»игэр кырдьаºас учуутал аата олохтоох оскуола «Бочуотун кинигэтигэр» ¼йэ-саас тухары суруллубута.

Достарыңызбен бөлісу:




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет