Поэзия сайдар хайысхалара
Билиҥҥи саха поэзиятын сайдыытын биһиги 1985 сылтан бэттэх ааҕабыт. Ол эбэтэр барыта 28 сылы хабабыт.
Билиҥҥи саха поэзиятын ааптардарын үс көлүөнэҕэ араарабыт.
-
Аҕа көлүөнэ поэттар (биэс уонус сылларга литератураҕа киирбит поэттар). Манна киирэллэр 1990-с уонна 2000 сыллар иккис аҥардарыгар, олохтон барыахтарыгар диэри айа-тута сылдьыбыт норуодунай поэттарбыт И.Гоголев, П.Тобуруокап, С. Тарасов, М.Ефимов уонна билиҥҥи кэмҥэ диэри этэҥҥэ айа-суруйа сылдьар автордарбыт В. Сивцев, В. Гольдеров, С. Тимофеев, Н. Дьяконов, Инн. Сосин, И. Горнай.
-
Орто көлүөнэ поэттар. Кинилэри эмиэ литератураҕа киирбит кэмнэринэн көрөн икки бөлөххө наардыыбыт. Бастакы бөлөххө 1970-80-с сылларга литератураҕа киирбит поэттары киилэрэбит – А. Старостин-Сиэн Кынаты, И. Мигалкины, Н. Харлампьеваны, иккискэ 1990-с сылларга литератураҕа киирбит – С. Капитоновы, О.Корякина-Умсуураны, С.Гольдерова-Саргы Куону, Н. Михалева-Сайаны, А.Парникова-Сабарай Илгэни, И. Баишевы, В.Петрова-Венераны, У. Ороһуунускайы, У. Ухханы, Н. Буҕаны,С. Зверевы о д.а.
-
Үһүс бөлөххө киллэрэбит 2000 сылтан литератураҕа киирбит, киирэн эрэр эдэр ааптардары: Г. Андросовы, А. Попованы, Я. Байгожаеваны, Р. Каженкины, Н. Ильинаны, З. Архипованы, Е. Мигалкинаны, А. Христофорованы, О. Лыткинаны, К. Кривошапкины о.д.а.
Билиҥҥи поэзия тиэмэтэ. 1980-с сыллар түмүктэригэр биһиги ордук аҕа көлүөнэ поэттар айар үлэлэрин бэлиэтиибит. Күннүк Уурастыырап, Л. Попов, П. Тобуруокап поэзиялара эрдэтээҕи кэм тыынын, олоҕу көрүүтүн салгыыллар. Маны таһынан, бу кэмҥэ билигин таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар поэттар литератураҕа утуу-субуу киирэн, ааҕааччы сэҥээриитин ылаллар. Ол курдук, Н. Харлампьева, А. Старостин-Сиэн Кынат, И. Баишев, И. Горнай айар үлэлэрэ биллэн-көстөн барар.
Билиҥҥи кэм поэзиятын тиэмэлэринэн көрөн маннык наардаах ырытыахха сөп.
-
Гражданскай лиирикэ. Эрдэтээҕи саха советскай гражданскай лиирикэтигэр улуу идеяҕа сүгүрүйэр, улуу державаны уруйдуур хабааннаах публицистическай хоһооннор суруллубут эбит буоллахтарына, 1980-с сыллар ортолоруттан гражданскай лиирикэ ордук П. Тобуруокап, С. Тарасов, М. Ефимов уонна эдэр ааптардар О. Корякина-Умсуура, А. Старостин-Сиэн Кынат, Н. Михалева-Сайа айар үлэлэригэр сонуннук, уратытык иһиллэр. Ол курдук билиҥҥи гражданскай лиирикэ олох, киһи аймах дьылҕата, Төрөөбүт дойду, норуот кэскилэ курдук тиэмэлэри анаарар, бу тула бөлүһүөктүүр. Биһиги государствобытыгар 1990-с сыллардаахха буолбут политическай, экономическай уларыйыылар, суверенитет ылыныллыыта барыта саха норуотун өйүгэр-санаатыгар күүскэ сабыдыаллыыр. Онон, биһиги республикабыт суверенитеты ылыыта, норуот өрө көтөҕүллүүтэ, төрүт култуураны, духуобунаһы сөргүтүү норуот поэтическай көрүүтүгэр эмиэ сабыдыаллаабыта.
Эрдэтээҕи кэмҥэ, 1980-с сыллардаахха эмиэ, саха поэттарын гражданскай лиирикэлэригэр элбэх норуот алтыһан, доҕордоһон олорор киэҥ нэлэмэн Советскай дойдунан киэн туттуу иэйиитэ көстүбүтэ. Манна Ленин, Коммунистическай партия, Москва куорат, Мавзолей символ суолталаах уобарастар быһыытынан ойууламмыттара. Оттон кэлиҥҥи кэминээҕи лиирикэҕэ төрөөбүт дойду уобараһа Саха сириттэн, аҕа алааһыттан саҕаланар (“Малая Родина”). Маны таһынан Төрөөбүт дойду уобараһын хоһуйуу бэйэ-бэйэни ситэрсэн биэрэр икки тус-туспа ис хоһоонноох хайысхалаахтык сайдар. Бастатан туран, поэттар саҥа суверенитеты ылбыт республикалаах, тус култууратын, төрүт үгэстэрин сөргүтэр норуот уобараһын арыйбыттара. Бу кэмҥэ эдэр поэттар О.Корякина-Умсуура, Н.Михалева-Сайа, И.Николаев-Уххан төрөөбүт норуотунан киэн туттар, түмсүүлээх буолууга ыҥырар ис хоһоонноох айымньылара сүрүннүүр оруолламмыттара. И.Николаев-Уххан “Хоһооннор” диэн айымньытыгар:
Саха сахатынан кэрэтин
Санаа дала оҥостуох,
Омук уратытынан күүстээҕин
Олох тухары умнумуох – диэн этиитэ сонуннук иһиллибитэ уонна саҥа кэм тыынын толору тиэрдибитэ.
Маны таһынан, биһиги государствобытыгар 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар тахсыбыт социальнай-политическай, экономическай уларыйыылар, ССРС үрэллиитэ аҕа көлүөнэ поэттары олуһун долгуппута. Ол курдук саха народнай поэттара И.Гоголев, П.Тобуруокап, С.Тарасов олох, уопсастыба сыаннастарын уларыйыыларын, советскай кэминээҕи идеаллар сууллууларын олус ыарыылаахтык ылыммыттара. П.Тобуруокап айар үлэтин тухары тапталы, олоҕу уруйдаабыт лиирик-поэт быһыытынан биллибит эбит буоллаҕына, кэнники кэминээҕи поэтическай айымньыларыгар бэйэтин гражданскай позициятын ордук көрдөрбүтэ. Кэлиҥҥи хоһоонноругар киһи сиэр-майгы өттүнэн сатарыйыыта 1990-с сыллардаахха государствоҕа тахсыбыт политическай, экономическай уларыйыылары кытта сибээстээбитэ. Холобур, “Албын уонна сымыйа”, “Сэттэ кутуйах партията” хоһоонноругар аллегорическай уобарастар кэпсэтиилэрин нөҥүө оччотооҕу политиканы утарбыта.
Савва Иванович Тарасов 1980-2000-с сыллардаахха көлүөнэтин дьонун өйүн-санаатын эмиэ толорутук эппит поэттартан биирдэстэрэ. Кини “Холумтан буора”, “Ыллымматах ырыалар”, “Сиинэ түбэтигэр” диэн хомуурунньуктарыгар Киһи, Олох, Дьылҕа, Кэм-кэрдии туһунан түмүктээх санаалары метафорическай уобарастар нөҥүө ханалытан толорутук этэри ситиспитэ. Савва Тарасов кэнники кэминээҕи хоһооннорун лирическэй геройа – элбэҕи билбит-көрбүт саастаах киһи. Кини аныгы кэми олох баай уопутугар олоҕуран сыаналыыр. Ааспыты уонна билиҥҥини тэҥнээн көрөр эрэ буолбатах, аныгы общество сайдар сокуоннарын өйдүүргэ дьулуһар, билиҥҥи олоххо гражданин быһыытынан тус бэйэтин миэстэтин көрдүүр уонна булунар. Ол эбэтэр, бу айымньыларыгар ааптар уонна лирическэй герой силбэһэннэр, биир түмүллүбүт уобараһы үөскэтэллэр. Ааптар маннык айымньылара ис монолог куорматынан суруллубуттар.
Поэт гражданскай лиирикэтигэр поэтическай строкалар нөҥүө долгуйуу матыыбын истэбит. Били²²и кэмҥэ Төрөөбүт дойдубут инникитэ хайдах буолуой, үйэлэри уҥуордаан кэлбит норуоппут хайдах дьылҕаланыай, киһи-аймах олоҕо, сиэрэ-майгыта хайдах туруктаныай?
Савва Иванович поэзиятыгар саамай үрдүк өйдөбүлүнэн Киһи бэйэтэ буолар. Орто туруу дойду муҥутуур баһылыгынан кинини ааттыыр. Поэт киһи бараммат талаанын, өркөн өйүн күүһүн сөҕөр-махтайар, айхаллыыр. Ону тэҥэ, киһи айар дьоҕурун сэргэ, алдьатар күүһэ сүҥкэнин харааста бэлиэтиир. Киһи киһиэхэ ньүдьү балай сыһыана, тулалыыр эйгэтин харыстаабата – муҥутуур иэдээҥҥэ тиэрдэр кутталлаах.
Поэт лиирикэтигэр сибэтиэй уобарастарынан аал уоту араҥаччылыыр, аһыныгас, амарах санаалаах дьахталлар буолаллар. Оттон кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо холобур буолар аналлаахтар норуоттарын туһугар олох олорбут, дьон-сэргэ дьолун-соргутун уһансыбыт чулуу, хорсун дьон уобарастара. Оннук киһинэн поэт аан бастакынан Өксөкүлээх Өлөксөйү ааттыыр.
Үйэлэр солбуйсуулара, көлүөнэлэр алтыһыылара Савва Тарасов поэтическай строкаларыгар итэҕэтиилээхтик ойууланар. Аҕа көлүөнэ олорон ааспыт ХХ үйэтэ тахсыылаах да, түһүүлээх да түгэннэрдээҕин автор билинэр уонна кэлбит саҥа үйэҕэ эрэлэ улаханын туһунан маннык этэр:
Айгыр-силик
Аан Ийэ дойдуну
Абыраабыт,
Арчылаабыт
Албаннаах үйэ буолан,
Алгыс баһа сыаланнын!
(“Икки үйэ кирбиитигэр”)
Онон, С. Тарасов кэнники кэминээҕи гражданскай лиирикэтэ философскай хабааннаах диэн бэлиэтиибит.
Билиҥҥи саха поэзиятын гражданскай лиирикэтигэр сэрии тиэмэтэ сонуннук уонна икки хайысхалаахтык арыллар. Бастакытынан, сэрии туһунан хоһооннор поэттар ааспыт тус олохторун сырдатар буоланнар, ахтыы быһыытынан суруллубуттар. Манна Аҕа Дойду Улуу сэриитин эт хааннарынан билбит, кыайыыны уһансыбыт буойун-поэттар хоһоонноро киирэллэр. Буойун-поэттар сүрүннээн советскай саллаат сэриигэ хорсун быһыытын, Төрөөбүт дойдутугар бэриниитин туһунан өрө көтөҕүллүүлээх суруйаллар. Холобур, оннук ис хоһоонноохтор И. Артамонов “Сырдык эрэл” (1985), “Ыҥырар сулустар” (1988), И. Эртюков “Сир оҕолоро” (1980), “Дьол тусаһата” (1986), С. Тимофеев “Эриэн-быраан эйгэтигэр” (1985) диэн кинигэлэрэ. Бу поэтическай хомуурунньуктарга Ийэ дойдутун туһугар хорсуннук өстөөҕү кытта киирсибит буойун уобараһа толору арыллыбыт. Буойун-поэттар аныгы олох туһунан хоһоонноругар даҕаны лирическэй геройдара эйэни уһансар, “саллаат өрүү саллаат” диэн девизтээхтэр. Оннук ис хоһоонноохтор И. Артамонов “Сүрэхтиин кэпсэтиһии”, “Эйэ чорооно”, “Бүгүн эйэ иһин охсуһуу”, С. Тимофеев “Кынньараалы көрдөхпүнэ”, “Байыаннай учуоттан уһуллулар”, “Саллаат уҥуоҕар” диэн хоһоонноро. Маны таһынан, сэрии кэмигэр көлүөнэ көлүөнэнэн эт-хаан өттүнэн эчэйбитин, сүрэҕэс оспот баастаммытын туһунан хоһооннору кэнники кэмҥэ буойун-поэттарга эмиэ көрсөбүт. Холобур, С.Тимофеев «1921 сыллаахха төрөөбүттэр» диэн бэйэтин көлүөнэтин туһунан хоһоонун көрүөҕүн:
Сүүрбэ биир сыллаахха төрөөбүттэр,
Сүүстэн иккилэрэ төннүбүттэр, -
Сэрии ынырыгын көрсүбүттэр,
Сир үрдүттэн сүппүттэр.
Бу быһа тардыыга биир көлүөнэ дьонун ыар дьылҕатын поэт судургу тылларынан олус күүстээхтик эппит. Кэпсиир интонация бастакы үс строкаҕа уоннуу сүһүөҕүнэн бэриллэн баран бүтэһик строкаҕа кэлэн кыччыыра – сэттэ сүһүөххэ көһөрө, аллитерация туттуллуута, строкалары түмүктүүр тыллар “төрөөбүттэр”, “төннүбүттэр”, “көрсүбүттэр”, “сүппүттэр” ис хоһоонноро оччотооҕу көлүөнэ дьон трагедиятын дириҥник көрдөрбүттэр.
Иккиһинэн, сэрии кэмин тиэмэтэ тыыл олоҕун нөҥүө арыллар. Сэрии кэмигэр уонна сэрии кэнниттэн оҕо саастара ааспыт поэттар С. Тарасов, Н. Дьяконов, Е. Шестков-Эрчимэн, И.Федосеев-Доосо, Н. Винокуров-Урсун 1980-с сыллардаахха тахсыбыт поэтическай хомуурунньуктарыгар сэрии биир алдьархай өттө – тыыл олоҕо көстөр. Сэрии тыылыгар оҕолор улахан дьонтон хаалсыбакка үлэлээбиттэрин, тоҥмуттарын да, аччыктаабыттарын да туһунан итэҕэтиилээхтик И. Федосеев-Доосо суруйар:
Аргыардаах акыйаан муус хонноҕор,
Аймаһыйбыт алаастар быыстарыгар
Оҕо да буолларбыт олоҕу билбиппит.
Аччыктыыр диэн да тугун көрбүппүт,
Ардыгар дьону да көмпүппүт.
(“Уу, салгын тэҥэ” хоһоонтон).
Үөһэ ааттаммыт поэттар хоһоонноругар сэрии кэминээҕи олох-дьаһах уратытын ымпыктаан ойуулуулларын уонна лирическэй геройдара – оҕо оччотооҕу кэми ылыныытын итэҕэтиилээхтик тиэрдэллэрин бэлиэтиибит. Маны таһынан С. Тарасов, Н. Дьяконов хоһоонноругар «тымныы” уонна “аччыктааһын” метафорическай уобарас быһыытынан “сэрии” диэн тыл суолтатын дириҥэтэллэр, оттон кыракый саха балаҕана дьону өлүүттэн харыстыыр кириэппэскэ тэҥнээх:
Турар буолара...
киппэ кириэппэс курдуга
Бу дьиэ ол
уордаах охсуһуу тыылыгар...
Лүҥсүйэрэ түннүкпүтүн
аччык уҥуох сутуруга...
Тоҥуу-хатыы өһөстүк
арыйара халҕаммытын
(“Кыракый мас балаҕан” хоһоонтон).
Н. Дьяконов хоһоонугар уустук уобараһы айар: хас биирдии ыал балаҕаныгар алдьархайдаах сурах буолан киирбит сэрии алааһы хара күлүгүнэн сабардаабыт улахан хара сарыы кынат буолан ойууланар. Оттон сэриигэ барбыт эдэр саха уолун ыарахан дьылҕата, ытык анала хоһоон устата сыыйа арыллар уонна дириҥ ис хоһоонноох символ-уобараска тиийэ улаатар:
Этэрбэс быатыныы
Синньигэс ыллыгынан
Кэриэс тылланан,
Харах ууланан,
Саллаат айана саҕаламмыта,
Сапка дьылҕата ыйаммыта.
Ыраата барта алаас уола
Күннээх алгыһы илдьэ,
Күлү-көмөрү кэспитэ.
Үрдүк төлкөлөммүт суола
Олох тымырын курдук
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ
Тыргыллар куруук.
Н.Винокуров-Урсун “Чэгиэн-саҕаан” (1986) диэн орто саастаах оскуола оҕолоругар анаммыт хомуурунньугар бэйэтин оҕо сааһын холобуругар сэрии кэннинээҕи кэм оҕолорун ыарахан олохторун поэтическай строкалар нөҥүө арыйар. Маннык ис хоһоонноох хоһооннорун сүрүн санаалара биир поэтическай уобараска түмүллэллэр – ол үрүҥ туллук уобараһа буолар. Поэт лирическэй геройа, уйан куттаах уол, “ааһан, араҕан биэрбэт аччыктааһынтан, уһун кыһыны быһа тар үөрэттэн салҕан”, кыһалҕаттан үрүҥ туллукка туһах иитэр уонна уонунан сыллар ааспыттарын кэннэ субу курдук итэҕэтиилээхтик билинэр:
Сибилигин мин арай
Доҕуура суох туттарбын
Уурбут-туппут быһыылаах
Кылбаа маҥан туллукчааны.
Үрүҥ күнүм анныгар
Үөрүүм, дьолум бэлиэтин –
Үөһэ уунуом үрүҥ чыычаах
Үрүлүйэр кэрэтин.
Маны таһынан, Алдан өрүс, моҕотой, баҕа батаһа Урсун поэт оҕо сааһын ойуулууругар туттар уобарастара.
Онон, сэрии тиэмэтэ орто уонна аҕа көлүөнэ поэттар оҕо саастарын туһунан ахтыы-хоһоонноругар арыллар: тус олохторун, бэйэлэрин көлүөнэлэрин дьылҕатын ойуулууллар, киһи уйулҕатын итэҕэтиилээхтик арыйаллар.
Эдэр көлүөнэ поэттар хоһонноругар сэрии тиэмэтэ матыып быһыытынан иһиллэр. Кинилэр поэтическай айымньыларын сэрии тиэмэтигэр анаан Кыайыыны уһансыбыт аҕа көлүөнэҕэ махталларын, билиҥҥи Төрөөбүт дойдулара хайдах курдук күндүтүн биллэрэллэр. Оннук ааптардартан биирдэстэрэ И.Баишев буолар. Кини “Эргэ сохсо аттыгар”, “Блокада килиэбэ”, “Уот сэрии санитаркатыгар” курдук хоһоонноро ааспыты сыаналыыр, ытыктыыр билиҥҥи кэм дьонун өйүн-санаатын тиэрдэр.
Онон, саха поэттарын гражданскай лиирикэлэрэ философскай хабааннаах, буола турар быһыыны-майгыны, киһи-аймах кэлэр кэскилин туһунан анаарар уонна норуот төрүт култууратын, төрүт олоҕун-дьаһаҕын уус-уран тыл көмөтүнэн араҥаччылыыр, ону ааһан норуот кэлэр кэскилин туһугар долгуйар ис хоһоонноох хоһоон-айымньылара элбэхтэр. Онон, 1980-с сыллар ортолоруттан Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэмэтэ саха поэзиятыгар иккистээн эргиллэр уонна сэрии кэмигэр, кэнниттэн оҕо саастара ааспыт поэттар ахтыы-хоһоонноругар тыыл ыарахан олоҕо киһи уйулҕатын арыйан туран ойууланар.
Айылҕаны ойуулуур лиирикэ. Айылҕа уобараһа – ханнык баҕарар үйэҕэ, ханнык баҕарар норуот уус-уран литературатыгар дириҥ суолталаах. Хас биирдии поэт, кини баҕар, айар үлэнэн саҥа дьарыктанар да буоллун, уус-уран тыл күүһүнэн төрөөбүт дойдутун хатыламмат кэрэ айылҕатын хоһуйарга, айылҕа уобараһын нөҥүө киһи уустук уйулҕатын уонна кэрэ иэйиитин тиэрдэргэ дьулуһар. Айылҕа көстүүлэрэ киһини олох, дьылҕа, анал курдук үйэлээх тиэмэлэр тустарынан толкуйдаталлар.
Саха поэзиятыгар пейзажнай лиирикэ – бастатан туран, ураты национальнай көрүүлээх. Холобур, саха поэзиятыгар айылҕа тыыннааҕымсыйан, киһитийэн бэриллэр, ол биллэн турар, норуот үйэлээх үгэһин, олох туһунан бөлүһүөктээһинин, ол аата тулалыыр эйгэни уратытык ылыныытын кытта ситимнээх.
Айылҕаны ойуулуур лиирикэ саха литературоведениетын иһинэн элбэхтик чинчийиллибит тиэмэ буолар. Учуонайдар биирдиилээн поэттар, суруйааччылар айар үлэлэрин үөрэтэллэригэр, ураты истииллэрин чопчулуулларыгар бу тиэмэ хайаан да суолталаах миэстэни ылар. Холобур, ону биһиги саха биллииллэх литературоведтара Н.Н. Тобуроков, И.Г. Спиридонов, Н.З. Копырин, В.Б. Окорокова, А.Н. Мыреева, П.В. Максимова үлэлэригэр көрөбүт.
Нуучча литературоведтара В.Ф. Садовник, Б. Галанов, К.В. Пигарев, Г.В. Филиппов, И.О. Шайтанов, М.П. Гаспаров, М.Н. Эпштейн монографияларыгар нуучча поэзиятын пейзажнай лиирикэтин сиһилии чинчийбиттэрэ. Кэнники үлэлэртэн М.Н. Эпштейн “Природа, мир, тайник вселенной” диэн 1990 сыллаахха тахсыбыт анал чинчийиитэ сэҥээриини ылар. Учуонай нуучча литературатыттан холобурдары аҕалан айылҕаны ойуулуур лиирикэни көрүҥнэринэн (“пейзажные типы”) көрөн наардыыр. Билиҥҥи саха поэзиятын айылҕаны ойуулуур лиирикэтин М.Н. Эпштейн үлэтигэр олоҕуран ырытыахха эмиэ сөп. Ол биирдиилээн саха поэттара айылҕаны ойуулуур лиирикэ сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын уонна истииллэрин уратытын сыаналыырбытыгар көмөлөһөр.
М.Н.Эпштейн пейзаһы эстетическай суолтатынан көрөн маннык көрүҥнэргэ наардыыр: айылҕа кэрэ көстүүтүн туһунан хоһоннор (“идеальный пейзаж”), айылҕа дохсун уобараһа (“бурный пейзаж”), курус айылҕа (“унылый пейзаж”). Маны таһынан национальнай, экзотическай уонна фантастическай айылҕаны ойуулуур көрүҥнэри туспа наардыыр. Биһиги бу көрүҥнэртэн билиҥҥи саха поэзиятыгар ордук толорутук арыллыбыт уонна ойууламмыт айылҕа туһунан хоһооннору көрүөхпүт.
Айылҕа кэрэ көстүүтүн туһунан хоһооннор (“идеальный пейзаж”) античнай литература кэмиттэн баар буолбута уонна Орто үйэ, Туругуруу (Возрождение) кэмнэригэр ордук сайдыбыта. Маннык хоһооннорго лиирикэ дьоруойун иэйиитэ ураты кэрэ айылҕа уобараһын кытта ситимнэнэн ойууланар. М.Эпштейн суруйарынан, поэттар айылҕа кэрэ көстүүтүн хоһуйалларыгар дьыл кэмнэриттэн сайыны талаллар эбит уонна бу кэрэ хартыынаны уус-уран тыл көмөтүнэн ымпыктаан ойуулуулар. Онон, айылҕа кэрэ көстүүтүн туһунан хоһооннорго маннык ымпыктар хайаан да баар буолуохтаахтар эбит:
-
Сөрүүн салгын
-
Сөрүүн үрэх
-
Сибэкки арааһа
-
Бары сэбирдэхтэрэ силигилии сиппит мас
-
Ыллыыр чыычаахтар
Бу ымпыкка күн сардаҥалара, күөх от, мэччийэ сылдьар сүөһү (ынах, бараан) эбии ойууланыахтарын сөп. Маннык хоһооннорго Ийэ айылҕа киһини араҥаччылыырын, бары кэрэтинэн сааратарын көрөбүт.
Айылҕа кэрэ көстүүтүн туһанан хоһооннору саха поэттарыттан П.Тобуруокап, Н.Босиков, М.Ефимов, Н.Михалева-Сайа, С.Капитонов айар үлэлэригэр көрсөбүт. Поэттар саамай кэрэ сиринэн төрөөбүт дойдуларын – оҕо саастара ааспыт алаастарын ааттыыллар. Айылҕа кэрэ көстүүтүн саамай табатык уонна толорутук норуодунай поэт П. Тобуруокап “Алаасчааным барахсан” диэн хоһоонугар хоһуйбут:
ʳìµñòµéý êµëµìíµµð
ʳëµêý÷ýýí êµ³ë÷ýýííýýõ,
ʵ³ãýéáýõòèè ì³ëá³²íµµð
ʳ±³í êµ³±ý èýííýðäýýõ
Àëàà´ûãûì áàðàõñàí
Àëààñ÷ààíûì áàðàõñàí!
Õàðàõòàðû ñààòàòàð
Õàòû² ÷àðಠàðûûëààõ,
Íüóðãó´óíó íóî±àòàð
Òîëóó òîìòîð òóìóëëààõ
Àëàà´ûãûì áàðàõñàí
Àëààñ÷ààíûì áàðàõñàí!
ʵ³ðýéýýõòèè òóéààðàð
ʵ³ðýãýé÷ýýí ÷ûû÷ààõòààõ,
Òóíàëûéà òóíààðàð
Äüîëóî ìà²àí õàëëààííààõ
Àëàà´ûãûì áàðàõñàí
Àëààñ÷ààíûì áàðàõñàí!
Ñèêêèýð òûàëòàí ñèëýëëýð
Ñýëèý´èíýé áóðäóêòààõ,
Àðàìààòòààõ ìµ³òòýíýð,
À²ûëûéàð ñàëãûííààõ
Àëàà´ûãûì áàðàõñàí
Àëààñ÷ààíûì áàðàõñàí!
Бу хоһооҥҥо биһиги иннибитигэр ураты кэрэ сир ойууланар. Манна күн сардаҥаларынан күлүмнүү оонньуур күөл ньуура, хатыҥ чараҥ уобараһа, кэрэ сибэкки, сүрэҕи-быары сылаанньытар күөрэгэй ырыата, сөрүүн тыал, минньигэс сыт – барыта дьол уйата алаас буоларын итэҕэтэр.
Нуучча лиирикэтигэр үрэх ойууланар эбит буоолаҕына, саха лиирикэтигэр алаас күөлүн көрөбүт. Оттон мэччийэ сылдьар ынах-сүөһү, эбэтэр бараан ыстаадатын оннугар биэлээх кулунчук ойууланыан сөп. Онон, айылҕа кэрэ көстүүтүн туһунан хоһооннор омук литературатын аайы уопсай канону ыспакка эрээри норуот тугу ордук сөбүлүүрүн, кэрэ көстүүгэ тэҥниирин кытта ситимнээх эбит.
Айылҕа дохсун уобараһа (“бурный пейзаж”) маннык уларыйбат ымпыктартан турар:
-
тыас-уус: туох эмэ сууллар, алдьанар тыаһа, бөрө улуйара
-
ыас хараҥа, ытыс таһынар түүн
-
күүстээх тыал
4. дохсун долгун
5. сис тыа, таас туруук хайалар
6. туох барыта алдьанан, сууллан эрэрин туһунан санаа.
Айылҕа дохсун уобараһа саха литературатыгар ордук 1920-1940- с сыллардаахха ойууламмыт. Революция идеятын өрө туппут, Аҕа дойдуну көмүскүүр инниттэн тус олоҕу да толук уурарга бэлэм кэмнэргэ айыҕа уустук символическай суолталаах уобараска кубулуйбута. Бу кэмнэргэ буурҕа – революцияны, атаҕастаммыт-баттаммыт норуот өрө туруутун, оттон күнү сабардаабыт хараҥа былыт – өстөөх кимэн киириитин, норуот дьолун кэҕиннэрбит иэдээҥҥэ тэҥнээҕэ. Айылҕа дохсун уобараһын Б.Ойуунускай, С.Кулачиков-Эллэй, С.Васильев-Борогонскай хоһоонноругар ойуулаабыттара.
Билиҥҥи саха лиирикэтигэр айылҕа дохсун уобараһын уһук хоту дойдуну ойуулуур хоһооннорго көрсөбүт. Билиҥҥи хоһооннор социальнай, политическай кырааската суохтар, ол оннугар айылҕа ураты көстүүтүн ойуулууллар. Холобур, М. Ефимов, В. Соловьев-Болот Боотур айар үлэлэригэр. Бастакы бэйиэт “Хахсаат түүн”, “Сылгыһыт” диэн хоһоонноругар киэҥ нэлэмэн хотугу сиргэ буурҕа түһүүтүн көрдөрөр. Оттон иккис бэйиэт Болот Боотур “Хотугу муора кыыһырбыт уора” хоһоонугар айылҕа дохсун уобараһын Хотугу Муустаах акыйааны ойуулууругар көрөбүт:
Ñà±à±û õàõõàëûû ñàáàðäààí,
Ñàëãûíû òà²íàðû ñàïñûûðäààí,
ʵäýðèê áûëûòòàð ê³òòµëýð,
ʵ´µ²²µ áóñõààòòàð òµñòµëýð.
Õàõñààòòààõ áóóð±à òýáèý´èðýí,
Õà´ûûðàí-û´ûûðàí áàðäà,
Ñàë±ààòàð ñàë±ààí, êµµ´µðýí,
Ñàòàëààõ ñààïïàñ äèýí òóðäà.
Ñèïñèýðäýýõ ñèëëèý ñèáèýòýííý,
Ñèèêòýýõ õààðûíàí òèáèèëýííý.
ʳᵳõòýñ äîëãóííàð ì³²µñòµëýð,
ʳ´³²³ ìóóñ õàéàëàð ê³ñòµëýð.
Өйгө оҥоһуллубут айылҕа туһунан хоһооннорго (“пейзаж воображения”) фантастическай пейзаж, кэбирэх, алдьанымтыа айылҕа уобараһын, мифологическай пейзаж ойуулуур ньымаларын көрөбүт.
Бу уустук айылҕа уобараһын М.Ефимов кэлиҥҥи кэминээҕи айар үлэтигэр көрсөбүт. Поэт “Хотой үҥкүүтэ” диэн 1993 сыллаахха тахсыбыт поэтическай хомуурунньугар “кэбирэх” айылҕа уобараһын арыйбыта. “Кэбирэх” айылҕа уобараһа, М.Эпштейн этэринэн, киһи бэйэтэ айан, тутан оҥорбут, хурустаал курдук үлтүрүйэр кыахтаах буолуохтаах диэн бэлиэтиир. Холобур, М. Ефимов “Үллэстии” хоһоонугар саҕах үлтүрүйэр кыахтаах хурустаал:
Чэ, аҥардаһыах саҕаҕы.
Курустаал урсуна
Лыҥкыныы тыаһаан,
Үлтү баран
Үрэллэ түһүүһү.
Оттон поэт Н. Дьяконов “Кыһыҥҥы тыа” хоһоонугар кыһыҥҥы ойуур хурустаалга тэҥнээх:
Кыһыҥҥы тыа – курустаал иһит.
Бэрт кыраттан даҕаны
Лыҥкыныы ыллыыһы,
Айылҕа ууран-тутан,
Харыстаан ахан айар эбит.
Хас биирдии поэт айар үлэтигэр сөбүлээн туттар уобарастардаах буолар. Ол эрээри ол уобарастар бүтүн норуот поэтическай көрүүтүн иһинэн сайдаллар. Ол курдук билиҥҥи айылҕаны ойуулуур саха лиирикэтигэр саамай элбэхтик мас уобараһа көстөр. Ол – тиит мас буолар. Тиит саха поэттарыгар саха норуотун олоҕун төрдө буолбут, олоҕун-дьаһаҕын бары араҥатын кытта быстыспат ситимнээх уобарас,ону таһынан ыраах сырыттахха төрөөбүт дойдугун санатар бэлиэ быһыытынан ойууланар. Иккис саамай хоһуйуллар маһынан хатыҥ буолар. Хатыҥы поэттар кыыска холууллар, таптал символын быһыытынан ылыналлар. Бу икки мас саха поэзиятыгар сүрүннүүр миэстэни ылалларын маннык быһаарабыт: Саха сирин ойуура үксэ тиит мастан турар, оттон хатыҥ тас көстүүтүнэн биһиги дойдубут саамай кэрэ маһа буолар.
Тиит мас уобараһа норуот тылынан уус-уран айымньытыгар элбэхтик ахсааны уонна кээмэйи көрдөрөр суолталаах. Холобур, олоҥхоҕо айыы бухатыырын уонна кини атын тас көстүүлэрэ, күүстэрэ-уохтара тиитинэн кээмэйдэнэллэр.
1980-с сыллар ортолоругар В.Новиков-Күннүк Уурастыырап, Н. Босиков, А.Старостин-Сиэн Кынат хоһоонноругар тиит мас уобараһа ордук ойууламмыт. Манна тиит мас ханнык да бэйэлээх тыйыс тымныыттан толлубакка үүнэр кыаҕынан тулуурдаах, дьулуурдаах уонна муударай киһини уобарастаан көрдөрбүттэрэ. Холобур А.Старостин-Сиэн Кынат “Лиҥкир тииттэр сарадах иилэригэр турабын” хоһоонугар өйүнэн-санаатынан күүстээх киһини тиит маһы кытта тэҥниир:
...Ким бу сиргэ дириҥ силистээх мас курдук кытаанахтык турар,
Ким бу буор тымныытыттан толлубат
Ол бүгүн саҥа санааларынан сайа тыынар.
Дьылыгырайбыт үөмэх лабаалартан үөрэбин, киэн туттабын.
“Хара”, “дьэбир”, “чэгиэн”, “суон”,” лиҥкир, “муҥураат” – тиити хоһуйалларыгар билиҥҥи поэттар туттар эпитеттара.
Саха норуота урут да, билигин даҕаны оһох отторугар, дьиэ тутуутугар тиит маһа суох сатаммат. Тыйыс айылҕа бытарҕан тымныытыттан, өҥүрүк куйааһыттан саха киһитин быыһыыр, араҥаччылыыр кыахтаах тиит мас эбит. Ол иһин тиити Н.Босиков саха норуотун төрдүн курдук көрөр:
Саха сирин тиитэ суох түстээбэппин,
Кини саха дьонунуун дьэбир, хара.
Туох да диэн киэргэппиппит иһин,
Тииттэн тирэхтээх курдукпут сахалар.
Олоҥхоҕо, эрдэ бэлиэтээн эппиппит курдук, бухатыыры тииккэ холууллара. Оттон билиҥҥи поэзияҕа тиити бэйэтин бухатыырга тэҥнээн ойуулуулларын бэлиэтиибит. Холобур, Н.Босиков “Айылҕа алыба, тапталым”, “Баай хара тыаҕа дьаарбайа тахсабын” хоһоонноругар. Оттон К.Уурастыырап кэнники кэминээҕи хоһоонноругар тиит соҕотохсуйууну бэлиэтиир уобарас быһыытынан ойууламмыта. Н. Босиков “Буурҕаттан булгу барбыт тииттии”, А.Старостин-Сиэн Кынат “...Чэгиэн тиит тэтэркэй иэнинии хайы солоон”, “Суол аартыгар хагдарыйбыт суон тиит турар” диэн хоһоонноругар тиит уобараһын нөҥүө эмиэ соҕотохсуйуу матыыбын истэбит, киһи олоҕун туһунан санаа оонньооһунун көрөбүт.
Хатыҥ саха лиирикэтигэр элбэхтик хоһуйуллуута эмиэ норуот тылынан уус-уран айымньытын кытта ыкса ситимнээх. Ол курдук олоҥхоттон саҕалаан хатыҥы кыыска холууллар. Бу тэҥнэбил билиҥҥи поэзияҕа да киэҥник туттуллар. Холобур, Н.Босиков, С.Капитонов хоһоонноругар. “Кылбаа маҥан хатыҥнар”, “Нуоҕалдьыһар хатыҥ чараҥнар” диэн хоһоонноругар С.Капитонов лирическай геройун ис туругун, иэйиитин хатыҥ уобараһа тиэрдэр, сорох хоһоонугар таптал бэлиэтин быһыытынан ойууланаллар:
Суохтаама, хатыҥым барахсан, доҕорбун –
Бэйэм да ахтабын кинини олустук,
Сэгэрим кэриэтэ истиҥник санааммын
Эйиигин көрсөөрү мин кэлэн турдаҕым.
(“Баалаама, хатыҥыам”).
Кыргыттар поэзияларыгар хатыҥ эмиэ элбэхтик хоһуйуллар. Ордук лирическай героиня санаатын үллэстэр чугас уобараһа буолар:
Олох улуу түһүлгэтин
Өрүү маннык мичээринэн
Тыыннаах чэчир буолаҥҥыт
Киэргэтиһэ турдаргыт.
Нарыйаана хатыҥнарым,
Намыын-намчы эдьиийдэрим...
(Н.Михалева-Сайа “Нарыйаана хатыҥнарым”).
Саха поэттара ордук сайыҥҥы хатыҥы ойуулууллар. Ол курдук саамай элбэхтик хатыҥы хоһуйбут поэт С.Капитонов кыһыҥҥы айылҕа туһунан “Хатыҥнар сайыны түһүүллэр” диэн хоһоонугар хатыҥнар син биир сайыны “саныыллар”:
Алааһым саҕатын таптааннар
Утуйа тураллар хатыҥнар,
Сылаас хаар саҕынньах биһигэр
Хатыҥнар сайыны түһүүллэр.
Маны таһынан, С.Капитонов “Айманыма, көлүкэчээн”, “Хатыҥнар ытаһар курдуктар”, О.Корякина-Умсуура “Тапталым маһыгар” диэн хоһоонноругар хатыҥ арахсыы, хомолто символын быһыытынан эмиэ бэриллэр.
Билиҥҥи саха поэттара тыаны, ойууру уонна тайҕаны суолталаах уобарас быһыытынан эмиэ тутталлар. Холобур, тыа – үйэлээх муудараһы иҥэриммит, онон киһини биир кэм угуйар, бэйэтигэр тардар улуу күүскэ тэҥнээх. Ол туһунан ордук суруйбута Н.Босиков “Тыа”, “Улуу күүрээн хардыыта” диэн хоһоонноругар.
Онон, 1985 сылтан бэтэрээ кэмҥэ саха поэттара айылҕаны уус-ураннык хоһуйууга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Поэтическай уобарастара норуот эстетическэй көрүүтүн тиэрдэллэрин таһынан, поэт стилэ атын поэттан уратылааҕын арыйарга көмөлөөхтөр. Маны таһынан, биир поэт айар үлэтин устатын тухары айылҕаны хоһуйарыгар туттар уобарастара уларыйаллар эбит. Холобур, Күннүк Уурастыырап сүүрбэһис үйэ отутус сылларыгар мутукча тыллыытын, көҕөрүүтүн, саас кэлиитин хоһуйбут эбит буоллаҕына, кэлиҥҥи кэминээҕи айар үлэтигэр тиит уобараһын толору символическай суолталаан арыйбыт. Национальнай литературалар уратылаһар өрүттэрин айылҕаны ойуулуур лиирикэ нөҥүө эмиэ көрүөххэ сөп.
Достарыңызбен бөлісу: |