1.5. О¡О ЛИТЕРАТУРАТА
Оҕо фольклорун уонна оҕо литературатын анаан үөрэтиигэ Россия науката өссө да эдэр. Үөрэтиллэн саҕалаабыта икки үйэни кыайбат кэм буолла. Историяттан көрөр буоллахха, оҕо культурнай өйдөбүлэ - оҕо фольклоругар интэриэстэн саҕаламмыта. 1830-с сыллар бүтүүлэриттэн оҕо фольклорун холобурдарын хомуйан, бэчээккэ таһаартаран саҕалаабыт дьонунан И.П.Сахаров, В.И.Даль, П.В.Киреевский, П.А.Бессонов, П.В.Шейн, Е.А.Покровский буолаллар. Онтон 1920-с сыллар бүтүүлэригэр О.И.Капица уонна Г.С.Виноградов аан бастаан оҕо фольклорун научнайдык быһаарбыттара, итиэннэ үлэ академическэй принциптэрин ыйбыттара. Cүүрбэһис үйэ иккис аҥарыгар В.П. Аникин, М.Н.Мельников, С.М.Лойтер, онтон да атыттар баар матырыйааллары эбэн-сабан уонна наардаан биэрбиттэрэ. Кинилэр педагогтары бэлэмниир бырагырааммаҕа оҕо фольклорун курсун бигэргэппиттэрэ.
Оҕо фольклорун уонна оҕо литературатын сибээстээҕин туһунан өйдөбүл XIX-XX үйэлэргэ эрэ баар буолбута. Оттон 1930-с сылларга методист-филолог идэлээх М.А.Рыбникова уонна фольклорист-литературовед М.К.Азадовскай чопчулаабыттара. Чинчийээччилэр о±о литературатыгар норуот тылынан уус-уран айымньыта ураты суолталаа±ын ыйбыттара. Фольклору суруйааччылар эмиэ хомуйбуттара, тылбаастаабыттара, үөрэппиттэрэ. Ити түмүгэр оҕолорго аналлаах бэрт үчүгэйдик таҥыллыбыт, наардаммыт араас норуот баай фольклора бу кэмҥэ диэри тиийэн кэллэ. XX-с үйэ чинчийээччилэрэ В.Д.Разова, Е.М.Неелов, ону сэргэ XX-XXI үйэлэр учуонайдара В.В.Головин, О.Ю.Трыкова оҕо эйгэтин билиҥҥи культураны уонна литератураны быстыспат ситимнииллэр.
Оҕо литературатыгар наука өттүттэн интэриэс аан бастаан, 1820-30 сыллартан саҕаламмыта. Бу иитээччилэр уонна кинигэни атыылааччылар наадыйыыларыттан үөскээбитэ. Маҥнай кинигэлэр каталогтарын - таһаарааччылар оҥороллоро. Кинилэр ааҕааччылары араҥаларынан уонна саастарынан көрөн араараллара. XVII-XIX үйэлэргэ кинигэни атыылааччылар уонна оҥорон таһаараччылар оҕоҕо уонна норуокка анаммыт кинигэлэри бииргэ холбууллара. Оҕо литературатын бастакы кириитигэ уонна теоретигэ В.Г.Белинскэй төрүт культураҕа уонна аныгы кэм өйүгэр-санаатыгар киллэрэр туһунан боппуруоһу быһаарары саҕалаабыта.
Уопсай литератураттан оҕо литературатын ирдэбиллэрэ бу курдуктар диэн араарар билигин да кыаллыбакка турар кытаанах боппуруос буолар. Өссө Орто үйэ кэмин ааптардара оҕоҕо анаан суруйуу улахан дьон киэниттэн уратылаах буолуохтаах диэн быһааран тураллар. Ити эрээри искусство уопсай сокуонун билинэр уонна кинигэни «үтүө» уонна «мөкү» диэҥҥэ араарар дьон син биир бааллара. Кинилэр оҕо литературатын педагогика у´уйуутун курдук ылыналлара. Атыттар оҕо литературатын уратыта суруллар тиэмэтин уратытыгар эрэ сытар дииллэрэ, биитэр ис хоһооно тиийимтиэ диэн этэллэрэ.
Сорох литературоведтар уопсай эстетическэй хаачыстыбалаах диэн этэн туран, оҕо литературатын чорбоппот буола сатыыллар. Онтон атыттар оҕо литературатын уус-уран таһыма арыый да намыһах диэн сыаналаан, маассабай литература к³рµ²µн быһыытынан араараллар. Мантан сиэттэрэн оҕо литературатын араарар биир арылыччы критерийинэн “ааҕар оҕо” диэн ³йд³бµлµ ааттыахха сөп. Онон оҕо литературата социокультурнай көстүү биир көрүҥүнэн буолар. Ити уопсастыбаҕа оҕо субкультуратын сайыннарар. “Ааҕар оҕо” уобараһа – бу салааны тиэкистэн көрөн тута быһаарыахха сөп. Биир строфаны дуу, абзаһы, биитэр биир этиини ааҕан баран, бу оҕо айымньыта буоларын этэбит. Маныаха, оҕо литературатын биир интэриэһинэй өрүтүнэн үөрэтии-такайыы, билиини биэрии буолар. Холобур, биир эмит оҕо айымньытын ис хоһооно, улахан киһиэхэ туох эрэ элбэҕи этиэн, тиэрдиэн сөп. Маны таһынан, оҕо литературатыгар биир сүрүн оруолу диалог ылар. Суруйааччы диалогу этическай уонна эстетическэй таһымы ааҕааччы хайдах ылыныаҕын учуоттаан туран онорор. Биллэн турар, итини таһынан кини бэйэтин кэмигэр сөп түбэһиннэрэн, оҕо литературата быһа холоон хайдах буолуохтааҕын билэн туран айымньытын суруйар.
Оттон аныгы оҕо литературата икки өйдөбүллээх. Ол курдук, манна оҕо ааҕар бары айымньыларын киллэрэллэр, ити эрээри анал үөрэхтээхтэр (литературоведтар, библиотекардар, педагогтар) иккис, наука өйдөбүлүн ылыналлар. Научнай классификацияҕа айымньылары үс көрµҥҥэ наардыыллар: чопчу оҕоҕо анаммыт (холобур, Корней Чуковскай остуоруйалара) айымньылар, улахан дьоҥҥо анаан суруллубут эрээри, оҕолор ортолоругар биһирэбили ылбыт айымньылар (А.С.Пушкин остуоруйалара) уонна оҕо бэйэтэ айбыт айымньыта – итини үксүн оҕо литературатын айымньыта диэн ааттыылар.
Оҕо литературатын, улахан дьон литературатыгар курдук эмиэ жанрынан араараллар. Биллэн турар, итини араарарга уопсай литератураҕа баар жанрдары умнар сатаммат – роман, сэһэн, кэпсээн, поэма, драма, комедия, онтон да атын. Маныаха, остуоруйа сабыдыала улахан буолан, бу хайысхалар оҕо литературатын эйгэтигэр киирдэхтэринэ, атын жанрдар тахсан кэлэллэр. Ол курдук, сэһэн-остуоруйа, поэма-остуоруйа, уо.д.а. Ити эрээри драма хайысхатын ылар буоллахха – манна трагедия суоҕун кэриэтэ. Тоҕо диэтэр, сүрүн, биһирэбиллээх герой айымньы бүтэһигэр өлөн хааларын оҕо өйө-санаата ылыммат.
Онон оҕо литературата жанрдарынан арахсыыта кыра кээмэйтэн саҕаланар. Аан бастаан, кырачааннар хоһоону, остуоруйаны үөрэтэн саҕалыыллар, онтон сэһэҥҥэ, хойут драмаҕа киирэллэр. Оҕо өйө-санаата, бастаан, тулалыыр эйгэни үчүгэй эрэ өттүнэн көрө-истэ үөрэнэр, кини олох куһаҕан, мөкү өрүттэрин ылынара, ону ааһан өйдүүрэ уустук. Онон айымньы оҕону кэрэҕэ уһуйар, оннук үтүө, ыраас «дойдуга» тиэрдэр буолуохтаах. Кинилэр айымньы үчүгэй түмүктээх буоларын баҕараллар.
Саха литературатыгар оҕо литературата сүүрбэһис сыллартан сайдыбыта. Үөскээбит төрүөтүнэн норуот тылынан уус-уран айымньыта буолар. Сэбиэскэй былаас сылларыгар эрэ бүттүүн литератураны кытта тэҥҥэ оҕо литературата сайдан барбыта. Ол иһин оҕо литературатын төрүтүн уонна атаҕар турар түһүмэхтэрин саха сэбиэскэй литературатыттан туспа ылан көрөр табыллыбат. Саха сиригэр оҕо литературатын сайдыытын биир төрүтүнэн тылынан уус-уран айымньы баайа буолар. Урут-уруккуттан саха норуотун героическай эпоһа – олоҥхо, норуот номохторо, үһүйээннэрэ, ырыалар, остуоруйалар, таабырыннар, чабырҕахтар, өс хоһоонноро, бэргэн этиилэр оҕоҕо өбүгэтин былыргытын уонна билиҥҥитин туһунан билиини биэрэр биир көрүҥ, итиэннэ төрөөбүт тылы билэр µ³рэх быһыытынан буолара. Тылынан уус-уран айымньы арылхай уонна уус-уран формата, итиэннэ иитэр-үөрэтэр өрүтэ үгүс буолан, оҕо олох кыра сааһыттан өйдүүр, ылынар. Онон саха бастакы суруйааччылара тылынан уус-уран айымньыга сигэнэллэрэ ылбычча буолбатах. Кинилэр оҕо айымньыларын тылынан уус-уран айымньы сюжетыгар, тематыгар тирэҕирэн, олоҕуран суруйаллар. Ити түмүгэр, сахалыы оҕо литературатын бастаан сайдар кэмигэр фольклорга маарынныыр, уус-уран формата, тыла-өһө чугас этэ. Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар оҕо литературатын сайдыытыгар маҥнайгы хардыылар оҥоһуллубуттара. Холобур быһыытынан ылан көрөр буоллахха, бастакы тыл үөрэхтээҕэ С.А.Новгородов биллэр кинигэлэригэр (1917, 1922 сыллар) киирбит айымньылар улахан аҥардара норуот остуоруйаларыттан, кэпсээннэриттэн, үһүйээннэриттэн, ырыаларыттан таҥыллыбыт этилэр, итиэннэ олоҥхоттон быһа тардыылар эмиэ бааллара. Онтон 1923 сыллаахха Ленинградка «Сурук-бичик» диэн саха букубаара бэчээттэнэн тахсыбыта. Букубаарга оҕолорго аналлаах барыта 74 айымньы киирбитэ, ол иһигэр сүүрбэ сэттэ тылбаас, онтон атына саха суруйааччыларын айымньылара. И.А.Крылов үгэлэрэ, Л.Н.Толстой остуоруйаларын тылбаастара, саха норуотун биллэр остуоруйалар «Таал-Таал эмээхсин», «Кутуйахтар тойонноро», «Баҕа хайдах кырыыса үрдүгэр олорсон айаннаабытай?» онтон да атыттар бааллара. Букубаарга суруйааччылар А.И.Софронов уонна А.Е.Кулаковскай хоһоонноро киирбиттэрэ. Эмиэ ити сыл «Ааҕар кинигэ» бэчээттэнэн тахсар. Кинигэ сатаан ааҕар оҕолорго туһуланар, уопсайа алта уонча айымньы тахсар. Ону таһынан үөрэтэр уонна наука, олох эйгэтиттэн билиини-көрүүнү биэрэр хабааннаах матырыйааллар киирэллэр. Ол курдук төрөөбүт айылҕа, ийэ сир, Саха сирин кыылларын, көтөрдөрүн туһунан кэпсээннэр, этнографическай хабааннаах - саха норуотун национальнай бырааһынньыгын ыһыах, норуот медицинатын, история, астрономия, география, геология, дойду государственнай тутулун туһунан кэпсиир ис хоһоонноох матырыйааллар бааллар. 1925 сыллаахха Дьокуускайга Н.Афанасьев, П.Слепцов уонна В.Давыдова ааптардаах «Саҥа суол» диэн үөрэнэр кинигэ тахсыбыта. Манна киирбит үгүс айымньылар ааптардар суруйуулара этэ. Онтон 1926 сыллаахха бу «Саҥа суол» иккис кинигэтэ тахсыбыта. Бу кинигэҕэ эмиэ ааптардар элбэх айымньылара киирбиттэрэ.
Онтон салгыы тахсыбыт кинигэ үһүс, төрдүс чаастарыгар дьыл кэмигэр сыһыаннаах айымньылар, ону тэҥэ оҕолор бэйэлэрин кэтээн көрүүлэрэ киирбиттэрэ. Революция иннинээҕи бастакы суруйааччылар А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов оҕолорго анаммыт айымньылара эмиэ норуот тылынан уус-уран айымньытын кытары ыкса сибээстээхтэр. Итини сэргэ, талааннаах суруйааччылар бу айымньыларыгар оҕо тулалыыр эйгэни көрүүтүн ааҕааччыга тиэрдибиттэрэ. Ол курдук, Өксөкүлээх Өлөксөй оҕолорго аналлаах ырыалара «Кутуйах», «Куоска», «Саҥа дьыл» айымньыларын ааттыахха сөп. Алампа «Чабырҕах» айымньыта уобараһынан, хоһоонун тутулунан норуот тылынан уус-уран айымньытыгар ханыылыы буолар:
Уон улахан оҕус
Тоҕус лоҥкур торбос
Аҕыс аҕам ынах
Сэттэ тиһэх тиҥэһэ
Алта аҥаарыма атыыр
Биэс миинэр миҥэ
Түөрт үчүгэй төрүөх
Үс үүттээх үтүрүм
Икки эмэр ньирэй
Биир мииниллэр биэ.
Ити кэм²э саҥа айан эрэр суруйааччылар бары кэриэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытынан сирдэтинэллэрэ биллэр этэ. Тылынан уус-уран айымньыга тирэҕирэн литературнай айымньыны ылынар судургу курдуга.
Ити курдук, саха сэбиэскэй литературата атаҕар туруутугар оҕолорго анаммыт айымньылар букубаардарга, бастакы ааҕар кинигэлэргэ киириилэрэ – оҕо литературатын сайдыытыгар бастакы хардыылар оҥоһуллубуттарынан ааттыахха сөп. Оттон олох хаамыыта уус-уран уонна идея өттүнэн үрдүк таһымнаах айымньылар айыллалларын ирдиирэ. Саха пионердарын, оскуола үөрэнээччилэрин саҥа кэм сүрүн түгэннэрин кытары билиһиннэрэр, кинилэри сэбиэскэй идеологияҕа иитэр-үөрэтэр кинигэлэр наадалар этэ. Ити соругу ситиһэргэ улахан оруолу 1923 сыллаахтан тахсыбыт «Молодежь Севера» ыччат хаһыата ылбыта. Кэлин 1927 сыллаахха «Хотугу ыччат» диэн ааттанан бэчээттэнэр буолбута. Хаһыат литературнай сирэйдэригэр Эллэй, Абаҕыыныскай, Бэс Дьараа´ын, Амма Аччыгыйа оҕолорго аналлаах кэпсээннэрэ, нуучча литературатын айымньыларын тылбаастара уонна Саха сирин ыччатын олоҕун туһунан сырдатар очеркалар тахсаллара. 1928 сыллаахтан хаһыакка «Пионер страницата» диэн анал балаһаҕа оҕолор бэйэлэрэ кыттар, айар кыахтаммыттара, кинилэр кэпсээннэрэ, очеркалара, хоһоонноро, фельетоннар бэчээттэнэр буолбуттара. Оҕо литературатын сайдыытыгар өссө биир сүрүн сабыдыалы нуучча классическай уонна сэбиэскэй литературата оҥорбута. Саха оҕолоро тылбаас к³м³тµнэн нуучча классическай уонна сэбиэскэй литературатын кытары билсэн барбыттара. А.С.Пушкин хоһоонноро, В.А.Жуковскай остуоруйалара, И.А.Крылов үгэлэрэ, А.П.Чехов, Л.Н.Толстой оҕолорго аналлаах кэпсээннэрэ, В.Г.Короленко сибиирдээҕи кэпсээннэрэ – бары сахалыы саҥарбыттара. 1919-1920-с сыллартан саҕалаан саха литературатыгар тылбаас сайдан барбыта. Тылбаас саха литературатыгар саҥа сүүрээн буолбута.
Сэбиэскэй литература о±ону иитиигэ уонна са²а былааска патриотическай тыыны и²эриигэ улахан суолтаны биэрэрэ. Ол курдук, Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар суруллубут оҕо айымньыларыгар суруйааччылар саҥа кэми көрдөрөргө дьулуһаллара. Саха сирин аныгы, социальнай олоҕун туһунан уонна саха норуотун күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын туһунан чопчу оҕолорго диэн анамматах, ол эрээри сөп түбэһэр диэн талыллыбыт айымньылар ааҕар уонна үөрэнэр кинигэлэргэ киирбиттэрэ. Манна сэбиэскэй былаас саҕана үөдүйбүт кылаассабай охсуһуулар сырдатыллыбыттара. Дьадаҥы, хамначчыт дьон бэйэлэрин бырааптарын туһугар охсуһаллара эдэр ааҕааччыны долгуппута, ити түмүгэр үлэһит норуоту баттыыр кулаактарга, баайдарга сыһыаннара өстүйбүтэ. Онон революция иннинээҕи саха норуотун ыарахан олоҕо, оҕолор үөрэҕэ, сайдыыта суохтарын таарыйар, арылхайдык арыйар тиэмэлэр баһылыыр миэстэни ылбыттара. Итинник хабааннаах айымньыларынан Күндэ, Бэс Дьарааһын, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа кэккэ кэпсээннэрин киллэриэххэ сөп. Итини тэҥэ оҕо ааҕар айымньыларын ахсааныгар биир бастыҥ миэстэни, кэлин оҕо литературатын маастарынан буолбут, Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон айымньылара ылбыттара. «Сордоох суха», «Хара²а±а тыкпыт сырдык», «Чµ³чээски», «Ч³³ч³» кэпсээннэрэ ыччат ортотугар киэҥ биһирэбили ылбыта. Оттон Күндэ, Бэс Дьарааһын, Степан Ефремов пьесаларыгар оскуола тиэмэтин көрдөрбүттэрэ. Драматурдар үөрэҕэ суох нэһилиэнньэҕэ саҥа оскуола миэстэтин уонна оруолун көрдөрөргө дьулуспуттара. Бу кэм литературатыгар поэзия баһылыыр-көһүлүүр миэстэни ылбыта. Саха поэзиятын үгүс айымньылара оҕо ааҕарыгар анаммыттара. Ол курдук, сүүрбэһис сылларга улахан дьон уонна оҕолор ортолоругар П.А.Ойуунускай революционнай хабааннаах «Көҥүл ырыата», «Былааһы сэбиэккэ!» ырыалара киэҥ биһирэбили ылбыттара. Ойуунускай оҕолорго анаан нуучча суруйааччыларын элбэх айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Онон оҕолор А.С.Пушкины, В.А.Жуковскайы, И.А.Крылову уонна кинилэр айымньыларын кытары билсиилэрэ саҕаламмыта. Үгэ оҕоҕо ордук чугас. Бу хайысхаҕа ордук чаҕылхайдык Күн Дьирибинэ суруйара. «Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс», «Сахсырҕалаах таракаан», о.д.а. оҕолор ааҕыыларыгар бигэтик киирбиттэрэ. Бу үгэлэр норуот остуоруйаларыгар чугас буоланнар ордук ис киирбэхтэр. Маны тэҥэ Эллэй хоһоонноро эмиэ бэйэлэрин ааҕааччыларын булбуттара. 1925 сыллаахха тахсыбыт «Ырыанньык» диэн хомуурунньукка Эллэй сүүрбэ алта ырыата уонна тылбаастара киирбиттэрэ. Онтон 1929 сыллаахха кини бастакы «Кµ³гэйэр кµннэрбэр» хомуурунньуга бэчээттэммитэ. Онон суруйааччылар о±о уйул±атын арыйар айымньылара сэбиэскэй литература бастыҥ ситиһиитинэн буолбуттара, элбэх оҕо сүрүн туппуттара, иитэр-µ³рэтэр суолталаммыттара.
Онон, сахалыы оҕо литературата революция бастакы сылларыттан олук уурбута уонна норуот тылынан уус-уран айымньытын баайынан, итиэннэ нуучча литературатын сабыдыалынан сайдан барбыта. Ити курдук саха бастакы классик суруйааччылара оҕо литературата сайдарыгар бастыҥ акылааттарын уурбуттара, кэнэҕэски көлүөнэ кинилэр айымньыларыгар иитиллэн тахсалларыгар төһүү күүс буолбуттара.
Билиҥҥи кэмҥэ оҕо литературатын туһунан этэр буоллахха, «Бичик» кинигэ кыһата араас жанрга суруллубут айымньылары тиһигин быспакка бэчээттиир. Холобура, кэнники уонча сылга оҕолорго анаан тахсыбыт кинигэлэр ону туоһулууллар. Олох кыра саастаах оҕолортон саҕалаан улахан кылаастарга үөрэнэр оҕолорго анаан араас жанрга суруйбуттара бэчээттэнэн таҕыстылар. Кинигэлэр ааптардарынан араас идэлээх дьон – учууталлар, иитээччилэр, биллиилээх прозаиктар, поэттар, саҥа саҕалаан эрэр ааптардар буолаллар. Урукку сылларга оҕолорго анаан кинигэ тахсара аҕыйах эбит буоллаҕына, билигин кинигэ эгэлгэтэ баар буолла. Бу - олохпут ирдэбилэ, сайдыыта. «Бичик» кинигэ кыһата билиҥҥи оҕо литературата сайдыытыгар улахан оруоллааҕын бэлиэтиибит. Ол курдук саҥа саҥаран эрэр олох кыра саастаах оҕолортон саҕалаан, улаатан, олох киэҥ аартыгар үктэнэн эрэр улахан оҕолорго анаан кинигэлэри бэлэмнээн таһаарыылара кэрэхсэбиллээх. Оҕо саас атын-атын кэрдиис кэмнэригэр идэниллэр сериянан тахсар кинигэлэр даҕаны туоһулууллар. Холобура, «£ҥ-дьүһүн абылаҥа», «Знаете ли вы?», «Остуоруйа эйгэтэ», «Төрөөбүт сахам сирэ», «Саха суруйааччылара - оҕолорго», «Кырачааннарга», «Билэ-көрө үөрэнэбин» уо.д.а. Кинигэлэр ойууларын, иллюстрацияларын туһунан этэр буоллахха, кинигэлэр уруһуйдара, матырыйаала да болҕомтоҕо ылыллан, кэнники сылларга биллэ тубуста. Өҥнөөх ойууларын кэрэтэ хайа баҕарар оҕо интэриэһин тардыан тардар.
Кэнники сылларга оҕоҕо анаан тахсыбыт айымньылары биирдиилээн көрдөххө, этиллибитин курдук, ааптардар араас жанрга суруйан, сонун тиэмэни билиҥҥи олох көстүүтүгэр, проблематыгар сыһыаран, айымньы нөҥүө ыччаты сырдыкка, үтүөҕэ иитэллэр. Холобура, „£с хо´ооно - ³бµгэ номо±о“ диэн М.П.Саввина хомуйан оҥорбут остуоруйа – инсценировка кинигэтэ сонун та´аарыы буолар. £с хо´оонугар ки´ини кэрэ±э сирдиир, сырдыкка угуйар норуот ³рк³н ³й³, улуу муудара´а к³ст³р. Мария Саввина диэн Чурапчы улуу´ун Бахсы нэ´илиэгин иитээччитэ хомуйан та´аарбыт кинигэтигэр ³с хо´оонунан байытыллыбыт саха остуоруйалара, нуучча остуоруйаларын тылбаастара, ону тэ²э Иннокентий Сосин „Махтала суох“ остуоруйата киирбиттэр. Хомуйааччы барыта сµµстэн тахса ³с хо´оонун хомо±ойдук туттубута, остуоруйаны са²а тыынныыр, о±о билиитин-к³рµµтµн кэ²этэр, тылын-³´µн байытар, µ³рэтэр сыаллаах. Холобурга, „Кэччэгэй балыксыт“ диэн остуоруйаттан холобурдаатахха:
„Кэпсээнньит: Былыыр-былыр эмээхсиннээх оҕонньор элбэх хаары санныларыгар сүгэн, икки ардыларынан уу тэстибэт доҕордуу буолан олорбуттара эбитэ үһү. Оҕонньор, өбүгэтин туйаҕын хатаран, тууһут идэлээх эбит. Сүрэхтээх сүгүн буолбат, күөлгэ бараары хомунар.
Оҕонньор: Ас халлаантан түспэт, барамын туубун көрүүм. Ок-сиэ, эрэйдэммит киһи аһыыр диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Эмээхсиммэр илии тутуурдаах, өтүүк харалаах тиийииһикпин дии“.
Кыра оҕолор куукула театрдарыгар, эбэтэр оҕо саадыгар, кылааска оонньоон туруоралларыгар айымньылар олус наадалар. Сценкалар, кыракый пьесалар оҕолору имигэстик кэпсэтэр тылга үөрэтиигэ олус туһалаахтар.
Егор Макаров „Чыычаах түбүгэ“ диэн кинигэтигэр оҕолорго саха сирин көтөрдөрүн, кыылларын билиһиннэрэр. Кэпсээннэригэр айылҕа оҕолорун чуо ойуулаан, характеристикалыыр. Холобура, „Ураанай диэн бэрт сэдэхтик көстөр кус. Ураанай кууруссаҕа маарынныыр, төбөтүгэр кыччыгый тараахтаах, сүүһүгэр маҥан ураанньыктаах, кылгас кынаттаах, бэйэтэ ыас хара“ диэн быһаарар. Ити курдук оҕо кыра эрдэҕиттэн кыыллар, көтөрдөр ааттарын, уратыларын, туһаларын билэригэр суолталаах. Ааптар бэйэтэ билинэринэн, кыра оҕолору айылҕа араас куонна кыылларыгар маарынната көрөр-истэр идэлээх эбит. Онон, оҕо психологиятын билэр буолан, оҕоҕо тиийимтиэ гына тэттик кэпсээннэри ис хоһоонноон, сюжеттаан, оҕо айылҕа кыылларыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһанналларыгар иитэр. „Чэрэкээттэ“ диэн кэпсээҥҥэ ньирэй туһунан кэпсэнэр. Бу дьиэ кыылын тыа оҕото үксэ билэр гынан баран, айымньыга ньирэй санаата, хомолтото, эмоцията сонуннук ойууланар. „Чэрэкээттэ барыны бары сонурҕаан көрөр, оҕо оҕоттон өтүө дуо, билиэн көрүөн баҕарар. Дьиэ таһыгар турар мотоциклы сытырҕалаан иһэн туора ыстанна. Сибиинньэ мултулдьуйан ааһан эрэрин дьиибэргээн одуулаһан туран, анарааҥыта чугаһаабытыгар, кэннинэн чугуруҥнаата, ойоҕоһугар кырдьаҕас бөтүүк хааман мэтэлдьийэн кэлэн, кини таһыгар хонос гына түһээт, хаһыытаан тоҕу барда. Чэрэкээттэ соһуйан, бүтэй маһын быыһынан таһырдьа сылыбыр гынан хаалла“, - диэн, ааптар ньирэйи характеристикалыыр. Ньирэй түбэспит дьиэ далыттан ыраатан, мүччүргэннээх сырыылара айымньыны сонун тыынныыр.
Уйбаан Б³тµµнµскэй “Дьикти тµбэлтэ“ диэн орто саастаах о±олорго анаммыт кинигэтэ 2011 с. тахсыбыта. „Дьикти тµбэлтэ“ диэн тэттик кэпсээнигэр Абый улуу´угар Сутуруоха диэн нэ´илиэгэр чахчы буолбут тµбэлтэ ту´унан кэпсэнэр. Халампаас Ньукулай диэн балыксыт ки´иэхэ тыатаа±ы иккитэ кэлэн баппа±айыгар хаппыт куру² мас мутуга батары киирбитин ыллара сатыыр.
Бу кэпсээ²²э тыатаа±ы сиэмэх кыыл буолбакка, ки´ини тыыппат, куттала суох кыыл бы´ыытынан к³ст³р. Ааптар тыатаа±ыны “аада²наан“, „лэппэрдээн“, „“к³рд³´³рµµ сымна±ас ба±айытык к³р³-к³р³“ диэн тылларынан ойуулуур буолан, бу дьикти тµбэлтэни о±о ³йµгэр о²орон к³р³н, айымньыны ылынарыгар ту´алаах.
“Харыалаах Хоноо´ой“ диэн кэпсээнигэр Уйбаан Б³тµµнµскэй эмиэ тыатаа±ы тиэмэтин таарыйар. Адьыр±а кыылы Хоноо´ой ³л³р³бµн диэн сыы´а туттан кэби´эн, дэ²нэнэр. £р кэм²э сытартан, дьарыга суох сылдьартан сылайар: „Ки´и µлэлээбэт-хамсаабат буолла±ына, ³р барыан табыллыбат. Таах сытар ки´и а²аардас санаатыттан-оноотуттан да±аны сотору „мас сонун“ кэтиэн с³п диэн этиигэ айымньы идеята к³ст³р. Манан ааптар о±ону дьарыктаах, µ³рэхтээх, µлэлээх буолууга ы²ырар.
„Айыы ки´итэ а´ыныгас, кµн ки´итэ к³мµскэс“ диэн кэпсээнигэр ааптар сэрии сылларыгар ааспыт о±о саа´ын итэ±этиилээхтик сэ´эргиир, µтµ³ санаалаах дьон к³м³л³рµнэн µ³рэнэн олоххо суолун булуммутугар махтанар. Айымньыга к³ст³р персонажтары, сирдэр ааттарын, сылларынан буолбут тµгэннэри - барытын ааптар буолбуту кэпсиир буолан, автобиографическай характердаах. О±о бу кинигэттэн кытаанах сокуоннаах сэрии ыар тыынын, ас-та²ас кырыымчыгын, µ³рэххэ тиксэр эрэйин билэр. Арыгы, табах буортутун ааптар бэйэтин холобуругар о±олорго „бу ку´а±ан дьаллык“ диэн кµµ´µнэн со²нообокко эрэ, иитэр-µ³рэтэр хаачыстыбалаахтык сэ´эргиир.
О±о литературата фольклору кытта быһаччы сибээстээх. £бµгэлэрбит о±ону иитиигэ тылынан уус-уран айымньы улахан оруоллаа±ын билэр, ону суолталыыр буоланнар туспа о±о±о аналлаах айымньылары айбыттар эбит. Ол и´ин билигин о±о фольклора уонна улахан ки´и фольклора диэн ³йд³бµллэргэ араараллар. О±о фольклорун сµрµн уратыта диэн, бэйэтэ туспа поэтикалаах, анал аадырыстаах уонна оонньуу ньыматынан суруллубут айымньы. Фёдор Постников – Арчы Сµ³дэр “Олоххо бэлэмнээх буол“ диэн 2012 сыллаахха тахсыбыт кинигэтэ о±о литературатыгар сонун формалаахтык суруллубут. Ааптар таабырын-кэпсээннэр диэн бы´аарар. Кинигэ±э Айгылаан диэн уол кµннээ±и оло±угар сы´ыаран ааптар аа±ааччыга иитэр-µ³рэтэр, толкуйдатар ис хо´оонноохтук сэ´эргиир, таайтарар. Ийэтэ уолугар чабычаххын кичэйэн сылаас уунан сууйаар, үүккүн онно кутан уураар диэн сорудахтыыр. Айгылаан атаһыгар тахсан сылдьан үүтун умнан кэбиһиэр. Ийэтэ үлэтиттэн кэлиитин чугаһыгар сүрэҕэлдьээн сууйбакка, кирдээх иһиккэ кутан чарылатан сөрүүн умуһаҕы булларар. Киэһэ аһылыкка ийэтэ үүт таһааран чэйигэр куппута ыдьырыччы иирэн тахсар. Онуоха ийэтэ: „Аата сүрүккэтэ, үүккүн иирдэн, хаарыан аһы буорту гыммыккын“, - диэбитигэр, Айгылаан „Бэйи эрэ, тоҕо иирдэҕэй? Суорат куппатаҕым ээ“, - дии саныыр, толкуйга түһэр. Ити курдук кэпсээн геройа аралдьыйан дуу, мэниктээн дуу о²орбут ал±астарыгар ааптар риторическай ыйытыы биэрэр, эбэтэр аа±ааччыны толкуйдатар инниттэн айымньыны тµмµгэ суох а´а±ас хаалларар. Манан аа±ааччыны (о±ону) со²нообот, с³пт³³х бы´аарыныыны бэйэтэ булан ылынарыгар кыах биэрэр. А±а саастаах ки´ини ытыктыырга, ыраастык туттарга, айыл±а кистэлэ²нэрин, ку´а±ан дьаллык буортутун ³йдµµргэ, сиэр-майгы µтµ³ µгэстэригэр иитэр-такайар. О±о илиитигэр тутан бастаан аа±ар кинигэлэрэ кини оло±угар улахан суолталаах буолаллар. О±о хайдах ки´и буолан µµнэн тахсара, личность бы´ыытынан сайдара, уопсастыбаны кытта алты´ыыта айымньы н³²µ³ аа´ар. Онуоха Арчы Сµ³дэр „Олоххо бэлэмнээх буол“ диэн таабырын-кэпсээн ньыматынан о±о±о тулалыыр эйгэни били´иннэрэр, кини толкуйдуур дьо±урун сайыннарар суолталаах.
Билиҥҥи кэмнээх саха литературатын сайдыытын, аныгы туругун биир ураты көстүүтүнэн дьахтар прозата буолар. Дьахтар прозата саҥа тиэмэни, сонун уобарастары киллэрбитэ. Т.Находкина, учуутал идэлээх ки´и сиэринэн, оскуола оло±ун сырдатар, т³р³ппµт уонна о±о сы´ыаннарын арыйар кэпсээннэри суруйар. Эмиэ учуутал идэлээх Анна Варламова – Айысхаана аата саха литературатуратыгар «Хахсаат тыал» (1993), «Күн бэлэҕэ» (1995), «Сүлүһүннээх иннэ» (2005), «Ыраатар бэйэҕин сайыһа» (2007) уо.д.а. кинигэлэринэн биллэр. Айысхаана саха тылын учууталынан, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан, кэлин ыарахан иитиилээх оҕолору иитиигэ үлэлээбитэ. Ол да иһин суруйааччы айар үлэтин аныгы о±о±о, ыччакка аныыр, били²²и кэм²э о±о±о аналлаах айымньылары суруйааччылартан биир саамай актыыбынайдара. Кини билиҥҥи ыччат кыһалҕаларын төрдүттэн билбит буолан, ааҕааччы хараҕар субу буола турар хартыынаны ойуулаан, долгутан суруйар. Кини айымньыларын сонун тиэмэлээх, судургу сюжеттаах буоланнар, ааҕаачыны умсугуталлар, ситиһиилээхтэр. Киһи өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалар түгэннэри ойуулуура, хартыына оҥороро ордук табыллар. Кини бу тиэмэтигэр кэпсээнтэн са±алаан, сэ´э²²э тиийбит ааптар, оттон ³сс³ аны о±о литературатыгар роман курдук б³д³² жанры киллэрбит суруйааччы буолар. Ол курдук «¥ргүөрдээх кэм үнүгүстэрэ» (2012) роман бастакы чааһа күн сирин көрөн, ааҕааччыга сонун сүүрээни киллэрдэ. Оскуола олоҕун тематын, үөрэнээччилэр, учууталлар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын, психологическай туруктарын Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» (1967), Далан «Дьикти саас» (1978) сэһэнин кытта ханыылыы тутан ааҕаҕын. Оскуола реформатын олоххо киллэрии билиҥҥи кэрдиис кэмҥэ педагогика уонна литература чугастара көстөр. Оскуола эйгэтэ хас биирдии киһиэхэ ханан эрэ сыһыаннаах, чугас буолар.
Достарыңызбен бөлісу: |