Российскай Федерация µ³рэхтээ´и²²э уонна наука±а министерствота


Эдэр поэттар айымньыларын сыаналаа´ын



бет7/8
Дата17.06.2016
өлшемі0.82 Mb.
#142988
түріМонография
1   2   3   4   5   6   7   8
Эдэр поэттар айымньыларын сыаналаа´ын.

Эдэр поэттар айымньыларын тµмэн сыаналаа´ы²²а икки µлэ анаммыт: Н.Е. Винокуров-Урсун «Эдэрдэринэн эбиллиэхпит», Н. Рыкунов «Саха оҕуһун мииннэ да – ырыаһыт».

Урсун «Эдэрдэринэн эбиллиэхпит» (Чолбон, 2008. №5) обзорнай ыстатыйатыгар эдэр суруйааччылар сµбэ мунньахтарын мэктиэтинэн бэчээттэммит алта кинигэ±э (Рустам Каженкин-Арчы Уола «Олук тыл», Яна Байгожаева «Сырыы аайы са²аттан», Гаврил Андросов «Боотур холото», Елизавета Мигалкина «Сулустар ы²ыра к³р³лл³р», Марфа Птицына «¥с ат ми²эм», Жанна Леонтьева «Чэчик») уонна Ульяна Захарова «О´уор туос» кэпсээннэрин кинигэтигэр бэлиэтээ´иннэри о²орор, ааптардарга инники айар µлэлэригэр сµбэ биэрэр. Урсун Яна Байгожаева лирическэй герой ис туругун а±ыйах тылынан ойуулуур ураты дьо±урдаа±ын, оттон Жанна Леонтьева а±ыйах тылынан уустук санаалары тиэрдэри сатыырын чорботор; Елизавета Мигалкина ураты поэтическай куоластаа±ын, Марфа Птицына хо´оонноро кини иэйии уонна санаа поэта буоларын бигэргэтэллэрин бэлиэтиир.

Рустам Каженкин-Арчы Уола айар µлэтин фольклортан силис тардан µ³скээбит хо´ооннорунан са±алаабыта би´ирэнэр, ол эрэн фольклорга олус охтуу хоромньулаах буолан тахсыбыта ыйыллар: «Арчы Уолун эргийэр эйгэтэ били²²итэ фольклор. Хас тыла, образтара, санаатын салбыр±а´а ити эйгэттэн. Кини итэ±э´э онтон. ¥³рэ-дьµ³рэ тылга µлµ´µйэн, ардыгар этиэхтээх санаатын ситэ тиэрдибэт – хо´оонун тµмµгэ µксэ ы²ырыы, алгыс» (С. 91-92). Урсун фольклор эйгэтиттэн поэзия эйгэтин арааран ³йдµµр суолталаа±ын бэлиэтиир. Арчы Уола итини ³йд³³н, дьи² поэзия эйгэтигэр киирэргэ дьулу´ара чорботуллар. Урсун Арчы Уолун басты² хо´оонноругар Алампа интонацията баарын ыйар. Эдэр ааптар олоххо баар ки´ини ойуулууругар то±оостоох тµгэни ылан баран, ону аа±ааччыга ситэ тиэрдибэтэ, айымньытын дири²эппэтэ итэ±эс бы´ыытынан бэлиэтэнэр.

Урсун Гаврил Андросов «Боотур холото» кинигэтин ту´унан бэлиэтээ´инигэр Наталья Харлампьева, Ольга Макарова µрдµк сыанабылларын ³йµµр, элбэ±и эрэннэрэр поэт буоларын табыллыбыт булумньулара, иэ±эн этиилэрэ кэрэ´элииллэрин чорботор. Маны та´ынан ардыгар тылы сыы´а туттарын ыйар, сорох уобарастаан этиилэрин ылымматын бэлиэтиир: «халлаантан хара хаар тохторо», «ырыанан ынчыктыы ытыыбын», «таа´ынан та²нары тамнаата», «ыар ыра ыппыт ырбаларын... ырбыт ыкка ындыылаабытым», «кэрэххэ кэлгиллибит кэптии кэм-кэрдии киригэр и²митим...». Тµмµгэр ыстатыйа ааптара: «Ити тыллар, бука, олох уустугун к³рд³р³лл³р³ буолуо гынан баран, са±алаан эрэ поэт ыар-ньа²сыыр тылларыгар кубулуйан хаалбаттара буоллар ханнык!» (С. 93), - диэн сырдык ба±атын этэр.

Эдэр кэпсээнньит Ульяна Захарова «О´уор туос» (Илгэ, 2007) кинигэтигэр киирбит айымньыларга Урсун маннык сыанабыл бы´ар: «Манна киирбит бары кэпсээннэр балачча психологическай ты²аа´ыннаахтар. Дьон бы´ыытын-майгытын кырдьыктаахтык, итэ±этиилээхтик тиэрдэллэр. Итиннэ автор оло±у, дьону кыра±ытык кэтээн к³р³р³ к³ст³р. Сорох кэпсээннэр аа±ааччыны долгуталлар. Олорго «Ийэ сылаас тыына», «Кэрэмэс», «Олох кистэлэ²э», «Олох эгэлгэтэ», «Уйгулаана» кэпсээннэри киллэрэрбин» (С. 95). Урсун Ульяна Захарова кэпсээн жанрыгар сити´иилээхтик µлэлиэ±эр, инники кэскиллээ±эр итэ±эйбитин биллэрэр.

К³ст³рµн курдук, суруйааччы-кириитик Н.Е. Винокуров-Урсун хас биирдии эдэр ааптарга ту´аайан олус суолталаах бэлиэтээ´иннэри биэрбит, ба±а санаатын эппит, алгы´ын анаабыт. Кини кириитикэтэ сиэрдээх, ону аа´ан эдэр ки´ини айар µлэттэн тэйиппэт курдук «харыстабыллаах» («гуманнай»). Бу - суруйааччы кириитикэтин тус уратыта. Биллэрин курдук, суруйааччы-кириитик литературнай процесс субъега буоларын бы´ыытынан, литература сайдар тосхоллорун «иһиттэн» быһаарсар кыахтаах. Ол иһин атын суруйааччы (ааптар, эдэр суруйааччы) айар үлэтин үгүстүк кэтээн көрөр, кини истиилэ, тус уратыта чочулларыгар көмөлөһөр, суолун ыйан-кэрдэн биэрэр.

Эдэр кириитик Н. Рыкунов «Саха оҕуһун мииннэ да – ырыаһыт» (Чолбон, 2009. №1) диэн ыстатыйатыгар Елизавета Мигалкина, Марфа Птицына, Яна Байгожаева, Рустам Каженкин айымньыларын ырытар. Хас биирдии ааптар хо´оону о²орор уратытын, тиэмэтин арыйар, идиэйэтин тириэрдэр уус-уран ньымаларын ыйар, табыллыбыт уобарастаа´ыннарын холобурдуур. Яна Байгожаева «Сырыы аайы са²аттан» кинигэтигэр киирбит айымньылары µс кэрчик кэм²э арааран ырытар. Бастакы кэрчик кэм (1990-1996 сс.) хо´оонноро ааптар тапталын, µ³рµµтµн-к³тµµтµн, хомолтотун уонна айар µлэ илби´иттэн дьоллонуутун кэпсииллэрэ бэлиэтэнэр. Бу кэрчик кэм лирическэй геройа бэйэтин «кутаа уокка», «сиккиэр тыалга», «кыыл таба±а» тэ²ниирэ этиллэр. Иккис кэрчик кэм (1997-2006 сс.) хо´ооннор таптал µйэлээ±ин хо´уйаллар, дьахтал аналын арыйаллар. Бу кэмнээ±и лирическэй герой ки´и кыайбата диэн бу орто дойдуга суо±ар бигэтик итэ±эйэр. ¥´µс кэрчик кэм (2007 с.) са²а са±аланан эрэрэ, ааптар бэйэтин ³сс³ да к³рдµµ сылдьара этиллэр. Н. Рыкунов Яна Байгожаева уобарастаа´ыннарын бол±омто±о ылар, айыл±а к³стµµлэрин, саха т³рµт ³йд³бµллэрин уобарас бы´ыытынан µгµстµк туттуутун т³рµ³тµнэн эдэр кириитик ааптар айыл±аны му²ура суох таптыырыттан уонна саха остуоруйаларыгар бигэнэн улааппытыттан буолуо диэн бы´аарар. Оттон сонун уобарастаа´ыннары (кинигэ, кумах куйаар, ара²ас ³²) киллэриитин сайдыы бэлиэтинэн сыаналыыр.

Н. Рыкунов: «Рустам Каженкин айымньылара били²²и литература форма±а (тутулга) бол±омто уурбат буолбутун к³рд³р³р. Фольклорга оло±урбут айымньы тутула кэ´иллэр, т³рдµн-т³б³тµн сµтэрэр. Тµмµгэр айымньы ис хо´ооно ситэтэ суох, аа±ааччыга ³йд³мм³т буолар» - диэн суруйар (С. 88). Кириитик Рустам Каженкин µгµс айымньылара алгы´ынан, анда±арынан, арчылаа´ынынан, кутуруунан тµмµктэниилэрэ кини фольклор жанрыгар «халыйа» турарын туо´ута диир. Н. Рыкунов эдэр ааптар айымньыларыттан бэрт а±ыйа±ы уус-уран айымньынан ааттыахха с³п диэн тµмµктµµр. Оттон ааптар сити´иитигэр ойуулуур ньымаларын, этии тутулун кыайа-хото тутуутун киллэрэр.

Эдэр поэттартан кириитикэ±э ордук бэлиэтэммит ааптарынан Гаврил Андросов буолар. Аа±ааччы кэрэхсээбитэ, кириитикэ би´ирээбитэ мээнэ±э буолбатах эбитин Гаврил Андросов 2010 сыллаахха Россия Суруйааччыларын сойуу´угар чилиэнинэн ылыллыбыта да±аны туо´улуур. Ол курдук Гаврил Андросов айымньыларыгар анаан ырытыылары О. Макарова («Поэзия алаа´ыгар дьо´ун уолан киирэн и´эр...», Чолбон, 2007. №8), М.П. Попова («Бичиктээх билгэ хаантан билгэлэтэн...» (Гаврил Андросов лиирикэтин уус-уран уратылара)», Чолбон, 2010. №11), Н. Рыкунов («Прозаттан µ³скээбит поэзия», Чолбон, 2011. №11) суруйбуттара.

Бу µлэлэргэ Гаврил Андросов т³р³³бµт тылын ис-и´иттэн дири²ник таптыыр, билэр, умсугуйар поэт буолара, айымньылара философскай хабааннаахтара, гражданскай лиирикэ ураты миэстэни ылара бэлиэтэммитэ. Литературовед М.П. Попова эдэр поэт хо´оонунан айымньыларын жанрыгар маннык бэлиэтээ´ини о²орбута суолталаах: «Боотур холото» хомуурунньукка киирбит сорох хо´ооннор фольклорнай жанрга чугастар. Холобур, «Куйаар Кудук ма´ын ту´унан кутуруу», «Хотой µ²кµµтэ». Английскай сонет форматын сабыдыалынан суруллубут «Сонет» айымньы эмиэ баар. Ааптар кэли²²и кэм²э ха´ыаттарга тахсыбыт, рукопи´ынан да сылдьар айымньылара цикл киэбинэн суруллубуттар. Холобур, «Сµµс т³гµл этиллибит сµбэлэр», «Таптал тылдьытыттан талан ыллахха», «Этиттэрии». Бу циклларга оло±у анаарыы, тапталга билинии, саха оло±ун уратытын сэ´эргээ´ин тµмµллэннэр ки´и дьыл±атын, олоххо аналын б³лµ´µ³ктээн этэллэр. Маны та´ынан алгыс, аман ³ст³р, мэнэрийии курдук уустук фольклорнай формалар киэптэринэн суруллубут хо´ооннору эмиэ сэргии аа±абыт» (С. 95).

Н. Рыкунов «Прозаттан µ³скээбит поэзия» диэн ыстатыйатын са±аланыытыгар Гаврил Андросов поэзиятыгар проза айымньыларын Далан «Тулаайах о±о», «Тыгын Дархан», Н.Лугинов «Сэргэлээххэ», «Нуоралдьыма чара²ар» о.д.а. сабыдыала баарын бэлиэтиир. Ол туо´утунан Гаврил Андросов айымньыларын сµрµн уобарастара - болот, куйах, кылыс, µ²µµ, ох о.д.а. – буолаллара ыйыллар. Салгыы «£рг³´µнэн сµрэхпин µ³лэн...», «Таас хайаттан», «Уус», «Сурдум кэриэ´э», «Сµµс т³гµл этиллибит сµбэлэр», «Туох буолуой...», «Этиттэрии», «Анаарар айымньы» айымньыларын ырытан, сµрµн санааларын арыйар. Эдэр поэт к³²µл ту´унан «Этиттэрии» диэн хо´оонун эдэр кириитик били²²и кэм²э у´улуччу табыллыбыт айымньынан ааттыыр уонна маннык бэлиэтээ´ини о²орор: «Ол эрэн автор манна «К³²µл» ту´унан туойар буолла±ына, бу тылы туттуо да, ахтыа да, ааттыа да суохтаах этэ. Бу тыл ахтыллыытын тµмµгэр айымньы чочуллубут бы´ыыта кµлµгµрэ тµ´эр. Онон хо´оон аатын уонна тµмµгµн чочуйан биэрдэххэ кµµстээх айымньы тахсыан с³п. Уус-уран литература биир сµрµн уратыта, хо´уйар тематын аатын айымньытыгар туттуо суохтаах. Аа±ааччы ол теманы бэйэтэ чувствуйдуохтаах, ³йдµ³хтээх. ¥гµс эдэр суруйааччылар биир кыайтарбат ³рµттэрэ ити» (С. 89). Н. Рыкунов бу бэлиэтээ´инэ «Этиттэрии» диэн хо´оон ту´унан ма²най о²орбут табыллыбыт айымньы диэн тµмµктээ´инин утарар.

Ыстатыйа тµмµгэр Гаврил Андросов поэзиятын арахсыспат темаларынан кырдьык, к³²µл, эр ки´и дьыл±ата буолара этиллэр: «Кырдьыгы, к³²µлµ туойар айымньы оптимистическай тыыннанар. Ону ³йд³³н автор араастаан эргитэ сылдьан хо´уйар. Айымньылары омос к³рд³хх³ кылы´ы ³р³ тутуу, халы² куйа±ы кэтии, ³рµµ кыргы´ыы. Ол эрээри кыргы´ыы, куйах, кылыс уобарастара Ганя айымньытыгар ³л³р³р-³´³р³р аналлара суох. Кинилэр мэлдьи кырдьыгы, бар дьону туруула´а, к³мµскэ´э сылдьар аналлаахтар. Ол онтон сиэттэрэн эр ки´и темата µ³скµµр. Онон кини µлэлэ´э сылдьар темалара бары бэйэ-бэйэлэрин кытары ситимнээхтэр» (с. 90). £ск³тµн ыстатыйа са±аланыытыгар Н. Рыкунов Гаврил Андросов поэзиятыгар проза сабыдыала баарын боппуруос бы´ыытынан туруоран, ону ырытар, арыйар сыал-сорук туруорбут буолла±ына, би´иги санаабытыгар, ол сити´иллибэтэх. Кириитик туруорбут проблематыттан халыйан, Гаврил Андросов хо´ооннорун ырытан, поэзиятын сµрµн тиэмэтин бы´аарар, ону ыстатыйаттан бы´а тардыы туо´улуур. Онон ыстатыйа аата ис хо´оонугар с³п тµбэспэт буолан тахсар.

Н.Рыкунов ырытыылара били²²и литературнай кириитикэ±э сонун к³стµµ бы´ыытынан сыаналаныахтарын с³п. Эдэр кириитик эт-саастыы ааптардарын айымньыларын ырытан, тус санаатын суруйбута литература±а туспа суолталаах. Кини ырытыылара, тµмµк санаалара - били²²и аа±ааччы аныгы кэм айааччытыттан ирдэбилэ, литература сайдыахтаах суолун биир хайысхата.

Эдэр хо´оонньуттар Александра Попова, Матрена Харитонова айымньыларыгар бэлиэтээ´ини Иван Васильев («Исти² иэйиилээхтэр», Чолбон, 2004. - №2), Марфа Птицына «¥с ат ми²эм» кинигэтигэр алгыс тылынан туолбут исти² сыанабылы М. Скрябин суруйбута («Алгыспын аныыбын», Чолбон, 2009. - № 5). Эдэр суруйааччылар 2004 сыллаа±ы республикатаа±ы сµбэ мунньахтарын кэнниттэн µ³скээбит санааларын поэт Василий Сивцев «£й-сµрэх кµµрээнэ µ³´э дьулу´ар» (Чолбон, 2004. №12) диэн бэлиэтээ´инигэр µллэстибитэ. Кини онно: «Суруйааччылар темалара киэ², туттар тыллара µрдµк та´ымнаах. Рифма, ритм, аллитерация диэн суруйар технология сµрµн элеменнэрин били²²и поэттар µчµгэйдик арааран, тэнитэн ³йдµµр буолбуттар», - диэн сыанабылы быспыта (С. 87) эдэр поэттарга, биллэн турар, улахан кынаттыыр суолталаммыт буолуохтаах.

Онон эдэр поэттар айымньыларын кириитикэ бол±омто±о ылан ырытар, сыаналыыр, ол кинилэр айар µлэлэрэ µрдµк та´ым²а тахсарыгар кынаттыыр.



Эдэр прозаиктар айымньыларын сыаналаа´ын.

Эдэр кэпсээнньиттэр айымньыларын тµмэн сыаналаа´ын Дьэрис „Сарсын халлаан сырдыа дуо?“ («Чолбон», 2002, №4) диэн ыстатыйатыгар о²о´уллубут. ¥лэ±э 2001 с. «Бичик» кинигэ кыґатыгар тахсыбыт «Ґргэл» диэн эдэр суруйааччылар хомуурунньуктарыгар киирбит айымньылар ырытыллаллар. Эдэр кэпсээнньиттэр бµгµІІµ кµІІэ актуальнай теманы таба тайаммыттара бэлиэтэнэр. Кинилэр дьону тµмэр ымпыктаах идея, холобур буолуох идеаллар суохтара, ір сылларга судаарыстыба бэлэмигэр олоруубут, µлэ миэстэтэ суо±а, уол о±ону таратан иитии тµмµктэрэ кутталлаах суолга а±албыттарыттан долгуйаллар. Онон, Дьэрис бэлиэтииринэн, эдэр суруйааччылар бэйэлэрин айымньыларыгар норуокка тыын суолталаах боппуруоґу туруораллар, арыйаллар, чинчийэллэр. Кириитик: «..сабардаабыт кыґал±алартан, проблемалартан тахсар суолу тобулуу, олоххо кі±µлµµр, личность духовноґын сайыннарыы – бµгµІІµ кµІ²э общество оло±ор мµччµрµйбэт сорук буоларын эдэрдэр айымньылара іссі тігµл дакаастыыр», - диэн бэлиэтиир.

Дьэрис ордук сиппит-хоппут, бэйэлэрэ сонун, туспа куоластаах ааптардарынан А.Хабарованы, Л.Лукина-Сиэйээнэни, А.Габышева-Кµн Чээбийэни, И.Попованы ааттаталыыр.

Дьэрис саІа холонооччуларга опыттара, билиилэрэ тиийбэтиттэн, тыллара сымса±ыттан сиппэтэх-хоппотох айымньылар эмиэ баалларын ыйар. Айымньыларга µгµстэригэр биирдиилээн дьон олохторуттан таІыллыбыт социальнай олох сµрµн хартыыналара арыллара бэлиэтэнэр. Сµрµн темалара – билиІІи тыа сирин оло±о. Сµрµн герой – арыгыґыт эр киґи уонна эрэйи эІэрдэспит ыарыґах дьахтар. Дьэрис бу дьон олохторун, конфликтарын кэпсиир биир сюжет айымньыттан-айымньыга хатыланарын ыйар. Айымньыларга бµгµІІµ тыа сирин арыгы аймаабытын, олох отуорун алдьаппытын туґунан кэпсэнэрэ, оло±у уларыта тутуох биґирэмнээх персонажтар, ча±ылхай, кµµстээх характердар суохтара итэ±эс бы´ыытынан бэлиэтэнэр.

Оттон тыл-³с ³ттµнэн ыллахха, Ольга Лыткинаны тылы билбэтэ µгµстµк бµдµрµтэрэ этиллэр. Инникитин эдэр ааптар тылын-іґµн кичэйэригэр сµбэлиир. Л.Николаев «Айаал уонна сайын» интэриэґинэй сэґэни суруйбута кэрэхсэппит. Ол эрэн нууччалыы тыла элбэ±э айымньыны сымсатара ыйыллар. Оттон З.Атакова кэпсээннэрин сµрµн итэ±эґинэн ааттара табыллыбатахтарын бэлиэтиир. Холобур, «Умнуллубут кэмнэрим», «Мындыр ій мэктиэтэ», «Ааныска тыа кыыґа» курдук соччо быґаарыыта суох ааттар. Эдэр ааптар айымньы аата кини ис хоґоонун, идиэйэтин арыйар шифр кэриэтэ буоларын ³рµµ саныахтаа±а этиллэр. И.Попова «Кµµтµллµбэтэх хоноґо» биир бастыІ айымньыта буолара, тыла-іґі хомо±ойо бэлиэтэммит. «Сарсын халлаан сырдыа±а» айымньыта пессимистическэй хайысхалаа±а этиллэр, билиІІи кэмІэ олох иґин охсуґар геройдар бааллара ордук буолуо этэ диэн кириитик тус санаатын µллэстэр.

Онон Дьэрис эдэр ааптардар айымньыларын дириІник хорутан ырыппыт, сµбэ-ама биэрбит. Ол, биллэн туран, саІа суруйар дьоІІо олус туґалаах, суолталаах буолбута саарбахтаммат.

Эдэр прозаиктар айымньыларыгар анаммыт кириитикэ киин боппуруо´унан тылы туттуу, айымньы сюжетын, композициятын о²оруу, уобара´ы, характеры арыйыы буолаллар. Холобур, Д.Т. Бурцев «Кэрэхсэбиллээх сэ´эн», А. Арчылан «Таптал аартыгынан», Г. Фролова „Ол тµгэн уораана..“ (сэ´энтэн са±ыллыбыт санаалар) о.д.а.

Д.Т. Бурцев «Кэрэхсэбиллээх сэ´эн» (Чолбон, 2005. – №12) диэн рецензиятыгар Арчылан «Ол тµгэн уораана» диэн ма²найгы сэ´энин сонун, ураты айымньынан сыаналыыр, ааптар уус-уран характеры итэ±этиилээхтик, сатабыллаахтык арыйарын, тыла-³´³ ылба±айын, µчµгэйин чорботор. Бэлиэтээ´ин бы´ыытынан Соппуруон Алаастыырап сюжетнай ситимигэр (к³м³лт³ ситим²э) соччо наадата, суолтата суох тµгэн киллэриллибитин ыйар, саа´ыламматах, сатамматах этиини булар (С.91).

Оттон Г. Фролова Арчылан „Ол тµгэн уораана..“ сэ´энин сµрµн санаатын маннык бы´аарар: „Сэ´э²²э т³р³³бµт дойдуга, ки´иэхэ Таптал, Эйэ баар эрэ буолла±ына, Аар Айыл±абыт айгыраабакка, ки´и бэйэтэ оло±ун салайан, кэскилин у´атан, чэчирии сайдыа диэн улахан санаа этиллэр“ (Кµрµлгэн, 2011. №1 (18). С.117).

Афанасий Арчылан «Таптал аартыгынан» («Чолбон», 2006, №8) диэн µлэтигэр К.Эверстов «Айдаар араллааннара» уонна «Туман буолбут таптал» айымньыларын ырытар. «Айдаар араллааннара» айымньыны, тіґі да чуолкайдык сюжеты сайыннарыы суо±ун µрдµнэн биир киинниир персонажтаа±ын быґыытынан, сэґэн дэммитэ сіптііх диэн сыаналыыр. Оттон «Туман буолбут таптал» сэ´эни проблеманы туруоруу ³ттµнэн олус табыллыбыт айымньынан сыаналыыр, атын айымньылар сабыдыаллара баарын бэлиэтиир – «Н.Д.Неустроев «Балыксыт», Н.М.Заболоцкай «Мааппа», П.Тобуруокап «ТµµІІµ кыыс».

Арчылан эрдэ о²о´уллубут „Автор т³´³ да Сайыыналаах Ньукуу тапталларын поэтизациялыы сатаатар, айымньы аа±ааччы дуу´атын долгуппат, итэ±эппэт“, - диэн Дьэрис тµмµгэр с³пс³сп³тµн этэр (Дьэрис „Дьо´уннаах айымньылары кµµтµ³±µ²“, Дала´а, 2001. №1). Ол эрэн Дьэрис сэґэн идеята ситэ чопчуламмата±ын, айымньыга реализм романтизмныын алтыґыыта да олох кырдьыгын дириІник арыйар туґугар чопчу соруктаах буолуохтаа±ын ту´унан санаалара оруннаахтарын мэлдьэ´эр табыллыбатын бэлиэтиир.

Сэ´э²²э Ньукуу таптал аартыгар мунуута-тэниитэ барыларыттан толорутук бэриллибитэ чорботуллар. Кириитик: „Ньукуу – таптал тула икки атах бэйэтин эрийэ-буруйа сайдыытыгар айбыт-о²орбут туманын ³сс³ биир сиэртибэтэ диэххэ син. Тулалыыр олоххо оннук сиэртэбэ элбэх...“ – диэн суруйар (С. 93). Мантан сиэттэрэн, Арчылан салгыы «таптал», «дьалыІ-имэІ» диэн ійдібµллэри ырыІалыыр, айымньыга ол арыллыытын, суолтатын быґаарар.

Арчылан ырытыытын: «Кинигэ культураны тар±атыы-сайыннарыы биир ньымата буоларынан, ирдэбил чыІха кытаанахтык туруохтаах. Тылбытын уонна ийэ ійдібµллэрбитин харыстаатахпытына ыал-кµµс буолуо этибит», - диэн ааптарга уонна кинигэни бэчээттиир кы´а±а ту´аайыллыбыт ба±а санаа тылларынан тµмµктµµр (С. 95).

Эдэр прозаик Семен Маисов литература±а со´уччу уонна бигэтик µктэнэн киирбит ааптар. Кини „Ийэм кэпсиир“ романа аныгы саха литературатын ураты к³стµµтµнэн сыаналанар. Эдэр ааптар айар µлэтигэр сы´ыаннаах суруйуулар: Иван Осипов «Ийэм миэхэ холобур буолар (Эдэр суруйааччы Семен Маисовы кытта кэпсэтии)» (Чолбон, 2008. № 6), Бурцев Д.Т. «Сонун теманы сырдаппыт (Эдэр автор Семен Маисов «Кэмсинии» сэһэнин ырытыы)» (Чолбон, 2008. №1), Дапсы «Семен Маисов «Ийэм кэпсиир» арамаанын тыла-³´³» (Чолбон, 2009. №2) о.д.а. Бу µлэлэртэн биллэр тыл µ³рэхтээ±э, кириитик М.П.Алексеев-Дапсы ырытыытын чорботобут. Кини Семен Маисов „Ийэм кэпсиир“ романын тылын-³´µн ырытыытын били²²и кириитикэ биир дьо´ун холобурунан аа±абыт. Ыстатыйа±а айымньыга тылы туттуу уонна уран ойуулаа´ын анаан ырытыллар. Ону та´ынан Дапсы ааптар сµрµн герой уобара´ын арыйар уус-уран ньымаларын, рома²²а кэпсэнэр сир-дойду, дьон-сэргэ, бэл диэтэр сылгы-сµ³´µ аатын бол±омто±о ылан ырытар.

Дапсы Семен Маисов романын тылын ту´унан маннык тµмµктэри о²орбутун чорботобут:

«Айымньыга ба´ыттан ата±ар диэри – ыал кµннэтэ туттар тыыннаах тыла-³´³. Аныгы курдук, нуучча кэнсэлээрийэтин тылыттан туруору тылбаастаан туттар хорчоххой, толоос тыл-³с, этии букатын суо±ун кэриэтэ. Бу – со´уччу, сонун» (С. 93).

«Маисовтан к³рд³хх³, быыстатан, ч³л ордор дьон баар буолар эбиттэр. Ол литэрэтиирэ±э да, норуот кэрэни и²эринэр култуурата µрдµµрµгэр да кэскиллээ±э биллэр» (С. 93).

«Уус тыллаах айымньы буолан, ки´и уран ойуулаа´ыны к³рдµµ, тала сатаабат. Холобуру хантан ба±арар ылыахха с³п. Суруйааччы у´ана сатаан сµµ´µн мырчы´ыннарбата±ын µрдµнэн, кини б³рµ³тµн анныттан Кэрэ бэйэтэ ойууланан тахсан и´эр курдук. Оннук холкутук. Дэлэйдик ойуулуур. Онно араас ньыманы туттар» (С.94).

Дапсы Семен Маисов айымньытын тылын ырытан, маннык итэ±эстэри бэлиэтиир – тылы булкуйуу, этиинэн дьµ³рэлээ´ин, талымас м³лт³³´µнэ, талыыта суох булгуччу туттуллуохтаах тылы туттумуу, нуучча тылын бэйэ тылыгар хоромньулаахтык туттуу. Кириитик ырытыытын тµмµгэр С. Маисов романын бастакы чаа´ын аа±ааччылар хайгыыллара оруннаа±ар итэ±эйбитин биллэрэр, алгы´ынан са±алаабыт суруйааччы хай±алтан эбии чи²ээн биэрдин диэн ба±а санаатын тиэрдэр: «Айымньы тылыгар µрдµктэн µрдµк ирдэбили туруорунан, кыладыйан у´анар кыахтаах, ха´ымара суох ки´и эбит бы´ыылаах диэн µ³рбµччэ µрдµк ирдэбилинэн ырыттым. Аарыгырар-айгыстар алгыстаах айар суола арылла турдун, мо´ол, бµ³-хаа бы´ыттаабатын!» (С. 95).

Проза айымньыта тыл-³с ³ттµнэн э²килэ суох чочуллубут, уус-уран хомо±ой тыллаах буолара суруллубатах сµрµн ирдэбил. Эдэр ааптардарга Софрон Данилов Дала²²а: «Уус-уран айымньы хос тылын амта´ыйан к³р³н суруйуохха наада. М³лт³х тыллаах µчµгэй айымньы баар буолуон сатаммат», - диэн суруйбут тылларын санатар то±оостоох.

Кэли²²и кэм²э литература±а дьахтар прозата диэн ураты к³стµµ баар буолла. Били²²и кириитикэ±э литература±а номнуо бигэтик киирбит, биллибит дьахтар суруйааччылар Сайа, Венера, Айысхаана, И. Попова, Г. Нельбисова, о.д.а. са²а айымньыларын ырытыы балайда элбэ±ин бэлиэтиибит. Маны та´ынан аа±ааччылар кэрэхсэбиллэрин туспа кинигэнэн да, «Кµрµлгэ²²э» да, «Чолбо²²о» да бэчээттэммит эдэр ааптардар Туйаара Сиккиэр, Огдо, Ангелина Данилова, Даана Сард, Леди Муус, Орто Кыыс о.д.а. кэпсээнинэн айымньылара ыллылар. Ону кэмигэр бэчээттэммит рецензиялар бигэргэтэллэр (В.М. Михайлов «Сэ²ээрэн аа±абын», К.Уткин-Нµ´µлгэн «Оло±у, Тапталы харыстаа²...», Н. Аргунова „Кэпсээ сырдык санаа±ынан“, Ю.И Васильев.-Дьаргыстай «Са²а, сонун кинигэ (Огдо „Барыта ал±ас этэ..“ кинигэтин сэ²ээрии)», И. Лукин-Лэгэнтэй Тыын Харбас «Туйаара Сиккиэр са²а сити´иитин уонна атын айар куолар тустарынан» о.д.а.).

В.М. Михайлов «Сэ²ээрэн аа±абын» (Кыым, 2009. Ыам ыйын 21 к.) рецензията Орто Кыыс „Ааныс айымньытыгар анаммыт. Кэпсээн бэйэтин кээмэйигэр баппат ис хо´оонноох ураты айымньынан сыаналанар, эдэр ааптар тылыгар-³´µгэр сиппит-хоппут прозаик „куола´а“ и´иллэрэ бэлиэтэнэр.

Философ, профессор, суруйааччы К.Уткин-Нµ´µлгэн аныгы кэм айымньыларын сыаналаан, сотору-сотору „Кыым“ ха´ыакка бэчээттэтэр, литература туругун, сайдыахтаах хайысхатын торумна´ар. Кини сурук-бичик µйэтигэр уус-уран литература иитэр-µ³рэтэр суолтата µрдµµрµгэр бигэ эрэллээх. Нµ´µлгэн «Оло±у, тапталы харыстаа²» (Кыым, 2009. От ыйын 23 к.) диэн рецензията Ангелина Данилова „Иччилээх тµµл“ диэн кэпсээннэрин кинигэтигэр анаммыт. Бу кинигэ±э киирбит айымньылар кэпсээн жанра тахсан, дабайан и´эрин кэрэ´элииллэрэ бэлиэтэммит. Нµ´µлгэн: „ Ангелина Данилова олох кэрэтин таба к³р³н сыаналыырга, олох уустуктарын, Тапталы да±аны, судургутан, сыппатан-соботон, сы´ан-со´он кээспэт ³йг³-санаа±а µ³рэнэргэ аа±ааччылары ы²ырар“, - диэн бэлиэтиир. Ааптар сюжеты талбытынан та²ара, тылы-³´µ хомо±ойдук, уурбут-туппут курдук тиийимтиэтик, ол эрэн, ураннык, сулбутук суруйара хай±аммыт.

Тыл µ³рэхтээ±э, тюрколог Ю.И Васильев.-Дьаргыстай Е.С. Иринцеева-Огдо 2009 с. тахсыбыт бастакы кинигэтигэр рецензия суруйбута - «Са²а, сонун кинигэ (Огдо „Барыта ал±ас этэ..“ кинигэтин сэ²ээрии)» (Чолбон, 2011. №3). Дьаргыстай эдэр ааптар бэйэтин айымньыларыгар (икки сэ´эн, µс кэпсээн) аныгы кэм ыччатын сытыы проблемаларын к³т³хпµтµн чорботон бэлиэтээбитэ. Ол эрэн айымньыларга тиэмэни итэ±этиилээхтик арыйыы сорох тµгэ²²э кыайтарбатах ³рµттэрэ бааллара этиллэр. Ол курдук „Барыта ал±ас этэ“ сэ´эн ту´унан аа±абыт: „Мин санаабар, бу сэ´эни ³сс³ чочуйан, ситэрэн, ордук психологизм ³ттµнэн дири²этэн биэрбит буоллар, дири² ис хо´оонноох, итэ±этиилээх айымньы буолуо±ун с³п этэ“ (С. 87). Манна холоотоххо, „Ол и´ин даа..“ сэ´эн ордук итэ±этиилээ±инэн, олоххо буолбут тµбэлтэни кырдьыктаахтык ойуулуурунан ордук табыллыбыт айымньынан сыаналанар. Оттон эдэр ааптар айымньыларын тылларыгар били²²и кэмнээ±и сахабыт литературнай тылыгар к³рс³р утарсыылар, араас варианнаан суруйуулар (сахалыы эбэтэр нууччалыы таттаран) арылхайдык к³ст³лл³р³ бэлиэтэнэр.

И. Лукин-Лэгэнтэй Тыын Харбас «Туйаара Сиккиэр са²а сити´иитин уонна атын айар куолар тустарынан» (Кыым, 2012. Олунньу 2 к.) ыстатыйатыгар аныгы кэм²э дьахтар суруйааччылар та´аарыылаахтык µлэлииллэрин бэлиэтиир. Аа±ааччылар Айысхаана, Лина Сабарайкина, Куорсуннаах, Айталина Никифорова, Галина Нельбисова, Ираида Попова, Леди Муус, Даана Сард, Сайдыына Чэгдэ уо.д.а. айымньыларын с³бµлээн аа±алларын чорботор. Туйаара Сиккиэр „Сирдээ±и олох“диэн отут биир кэпсээнтэн та²ыллыбыт кинигэтэ ааптар саха тылын дэгэтин сатабыллаахтык саа´ылаан, хайдахтаах да уустук сюжеты кыайа тутарын, судургу тылларынан дьон уйул±атын таарыйар дьо±урдаа±ын туо´утунан буолбута чорботуллар. Эдэр ааптар кэпсээннэрин психологизма кµµстээ±э бэлиэтэнэр („Тыыннаах сµтµк“, „Барыта кµдэ²²э к³ппµтэ“ о.д.а.). И. Лукин Туйаара Сиккиэр бу кинигэтин аахпыт ки´и тµктэри кэмэлдьилээх дьону баты´арын, µтµктэрин тохтотуо диэн бигэ эрэллээх.

Чинчийээччилэр этэллэринэн, поэзияны сайыннарыы диэни норуокка тириэрдии диэн ³йдµ³ххэ с³п. Кырдьык, уус-уран айымньы норуокка ананар, норуот билиммит, таптаабыт айымньытын ааптара дьи²-чахчы суруйааччыбын дэнэр. Онон норуоттан тахсар сыанабыл – аа±ааччы кириитикэтэ – эдэр ааптардарга ордук суолталаах буолуохтаах. Аа±ааччы кириитикэтэ со´уччу тµмµктээ´иннэрдээх, сонун санаалардаах буолуон с³п. Эдэр ааптардар айымньыларын сыаналаабыт аа±ааччылартан „Кыым“ ха´ыакка Татьяна диэн аа±ааччы Даана Сард „Ааспыт ааспат амтана“ диэн айымньытыгар кылгас бэлиэтээ´инэ (аа±ааччы суруга) ураты – „Иккиэн да уларыйдыбыт“ (Кыым, 2009. Ахсынньы 24 к.). Аа±ааччы Даана Сард айымньытын аа±ан, оло±у сыаналаа´ына уларыйбытын бэлиэтиир: «На´аа со´уччу, аныгылыы тыыннаах, миэхэ чугас буолан биэрбитэ. Тыла-³´³ ³йд³нµмтµ³ уонна чуолкай, ки´и уйул±атын у´угуннарар айымньылар. Тыл кµµ´э диэн бу буолла±а – онноо±ор олоххо сы´ыаным уларыйбыта, миигин интэриэ´иргэтэр элбээбитэ». Бу - ааптар сити´иитэ.

Онон дьахтар прозатын сµрµн уратыта кини ки´и уйул±атын таарыйар ураты тыыныгар (психологизмыгар) сытар. ¥³´э к³рбµт µлэлэрбитигэр айымньылар ити ³рµттэрэ ааптардар сити´иилэрин бы´ыытынан сыаналанар.

Ырытыылартан к³рд³хх³, били²²и кэм сыана´ыттара эдэр прозаиктартан айымньыларыгар сонун теманы, дири² ис хо´оону, сырдык санааны арыйалларын ирдииллэр. Онуоха дьи²-чахчы олоххо баар к³стµµлэр (событиелар, проблемалар) т³рµт буолуохтарын с³пт³³±³ этиллэр. Онон уус-уран айымньы оло±у дири²ник ойуулаан к³рд³рµ³хтээ±э чорботуллар. Эдэр ааптардар айымньы сюжетын таба сайыннаран, композициятын кыайа тутан, ча±ылхай уобарастары, характердары айан, дьо´ун айымньыларын суруйалларыгар µгµстэр сµбэлииллэр. Кэпсээнинэн айымньы туох-ханнык иннинэ ки´ини итэ±этэр буолуохтаа±а ³р³ тутуллар.

Проза айымньылара норуот литературнай тыла олохсуйарыгар ордук суолталаахтара урут да±аны бэлиэтэнэрэ. Ити ту´унан Кµннµк Уурастыырап бэйэтин кэмигэр эдэрдэргэ анаан элбэхтик этэн, суруйан турар („Эдэрдэрдиин кэпсэтии“, „Ырыа, кµдээринэ кµµрээн, эдэрдэргэ к³рд³бµл“). Кини прозаиктар туох-ханнык иннинэ тылларын ордук бол±ойуохтаахтарын, ити кинилэргэ тыын боппуруос буоларын ³рµµ санатара. Тылы-³´µ сатабыллаахтык, табыгастаахтык туттуу били²²и кэм айымньытын сыаналыырга биир сµрµн критерий буолбутун эдэр ааптардар айымньыларыгар анаммыт µлэлэр бигэргэтэллэр.

Онон эдэр ааптардар айымньыларын сыаналаа´ын олохтоох бэчээт матырыйаалыгар оло±уран тµмµктээтэххэ, балачча о²о´уллубут. Ырытыылар сµрµн сыалларынан, бастатан туран, са²а ааптардары, кинилэр айымньыларын киэ² аа±ааччыга били´иннэрии; икки´инэн, айымньылар уус-уран сити´иилэрин сэргэ табыллыбатах, м³лт³х ³рµттэрин бэлиэтээн, инники айар соруктарын чопчулаа´ын; µсµ´µнэн, эдэр ааптар айар буочара, истиилэ чочулларыгар µлэлэ´ии. Ырытааччылар эдэр ааптары айар µлэттэн тэйиппэт курдук с³пт³³х позицияны тутуспуттар: кинилэр кириитикэлэрэ µтµ³ санааны кытта э²эрдэ´эр „гуманнай“ кириитикэ.




Достарыңызбен бөлісу:
1   2   3   4   5   6   7   8




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет