Ґірэхтээхтэр олорор сир-уот, айыл±а, ландшафт киґи ійµгэр-санаатыгар, сайдыытыгар, аан дойдуну кытта алтыґыытыгар улахан суолталаа±ын бигэргэтэллэр, онон наука±а сир-дойду уобараґын туспа категория быґыытынан ырыталлар. Аныгы литературоведение µірэ±эр геокультура, географическай уобарас ійдібµлэ, «айыл±а», «куорат», «провинция», «киин сир», «дэриэбинэ», о.д.а. чопчу миэстэни эрэ буолбакка, ій-санаа ураты олоруутун, духуобунай таґым, толкуй, олох философиятын бигэргэтэр киэІ ис хоґооннонор.
Ол чэрчитинэн саха прозатыгар «алаас философията» туспа суолталаах географическай категория±а кубулуйан, саха киґитин ментальнай эйгэтин, ійµн-санаатын, дьулуґуутун уратытын табыгастаахтык дьэІкэрдэр. Саха аныгы прозатыгар «тыа сирэ» уус-уран концепт быґыытынан биир сµрµн культурологическай біліґµіктµµ хабааннанан кэлиІІи кэмІэ ійдібµлэ іссі кэІээн, дириІээн иґэр диэххэ сіп уонна тыа сирин, булт-алт, мистика тиэмэтигэр суруллубут айымньыларга ордук бэлиэтэнэр.
Бу кістµµ билиІІи проза±а соґуччутук, уратытык киирбит эдэр суруйааччы Семен Маисов «Ийэм кэпсиир» (2006, 2009, 2012) романыгар саІа хабааннанар. Роман чаастара хайыы µйэ утуу-субуу «Бичик» кинигэ кы´атыгар, «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэн тахсан, аа±ааччыга биґирэннэ. Билигин роман 4-с чааґа «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэр. Кини романыгар диалог кістµµтэ киэІ хабааннанар: уус-уран матырыйаалга кілµінэ утума, култуура сибээґэ, кэм ситимэ табыгастаахтык, мындырдык арыллар.
С.Маисов романыгар алаас философията саха киґитигэр чугас эйгэ, «тыа сирэ», «алаас», «сайылык», «тыа, ойуур», «булт», «бала±ан», «тыа дьоно», «суол», ійдібµллэригэр тэнийэн, дириІээн кістір. Ойууланар хартыына утуу-субуу айыл±а ойуулааґынынан, тыа, сыґыы, кµіл, ірµс кістµµтµнэн солбуллар, тыа дьоно дьарыктарын ойуулааґыІІа, олохторун-дьаґахтарын ымпыгар бол±омто ууруллар. Сахалыы халандаар кээмэйигэр оло±урар дьыл кэмин сиґилээґин саха киґитэ кэми-кэрдиини айыл±а сайдыытынан ылынар уратытын бэлиэтиир. Кэм-кэрдии аргыый налыччы, аа-дьуо, бытааннык устара сахалыы на±ыл, киэІ-куоІ майгыны бэлиэтиир, туспа бµччµм олох бэлиэтэ буолар. Саха норуотун сэрии кэминээ±и трагедиятын, сут-кураан кэм ыарахан тыынын тиэрдэргэ кэми маннык уратытык кірдірµµ уус-уран ньыма быґыытынан суолтата кµµґµрэр: бириэмэ тохтооґунун, олох биир кэм устар тэтимин сэрии алдьархайа эмискэ ыґан, алдьатан кэбиспитин ордук ча±ылхайдык кірдірір.
РомаІІа ааптар толкуйа (установката) уратытын хара маІнайгыттан бол±омто±о ылабыт. Суруйааччы икки тігµл дьµґµн кубулуйар диэххэ сіп. Ол курдук сиппит-хоппут эр киґи-ааптар уобараґа гендернай таґымІа уларыйар, дьахтар, ону ааґан 10 саастаах Аана кыыс о±о буола кубулуйан, авторскай «мин» уустук уларыйыыны ааґар. Саамай сµрµнэ, уус-уран сиґилээґин кыра кыыс аатыттан этиллэр, онуоха суруйааччы кыра кыыс о±о олоххо кірµµтµн, тулалыыр эйгэни ылыныытын, о±о уйул±атын хамсааґынын олус итэ±этиилээхтик таба суруйбута кэрэхсэтэр.
Иккиґинэн, ааптар кэм концепциятын эмиэ уларытар — аныгы кэм киґитэ, суруйааччы, ааспыт µйэ 30-с сылларыгар тіннін, сиґилээґини ийэтин аатыттан ыытар, урукку кэм хартыынатын субу баардыы тилиннэрэр. Биир кыыс дьыл±атын ніІµі саха норуотун трагедиятын, уустук кэмнэри бэрт итэ±этиилээхтик, долгутуулаахтык сиґилиир. Манна ааптар уонна герой, айымньы уонна аа±ааччы икки ардынаа±ы сыґыан эмиэ ураты кірµІнэнэр. Ааптар тыа сирин, дэриэбинэ оло±ор быґаччы кыттыгастаах, онтон силистээх-мутуктаах, оччотоо±у оло±унан олорор киґи буола уларыйар.
Роман сµрµн геройунан кими талыы боппуруоґа айымньы уус-уран кыа±ын, поэтическай ис дьиІин бигэргэтэр, кистэлэІ идеятын таайтарар. Эдэр романист тулаайах кыыс о±ону айымньы сµрµн геройа оІорон, саха киґитин ис кыа±ын, олоххо дьулуурун, кыайыгаґын кірдірір. Манна кини биллиилээх суруйааччылара В.С.Яковлев-Далан, И.М.Гоголев-Кындыл, А.Сыромятникова о.д.а. романнарыгар тумус туттубут сµрµн геройдарын – тулаайах кыыс о±о – линиятын сал±ыыр. Модун айыл±а, тулалыыр эйгэ уонна кыра, хачаайы киґи муІураабат ситимнэрин бэлиэтиир. Бу роман биир суол уратыта буолар.
Уйул±а хамсааґына, саха омук ураты майгыта бу айымньыга ордук ча±ылхайдык бэлиэтэнэр. Эдэр суруйааччы улахан матырыйаалы табыгастаахтык аттарар, сюжеты сіптііхтµк таІар дьо±урдаах, кыра да ымпыгы бол±омто±о ылар кыра±ы харахтаах. БилиІІи айымньыга бэрт кыратык бэлиэтэнэр психологизм кини романын поэтикатын биир кµµстээх, ча±ылхай ірµтэ. Айымньы тыла-іґі µрдµк таґымнаа±ын хас да чинчийээччи бэлиэтээн турар.
Роман билиІІи литература±а хал буола быґыытыйбыт аныгы кэм иэдээнин, проблематын тумнан, а±а кілµінэ сыаннастарын ытыктаабат кілµінэ туґунан айымньылартан таьыччы атын теманы арыйар. Кілµінэ сибээґин утумнуур, саха тірµт оло±уттан тирэ±ирэр ааптар ити кыайыыта. БилиІІи аа±ааччы итинник айымньыларынан умсугуйуон сіп.
«Чолбон» сурунаалга 2007 сылтан 2011 сылга диэри биэс сыл устата уопсайа 150-чэ кэпсээн, 60-ча сэґэн бэчээттэннэ. Ону ааґан балачча элбэх айымньы «Бичик» кинигэ кыґатыгар, «Кµрµлгэн» альманахха, атын издательстволарга, сахалыы тыллаах хаґыаттарга та±ыста.
Ордук тахсыылаахтык сэґэн жанрыгар В.Ф. Нехоруков-Дылбаны, В.А. Тарабукин, Сµідэр Арчы, Х.Н. Хабарова, С. Марков, Д.Макеев, Е.С. Иринцеева-Огдо, Т.П. Находкина, Г.В. Нельбисова, И. Сосин, Л.М. Сабарайкина, Р. Сибирякова-Айаана, о.д.а. µлэлииллэр.
БилиІІи сэґэн тиэмэнэн, проблеманан уратыта аныгы олох дохсун сайдыытынан салайтарар. Литература±а, уопсайынан, билиІІи µйэ иэдээннэрин, араас кризис, сэрии, терроризм, наркомания, ілµµ, уоруу, харчы, арыгылааґын, наркотик, айыл±а алдьаныытын, омук эстиитин, ыарыы туґунан аныгы тиэмэ µксээтэ. Аныгы кэмІэ «ій-санаа конфлига», «духуобунай кризис» буолан, олохтон тэйэ сатыыр аныгы аа±ааччы ити «кутталлаах» темалары тумна, умна сатыыр эмиэ буолуон сіп. Саха аа±ааччытын туох интэриэґиргэтиэй? Онуоха билиІІи эдэрдэр (эбэтэр литература±а саІа µктэнэн эрэр суруйар дьон) прозаларыгар хас да тиэмэ баґылыыр-кіґµлµµр буолла диэххэ сіп.
Сµрµн тиэмэлэринэн наардаан айымньылары хас да біліххі араарыахха сіп:
-
Биирдиилээн киґи дьыл±атын сырдатар айымньылар. Манна С.Марков «Даайыґым, эрэлим», Е.Иринцеева-Огдо «Санатыма дуу, ааспыты», И.Попов «Сµрэххэ сіІмµт сулустар», Х.Хабарова «Ньукуолун», С.Марков «Дьыл±а», И.Сосин «Кутаама кыыґа», Унаара «Тайаана», Јліксій Мээтискэй «Сэрии содула» айымньылара, Л. Сабарайкина «Кµіх сирэм барахсан, суугунаа, суугунаа», «Маарыйа Кырсаанабына», Н. Калитин «Томмоо», о.д.а.
-
Таптал проблематын арыйар сэґэннэр: В. Тарабукин «Ытыллыбыт сурук», С. Марков «Эйигинэ суох», Е. Иринцеева-Огдо «Барыта ал±ас этэ», С. Колтовской «ХараІа тµµн», Х. Хабарова «Сµрэх кистэлэІэ», М. Ефимов «Јлµк таптала», М. Скрябин «Кырыыстаах таптал» уо.д.а.
-
Чопчу социальнай проблеманы арыйар сэґэннэр: Сµідэр Арчы «Оборчо±о оботторуу», С. Соркомов «Олох биирдэ бэриллэр», Г. Нельбисова «Син биир кµµтэр эбиппин», С. Маисов «Кэмсинии», Н. Ларионов «СарсыІІы кµн сарыала», Е. Иринцеева-Огдо «Ол иґин даа», Н. Александров «Јрµґµнµµ», Т. Находкина «Булумньу о±о», о.д.а. Бу айымньыларга арыгылааґын, о±ону тµ´эттэрии, арахсыы, тыа сиригэр µлэ суох буолуутун уо.д.а. кыґал±а дьон дьыл±атыгар иэдээннээх содула арыллар.
-
Историческай айымньылар. Н.Лугинов «Улуу хууннар», А. Акимов «Ґс урааІхай удьуора» хоґоонунан сэґэн, И. Сосин «Манчаары Баґылай», Јліксій Мээтискэй «Сэрии содула», Николай Уус «Зашиверскай куорат дьыл±ата», Д. Макеев «ТаІнарыахсыт», «Ини биилэр», о.д.а.
Ону таґынан (производственнай) µлэ тиэмэтигэр В.Егоров-Тумарча «Кырыыстаах таас», детективнэй, приключенческай жанрга Н. Александров «Быґылаан» айымньылара сурулуннулар. Н. Рыкунов «Бі±іс» сэґэнэ спорт тиэмэтин арыйарынан сонун.
Кірірбµт курдук, «бэрэбиэркэ ситуацията» сэґэн жанрын биир ураты критерийэ буолар. Ол курдук, бастатан туран, социуму бэрэбиэркэлээґин, иккиґинэн, киґини араас моґолго киллэрэн µтэн-анньан кірµµ ситуацията тэриллэр. Бастакы тµгэІІэ общество кризискэ киириитэ ойууланар. Иккис тµгэІІэ герой ханнык эмит уустук балаґыанньа±а, эбэтэр атын катастрофа±а тµбэґиитэ сиґилэнэр. Холобура, арыгылааґын дьаллыгыттан тахсыбыт, бэйэтин мілтіх ірµтµн кыаммыт киґи (эбэтэр арахсыы конфлигын тулуйбут дьахтар) характера арыллыытын кірдірір сэґэннэр.
БилиІІи µгµс сэґэн ортотугар В. Тарабукин «Тулаайах» сэґэнэ (2009) сонуннук кістір. Айымньыга проза субъегын уратытык быґаарыы кэрэхсэнэр, ааптар позицията сэргэхтик кістір, айымньы сюжета бэдэр о±отун уонна киґи икки ардынаа±ы сюжет тула арыллар. Сэмэн Тумат «Јс тірііґµнэ» (2011) диэн туспа кинигэнэн тахсыбыт сэґэнэ бу айымньыларга майгынныыр ірµттээх. Ийэ бірі уонна Сахаар Сирдээхэп — биир ситимнээх, кыґал±алаах, майгыннаґар дьыл±алаах айыл±а о±олоро. Ханан эрэ Ч.Айтматов кірµµтµгэр майгыннаан ылар бу икки сэґэн саха киґитин айыл±аны кытта ураты сыґыанын дьэІкэрдэллэр, киґилии майгыга µірэтэллэр.
Сэґэн жанрыгар дьахтар-суруйааччылар ордук табыллан хото µлэлииллэр. Дьахтар прозата диэн туспа категорияны араарар табыгаґа суо±ун, уус-уран сыґыан іттµнэн соро±ор ата±астабыллаах да курдугун иґин, проза билиІІи туругар сіп тµбэґиннэрэн, туспа наардабылга, арааран кірµµгэ наадыйар курдук. Дьахтар прозатыгар арыйыллар тиэмэ, уобарас, проблема±а сыґыан, ааптар кірµµтэ, уонна саамай сыаннайа, суруйуу истиилэ бу айымньылары анал біліхтµµргэ 굴эйэр. Дьахтар прозатыгар саха литературатын аныгы міссµінµн арыйар саІа менталитет, ураты анаарыы, атын хаачыстыбалаах истиил киириитэ кістір.
Галина Нельбисова, Татьяна Находкина, Христина Хабарова, Анна Винокурова-Айысхаана, Ангелина Данилова, Ирина Антипина, Татьяна Захарова-Лоґуура, Туйаара Нутчина, Евдокия Иринцеева-Огдо, Лина Сабарайкина, Аайа, Сардаана Сивцева-Даана Сард, Наталья Михалева-Сайа уо.д.а. айымньыларын сµрµн темата — дьон сыґыанын, тапталы, дьиэ-кэргэн иґинээ±и атмосфераны арыйар дьахтарга чугас чараас тиэмэ.
Сµрµн уобарас бу айымньыларга хас да тиипкэ арахсар — эдэр кыыс, кµµстээх санаалаах дьахтар, дьоло суох дьахтар, быра±ыллыбыт дьахтар, кэргэнэ суох дьахтар, арыгыґыт дьахтар, со±отох ийэ. Дьахтар прозатыгар баар сюжет схемата сµрµннээн маннык хайысхаланар: тапталы кірсµµ, тапталтан кэлэйии, тапталы булуу, физическай эбэтэр эмоциональнай ата±астабыл, о±олонуу, эрэйи кірµµ, кыґал±аны кыайыы. Ґксµн айымньы сµрµн геройа кµµстээх санаалаах дьахтар буолар. Манна да±атан эттэххэ, чуолаан аныгы эдэрдэр прозаларыгар дьахтар уонна эр киґи уобарастара балачча уларыйда. Урукку литература±а олох инники кµінµгэр сылдьар герой эр киґи (революционер, саллаат, охсуґааччы, кырдьыксыт) баґыйар эбит буолла±ына, билигин литература±а эр киґи уобараґа мілтіібµтµн бэлиэтиир наада: «кыра», «муммут», «наадата суох» киґи эбэтэр «саІа саха» (µіґэ этиллэн ааспыт рынок сокуонунан олорор омсолоох киґи) уобарастара кістµтэлээн эрэллэр. Манна тэІниир буоллахха, дьахтар уус-уран характера бары іттµнэн кµµстээх. ЭІкилэ суох µтµі уобараґы тэІэ омсолоох эбэтэр олох охсуутун ылбыт, ол эрэн олох уустуктарын кыайбыт кµµстээх дьахтар уобарастара баґыйаллар.
Биир іттµттэн дьахтар айымньыларын кытта саха прозатыгар кинини тулалыыр олох-дьаґах эйгэтэ (быт) киирсибит курдук. Холобурдуур буоллахха, Галина Нельбисова «Син биир кµµтэр эбиппин» (2011) кинигэтигэр саха ыалын оло±о тµірт о±олоох, кэргэннээх ыал ийэтин кірµµтµн ніІµі сэґэргэнэр. Евдокия Иринцеева-Огдо «Санатыма дуу ааспыты» (2010) кинигэтигэр детдомІа µлэлиир Аанчык кыыс дьыл±ата, со±отох ийэ эрэйэ, олоххо ситиґиитэ ойууланар. Айталина Никифорова «Сырдык курус» (2011) хомуурунньугар µс дьахтар дьыл±ата ойууланар, эдэр кыргыттар олохторо, устудьуоннуур сыллара, олоххо кірсір бастакы кыґал±алара сиґилэнэр.
Дьахтар айар толкуйа кини айыл±атын уратытыттан тахсар буолан, тулалыыр эйгэни ордук уйаннык ылынар, маныаха кини прозатын сµрµн уратыта кістір (маныаха интэриэґинэй характердары арыйар Е.Иринцеева-Огдону, Х.Хабарованы бэлиэтиир наада). Дьахтар суруйааччы туттар тыла-іґі, лингвостилистиката ураты, экспрессивнай, бу туспа феминнай истиил, дьахтар истиилин бэлиэтэ буолар (Леди Муус, Даана Сард, Сайа, эдэр суруйааччы Нь.Охлопкова айымньыларын тылыгар дьахтар эмоциональнай айыл±ата, толкуйун олоруута ордук ча±ылхайдык кістір).
Дьахтар литературатыгар сыґыаннаан таарыччы характеры судургутутуу туґунан этэн аґарыахха наада. Сорох айымньыларга µчµгэй буолла да, уґулуччу µчµгэй, куґа±ан, содур дьахтар буолла да, дьµґµннµµн, саІалыын, майгылыын ситэри куґа±ан, кµµлэйдьит, арыгыґыт дьахтар ойууланар, онон характер судургутуйан хаалар кутталлаах. ДьиІэ, дьахтар суруйуута имигэс, толкуйа сытыы, дириІ, эмоциональнай, интуиция±а сигэммит, таайтарыылаах, айыл±а±а чугас, кыра ымпыктарга бол±омтолоох, психологизма дириІ буолуон сіп.
Дьахталлар айар куоластара саІалыы тыыннаммыт саха литературатыгар сонун уобарастары, тиэмэлэри киллэрдэ, уус-уран іттµнэн дьахтар айылгытыттан тірµіттэнэн тахсар бол±омтолоох, дириІ толкуй, интуиция±а оло±урбут уус-уран кірµµ, имигэс тыл-іс саха дьахтара билиІІи общество оло±ун-дьаґа±ын, проблемаларын туґунан тууйуллубут санаатын этиэн ба±ата кµµґµрбµтµн бигэргэтэр. Дьахтар суруйааччылар ортолоругар Анна Егоровна Варламова-Айысхаана оскуола оло±ун, ыччат туґунан билиІІи литература±а туспа жанровай сокуоннардаах тиэмэнэн, В.С. Яковлев-Далан, Софр.П. Данилов µгэстэрин сал±аан, эдэр дьон аныгы кэмІэ кыґал±аларын хорсуннук сиґилээн, проза уустук дьарыгар дьоґуннаахтык ылсыбытынан аа±ааччыга итэ±эппитэ, тута сонур±атта.
Айысхаана прозатын уратыта диэн ааптар индивидуально´а бэрт ча±ылхайдык бэриллэр. Авторскай «мин» µс кірµІ уларыйан, Дьахтар, Ийэ, Учуутал кірµµтµн, µс куолас ніІµі иґиллэр. Онон Анна Варламова прозатыгар сыґыаран, ону тэІэ атын дьахтар-суруйааччылар айымньыларын кыттыґыннаран, саха прозатын гендернай таґымІа кірµµ, дьахтар ураты уус-уран истиилин, феминнэй истиили бэлиэтиир, ону литературоведческай проблема быґыытынан чинчийэр наада.
Ааптар утуу-субуу бэчээттэнэн тахсыбыт «Хахсаат тыал» (1992), «Кµн бэлэ±э» (1995), «Ыраатар бэйэ±ин сайыґа» (2007) хомуурунньуктарыгар таптал, итэ±эйсии, бырастыы гыныы аныгы дьалхааннаах µйэ±э миэстэлэрэ, киґи дьыл±атын, аналын ійдібµллэригэр дьµірэ тутуллан дьахтар мындыр философиятын арыйаллар. Кинигэлэри иилиир-са±алыыр биир кэлим концепция саха дьахтарын дьыл±ата буолар.
Проза±а холонон эрэр суруйааччы уларыйыы кэрдииґигэр µктэммит общество±а баар проблемаларга бол±омтотун тута ууран, общество уонна киґи икки ардынаа±ы сыґыаны уус-ураннык сырдатарга холоммута. Онон кини прозата маІнайгыттан социальнай-психологическай хайысхаламмыта.
«Ыраатар бэйэ±ин сайыґа» кинигэ±э тµмµллэ сылдьар «Олох іксµінэ», «Таптал сулуґа», «Хардарыа дуо Айталыына», «Тайыыґа», «Килбик иэйии», «Аасыґыы», «Бу дьиэ±э уґаамыах», «Сааскы кімµіл кэнниттэн», «АлбыІІа µктэтии», «Сµрэхтэн сµппэккин» айымньыларга сµрµн тиэмэ — дьолу булуу. Дьол ким эрэ ійдібµлµгэр тапталы кірсµµ, кырдьыгы булуу, олоххо аналы ійдііґµн.
Суруйааччы кэпсээннэригэр ойууланар герой идеальнай дьахтар буолбатах. Кини оло±угар µгµґµ толкуйдуур, итэ±эстэри да оІортуур, элбэ±и саарбахтыыр, мунаарар, кµннээ±и олохпутугар биґигини тулалыыр дьахтарбыт. Мин саныахпар, бу оло±у кырдьыктаахтык хайдах баарынан ылынар, идеальнай, сымыйа герой уобараґын оІорору эккирэтиспэт суруйааччы ситиґиитэ. Хаайыыттан кэлэн о±олорун детдомтан булан ылар Фаина («Олох іксµінэ»), бµдµрµйэн ылбыт Тайыыґа («Тайыыґа»), со±отох ийэ Туйаара Унарова («Аасыґыы»), аныгы олох угаайытыгар киирэн биэрбит Жоржетта («АлбыІІа µктэтии») уо.д.а. бэйэлэрин сыыґаларыттан, ал±астарыттан µірэнэллэр. МаІнай кірµµгэ бу дьахталлар кырдьыктарын булуналларыгар дьыл±а хаан илиитигэр бас бэринэр, нэс курдуктарын иґин (бутуурга хаайыыга барбыт Фаина, Хомустаан Иванович тапталыттан аккаастаммыт Пелагея Павловна, дьµігэтиттэн хомойбут Марта, дьон тылыттан тэптэрэн хаайыы дьыл±аламмыт Тайыыґа, таптыыр уолугар ДуолаІІа иэйиитин билиммэтэх Алина Тимофеевна, тапталга албыннаппыт со±отох ийэ Туйаара, соччо таптаабакка кэргэн тахсыбыт омук тылын учуутала Майя Михайловна, рынок сыґыаныгар албыннаппыт Жоржетта) кинилэр саха дьахтарыныы сэмэй, холку, мындыр майгыларынан хай±аталлар, убаастаталлар.
Кэпсээннэргэ ааптар куолаґа, позицията сонуннук дьэІкэрэр: сэґэргээччи бу аттыбытыгар баарын кэриэтэ ойууланар. Холобура, «Бу дьиэ±э уґаамыах» кэпсээІІэ ааптар-сэґэргээччи-событие±а кыттыґааччы быґыытынан ураты оруоллаах. «Чэ, сыттын. Эн биґиги да±аны манна уґаамыах. СаІа сэрбэллэ быкпыт уйа±ас дууґалаах Миилэ кыысчаан курдук, бу дьиэ аанын сабыах...», «Хардарыа дуо Айталыына» айымньыга «Ол онуоха аа±ааччыам, хардарыа дуо Айталыына эрэІкэдитэр кірµµнэн эбэтэр хойутаабыт ньургуґуну тымныы хаґыІ хаарыйбытыныы тута ха±ыс сыґыанынан антах анньыах бэйэтэ дуу...».
Суруйааччы поэтикатын биир сонун ньыматынан сэґэргээґин стилизацияланыыта, кэпсээн иґигэр кэпсээн форматын талан суруйара буолар. Айысхаана, уопсайынан, ааптар позициятын, былаанын уус-уран айымньыга туґаныыга саІа ньымалары кірдµµр, ол курдук айымньыга ойууланар ситуацияны ордук итэ±этиилээх оІороору ааптар бэйэтин оруолун атын айыллыбыт персонажка итэ±эйэр. Холобур, «Олох іксµінэ» кэпсээІІэ дьахтар дьыл±атын туґунан сиґилээґин детдом иитээччитэ дьµігэтин кэпсээнигэр оло±уран; «Таптал сулуґа» айымньы сааґырбыт дьахтар дьµігэтэ ыалдьыттата ыІырыытын кэннэ уруккуну ахтыы быґыытынан; «Хардарыа дуо Айталыына» кэпсээІІэ Марта урукку дьµігэтин суолга соґуччу кірсін баран ааспыт оло±ун кэрчигин кыыґыгар кэпсиирин курдук; «Тайыыґа» кэпсээІІэ Сахаайа Дмитриевна вокзал буфетыгар Тайыыґаны кытта соґуччу кірсµґµµ кэннэ уруккуну ахтыытын быґыытынан; «Килбик иэйии» кэпсээІІэ таптал историята учуутал кэпсээнин форматынан суруллубуттар. Олох историятын дьиІ-чахчы кірбµт уонна кэпсиир сэґэргээччигэ-нарраторга аа±ааччы ордук итэ±эйэр. Бу суруйааччы кэпсиир историялара олоххо дьиІ буолалларын, биґигини тулалыыр дьоІІо маннык майгынныыр дьыл±а µгµґµн туґунан санатар буолуон сіп.
Анна Варламова - Айысхаана айар µлэтигэр биир бэлиэ суолталаммыт айымньынан 2004 сыллаахха туспа кинигэнэн бэчээттэммит «Сµлµґµннээх иннэ» сэґэн буолар. Айымньыга аныгы олох биир сытыы проблематын — наркомания алдьархайын туґунан итэ±этиилээхтик сиґилэнэр. Ийэ киґи, Учуутал куолаґа аймал±ан, долгуйуу дуорааннанан ча±ылхайдык бэлиэтэнэн ааґар.
Анна Варламова психологическай мэтириэти, саамай уустуга диэн, суруйааччыга эрэ барытыгар кыаллыбат суолу — характер сыыйа уларыйыытын (сайдыытын эбэтэр деградациятын) итэ±этиилээхтик ойуулууругар буолар. Айымньыга ойууланар уобарастар тус бэйэлэрэ эйгэлээх, µірэр, куттанар, долгуйар, хомойор, биґирэнэр хаачыстыбалаах, омсолоох, итэ±эстээх да±аны, толору личность дьон. Кристина, Лаврик Ноев, Антон Силин, Люда Дронова, Костя Шилов, Ян Киреев уо.д.а. Суруйааччы хас биирдии персонаґы сатабыллаахтык билиґиннэрэр: тіріппµттэрин арахсыыларыттан тэптэрэн, мілтіх кутта±ас характердаах, наркотик дьаллыгар ылларбыт Ян Киреев, чугас дьоно иэдээІІэ тэбиллэн эрэллэриттэн дьиксинэр Кристина кыыс, µірэтэр о±олорун дьыл±аларын туґунан ыараІната толкуйдуур учуутал Алена Георгиевна.
Айысхаана айымньы тиэмэтин арыйарыгар, сюжеты сайыннарарыгар уустук ситуацияны табыгастаахтык оІорор маастарыстыбатын бэлиэтиир то±оостоох. Сюжет сайдыытын, кульминациятын таба тайанар: айымньыга ойууланар сюжетнай линиялар тµмсэн, тыІааґын сыыйа-баайа кµµрэн баран (Ян наркоман буолуутунан, кыыс ілµµтµнэн) биирдэ тілі биэрэр.
Суруйааччы бідіІ жанрга ылсан µлэлээн эрэрэ кини айар талаана сайдыытын, тус истиилэ олохсуйуутун бигэргэтэр. 2010 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга прозаик сµрµн тиэмэтэ буолбут оскуола оло±ун, ыччат туґунан сиґилиир «Ґргµірдээх кэм µнµгэстэрэ» роман 1 чааґа бэчээттэнэн тахсыбыта. Айымньы Тиргэлээх оскуолатын оло±ун ніІµі сайдар. Олоххо саІалыы кірµµлээх соцпедагог идэлээх Мира Тарасовна Мыреева нэґилиэк оло±ор бэриниилээх µлэтэ-хамнаґа, уустук олохтоох Маша Тэгиилэбэ дьыл±ата ойууланар.
Анна Варламова прозатын табыллыбыт ураты кістµµтµнэн дириІ психологизмІа тардыґыы буолар. Маныаха киґи уйул±атын хамсааґына, майгы, характер уларыйыыта бэрт табыгастаахтык бэриллэр. Геройдар психологическай мэтириэттэрэ, туруктара кыра±ытык бэлиэтэнэр араас уус-уран ымпык, дьµґµнµ, хайааґыны ойуулааґын, монолог, лирическай анаарыы, дневник, сурук ніІµі ситиґиллэр.
Геройдар тугу толкуйдуулларын, туохтан сылтаан хайдах быґыыланалларын аа±ааччы итэ±эйэр, ол иґин айымньылары долгуйа аа±ар. БилиІІи саха прозата оло±у дьэІкэрдиинэн эрэ муІурдаммат, общество сытыы проблемаларыгар быґаарыы, эппиэт кірдµµ сатыыр, онуоха аныгы дьалхааннаах кэмІэ дьахтар суруйааччы иитэр-µірэтэр, сµбэлиир-амалыыр куолаґа ордук сіптііхтµк, соро±ор табыгастаахтык да иґиллэргэ дылы.
Кэпсээн курдук тэттик, ча±ылхай, тып-тап курдук жанрга µлэлиир ааптар элбэх: суруйар идэни баґылаабыт да дьон, ону тэІэ саІа да ааптардар холоноллор. Кинилэртэн И.Дмитриев-Сиэн Чолбодук, П. Прокопьев-Чуукаар, Н. Александров, Н. Калитин, П.Степанов, Сµідэр Арчы, Т.Находкина, С.Попов-Сэмэн Тумат, П.Ильяхов-Хамса, С.Марков, А. Слепцов, Г. Угаров, И. Иванов-Мурустаал, П.Томскай-Бµітµр Мохсунуоха, Н.Калитин, Е.Иринцеева-Огдо, А.Варламова-Айысхаана, С.Сивцева- Даана Сард, Н. Михалева-Сайа, И.Попова, Р.Сибирякова-Аайа, Нь.Охлопкова, И. Кузьмин, М.Иванова, А.Степанов, И.Лукачевскай-Силис, о.д.а. араас тема±а суруйаллар.
Кэпсээн тиэмэтин арааґа эмиэ билиІІи олох эгэлгэ кістµµтµн дьэІкэрдэр:
- туспа біліх кэпсээннэр аныгы общество±а киґи дьыл±атын туґунан сиґилииллэр (Т.Нутчина «Ґілээннээхтэр», А.Варламова-Айысхаана, С.Сивцева-Даана Сард «Вануату-дьол уйата», Н.Ларионов «Эйигин булуом хайаан да», Е.Иринцеева-Огдо, А.Никифорова «Сырдык курус», Сµідэр Арчы, М. Неустроева-Кµбэйэ «Икки дьыл±а», Л.Яковлева «Олох сарсыІІылаах», Р.Сибирякова-Аайа «Учуутал», уо.д.а.);
- социальнай проблеманы арыйар айымньылар (Огдо «Бырахтарыы», «Киґи дуу, кии дуу», «Ымсыы», Т.Нутчина «Сарбыллыбыт кынат», «Омук таптала», Н.Макарова «Ыраах чугас», Т.Софронов-Бэрдьигэс «Ини-биилэр» уо.д.а);
- салгыы тапталы хоґуйууга анаммыт айымньылар (Айталина Никифорова, А.Варламова-Айысхаана, П.Степанов, М.Скрябин «Кырыыстаах таптал», Сайа «Аата суох сибэкки», хомуурунньук «Сµрэххэ сіІмµт сулустар», Даана Сард «Ааспыт ааспат амтана», Т.Захарова-Лоґуура «Табыллыбатах тµµн» хомуурунньукка киирбит кэпсээннэр, А.Петрова «Соґуччу кийиит» уо.д.а.);
- тірдµс біліххі булт µгэґин, булчут мµччµргэннээх сырыытын туґунан (Бµітµр Мохсунуоха «Булчут мучумааннара», М.Емельянов «Со´уччу кірсµґµµ», «Буулдьа суола», Н.Александров, Уйбаан Бахсылыырап «Байанай бэлэ±э» уо.д.а.);
- туспа білі±µ тыа оло±ун-дьаґа±ын туґунан кэпсээннэр (Д.Наумов «Дэриэбинэм барахсан», «Тыа ыала барахсан», «Чомойор кыыґа», М.Соров-Кыыдам «Эргиллиэм алааспар хайаан да», хомуурунньук «Оо, тµптэ сыта», о.д.а.);
- алтыґынан, кірдііх-кµлµµлээх айымньылар біліхтірі ылаллар. (В.В.Апросимов-Тускун «Быыс кэннинээ±и бэтиэхэлэр», А., И.Слепцовтар «Умса бырах, тиэрэ бырах», Дьігµір Тµбэ «Чохчо хааґыта», В.Бочкарев «Ґірбµччэ…», К.С.Эверстов «Айдаар араллааннара», хомуурунньук «Кірдііх кэпсээннэр», Т.И.Захарова-Ло´уура «ґи-ґиих, кµлэбин да±аны» кэпсээн цикла, о.д.а.);
- сэттиґинэн, фантастическай сюжеттаах кэпсээннэр (Г.Угаров, А.Постников-Сындыыс «Аймал±аннаах дьаІ таабырына», Е.Горохов-Тускул «Одурууннаах орто дойду охсуґуулара», о.д.а.);
- салгыы билиІІи проза±а кутталлаах, мистическай кэпсээн білі±і ылар диэн бэлиэтиир то±оостоох (Е.Слепцова-Куорсуннаах «Хомуґуннаах хоґооннор, кистэлэІнээх кэпсээннэр», Е.Васильева «Сэгэлдьин хотун», П.Самсонов-Бµітµр Хара «Иэстэбил», «ХараІа тµµн ханыылара», Венера «Јлµµ толоонун кистэлэІнэрэ», Т.Нутчина «Сир иччитэ», «Дьігµірдээн диэн дьикти киґи баара», Т.И.Захарова-Лоґуура «Кістµбэт эйгэ ыалдьыттара» кэпсээн цикла).
Былыр-былыргыттан саха киґитигэр сµрµн дьарык буолбут булт-алт, норуот оло±ун укулаатын тµстээбит тыа сирин оло±ун, аар айыл±а уонна киґи алтыґыытын дьэІкэрдэр чараас эйгэни сэІээрэр, дьулайыыны бигэргэтэр мистическай айымньылар саха норуотун майгытын, менталитетын уратытын бэлиэтииллэр, омук быґыытынан оло±ун-дьаґа±ын укулаата, айылгыта, уйул±ата туспатын кірдіріллір. Онон бу кірµІ кэпсээннэр саха киґитин оло±ун уратытыттан силистэнэн-мутуктанан тахсаллар диэххэ сіп.
Кэпсээн жанрынан билицци кэмнээ±и литература±а ордук хотоойутук уонна ча±ылхайдык киирбит киґинэн Миитэрэй Наумов буолла.
Кини а±ыйах сыл иґигэр бэрт биллэр теманы, саха тыатын, дэриэбинэ оло±ун, сонуннук, иґирэхтик, кырдьыктаахтык, иэйиилээхтик ойуулаата, «Дэриэбинэм барахсан» (2004), «Тыа ыала барахсан» (2006), «Тірµт буор» (2008), «Чомойор кыыґа» (2011) кинигэлэри таґааран дьону сонур±атта.
Миитэрэй Наумов кэпсээннэрин эйгэтэ — тыа сирин хронотоба, атыннык этэр буоллахха, идиллическай хронотоп. Суруйааччы кэпсээннэрин кинигэлэрэ биир теманан, уобараґынан тµмµллµбµт сыалай концепция буолар. Суруйааччы прозатын теманан араарар буоллахха, тыа ыала, тыа сирин кыґал±ата, билиІІитэ, уруккута, дэриэбинэ оло±ун бэлиэ тµгэннэрэ, дьиэ кыыла-кітірі курдук темалар биир тиґиккэ тµмµллэллэр. Эдэр саас уобараґа эмиэ биир ураты кістµµ буолар. Сµрµн матыып быґыытынан айымньыларга тіріібµт сиргэ-уокка ахтыл±ан, тыа киґитинэн киэн туттуу, сэргэхтик, сонуннук суруйуу буолар. Д.Наумов айымньытын туспа хайысхата — лирическэй кэпсээннэр, ахтыы ис хоґоонноох лирическэй толкуйдар, биирдиилээн дьон туьунан бэлиэтээьиннэр. Манна «Дэриэбинэм барахсан» кинигэ±э «Ахтыл±ан» тµґµмэххэ тµмµллэ сылдьар суруйааччы чугас дьонун, а±атын, эбэтин, а±а кыннын, суруйааччылар тустарынан ахтыыта киирэр.
Дмитрий Наумов лирическай ойуулааґыныгар, хара±ын далыгар дэриэбинэ олохтоохторо, кыыл-кітір бары тµбэґэллэр. Сылгы, ынах, сибиинньэ о±ото, кулунчук, ыт, куоска уобарастара, тыыннаа±ымсытыллан, саха киґитэ ійдµµрµгэр, ылынарыгар бэрт табыгастаахтык ойууланаллар. Ол да иґин ааптар кыылга-харамайга сыґыаннаан «кини», «киґи» диэн тыллары туттара соґуччу да, кэрэхсэбиллээх да±аны. Холобур, Акыым ат туґунан «Ааттаах киґи Акыым элэмэс буолла±а», сылгылар туґунан «биир сайылык уолаттара, атын атын ыал µлэґиттэрэ» диэн уратытык сиґилиир.
Суруйааччы бэрт кыра тµгэни бэлиэтии кірін, дириІ біліґµіктµµ санааны этэри сатыыр. Холобур, «Кулунчук» кэпсээІІэ ааптар биэ тіріін сытарын бэлиэтии кірін туран кулунчук бастакы хардыы оІорор кып-кылгас тµгэнин хоґуйар. Маныаха кулунчук а±ыйах хардыытыттан киґи уонна айыл±а сыґыана, ураты нарын иэйии, истиІ, амарах сыґыан бэлиэтэнэр. Кµірэгэй ынах, Кэрэмэс ыт, Акыым ат, Кырса ыт. Кыылы-сµілµ ааттыыр µгэґигэр, ымпыктаан хоґуйарыгар, суруйааччы уратыта кістір. Кини кэпсээннэрин эйгэтин «ыраас эйгэ» диэн быґаарыахха сіп.
Персонаж туругун кірдірір психологическай ситуацияны сатаан оІорор, сюжеты табыгастаахтык таІар, уус-уран ымпыкка дириІ суолтаны биэрэр суруйааччы дириІ характердары арыйар сатабыллаах. Суруйааччы авторскай позицията кµµстээх, куруук айымньы тиэкиґигэр баар.
Ааптар ойуулуур предметигэр сыґыан ураты чараас дэгэттэниитин бэлиэтиир наада. Кµлµµ категория быґыытынан кини айымньыларыгар туспа ис хоґооннонор. Бу ійдібµл кµлµµ-элэк оІостуу, кµлµµ гыныы, саралааґын курдук дэгэттэнэн уус-уран ньыма быґыытынан литература±а хотоойутук туттуллар. Д.Наумов прозатыгар сырдык кµлµµ, дьэІкир ирония, чараас юмор айымньы аайы суруйааччы ойуулуур чахчыны эйэргиир, манньыйар, астынар, киэн туттар, атаахтатар, маанылыыр, уйадыйар, ахтар тµгэнигэр кістін ааґар. Айымньыларга ааптар сыґыанын, айымньы настырыанньатын кірдірір бэрт чопчу кµлµµс тыллар бааллар: «мааны барахсаттар», «барахсан» диэн эбиискэлиирэ дьоІІо да, кістµµгэ да (тыа ыала барахсан, дэриэбинэ барахсан, куйуур барахсан, Акыым барахсан, Ыалым Тиитэбис о.д.а.) быґаччы сыґыаннаахтар, бэйэ истиІ сыґыанын кірдірµµ ордук лирическайдык иґиллэр, аа±ааччыны итэ±этэр. Ханан эрэ Миитэрэй Наумов бу ураты истиилэ классик-суруйааччылар Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон, Н.А.Габышев ураты юморыгар хабааттан ылар.
Соро±ор айымньы сэІээрдэр кµµґµн ордук µрдэтээри ааптар айымньы дор±оонунан (фонологическай) таґымыгар кытары бол±омто уурара бэлиэтэнэр. Ол курдук «Дэриэбинэ сонуна» кэпсээІІэ Ньыыкан Ньамаахап тапталлаах сиэнэ, Ньыыл Ньамаахап улахан уола Ньыыл Ньыылабыс Ньамаахап сµрµн герой. Герой аатын батыґан кэпсээІІэ µгµс «нь» дор±оонтон са±аланар тыл туттуллар: ньимиччи, ньылбы, ньал±аархай, ньыкык гынан, ньылбыйан, ньамах, ньал±аархай, ньылбырытан, ньирилэтэн, ньалбыыр, ньалыгыраан, ньаа±ыра, ньам, ньалахаччыйа, ньыдьыраан уо.д.а. уопсайа «нь» дор±оонтон са±аланар тыл 50-чэтэ туттуллубут тµбэлтэтэ кістір, айымньы персонажтара да Ньыыканап Ньукулай, Ньыылаба Нууна, Ньаадьа, Ньалаар уола, Ньаамай Ньукулай о.д.а. диэн ааттаахтар.
Д.Наумов сатабыла персонажтары ойуулууругар толору индивидуальность бэлиэтин: аатыттан, дьµґµнµттэн, таІаґыттан-сабыттан, дьиэтиттэн-уотуттан, саІатыттан-иІэтиттэн, сібµлµµр дьарыгыттан, ханнык эмит бэлиэ уратытыттан (итэ±эґиттэн да±аны) са±алаан таба бэлиэтииригэр сытар. Ол курдук сэрии кыттыылаа±а босхоІ, аІар кірірµттэн мэлийбит Ылдьаа, сылгыґыт Тиитэбис, аатырбыт сылгыьыт Баґылайкаан, Кэрэмэс иччитэ О±онньор, Лэгиэн Данилов о±онньор, Холорук кыыґа Маайа, онтон да атын ча±ылхай персонажтар: биригэдьиирдэр, бэтэринээрдэр, тырахтарыыстар, саах кµрдьээччилэр, хачыгаардар, атыыґыттар, бары киґини сэІээрдэр, умсугутар ис эйгэлээх дьон курдук ойууланаллар.
Ылдьаа, Тиитэбис туґунан кэпсээннэр, ону тэІэ тыа ыалын, кыыл-кітір туьунан айымньылар туспа циклга холбоноллор. Суруйааччы айымньыларын поэтикатыгар бэлиэ миэстэни ылар дьон-сэргэ эмоциональнайдар, аґа±астар, чараас дууґалаахтар.
Д.Ф.Наумов кэпсээннэрин саамай сµрµнэ — билиІІи тыа сирин кырыымчык оло±ун, эрэйин, аныгы µйэ булкуурун ойуулуур µгµс пессимистическай ис хоґоонноох айымньыттан уратыта диэн бэлиэ оптимизмы µіскэтэллэр, чугас дьоІІо, айыл±а±а, тулалыыр эйгэ±э харыстабыллаах сыґыаІІа холобурдаан умсугуталлар.
Аныгы саха литературатын сайдыытын хайысхалыыр ураты бэлиэлэргэ іссі жанр ураты кірµІнэниитэ киириэн сіп. Ол курдук аныгы проза биир хайысхатынан фантастика жанрын сайдыыта буолар. Бу жанры иилээбит-са±алаабыт Г.Угаров-Угаалаах «Ыйы сиэбит уол» (2011), «Тумарык ніІµі» (2001) кинигэлэрэ, «Олох ірµґэ», «ДµлµІнэр» кэпсээннэрэ, В.Петрова-Венера «Јлµµ толоонун кистэлэІнэрэ» (2009), Е.Слепцова-Куорсуннаах «Муус Ырай» (2008), А.Постников-Сындыыс «Аймал±аннаах дьаІ таабырына» (2009), Е.Горохов-Тускул «Одурууннаах орто дойду охсуґуулара» (2010) фантастическай кэпсээннэрэ, сэґэннэрэ бэчээттэнэнэн тахсыбыттара аа±ааччыны сонур±атта.
Маннык айымньылар жанрдарын ааптардар бэйэлэрэ «остуоруйа-номох», «остуоруйа-кэпсээн», «дьиктилээх аныгы номох», «фэнтези», «научно-фантастическай» айымньы диэн быґааран аныгылыы жанр кірµІµн киллэрэллэр.
БилиІІи литература±а маны тэІэ дьону умсугутар миф, µґµйээн-номох араІатыгар чугас ис хоґоонноох, онно хабааннаах айымньылар айыллаллар: бу умсугутуулаах тиэмэ±э Е.Слепцова-Куорсуннаах «Хомуґуннаах хоґооннор, кистэлэІнээх кэпсээннэр», Е.Васильева «Сэгэлдьин хотун» (2008), Бµітµр Хара «Иэстэбил» (2010), «ХараІа тµµн ханыылара» (2012) кинигэлэрэ, С.Колтовской, М.Ефимов ілµк тапталын туґунан айымньылара, Г.Угаров «Холорук», Н.Михалева-Сайа «Кырыыстаах биґилэх» кэпсээннэрэ, о.д.а. айымньылар бэчээттэннилэр. Маныаха хаґыаттарга, ону тэІэ «Кµрµлгэн» альманахха «Дьулаан» рубрика±а киирсэр ирреальнай эйгэни сырдатар, сорохторо уус-уран іттµнэн балачча таґымнаах айымньылар суруллар буолбуттара аныгы кэмнээ±и саха литературатын биир ураты міссµінµн дьэІкэрдэр.
Ити кістµµлэри сэргэ билиІІи рынок литературатын биир кістµµтэ буолбут уруккута кистэлэІнээх тема, имэІ темата µгµс аныгы суруйааччыга кістір эрээри, Бутукай «ИмэІ уотун кµідьµтµіх» (2010), «ИмэІ кµµґэ» (2010), Дылбаны «ИмэІ» (2011) кинигэлэригэр ордук бэлиэтэнэр. Ааптар толкуйунан бэйэтэ да судургу сюжеты имэІ ситуациятыгар эрэ тиэрдии курдук кістір. Онон кэпсээннэр ис хоґоонноро сыппаан хаалаллар, дириІ характер кістµбэт, айымньылар сюжеттара бэйэ-бэйэлэриттэн улахан уратыта суох буолан, сырыы аайы бэйэ-бэйэтиттэн уратыласпат сыгынньах натурализм хартыыната финалга ойууланан тахсар. Бу айымньылар итэ±эстэринэн кэпсээннэр бастаан утаа хаґыат аа±ааччытын интэриэґин тардарга анаан коммерческай сыалтан суруллубуттарыттан буолуон сіп. Маннык хабааннаах, хаґыат истиилигэр ананан суруллубут айымньылар, сюжеты тµргэтитэн, биир киґи дьыл±атын хаґыат биир нµімэригэр эрэ аа±ылларын курдук тэттиктик хайааґынынан кірдірі охсор сакааґынан айымньылар билигин а±ыйа±а суохтар. Ол билиІІи дохсун µйэбит сонун, ол эрээри сымсах кістµµтэ буолуон сіп.
БилиІІи литература±а, уопсайынан, тапталы хоґуйуу уларыйда да, чычааґырда диэхпитин сеп. Таптал духуобунай ірµтµн — урдук сырдык иэйии курдук буолбакка, таптал атын кістµµтµн, сыгынньах эти-сиини ойуулааґын, имэІи, та±ылы эрэ таґаарыы быґыытынан кірдірµµ, ону батыґан туран умсугутуулаахтык сиґилээґин биґиги литературабытыгар, саха сэмэй киґитин туґунан сэґэргиэхтээх литература майгытыгар сіп тµбэспэт.
БилиІІи кэм іссі биир уратытынан ааптардар куоластара аа±ар аудиторияларын сонун іттµттэн булууларын бэлиэтиэххэ сіп. Бу соторутааІІы кэмІэ эрэ маІнай суруйар ба±алаах дьон «Чолбон» сурунаалга, «Кµрµлгэн» альманахха бэчээттэнэр эбит буоллахтарына, билигин аны хаґыакка, интернеккэ суруйар дьо±урдарын холонон кірін баран сэІээриллэн, хай±анан кинигэ таґаараллар, аа±ааччыны булаллар. Хаґыат, интернет ніІµі дьон сэІээриитин ылбыт кимнэрэ биллибэт Леди Муус, Дь:))))) айымньылара билиІІи литература атын хабааннаныытын, ааптар проблематыгар саІа кірµµ киирбитин туоґута буолаллар.
БилиІІи проза сайдыытын, чуолаан эдэр суруйааччылар айымньыларын ырытыы кэннэ аныгы литературнай процесс, чуолаан проза айылгыта ис иґиттэн тµргэтээґин тэтимигэр оло±урар эбит диэн бэлиэтиэхпитин сіп. Ол хас да таґымІа кістір. Литературнай коммуникация сыабыгар саамай сµрµн объегынан аа±ааччы, маассабай аудитория буолар. БилиІІи µйэ аа±ааччыта сµµрбэ-отут сыллаа±ы аа±ааччыга тірµкµ майгыннаабат. Кини – информацияны ылыныы уларыйбыт кэмин киґитэ. Билигин дьон-сэргэ µксэ ійдібµл-тыл тиґигин арыйан, аа±ар култуураттан тэйэн, кірір култуура±а тардыґан, кіґін эрэр. Интернет, киинэ, кімпµµтэр оонньуута ордук умсугутар. Ол да иґин информацияны тµргэнник, балысханнык, толкуйдуу, ырыта барбакка ылына охсору ордорор, оннукка µірэммит.
Оттон проза сайдыытын биир тірµітэ – социокультурнай эйгэ наадатыгар эппиэттээґин. Ол аата наадыйыы, ирдэбил уонна эппиэт биир механизм быґыытынан µіскµµллэр. БилиІІи информация сайдыбыт кэмигэр информация биир кірµІµн илдьэ сылдьааччы – литература – тэІІэ сайдар, кµрэстэґиини (конкуренцияны) тулуйар, аныгы киґи толкуйугар эппиэттиир, эппиэттэґэр сыалтан бэйэтин ис айылгытын уларытынар, сюжетын тµргэтэтэр, геройун судургутутар кыґал±а±а тµспµт курдук. Ол аата литература билиІІи кыґал±алара: тыл-іс, сюжет судургутуйуута, тµргэтээґинэ, психологизм мілтііґµнэ, ааптар кірµµтэ чычааґырбыта – общество наадыйыытыгар, рынок сокуонугар эппиэттэґэ сатыыр міккµінµттэн тірµіттэнэн тахсаллар диэххэ сіп.
БилиІІи проза±а ааптар авторитета инники кµіІІэ та±ыста. Бу эмиэ аныгы кэм уратытын кірдірір бэлиэ буолуон сіп. КэмІэ, быґыыга-майгыга сыана быґыы литература биир иитэр-такайар функциятын курдук быґаччы ійдінµллэр буолан хаалла. Ааптар сыанабыла, геройга, балаґыанньа±а сыґыана олус чуолкайдык кістір. Кэпсээннэргэ, сэґэннэргэ ааптар аґынара, сэІээрэрэ, сібµлээбэтэ, дьиксинэрэ тута харахха быра±ыллар.
Саха киґитин ураты толкуйун, менталитетын кірдірµµ проза±а сµрµн ірµт буолар. Бу кістµµ билигин булт, тыа сирин оло±ун туґунан айымньыларга ча±ылхайдык бэлиэтэнэн ааґар. Ол эрээри аныгы айымньыларга µгµстµк кістір саргылар, нарыйалар, ньургуйааналар іссі да айымньы характерын, омук уратытын арыйар кыахтара суох.
Эдэр ааптардар айымньыларыгар дириІ психологическай мэтириэт кістµбэт, уустук психологическай ситуация арыллыбат. Аныгы кэпсээн, сэґэн геройа µксэ Нарыйа, Ньургун, Ньургуйаана, Айаал. Бу маска курдук ааттар кэннилэригэр ча±ылхайа суох уобарастар саґаллар. Маннык вульгарнай кірµµ суруйар идэлээх киґи аа±ааччы иннигэр эппиэтинэґэ суо±ун кірдірір: ілірµіхсµт буолла да, Ороспуонньукап, солуута суох майгылаах буолла да, ДьаллаІныырап. Ити быґаччы, чэпчэки сыґыан олохсуйуутун кірдірір. Геройун итинник ааттаан баран, ааптар бу геройу характеристикалыырга умсугуйбат. Холобур, биир айымньы геройа — оло±ор сатамматах, ыарахан дьыл±алаах Соппуруон Сиэрдээхэп. Кини кэргэнин ілµµтµгэр кыттыгастаах диэн хаайыыга олорон тахсар. Ол эрэн бу герой буруйа суо±ун аа±ааччы эрдэттэн сэрэйэр – аат геройун кімµскµµ сылдьар.
Аныгы саха прозатыгар сюжет инники кµіІІэ тахсан, герой оло±о быґылааннарынан (событиеларынан) сыаналанар буолла. Сорох кэпсээннэргэ, сэґэннэргэ кульминация, финал диэн ійдібµллэр чуолкайа суохтар. Ґксэ happу and схематынан бµтэр, киинэ сериалын сценарийыгар майгынныыр айымньылар кістіллір: албынчык, уоруйах, таІнарыахсыт ілір эбэтэр кыайтарар, албыннаппыт, ата±астаммыт кыайар, ірігійдµµр, тапталын соґуччу кірсір, µлэ±э киирэр, дьиэ туттар, о±олонор-урууланар, сыбаайбалыыр.
Уус-уран айымньы тыла-іґі судургутуйуутун эмиэ бэлиэтиир то±оостоох. Ааптар тыла, персонаж тыла барыта биир хабааннанан хаалар.
Онон кірірбµт курдук, аныгы проза±а сюжет умсул±анын эккирэтэр, хайааґыны ірі тутар сокуоннаах, тµргэн-тар±ам сюжеттаах айымньылар, приключенческай, детективнай, авантюрнай хабааннаах жанрдар, µгµстµк айыллаллар. Бу нуучча билиІІи кэминээ±и литературатыгар эмиэ бэлиэтэнэр. ДириІ уобарастардаах, аа±ааччыны толкуйдатар, сайыннарар, духуобунай култуураны µрдэтэр психологическай, интеллектуальнай жанр µіскµµрэ, кµµскэ сайдара кэтэґиллэр. Олоххо мындыр уопут, билии-кірµµ, суруйааччы тус сыґыана, оло±у дириІэтэн анаарыы, таґымнаах тыл-іс – прозаны суруйуу µрдµк ирдэбиллэри туруорар.
Ол да буоллар саха билиІІи литературатыгар саІа холонооччулар, эдэр суруйааччылар кэнники кэмІэ ордук хотоойутук киирэн эрэллэрин, сыллата µгµс айымньы бэчээттэнэн тахсан иґэрин хайгыыр, биґириир наада. Сонун, дириІ тиэмэ±э боруобаланар, бэйэ суолун булунан туспа истиили баґылыы сатыыр ааптардар бааллар. Аныгы проза сайдыытыгар олох укулаата, билиІІи кэмІэ тіріібµт тылга сыґыан, дьон-сэргэ олох, дьыл±а, сыаннас туґунан ійдібµлэ барыта, уопсайынан, аныгы общество киґитин духуобунай мэтириэтэ дьэІкэрэрин бэилиэтиир то±оостоох.
Суруйар дьон холонууларын ійµµр Суруйааччы сойуустара, кинигэ кыґаларын, «Чолбон», «Полярная звезда» сурунааллары сэргэ «Кµрµлгэн» литературнай альманах, хаґыаттар µлэлэрэ-хамнастара литература сайдыытын кµіртµµр кµµс буолар. Бу культурнай хамсааґын айар дьо±ур тобулларыгар, хайысхатын булунарыгар кіміліґір, билиІІи аа±ааччы литературнай кірµµтµн сайыннарар, дьиІ литератураны сымыйа литератураттан араарар сатабылын µрдэтэр.
Аныгы саха эдэр прозатыгар тиэмэ, проблема дьэІкэриитэ, жанр быґаарыныыта, уус-уран герой майгыта, суруйааччы истиилэ ити курдук кэккэ балаґыанньаттан, олох укулаатыттан, аныгы киґи майгытыттан тутулуктанар. Онон бу кістµµ саха литературатын инники µгэстэрин бэйэтин ураты ірµттэринэн, итэ±эстэринэн да±аны салгыыр, уус-уран айар µлэ уонна киґи, кэм уонна общество алтыґыытын, дьайсыытын кірдірір, саха литературатын сайдыытын биир балаґа кэминээ±и хайысхата буолар диэхпитин сіп.
2.2. ЭДЭР ААПТАР РОМАНА
ХХI µйэ±э эдэр суруйааччылар рома²²а хорсуннук ылсан эрэллэрэ ки´ини эрэ с³хт³р³р. Ол курдук Куорсуннаах, Леди Муус, Ойуур, Айысхаана маннык улахан жанрга кµµстэрин холонон к³рдµлэр. Оттон С.Маисов тµ³рт кинигэлээх рома²²а ылсыста.
С.Маисов 30-ча сааспар диэри айар µлэ±э толкуйдаммакка да сылдьыбытым диир. Онтон саха салаатын µ³рэнэн бµтэрэн баран ма²найгы хардыыларын о²орбут, хо´ооннорун кинигэтэ «¥рµ² ³²» 2007 сыллаахха кµн сирин к³рбµт. Ол да буоллар, кини санаата проза±а ордук иэ±иллэрин ту´унан этэр. Ол оруннаах. 2007 сыллаахха «Кэмсинии» диэн сэ´энин суруйбута, онтон тута рома²²а ылсыбыта. ¥µнэн и´эр талааннаах суруйааччыны бэлиэтии к³рбµттэрэ, 2008 сыллаахха Россия суруйааччыларын Сойуу´угар чилиэнинэн ылбыттара.
Роман к³рд³р³р кэмэ – сэрии иннинээ±и уонна кэминээ±и олох. Бу кэми к³рд³рµµ саха литературатыгар сэбиэскэй кэм²э саамай тумнуллар тиэмэ этэ, то±о диэтэххэ, норуот ыар оло±ун к³рд³рµµ соцреализм литературатыгар бобуулаа±ынан аа±ыллара. Онон ааптар са²а тиэмэ±э хорсуннук ылсар. Онуоха кини о±о саа´ыттан истэн-истэн улааппыт ийэтин сэ´эргээ´инэ олук буолар, ол да и´ин роман «Ийэм кэпсиир…» диэн ааттанар уонна кыыс о±о аатыттан суруллар.
Рома²²а сµрµн герой – Аана кыыс дьыл±ата ойууланар. Кини 1930 сыллаахха кулун тутар 15 кµнµгэр айбыт а±ата да суох буоллар, дьоллоох дьиэ кэргэ²²э кµн сирин к³р³р. Эбэтэ, э´этэ киниттэн эрэ кµннэрэ тахсар, кининэн саатыыллар, кыыс оло±ун µ³рµµнэн-дьолунан толороллор. Куруук бииргэ илдьэ сылдьаллар, µлэ±э, булка сы´ыараллар, оонньуур тэриллэрин - сµ³´µлэрин о²орон биэрэллэр. Ийэтэ, таайа кинини му²ура суох таптыыллар-харыстыыллар. Бу ыал бэркэ харанан-дьа´анан олороллор, аттаахтар, ынахтаахтар, о±устаахтар, ыттаахтар. Бары биир дьиэ кэргэн буолан бэрт иллээхтик-эйэлээхтик олороллор. Аана кыыс толору дьоллоох о±о саа´а бу курдук Тээкийэ алаа´ыгар аа´ар. Сотору эбэтэ ыалдьан кµн сириттэн кµрэнэр, э´этэ ³л³р охтуутун охтор. Тээкийиттэн к³´³лл³р. Аны ийэтэ эдэр-сэнэх бэйэтэ сытынан кэби´эр, ³л³р. Ыары´ах буолбут таайын кытта иккиэйэ±ин эрэ хаалаллар, сµ³´µлэрин э´эллэр, сэрии са±аланар. Таайа Бµ³тµр ис тиибигэр хаптаран, ³л³³рµ сытан тыына быстарыгар нэ´иилэ са²аран : «Аанаа-аа… мин бµттµм ээ… О±ом, тулаайах…» - диэн му²нанар, кыы´ын а´ынар-а´ыйар. Ити курдук а±ыйах сыл и´игэр бу ыаллар эстэллэр, дьоллоох олох ха´ан да буолбата±ын курдук, кыыс собус-со±отох хаалан хаалаахтыыр. Ийэтин к³м³лл³рµгэр кырдьа±ас ки´и алгы´ын этэр: «Эдэр о±о ки´и оло±у², кэскили², дьолу² ³сс³ да иннигэр. Хойутун-хойут бэйэ² ийэ буолар µрдµк ытык ыйаахха тиксиэ² турда±а, оло±у о±о салгыыр куолута. Кэлин ыччаттардаах ки´и буоллаххына, кинилэр тымырдарыгар сµµрµ³ эн ийэ² хаана, эттэрэ-сииннэрэ син биир эн ийэ² хаана, эттэрэ-сииннэрэ уонна эн бэйэ² эти²-сиини² буолуо. Онон эн ийэ² син биир тыыннаа±ын кэриэтэ уонна оннук да±аны, ³йд³³ итини…» Били Лоокуукка Кµ´э²эй о±онньор к³стµбµтµн курдук, кэмигэр с³пк³ этиллибит муударай тыллар кыы´ы куруук угуттууллар, кини олоххо тарды´арыгар кµµс эбэллэр, Аана хайаан да дьонун оло±ун салгыахтаа±ын ³йдµµр: «Мин, т³´³ да ыар а´ыыттан ³йµкµ-т³йµкµ баран олордорбун, Уйбаан о±онньор ити и´э-истээх, ула±алаах этиитин то±о эрэ хаппар ³йб³р хатаан, ³йд³³н хаалбыппын. Уонна онтум кэлин, олохпор амырыын алдьархай илэ аа²наабыт кµннэригэр, тµгэннэригэр эмискэ тэ´э санаан кµµспэр кµµс, санаабар санаа эбиллэн µрµ² тыыммын ³лл³йд³³н µгµстµк к³м³л³ст³±³, ³рµ´µйдэ±э…». Кыыс о±о эрэйдээх араас сорго тµбэ´эрэ, мо´оллору к³рс³р³, аччыктыыра-то²оро, ыалы кэрийэрэ, µµрµллэрэ-хордьо±уллара, ³лµµ-сµтµµ быы´ынан сылдьара – роман саамай хараастыылаах хартыыналара. Кини хайдах тыыннаах хаалбытын бэрки´иигин. Ти´э±эр киниэхэ да дьол тосхойор, кыы´ы µтµ³ санаалаах ыаллар ылан о±о о²остоллор, ки´и гыналлар. Сµрµн герой – Аана кыыс дьыл±ата аа±ааччыны эрэ долгутар курдук ойууламмыт. Ааптар «Ийэм кэпсиир…» диэн т³´³ да бэйэтин тус оло±ун кытта сибээстээбитин да и´ин, манна типическэй герой дьыл±ата, бµтµн к³лµ³нэ ыар оло±о к³ст³р диэн итэ±эйэбит. Кыыс саха ки´итин сиэринэн олоххо дьулуура кµµстээх, кини дьонун, т³р³ппµттэрин µ³рэхтэрин-µ³рµйэхтэрин ылынан араас мо´оллору туоруур кыахтаах. Онон суруйааччы национальнай характеры арыйары сити´эр.
Айымньыга саха норуотун оло±ун ыар кэмэ ойууланар буолан, ааптар µгµс проблемалары туруорар. Сµрµн герой та´ымыттан к³рд³хх³, кини кы´ал±алара тула тулаайах сµµрэн хаалбытыттан са±аланаллар. Ол эрээри ааптар норуот оло±ун к³рд³р³р буолан, бу сылларга аа²наан кэлбит алдьархайдар - кµµстээх эр дьоно суох хаалбыт колхоз кыайтарбат µлэтэ, сут, аччыктаа´ын, ис тиибэ, ыарыылар ³р³ туруулара, кырдьа±астар-о±олор тулаайах хаалыылара уо.д.а. бары норуот кµµ´µн-кыа±ын э´эллэр, оло±ун отуорун алдьаталлар. Бу сыллар ону та´ынан норуот µйэлэргэ муспут муудара´ын, сиэрин-майгытын тургутан к³р³лл³р. Хообуйап Мэхээлэ ара² буолан ыалдьыбыт кэргэнинээн айаннаан истэ±инэ, Ааналаах эрэ киллэрэн хоннороллор, а´ыналлар. Дьонноро ³лбµттэрин кэннэ кинилэр туттар малларын, та²астарын барытын Хообуйаптар тиэнэн ылаллар, Аана саатар оччо±о бэйэбин эмиэ илдьэ сылдьаайаллар диэн эрэммитэ, холдьо±он та´аараллар. Ол да буоллар кыыс µгµс дьо²²о кыы´ырбат, кинилэр эмиэ улахан кы´ал±а±а олороллорун, аччыктыылларын, ³л³лл³рµн к³р³ сылдьар. ¥тµ³ дьон к³м³л³рµнэн тыын да быа±а´ынан буоллар тыыннаах сылдьар: ким хоннорор, ким а´атар, ким та²ыннарар. Кини о±о да буоллар, ³й³-санаата эрдэ сайдыбыт. Кы´ал±алаах ки´и сиэринэн ыаллары, кинилэр олохторун, майгыларын барытын сыныйан билэр, Хообуйаптартан «µ³рэммит» буолан, ким хайдах сы´ыанна´ыахтаа±ын эрдэттэн да сэрэйэр. Кини тостор куйааска, бытар±ан тымныыга аара суолга то²он ³лб³кк³, араас ыалларынан, нэ´илиэктэринэн хайдах кэрийэн быы´аныахтаа±ын барытын суоттаан-учуоттаан да сырыттар, ³л³ сыспыт, быстарбыт тµгэннэрэ эмиэ µгµстэр. Сэрии кэмигэр эр дьон бары боруо²²а барбыттара, ³лбµттэрэ-сµппµттэрэ, инбэлиит буолан дойдуларын булбуттара. Хаалбыттар бэйэлэрэ дьа´анан олороллоругар тиийбиттэрэ. Ку´а±ан салайааччылаах нэ´илиэктэргэ хоргуйан-то²он ³лµµ ордук элбэ±э. Оттон £л³кс³³н Саабынаба холкуо´угар оннук сµтµктэр тахсыбатахтара, дьа´аллаах салайааччы уонна мындыр дьахтар бы´ыытынан дьонугар-сэргэтигэр ийэлии амарахтык сы´ыаннаспыта, быстары-ойдору тута к³р³н к³м³л³´³н ³р³ тардан и´эрэ, µлэ±э-хамнаска эмиэ кыайыылаах-хотуулаах тахсан и´эрэ. Онон кыыс салайааччыттан туох барыта тутулуктаа±ын ³йд³³н к³рбµтэ. Уонна дьон тиэрэ майгытыттан кэлэйэрэ, оччо ыарахан да кэмнэргэ куор±аллааччылар, µ²сµ´ээччилэр, атахтааччылар эмиэ к³ст³лл³р³. Ки´и ки´иэхэ сиэрдээх сы´ыана оло±у хайа да кэм²э тэ´иинниир кыахтаа±а к³стµбµтэ.
Айымньы хабар кэмэ сµµрбэччэ сыл, сюжет кыыс дьыл±атын баты´а сайдар. Буолар сирэ – Бµлµµ улуу´ун нэ´илиэктэрэ. Роман геройа на´аа элбэх, сµрµн геройдар дьыл±аларын баты´артан ураты ааптар нэ´илиэнньэни барытын хабар курдук, ахтыллан аа´ар дьоннор µгµстэр. Ол да буоллар роман ма²найгы кинигэтэ ордук табыллыбыт курдук. Манна кинигэ кээмэйинэн т³´³ да тэттигин и´ин, µгµс кэм хабыллар – 13 сыл, элбэх событиелардаах буолан, сюжет ордук тэтимнээхтик сайдар, араас бы´ылааннар буолаллар. Роман ис хо´ооно икки кэрдиискэ арахсар: Аана кыыс дьоллоох о±о саа´а, оло±ун сырдык кэмэ уонна тулаайах хаалыыта, хара²а кэмнэр кэлиилэрэ ойууланар. Онтон бµтэ´игэр Маарыйа эбээ±э кэлиитэ, сюжет тµ´µµ-тахсыы суолунан сайдарын к³рд³р³р. Ма²найгы кинигэ сюжетын ты²аа´ынынан, герой ис туругун арыйыынан ордук табыллыбыт. Иккис кинигэ±э Аана оло±ун биир сыла к³ст³р. Событиелар бытаараллар, ыал биир кэм оло±о, µлэтэ-хамна´а, сайылык-кыстык ойууланар. Аана биир ³ттµттэн аны кэрийбэт, аччыктаабат, ол да буоллар, ааспыт оло±ун а´ыыта киниттэн арахпат, ол и´ин кини д³йбµт курдук ха±а эрэ сылдьар. Улаханнык олоххо орооспот, оскуола±а µ³рэнэртэн да аккаастанар, тус санаатын и´игэр тутар. ¥´µс кинигэ±э эмиэ биир сыл к³ст³р, ол эрээри Аана манна уларыйан эрэрэ биллэр. Кини олоххо кыттыан ба±арар, нэ´илиэк мунньахтарыгар сылдьар, элбэх табаарыстанар. Кыайыгас-хотуулаах µлэ´ит бы´ыытынан биллэр, дьиэ µлэтин барытын сатыыр, сµ³´µ к³р³р, от да охсор, бултуур-алтыыр. Били ки´и эрэ а´ыныах, у²уох-тирии тахсыбыт сµ³дэ²нии сылдьар кыысчаантан чэгиэн, сэнэх кыыска кубулуйар, санаата да сэргэхсийэр, олоххо дьулу´уута кµµ´µрэр. Ааптар кини тµµллэригэр, санааларыгар бол±омтотун уурара геройун ис эйгэтин арыйыыны кµµ´µрдэр. Маны та´ынан µ´µс кинигэ±э историческай, философскай сµµрээннэр киириилэрэ сµрµн герой ³й-санаа ³ттµнэн ситиитин-хотуутун, олох ту´унан ³йд³бµлэ кэ²иирин-дири²иирин к³рд³р³р.
С.Маисов романын идеята - ки´и уонна бµттµµн норуот тыыннаах буолар ту´угар охсу´уута. ¥гэс буолбут урукку романнарга ки´и µµнµµтµн, сайдыытын, µ³рэхтэниитин к³рд³р³лл³р³, ол оччотоо±у сэбиэскэй олох сыала-соруга этэ. Манна оннук боппуруос турбат. Аана тыыннаах буолуу, ки´и ки´итэ буолуу уонна бэйэтин этинэн-сиининэн, µлэтинэн-хамна´ынан дьонун оло±ун салгыыр суолу туту´ар.
Роман биир саамай кэрэхсэбиллээх уонна табыллыбыт ³рµтµнэн айыл±аны ойуулаа´ын буолар. Бу ойуулаа´ыннар µгµс миэстэни ылллар, на´аа си´илии бэриллибиттэр, ол саха ки´итэ айыл±аттан тутулуктаа±ын уонна биирдэ´иитимн к³рд³р³р. Саха норуота кµµстээх µлэнэн, айыл±аны кытта сатаан алты´ыытынан тыынын ³рµ´µнэр. Ол курдук кинилэр сылы аахпаттар, кµн-дьыл эргиирин кы´ынынан-сайынынан, кыстыгынан-сайылыгынан билэллэр. Бу дьи² норуот ³й³-санаата, кини µгµс µйэлэргэ бэйэтин оло±ун-дьа´а±ын о²кулунан, µлэтинэн-хамна´ынан, сиэринэн-майгытынан айан та´аарбыт олоххо сы´ыана буолар. Бу ³ттµттэн С.Маисов романа дьи² сахалыы национальнай тыыннаах, са²а тииптээх айымньы буолар.
Роман – бу саха дьахтара тус оло±ун ту´унан сэ´эргээ´инэ. Оттон ааптар онно хайдах к³ст³рµй? Кини бэйэтэ эмиэ ийэтин этин-сиинин, хаанын сор±ото буолан, бу кэпсэммит бы´ыыны-майгыны сµрэ±эр-быарыгар и²эринэн, чугастык ылынан сэ´эргиир. Бу тµгэ²²э кини ийэтин кытта биир буолар. Оччо±уна кинини ийэтин сэ´эргээ´инин а²ардастыы сµ´эн эрэ ылбыт диибит дуо? Оннук этии т³рдµттэн сыы´а буолуохтаах. Манна ааптар уобара´ын, сэ´эргиир дьо±урун туспа тутан ылан ырытыахха наада. Кини дьи²-чахчы талааннаах суруйааччы буолан, фантазията кµµстээх. Ол курдук бу буолбут тµгэннэр кини хара±ар бары ³ттµнэн сиппит-хоппут хартыына буолан µ³скээн кэлэллэр, ол и´ин кини ону мµччµ туппакка, тулуйбакка-тэ´ийбэккэ кудуччу суруйан и´эр.
Ааптар суруйуутугар си´илээ´ин на´аа кµµстээх, бу кини талаанын ураты бэлиэтэ буолар. Ол курдук кини саха дьонун та²а´ын-сабын, туттар тээбиринин, а´ын-µ³лµн, дьиэлэрин ис-тас бараанын, сиэрин-майгытын, абыычайдарын, µлэтин-хамна´ын, дьарыгын си´илии ойуулуур. Саха ки´итин дьиэ и´инээ±и-та´ынаа±ы µгµс тµбµгµн, бµппэт µлэтин сэ´эргиир. Сынньала²нарыгар дьарыктарын, кэпсэтиилэрин, кµлµµлэрин-салыыларын, оонньуулларын, ырыаларын-тойуктарын, хомустуул-ларын, сэ´эргэ´эллэрин эмиэ ситэрэн-хоторон кэпсиир. Ордук кµµскэ айыл±а ойууланар, Саха сирин кы´ы²²ы-сайы²²ы, кµ´µ²²µ-сааскы хартыыналара бэриллэр. Ааптар бэйэтэ тыаттан тахсыбат булчут буолан уонна т³р³³бµт дойдутун да билэриттэн, айыл±аны тутан олорон к³р³р курдук ойуулуур. Булт араас ³рµттэрин, кыыллары-к³т³рд³рµ бэркэ сэ´эргиир, ардыгар манна ааптар геройунаа±ар ордук бэйэтэ к³ст³н кэлэргэ дылы буолар тµгэннэрэ эмиэ бааллар.
Рома²²а сэ´эргээ´ин «мин» диэн герой аатыттан бэриллэр, ааптар оло±у кыыс о±о хара±ынан к³р³рµ-ылынары сити´эр. Монолог, ис са²а, герой му²атыйыылара эмиэ к³ст³лл³р. Ааптар диалогунан сюжетын сайыннарары эмиэ сити´эр. Сюжекка фольклор айымньыларын – остуоруйа, сэ´эн, анекдот, ырыа-тойук киирэллэрэ кэрэхсэбиллээх, саха оло±ун, дуу´атын толорон биэрэллэр. Ол курдук кыыс э´этэ сэ´эннээх-тэппэннээх, ону кыра кыысчаан ³йµгэр хатаан и´эр. Сэ´эргээ´ин ордук роман иккис-µ´µс кинигэлэригэр биир кµрµс быыстала суох кутуллан и´эрэ аа±ааччыга салгымтыалаах буолан тахсар. Ааптар айымньытын тутулун сµнньµн бэркэ тутустар да, аа±ааччытын эмиэ саныыра наадалаах этэ. Холобур, С.Курилов романыгар эмиэ барытын биир кµрµс кутан кэби´эрин нуучча тылбаасчыта Р.Палехов композициятыгар бэркэ µлэлээбитэ, тупсарбыта диэн бэлиэтииллэр.
Былыргы литература поэзия тылынан сайдара, ол и´ин билигин да±аны проза поэзиятынан кµµстээх диэн этэллэр. С.Маисов бэйэтэ поэт куттаах, ийэ тылын кµµскэ и²эриммит ааптар буолан, романын тыла-³´³ дьикти ураты. Кини тыла поэтическай да диэххэ с³п, ол курдук µгµс тэ²нэбиллэри, ойуулуур-дьµ´µннµµр ньымалары хама±атык туттар. Холобур: «Буспут ыыс-ара±ас болбукта к³пс³рк³й муохтаах, мэлдьи бырдьыгыныы сытар сииктээх, кµлµµкµбэлээх маар иэнин биир гына, ара±ас ³²н³³х дьэрэкээн былааты тиирэ тарпыт курдук, мэктиэтигэр туна±ыран к³ст³р³», «Т³´³ да µгµс сыл хаара-самыыра баттаатар, эми±ирэ илик чиргэл тииттэр ³сс³ да у´ун кэм устата аарыгыра айгыстан лоппоруттан тахсыбыт модьу силистэригэр бигэтик тирэнэн, аа´ан эрэри эрэ барытын саба куу´ан ылыахха айылаах, мэктиэтигэр хараара к³±³рбµккэ дылы кырбас-кылыы мутукчалаах, хойуу эриэхэлээх т³ргµµ лабааларын, ы²ыра, эйэргэ´э сатаабыттыы, сараадыччы уунан тураллара…», «Кэлтэгэй сырдык ый мин тэбэнитирбит майгыбыттан сонньуйан, сµµ´µн аннынан сургуччу к³р³-к³р³, ойо±олуу тµ´эн тэ²²э сырсарга дылыта… ¥µт тураан тунаархай сырдыкка суолу усталыы сэлэлии µµммµт хаты²нар к³рсµ³тµк и´ийэн, халы² к³мн³хх³ баай лабааларын м³лб³ччµ сууланан, µнµгэстээх ытар±аларын намылытан-наскытан, кылыгырас кырыалаах хомурахха кµлµктэрин тµ´эринэн, араастаан хо²ку´ан-нуо±а´ан утуйан турар курдуктара…», «…бэллэйбит этэрбэстээх Торос кыыс, тэбэннэттээх уол о±олуу, эрчимнээхтик мутуктан мутугу хаба тутан ыла-ыла, ыттан хачыгырайарын к³р³-к³р³, мин сонньуйан кµлэ-кµлэ, тии²и та´аарбыт ыттыы ³р³ мы²аан мылайан турбутум» уо.д.а. Ааптар этиилэрэ у´уттар, хатылаа´ыннар, сомо±о тыллар, ³с номохторо, ³с хо´оонноро манна эмиэ дэлэйдэр. Ааптар тыла-³´³ баай, саха дьи² т³рµт тылларын туттар, билэр. Эргэрбит тыллар, тµ³лбэ тыллар µгµстэрэ оччотоо±у оло±у к³рд³рµµнµ кытта сибээстээх уонна оччотоо±у дьон, сµрµн герой бэйэлэрин тыллара буолар диэххэ с³п.
Онон эдэр суруйааччы С.Маисов саха литературатыгар сонун, са²а романы суруйда диэн бэлиэтиибит. Кини «Ийэм кэпсиир…» романа саха норуотун оло±ун араас ³рµттэрин, саха ки´итин майгытын-сиэрин си´илээн ойуулуурунан этнографическай айымньы буолар.
С.Маисов бу романынан µрдµк та´ым²а тахсыбыт маастар-суруйааччы буоларын к³рд³рд³, ол курдук ааптар айымньытыгар маннык сµрµн µ³рэтиилэрэ к³ст³лл³р: били²²и да кэм²э, эдэр да ааптардар саха норуотун дьи² оло±ун к³рд³рµ³хтэрин уонна т³рµт саха баай уус-уран тылынан суруйуохтарын-айыахтарын с³п эбит.
2.4. ЭДЭР ПОЭТТАР АЙАР К¥¥РЭЭННЭРЭ
1990-с сылларга били²²и поэзия±а поэттар араас к³лµ³нэлэрэ айбыттара-µлэлээбиттэрэ: кырдьа±ас, орто уонна эдэр. Ол да буоллар, оччолорго саха поэзиятыгар эдэрдэр куоластара кµµстээхтик и´иллибэтэ±э, арай дьахтар поэзията инники кµ³²²э тахсыбыта. Умсуура, Сайа, Венера, А.Парникова кµµстээх, ча±ылхай айымньылара аа±ааччы бол±омтотун тардыбыта. Орто к³лµ³нэ поэттартан Чуор, В.Босяк, Уххан, С.Тумат, И.Мигалкин, А.Старостин уо.д.а. бу сылларга актыыбынайдык µлэлээбиттэрэ.
ХХI µйэ±э эдэрдэр поэзия±а эрчимнээхтик киирэн эрэллэрэ билиннэ. Кинилэр айар уохтарын суруйааччылар сойуустара ыытар араас тэрэ´иннэрэ, кинигэлэрин бэчээккэ мэктиэлээ´иннэрэ уонна эдэр ааптардар бэйэлэрин к³хт³р³, поэзия±а анаан ыытар биэчэрдэрэ, куру´уоктара кµ³ртµµллэр.
Ол курдук били²²и дьахтар поэзиятыгар Айыына, Куорсуннаах, Суо´ааны, Я.Байгожаева, Ж.Леонтьева, А.Попова, А.Васильева, Е.Мигалкина, М.Птицына, З.Архипова уо.д.а. ааттыыбыт. Биллэн турар, ХХI µйэ±э кыргыттар куоластара 1990-с сыллардаах поэтессалар курдук со´уччу уонна дор±оонноох буолбатах, кинилэр бу поэтессалар тэлбит суолларынан айанныыллар уонна холку, дьо´ун ырыаны ыллыыллар. Ол курдук кинилэр лирикаларын сµрµн тиэмэтэ – дьахтар тус оло±о, таптала.
Олоххо уопуттаах Куорсуннаах, Айыына тулалыыр эйгэ уонна ки´и ис туругун арыйар дири² санаалардаах хо´оонноохтор. Куорсуннаах («Тµµн эбэ», 2001) хо´ооннорун норуот ырыатын киэбинэн суруйар, манна бааллар алгыстар, тойуктар, кутуруулар. Ол барыта лирическэй герой ис санаатын-оноотун оонньоо´уна буолан кутуллар. Холобур, «Бала±ан ырыата» хо´оонугар саха норуотун былыргы оло±ун эмтэркэйэ, туо´ута буолан турар бала±ан суланар. Маннык формалаах, киэптээх, суланыылаах ырыалар былыр бэркэ тар±аммыт этилэр. Онуоха материальнай эйгэ саныыр санаатын билэргэ дьулу´уу эрэ к³ст³р буолбатах, манна олох ту´унан дири² ис хо´оонноох б³л³´µ³ктээ´ин ханалытан этиллэр. Лирическэй герой олоххо миэстэтин булаары эрэйдэнэр-му²нанар, саарбахтыыр-саарыыр, араас эйгэлэргэ да тиксэр, µрµ²µ-хараны да билэр. Ол да буоллар кини айар ки´и алгыстаах тµгэнин туппутуттан дьоллонор. Куорсуннаах о±олорго анаабыт хо´оонноро тэтимнээх ритмнээхтэр, чэпчэки, µ³рµµлээх олугунан, силлабиканан суруллбуттар. Поэтесса хо´оонноруттан кини дьи² саха тыынын с³²³рµнэ сылдьара к³ст³р.
Айыына «Кµн тыгыа халлааны толору» (2001) хомуурунньугун хо´оонноро философскай ис хо´оонноохтор, µгµстэрэ аа±ааччыга ту´аайыллан µ³рэтэр-иитэр суолталаахтар. Ол кини учуутал идэлээ±ин кытта сибээстээ±э буолуо. Холобур, кини этэр:
Ньургу´ун симэх буолбатаххын?
Боруу ото да±аны буол:
Чэбидигирдэр симэ´иннээх,
Уон дьа²ы кыайар эмтээх.
Поэтесса ки´и олоххо бэйэтин миэстэтин булар дьо±уругар эрэрэр. Санаа-оноо хо´оонноругар Айыына тус дьыл±атын эридьиэстиир, олох ыарахаттарыттан саллар да, утары да турар кµµ´µ булунар кµµстээх саха дьахтарын уобара´ын айар. Тапталга анаабыт хо´оонноро µгµстэр. Лирическэй герой Манчаары курдук кµµстээх-уохтаах, сытыы-хотуу саха уолун к³рсµ³н тµµйэр. Ол эрээри таптал суоллара араастар, µксµгэр ыарыыны-эрэйи а±алаллар. Поэтесса±а ³лµµ-сµтµµ, олоххо тарды´ыы боппуруостара µгµс хо´оонноругар к³ст³лл³р. Дьахтар ки´иэхэ саа´ырыы бэлиэтэ бэйэтэ туспа ураты тиэмэ буолар. Олохтон, дьонтон да кэлэйии кини дуу´атын кэрбиир. Ол да буоллар поэтесса оло±ун хорсуннук олоруон уонна оло±у µтµ³ ³рµттэрин туойан, дьон санаатын ³р³ к³т³±µ³н ба±арар сыаллаах-соруктаах айар. Кини санаата оонньуур хо´оонноругар к³²µл хо´оон киэбинэн суруйарын ордорор, ол и´ин санаата-оноото бэрт дьулусхатык, к³²µллµк кутуллан кэлэр.
З.Архипова (Эн баар буолаар…», 2003), Ж.Леонтьева («¥рµ² санаалар» 2001), М.Птицына («¥с ат ми²эм», 2007), А.Попова «Сиэркилэ. Мааска. Харах» (2011) хо´оонноругар эдэр ту²уй кыргыттар олоххо ыраас к³рµµлэрэ, кэрэни кµµтµµлэрэ, ма²найгы тапталга ыралара арыллар. З.Архипова айыл±аны ойуулуурун с³бµлµµр, айыл±а поэтикатыгар кини дуу´атыгар баар иэйиилэри тэ²илии к³р³р, холобур:
К³тт³ кэрэ µрµмэччи
Кµн тµбµгэ суох,
Сµµрдэ эдэр кыыс кµµлэйдии
Бобор ки´и суох.
Эдэр саас эрчимнээх, эдэр ки´и инникитигэр эрэллээх, ол и´ин «ааннарын тэлэччи а´ар», «сырдык кµнµ кэтэ´эр».
Ж.Леонтьева эмиэ быстах санаа±а ба´ыйтарбат, кини ¥рµ² Уоланын кэтэ´эр. Таптал хо´оонноругар со±отохсуйуу матыыба кµµстээх, бар дьон иккиэлэ´эригэр кини куруук со±отох буолан биэрэр, айманар, санааргыыр. Кини к³²µл хо´оон киэбин µгµстµк туттар.
М.Птицына ордук оло±у анаарар тосхоллоох хо´ооннордоох: кини «Унаарыйар буруону одуулуу, / У´уну-киэ²и саныырын» с³бµлµµр. Киниэхэ т³р³³бµт дойду тиэмэтэ кµµстээх, эдэр поэт ки´и сили´инэн-мутугунан кµµстээ±эр бигэ эрэллээх. Ол курдук кини дойдутун дьоруойунан – Манчаарынан му²ура суох киэн туттар. Кини айар уохха арчыланар, «аптаах тыл уо±ун» к³рдµµр уонна улгум хо´оонноро соно±ос буолан к³тµ³хтэригэр эрэнэр, ол курдук «Тала´ыы» хо´оонугар этэр:
Санаам тала´ыыта - ахтыл±аным,
Кутум к³т³±µллµµтэ – ырам,
¥³рµµм µлµскэнэ - ба±ам,
Сµрэ±им µ³рµµтэ – айаным…
Эдэр поэтесса тапталын, дьолун кµµтэр:
Киэ² куйаар к³²µл о±ото,
Мохсо±ол кыыл буолан,
Сµрэ±им халлаанын кырыйа к³тт³ргµн,
К³т³р кынатым, ыра санаам
Эн эбиккин диэх этим!
(„К³рс³ илик до±орбор…“)
М.Птицына кµµстээх уобарастаа´ыннардаах, µгµс эпитети, метафораны, сонун уобарастары айар. Ол курдук кини µс ми²элээх, олорунан ханна ба±арар тиийэр кыахтаах, µс олохтоох, ол курдук кини т³р³³н ааспыт оло±ор сардаана эбит, кэлэр оло±ор Дь³´³г³й о±ото буолуо±а, оттон били²²и кэм²э намчы хаты² эбит. М.Птицына ма²найгы килбик, сэмэй хо´оонноро кэлэр кэмин айар илби´ин олугун уураллар.
А.Попова, поэт бы´ыытынан, эдэр, ахсым сµрэ±э уонна кыыстыы сэмэй ис дьи²э тапталы, дьолу кµµтэр. Кини оло±у ыры²алаан бэйэтин суолун булунуон ба±арар, сиргэ та²аралыы кµµстээх буоларыгар эрэнэр. Со±отохсуйууттан сµрэ±э ыалдьар, санаатынан, эрэлинэн олорор. Философскай хо´ооннордоох, ордук «Икки атахтаах» диэн ааттаммыт хо´оонугар олох уустук олугун анаарар, кµн аайы олох талларар охсу´уутуттан эрэйдэнэр:
…О´ох уота кытыастар –
Ки´и диэн харамай µ³скµ³±µттэн;
Сµбэтин - Кырдьа±астан,
Эйэни – эдэртэн… Дьолу - Кµнтэн…
А.Попова тылы оонньотон, санаа бутуурун, дуу´а ыарыытын арыйар, кини инники ³ттµгэр, Венера курдук, философскай лирика уонна авангардизм поэзиятын суолларын хайар чинчилээх.
Я.Байгожаева («Сыры аайы са²аттан», 2007), Е.Мигалкина («Сулустар ы²ыра к³р³лл³р», 2007) хо´оонноругар аныгы дьахтар, ийэ, кэргэн оло±о-дьа´а±а, кы´ал±ата к³ст³р. Я.Байгожаева поэзиятын сµрµн тиэмэтэ – таптал, дьахтар дьыл±ата. Лирическэй герой - кµµстээх санаалаах аныгы саха дьахтара:
Мин -
Кµлµбµрµµ умайар
Кутаа уоппун.
Мин –
Сахам сиригэр
К³²µллµк к³ччµйэр
Сиккиэр тыалбын.
Поэтесса кимтэн да, туохтан да толлон турбат, хорсун сµрэхтээх, хотоойу санаалаах, сытыы тыллаах. Тус оло±ун тµ´µµлэрин-тахсыыларын тулуйар, суланар-кэмсинэр суолу тутуспакка «дьыл±а хаан ыйаа±ын» уйар кµµстээх. Кини уохтаах, µйэлээх тапталга ба±арар:
Миигин таптаа,
Оло±у² бµтэ´ик
Чыпчыл±анын курдук,
Бµµс бµтµннµµ умайан!
Кини бэйэтэ оннук тапталы до±оругар аныыр:
Уостубат тапталы бэлэхтиир
Мин буолуом эйиэхэ, до±оруом!
Ол да буоллар лирическэй герой сµрэ±ин эрэ ба±атынан олорбот, кини ыал ийэтэ буолан, ³йд³³х-т³йд³³х суолу туту´арга, дьо´уннук олорорго дьулу´ар:
О±обун эмиийдии олорон
Дьоллоохпун дьэ²кэтик ³йдµµбµн…
Поэтесса дьахтар дьолун билэр µ³рµµлээх. Кини аныгы саха дьахтарын оло±ун, тапталын, дьолун к³рд³р³р.
Е.Мигалкина хо´ооннорун эр ки´иэхэ аныыр, дьахтар уонна эр ки´и сы´ыаннарын арыйар. Таптал µйэлээх буоларыгар кинилэр иккиэн эппиэтинэстээхтэр:
Эн,
Мин кµннээ±и тµбµккэ
баттаппыт дьµ´µммэр кэрэбин
у´угуннаран,
курус мичээрбин
лы²кынас кµлµµгэ
кубулутан,
далай санааларбын
тэ²²э µллэстэн,
исти² иэйиибин
тыы²²ынан сылытан,
тыллыбыт сµрэхпин
бэйэ±эр бэлэх гын.
Бу хо´оо²²о дьахтар уйул±атын уратыта к³ст³р, кини далай, бµппэт санааларыгар баттатан бµгэн хаалбатын ту´угар кэргэнэ кинини ³йдµ³хтээх, ³йµ³хтээх, оччо±о бэйэтэ эмиэ дьоллонор турукка киирэр. Кэргэннии дьо²²о ³йд³´µµ-³й³´µµ тапталларын бигэ тирэ±э буолар. Кини иэйиитэ, санаата мунньуллан, хо´оон буолан кутуллар дьо±урун булбутуттан дьоллонор. Норуот ырыатын киэбин, аллитерацияны ту´анарын с³бµлµµр.
Уолаттарга, дьахтар поэзиятыгар холоотоххо, айар дьо±урдаах ки´и ахсаан ³ттµнэн биллэ а±ыйаабыта к³ст³р, ол да буоллар уолаттар и²нэн-толлон турбаттар, айаллар-суруйаллар, уонна поэзия ха´ан ба±арар эр ки´инэн туругурарыгар бигэ эрэллээхтэр, онон куоластара да б³±³х. Оннук поэттарынан бµгµ²²µ кµ²²э билинэбит – Арчыланы, М.Семеновы, Н.Кривошапкины, С.Маисовы, Арчы Уолун, Г.Андросовы уо.д.а. Балартан били²²и поэзия сирэйинэн Г.Андросовы, Арчы Уолун ааттаталыахха с³п. Кинилэр актыыбынайдык, ча±ылхайдык айар-суруйар буоланнар, аа±ааччыга билиннилэр, с³бµлэттилэр. Г.Андросовы, ураты талааннаах уолу, хайы-µйэ±э Россия суруйааччыларын сойуу´угар ыллылар, онон кини саамай эдэр чилиэн буолла.
Г.Андросов «Боотур холото» кинигэтэ 2007 сыллаахха тахсыбыта, манна кини эрдэтээ²и хо´оонноро тµмµллэн та±ыстылар. Боотуру холоон к³рµµ курдук, ааптар поэт бы´ыытынан сµрэхтэннэ. Эдэр поэт инники суолун, айар кµµ´µн билиэн, билиниэн ба±арар, ол и´ин «Ыра ырыата», «Ба±а санаа» хо´оонноро µ³скµµллэр. Ааптар эрчимнээхтик айыан-тутуон ба±арар, кини ыра-ба±а санааларынан бµтµн куйаары хастыан, ааспыт быы´ын а´ыан, инникигэ к³тµ³н ба±арар уонна оннук соруктары бэйэтин иннигэр туруорунар. «Арчыланыы» хо´оонугар кини µрдµк аналыгар, ураты дьыл±атыгар, айар уо±ар эрэнэр, итэ±эйэр. Ол да буоллар ханнык ба±арар айар ки´и курдук кинини саарбахтаа´ын, му²атыйыы, эрэйдэнии арахсыбакка булар – атыннык эттэххэ, эттэниини барар.
Му²утах муннукпар
Му²урданыы сорун,
Муомуруу мо´уогун
Му²хатыгар и²э,
Мучумаа²²а с³²³
Мунууттан бутуллан,
Му²ааттыын бурайсан,
Муо´аланыы абын
Муус куттан сура´ан
Мускула турабын…
(„Му²утах муннукпар“)
Ол да буоллар кини «Ытык Чыыбыстаантан ыйаахтаах ылба±ай ырыа´ыт» буолан, «аналын айаас ат» хаамыытынан ахсымнык атаралыыр.
Лирическэй герой бэйэтин аналын билинэн хоруол, хотой, хахай буолар, кини кµµстээх, ыраас, µрµ² санаата ардыгар баламат курдуктук и´иллиэн с³п. Били ХХ µйэ±э Ойуунускай Эллэйи сэмэлээбитин санаан кэлэбит: «Ха´аа²²ыттан килбиэннээх айаннаммыккыный… Ха´ан ханна биир уоттаах тылы этэн, тойугу туойан бар дьон билиниитинэн «ха´ыытыыр хахай» буолбуту²уй?!!» Эдэр ки´и эрчимин, кµµ´µн-кыа±ын туох бобуо буолла±ай?! Эллэй сээбэ²нээн ылара буолуо дуо?! Оттон Г.Андросов биирдэ µ³´э ³р³ к³т³р, биирдэ аллараа куугунуур: «Дьулусхан дьулуурум дуо±ата £´³х хаан ³²µттэн ³лб³³рд³…» Ааптар олох тыйы´ын билэр: оло±ум – хабылык хапсыыта…», кырдьык ыараханын ³йдµµр. Онтон кини санаата оонньуур: «Кырдьык кытыан кымньыытынан Кылаан кыахпын кыччаппыта». Ол да буоллар поэт ки´и ³йдµµр, ыарахантан толлон, «хотторуу холоругар» с³р³н³н, кини айааччы буолбатын. Айар ки´ини охсу´уу, кыайыы, утарсыы кµ³ртµµр. Оттон ол барыта о²о´уллар таптал ту´уттан, айар уох анабыла кэрэ а²ар буолар:
…Эйигин эйэргээри,
Тапталбын талааннаары,
Т³лк³бµн т³л³нн³³рµ,
Кµ´э²эбин кµµрдээри!
Поэт киниэхэ кэлиэхтээх тапталын тµµйэр:
Тылбыллыбыт тылларбын
Хара±ым халлааныттан аа±а²²ын
¥ргэллии килбиктик мичээрдээн
Киирэн кэлиий, кэрэ кыыс,
Таптал аптаах далайыгар
Сµрбµн-куппун с³тµ³лэтэ…
Таптал тиэмэтигэр ааптар дири² иэйиилээх бэртээхэй хо´ооннорун айар:
Таптыырым эйигин харахтыам инниттэн,
Сир-халлаан ситимэ тардыллыан инниттэн!
Таптыырым эйигин айыллыы са±ыттан,
Кураанах куо² Куйаар са±ыллар са±ыттан!
Г.Андросов бу «Тапталын анда±ара» £кс³кµлээх £л³кс³й кµµстээх-имэ²нээх таптал ту´унан М.Лермонтов айымньытыгар оло±уран суруйбут «Абаа´ы анда±ара» хо´оонугар майгыннаан кэлэр.
Эдэр ааптар поэзиятын саамай кµµрээннээх айымньыларынан гражданскай лириката буолар. Г.Андросов киэ² билиилээх, дири² ³йд³³х-санаалаах басты² устудьуон бы´ыытынан биллибитэ, билигин кини сайдыылаах эдэр интеллигенция биир ча±ылхай, кэскиллээх представителэ. Кини уруккуну-били²²ини чинчилиир, тэ²нии тутан сыаналыыр ³йд³³х, ³сс³ устудьуоннуу сылдьан элбэ±и аахпыта-µ³рэппитэ, чинчийбитэ. Норуоттар тµ² былыргы историяларыттан са±алаан саха норуота µ³скээбит кэмин уонна сэбиэскэй олох репрессиятын сылларын, историяттан ыл±аныллбыт саха норуотун чулуу представителлэрин олохторун µ³рэтэр сыаллаах-соруктаах. Ол кини поэзиятыгар биллибэт буолуон сатаммат. Кини норуот муудара´ыгар, талааныгар сµгµрµйэр, оло²хонон киэн туттар, норуот тылынан уус-уран айымньыта били²²и литература±а тыын угар кµµ´µгэр итэ±эйэр. Ол курдук «Оло²хо», «Куйаар Кудук ма´ын ту´унан кутуруу», «Хому´ум хо´ооно» диэн айымньылардаах. Ааптар былыргы оло±у ³йµнэн-санаатынан, этинэн-сиининэн билэр дьо±урдаах, кини саха норуотун историятын араас кэрдиис кэмнэригэр куруутун бииргэ баар буолар: «Биилээхтиин билсиспитим…» Поэт Сахатын сирин кыа±ынан, киэ²инэн киэн туттар: «Саха дайдыта». «Хотой µ²кµµтэ» хо´оонугар, эмиэ М.Ефимов хо´оонугар курдук, Ха²алас халлаанын анныгар Хомпоруун Хотой кыыл µ²кµµтэ норуокка µтµ³нµ тµстµµрµн ту´унан этэр. Кырдьык кыайда±ына, холбо´уу ³р³г³йд³³т³±µнэ эрэ, саха норуота дьоллоох буолуо±ар эрэнэр.
Г.Андросов поэзиятын норуот тылынан айымньытын уус-уран ньымаларыгар оло±уран айар. Кини хо´оонноро µксµгэр силлабиканан суруллаллар, туочунай строфикалаахтар, рифмалаахтар. Ол эрээри поэт туруору, сытыары аллитерациялары хама±атык туттар, аттарар, хо´оонун уру´уйун, тыл мелодикатын таба тайанар. Ааптар саха тылын сµмэ´инин билэр, ону кытта былыргы, билигин туттуллубат буолбут саха тылларын булан туттарын с³бµлµµр: куо², иэттэ´эр, сэбэ´э, сэбэр, би´ээл, одон, тах, сахсара, тэ²ис уо.д.а., онон кини эксперименнэрэ Умсуура поэзиятын эмиэ санатан ылаллар. Тылга маннык дьаны´ан µлэлиир саха аныгы ыччатын хай±ыахха уонна с³±µ³ххэ эрэ с³п. Эдэр поэт уобарастаа´ыннарын уратылара, биллэн турар, кини тиэмэтин кытта быстыспат ситимнээхтэр, боотур, ат, хотой, очуос, холорук, туос тыы уо.д.а. Ааптар эпитеттэри, тэ²нэбиллэри эмиэ сатаан туттар, саха итэ±элиттэн ылыллыбыт уобарастара эмиэ элбэхтэр. Ол да буоллар соро±ор форманы эккирэтэн, а²ардас аллитерациянан этэрэ-тыынара аа±ааччы ылынарыгар уустук курдук буолар, холобур:
Уора туора туоруур тумуллар
Быстар быыстарын быыстарыгар
Б³р³л³р б³±³л³р м³±³лл³р –
Оло±у, ол – олуур, уу-улуур…
(„Улуу улуур“)
Поэт силлабиканан айан санаата оонньуур туругун олус бэркэ к³рд³р³р:
Дьыл±а дэ²иэ ты²ыра±ыттан
Тэхтиргэ тимирчи тэптэрэн,
О´уордаах халлаан ула±атыттан
О´ол уутугар умсубутум…
(„Олох охсор сутуругуттан…“)
Г.Андросов кµµстээх, дири² санааны этэр сытыы тыллаах, сонун уобарастардаах медитативнай лириката саха били²²и литературатыгар ураты суоллаах-иистээх, ³йд³³х-санаалаах поэт µ³скээн эрэрин туо´улуур.
Р.Каженкин-Арчы Уола «Олук тыл» диэн хо´ооннорун хомуурунньуга эмиэ 2007 сыллаахха «Бичиккэ» тахсыбыта. Арчы Уола бэйэтин ураты аналын билинэн, сµнньµнэн патриотическай ис хо´оонноох гражданскай лирика±а µлэлиир. Кини били²²и саха ыччатын у´угуннарар, ³йµн-т³йµн булларар, норуотун кы´ал±атыгар хайы´ыннарар, т³р³³бµт тылга бол±омтону тардар, тапталы и²эрэр сыаллаах-соруктаах. Ол и´ин хо´оонноро µксµгэр дидактическай, µ³рэтэр-иитэр ис номохтоноллор. Холобур:
Т³р³³бµт уус тылгын
Куруутун харыстаар,
Бу - бар±а баайым диэр!
(„Тыл“)
Эбэтэр:
Саха омук
Сайа±ас санаалаах
Сайдам тыллаах ыччата!
Саргылаах санааны
Сиэллээн-кутуруктаан салайыах
Сµдµ соругу сити´ээччи!
(„Саха омук“)
Поэт анабыл хо´оонноро элбэхтэр, учууталларыгар, до±отторугар, саха норуотун у´улуччулаах дьонноругар, кинилэринэн киэн туттуу ааптарга иэйиини, санааны µ³скэтэр.
Арчы Уолун хо´оонноро иэйиинэн суруллубуттар, ааптар ардыгар µ³´э куйаарга, айыыларга к³т³р, соро±ор аллараа суккуруур. Онуоха кини ардыгар алгыс тылынан са²арар, ардыгар кутурар, ол и´ин µксµгэр арчылыыр кµµ´µ бэйэтигэр да, норуотугар да анаан к³рдµµр. Поэт бу кµн аннын оло±ор кырдьыгы туруула´ар, дьолго тарды´ар. Ону кини тµµйэр-кµµтэр:
Ха´ан
Ким кэлэн…
Кµ³лэ´ийэр к³²µлµ кµ³мчµлµµр
Кµтµр хара²аны кытта
Кµ³н к³рсµ´µ³±эй?!
(„Хом санаа“)
Арчы Уолун уобарастаа´ыннара барыта норуот тылынан уус-уран айымньытын поэтикатыгар оло±урар: кµн сирэ, аламай кµн, µ³´ээ дойду, айыылар, Иэйэхсит, иччилээх ³т³х, иччилээх тыл уо.д.а. Хо´оонун формата эмиэ онуоха хабааттар, кини µксµгэр алгыс киэбинэн суруйар уонна ардыгар кутуруу халыыбыгар тµ´эрэн ыллыыр-туойар. Ол и´ин аллитерацияны хама±атык туттар уонна к³²µл хо´оонунан айар. Ол барыта норуот ырыатыгар-хо´оонугар майгылыыр. Ол да буоллар Арчы Уола поэзиятын матыыптарынан, куорматынан, иэйиитинэн-санаатынан Алампа лирикатыттан силис тардара к³ст³р. Кини биир силлабика хо´оонноох – «Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!» Бу хо´оон ырыа буолан, эдэр ыччакка, Сэргэлээххэ, устудьуоннарга тэнийэн, ыллана сылдьар.
Онон Арчы Уола били²²и кэм литературата µгэстэргэ т³нн³н, тыынын сал±анарын, са²аны айарын, µрдµгµ сити´эрин кэрэ´илээтэ. Ол да буоллар биир халыыпка хаайтаран хаалбакка, поэт суола арыллан, кэ²ээн и´эригэр ба±а санаабытын этэбит.
Уолаттар поэзияларыгар норуот та´ымыттан этиллэр тыллар µ³скµµллэр, кинилэр тыйыс, кµµстээх, санаа харба´ыылаах медитативнай, гражданскай лириканы айаллар, онон µйэлэргэ тиийэн кэлбит µгэстэри утумнаан, ааттарын тµ´эн биэрбэккэ, саха поэзиятын чымаан чыпчаалларга тиэрдэр кыахтаахтар.
2.5 Эдэрдэр айымньылара – кириитикэҕэ
Аныгы кэм литературатын биир сүрүн уратытынан кини көҥүлэ буолар. Урукку сэбиэскэй кэмнээҕи курдук суруйааччыны халыыпка хааччахтааһын, оттон ааҕааччыга тугу ааҕары соҥнооһун эбэтэр бобуу суох буолла. Онон билигин литератураҕа саҥа эпоха саҕаланна, суруйааччы да, ааҕааччы да атын тииптэрэ үөскээтилэр, олоҕу көрүү, ылыныы, сыаналааһын сонун хайысхаланна. Ол гынан баран, ³скөтүн ааспыт икки үйэ тухары көҥүлэ суох норуоттарга уус-уран литература норуот бэйэтин кыһалҕатын этэр суос-соҕотох трибунатынан буолан кэлбит буоллаҕына (А.И. Герцен), бүгүҥҥү күҥҥэ кэлэн литература ити сµрµн иитэр-үөрэтэр, ы²ырар-угуйар суолтата намтаата, тµстэ. Аныгы балысхан сайдыылаах кэм аа±ааччыта, оло±ун литератураны кытта ыкса ситимниир эбэтэр оло±о литература айымньытыттан бы´аччы тутулуктаах урукку µйэлэр аа±ааччыларыгар тэ²нээтэххэ, уус-уран литература±а соччо наадыйбат буолла, кини аралдьыйар эйгэтэ кэ²ээтэ, араас ³рµттэннэ. Онон били²²и кэм литературатын иннигэр аа±ааччыны а²ардас кэрэхсэтэр эрэ буолбакка, литература кини оло±ор ылар миэстэтин инники кµ³²²э та´аарар µрдµк сыал-сорук турар.
Аныгы литература ту´унан кэпсэтиилэргэ µгµстэр саамай кэрэхсэбиллээх айымньы номнуо суруллан бµппµтµн эбэтэр дьэ са²ардыы суруллуохтаа±ын курдук саныыллар. Ол эрэн бµгµ²²µ кµннээ±и литература биир уратытынан, саамай кэрэхсэбиллээ±инэн би´иги били²²и олохпутун сырдатара буоларын ³йдµ³хтээхпит. Ол ту´унан А. Варламов олус бэркэ эппиттин а±алар то±оостоох: «Нынешняя литература, в каком бы кризисе она ни находилась, сохраняет время. Вот ее предназначение, будущее – вот ее адресат, ради которого можно стерпеть равнодушие и читателя, и правителя»4.
Литература сайдыыта аа±ааччы кэрэхсэбилин та´ынан, ³сс³ кириитикэни кытта ыкса ситимнээхтик µлэлиириттэн тутулуктаах. Ол били²²и кэм литературатыгар бы´аччы сы´ыаннаах. «Суруйааччы – кириитик - аа±ааччы» диэн µс муннук литература (литературнай процесс) баарын уонна сайдарын кэрэ´илиир. Кириитик - суруйааччыны уонна аа±ааччыны ситимниир сµрµн кµµс. Литературнай кириитикэ сµрµн сыалынан били²²и литература айымньыларын ырытыы, сыаналаа´ын уонна кини сайдар хайысхатын ыйыы-кэрдии буолар. Кириитикэни ³сс³ литература ту´унан литература, айымньы ту´унан айымньы диэн бы´аарыы баар. Бу ³ттµттэн к³рд³хх³, кини миэстэтэ айымньыны чинчийии (наука) уонна айымньыны аа±ыы икки ардынан буолар5. Онон литературнай кириитикэ уус-уран айымньыны сыаналыыр уонна кини ис хоґоонун, айымньыга кістір быґыыны-майгыны сіптііхтµк ырытан, аа±ааччыга тиэрдэр. Кириитик аа±ааччыны поэзияны кытта к³рсµ´µµгэ бэлэмниир, суруйааччылары, атын кириитиктэри кытта кэпсэтиигэ (диалогка) кыттар. Кириитик ырытыыта, сыанабыла литература сити´иитэ, суолтата, муодата µ³скµµрµгэр эбэтэр, т³тт³рµтµн, кэхтэригэр бы´аччы оруоллаах.
Биґиги сахабыт литературатыгар маҥнайгы литературнай-критическэй холонуулар 1920-с сылларга нуучча литературатын уонна критическэй кірµµлэрин сабыдыалынан оІоґуллубуттара. Ол эрээри, бу холонуулар саха олохтоох матырыйаалыгар оло±урбут буолан, дьиІ саха кириитикэтин µіскэппиттэрэ.
Саха биллэр суруйааччыта, кириитигэ Е.П. Шестаков-Эрчимэн литературнай кириитикэ туһааннаах предметинэн били²²и литература айымньыларын ырытыы уонна онтон үөскээн тахсар историческай, теоретическай боппуруостары сырдатыы буоларын чорботон бэлиэтээбитэ. Кини бигэргэтэринэн, «дьи²нээх литературнай кириитикэ литературоведческай наука бары ситиһиитин синтеһэ буолуохтаах»6. Эрчимэн кириитикэ сыалын-соругун быһаарыытыгар чопчу саха литературатын ситиһиилэригэр тирэнэр, саха кириитикэтин туругуттан ирдэбиллэри таһаарар. Литературнай кириитикэ аа±ааччыны толкуйдатарын та´ынан, долгутар буолуохтаа±ын чорботор. Кэрэни кэрэхсииргэ, µчµгэйи өйдүүргэ үөрэтии – бу буолар дьи²нээх кириитикэ эстетическэй соруга. Онон, Эрчимэн к³рµµтµнэн, кириитик биирдиилээн суруйааччылар сити´иилэрин чи²этэрин тэ²э, норуот бµттµµнэ эстетическэй культурата, литература±а таптала, итэ±элэ µрдµµрµгэр µлэлэ´эр.
Литературовед Н.З. Копырин кириитикэ общество оло±ор олус улахан сабыдыаллаа±ын, оруоллаа±ын бэлиэтээбитэ суолталаах: «Литературнай критика литература µіскµµрµн кытта да±аспытынан баар буолар, литература быстыспат сор±отун курдук кістір. Кини литература араас кістµµлэрин ырытар, быґаарар, тойоннуур дьарыктаах, суруйааччылар айар µлэлэригэр, аа±ааччылар суруйааччы айымньытын ійдµµллэригэр кіміліґір соруктаах, онон уопсастыба оло±ор улахан суолталаах салаа буолар»7.
К³ст³рµн курдук, кириитикэ литература сайдыытыгар оруола олус улахан, элбэх уус-уран айымньылартан саамай µчµгэйдэрин, эстетическай іттµнэн эІкилэ суохтарын общество±а таґаарар аналлаах. Оттон бу сыалын-соругун били²²и саха литературнай кириитикэтэ т³´³ сити´эрий? Хомойуох и´ин, кириитикэ литература сайдар хайысхатын ыйан-кэрдэн, суолун торумнаан биэрэр сүрүн сыалын өрүү даҕаны ситиспэт этэ. Бу туһунан элбэх мунньахтарга, конференцияларга, сийиэстэргэ этиллэрэ. Кириитикэ инники күөҥҥэ тахса охсуохтааҕын туһунан сыал-сорук өрүү туруоруллара да, хартыына уларыйан кэлбэт этэ. Ол биричиинэтинэн өссө 1967 сыллаахха Эрчимэн «Айар санаа аргыһа» диэн ыстатыйатыгар икки суолу ыйбыта: «Бастакытынан, малтаччы этиэххэ наада, критикэни сөбүлээбэппит. «Киһи тыла уоттааҕар абытай» диэн саха өһүн хоһооно. Ити критикэҕэ быһаччы сыһыаннаах. Иккиһинэн, критическэй ыстатыйалары, рецензиялары суруйууну күттүөннээх үлэ курдук көрбөппүт. Онтон үчүгэй ыстатыйаны суруйар, син үчүгэй кэпсээни, xohoону айар курдук киһиэхэ эрэ барытыгар кыаллыбат эбээт». Маннык санааны билиҥҥи кэм ырытааччыта Афанасий Гуринов-Арчылан «Күрүлгэн» альманахха сыһыаран бэлиэтээбитэ эмиэ баар. Онон литературнай кириитикэ күн бүгүнүгэр диэри бу икки биричиинэнэн литература сайдыытыттан хаалан иһэр.
Суруйааччы да, кириитик да, аа±ааччы да сэбиэскэйэ суох „к³²µл“ усулуобуйа±а олорбуттара сµµрбэ сылтан орто. Литературнай-критическэй µлэлэртэн „кылаассабай“, „партийнай“ диэн сыана бы´ар сµрµн ³йд³бµллэр суох буолбуттара. Сэбиэскэй кириитикэ бириинсиптэрэ уонна ньымалара са²а кэм ырытыыларыгар туох да суолтата суох буолан тахсыбыттара. Онон аныгы кэм кириитикэтэ уус-уран айымньыны сыаналыырыгар урукку курдук чуолкай суолдьут о²остор критерийэ суох буолан, сайдыытын тэтимэ биир ³ттµнэн бытаарбыт буолуон с³п. Са²а кэм сыана´ыттарыгар тирэх о²остор сонун суоллары, хайысхалары к³рдµµр улахан сорук турбута. Ол туо´утун биир холобурунан 1994 сыллаахха бэчээттэммит „Саха литературатын са²алыы к³рµµ“ диэн литературнай-критическэй ыстатыйалар хомуурунньуктарын ааттыахха с³п. Манна суруйааччылар, кириитиктэр, литератураны чинчийээччилэр саха литературатын инники кэскилин ту´унан суолталаах санаалары эппиттэрэ. Литература±а сы´ыан боппуруо´а, кириитикэ ырытар ньымата, хайдах буолуохтаа±а, литература историятын µ³рэтии са²а соруктара, айар ньыма, истиил, маастарыстыба боппуруостара бол±омто киинигэр турбуттара. Билигин кириитикэ ордук айымньы уус-уран уратыларын, сити´иилэрин бол±омто±о ылар, ырытар буолла.
Кэли²²и кэм²э эдэр дьону литератураҕа тардыы, айар үлэҕэ көҕүлээһин күүһүрбүтүн бэлиэтиэххэ сөп. Ол курдук Саха сирин суруйааччыларын сойууһун (сал. Наталья Ивановна Харлампьева) көҕүлээһининэн Эдэр суруйааччылар республикатааҕы сүбэ мунньахтарын ыытар үтүө үгэс сөргүтүллүбүтэ. 2004 сыллаахха ХIV сүбэ мунньах ыытыллыбыта уонна икки сыл буола-буола ыытыллар буолбута. Онтон бэттэх эдэр ааптардар литератураҕа киириилэрэ тэтимирбитэ бэлиэтэнэр. Оттон «Чолбон» сурунаал эдэрдэр айымньыларын ахсыс нүөмэргэ анаан таһаарар, «Критика уонна библиография» рубрикатыгар критическэй ырытыылары бэчээттиир. «Кыым» хаһыат саха литературатын сайыннарыыга бэйэтин кылаатын «Өлүөнэ сарсыардата», онтон 2007 с. кулун тутар ыйыттан «Кулуһун» диэн литературнай анал балаһаны таһааран киллэрэр. Манна саха бастыҥ суруйааччыларын айымньыларын сэргэ эдэр ааптардар суруйууларын эмиэ бэчээттиир. 2006 сыл алтынньытыттан «Күрүлгэн» уус-уран альманах тахсар буолла. «Күрүлгэн» альманах эдэр ааптардарга бэчээттэнэр, киэҥ эйгэҕэ тахсар кыаҕы биэрдэ, оттон ааҕааччыларга аныгы кэм туһунан дьоһуннаах айымньылары бэлэх уунна. Саха ааҕааччыта «Күрүлгэни» кэрэхсээтэ, сэргээтэ. Оттон «Бичик» кинигэ кыһата саҥаттан-саҥа кинигэлэри бэчээттиир, ол иһигэр эдэрдэр айымньыларын туспа хомуурунньугунан таһаартыыр („Бол±ойу², эдэр саас!“(2002), „Араскылар“ (2009) о.д.а.). Онон айар баҕалаах, суруйар дьоҕурдаах дьоҥҥо үтүө кэм µµннэ. Ол гынан баран эдэр ааптардары биир астыннарбат - ол кириитикэ суоҕа.
Айымньыны кэмигэр тута илдьиритэн ырытан, үтүө-мөкү өрүттэрин ыйан, сүбэ-ама биэрии кыайтарбатын эдэр ааптар Марфа Птицына проблема бы´ыытынан туруорар. Кини били²²и кэм²э суруйааччытаа±ар ырытар, кириитикэлиир ки´и лаппа а±ыйа±ын, ырытыыларга µксµгэр хай±аа´ын, айымньы табыллыбыт эрэ ³рµттэрин чорботуу о²о´улларын бэлиэтиир. Эдэр ааптар кириитикэ хайдах буолуохтаа±ын „Айымньыны ырытыы тирэнэр кµµс буолуохтаах“ диэн суруйуутугар маннык бы´аарар: «Дьиҥнээх критика, мин санаабар, Эрчимэннии, кэлин Бырдьахаанаптыы, буолуохтаах. Суруйааччы сыыһатын-халтытын тута көннөттөрөн кини таба суруйар буоларыгар сирдиэхтээҕэ буолуо. Ол биһиэхэ соччо кыаллыбат. Быһа-бааччы эдэр авторга сүбэ-соргу, баҕар сүгэ-кылаан да тыллар туһуланнахтарына (тус бэйэм эдэр автор буолан туран) төрүт өһүргэнэ хайыы барбакка өссө толкуйдуур, суруйбуппун ырытан көрөр кыахха киириэм этэ» (Чолбон, 2011. №8. С. 88). Бу санааны бары эдэр ааптардар ааттарыттан этиллибитин курдук өйдүөххэ, ылыныахха эмиэ сөп. Онон эдэрдэр кириитикэни кэтэһэллэрэ саарбахтаммат.
Эдэр ааптардар айымньыларын ырытыы, сыаналаа´ын ордук «Чолбон» сурунаал, «Кыым» ха´ыаттарга бэчээттэнэр. Оттон биирдиилээн бэлиэтээ´ини, ырытыыны «Кµрµлгэн» альманахтан, «Саха сирэ», «Якутия», «Киин куорат» хаһыаттартан булуохха с³п. 2000 сылтан бэттэх бэчээттэммит матырыйааллартан 30 µлэни ырытан, били²²и кириитикэ эдэр ааптарга туох ирдэбили туруорарын бы´аарарга холоннубут (1 сы´ыарыы).
Са²а айымньыны, кинигэни ырытыы буолалларынан µгµс суруйуулар рецензия жанрыгар с³п тµбэ´эллэр. Тутуларынан рецензия халыып (канон) буолбут ирдэбилигэр оло±ураллар: бастаан сыаналанар кинигэ±э (айымньыга) уопсай характеристика бэриллэр (ис хо´оонугар, тематыгар, к³т³±µллэр проблемаларыгар, сµрµн идеятыгар), онтон композицията, уобарастара, истиилэ сыаналанар, салгыы уус-уран сити´иилэрэ уонна итэ±эстэрэ ыйыллар, тµмµгэр айымньы ааптар айар µлэтигэр, литературнай процесска ылар миэстэтэ бы´аарыллар. Холобур, Д.Т. Бурцев «Кэрэхсэбиллээх сэ´эн» (Чолбон, 2005. №12), Н. Бугаев «Литература, Кэм уонна Кµрµлгэн» (Кыым, 2007. Атырдьах ыйын 8 к.), Д.Т. Бурцев «Сонун теманы сырдаппыт (Эдэр автор Семен Маисов «Кэмсинии» сэһэнин ырытыы)» (Чолбон, 2008. №1), К.Уткин-Нµ´µлгэн «Оло±у, тапталы харыстаа²» (Кыым, 2009. От ыйын 23 к.) Ю.И.Васильев –Дьаргыстай «Са²а, сонун кинигэ (Огдо „Барыта ал±ас этэ..“ кинигэтин сэ²ээрии)» (Чолбон, 2011. №3) о.д.а. Рецензиялары та´ынан тµмэн к³рд³р³р (обзорнай) ис хо´оонноох ыстатыйалары бэлиэтиибит. Манна эдэр ааптардар айымньыларын холбуу тутан сыаналанар, литература сайдар хайысхата саба±аланар. Холобур, Дьэрис „Сарсын халлаан сырдыа дуо? (Чолбон, 2002. №4), И. Васильев «Исти² иэйиилээхтэр» (Чолбон, 2004. №2), В. Попова «Санаабытын хото суруйар кыахтаахтар...» (Кыым, 2008. Кулун тутар 27 к.), Урсун «Эдэрдэринэн эбиллиэхпит» (Чолбон, 2008. №5), Н. Рыкунов «Саха оҕуһун мииннэ да – ырыаһыт (Эдэр ааптардар айымньыларын ырытыы)» (Чолбон, 2009. №1) о.д.а.
Критическэй суруйуулар ааптардарын ылан к³рд³хх³, сµнньµнэн тыл µ³рэхтээхтэрэ (М.П. Алексеев-Дапсы, Ю.И. Васильев-Дьаргыстай), суруйааччылар (Н.Е. Винокуров-Урсун, И.Осипов-Ойуур, В.Сивцев, эдэр суруйааччылар Арчылан, Г.Андросов, Н.Рыкунов), учуонайдар (К.Д.Уткин-Нµ´µлгэн, Н.И.Бугаев, Д.Т.Бурцев, М.П.Попова), аа±ааччылар (О.Макарова, В.М.Михайлов, Татьяна, И.Васильев, Н. Аргунова) о.д.а. буолаллар. К³ст³рµн курдук, эдэр ааптардар айымньыларын аа±ааччыттан са±алаан учуонайга тиийэ бол±омто±о ылан аа±аллар, ырыталлар эбит. Онон эдэрдэр айымньылара кириитикэ бары к³рµ²нэрин (идэтийбит, суруйааччы, аа±ааччы кириитикэтэ) та´ымыгар ырытыллыбыт диэн тµмµктµ³ххэ с³п.
Эдэр ааптарга саамай суолталаа±а кини айымньытын м³лт³х ³рµттэрин ыйыы, сµбэ-ама биэрии буолар. Оттон хай±ал, µрдµк сыанабыл, биллэн туран, санаатын к³т³±³р, айар ба±атын кµµ´µрдэр. ¥³´э ыйыллыбыт µлэлэргэ ырытааччылар эдэр ааптар айымньытын сыаналыылларыгар с³пт³³х хайысханы тутуспуттар – ааптардар сити´иилэрин сэргэ итэ±эстэрин ыйан, инники µлэлэригэр сыал-сорук туруорбуттар. Ордук элбэх бэлиэтээ´ин эдэр суруйааччы тылы сыы´а туттуутугар, табыга´а суохтук уобарастаа´ыныгар анаммыт.
Достарыңызбен бөлісу: |