Российскай Федерация µ³рэхтээ´и²²э уонна наука±а министерствота



бет5/8
Дата17.06.2016
өлшемі0.82 Mb.
#142988
түріМонография
1   2   3   4   5   6   7   8

Тыа сирин оскуолата, олох-дьаһах проблемалара сүрүн герой Маша Тэгиилэбэ тула сайдар. Бу кыыһынан сирэйдээн ааптар кини дьиэ кэргэнин билиһиннэрэр. Ийэтэ оҕолонобун диэн кыыс алталаах эрдэҕинэ күн сириттэн күрэммитин, онон аҕалара икки оҕотун аҥаардастыы иитэрэ ыараханын көрөбүт. Үлэтэ суоҕуттан материальнай олох ыараханын Хабырыыс оҕолоро – Машалаах Сэмэнчик элбэх эрэйи билэллэр. Ол курдук куруук тиийиммэт, аччык аас-туор олохтоохтор, аҕалара арыгы истэҕинэ киһи билбэт гына уларыйан хаалар. Ол гынан баран төһө да ыараханнык олордоллор, дьиэлээхтэр бэйэ-бэйэлэрин олус сөбүлүүллэр, суохтаһаллар. Кинилэр дьиэ кэргэннэригэр идиллия дириҥ суолталаахтык көстөр. М.Бахтин диэн романы чинчийээччи кэм уонна миэстэ хронотобугар идиллия хронотобун араарар: «Строгая ограниченность ее только основными немногочисленными реальностями жизни. Любовь, рождения, смерть, брак, труд, еда и питье, возрасты – вот эти основные реальности жизни. Они сближены между собой в тесном мирке идиллии»1. Манан ааптар мөкүттэн да үтүөнү буларга, олох иннин диэки сырдыгынан салаллан баран иһиэхтээҕин, утум салҕанарын көрдөрөр.

Дьиэлэрин иһэ кураанах, киэһээҥи астара суох, саҥа таҥас, саҥа мал-сап ылыллыбатаҕа ырааппыт эбит да буоллар, дьиэлээхтэр олус дьоллоохтор, кинилэргэ атын туох да наадата суох. Онон олоххо сыаннаһы материальнай көстүүгэ буолбакка, духуобунай өйдөбүлгэ арыйар. Хабырыыска үлэлээх, дьарыктаах, оҕолоро аһыыр астаах, таҥнар таҥастаах буоллахтарына, аҕа киһиэхэ ол да сөп. Онтон оҕолор аҕалара арыгытын испэккэ, этэҥҥэ сырыттаҕына, кинилэр кимнээҕэр да дьоллоохтор. Кинилэр бу өйдөбүллэригэр утары турар санаалаах киһинэн Дьуур ийэтэ буолар. Эдэр эрдэҕинэ бэйэтэ ыарахан олохтооҕун умнан, уола Дьуур сөбүлүү көрөр кыыһын Маша Тэгиилэбэни кыаммат киһи оҕото эрэ диэн сэниир, атаҕастыыр. «Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт» дииллэринии, оҕобор үтүөнү оҥоробун диэн, төттөрүтүн уолун кытта өйдөспөт буолаллар. Тиһэҕэр ийэтэ оҥорбут алҕастарын уола бырастыы гыммат, киниэхэ өсөһөн, үөрэххэ да туттарсыбат, тута армиялыыр. Бараахаптар дьиэлэрэ төһө да олус улаханын, толору маллааҕын, куруук ичигэһин иһин, барыта кураанах курдук. Истиҥ сыһыан суох буолбута быданнаабыта сэрэйиллэр. Онон утарыта тутуу композиционнай ньыматын туттан, ааптар айымньы идеятын күүһүрдэн биэрэр.

Социальнай балаһыанньа проблемата роман саҕаланыаҕыттан сытыытык турар. Оскуолаҕа оҕолор доҕордоһуулара кытта ким хайдах, туох таҥастааҕыттан-саптааҕыттан тутулуктанан, онтон силистээҕин ааҕааччы өйдүүр. Кистэл буолбатах, биһиги бүгүҥҥү олохпутугар бу тус сыһыаннаах боппуруос. «Оҕолортон эрэ мөлтөх таҥастаах биһиги. Бу кэллим дии, күрэхтэһиигэ кыттыбакка. Оҕолор сиилии көрбүттэриттэн куотан. Лана аны миигинниин сылдьыбат. Тоҕо сылдьыай, арыгыһыт аҕалаах, мөкү таҥастаах кыыстыын?» (C. 7), - диэн улаатан эрэр кыыс психологический туруга аҕатын да, социальнай педагог Мира Тарасовнаны да, ааҕааччыны да долгутар.

Редколлегия чилиэттэрэ эркин хаһыатын оҥороллоругар аҕыйах сылынан ким ханна тиийэн туох үлэһит буолуохтарын, баҕа санааларын уруһуйдууллар. Бу түгэҥҥэ ааптар кылаас оҕотун барытын ааҕааччыга билиһиннэрэрин таһынан, конфликт төрүөтэ мантан саҕаланарын олус табыгастаахтык көрдөрөр. Кыахтаах, харчылаах төрөппүттэрдээх оҕо Япониянан, Кытайынан үөрэниэҕин, үлэлиэҕин, онтон кыаммат-тиийиммэт өттө сүөһүттэн ыраатыа суоҕун ыраланаллар. Бу хаһыаттан сиэттэрэн, төрөөбүт дойдуга сыһыан боппуруоһа көтөҕүллэр. «Дойдугут туһун санаан да көрбөккө, бэйэҕитин улаханнык туттан, чиэски сирдэр аартыктарын өрө мыҥаатаххытына, куккут-сүргүт салыйан, тирэххит түөрэҥнээн барар кутталлаах. <…>. Төрөөбүт дойдугутун таптыыр, кини туһугар ыалдьар киһини ийэ айылҕата өрүү арчылыы, харыстыы сылдьар»2, - үөрэх управлениетын начальнига киһи этиитэ оҕолору толкуйдатар дириҥ түгэхтээх.

Герой психологическай туругун билэргэ, санаатын таба таайарга ромаҥҥа көстөр сюжет компоненнарын ааптар дириҥ суолталаахтык туһанар. Холобур, сүрүн герой Маша Тэгиилэбэ дневнигэр ийэтин кытта кэпсэтэр диалог форматынан суруйар: «Ийээ, бу дневниги илиибэр ылыахпыттан мин эйигинниин кэпсэтэр курдукпун», эбэтэр «Ийээ, аҕабыт арыгыттан тэмтэрийэн иһэн өрүтүннэ». Ити курдук суох буолбута быдан ырааппыт ийэтин куруук баар курдук истиҥник санаан, солуннарын сэһэргиир, муунтуйууларын кэпсиир. Онтон ийэтэ тыыннааҕар суруйан хаалларбыт хаартыскалардаах дневнигэ документальнай характердердаах буолан, сюжеты арыйарга төһүү күүс буолаллар, ситэрэн-хоторон биэрэллэр.

Түүл суолтата ромаҥҥа эмиэ персонаж ис туругун, санаатын биллэрэр ис хоһоонноохтук киирэр. Хабырыыс Өлүөхүмэлээ-битигэр аҕабыт эмиэ арыгытын иһэн кэбиһиэҕэ диэн куруук долгуйар санаатын-оноотун кыыс түүлүгэр көрөбүт. «Ыар түүлгэ баттатан кыысчаан өрө мөхсүбүтэ», - диэн ааптар Маша психологическай туругун олус ыараханын, улаатан эрэр оҕо олоххо көрсөр түбүктэрин өйдүүбүт. Түүл киһи санаатын кытта биир ситимнээх буоларын Хабырыыс түһүүр түүлүгэр ааптар ойуулуур: «Санаалар, санаалар… Солбуһа субуллар утахтар, быстыбат ситимнээх ситиилэр… Хабырыыс Тэгиилэп уһун, сындалҕаннаах айан устата масыына кэтэх олобоҕор хоҥкуччу түһэн утуйан таҕыста. Уһукта биэрдэҕинэ, түүлүнүүн ситимнээх санааларга баттатар, устунан эмиэ утуйан түүл түһээн түҥкэлийэр. Ити барыта илэтин биитэр түүл буоларын быһаара сатыахтыы, кыһыҥҥы боруҥуй күнү кырыалаах түннүк нөҥүө кыҥастаһа олорбута» (66 с.). Дьоллоох үчүгэй көрүҥнээх түүл киһи санаатын көтөҕөр, бэйэтин кыаҕар эрэлин күүһүрдэр. «Дьуур ити түүн сүрдээх үчүгэй түүлү көрөн, сарсыарда сэргэх баҕайытык уһуктан кэлбитэ», - диэн ааптар Дьуур баҕа санаатын түүл ньыматынан арыйар.

Ромаҥҥа көстөр сурук уус-уран суолтата чааһынай характердаахтык бэриллэр. Дьуур Машаны сөбүлүүрүн ааптар таайтаран этэр эрээри, бу диэн чопчу хамсааһынынан (движение) к³рд³рб³т. Аныгы кэм үнүгэстэрэ төһө да үргүөрдээх кэмҥэ олордоллор, Машалаах Дьуур олус сэмэй оҕолор буолан биэрэллэр. Уоллаах кыыс икки ардыгар истиҥ кэпсэтии, сыһыан баара биллибэт, арай хардарыта с³бµлэ´эллэрин эмоциональнай туруктарыттан сэрэйэҕин. Долгуйуу, күнүүлээһин, кыбыстыы ураты иэйиилээхтик көстөр. Кинилэр килбик иэйиилэрин сурук ситимниир. Дьуур армияттан Машаҕа ыыппыт суруктара төһө да күннээҕи ис хоһоонноох буолбуттарын иһин, бу суруктарга эрэ истиҥ сыһыаннара көстөр, онон кыыһы да, ааҕааччыны да олус долгуталлар.

Анна Варламова – Айысхаана романыгар өссө биир ситиһиитэ диэн, оҕолорунан сирэйдээн, олоххо баар проблемалары сытыытык туруорбута буолар. Атыы-эргиэн, Кытайга барыы, үлэтэ-дьарыга суох буолуу, оҕо төрөппүтүн кытта өйдөспөт буолуута, улууһунан хайдыһыы, секта курдук атын итэҕэл түмсүүтэ саха киһитигэр, чуолаан оҕоҕо дьайыыта биһиги күннээҕи олохпутугар баары уус-ураннык суруйар. Эдэр көлүөнэ бу кинигэттэн сиэр-майгы, үөрэххэ-билиигэ дьулуһуу өттүнэн үтүөҕэ тардыһарыгар мэлдьэҕэ суох. «Үргүөрдээх кэм үнүгэстэрэ» диэн айымньы аата да этэринии, билиҥҥи кэм ыччата олоххо психологическай да, материальнай да өттүнэн үгүс ыарахаттары көрсөр. Е.К.Иевлев роман аатын бу курдук быһаарар: «Биһиги дойдубут коммунистическай идеологияттан тосту булгунан, сэбиэскэй олох укулаатын киэр быраҕан туран, саҥа олоҕу тутарга ылсыспыт буолла. Онон биирдиилээн киһи, дьон, дойду олоҕор имэмэ-дьаама ылбычча быһаарыллыбат уларыйыы, ыһыллыы эҥээрдээх саҥа сүүрээннэр алтыһыыларыгар, саба быраҕан көрүүгэ, булкуурдаах, хаос эйгэтигэр түбэстибит. Үнүгэс – сааскы үүнээйи үнүгэстэрэ өйгө киирэ түһэллэр. Үнүгэс ыччаты, оҕону, үүнэр көлүөнэни ханарытан, дэгэттээн өйдүүр үгэс бу роман аатыгар киирбитэ автор эмиэ Софрон Данилов, Далан курдук сүрэҕэ-быара, өйө-санаата биһиги оҕолорбут, ыччаттарбыт тустарыгар ыалдьарын, айманарын көрдөрөр»3.

Романы ааҕа олорон саха бастакы романнарыттан биирдэстэрин, норуот тапталын, билиниитин ылбыт Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романын ханыылыы көрөҕүн. «Сааскы кэм» роман классическай роман буоларын быһыытынан үгүс суруйааччы бу айымньыны холобур туттан айбыттара-суруйбуттара. Суруйааччы чугас доҕоро Болот Боотур «Суруйарбар Амма Аччыгыйын үтүктүбэтэрбин, кини курдук үчүгэйдик суруйдарбын диэн биир эрэ баҕалаахпын», - диэн билинэн турар. Оннук курдук, романы суруйуу ис кистэлэҥин утумнааһын аныгы романнарга эмиэ баар диэн этиэхпитин сөп. Айысхаана ромаҥҥа Маша Тэгиилэбэ олорор сирин Амма Аччыгыйа «Сааскы кэмигэр» тэҥнээн холобурдуур: «Кыыһын олохтообут «уопсайа» били Лэглээрдэр олорбут балаҕаннарын Киргиэлэй Дьогүөрэп баай сөҕө: «Бу дьиэҕэ биир күн олорбут киһи биир сыл оҥорбут аньыыта бырастыы буолар», - диэбитигэр холооннооҕо. Кырдьык даҕаны, улаханнык ыксаабыт, ыктарбыт эрэ киһи олорор сирэ эбит этэ» (С. 222). Эбэтэр Айысхаана өссө биир холобуругар көрөбүт: «Зина саһыл тириитэ буодьуулаах кыһыҥҥы пуховига, эмиэ бэйэтин майгытыныы «мин аҕай» диэбиттии, Маша тойтоллубут кууркатын сыыһын улаҕа үтэйэн, үрдүнэн сабардаан турара». Айысхаана романыгар тэҥнэбиллэри, хайааһыны дьүһүннүүр тыллары, киһи ис туругун дьүһүннүүр тыллары хото туттарын үгүстүк көрөбүт.

Ханнык баҕарар уус-уус уран айымньы литератураҕа туох эрэ саҥаны, суолталааҕы этэр соруктаах суруллар. Норуоттан норуокка бэриллэр уостан түспэт үтүө айымньылар үйэ саас тухары тыыннаах сылдьаллара – ол буолар суруйааччы ситиһиитэ, киэн туттуута.

Алгыс амарах, истиҥ иэйиилээх тылынан саҕаламмыт сахалыы оҕо литературата бүгүҥҥү кэм ирдэбилигэр олоҕурбут сүппэт-оспот айымньыларынан бэйэтин эдэр ааҕааччыларын кэрэхсэтэ туруо диэн эрэллээхпит.

II тµ´µмэх. ХХI ¥ЙЭ¡Э СА¢А СА¡АХТАРЫ АРЫЙЫЫ

2.1. Били¢¢и прозатын туруга уонна са¢а ааттар

Аныгы кэм – бµтµн общество±а µйэлэр кирбиилэригэр саІа суолу, хайысханы тобулуу кэмэ. Онуоха общество духуобунай оло±ун биир быстыспат чааґа – литература дьыл±ата бол±омтону тардар сытыы проблема буолар. Билигин литература±а саІа хайысханы, конфлигы, теманы кірдііґµн, бытаарыы, толкуйданыы, суолу-ииґи булуу кэмэ дииллэр. Жанр быґаарыныыта, проблеманы булуу, уус-ураннаан, уобарастаан олоххо киллэрии, герой, ааптар проблемата саІалыы хабааннанар, уустугурар.

Саха прозатыгар 2000 сылтан суруйуу тэтимэ бытаарда да, тµргэтээтэ да диэххэ сеп. Ол биричиинэтэ араас: общество социокультурнай туругуттан, социальнай, духуобунай проблема да элбээбититтэн, дьон бэйэтин санаатын, толкуйун этэр ба±ата µрдээбититтэн, тыл кіІµллэммититтэн, рынок сайдыытын таґымыттан буолуон сіп.

БилиІІи проза саІалыы хабааннанан, саІалыы тыыннанан, сонун позициянан сайдар. Онуоха быыґык кэм, икки µйэ икки ардынаа±ы, атыннык эттэххэ, пограничнай кэм улахан быґаарар суолталанна. Бастатан туран, билиІІи суруйааччы урукку µйэни кэннин хайыґан, ааспыт кэми утаран суруйар, онон саІа уобараґы, жанры, саІа сыґыаны киллэрэр, саІа тылы туттар, иккис іттµттэн, аныгы кэми саІалыы ойуулууругар урукку саха литературатын µтµі µгэстэрин туґанар, тирэ±ирэр. БилиІІи проза проблематын ырытарга ити икки ірµт хатыйсыытын, дьµірэлэґиитин кірін чинчийэр наада.

Проза поэзияттан уратыта диэн ойуулуур матырыйаала дьон-сэргэ оло±ун-дьаґа±ын быґаччы сырдатыы буолар, онон аа±ааччыга, кини кыґал±аларыгар ордук чугас. Проза±а арыллар конфлигы аа±ааччы ылынар, эбэтэр ол конфликт туґунан толкуйдуон ба±арар буолла±ына, проза сайдар. Ол аата кэм, эйгэ туох эрэ санааны биэрдэ±инэ, уус-уран тиэмэ, конфликт µіскµін сіп. БилиІІи проза айымньытыгар аныгы кэм араас ірµтэ сырдатыллар. Проза±а холонон кірір билиІІи суруйааччылар µксµн тус бэйэлэригэр чугас эйгэни: устудьуон, ыччат оло±ун, таптал проблематын, билиІІи общество кыґал±аларын – сырдатарга дьулуґаллар.

Ол туоґутунан, холобурдаан этэр буоллахха, «Айдаар араллааннара», «Хаайыылаах дьыл±ата», «Таптал тиґэх кыланыыта», «Оборчо±о оборторуу», «Оргултан оронуу», «Хапсыґыылаах олох» диэн айымньылар ааттара да этэрин курдук, µксµлэрэ билиІІи общество оло±ун мікµ, араллааннаах ірµтµн кірдірі сатыыллар. БилиІІи проза ХХ µйэ ортотунаа±ы, бµтµµтµнээ±и прозаттан уратыта диэн общество проблемаларын, ордук социальнай-бытовой проблемаларын, киэІ хайысхалаахтык арыйар, соро±ор сабырыйтара быґыытыйар да диэххэ сіп. Холобур, 2011 с-ха тахсыбыт «Сµрэххэ сіІмµт сулустар» проза хомуурунньугар эдэр суруйааччылар Иннокентий Попов, Мария Неустроева-Кµбэйэ, Лена Яковлева, Айта Петрова, Ньургуйаана Макарова, Тимур Софронов-Бэрдьигэс, Роман Попов айымньылара тµмµллэ сылдьаллар. Сµрµн тиэмэ быґыытынан бу айымньыларга хаайыылаах, тулаайах дьыл±ата, со±отох кырдьа±ас, ыарахан олохтоох, ата±астаммыт кыыс, эдэр ыччат, арыгыга ылларбыт дьон оло±о сырдатыллар.

Аныгы саха прозата жанр араас хайысхатынан сайдара бэлиэтэнэр. Ол курдук эпическэй айымньы кірµІнэрэ, кэпсээн, сэґэн, роман, биир тэІник сайдаллар.

Суруйааччы концепциятын ордук дириІник, оло±у киэІ далааґыннаахтык кірдірірµнэн, кээмэйинэн, ис хоґооно далааґыннаа±ынан жанрдартан барыларыттан чорбойор, ханнык ба±арар литература сиппитин-хоппутун бэлиэтиир жанрынан роман буолар. Аныгы кэмнээх саха литературатыгар роман балачча суруллар. Ол курдук билиІІи литература±а историческай жанр баґылыыр-кіґµлµµр оруолу ылар.

Чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, саха литературатын сайдыытыгар ХХ µйэ 90-с сыллара улахан бы´аарыылаах суолталаммыттара. Онтон тірµіттэнэн олох укулаата тосту уларыйан, дьон ійµн-санаатын уґугуннарар саҥа тыыннаах айымньылар наада буолан, ураты быыґык (пограничнай) ситуацияҕа историческай романнар айыллыбыттара саха литературатын биир µктэл үрдүк таһымнаабыта, саҥа саҕахтары арыйбыта. Аныгы кэм суруйааччылара (Н.А.Лугинов, П.Харитонов-Ойуку, Н.Ф.Борисов-Николай Уус, В.Скрябин-Идэлги, А.Кривошапкин, В.Егоров-Тумарча, о.д.а.) романнарыгар саха норуотун историятын былыргы кэмин сэгэтэн, кыргыс кэмин тиэмэ оҥоґуннулар, саха романистиката салгыы сайдыытын тосхоллоотулар.

Н.А. Лугинов „ЧыІыс хаан ыйаа±ынан“, (1997-2005), „Хууннар“ (2010), Н.Ф. Борисов-Николай Уус «Быґылааннаах былыргыга» (2007, 2010), П.Н. Харитонов-Ойуку «Хоболоох суол» (1999-2011), В.В. Скрябин-Идэлги «Тілкілііх тµірэх» (2007), «Хааннаах хапсыґыы» (2005), А.Кривошапкин «Кµннээх чыпчааллар» (Чолбон, 2007), В.Н. Егоров-Тумарча «Кырыыстаах таас» (2007), «Одьулууннар» (2010), Л.А. Афанасьев-Тэрис «Эллэй Боотур» (2005), Е.П. Неймохов „Быґах биитинэн“ (2005), „Алампа“ (2006, 2009) романнарын дириІ номохторун, суруйар матырыйаал тµгэхтээ±ин, киэІин бэлиэтиир то±оостоох. Историческай жанр матырыйаала дириІинэн, уобарастааґына кµµстэ±инэн, суруйааччылар поэтикалара уранынан хотугу дойдуга олохтоох омуктар менталитеттарын, уустук дьыл±аларын дьиктитик, умсул±аннаахтык арыйар. Романнарга арыллар тиэмэ — сахалар тірµттэрэ Эллэй Боотура кэмэ, Саха сирин Россия±а холбооґун уустук балаґа кэмигэр мэІэ уустарын оло±о-дьаґа±а, сахалар ДьааІы сирин-уотун баґылааґыннара, гражданскай сэрии са±анаа±ы, А±а дойду сэриитин кэминээ±и олох о.д.а. тиэмэ норуот дьыл±атын кырдьыктаахтык кірдірµµ сµрµн сыалыгар хабааттар. Бу билиІІи литература±а дьон-сэргэ кырдьыкка дьулуґуутун, силиґи-мутугу ійдііґµнµн, историяны саІаттан анаарыы кэмэ µіскээбитин, онуоха ааптар куолаґа чуор, хорсун дор±оонноммутун кэрэґилиир хайысханы кірдірір.

Николай Федорович Борисов - Николай Уус «Быґылааннаах былыргыга» романын маІнайгы кинигэтэ 2007, оттон иккис кинигэтэ 2010 сыллаахха тахсан дьон-сэргэ сэІээриитин ылбыта.

Суруйааччы айымньытын поэтическай систематыгар, уус-уран уобарастарыгар кини оло±у кірµµтэ, аан дойдуну анаарыыта дьэІкэрэр.

Николай Уус „Быһылыыннах былыргыга“ романыгар Саха сирин историятыгар сµІкэн суолталаах балаґа кэм, кыргыс µйэтигэр саха дьоно хоту, ДьааІы сиригэр кіґін, олохторун оІостон, саІа сири-уоту баґылааґыннара ойууланар. Маныаха ааптар араас норуот оло±ун культурнай-этнографическай, религиознай ірµтµн, олох-дьаґах, чуолаан олорор усулуобуйа, айыл±а, ландшафт, итэ±эл майгыннаспат ірµттэрин, бэрт сатабыллаахтык сырдаппыта биґирэнэр.

Ол быґыытынан ааптар уобарас тиґигин, сюжет сайдыытын саха былыргы µґµйээннэрин матырыйаалынан эрэ буолбакка, хотугу дойдуну чинчийбит µірэхтээхтэр, нуучча хаґаактарын суруктарынан, чэлэбиитинэй грамоталарга сырдатынар, салайтарар. Онуоха норуот генетическэй ійµгэр хаалан хаалбыт, саха омук дьыл±ата олук уурулларыгар дириІ суолталаммыт сµдµ уобарас – Тыгын Дархан быстах ахтыллан да аастар, Тыгын µйэтэ диэн ійдібµлµ µіскэтэн, бэлиэ кірµІнэнэр. Суруйааччы айымньытыгар киллэґик матырыйаалы – эбээн, дьүкээгир, саха омук ырыатын-тойугун, алгыґы (о±о тірііґµнµгэр, урууга, ыґыахха, Ытык Сиэр малааґыныгар этиллэр алгыстар), оґуокай тылын – бэрт табыгастаахтык туґанар, бу матырыйаал айымньы санаатын сайыннарар, кµµґµрдэр.

Николай Уус уустаан-ураннаан сиґилээґининэн, эбээн, дьµкээгир биис уустарын, мэмээллэр, куІкугуурдар, тухачаардар, онуондалар, дьангыырдар, уонна саха омук дьыл±алара биир кэлим тиґиккэ киирэллэр.

Онуоха ромаІІа хронотоп системата, атыннык эттэххэ, кэм уонна эйгэ ійдібµлэ, киэІ суолталанар. Хронотоп категорията уус-уран айымньы уратытын, ис кыа±ын, айымньы форматын арыйарга кыах биэрэр.

Роман тиэкиґигэр сир проблемата киин ійдібµллээх, уонна мантан сиэттэрэн тахсар сюжеттар – сири кірдііґµн, сири-дойдуну ааттааґын, сири кэІэтии, іртііґµн, сиртэн сылтаан іс-саас, кыргыґыы, µтµрµйсµµ, кіІінсµµ - быґаарыылаах суолталанар. Эйгэ±э сыґыан киґи дьыл±атын кытта быстыспат ситимІэ киирэр. Ол курдук сэрии, эйэ, олох, ілµµ, µтµі санаа, іґµін, іс-саас туґунан толкуйдар айымньыга біліґµіктµµ хабааннаналлар.

Норуот психо-ментальнай уратытын бэлиэтиир, хотугу киһи майгытын, менталитетын уратытын кірдірір архетип суолталаммыт ійдібµллэр – алаас, µрэх, дойду, сир-уот, тµілбэ – айымньыга геройдар туруктарын, статустарын быґаарар оруоллаахтар.

Эйгэни толоруу, баґылааґын киґи бу эйгэ±э сыґыаныттан тутулуктаах. Ол да иґин ромаІІа урууну, ыґыа±ы, араас бырааґынньыгы, малааґыны тэрийиини, о±о тірііґµнµн, ыал буолууну, ынах, сылгы иитиитин, булду, сэрии дьонун айанын сиґилиир, айыл±аны хоґуйар хартыына олус элбэхтик уустаан-ураннаан суруллубут.

Кыргыс кэмин хоґуйарга айымньы тэтимэ (темпоритм) икки ромаІІа иккиэннэригэр ураты. Роман маІнайгы кинигэтигэр сюжет, быһылаан буолар риитимэ аргыый а±ай устар, статичнай кірµІнээх. Бу ромаІІа хоґуйуллар быһылааннар ис иґиттэн кµµркэйиилэрин, тыІааһыны кірдірµін сіп. Онуоха холоотоххо, иккис кинигэ±э риитим тµргэн, суґал. Айан түргэн, быґылаан буолуута соґуччу.

Айымньыга тэІинэн хоґуллар хас да омук оло±ун сиґилээґин араас – саха бииґин-ууґун оло±ун ойуулааґын аргыый а±ай сиһилэнэр. Маныаха герой ис эйгэтин арыйар диалогу, монологу туттуу айымньы тэтимин бытаардар, оттон хотугу омуктар олохторун ойуулааґын тµргэн, тэтимнээх. Јскітµн суруйааччы саха оло±ун ис эйгэттэн ыйдаІардан кірдірір буолла±ына, дьµкээгир, эбээн оло±ун тас кірµІµ (таІастарын-саптарын, быґыыны-майгыны, бултарын, айаннарын, бырааґынньыктарын, µІкµµлэрин, астарын-таІастарын) уустаан-ураннаан ойуулааґыІІа хабааттар.

Николай Уус роман кыа±ын туґанан саІа тиэмэни сырдатыыта кэскиллээх, саха омук оло±ун, дьыл±атын туґунан араас оруннаах толкуйга а±алар сµрµннээх.

Саха билиІІи прозатыгар бэлиэ суолталаммыт, роман біліґµіктµµ майгытын, психологизмын µрдµк таґымІа таґаарары ситиспит талааннаах суруйааччы Егор Петрович Неймохов «Быґах биитинэн» (2005), «Алампа» (2006, 2009) романнара аныгы литература бідіІ ситиґиитэ буолаллар. Романнар аныгы литература общество общественнай-политическай, духуобунай оло±ор суолтатын бигэргэттилэр, суруйааччы кырдьыктаах куолаґа іссі кµµґµрбµтµн, нууччалыы эттэххэ, айымньы аксиологическай, сыаннаґы бэлиэтиир таґымын іссі биирдэ бэлиэтээтилэр. Бу романнар туґунан наллаан анаан ырытар то±оостоох.

СаІа µйэ литературата эстетическэй критерийдэрэ олохсуйуутун, суруйааччы куолаґа то±оостоо±ун бигэргэппит бу романнар култуура±а саІалыы сыґыан наада буолбутун бэлиэтииллэр. Егор Петрович Неймохов ХХI µйэ аа±ааччыта тугу кіґµтэрин, эрэйэрин сіптііхтµк таайан, романнай толкуй саІалыы кірµІµн, уобараґы айыы сонун сокуоннарын тутуспута.

Е.П. Неймохов романнара кэм-кэрдии литературнай жанр саІалыы кірµІнэниитигэр оруолун бэлиэтииллэр, ол да иґин 20 µйэ 80-с сылларыгар µіскээбит проза документальнай хайысхатын дойду социокультурнай туругуттан тірµттэммит литературнай процесс уопсай закономерноґын курдук ылыныахха сіп. Гражданскай сэрии геройа С.М. Михайлов, саха чулуу уола, сырдатааччыта А.И. Софронов-Алампа личностарын сырдатар документальность общество кырдьыгы ылыныан ба±ата кµµґµрбµтµн кірдірір индикатор буолбута. Ааптар позицията кµµґµрэр, хас да таґымІа уларыйар: ааптар, поэт санаата бииргэ хабаатталлар, ол айымньы психологизмын ордук дириІэтэр.

Егор Неймохов романнарын хронотобугар Кэм категорията улахан суолтаны ылар. Ол курдук дириІ психологизм бэлиэтэнэр «Алампа» ромаІІа кэм кэрдии араІатын суруйааччы бэрт сатабыллаахтык аттарар: 1) билиІІи буола турар бириэмэ, ыалдьа сытар Алампа сюжетын бэлиэтиир кэм, 2) ааспыт кэм — герой о±о сааґын, эдэр кэмин, сааґырыытын туґунан ахтыыта, 3) сиґилиир ааптар кэмэ 4) ромаІІа киллэґик докумуоннар, дневник, айымньыттан быґа тардыылар бириэмэлэрэ.

Кэм категорията суукканы бэлиэтиир, календарнай дьыл кэмин кірдірір, биографическай балаґа кэми, историческай бириэмэни ыйар, космическай кэми бэлиэтиир хас да араІа±а арахсыан сіп. Бу барыта кэІээн, дириІээн иґэр кэм философиятын суруйааччы табыгастаахтык кірдірірµн дьэІкэрдэр. Кэм сууттааччы, самнарааччы уонна кырдьыгы этээччи, быыґаан ылааччы быґыытынан арыллар. Маныаха ійдібµл (память) категорията романнар философияларын арыйар. Ол курдук дьон-сэргэ ійдібµлэ, ахтыыта, кэриэс-хомуруос санаата литературнай, историческай, культурнай ійдібµл (литературнай, историческай, культурнай память) буола сайдар, кэІиир. Е.П.Неймохов «Алампа» романын суолтата диэн литература±а, история±а, культура±а, национальнай эйгэ±э кырдьыктаах сыґыаны олохтообута буолар.

Аныгы суруйааччылар роман жанрыгар холонууларыгар бу суруйааччылар µгэстэригэр тирэ±ирэн суруйаллар.

Уопсайынан, аныгы литература±а аан дойдуну анаарыы, атыннык эттэххэ, романнай толкуй (романное мышление) сайдыыта ураты, сонун кірІІнэннэ. Бу кістµµ бэлиэтинэн аныгы уус-уран системаларга мифопоэтическай толкуй сайдыыта, миф матырыйаалыгар тирэ±ирии, уус-уран тиэкискэ архетип туттуллуута буолар. Ааптар интерепретациятынан фольклор, миф матырыйаалын сайыннаран, саІа уобарастары айыы саІа эйгэни µіскэтэр.

Аныгы кэмнээ±и историческай ромаІІа (В.Яковлев-Далан, Н.Петров, Н.Лугинов айымньыларыгар да курдук) үгэс быһыытынан көстөр миф систематыгар хабааттыы, мифологическай өйү-санааны тилиннэрии бэлиэтэнэр. Миф матырыйаала, функцията романнарга быһаарыылаах суолталанар. Ол курдук роман ойуулуур кэмин, герой ураты мөссүөнүн, хаачыстыбатын ааптардар саха норуотун култууратын тірµт матырыйаалыттан халбарыйбакка ситэрэн-хоторон ойуулуулларыгар, ону роман тиһигэр табыгастаахтык киллэрэллэригэр көрөбүт. Романнарга киирбит мифологическай матыып, сюжет, архетипическай герой, саІа кыа±ы, сонун өйдөбүлү ылаллар, саІалыы таһымІа тиллэллэр. Маныаха мифологическай система уонна уус-уран тиһик ураннык алтыһыытын бэлиэтиибит.

Ол да иґин кэлиІІи кэмнээ±и проза биир ураты бэлиэтинэн мифопоэтическай толкуй саха романистикатыгар сайдыыта жанровай дифференциацияны чуолкайа суох оІорор, чопчу кірµІнэр икки ардыларыгар анал бэлиэлэр симэлийэн, роман социальнай, психологическай, историческай, философскай жанрдары тумэр синтезтэммит кірµІ µіскээбитин бэлиэтиэххэ наада. Ол кістµµ В.С. Яковлев-Далан, И.М. Гоголев, Н.А. Лугинов, Е.П. Неймохов айар µлэлэригэр бэрт чуолкайдык бэлиэтэнэр.

БилиІІи кэм романа саІа геройу кірдµµр. Ф.Ф. Постников-Сµідэр Арчы «Јрµс біріті» (2009) романа, В.Ф. Нехоруков-Дылбаны «Харах уулаах таптал» (2009), И.И. Осипов-Уйбаан Ойуур «Аймахтар» сэґэннэринэн романа аныгы балысханнаах кэмІэ общество араас ірµтэ сырдаталлар. Бу айымньыларга аныгы литература биир интэриэґинэй кістµµтэ — омсолоох герой уобараґа сонуннук кістін кэлэр. Холобура, Сµідэр Арчы геройа ИлээІки, И. Осипов-Уйбаан Ойуур геройдара, персонажтара аныгы кэм киґитин типическэй уобараґын бэлиэлэрин илдьэ сылдьаллар.

Саха романистикатын биир уратытынан бу далааґыннаах бідіІ жанрга дьахталлар кµµстэрин холонон эрэллэрэ буолар. Ол туоґутунан «Чолбон» сурунаалга бэчээттэммит Е. Слепцова-Куорсуннаах «Василий» диэн Василий Оросин дьыл±атын туґунан (Чолбон, 2007), В. Гаврильева «АІааттар ааннар» (Чолбон, 2009) романын, А. Варламова-Айысхаана «Ґргµірдээх кэм µнµгэстэрэ» оскуола ыччатын оло±ун сырдатар (2010) романынан айымньытын уонна аа±ааччы интэриэґин тарпыт, сэІээриитин ылбыт М. Федотова «Нулгынэт туґунан» (2007) балачча улахан кээмэйдээх сэґэнин, бастаан хаґыакка бэчээттэнэн сэІээриллибит Леди Муус «Ахтыл±ан» (2011) диэн романын ааттыахха сіп. Ґксµн кэпсээн, сэґэн таґымыгар суруйа сылдьыбыт дьахталлар бідіІ жанрга, ромаІІа сананыылара дьахтар-суруйааччы айар кыа±а, ба±ата роман киэІ кыа±ар сіп тµбэсиґэр буолан эрэрин туоґулуур буолуон сіп.



Достарыңызбен бөлісу:
1   2   3   4   5   6   7   8




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет