Российскай Федерация µ³рэхтээ´и²²э уонна наука±а министерствота



бет3/8
Дата17.06.2016
өлшемі0.82 Mb.
#142988
түріМонография
1   2   3   4   5   6   7   8

Таптал лиирикэтэ. Таптал лиирикэтэ саха поэзиятыгар эмиэ биир саамай арыллыбыт тиэмэ буолар. А.Е. Кулаковскайтан, А.И. Софроновтан саҕалаан таптал лиирикэтигэр саха эр киһитин иэйиитэ арыллыбыта, кэрэ кыыһы хоһуйар куолаһа иһиллибитэ. Классиктартан саҕалаан хоһуйуллар поэтическай уобарас улаханнык уларыйбатах: тапталлаахтара уһун хара суһуохтаахтар, хара харахтаахтар, сэмэй килбик майгыннарынан, нарыннарынан-намчыларынан абылыыллар. Ол эрээри, бу уларыйбат халыып уобараһын арыйарга поэттар бэйэлэрин көрүүлэрин эмиэ киллэрэллэр. Холобур, билиҥҥи кэм поэта А.Старостин-Сиэн Кынат хоһуйар поэтическай уобараһа – тапталлааҕын сэмэйэ, нарына уонна таайыллыбат таабырын кэриэтэ кэрэтэ ийэ айылҕа улуу кистэлэҥин, уҕараабакка абылыыр, угуйар күүһүн кытта атылыы. Ол иһин поэт “Охсуллубут от” хомуурунньугар киирбит “Таптал чараҥа” диэн хоһоон циклыгар поэтическай уобараһын – тапталлааҕын төрөөбүт алааһын эйгэтигэр хоһуйар.

1980-90-с сыллардаахха кыргыттар поэзиялара туспа хайысха быһыытынан киирбитэ. Кыргыттар лиирикэлэрэ субъектнай-объектнай сыһыаннаһыыга сонуну айбыттара: саха дьахтара саха эр киһитигэр идеалын көрдөрбүттэрэ.



Билиҥҥи саха поэзиятыгар жанровай форма арааһа. Орто уонна кыра кээмэйдээх хоһооннор.

Жанр – литературоведение наукатын биир саамай уустук, ол иһин мөккүөрдээх хайысхата. Жанр тиэрминин уопсай толору быһаарыыта билиҥҥэ диэри чопчу оҥоһулла илик. Г.Н. Поспелов бэлиэтээбитинэн, литература көрүҥүн (“литературные роды”) иһинэн үөскээбит формалары таһынан, литература көрүҥнэрин бэйэлэрин – эпоһы, лиирикэни, драманы – литература жанрын быһыытынан көрүү эмиэ баар.

Жанры чинчийиигэ бэйэлэрин үлэлэрин биллиилээх литературоведтар анаабыттара: Ю.Н. Тынянов, М.М. Бахтин, Д.С. Лихачев, Г.Н. Поспелов, М.С. Каган, Л.В. Чернец уо.д.а.

Учуонайдар этэллэринэн, жанр кэм, бириэмэ ааһан истэҕин аайы эмиэ уларыйар (трансформацияланар) кыахтаах (Ю.Тынянов), уус-уран айымньы бириэмэтигэр уонна эйгэтигэр сабыдыаллыыр кыахтаах буолан жанр арааһын хронотоп быһаарар (М.М. Бахтин), жанр тиһиктэригэр (“система жанров”) болҕомто уурар наадалаах (Д.С. Лихачев), жанр икки сүрүн уратылаах: хатыланар бэлиэлээх, наардыыр кыахтаах (“задачи классификации”) (Л.Чернец., А.Есин), аныгы кэм лиирикэтин жанрдарынан араарар соччо табыгаһа суох (Л.Гинзбург), үгэскэ кубулуйбут жанрдарынан сонет, сонет дьөрбөтүн, баллада, уонни илиҥҥи формалары ааттыахха сөп, билиҥҥи лирическэй хоһоон жанрын быһаарарга сүрүннүүр өрүтүгэр болҕомто уурар ордук (И.Гринберг), төһө да жанр кэми кытта тэҥҥэ уларыйан истэр, син биир “жанры ахтыы” (“память жанра”) (М.Бахтин), “жанры кэтэһии” (жанровое ожидание) (Л.Чернец) баар.

1980-с сыллар ортолоруттан саха поэзията жанр, жанровай форма өттүнэн байбытын бэлиэтиибит. Ол курдук фольклор формаларынан, европейскай кытаанах формалар, илиҥҥи поэзия сабыдыалынан суруллубут орто уонна кыра кээмэйдээх хоһооннор суруллубуттара. Бу барыта бэйэтин кэмин уларыйыыларын, ситиһиилэрин кытта быһа ситимнээҕэ.

Атын национальнай литературалары ылан көрөр буоллахха, сайдыы уопсайынан биир тэҥник баран испит. Холобур, 1970-1980-с сыллардаахха бурят поэзиятыгар сонет дьөрбөтүн, баллада, лиро-эпическай поэма арааһын поэттар баһылаабыт эбиттэр, Мордовия поэттара сюжеттаах хоһооннору, ону тэҥэ ода, элегия, сонет формаларынан суруйбуттар, оттон даргин поэзиятыгар хоһоонунан проза, фольклорнай формалар баһылаабыттар.



Фольклорнай формалар туттуллуулара. Хас биирдии национальнай литературалар жанрдара үөскүүрүгэр уонна сайдарыгар фольклор сабыдыала күүстээҕэ. Ол туһунан бэйэлэрин үлэлэригэр этэн тураллар национальнай литературалары чинчийбит биллиилээх учуонайдар Р.Н. Баимов (башкир литературата), В.Г. Демин (коми литературата), О.В. Кузнецова (мордовия литературата), Н.Н. Тобуроков, В.Т.Петров (саха литературата).

Саха литературатын сайдыытын тухары фольклор сабыдыала улахан. Литература бары көрүҥэр фольклор тыл-өс, уобарастааһын, уус-уран ньыма быһыытынан сабыдыаллаабыта. Оттон лиирикэ жанрын сайдыытыгар фольклорнай формалар сабыдыаллара түһүмэҕинэн барбыта. Классик-поэттар А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И. Софронов-Алампа, П.А. Ойуунускай уус-уран айымньылара ис хоһоон, сүрүн санаа арыллыытын өттүнэн эрэ буолбакка, форма өттүнэн эмиэ фольклору кытта быһа ситимнээхтэрэ. Саха маҥнайгы поэттара фольклорнай формалар литературнай форма быһыытынан туттуллуохтарын, сайдыахтарын баҕарбыттара. Холобур, А.Софронов-Алампа “Чабырҕах туһунан” ыстатыйатыгар: “чабырҕаҕы сатаан туһаннахха литературнай форма быһыытынан салгыы туттуллар кыахтаах” - диэн суруйан турардаах (“Чолбон”, 1926 с.). Оттон Ойуунускай, сахалартан маҥнайгы лингвистическай наука кандидата, поэма, драма өйдөбүллэрин үчүгэйдик билэр эрээри, “Кыһыл ойуун” курдук улахан айымньытын жанрын анаан-минээн “олоҥхо-тойук” диэн ыйбыта. 1930-с сыллардаахха П.А. Ойуунускай, Д.М. Говоров, В.Новиков-Куннук Уурастыырап суруйбут литературнай олоҥхолоро поэзия сайдыытын биир чыпчаала буолбуттара.

Фольклорнай формалар литературнай форма быһыытынан Аҕа Дойду Улуу сэриитин саҕаланыытыгар киэҥ хабааннаахтык туттуллубуттара. Буойун-поэттар С.Кулачиков-Эллэй, С.Васильев-Борогонскай, М.Тимофеев-Терешкин, М.Кузьмин-Макар Хара, Т.Сметанин андаҕар, кырыыс формаларынан норуоту уһугуннарар, өрүкүтэр илбистээх тыллаах хоһооннору суруйбуттара. Алгыс форматын С.Васильев-Борогонскай, норуот ырыаһыттара С.Зверев, М.Шараборин ордук туһаммыттара.

1980-ссыллардаахха П. Тобруокап, Болот Боотур оҕолорго анаан суруйбут чабырҕахтара, таабырын-хоһоонноро фольклорнай фомалар саха поэзиятыгар төннүүлэрин кэрэһилээбиттэрэ. П. Тобуруокап ордук сатирическай чабырҕахтары суруйбута: Холобур, “Чабырҕахтар”, “Чоҕой уонна Ньоҕой”, оттон Болот Боотур билбит-көрбүт чабырҕахтары суруйбута. Холобур, “Тустуук туһунан”.

Таабырын-хоһооннор оҕо өйүн-санаатын сайыннарарга ананан суруллубуттара. Холобур, П. Тобуруокап “Ханнык тылларый”, Болот Боотур “Таабырын хоһооннор”.

Билиҥҥи кэминээҕи саха поэзиятыгар фольклорнай формалар литературнай форма быһыытынан 1990-с сыллардаахха туттуллубуттара. Ордук О.Корякина-Умсуура хоһоонноругар. Кини “Кэп туонуу”, “Кут көтөҕүү” хомуурунньуктарыгар кэп туонуу, мэнэрийии, кутуруу-тойук формаларынан суруллубут хоһоонноро саха поэзиятын жанр өттүнэн байыталлар. Оттон Н.Харлампьева “Күөх Кэтириис сүктэр түүнүгэр санаабыт санаата” диэн лириическэй поэмата фольклорга баар сүктэр кыыс ырыатын форматынан суруллубут.

Маны таһынан эмиэ бу кэмҥэ алгыс көрүҥнэриттэн ордук аман өстөр элбэхтик туттуллубуттара. Холобур, ону биһиги С.Руфов, Н.Харлампьева, И. Зверев, Х. Горохов 1990-с сыллардааҕы айар үлэлэригэр бэлиэтиибит.

Саха поэзиятыгар европейскай формалар сабыдыалларынан суруллубут кытаанах формалары бэлиэтиибит. Ол курдук П. Тобуруокап баллада классическай көрүҥүн – романтическай балладалары суруйан саха поэзиятын лиро-эпическай жанрын байыппыта. Оттон И. Гоголев “Тохсунньу харыйата” диэн хомуурунньугар киирбит сонет цикыллара английскай сонет форматынан суруллубуттар. Поэт сонет форматын бары ирдэбилин кытаанахтык тутуһар – тас форматыгар, ис хоһоонугар тезис-антитезис-түмүк халыып тутуһуллар, ону ааһан автор сахалыы өйдөбүллэри киллэрэн сонеттарын дьиҥ сахалыы тыынныыр. Холобур, «Хотугу дьиримир» сонет циклыгар манныгы ааҕабыт:

Мин ынчыкпын. Мин ырыабын.

Мин долгуммун. Мин аал уоппун.

Мин сүрэхпэр күн аайытын

Арыт буурҕа, арыт чуумпу.

Оттон поэт В. Сивцев “Күрүлгэн” диэн кинигэтигэр киирбит хоһоонноро итальянскай сонет тас форматыгар чугастар.

Орто уонна эдэр көлүөнэ поэттартан сонеты суруйбуттара, суруйаллар А.Илларионов, С.Амгинская, Х. Горохов.

Сонет дьөрбөтө (венок сонетов) саха поэзиятыгар М.Ефимов, Р.Баҕатаайыскай айар үлэлэригэр көрсөбүт.

Онон ити курдук интэриэ´инэй уус-уран к³стµµлэр, булумньулар бааллара, жанр формаларын уонна араастарын сайдыылара били²²и саха поэзията баайын, култууратын та´ымын толору кэрэ´илииллэр.

1.3 поэзия саҥа жанровай формаларынан байыыта


Хаһан баҕарар омук литературатын ураты үгэстэрин туһаныы литература сайдыытын, киэҥ таһымҥа тахсыытын туоһулуур. Саха литературатыгар бу бигэргэтии чаҕылхай холобурунан биһиги поэзиябытыгар саҥа жанровай формалар киириилэрин ааттыахха сөп. Илиҥҥи уонна европейскай твердай формалар, чуолаан сонет, 1930 сс., онтон рубаи, танка 1960-80 сс., билиҥҥи кэмҥэ газель, хокку үөскээн, салгыы сайдан, уус-уран таһымнара үрдүү, кэҥии, ааҕааччы интэриэһин тарда тураллар.

Аныгы саха поэзиятыгар сонет философскай, интеллектуальнай, психологическай жанр быһыытынан тулалыыр эйгэ, өй-санаа, иэйии туох баар дэгэтин арыйар êûàõòààõ. Билиҥҥи кэмҥэ биир холонууттан саҕалаан сонеттартан кинигэҕэ тиийэ хас да көлүөнэ поэт сөбүлээн туттара твердай формалартан саамай тарҕаммыт жанр буоларын туоһута. Саастаах к³лµ³нэ поэттар сонет чаҕылхай холобурдарын айбыттара: Р.Ба±атаайыскай, М.Ефимов, В.Сивцев. Орто көлүөнэ поэттар: В.Алексеев, Х.Горохов, А.Илларионов, П.Максимов, С.Юмшанов айар үлэлэригэр бу жанровай форманы эмиэ булуохха сөп. Аныгы литератураҕа ураты суоллаах-иистээх дьахтар поэттар: С.Гольдерова-Саргы Куо, К.Васильева, Н.Михалева-Сайа, В.Петрова-Венера, А.Парникова-Сабарай Илгэ, Н.Харлампьева уо.д.а. сонет жанрын тумнубатахтара. Поэзия аартыгар саҥа үктэнэн эрэр эдэр поэттар сонекка холонон көрөллөр: Г.Андросов, М.Птицына-Тыргыйа, Ангелла Попова. Онон сонет саха литературатыгар сайдар, кэҥиир кэскиллээх.

Сонет дь³рб³т³ - лирика уустук к³рµ²э, поэттан µрдµк маастарыстыбаны эрэйэр. Саха поэзиятыгар Ì.Åôèìîâ "Îëîõ ³ð³ã³é³" (1986) ñîíåòòàðûí äü³ðá³тө саамай биһирэммит холобурунан буолар. Поэт жанровай форма тас көрүҥүн, ис тутулун уонна сүһүөҕүн (154 сүһүөх) каноннарын тутуһар. Айымньыга айылҕа ойуулааһына дьон-сэргэ олоҕун диалектикатын, утарсыылаах айылгытын бэлиэтиир:

Äüóóðàäû´àí òóðàëëàð òóðóóê òààñòàð-

Õîòîé óу´óó óéàëàíàð îðäóóòà.

Äüèêòè äà áóîëàð õàéà àð±à´ûãàð

ʵí, ñµòý òµ´ýýò, êµ³ðýéýí òàõñûûòà.
Ñàðûàë ñàðûàëëûûí àëòû´à ààëñû´àð,

Íàé áûëûò õàëûéàí íàìòûû ñàòûûëûûð.

ѵëëýð ýòè² ñ³² äµ²µðý äàðáûéàð,

×à±ûë±àí ³ðã³´µí òààñêà ñûòûûëûûð.


Î÷÷î±î òèëëýð îõñó´óó ñèáèýíý-

Äîõñóí òûàë òµ´ýí ûéûëûû ûòûëëàð,

Êóðóëà÷÷û êóòàí ñàìûûð ñóêêóëëàð.
Áûéಠàðäàõòàí ÷ýëãèéýð ñèð èýíý.

Àëààðàð õàëëàಲà ñàíäààðàð êóñòóê

Îëîõïóò µðäµê ³ð³ã³éµí êóðäóê. (с. 84)

Òóëàëûûð ýéãý êýðýòèí òó´óíàí ôèëîñîôñêàé ñàíàà сонет ураты пространствотыгар киирэн, өй-санаа, иэйии үрдүк тыҥааһынын ситиһэр. Онон манна сонет дьөрбөтүн жанровай формата айылҕа поэтическай уобараһын кэҥэтэр уонна лирическай айымньы сүрүн идеятын дириҥэтэр логическай-семантическай суолталанар.

Ì.Åôèìîâ èêêèñ ñîíåòòàðûí äü³ðá³ò³ - "Áýëýõòýý ñààñêû ñàðûàëû" (1986). Áó ýêîëîãè÷åñêàé ïðîáëåìàíû òóðóîðàð àéûìíüû ñµðµí èäåÿòà - "ààí-èéý àéûë±àáûò êýðýòèí àðà²à÷÷ûëûыð òó´óíàí ñàíàà". Сир-дойду иччитин – икки атахтаах уобараһа сонеттан сонекка сыыйа сайдыыта ити санаа арыллыытын ордук чуолкайдыыр. Булчут уонна кыыс уобарастара, ааптар үөлээннээҕэр туһаайыыта сонет хас да куоластаныытын бигэргэтэллэр.

Саха лирическэй поэзиятыгар сонет твердай форма быһыытынан сүрүн таһымҥа тахсыытыгар сүҥкэн кылааты Â.Ñèâöåâ киллэрбитэ. «Кµрµлгэн» (2000) диэн 454 сонеттан турар хомуурунньук поэт айар үлэтин биир кэрдиис кэмин кэрэһитэ буолар. Айымньылар òóòóë уонна ис хоһоон ³òòµíýí жанровай форма араас эгэлгэтин арыйаллар, сахалыы сонет тематическай баайын көрдөрөллөр. Хî´îîíнор òûëлàра-³стөрө ñóäóðãó, óîáàðàñòàðà ÷óîëêàéäàð, күннээҕи олох ойууланар. Ìàííà ñîíåò ñµðµí êàíîíà, èäåéíýé èñ õî´îîíóíàí àðààðûëëûûòà, µксµгэр ê³ñòµáýò. Ол эрэн сонет ис дьиҥэ к³²µл көрүҥ эбэтэр жанр сонеттартан кинигэ форматын быһыытынан уларыйбат диэххэ с³п.

В.Сивцев айар үлэтигэр сонет дь³рб³л³рө ордук улахан интэриэһи тардаллар. Бастакы "Ñàðñû²²ûãà ýðýë" (1991) айымньы óëàðûòà òóòóó, îëîõ ñîäóëëàðûí, íîðóîò èííèêè äüûë±àòûí òó´óíàí òîéîííîî´óí áóîëàð. Лирическэй герой сарсыҥҥыга эрэлбин сүтэриэм диэн куттанар, ол иһин төрүт үгэскэ тардыһар, норуот өйүгэр-санаатыгар сүгүрүйэр. Бу идея "Ò³ð³³áµò àëàà´ûì ñàëãûíà" (1994) ñîíåò äü³ðá³òµãýð салҕанар. Õàñ ñîíåò ààéû ò³ð³³áµò äîéäó äüûë±àòûãàð ûàëäüûû, êèíè èííèêè êýñêèëèãýð áèãý ýðýë ìàòûûáà ê³ñò³ð. Ìàííà ààñïûò µéý µãý´ý óîííà áèëè²²è êýì ñàéäûûòà àëòû´àí, èííèêè îëî±ó òµñòµµð ôèëîñîôèÿëàðà àðûëëàð. В.Сивцев сонеттарыгар тус өйдөбүл бүтүн киһи-аймах өйдөбүлүн кытта силбэһэр – глобальнай проблема лирическэй геройга быһаччы сыһыаннаах иэйии, тус санаарҕабыл буолан иһиллэр. Киһи аналын туһунан толкуй психологическай күүрээнэ, àâòîáèîãðàôè÷åñêàé тосхол поэт айар үлэтигэр классическай сонет биир көстүүтэ буолаллар ("Èéýì òûûíà" ñîíåò äü³ðá³ò³, 1995). Төрдүс сонет дьөрбөтүгэр – «Кэргэммэр» (1995) – эпистола сүрүннээх айымньыга тапталга билинии уонна олох туһунан толкуй бииргэ түмүллэн арыллаллар. Ол эрэн поэт таптал тематын дириҥэтэр сыалтан философскай идеяны арыйыыга тардыһара ураты уус-уран дьайыыны оҥорбот. Сонет дьөрбөтүн сүрүн идеятынан дьахтарга сүгүрүйүү, дьылҕаҕа махтал буолар. Сонетнай Дама мэтириэтэ тас кірµІµн, кэрэ дууґатын хоґуйууга арыллар. Ол да буоллар лирическэй герой таптал туһунан сонекка даҕаны төрөөбүт дойдутун гражданина буоларын умнубат. Бүтүн кинигэ тухары маннык «полифония» холобура соҕотох буолбатах. Публицистическай тыҥааһын маннык күүскэ туттуллуута поэт хас биирдии айымньыга кэм уонна олох суолтатын, дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан толкуйдуу сатыырыттан төрүөттээх (В.Сивцев сонеттара 1991-95 сс. суруллубуттара). «Пушкин» (1999) диэн сонет дьөрбөтүн улуу поэт ытык сирдэринэн суоллааҕы бэлиэтээһин курдук сыаналыахха сөп.

Аныгы сахалыы сонет тематын арааһын уопсай наардааһына маннык көстүөн сөп: а) философскай сонеттар – саамай традиционнай көрүҥ. Тулалыыр эйгэ уонна олоҕу поэтическай анаарыы араас дэгэтин, уустук диалектикатын арыйаллар (М.Ефимов, В.Петрова-Венера, А.Парникова-Сабарай Илгэ, Н.Харлампьева); б) таптал туһунан сонеттар үксүгэр сонет-эпистола буолаллар. Сонетнай Дама уобараһа дьи²нээх олохтон ылыллыбыт ки´и олоҕун арыйар – поэт кэргэнин (Р.Баҕатаайыскай, В.Сивцев, С.Юмшанов), ийэтин (К.Васильева, В.Сивцев). Дьылҕаҕа махтанар, өй-санаа, тулуур күүһүгэр сүгүрүйэр ис хоһоонноохтор. Дьахталлар поэзияларыгар сатамматах таптал, арахсыы, тапталлааҕы кэтэһии ойууланар (В.Алексеева, С.Гольдерова-Саргы Куо, Н.Михалева-Сайа, Н.Харлампьева) в) көҥүл темалаах сонеттары хас даҕаны көрүҥҥэ араарыахха сөп: сонет публицистиката (норуокка, үөлээннээххэ туһаайыы, төрөөбүт дойдуга таптал); суоллааҕы бэлиэтээһин сонеттар, хроника-сонеттар уо.д.а. Маны таһынан сахалыы сонет идейнэй-тематическай классификациятыгар айылҕа темата ураты миэстэни ылар (общество олоҕун, киһи уонна айылҕа сыһыанын диалектиката, экологическай проблема көлүөнэ дьылҕатын кытта ситимнэниитэ).

Сонет билиҥҥи литератураҕа биир чаҕылхай, хатыламмат национальнай уратыны арыйар, араас проблемнай-тематическай, интэриэһинэй композиционнай-строфическай тутуллаах, лирика уопсай сайдыытын, интеллектуальнай буолуутун бэлиэтиир жанровай форма буолар.

Саха поэттарын кыра кээмэйдээх хоһооннорун сүрүн ис хоһооно олох араас көстүүтүн бэлиэтиир айылҕа туһунан философскай анаарыылар. Ол толкуй сүрүннээн ааптар олоҕор тус сыһыаннаах көстүүлэр диалектикаларын кытта ситимнээх. Айылҕа уобарас нөҥүө бэриллиитигэр поэттар дууһа ис туругун арыйаллара айымньы психологизмын дириҥэтэр. Бу этии барыта саха литературатыгар дьоппуон жанровай формаларын – танканы уонна хоккуну – кытта сибээстээх. Уратылара диэн строка уонна сүһүөх каноническай ахсааныгар сытар. Биэс строкаттан турар, 31 сүһүөхтээх айымньы форматынан Р.Ба±атаайыскай, И.Баишев, В.И.Босиков-Босяк, А.Старостин, о.д.а. поэттар суруйаллар. Кэнники кэмҥэ биэс строкалаах хоһоон холобурун эдэр суруйааччылар Александра Попова, Ангелла Попова айымньыларыгар көрүөххэ сөп. Үс строкалаах хоккуну Н.Бугаев, А.Старостин, К.Уткин айаллар, эдэрдэр да манна майгынныыр биирдиилээн хоһоонноохтор.

Ки´и ки´иэхэ 5 Кµ´µ²²µ тыал

Тарды´ар дьулу´уутун 7 Аар хаты² сэбирдэ±ин

Туох да тохтоппот. в 5 Биир-биир тонуур.

Ол эбит – дуу´а саа´а, 7 Итинник олох хаты²ар

То±о бэрдэй сылаа´а? 7 [с.20] К³мµс кµннэр к³±µрµµллэр

[с.12].


Бу айымньылар И.Баишев «Ыраах сулус тырыма» диэн 1985 с. тахсыбыт кинигэтигэр киирэ сылдьаллар. Бу уопсайа 55 хо´оонтон турар таптал тематын арыйар танка цикла буолар. Ааптар бары кэриэтэ түгэҥҥэ 5-7-5-7-7 сүһүөх араарыллыытын тутуһар, бу тиһилик кэһиллэр түбэлтэтигэр син биир айымньыга сүһүөх ахсаана 31 буолуутун ситиһэр. Туох баар хоһоон икки чаастан турар. Танка цикл быһыытынан суруллубута, кини композиционнай сыыйа сайдыыта, поэт үгэс буолбут ньымалары туттуута (“энго”, “мудзё”, “юген”), суггестивноһа уонна автобиографичноһа классическай канон ирдэбилигэр эппиэттиирин ордук чиҥэтэр. Жанровай формаҕа саҥа көстүү быһыытынан үгүс айымньы санаа түһүүлээх матыыбын дириҥэтэр, хоһоон ураты интонациятын бэлиэтиир аллитерация киирэр. Циклга канонунан ирдэммэт бэйэтэ туспа интэриэһинэй рифма көстөр (үксүгэр abcdd, abcbc). Саха поэзиятын төрүт уобарастара, ааптар тус метафоралара, үгэс буолбут тэҥнэбиллэр, поэтическай өй-санаа, толкуй уратыта айымньы дьиҥ сахалыы ис хоһоонун бигэргэтэллэр.

И.Баишев танкатын иккис цикла - «Ки´и буолуу т³рд³» (1994) – 55 хоһоонтон турар. Ааптар классическай танка форматын, композициятын уонна сүһүөҕүн канонун тутуһар. Бу хоһооннорго илиҥҥи жанровай форма сэттэлии сүһүөхтээх буолуута сахалыы норуот ырыатын ритмикатыгар майгынныырын өссө төгүл бэлиэтиэххэ сөп. Суруйуу үөрүйэҕин быһыытынан поэт танкалара эмиэ туспа рифмалаахтар: aabcd, abacd, abcdc уо.д.а. И.Баишев бу биэстии строкалаах хо´оонноро – норуот муудараһын цикла, сахалыы иитии, үөрэтии торумнара, алгыс ис хоһоонноох этиилэр, сиэр-майгы ирдэбиллэрин туһунан толкуйдар. Ол да буоллар кинилэр, классическай японскай лирикаҕа курдук, эмиэ икки чаастан турар формалаахтар, афористичнайдар, ханалытан этии, омоним метафоралар уонна этиилэр туттуллаллар.

Илиҥҥи литература поэтикатын ураты түгэнин А.Старостин айар үлэтигэр көрүөххэ сөп. «Охсуллубут от» диэн (1996) көҥүл хо´ооннорун хомуурунньугун сирийэн аахтахха, японскай танкаҕа, хоккуга туттуллар ньымалары, матыыптары булабыт. Бу айымньыларга каноническай жанровай форма бэлиэтинэн дьыл кэмин ойуулааһын буолар. Холобур, поэт саас кэллэ диэн көнөтүнэн эппэккэ, бу дьыл кэмигэр сыһыаннаах үгэс буолбут өйдөбүллэринэн ханалытан этэр, онно сыһыаннаах ураты туспа тыллары туттар (“сезонные слова”). Ааптар талан ылбыт ымпыгын уонна ойууланар дьыл кэмин (үксүгэр чопчу этиллибэт) метонимическай ситим сибээстиир. Айымньылар лирическэй ис хоһоонноохтор, киһи иэйиитин, ис эйгэтин арыйар аналлаахтар. Психологическай диэн өйдөбүл үгэс буолбут символика кистэлэҥ суолтатыгар олоҕурар. Манна каруми, сатори, саби диэн эстетическэй көстүүлэри булуохха сөп. Айылҕаны ымпыктаан-чымпыктаан ойуулааһын ураты дорҕоон дьүөрэлэһиитинэн (звукопись), аллитерациянан, синтаксическай түмүктээх этиилэринэн доҕуһуолланар. Үс строкалаах хоһоон дьоҕус пространствотыгар хас биирдии ымпык суолталаныыта аҕыйах тылынан элбэҕи этэр кыаҕы биэрэр. Пейзаж көмөтүнэн көрөн, истэн уобарастаан көрүү (зрительный и слуховой образы) сиэр-майгы характерын арыйар ханалытан этиигэ кубулуйар. А.Старостин айымньыларын японскай жанровай формалары кытта типологическай биирдэрэ тас уонна ис тутул уратыларыгар эмиэ көстөр: танка ис хо´оонунан икки чааска арахсыыта, строфа сааһыланыыта, рифма суоҕа. Онон саха поэтын айымньыларыгар илиҥҥи жанр уопсай тыына тутуһуллар.

Саха лирическэй поэзиятыгар аҥардас хокку жанровай форматынан суруллубут соҕотох хомуурунньук ааптарынан К.Уткин-Нүһүлгэн буолар. «Сµмэлээх сµµтµк» (2006) хотугу киһи өйүн-санаатын уратытын арыйар “Киһи”, “Олох”, “Айылҕа” циклларын ааттарыгар сүрүн идейнэй-тематическай хайысха бэлиэтэнэр. Манна японскай поэтиканы кытта атылыы эстетическай категориялары уонна принциптэри булабыт: дьыл кэмин бэлиэтиир ураты туспа тыллары, макото, сатори, ёдзё, саби, аварэ (юген) уо.д.а. Сүрүн санаа уонна уобарас арыллыыта майгыннаһаллар – айылҕа кэрэтэ олох кэрэтигэр тэҥнэһэр. Японскай да, сахалыы да хоккуну идея быһыытынан сөптөөхтүк ааҕарга, олохтоох үгэстэри уонна историяны билии ирдэнэр. К.Уткин айар үлэтин уратытынан философскай анаарыылар, символлар, ханалытан этиилэр буолаллар. Кини хоккутун өйдүүргэ саха норуотун өйүн-санаатын, олоҕу көрүүтүн (мировоззрениетын) өйдүөххэ наада. Бу түгэҥҥэ ёдзё – ситэ этиллибэтэх өйдөбүл көстөр: сорох иэйии, олох туһунан толкуй хоһоон тас өттүгэр хаалар, ааҕааччы ааптар ис санаатын, иэйиитин дириҥин бэйэтин өйүнэн-санаатынан билэн, тустаах түмүккэ кэлиэхтээх. Саха поэтын көрдөххө судургу, аҕыйах тыллаах, ол эрээри истиҥ уонна муударай хоккуларыгар биллиилээх М.Басё айар үлэтин матыыптара иһиллэр. Икки бастакы циклга хоһоон сороҕор гражданскай иэйиилэниитэ, сиэр-майгы ис хоһоонун арыйара К.Исса хокку жанровай форматыгар саҥа сүүрээни киллэриитин санатар. К.Уткин айымньыларыгар жанр тас көстүүтүн, ис тутулун уонна сүһүөҕүн каноннарын тутуһар:

Ки´и майгыта - Олох – учуутал.

К³стµбэт к³мµ´э. Са²арбакка µ³рэтэр.

Ордук да ини. [с. 23] Ки´и о²ортуур. [с. 53]

Поэт айымньыларын национальнай хайысхата культурологическай өйдөбүллэринэн баай (норуот материальнай культуратыгар сыһыаннаах) духуобунаһы, бэйэни билиниини (самосознание) арыйар ураты уобарастааһыҥҥа, тэҥнэбилгэ сытар.

К.Уткин өссө биир илиҥҥи жанровай форманан суруллубут кинигэтэ – «Сулумах сулустар» (2000). Бу хомуурунньукка барыта 237 рубаи (бэйэтэ ааттыырынан, лоскуй хо´ооннор) киирэр. Поэт философскай хабааннаах олох, дьыл±а, таптал, ки´и тустарынан дири² ис хо´оонноох айымньылара ааҕааччыны толкуйдатар, µгµс санаа±а тиэрдэр тосхоллоохтор. Хас биирдии рубаига ааптар жанровай форма строфическай канонун тутуһар. Классическай композицияны кытта тэҥҥэ икки бастакы строка биир санааны, үһүс уонна төрдүс атылыы санааны арыйар түгэннэрэ бааллар. Ол түмүгэр төрүт түөрт строкалаах хоһооҥҥо чугас чуолкай уус-уран структура үөскээн тахсар. Бу бэйэтин туһугар «логическай формула», поэтическай форманан бэриллибит афоризм курдук тэттик, чочуллубут муударай этии буолар. К.Уткин айымньыларыгар метафораны уонна уобарастааһыны туттуу рубаи поэтикатын санатар интэриэһинэй түгэннэрэ бааллар (О.Хайямҥа уус-туой-кувшин, К.Уткиҥҥа уус-хатыҥ-чороон). Тула туох барыта солбуһар, устар-ааһар аналлааҕын туһунан рубаига куруук көстөр матыып бу хомуурунньукка эмиэ биир сүрүн лейтмотив быһыытынан туттуллар. Традиционнай тема, философскай ис хоһоонноох айылҕаны ойуулааһын, этэр санаа дириҥэ, логическай түмүктээһиннэр – бу барыта К.Уткин айымньыта жанровай форма сүрүн каноннарыгар эппиэттиирин туоһута. Нµ´µлгэн таптал ту´унан рубаиларын фольклорнай поэтикаттан ситимнээх икки кэрчиккэ араарыахха с³п: а) саха норуотун «Таптал-Дьол-Кэскил» диэн философскай формулата ки´и олоххо миэстэтин, µрдµк аналын, норуотун утумун уу´атааччы буоларын бы´аарар; б) таптал – духовнай турук, аан дойдуга ил-эйэ µ³скэтэр, ки´ини ки´и гынар аналлаах философскай өйдөбүл бы´ыытынан к³ст³р. К.Уткин рубаиларын баһыйар өттө abab рифманан суруллуута фольклор жанрыгар бэлиэтэнэр ритмико-синтаксическай параллелизм киириитинэн төрүөттэнэр. Ураты логическай структуратынан, тыл-өс, уобарастааһын ньымаларынан поэт хоһоонноро түөрт строкалаах норуот айымньытыгар майгынныыллар. К.Уткин рубаиларын ментальнай уратылара айымньы сахалыы ырыаҕа дьүөрэлии сэттэлии сүһүөхтэниитигэр арыллар.

Оттон М.Ефимов рубаи форматынан суруллубут хоһоонноро «Т³лк³бµт тµ³рэ±э» (2002) хомуурунньукка киирбиттэрэ. Бу айымньыларга поэт классическай композиция икки арааһын туһанар: бастакы, иккис уонна төрдүс строкалар тирэх буолар тыллар (опорные слова) семантическай динамикаларынан бигэргэтиллэр сибээстэрэ; хас биирдии строка инники строкаҕа этиллибит санааны ситэрэн, сайыннаран биэрэн уопсай түмүккэ кэлиилэрэ. Бүтэһик араастаһыы хоһооннорго үксүгэр сиэр-майгы идеалын көрдүүр ис хоһоон арыллар. М.Ефимов каноническай aaba рифманан суруллубут айымньылара рубаига тоҕоостоох 2+1+1 логическай схемаҕа эппиэттииллэр. Хоһоон ис санаатын сайдыытын кытта тэҥҥэ уларыйар ураты ритмика көстөр. Бу холобурдарга интонация композицияны кытта ситимнэһэн чочуйуллуута биирдиилээн бейт чуолкай синтаксическай түмүктээх буолуутунан байытыллар. Бу рубаи интонационнай-ритмическэй сайдыытыгар сүрүн суолталаах дор±ооннор ойууларыгар (звукописька) эмиэ бэриллэр. Тирэх буолар тыллары уонна хатыланар дорҕооннору толкуйдаан талан ылыы кинилэр тыҥааһыннаах күүстэрин эмоциональнай уонна смысловой суолтаҕа тириэрдэр:

Ха´ан эрэ эн эмиэ буору кытта буор буолуо², 14

£ст³³ххµттэн, иллээххиттэн атына суох буолуо². 14

Ураты кэрэни айдаххына эрэ дьон сµрэ±эр 16

Бэйэ² бэйэ±инэн µйэ-саас баар буолуо². 12 [с. 44]

М.Ефимов уонна К.Уткин айымньыларын тэҥнии тутар буоллахха, поэттар олох, дьылҕа, киһи аналын туһунан толкуйдаталлар. Рубаиларга үйэлээх уонна уларыйа турар өйдөбүл сыһыаннарын диалектиката, түгэн уонна үйэлэргэ хаалыы (миг и вечность) утарыта туруулара арыллар. Кэм устарын, уларыйарын туһунан анаарыыларга дидактическай хайысха бэлиэтэнэр. Манна хайямныы олох, чыпчылҕан түгэн суолтатын туһунан тойоннооһун матыыба көстөр. Саха поэттарын лирикаларыгар кэм күндүтэ үгэскэ, сиэргэ-туомҥа харыс сыһыан ураты суолталаах буолуутугар бэлиэтэнэр. Олох уонна өлүү темата үксүгэр кэлэр көлүөнэни үөрэтии-такайыы форматынан арыллар. Айымньылар классическай рубаи уонна саха омук философиятын киһи киһилии, сиэрдээх майгылаах, муударай буолар эстетическэй концепциятын салҕыыллар. Иитэр-үөрэтэр хайысха айымньыга афористическай этиини туттар кыаҕы биэрэн, хоһоон хос дэгэтин (иносказательность текста) дириҥэтэн, ситэрэн биэрэр. Онон бу айымньыларга саха уонна илиҥҥи омуктар уус-уран үгэстэрэ ааптар философскай анаарыыларын кытта киһи кэрэхсиир гына алтыһаллар.

Арабскай-персидскай төрүттээх жанровай формалар саха поэттарын философскай ис хоһоонунан, таптал тематын уратытык арыйар кыаҕынан угуйаллар. Ол курдук билиҥҥи кэмҥэ рубаи А.Дмитриев, М.Ефимов, К.Уткин-Нүһүлгэн, А.Парникова-Сабарай Илгэ, газель М.Ефимов, А.Парникова-Сабарай Илгэ, А.Старостин айар үлэлэригэр бэйэлэрин миэстэлэрин булбуттара.

М.Ефимов «Т³лк³бµт тµ³рэ±э» (2002) хомуурунньугар киирбит газеллар илиҥҥи классическай формалардыын типологическай биирдэрэ: тема, идея уонна проблематика (бүтүн киһи аймахха суолталаах сиэр-майгы тосхоллоро), чаҕылхай афористическай форма, дидактическай хайысха, үгэс буолбут каноническай метафора-уобарастар, персидскай поэзияҕа чугас символ уобарастар (ый, үрүмэччи, күөрэгэй), уобарастаан тэҥнээн көрүүлэр (сопоставления) (сардаана – тюльпан, роза; олоҥхоһут – Хайям; кымыстаах чороон – кы´ыл арыгылаах бакаал).

М.Ефимов газелларын бөлөҕөр айымньылар бэйэ-бэйэлэрин кытта биир сүрүн идеянан буолбакка, ассоциативнай ситиминэн холбоһоллор. Газеллар эмоциональнай-психологическай туруктара биир: лирическэй герой үөлээннээҕин уонна төрөөбүт дойдутун таптыыра, инники кэскилин туһугар ыалдьара, айманара ойууланар. Поэт газелларын баһыйар өттө тыҥааһыннарынан уонна тутулларынан ситэрилэр, туох баар бейталар хас биирдии тыллара, этиилэрэ чочуллуулаахтар, матыыптарынан хардарсар ситимнээхтэр. М.Ефимов икки строканы уонна каноническай рифманы кытаанахтык тутуһар. Аллитерация, хоһоон кэрэтик иһиллэр араас ньымалара газель интонационнай-ритмическэй сайдыытыгар тустаах дьайыыны оҥороллор, уус-уран таһымын үрдэтэллэр. Тирэх тыллар хатылааһыҥҥа, араас ис хо´оону биэриигэ кыттыһан, айымньы сүрүн санаатын арыйар смысловой редиф оруолун толороллор.

Олох, үйэлээх туһунан философскай санааны арыйарга М.Ефимов үксүгэр национальнай ис хоһоонноох символлары уонна аллегориялары туттар. Холобур, дьылҕа, норуот олоҕо диэн өйдөбүллэр алаас, сэргэ, Омоҕой уобарастарынан ойууланаллар. Ментальнай ураты тэҥнэбиллэргэ (арчы, Айыы-Таҥара), Үрүҥ Уолан, Туйаарыма Куо эпическэй уобарастарын метафорическай суолталарыгар көстөр. М.Ефимов таптал туһунан газелларын бэлиэ өрүтүнэн хоһуйуллар көстүү метафора көмөтүнэн уус-уран үрдүк таһымы ситиһиитэ буолар. Классическай газельга курдук, холобур, матлаҕа (төрүөт) итиэннэ мактаҕа (түмүк) пейзаж фонугар чыычаахтар уонна сибэккилэр көстөллөр. Бу бэриллибит тыллар сахалыы уобарастааһын эквиваленыгар сөп түбэһэн, таптал туһунан лирическэй тэттик этиилэр “тирэх тутулга” (“опорная конструкция”) ханыылыы буолаллар.

Онон М.Ефимов газелларын проблематиката афоризм форматынан бэриллибит, алгыыр хайысхалаах бүтүн киһи-аймах туһунан философскай санаалар сахалыы ис хоһоонноохторунан уратылаһар. Поэты газель тэттик формата, лирическэй дэгэтин баайа умсугутар. Национальнай матыыптары, уобарастары, ритмико-синтаксическай параллелизмы туттуу, хоһоон дидактическай хайысхата М.Ефимов айымньыларын саха өс хоһоонноругар чугаһатар.

Газель жанровай форматын интэриэһинэй холобурдарын А.Парникова-Сабарай Илгэ айар үлэтигэр булабыт. “Күн баҕам” (2003) диэн хомуурунньугар киирбит газеллар сүрүн уратыларынан дьахтар эр киһиэхэ таптала буолар (классическай газельга эр киһи дьахтарга тапталын хоһуйар). Ааптар газель тиэки´ин быһыытынан семантическай кииннэр утарыта турар логическай оҥоһуктарыгар арыллар ис хоһоон традиционнай тутулун тутуһар. А.Парникова лирикатыгар бу кииннэр “жанровай семантика” үс көрүҥэр арахсаллар (И.В.Стеблеванан): диалог («мин» - «эн» утарыта туруу), ойуулааһын («мин» - «кини» оппозиция) уонна булкаас (диалог, ойуулааһын тэҥҥэ киирэр) тутуллаах. Ааптар хоһоонноругар саамай тарҕаммыт матыыптар – сүгүрүйүү, көрдөһүү, лирическэй герой тапталтан эрэйдэнэр ыарахан олоҕо, арахсыы – классическай газель ис хоһоонун сүрүн үгэс буолбут өлүүскэтэ буолар. Матыыптар бэрээдэктэригэр композиция сайдыытын, традиционнай утарыта тутууну уонна антитезаны кытта сибээстээх логическай линия бэлиэтэнэр. Газелларга поэт жанровай форма строфаҕа уонна композицияҕа сыһыаннаах сокуоннарын барытын кэриэтэ тутуһар. Туох баар бейт синтаксическай уонна логическай түмүктээх, бэйэ-бэйэтин кытта композиционнай сибээстээх. Жанровай форма классическай холобуругар газель ханнык матыыбынан саҕаланар да, онон бүтүөхтээх. Илиҥҥи лирика бу уратыта А.Парникова айымньыларыгар эмиэ бигэтик туту´уллар: бастакы бейтка бэриллибит санаа бүтэһик бейтка хатыланар эбэтэр чопчуланар, ол аата газель саҕаланыытын уонна түмүгүн холбуур смысловой скреп үөскүүр. Ааптар үгүс айымньыларыгар, газель µгэс буолбут халыыбыгар курдук, бастакы бейт – матла – икки строкатыгар икки матыыптаах, тыҥааһын саамай үрдүк кµµрээнин ситиһэр бүтэһик бейттар кульминация түмүгэ буолаллар. Бүтэһик бейтка – «Илгэ» - тахаллус (А.Парникова псевдонима) хаста да көстөр. Канону батыһа, хас биирдии бастакы бейтка икки полустишие иккиэн рифмалаһаллар, онтон ba, ca, da диэн схеманан сайдаллар. Онтон туорааһын быһыытынан аҕыйах хоһооҥҥо иккис бейтка атын эбэтэр хатылаһар рифма көстөр. Автор үгүс хоһоонноругар күлүүс тыл хатыланыыта эбэтэр редиф баар буолар.

А.Парникова айымньылара парнай симметрия, тэҥнээһин, биирдиилээн ааҕыы (перечисление), антитеза, метафора курдук газельга сыһыаннаах поэтическай фигуралар көмөлөрүнэн таптал иэйиитин экспрессиятын арыйар араас троптарынан уустугурбут тыл-өс, уобарас өттүнэн олус баайдар. Тэҥ сүһүөхтээх строкалар, аллитерация араас көрүҥэ текст ураты оһуорун, ритмико-интонационнай хатыламмат буолууну үөскэтэллэр. Ааптар газелларын национальнай ис хоһооно уобарас арыллыытыгар, сахалыы тыыннаах символларга, тэҥнэбиллэргэ уонна метафораларга бэриллэр:

Эн кµндэ уу харахтары², аптаах сиэркилэлии, 1-2-1-4-2-4 14

Бµрэ бэйэбин кэрэтитэллэрэ буоллар ньии. 2-3-6-2-1 14

Итиэннэ, с³тµ³лэтэн, тилиннэриэ этилэр 3-4-4-3 14

Ииммит куппун-сµрбµн, ³лб³т мэ²э к³лµйэлии.

2-2-2-2-2-4 14

Дьукку сууйан кэбистэллэр дуу´ам кирин-дьайын, 2-2-4-2-2-2 14

Сµрэ±и² чµ³мпэтигэр умсаран, сµрэхтиирдии. 3-4-3-4 14

Тµ³спэр кэтэртиннэр уран чараас сµрэ±и, 2-4-2-2-3 13

Кµн та²ара – тапталгар тиксибиппин бэлиэтии. 1-3-3-4-4 14

Оттон эн, субу чугас олорор эрээригин, 2-1-2-2-3-4 14

Халлаан Айыытынаа±ар ырааххын, тыйыскын дии. 2-5-3-3-1 14

Кµндэ уу харахтаргар кµлµкпµн к³рµнµ³хпµн 2-1-4-3-4 14

£л³рдµµ куттанабын, ³´³рµ³ххµн билэрдии… [с. 114] 3-4-4-3 14

Илиҥҥи поэттар кыыс сэбэрэтин, тас көстүүтүн ойуулуурга улахан болҕомтону уурар эбит буоллахтарына, Сабарай Илгэ эр киһи (объект) майгытын, кыаҕын, дьайар күүһүн, субъекка сыһыанын арыйар. Онон адресат лирическэй мэтириэтин “сардаҥалаах күн” кэриэтэ харахтар, “сардааналаах кытыл” уостар, “саһарҕалаах халлааҥҥа” дылы иэдэс көрдөрөр. Дьиҥ сахалыы бухатыыр, Үрүҥ Уолан буолар, Таҥараҕа, Айыыга, абааһыга тэҥнэһэр. Үрүмэччи, чүмэчи, хатат, оһуор, номох да буолан ылар. Илгэҕэ кини “айар-абырыыр күүс”, “Таҥараҕа тиэрдэр эндирдээх ыллык”, “таайыллыбатах таабырын”. Манна харах ойуулааһына (дьайыыта), иэдэс уонна уос (өҥ характеристиката), күн, чүмэчи быһаарыылара илиҥҥи каноҥҥа майгынныыр. Тапталлааҕын уобараһын улахан чорооҥҥо холуурун ураты ньыма быһыытынан сыаналыахха сөп. Бу тэҥнэбил кини сүгүрүйэр киһитин тас көстүүтүн буолбакка, ис эйгэтин бэлиэтиир. Лирическэй героиня таптыыр киһитин ис эйгэтэ улахан чороон түгэҕэ көстүбэтин курдук олус дириҥ. Манна даҕатан эттэххэ, киһи эрэ барыта сүүнэ улахан чороон түгэҕин көрөр аналлаах буолбатаҕын курдук, дьахтар эрэ барыта эр киһи ис эйгэтин толору билбэт.

А.Парникова поэзиятыгар таптыыр киһитэ сороҕор хараҥа тыаҕа саһан сытар оборчо, кута курдук омсолоох майгыланар. Ону тэҥэ кини күүһү таһынан араас мистическэй (фантастическай) быһыылары оҥорор кыахтаах: остуоруйа курдук омуннаах, сэһэн курдук сиэдэрэй олоҕу бэлэхтиир, лирическэй героиня өлөн эрэр этигэр-хааныгар, сүрэҕэр тыын иҥэрэр. Күн сырдыгыттан күндү, салгын, тойук курдук наадалаах. Иэйии маннык экспрессията илиҥҥи таптал лирикатыгар тыҥааһынынан тэҥнэһэр.

Үгэс буолбут тапталлааҕа аһыммат, ахсарбат буолуута лирическэй героиня иэйиитин, дууһатын туругун өссө күүстээхтик, итэҕэтиилээхтик тириэрдэргэ көмөлөһөр ньыма буолар. Манна лирическэй субъект эр киһи эппиэтэ суох тапталыттан эмиэ даҕаны «өлөр», эмиэ да «тиллэр», эмиэ да «көтөр», эмиэ да «тимирэр», ону таһынан Киристиэс курдук сибэтиэй, Икар курдук бэйэтин санаатыгар күүскэ ылларбыт буолар, онон ситэ таайыллыбатах, сэрэхтээх оборчо майгылаах киһиэхэ утары тутуллар. Лирическэй героиня эмиэ да нарын-намчы, айманар-муҥатыйар, эмиэ да күүһэ-кыаҕа суох, ол эрээри имэҥнээх буолан көстөр. Бу да буоллар, лирическэй субъект тапталын күүһүн тиэрдэр, дакаастыыр уонна ылыннарар өрүү күүстээх личность. Айымньыга көстөр дьахтар уонна эр киһи сороҕор быстыспат ситимнээхтэр, биир сомоҕо өйдөбүлгэ бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэр: кини – «уус тыл», мин ол «уус тыл халыыба» буолабын, кини – «уран айымньы», мин ол «уран айымньы хаата» буолабын. Ол эбэтэр биһиги манна тапталлаахтар уустук сыһыаннара сайдыытын, айманар дууһа уоскуйууга, эрэй-муҥ төрүөтүн таайарга талаһарын көрөбүт. Бу этии эппиэтэ хас биирдии хоһооҥҥо бэриллэр – классическай газельга курдук эппиэтэ суох таптал уонна ахсарбат буолуу. Ол иһин А.Парникова айымньыларын үксүн ааттаһыы, көрдөһүү, ыҥырыы форматынан суруйар. Таптала табыллыбатаҕын да иһин, тапталлааҕар дьолу баҕарар, сырдык, ыраас иэйиини биэрбитигэр махтанар.

Онон саха билиҥҥи поэзиятыгар газель икки теманан бэриллэр: философскай анаарыы уонна таптал туһунан. Ааптардар строфическай, композиционнай принциптэри, каноническай рифманы, бейт, матла, макта уратыларын тутуһа сатыыллар. Газельга эрэ сыһыаннаах матыыптары, метафора-уобарастары, символ уобарастары тутталлара көстөр. Атылыы өрүттэрэ хоһоон саха ааптардарын ураты ис хоһоонноругар арыллар. М.Ефимовка газеллар афористическай формалаах сиэр-майгы ыйынньыктара буоллахтарына, А.Парникова айымньылара икки семантическай киин оппозициятыгар олоҕурар традиционнай тутуллаах таптал туһунан газеллар. Сабарай Илгэ тахаллуһу туттар, газельга сыһыаннаах элбэх поэтическай фигуралары уонна лирическэй субъект туругун чопчулуур матыыптары киллэрэр. Ол эрээри икки поэт айымньыларын сахалыы өй-санаа, уобарастааһын, символы туттуу, аллитерацияҕа, ритмикаҕа болҕомтону ууруу сибээстиир.

Билиҥҥи кэмҥэ сахалыы хоһоон омук литературатын поэтикатын кытта биирдиҥи типологическай бэлиэтэ, бастатан туран, тема, проблематика уонна стиль таһымнарыгар көстөр. Ааптардар үгүс өттүгэр жанровай форма сүрүн каноннарын: строфа, композиция критерийдэрин кытаанахтык тутуһаллар. Ону тэҥэ классическай айымньыга ирдэнэр эстетическэй принциптэри тутта сатыыллар. Национальнай ураты уобарас арыллыытыгар, аллитерация, рифма туттуллуутугар, сүһүөх ахсааныгар бэлиэтэнэр. Дидактическай хайысхалаах философскай анаарыылар, сахалыы өйү-санааны арыйарга дьулуһуу, синтаксическай уонна смысловой түмүктээх буолуу айымньыны норуот өһүн хоһоонугар майгыннатар.

Билиҥҥи поэттар араас жанровай формаҕа уус-уран көрдөөһүннэрэ строфа араас көрүҥнэрин сайдыытыгар тирэх буолар. Оттон са²аны киллэрии хаһан баҕарар литература байарын, сайдарын уонна кэҥиирин бэлиэтиир.
1.4 ДРАМА ЖАНРЫН ТУРУГА

Драма – литература биир ураты дьикти жанра. Кини синкретическай характердаах искусство к³рµ²э, ол курдук драма театр сценатыгар оонньонно±уна эрэ ситэр-хотор. Драма элеменнэрэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар былыргыттан сайдыбыта. Ол ордук оло²хо±о к³стµбµтэ, оло²хо´ут толоруутун «биир ки´и театра» диэн ааттыыллар. Драма общество оло±ун саамай ты²аа´ыннаах, кµµрµµлээх кэмигэр сайдар диэн бэлиэтииллэр. Саха литературатыгар драма жанра поэзия кэнниттэн тута µ³скээбитэ. ¥³рэ±э суох, аахпат-суруйбат саха норуотугар кини биллэрэр-к³рд³р³р, пропагандалыыр кµµ´э тиийимтиэ буолбута. ХХ µйэ са±аланыытыттан 30-с сылларга тиийэ драманы оонньоон к³рд³рµµ олус тэнийбитэ. Манна аатырбыт драматург суруйааччылар – А.Софронов, Н.Неустроев, П.Ойуунускай, Суорун Омоллоон, С.Ефремов талааннара арыллыбыта. Бу сыллар драма историятыгар жанр сайдыытын чыпчаалын бы´ыытынан сыаналаналлар. Драма историятын чинчийээччилэр 20-30-с сылларга 400 тахса агитка-пьесалар айыллыбыттарын бэлиэтииллэр.

30-50-с сыллартан са±алаан драма жанрын кэхтиитэ са±аламмыта уонна били²²ээ²²э диэри кыайан ³рµттµбэккэ сылдьар. Драма жанр бы´ыытынан сайдар, талааннаах драматурдар да бааллар, ол эрээри 1920-с сыллардаах чыпчаалы ылар то±о эрэ кыаллыбат уонна драма били²²и кэм²э оччотоо±уга курдук улахан оруолламмат. 1970-с сылларга режиссер Ф.Потапов – драматург И.Гоголев сомо±оло´он µлээбиттэрэ театр оло±ун бэркэ сэргэхсиппитэ. И.Гоголев романтическай, историческай, юмористическай драмалартан са±алаан били²²и олох сытыы проблемаларын арыйар айымньыларын суруйбута сцена±а оонньоммута. Ону кытта µгµс ахсааннаах драмалара бэчээккэ тахсыбакка сыталларын бэлиэтииллэр, ол курдук суруйааччы айымньылаахтык-тахсыылаахтык µлэлээбит эбит. 1970-с сылларга И.Семенов социальнай-бытовой пьесалара эмиэ к³р³³ччµ сэ²ээриитин ылбыттара – «Кµтµ³т», «Сонордьуттар». М.Обутова-Эверстова о±олорго аналлаах пьесалара театр сценатыгар элбэхтик турбуттара.

1980-с сылларга В.Васильев-Харысхал «Амма±а саас этэ» драмата турбута талааннаах драматург µ³скээбитин кэрэ´илээбитэ. 1983 с. В.Н. Протодьяконов сценарийынан «¥с саха т³рµ³±эр…» драманы Саха театрыгар сити´иилээхтик оонньоон к³рд³рбµттэрэ, бу ³сс³ «уларыта тутуу» диэн ааттаммыт кэм кэлэ да илигинэ П.А.Ойуунускай оло±ун ту´унан кырдьыгы арыйар, репрессия содулун к³рд³р³р айымньыны дойду биллиилээх кириитиктэрэ хай±аабыттара. 1986 с. Н.Лугинов «Алампа, Алампа…» драмата сцена±а турбута. Бу ыарахан дьыл±алаах классик-суруйааччы тус оло±ун ту´унан биир бастакы айымньы буолбута. Ааптар суруйааччы оло±ун урукку ³ттµгэр кэпсэммэт кэмин, репрессия±а тµбэ´иитин, тус оло±ун огдолуйуутун долгутуулаахтык к³рд³рбµтэ. Суруйааччы оло±ун ту´унан хараастыылаах, а´ыйыылаах хартыыналар µ³скµµллэрэ драма аатыгар да к³ст³р. Н.Лугинов саха обществотын оло±ун, историческай уларыйыыларын и²эн-то²он µ³рэтэн салгыы «Бырастыы!» драманы суруйбута. Драма±а Кэм уонна Кырдьык уобарастара киирэллэр. Суруйааччы сэбиэскэй общество историятын, кэм µ³скэппит геройдарын анаарар, сыана бы´ар.



«Уларыта тутуу» кэнниттэн драма±а са²а ааттар киирбиттэрэ – Е.Кузьмина, Сиэн £к³р, Айсен Дойду, Сиэн Чолбодук, Д.Наумов. Е.Кузьмина «£сс³ да киэ´эрэ илик» драмата били²²и саха дьахтарын тематын, проблемаларын, со±отохсуйуутун арыйарынан сонун буолбута. Сиэн Чолбодук «Хара сурук» драматыгар сэрии кэмигэр саха дьонун тыылга ыарахан оло±ун, µгµс харах уулаах трагедиятын биир бастакынан ойуулаабыта. Д.Наумов «О±устар забастовкалара», «Таптал хампаанньата» комедияларыгар били²²и олох б³рµкµтэ суох бы´ыытын-майгытын, дьоннор характердарын итэ±эстэрин кµлµµ гынар.

Айсен Дойду драмалара. Драматург били²²и кэм²э саха ки´итин уларыйар характерын, буола турар бы´ыыны-майгыны чинчийэр сыалы туруоруммута. «Эргиллии» драма±а куорат оло±ор «буорту» буолбут, т³р³³бµт алаа´ыттан тэйбит Ыстакаан диэн эдэр ки´и эмискэ байар, кылаат булар сыаллаах. Кини «итэ±э´э» диэн – эдэр, оло±у ³йдµµ илик уонна куорат ки´итэ буолан, саха норуотун оло±ун ис дьи²ин ³йд³³б³т, билбэт, аны туран онуоха эбии кини били²²и эдэр ыччат ыарыыларынан ыалдьар, арыгылыыр, µлэлээбэт. Дьэ бу Ыстакааны туох эмит дуу, ким эмит ³йµн булларар кыахтаа±а буоулуо дуо?! Аныгы эдэр ыччат ³йµгэр-сµрэ±эр хайдах тиийиэххэ с³бµй? Драма±а кинини кырдьа±ас ки´и такайар-µ³рэтэр, олох дьи²нээх сыаннастарын ³йдµµргэ тиэрдэр. Акыым уол туох ханнык иннинэ айыл±аны истэригэр, айыл±а±а сыстарыгар сµбэлиир, ол курдук муударай кырдьа±ас бу олоххо айыл±аттан атын учуутал суо±ар бµк эрэнэр. Уолчаан саха ки´итэ µйэлээх сыаннастарын сµтэриэ суохтаа±ын ³йдµµр, дьи² «кылаат» харчыга буолбакка, µйэлээх сыаннас буоларын, т³р³³бµт айыл±а, норуот буоларын билинэр уонна ону к³мµскэ´эр охсу´ааччы буола µµнэр. «Бэйэ ки´итэ» диэн трагикомедиятыгар Айсен Дойду били²²и общество бы´ыытын-майгытын, аныгы ки´и, салайааччы бэйэмсэ±ин, сирэй к³рб³±µн, сыалын сити´эригэр туохтан да и²нэн турбатын, сиэрин-майгытын сµтэрбитин кµлµµ гынан к³рд³р³р. Ол и´ин бу кµлµµ эрэ буолбатах, бу били²²и общество трагедията буолар. Драма театрга олус сити´иилээхтик турбута, ³сс³ киинэ буолан тахсыбыта. Айсен Дойду драматургията кини поэзиятыттан уратыта диэн реалистическай ис хо´оонноох уонна формалаах, саха норуотун ³йµн-санаатын, оло±ун уратыларын, характерын к³мµскµµр сыаллаах суруллубуттар.

Сиэн £к³р драмалара. Сиэн £к³р «Кураан кэнниттэн ардах. Выходной» (1995), «Алаас ортотугар со±отох бэс» (2000) кинигэлэрэ тахсыбыта. Барыта 34 драматическай айымньылардаах. Ону та´ынан Сиэн £к³р киинэ сценарийдарын суруйар. Кини били²²и литература±а олох ураты суоллаах-иистээх драматург бы´ыытынан аата бµтµн дойдуга билиннэ. Ааптар арыйар тиэмэлэрэ, проблемалара, характердара барыта сонуннар, уратылар. Биир бастакы драмата «Эйиэхэ сибэкки биэрээри» театрга 1990-с сыллар са²аларыгар турбута, онтон атын драмалара эмиэ оонньоммуттара. Суруйааччы µксµгэр тыа сирин ыарахан оло±ун проблемаларын, ыччаттар, уолаттар арыгылыылларын, µлэтэ-дьарыга суох буолууну к³рд³р³р уонна аныгы ыччат били²²и олоххо миэстэтин кыайан булар кыа±а суо±ун ту´унан суруйар. Холобур, общество «кыра ки´и» кы´ал±аларыгар кы´аллыбат буолбутун, дьоннор обществоттан тэйиттиллэн суолтата суох оло±у олороллорун «Куба – любовь моя!» драматыгар к³рд³р³р. Киэсэ дьиэтин тµннµгµттэн кулуупка концерт к³р³³рµ дьон мустарын кэтээн к³р³р, бэйэтэ концерка кыттар ба±алаах. Кини со±ото±ун бэйэтэ дьиэтигэр эрчиллэр, бэлэмнэнэр. «Куба – любовь моя!» диэн композиция бэлэмниир, ол да буоллар кинини ким да кулуупка ы²ырбат. Ол курдук кини олохтон хаалан хаалбыт, кинини ки´инэн да аахпаттар. «Кыра» ки´иэхэ общество кы´аммат, аахайбат, ки´иэхэ интэриэс уопсайынан да сµтэн эрэр обществота ойууланар. «Луис Корваланы босхолоо²» драма±а Мэхээс ³л³р, онно улаханнык ким да эмиэ аймаммат, бары атын кы´ал±анан олороллор – Луис Корваланы босхолуурга тэриллибит мунньахха ыксыыллар. Бу айымньыга ааптар сымыйа лозунунан олорон, норуоту олох кы´ал±атыттан муннарыыны кириитикэлиир.

Суруйааччы айымньыларын «тµктэри-комедия» диэн ааттаан, олоххо буолар событиелары кµµркэтэн, абсурдка тириэрдэн, били²²и общество проблемаларын сытыырхатар. Ол курдук кини абсурд-драма±а µлэлиир авангардист-суруйааччы буолар. Тыа оло±ун кини ба´аа±ырдар курдук к³стµ³н с³п, ол эрээри кириитиктэр с³пк³ бэлиэтээбиттэрин курдук, кини дьи² саха суруйааччыта буолан, манна норуотун инники дьыл±атыгар ыалдьара к³ст³р.



Сиэн £к³р драмалара бары ³ттµнэн дьиктилэр, темаларынан, геройдарынан, тылларынан-³ст³рµнэн. Геройдар диалогтара бэрт кылгастар, ыйытыы-эппиэт киэбинэн бэрт тэтимнээхтик сайдаллар, ки´ини муннаран да кэби´иэхтэрин с³п курдук. Геройдара барылара биирдэр дииллэр, ону билигин личноска наадыйбат олох ки´ини сирэйин сµтэрэригэр тиэрдэринэн бы´аараллар. Кини геройдара ата±астаммыт-баттаммыт тыа дьоно, уолаттар, µ³рдэр, сибиэннэр, абаа´ылар, инопланитяниннар бары букку´а сылдьаллар. Бы´ыы-майгы буолар сирэ эмиэ уратылаах - быра±ыллыбыт ³т³х, бала±ан, эргэ кулууп уо.д.а. Онон фэнтези сокуоннара эмиэ биллэллэр. Драмалар формалара эмиэ уратылар, «тµктэри-комедия», биир акталаах мистическэй хартыыналар, а²ардас монологунан бэриллибит кылгас пьесалар эмиэ бааллар. Чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, били²²и литература±а жанрдар уустугуруулара, букку´уулара µ³скµµр, иккис ³ттµттэн, итинник дьикти к³рд³³´µннэр ордук драма±а биллэр курдуктар. Сиэн £к³р талаанын ³рµттэрэ комическай, сатирическай кµµстээхтэр, кини айымньыларын драматизма дири². Ол курдук «Со±отох бэс» драматыгар революция кэнниттэн Япония±а тиийэн хаалбыт саха дьоннорун к³рд³р³р. Кинилэр дойдуларын ахталлара бэрдиттэн ³л³лл³рµн ки´и эрэ к³р³ итэ±эйэр. Сиэн £к³р драмаларын киин куораттар театрдара эмиэ туруорбуттара уонна кириитиктэр са²а хайысхалаах, ураты суоллаах талааннаах драматург µ³скээбитин бэлиэтээбиттэрэ.

Харысхал драматургията. Харысхал ХХI µйэ±э историческай драмаларга ылсыста. Кини араас дойдулар – Россияттан Китайга, Америка±а тиийэ - архыыптарыгар µлэлээн, урукку ³ттµгэр биллибэтэх бэрт элбэх матырыйаалы булла, µ³рэттэ. Кини сµрµн сыала – революция, гражданскай сэрии кэмнэригэр µµрµллµбµт-µтµрµллµбµт саха норуотун чулуу уолаттарын ыар дьыл±аларын к³рд³рµµ уонна кырдьыктарын та´аарыы. Ол курдук кэнники кэмнэргэ кини «Эргиллиэм хайаан да…», «Басты² хатыыта», «К³мµ³л» драмалара П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын сценатыгар сити´иилээхтик турдулар. Манна барыларыгар история кытаанах кэрдиис кэмэ, норуот дьыл±атын трагизма, кылаас охсу´уутун ты²аа´ына к³ст³р. «Эргиллиэм хайаан да…» драма±а сахаларга аатырбыт-суолурбут улахан ки´и - атыы´ыт Никифоров-Манньыаттаах дьыл±ата ойууланар. «Басты² хатыыта» драма±а интеллигенция дьыл±ата к³ст³р. «К³мµ³л» - Харысхал басты² драматын бы´ыытынан к³р³³ччµлэр би´ирэбиллэрин ылла. Манна алта уолун ки´и гынаары, µрдµккэ дьулуспут Василий Ксенофонтов баай оло±о, дьыл±ата ойууланар. Кини µрдµк µ³рэх б³±³л³³х учуонай, адвокат, инженер, учуутал уолаттарын биир-биир сµтэртэлиир. Бары са²а сэбиэскэй былаас кы´ар±аныттан, кыта±а´ыттан кыайн мµччµ к³пп³кк³ охтоллор. К³р³³ччµ саха ки´итин ³рк³н ³йµн, µрдµккэ дьулуурун, ыараха²²а тулуурун с³±³ к³р³р. Драматург саха ыалыгар о±ону иитиигэ а±а оруола хайдах бы´ыылаах суолталаа±ын к³рд³р³р. Ба´ылай о±онньор т³´³ да бэйэтэ µ³рэ±э суо±ун и´ин, µ³рэх-сайдыы ту´атын бэркэ ³йдµµр, о±олорун кэлэр олоххо бэлэмниир, уолаттара да бары ча±ылхайдара сµрдээх. Ол эрээри кинилэр быстах дьыл±аламмыттарыгар са²а олох ороо´уута к³ст³р. О±онньор ыты´ын соттон хаалыыта оччотоо±у олох трагизмын кµµстэхтик арыйыы буолар. Историческай драма историческай кырдьыгы туруорсар дьо±урдаах. Норуот кµµ´э - к³мµ³л кµµ´э, к³р³³ччµ бу драмалары ылынна±ына, кини история хаамыытын, норуот дьыл±атын толорутук ³йдµµр кыахтаах.

Драма ураты дьо±уру эрэйэр жанр, ол и´ин кини ааптардара литература±а олус сэдэхтэр. Эдэр ааптардартан драма±а ылсан µлэлиир суруйааччы µµнэрин кэтэ´эбит.





Достарыңызбен бөлісу:
1   2   3   4   5   6   7   8




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет