Өбүгэҥ дойдутун умнума


Харыйалаахха олорбут аҕа уустарыттан



бет5/5
Дата17.06.2016
өлшемі438.5 Kb.
#142990
1   2   3   4   5

Харыйалаахха олорбут аҕа уустарыттан

2006 сылга Үөдэйгэ халбыт дьон туһунан кылгастык
Соҕотох Кэлсиин аҕа, ийэ ууһаан 4 тыһыынча кэриҥэ аймахтыы Кельциновтары 2006 сылга тэнитэн тарҕаппыт. Кэлсиин олох олорон ааспыт кэмигэр Харыйалаах арыыга хас аҕа ууһа олорбута биллибэт. Ол саҕана 10-ча да аҕа ууһа олорбут эбит буоллаҕына, кинилэртэн тарҕаммыт ыччаттар, кырата билигин сүүрбэччэ тыһыынча киһи төрөөн ууһаан олох олорон аастахтара.

Билиҥҥи көлүөнэҕэ баар Кельциновтартан төрүттээх 400-кэ киһи республика араас муннуктарыгар тарҕанан олороллор. Ол иһиттэн Үөдэйгэ 22 киһи баар. Кельцинов аҕа ууһун төрүттээччи 5 эрэ киһи олохсуйан олорор. Уоннааҕы Кельциновтар Сиинэҕэ, Покровскайга, Нөмүгүгэ, Өлөөн Харыйалааҕар, Якутскайга уонна биир уол Якутскай Кангалааһыгар баар буолуохтаах. Онтон уратылара ийэ ууһунан тарҕамыттар. Тимофеевтар аҕа уустарыттан биир кэргэнэ суох Иннокентий Иннокентьевич баар. Харыйалаах арыыга олорбут Филипповтартан 5 ыал аҕа ууһа олороллор. Самсоновтар 6 ыал, Кировтартан биир Киров Серафим Гаврильевич кэргэнэ суох уол баар. Васильевтартан 3 ыал, Асекритовтартан 3 ыал төрүт олохсуйбу өбүгэ аҕа уустарыттан хаалбыттар.

Бродниковтар, Прохоровтар, Ивановтар,Евграфовтар, Тимофеевтар, Осиповтар, Шадриннар, Мартыновтар, Мордовскойдар биир да ыал хаалбакка төрөөбүт дойдуларыттан көһөн хаалбыттар.

Осиповтар уонна Филипповтар, Тарасовтар Үөдэйгэ билигин бааллар эрээри атын дойдуттан төрүттээх (однофамилецтар) дьоннор Үөдэйгэ ыал буолан олороллор.

Алдан, Үөдэй, Горнай тыаларынан кыһыннары-сайыннары көһө сылдьан булдунан дьарыктанан үйэлэрин мөҥөөбүт эбэҥки аҕа уустарыттан Герасимовтар Үөдэйи сөбүлээн олохсуйаннар, биир эмиэ билиҥҥи сүрүн олохтоохтор ахсааннарыгар киирэллэр.

Урукку Ат-Дабаан төрүттээх аҕа уустарыттан биир Сухаревтары санатар ыал олохсуйан, Ат-Дабаан дэриэбинэтин аатын үйэтитэр. Ону таһынан биир Макаров Валентин Константинович кэргэнэ суох киһи Якутскайтан кэлэн олохсуйда.



Ой-Муран дьаамыттан Филипповтар үксүлэрэ Үөдэй дэриэбинэтин саҥа ньууччатымсыйбыт дэриэбинэҕэ кубулуттулар.


Кельциновтар аҕа, ийэ ууһунан тарҕаммыт аймахтара
Кэлсин сэттэ уолаттарыттан Үчүгэй Пахом уонна Байбал диэн уолаттарын элбэх ыччаттара ууһаан дьон буолан тарҕаммыттар.

  1. Үчүгэй Пахомтан – ууһаан тарҕаммыт ыччаттар биэс оҕолордоох эбит. Терентий, Сэмэн, Прокопий, Уйбаан, Мария. Кельцинова Мария Пахомовна – Филиппов Дмитрий диэн Ой-Мураан киһитигэр кэргэн тахсан биэс оҕоломмут. Александра, Петр, Егор, Дмитрий, Анна. Мин тус бэйэм Егору билэбин. Кини Үөдэйгэ олоро сылдьыбыта. Елизар – диэн уола милицияҕа үлэлии сылдьыбыт. Елена диэн кыыһа Михаил Ксенофонтовичка (Корей Миша) кэргэн тахсан билигин да иккиэн үчүгэй олороллор. Елена Үөдэйгэ санитарканнан пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ. Элбэх оҕолордоохтор, сиэннэрдээхтэр, хос сиэннэрдээхтэр. Егор 2 кыыстаах. Дмитрий итиллибит аҕатынан Добрянцев буолбут. Дмитрий Добрянцев 7 оҕоломмут. Григорий, Николай, Алексей, Мария, Людмила, Анатолий, Екатерина, бу 7 оҕолортон Анатолий 10 оҕолоруттан Анатолий Анатольевич Добрянцевы билэбин. Кини Виталий, Сергей, Ольга диэн оҕолордоох. Анатолий Анатольевич «Кытыл-Дьура» диэн кинигэтигэр аймахтарын толору суруйбут.

  2. Кельцинов Терентий Пахомович – 2 кыыс оҕолоох. Елена уонна Марфа. Харыйалаахха өтөхтөрө баар. Елена Терентьевна – Самсонов Илья Иванович (Сыччый) кэргэн тахсан Харыйалаах арыыга олорбуттара. Оҕоломмотохтор. Марфа Терентьевна – Абрамов Георгий Митрофановичка кэргэн тахсан Үөдэйгэ олорбуттара. Илья, Клаша диэн оҕолордоох. Бэйэтэ эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүтэ. Илья кэргэннэммэккэ Алдаҥҥа эмиэ эдэр сааһыгар өлбүт үһү. Клаша эдьиийигэр Еленаҕа итиллибитэ. Олохтоохтук кэргэн тахсыбакка 3 оҕоломмута. Вовка - Женя, Карина диэн оҕолордоох. Эдик кэргэнэсуох. Марфа – Алеша, Анчик, Даша, Коля, Дима диэн Нөмүгү Соломоновка кэргэн тахсан оҕолордоох. Кэргэнэ өлбүтэ. Билигин Үөдэйгэ бары бааллар.

  3. Кельцинов Сэмэн Пахомович – Акулина Семеновна диэн биир кыыстаҕын билэбин. Кини Самсонов Герасим Прокоьевичка кэргэн тахсан 1956 сыллаахха дылы Харыйалаах арыыга олорбуттара. (Арҕас) Герасим Прокопьевич 3 оҕолоох: Анисия, Анна, Назар. Харыйалаах арыыга Герасим үлэлии сылдьан давлениятынан эмискэ өлөн, Акулина Семеновна оҕолорун кытта бэйэлэрэ эрэ хаалбыттара. Анисия Герасимовна, Ефремов Дмитрий Степановичка кэргэн тахсыбыта. Анисия оҕоломмута гынан баран өлбүт. Бэйэтэ онтон оҕоломотох буолан, Петя диэн уол оҕону ылан ииппитэ. Ефремов Петр Дмитриевич кэргэнинээн Поровскайга олороллор. 5 оҕолоохтор: Саргылаана, Сардаана, Лена, Сергей, Валя. Кинилэр билигин туспа ыаллар. Анна Герасимовна – Сиинэ киһитигэр Шадрин Егор Давыдовичка кэргэн тахсан Сиинэҕэ олохсуйбуттара. 5 оҕолоохтор: Рая, Юра, Валера, Афоня. Эмиэ туспа ыаллар. Назар Герасимович – Ой-Мураан дьаамын кыыһын Анна Викторовнаны кэргэн ылан, биир Эдуард диэн уол оҕолоохтор. Кини билигин туспа ыаллар. Эмиэ бары Покровскайга олохсуйулар.

  4. Кельцинов Прокопий Пахомович – (Бакаас) 3 кыыстаах, 3 уоллаах. Василий Прокопьевич – сэриигэ барн 1942 сыллаахха өлбүт. Уйбаан Прокоьевич – Харыйалаах арыыга кэргэннэнэн олорон 2 оҕоломмут: Дуня, Коля. 1942 сыллаахха сэриигэ ылбыт раанатыттан өлбүт, Липецкай обласка Елец куоракка хараллыбыт. Дуня – Аркадьев Евстафий Петровичка кэргэн тахсан 8 оҕоломуттара уонна эдэр сааһыгар өлбүтэ. Оҕолорун аата: Рита, Эдик, Гутя, Ира, Игорь, Павлик, Валя, Евдоким. Оҕолор бары билигин үлэһит буолан, туспа ыаллар. Республика араас муннугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Николай – Ой-Мураантан төрүттээх Лида диэн кыыһ кэргэн ылан Сиинэҕэ олохсуйбуттара. 4 оҕолоохтор: Слава, Оксана, Лена, Никлоида бары туспа ыаллар, үлэлээхтэр, оҕолордоохтор. Дмитрий Прокопьевич – кыра оҕо сааһыгар истибэт буола ыалдьан, истибэт уонна саҥабат. Маруся диэн Дьура кыыһын кэргэн ылан Харыйалаахха олорбуттара. 3 уол, 2 кыыс оҕоломмуттара. Кельцинов Дмитрий Дмитриевич – Ат-Дабаантан төрүттээх Сухарева Татьяна Андреевнаны кэргэн ылан Андрей уонна Кристина оҕолордоохтор. Иккиэн туспа ыаллар оҕолордоохтор. Кельцинов Иван Дмитриевич – Мэҥэ-Хаҥалас кыыһын Евдокия Христофоровнаны кэргэннэнэн Маша, Туйаара кыргыттардаахтар. Бэйэтэ эдэр сааһыгар оһолго өлбүтэ. Кельцинов Олег Дмитриевич - Өлөөн Харыйалааҕын Катя диэн кыыһын кэргэннэнэн, 2 уоллаах, 2 кыыстаах. Оҕолоро: Вася, Оля, Анжелика, Ваня. Өлөөҥҥө олороллор. Егорова Муся Дмитриевна – кэргэнэ Егоров Николай Яковлевич. Оҕолоро: Анчик, Ага, Денис, Үөдэйгэ олороллор. Кельцинова Таня Дмитриевна – кэрэнинээн Куприянов Романы кытта Якутскайга олороллор. Митя, Юля Куприяновтар диэн оҕолоохтор. Кельцинова (Кирова) Екатерина Прокопьевна – Киров Өлөксөйгө кэргэн тахсан Харыйалаахха 4 оҕону төрөппүттэрэ: Дуня, Илья, Сеня, Ира. Дуня Алексеевна Затеева – Зина, Валя оҕолорун кытта Покровскайга олохсуйбуттара. Илья Алексеевич Киров – Никифорова Галина Алексеевнаны кэргэн ылан Покровскайга олосуйбуттара. Лара уонна Наташа диэн кыргыттардаах. Кинилэр эмиэ туспа ыаллар. Семен Алексеевич Киров – кэргэннэнэн бастаан Үөдэйгэ олорбутара онтон Нөмүгүгэ, Покровскайга олохсуйдулар. Мира, Саша, Женя диэн оҕолордоохтор. Туспа ыаллар эмиэ ыччаттардаахтар. Ирина Алексеевна – Надя диэн кыыстаах. Кельцинова Татьяна Прокопьева – Шадрин Хабырыыска кэргэн тахсан Харыйалаахха олорон эдэр саастарыгар Володя диэн уолланан баран өлбүттэр. Володя эһээтигэр Бакааска иитиллэн улааппыта. Шадрин Владимир Гаврильевич – кэргэннэнэн Покровскайга олорбуттара. Билигин Якутскайга олохсуйдулар. Владик, Оля, Туйаара диэн оҕолордоох. Кельцинова (Кангаласова) Харитина Прокопьевна – Бүлүү киһитигэр Кангаласов Прокопийга кэргэн тахсан Августина диэн оҕолоохтор. Августина Самсонов Валентин Мироновичка кэргэн тахсан Проня, Настя, Оля диэн оҕолордоохтор. Харитина бастакы оҕотунан сыыстаран бэйэтиттэн оҕото суох, онон Петров Василий ылан ииппит уола Петров Николай Васильевич Сиинэҕэ билигин кырдьаҕас туспа ыал.

  5. Кельцинов Иван Пахомович – Харыйалаах арыыга олорбут уонна 5 оҕону төрөтөннөр улаатыннартаабыттар. Бүөтүр, Елена, Ксения, Афанасий, Степан улаатан баран Сиинэннэн, Покровскайынан, төрөппүттэрэ, өлбүтүн кэннэ олохсуйан тус-туспа ыал буолбуттар. Иван Пахомович Тарыҥҥа көмүллүбүт. Кельцинов Петр Иванович – биир оҕото Лида Кармадонова билигин Нөмүгүгэ 5 туспа ыал буолбут оҕолордоох үчүгэй олорор. Кельцинова Елена Ивановна – мин өйдүүрбүнэн биир төрөппүт уоллааҕа эрдэ өлбүтэ. Бэйэтэ Покровскайга столовайга поварынан үлэлии сылдьыбыта уонна эдэр сааһыгар өлбүтэ. Кельцинова Ксения Ивановна – Федоров Василий (Малынкай) диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Сиинэҕэ олорбуттара. Биир уолу киһитэн ылан ииппиттэрэ. Аата Вася. Ксениялаах иккиэн өлбүттэрэ. Кельцинов Афанасий Иванович – эдэр сааһыгар өлбүтэ. Кельцинов Василий Афанасьевич билигин Сиинэҕэ оҕолордоох кырдьаҕас ыаллар. Кельцинов Иван Иванович – Нөмүгүгэ олохсуйан билигин да үчүгэй олорор. Оҕолоро: Вася, Славка, Толя, Володя, Вера туспа кырдьаҕас ыаллар. Бэйэлэрэ бас билэр дьиэлээхтэр, оҕолордоохтор. Кельцинов Степан Иванович – Валетина диэн Өлүөхүмэ кыһын 1962 сыллаахха кэргэн ылан 6 оҕону төрөтөн Сиинэҕэ уһуннук олорбуттара. Якутскайга аҕыйах сыллааҕыта көһөн киирбиттэрэ. Степан соторутааҕыта өлбүт үһү. Оҕолоро: Иза, Рудик, Радик, Марина, Оксана, Вероника. Сураҕа Якутскайга ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн олороллор үһү.

Байбалтан – ууһаан тарҕаммыт ыччаттар. Байбал 5 оҕоломмут: Алексей, Егор, Татьяна, Николай, Елисей. Бука бары Харыйалаах арыыга ыал буолан олорбуттар. Өссө бир кыыс оҕотун аата биллибэт.

  1. Кельцинов Николай Павлович – бастакы кэргэниттэн 2 оҕолоох. Василий, Мария. Кэргэнэ эрдэ өлөн Марияны Киров Илья Алексеевич I ылан ииппит. Тимофеева Мария Ильинична – Тимофеев Егор Ильич Дьура киһитигэр кэргэн тахсан, бэйэтэ оҕоломмотохтор. Лера диэн Егоров Ильич инники кэргэнин кыыһын уонна Нина, Гена диэн оҕолору киһиттэн эбии ылан иитэн улаатыннартаабыта. Кинилэр туспа ыаллар. Оҕолордоохтор. Кельцинов Василий Николаевич – (Таппый) 1941 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан сураҕа суох сүппүт. Кельцинов Анатолий Васильевич диэн уола Кангаласска кэргэн ылан 3 оҕолооҕо, иһиллэр да бэйэм көрсө иликпин. Кэргэнэ 1956 сыллаахха Харыйалаах арыыга 2 оҕотун кытта кэлэ сылдьыбыта. Анатолий өлбүт үһү. Кельцинов Николай Николаевич – (Сынок) Мария Матвеевна, Амма Өнньүөһүн кыыһа, кэргэммиинэн билигин Үөдэйгэ олоробут. Оголорум 4-р: Аэлита, Света, Матвей, Аида. Бары туспа ыаллар 8 сиэннээхпин. Покровскайга бары олохсуйдулар. Бэйэм төрөппүттэрим уонна оҕолорум туһунан туспа суруйуоҕум.

  2. Кельцинова (Филиппова) Татьяна Павловна – (кэргэнэ Лосман Өлөксөй) Филиппов Алексей диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Харыйалаах арыыга олорбуттар. Акулина уонна Екатерина диэн кыргыттардааҕын билэбин. Уол оҕоломмута. Эдэр сааһыгар өлбүт. Акулина Алексеевна – Осипов Дьэримиэй диэн киһиэхэ тахсан 5 оҕолордоохтор: Гена, Толя, Нина, Коля, Роза. Гена Сиинэҕэ олорон өлбүтэ. Кэргэнэ Якутскайга көспүтэ. Оҕолоро: Гена, Ира, Марина. Толя Өлүөхүмэ Нөөрүктэйитин кыыһыын Галина Попованы кэргэн ылан Үөдэйгэ уһуннук олорбуттара. 4 оҕоломмуттара: Таня, Наташа, Гульнара, Толя. Билигин Покровскайга киирэн олохсуйдулар. Коля Осипов – Үөдэй кыыһын Филиппова Валентина Васильевнаны кэргэн ылан Үөдэй төрүт олохтоохторунан буоллулар. Дойдуларыгар дьиҥнээх хаһаайынныы сыһыаннаһаллар. Төрөөбүт дойдуларыгар бас билэр ходуһа, усадьба ылан, сүөһү иитэн государства иитимньилэриттэн босхолонон бэйэлэрин бэйэлэрэ толору хааччынар кыахтаннылар. Икки оҕолоро Коля, Варя туспа хаһаайыстыбалаах ыаллар. Сухарева Роза – Үөдэй уолугар Сухарев Гергий Андреевичка кэргэн тахсан эмиэ туспа хаһаайысыбалаах, дьиэлээх-уоттаах, пилорамалаах Үөдэй сүрүн олохтооҕун курдук биллэллэр. Роза олохтоох администрация биир ытыктанар главнай бухгалтера. Гоша нэһилиэнньэҕэ улахан көмөлөөх, электичестваны хааччыйыыга, тутууга, техникаҕа кыра оҕо эрдэҕиттэн дьоҕурдаах буолан нэһилиэнньэҕэ улахан көмө киһитэ. Үс оҕолоохтор: Андрей, Оля, Алина. Кинилэр эмиэ хаһаайыстыбаҕа улахан көмөлөөх оҕолор. Нина Осипова – Покровскайга олорор, пенсионерка, кыыһа Рита Покровскайга алтыс кылааска үөрэнэр. Екатерина Алексеевна – Харыйалаах арыыга олохтоох Лэиэнтэй диэн киһиэхэ кэргэн тахсан аҕыйах сыл ыал быһыытынан олорон баран, иккиэн эдэр саастарыар өлбүттэр. Лэгиэтэй эмиэ Кельциновтар уоллара. Кэлсиин ханнык эрэ уолаттарын оҕото буолуохтаах, ону кыайан дааннайын булбатым. Екатерина уонна Лэгиэнтэй хаан уруулуулар буолан оҕолор турбатаҕын кырдьаҕастар бары кэпсээбиттэрэ. Арай биир Клавдия Иннокентьевна тыыннаах ордон уруу аймах тэниттэ. Онон Клавдия Иннокентьевна кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньата КельциноваА.Э. Клавдия сиэн аймаҕа аҕатын икки өттүнэн Кэлсиин сиэн аймаҕа. Клавдия аҕата - Лэгиэнтэй – мин сабаҕалааһыммынан Дьаакыптан төрүтээх буолуон сөп. Клавдия Иннокентьевна Герасимов Никитаҕа кэргэн тахсан 4 оҕоломмута. Өлүөр дылы Покровскайга олохсуйбуттара. Оҕолоро: Вадим, Валя, Владилена, Валера. Вадим – Покровскайтан Света диэн кыыһы кэргэн ылан Никита, Туйаара диэн оголоохтор. Якутскайга олороллор. Валя – Чурапчы киһитэ кэргэннээх Михайлов Андрей Степанович. 2 кыыс оҕолоохтор Наташа, Анна диэннэр. Владилена – Исить уолугар Капитонов Евгенийга кэргэн буолан Диана, Данил оҕолоохтор. Валялаах Владилена Якутскайга олохсуйбуттара. Валера- Филиппова Галяны Чурапчыттан булан Үөдэйгэ кэлэн олохсуйдулар. Саша диэн уол оҕолохтор. Клавдия Иннокентьевна аныгы олох хайысхатынан эргиэн уонна крестьянскай хаһаайыстыбаннан дьарыктанар оҕолоро, былыргы өбүгэлэрин төрүт дьарыктарын салҕыыр кыахтаннылар. Бу буолар нэһилиэстибэннэн бэйэни хаччыныы кэскиллээх рынок үйэтин фундаменын саҕалыы түһэриммит дьонноро.

  3. Кельцинов Алексей Павлович – Харыйалаах арыыга олорбута. Кини Илья диэн биир уоллааҕа эрэ биллэр. Алексей бэрт күүстээх-уохтаах, уус, булчут, хаһаайыстыбаннай баҕайы киһи быһыытынан үһүйээн баар. Келсиин туйаҕын хатарбыт Алексей Павлович буоларын Акулина Семеновна ахтара, уолун Ильяны кытта 9 мас хаптаһын түгэхтээх сүөһү туоратар оҥочотун санныларынан сүгэн чүөмпэҕэ дьиэлэриттэн киллэриллэрэ үһү. Илья Алексеевич Кельцинов – 3 кыыстаах: Фрося, Катя, Люба. Кинилэр төрөппүттэрэ эрдэ өлөн ыал устун аймахтарыгар иитиллэн дьон буолбуттара. Фрося Ильинична – билигин Үөһээ Бэстээххэ уола Алешалыын олорор. Алеша Якутскай Кангалааһын Елена Егоровна диэн кыыһын кэргэн ылан Алексей Алексеевич Соловьев диэн уоллаахтар. Екатерина Ильинична – Дьячковскай Бүөтүр диэн киһиэхэ кэргэн тахсан үс оҕоломуттара. Оля, Илья, Северин. Катя кэргэнинээн Бүөтүрү кытта Кыһыл үрүйэҕэ, Өктөмҥө учууталлаабыттара уонна эдэр саастарыгар өлбүттэрэ. Илья Петрович Дьячковсай кэргэннэммэккэ уол сылдьан быһылаҥҥа түбэһэн хоолтолохтук өлүтэ. Северин Петрович Дьячковскай билигин Покровскайга туспа ыал буолан олороллор. Улус администрациятыгар кэргэнинээн специалист быһыытынан үлэлэрдээхтэр, оҕолоохтор. Ольга Петровна – Якутскайга олохсуйбут. Любовь Ильинична – Данилов Василий Андреевич диэн эбэҥки киһитигэр тахсан 4 оҕону төрөтөн Сиинэҕэ олохсуйан олороллор. Василий Андреевич аҕатынаан удьуор республика, район биллиилээх булчутара. Оҕолоро: Оксана, Варя, Лена, Вася. Василий Васильевич Данилов Булгунньахтаах кыыһын Радионова Виктория Васильевнаны кэргэн ылан, биир Юра диэн оҕолоох. Вася бэйэтэ хомолтолоохтук Сиинэҕэ олорон өлбүтэ. Оксана Васильевна – Сиинэҕэ Семенов Семен Петровичка кэргэн тахсан Настя, Сеня диэн оҕолордоохтор. Билигин Сиинэҕэ үчүгэй олороллор. Варвара Васильевна – Петров Андрей Юрьевич диэн куорат киһитигэр кэргэннээх. Петя, Данил диэн оҕолордоохтор. Якутскайга бааллар. Лена Васильевна – Савин Александр Дмитриевичка кэргэн тахсан Якутскайга Кристина, Люба диэн оҕолорунаан олохсуйдулар.

  4. Кельцинов Егор Павлович – Советскай былаас саҥа олохтоноругар Харыйалаах арыытыгар норуодунай заседателинэн үлэлээбит уонна Талбаттан (билигин Саҥыйахтаах) Сиинэ Чараҥар дылы сир үллэһигэр землеустроителинэн үлэлээбит. Егор Павлович биир төрөппүт кыыстаах, ол эрээри ону бэйэтэ ииппэтэх. Сиинэ «Саккырыын» киһитэ Киров Сергей диэн ыаллар ылан ииппиттэр. Аатын Анисия диэн биэрбиттэр. Уола Иванов Никита буоларын быһыытынан кэргэнэ Иванов диэн сабаҕалыыбын. Никита Иванов Сиинэҕэ үөрэнэ сылдьыбыта. Кэлин Мархаҕа кэргэнинээн олохсуйбута оҕолордооҕо үһү. Анисия иккис оҕото Катя Дьячковскай Захар диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Якутсайга Ильменскэй уулуссаҕа чааһынай дьиэлэригэр олорбуттара. Катя өлбүтэ. 4 оҕолоохтор: Толя, Надя, Лена, Женя. Толя армияҕа службалыы баран сүтэн хаалбыт. Лена кэргэҥҥэ тахсан 2 оҕолоох үһү. Якутскайга туспа ыаллар.

  5. Кельцинов Елисей Павлович – Харыйалаах арыыга үйэтин тухары олохсуйан олорбут. Эмиэ биир кыыс оҕото тыыннаах хаалбыт. Кыыһа Кельцинова Анисия Елисеевна Дьэкэмдэ Никифоров Михаил Ильич диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Наташа диэн кыыс оҕолоохтор. Наташа билигин Владимиров Вячеславка кэргэн тахсан Слава, Сергей, Анрдрей диэн оҕолордоохтор. Билигин кинилэр Сиинэҕэ олороллор.

  6. Кельцинова ? Павловна – Иларов Аким Васильевичка кэргэн тахсан Лукерья диэн кыыһы төрөппүт. Ийэтэ олох эдэр сааһыга сөтөл буолан өлбүт. Онон Иларов Аким иккис кэргэнигэр Анна Михайловнаҕа Лукерья иитиллибит. Анна Михайловна Иларова диэн кыыстаахтар. Лукерия Акимовна 2 оҕолоох Тоня, Рома. Харыйалаах арыыга Филиппов Илья Николаевичка кэргэн тахсан олорбуттара. Антонина билигин Үөдэйгэ олорор. Илья, Маша, Толя диэн ыал булбут оҕолордох. Оҕолоро эмиэ иккилии оҕолордоохтор. Роман Ильич Света Дмитриевнатын кытта эмиэ Үөдэйгэ олороллор. Даша, Коля, Илья, Настя оҕолоро эмиэ саҥа ыал буолуталаан эрэллэр.


Сырдык уонна Айылҕа (остуоруйа)
Былыыр-былыр өссө тыыннаах үөскүөн иннинэ Сырдык уонна Айылҕа сири булан, орто дойдуга ыал буолан олорбуттара эбитэ үһү. Сырдык Айылҕаны олус таптаан сылааһынан, сырдыгынан үлэ-саас тухары хааччыйарга эбээһинэһи бэйэтигэр ылбыт. Айылҕа тыынар тыыннааҕы төрөтөн-үөскэтэр. Ийэ буоларга эбээһинэстэммит.

Айылҕа, аата ахсаана биллибэт араас тыынар тыыннааҕы төрөппүт, үөскэппит. Төрөппүт оҕолорун иитээри-аһатаары, сылааһынан илгийээри түүннэри-күнүстэри түбүгүрэн араас үүнээйилэри сир аһын үүннэрбиттэр. Ол курдук сири толору Айылҕа төрөппүт оҕолорун иитэн үөскэппит. Оҕолоро сир араас муннугар бэйэлэрин бэйэлэрэ хааччыһан көмөлөсүһэн иитиллэр гына үөрэтэлэбиттэр. Айылҕа саамай таптыыр оҕолорун, дьону өйдөөх гына үөскэппит. Дьон тыынар тыыннаах бырааттарын, балтыларын кытта эйэ дэмнээхтик аата ахсаана суох элбэхтик үөскээбиттэр.

Дьыллар, күннэр ааһан, аймахтыы тыынар тыыннаахтар тус туспа Орто дойду ыаллара буолан, сыһыан-майгы уларытан барбыт. Ким ууга олохсуйбут, ким сырдык хааччыйыытыгар атаахтык иитилибит, ким Айылҕа маанылаах оҕото буолан таалалаабыт. Айылҕа саамай таптыыр оҕолоро, дьон өйө наһаа сайдан бэйэ бэйэлэригэр тыл тылга сүбэлэспэт буолан барбыттар. Сорох дьон кэлтэй үлэлээбэккээ эрэ иитиллэргэ Айылҕа- ийэ барахсаны кэлтэй кэрбээллэрин көрөн таптыыр кэргэнин, Айылҕаны, аһынан тыл кыбыппыт: Сэгэриэм, кырдьар сааспытыгар иитэр, көрөр, истэр, харайар туһугар дьоҥҥо элбэх көмөнү оҥорон, атаахтаппыппыт, сорохторо ким аһатарын-таҥыннарарын билбэт буолбуттар, көрүн эрэ баттаҕын суох буолан, тараҕайын кэҥээн иһэр.

Айылҕа онуоха эппиэттээбит: «Миигин хааччыйар холоонноох доҕорум сөпкө да этиҥ, эдэр сааспытыгар хантан өйдүөхпүтүй, дьон бэйэлэрэ этэллэрин, «куоракка», халыйан дьон олохсуйан, эмиийбит үүтүн супту уулаан аһаан олорбуттара» диэн.

Арай «Дэриэбинэ» диэн ааттыыр дьон бөлөхсүйэн бэйэлэрин бэйэлэрэ хааччынааччылар, көмөлөһөн Айылҕаны, миигин көрөн харайан эдэр сааспар түһэрэ сатыыллар. Арай кинилэр өйдүүллэр ким иитэрин аһатарын. Дьон барыта «Куорат» диэннэригэр олохсуйдахтарына да сыгынньахтаан, супту уулаан хам-хатаран өлөрүөхтэрэ!

Онуоха сүрүн хааччыйааччы аҕа баһылык, Сырдык, таптыыр кэргэнигэр Айылҕатыгар сүбэлиир уонна сүбэлэһэр тылын кыбыппыт.

«Сорох сорохтору өйдөрүн хойуннаран, ким иитэрин-аһатарын өйдөтөн, ардыгар куурдан, ардыгар аһары сытытан, хааччыллар суолларын алдьатан, дьон бэйэ бэйэлэригэр көмөлөһөр наадатын биллэрэ түһүөх» диэбит.

Айылҕа онуоха хаһааҥҥыттан саҕалыыр кэлин, сүбэлэһиигэ кыттан, бу курдук эппит: «Туох барыта туолар, бүтэр уһуктаах, онон үйэни уһатар туһугар аһары, элбэҕи үөскэтэрбитин 2000 сылтан аҕыйатыах, куһаҕан дьаллыктаахтары көҕүрэтиэх, онуоха өй угар дьайыылары тарҕатыахха, ол эрээри аһары барымыахха, бэйэлэрин бэйэлэрэ көмүскэнии туохха туһалыырын санатыахха» диэн санаатыар баттыга буолбутун этэн уостуммут.

Ити курдук Сырдык уонна Айылҕа уйэлэрин уһатынар быһаарыны ылынан үлэлэрин саҕалаан, дьон бэйэни бэйэ дьаһаныыга киириини олоххо киллэриигэ сокуон ылыналларын ситиспиттэрэ эбитэ үһү.

Тохсунньу ый 10 күнэ, 2003 с.


Түмүк
Кыра оҕо сааспыттан колхозка, совхозка үлэлээн үйэбин моҥоотум.10 сыл илииннэн, 4 сыл механизаторынан, 26 сыл биригэдииринэн оройуон главнай салайар специалиһыгар тиийэ үлэлээбитим. Ыарахаттартан туора хаамтаҕым. Күҥҥэ 1,3 га от охсорго, 160 цн от кэбиһэргэ, кыһын 5 ый иһигэр 9,5х7 м иэннээхдьиэни кэрдэн, суоран, тиэйэн соҕотоҕун оҥорор буола улуу оппуту сатыыры баһылаабытым. Хаалынньаҥ тэрилтэлэри 3-5 сыл иһигэр барыыстаахтык үлэлиир республика бастаҥнарын аатыгар киирэр гына дьаһалта үлэтин баһылаабытым. Оччолорго киһи кыайбатаҕын сорук боллур оҥостон бииртэн бииргэ аныыллара, билиибин сатабылбын кыһалҕа бэйэтэ үөрэтэрэ!

Ол курдук физическай уонна практическай оскуола ученай буоларга олох-дьаһах бэйэтэ оҥорбута. Бииҥҥи кэмҥэ ити оскуола билиитин баһылааһына быста дьадьайда. Ол содулугар банкротства быһа сиэн уопсай бас билиилээх колхзтар, совхозтар, КП-р, кооперативтар уһун үйэлэммэт буоллулар.

Эдэр үүнэр көлүөнэ практическай үлэ эрэйигэр эриллибэккэ, кэлтэй теорияны баһылыыр туһугар 23 саастарыгар дылы босхо хааччыйыыннан эттэрэ-хааннара мастыйаллар. 24 саастарыттан эрэ практическай оскуола иитиитин бстакы курсун үөрэнээччилэрэ буолаллар.

Советскай идеология нэһилиэстибэннэн олох укладын ыһан практическай уонна теоритическай оскуолаларын иитэн таһаарар хайысхаларын, тус туспа иитэр хайысхалаах государственнай оскуолаларга араартаан босхо хааччыйыыннан, ыаллар иитэр ыарахан эбээһинэстэриттэн босхолообута. Ити босхолооһун үчүгэй курдук, ол эрээри дьону найыланыыга уһун сыллар массовай хайылыыларын үөскэппитин содула, билигин үйэни сайдыылаах дойдулары үтүктэргэ кыһалҕа хаайан реформаланар кэмэ үөскээтэ.

Чааһынай ыал нэһилиэстибэннэн сири бас билиитин сайыннарарга, практическай уонна теоритическай оскуолата оҕотун кыра оҕо сааһыттан бэйэтэ хайдах иитэн, ииттэрэн таһаарынарын кыһалҕата бэйэтэ күһэйэр. Советскай идеология иитэн таһаарбыт ыччаттара, үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ олохторун миэстэтин көрдөөһүнүгэр муна-тэнэ сылдьан криминалы сайыннараллар.

Сайдыылаах дойдулар нэһилиэстибэннэн бас били систематыгар олоҕуран государстволарын тутуутун хайысхалыыллар.



Сүрүн сайыннарбыт сиэнэ туругурдубут олоҕун уклада, уопсай үөһээттэн хааччыйыыга найылаһыыттан государстваны босхолообут.

Ити икки хайысхалаах государственнай тэрээһиннэриттэн хайата ордугун ааҕааччы бэйэҥ сыаналаа.

Достарыңызбен бөлісу:
1   2   3   4   5




©dereksiz.org 2024
әкімшілігінің қараңыз

    Басты бет