1938-39 сыллаахха Тарыҥҥа буолбут үһүйээн
Харыйалаах арыы олохтоохторо колхозка киириилэрэ уонна коллективнай үлэ тэрээһиннэрэ урукку олохторун укладын алдьатан барбыта. Коммунистическай иитии саҕаланан эдэр ыччаты харса-хабыра суох тыллаһарга, сиэри-дуолу, абыычайдара билиммэт буолалларыгар хайысхалаабыта.
1938-39 сыллардаах диэки Кэрииһит Лэгиэнтэй, Уолук Баска диэн Харыйалаах арыыга Эһэлээх эбэлэригэр хантан эрэ сайылыы кэлбиттэр. Кинилэр Эһээлэрин кытта Улахан Тарыҥҥа окко көмөлөһө барсыбыттар. Киэһээ аһаары олорон эһээлэрэ «Тойуом, бу былыргы өтөх дойдута, уоккутун аһатын эрэ» диэн оҕонньор Лэгиэнтэйин соруйан баран, куруускаҕа арыгы кута түһэн ууммут. Ону Лэгиэнтэй мэник санаатыгар эппит «Уокка куттахха туох туһалаах буолуой, миэхэ ордук туһалыа» диэн баран бэйэтэ иһэн кэбиспит. Онтон кырдьаҕас киһи улаханын кыыһырбыт уонна бэйэтэ туран көрдөһө-көрдөһө алгыы-алгыы уотун аһаппыт. Ити итинэн бүппүт.
Оҕонньор сиэннэрин атын дойдуга олоро буолан, сиэр-майгыны, абааһыны, иччини билиммэттэрин сиргэ-дойдум, айылҕаҕа куһаҕан сыһыаннаахтарын уруук сэмэлии, үөрэҕэ сатыы сылдьыбыт. Ол кудрук син төһө эмэ, өр оттообуттар. Онтон биир түүн Лэгиэнтэй үлэгэдийэн аанньа утуталаабатах. Оҕонньор арай сарсыарда турбут. Кэрииһит Лэгиэнтэйин ороно кураанах үһү. Ыалдьан үлэгэдийэн таһырдьа таҕыстаҕа диэн чугас эркин көрдөөн көрбүттэр да эппиэт суох буолбут. Ол курдук сүтэрэннэр дьону ыҥыран эмиэ көрдүү сатаабыттар да булбатахтар. Сураҕа суох сүтэн хаалбыт.
Бу үһүйээнин эдэр эрдэхпинэ кырдьаҕастартан, онно-манна бултуу-алтыы барыстаххына уоту аһата-аһата миигин үөрэтэ тарыйа мэлдьи кэпсииллэрэ. Онтон бэттэх саҥа сылдьар сирбэр-дойдуба уоту аһатарбын умнубаппын.
ХХI үйэ саҕаланыытыгар буолбут чахчылар
Батсакы түбэлтэ.
Эбэҥки Герасимов Митэрээс Степанович үйэлээх сааһыгар бултунан дьарыктанан 13 оҕону, кэргэнэ Даайыһы кытта иитэн-аһатан, улаатыннартаабыттара. Герасимов Дмитрий Степанович кыһыннары-сайыннары тыаҕа үүтээҥҥэ, палаткаҕа олорон бултаан түүлээх бөҕөтүн государстваҕа туттарбытын ааҕан көрбүт суох. Булт соноро элбэх сырыыны, хаамыыны, сири-уоту билиини, опыты ирдиирэ саарбахтаммат. Кыра уонна улахан Тарыҥ тыата, сирэ, үрэҕин тардыылара бука барыта Митэрээс биэс тарбаҕын курдук билэр дойдута. Ханна туох булт олохсуйарын, быһа холуйан төһө хойуутун үөскээбитин суолларынан, аһыыр-сиир, отунан-маһынан, сыыстарбакка быһаарар кыахтаах киһи.
Дьиктиргиэх иһин, 2000 сыллаахха киһи күүппэтэх өттүттэн түбэлтэ буолбута. Үөдэй нэһилиэгин главата Филиппов Роман Ильич, кэргэнин аҕата Герасимов Митэрээс Степанович буолан, эбэҥкилэр бултуур холбоһуктаах «Кынат» диэн обществатын тэрээһинигэр көмөлөһүннэрэр санааннан сири дойдуну билиһиннэрэргэ көрдөспүттэр.
Биэс алта буолан хомустан кыра Тарыҥ үрэҕин устун Буотамаҕа тиийэ Митэрээһи, сирдьит уонна «Кынат» обществатыгар сыһыарыллыахтаах бултуур сирдэрин билиһиннэриигэ бииргэ илдьэ барбыттар.
Митэрээс Тарыҥ үрэҕин устун дьоннорун кытта бииргэ хаамсан иһэн, аҕыйах бириэмэҕэ хаалбыт. Митэрээс сааһынан сэттэ уончатыттан тахсыбыт буолан бытааннык хаампыта, өйдөнөр, ол эрээри дьиктиргиэхтэрин иһин аҕыйах бириэмэ икки ардагар эмискэ сүтэн хаалбыт. Онно тута баттаан тула тыаны биир гына ирдии сатаабыттар. Ол курдук дьону хомуйан, Тарыҥ үрүйэтин биир ыйы быһа көрдүү сатаабыттара да сураҕа суох сүтэн хаалбыта.
Иккис түбэлтэ.
2001 сыллааха биһиги кэргэмминээн «Бороҥ» сайылыгар сайылаан олордохпутуна, биир дьикти түбэлтэ буолбута.
Мин сайылыгым дьиэтиттэн оттур ходуһам чугас буолан, эбиэккэ уонна түөртүүр чэйдиирбэр, дьиэбэр кэлэрим.
Арай биирдэ түөртүүр аһылыкпат сайылыыр дьиэбэр киирбитим Маша икки киһини аһата олорор эбит. Билэр уолаттарым буолан кэпсэтэн баран, илин өрүскэ лодкларыгар бардылар. Барбыттарын кэннэ кэргэним Маша тугу кэпсээбиттэрин дьиктиргээн, миэхэ кэпсээтэ.
Биирдэрэ Сиинэттэн сыльдар Асекритов Валентин Данилович уола Асекритов Андрей, иккиһэ Үөдэй директорын уола Михайлов Алексей Александрович. Кинилэр кэпсээннэринэн, Тарыҥ үрэҕин төрдүттэн Харыйалаах арыыга туораабыттар. Арай биээктэн хоҥноллоругар биир хантан кэлбитэ биллибэт киһи өрүһү туораталларыгар көрдөспүт. Ону биллэн турар, лодка баһыгар олордон туораппыттар. Харыйалаах арыы биэрэгэр кураанах кумахха тиксибиттэр. Арай биирдэ эргиллэн көрбүттэрэ киһилэрэ суох үһү. Дьиктиргиэхтэрин иһин биир мүнүүтэ иһигэр кумаҕы хааман туораабаккын, иккиһинэн кураанах кумахха киһи сула хаалыахтаах этэ.
Оннук дьиктини кэпсээбиттэрин биһиги соччо итэҕэйиэ соух этибит. Ону баара эһиилигэр, Сиинэҕэ Асекритов мотуорунан айаннаан иһэн аварияламмыттар. Биир Никифоров Толя диэн уоллара ууга өлбүт. Оттон Михайлов Алеша Ат-Дабаан протокатыгар балыктаан тахсан иһэн, 2003 сыллаахха, күһүн ууга түспүтүн дэриэбинэ эр дьоно бары мууҥхалаах көрдүү сатаабыттара да булбатахтара. Ону саас, 2004 сыллаахха көмүөл кэнниттэн Саккырыыр үрэҕин төрдүттэн булан көмпүттэрэ.
Ахсынньы ый 2 күнэ 2005 с.
Какка ойуун
Какка ойуун ханна төрөөбүт дойдутун билбэппин. Бэйэтин элбэхтик көрбүтүм. Оҕото баарын да, суоҕун да эмиэ билбэппим. Эмээхсинэ кини кэнниттэн, 90-н тахсан баран Сиинэҕэ мин эдьийбэр Тимофеева Мария Ильиничнаҕа, олорон өлбүтэ. Какка бэйэтэ да, эмээхсинэ да дьон быһыытынан олус холку майгылаах, аламаҕай үчүгэй ыал быһыытынан өйдүүбүн. Кинилэр Харыйалаах арыыга, Кытыл-Дьураҕа, Сиинэҕэ олоро сылдьыбыттара. Икки ыанар ынахтаах, икки биэлээх, биир көлүнэр аттаах этилэр. Сэбиэскэй кэм буолан ойууннаабат этэ. Каккаҕа ол гынана баран, туох эрэ киниэхэ дьайар күүһэ баарын дьон барыта билэрэ. Бэйэтэ орто уҥуохтаах хараҕа хайдах эргэлээх курдук гынан баран, киһи кыайан утар көрбөт гына кытааннахтык тобулута көрөр курдуга, киһини ордук салыннарара.
Дьон үһүйээн кэпсээнинэн (гипноз) хомуһун курдук. Какка ыалдьар диэни билбэтэх, бэрт тулуурдаах, үлэни кыайар кыахтаах киһи. Эмээхсинэ эмиэ доруобай уонна үйэлээх сааһыгар ууннан эттэрин сайҕамматах муода дьоннор. Эмээхсинин түөһүн аһаҕаһынан, этин көстөрө собо хатырыгын курдук тириитэ быһыта барбытын көрөн сөҕөр аҕай этим. Үйэлээх саастарыгар туустаах аһылыгы аһаабатах, саахары амсайбатах, кэнсиэрбэни билбэтэх, тракторга, массынаҕа олорботох дьикти дьон. Какка бэйэтэ атын сыарҕатыгар да олорбутун Ким да билбэт. Мэлдьи сиэтэ сылдьар идэлээх. «Тоҕо аккар олорсубаккын, мииннибэккин» диэн дьон ыйыттаҕына «Биһиги Каккалар 40-т ону ат кыайан тардыбат» диэн эппиэттиир үһү. Ол туһунан үһүйээн баар.
Бастаан Сибиэскэй былаас олохтоноругар сотору-сотору мунньах буолар. Оччолорго Харыйалаах арыы усталаах туоратыгар ыаллара ыһыллан түөлбэ олохсуйан олорор буолан, мунньахха ыҥырар капрал күнү быһа ыалы кэрийэн, дьону хомуйар үһү. Онно биир ыалга Какка ойууну көрөн «киэһээ мунньахха сылдьар үһүгүт» диэбит капрал. «Ээх, биһиги түөртуоммут ону барытын ыҥырдаххына сылдьыахпыт» диэбит Какка. Арай капрал хас ыал аайы киирдэҕинэ Какка ойуун баар буолар үһү.
Капрал кэнникиннэн Какканы ыҥыртыы сатаан баран, куттанан ыалларга сылдьыбакка атын киһиннэн ыҥыртарбыт. Дьонноруттан ыйыыппытыгар «Манна кэлбитэ ыраатта чэйдэнэн бүттэ» диэн эппиэттээбиттэр «Бу хайдах ыал аайы баар буолаҕыный?» «Сэрэппитим дии биһиги 40-т диэн» диэн эппиэттээбит.
Ити курдук сорох дьону гипноһунан дуу, тугунан дуу, дьээбилиир идэлээх эбит. Ардыгар сорох киһи көрдөҕүнэ, сайын күөлү үрдүнэн, муус үрдүнэн хаамар курдук, курдары хааман, уҥуор тахсан барар эбит. Биирдэ Илья Николаевич Филиппов дьиэтигэр Үөдэйтэн холуочук киирбит. Арай Какка олорор үһү. Ону манны тиэр-маар тыллаһан кэпсэппиттэр уонна «дьэ ойууммун диигин, туохта эмэ көрдөр ойууҥҥун биллэр эрэ» диэбит Ылдьыыска. Арай биирдэ өйдөммүтэ, аһыыр остуолун атаҕын кууһан олорор үһү.
Онтон ыла бас батах тылласпат буолбут. Илья Николаевич аҕата, Ньукууһа, ойуун быһыытынан Харыйалаах арыыга сураҕырар. Кинини Какка ойууну кытта 3 түүннээх күнүс хараҥа ампаар иһигэр утуйа сытан охсуспут. Утуйуон иннинэ 3 хонукка бука диэн ампаары арыйан «уһугуннараараҕытый, сэрэтэбин» диэн баран утуйбут. Хобороос дуу, Варвара эбитэ дуу 3 күнүгэр, аймаҕа, ампаар аанын арыйбыттарыгар Какка ойуун, Ньукууһа ойууну атаҕын улахханнык эгэппит. Онтон сылтаан, атаҕынан эмсэҕэлээх сотору Ньукууһа ойуун өлбүт.
Какка ойуун 1956 дуу 1957 сыллаахха эбитэ дуу, Дьураҕа олорон өлбүтэ. Саас өлөр күнүгэр ураган-холлорук түспүтүн Каакка ойуун дууһатын харайар тыал түстэ диэн, дьон кэпсэтэрин өйдүүбүн. Ньукууһа ойуун туһунан мин кыра эрдэхпинэ дуу, олох да төрүү иликпинэ эбитэ дуу өлбүт буолан, Ким да кини туһунан кэпсииллэрин истибэтэҕим.
Какка саас хаардаахха уллуҥаҕар сүөһү тириитин быаннан тартаран чархы оҥостон кэтэ сылдьарын мэлдьи көрөрүм.
Сайын тапталлыбатах хотууру хататынан хататтаан эрэ баран, ыраас баҕайытык суоллаан оту эмээхсининээн охсоллорун киһи сатаан өйдөөбөт.
Оннук күүһү, энергия-сэниэ Ким кинилэргэ биэрэн сүөһү ииттэн 90-н тахса саастаныахтарыгар дылы, олох олорбуттара буолуой диэн толкуйдуубут.
Ахсынньа ый 11 күнэ, 2005 с.
«Оронноох» атыҥырас байайдаах
1974 сыллаахха, Сиинэҕэ олордохпутуна райпотребсоюз ревизор-бухгалтера Потапов Вячеслав Семенович Сиинэ сельпотугар командировкаҕа кэлэн биһиэхэ хоно сылдьан үлэлээбитэ. Вячеслав Семенович 2 өрөбүлүгэр кусту, балыктыы барыах диэн көрдөспүтүгэр, суббота күн мин үлэлиир буолан пятницаҕа киэһэ «Оронноох» арыыга мотуорунан аҕал хаалларбытым.
Субботаҕа үлэлээн баран, тиийбитим ыалдьытым аанньа утуйбатах, сирэйдээх-харахтаах бултуур да, балыктыыр да, туруга суох арбы-сарбы буолан олорор эбит. Ол-бу тыл бырахсан кэпсэтэн көрдүм да соччо үчүгэй кэпсэтии тахсыбата.
«Дойдуҥ утуппата, атыҥырас эбит» диэн буолла. Кини кэпсээнинэн, бастаан кэлээт чугаһынан онно-манна кэрийэн көрбүт да киһи бултуох айылааҕы тугу да көрбөтөх. Киэһээ аһаан-сиэн баран утуйардыы палаткатыгар киирэн сыппыт. Арай аллах-балах утуйар-утуйбат сыттаҕына, киһи саҥата «Мааҕын уу баһа киирэн истэххинэ, эйиигин сэрэтэн баҕа буолан, иннигинэн туораабытым. Тур, мантан бар» диэбит. Түһээбитин да илэтин да ситэ өйдөөбөккө туран, палааткатыттан тахсан кута оттон уотун аһаппыт. Олоро түһэн баран хос палааткатыгар киирэн сыппыт. Төһө да сайыҥҥы түүн сырдык буолбутун иһин кутана санаабыт. Ол курдук хойукка дылы ону-маны санаан утуйбакка сыппыт. Күн тахсыан аҕай иннинэ саҥа нуххарыйыах буолан эрдэҕинэ, улахан баҕайы кып-кыһыл киһи сирэйэ палаткатын өнөйөн туран: «Мантан бар диэбитим дии, тоҕо сытаҕын» диэбит иккиһин холдьохпут. Ханна барыай, Тула өрүс уута хаайан турар, кыра ойоос арыытыгар. Туран төһө да куттаннар төптөрү-таары хама сылдьыбыт. Ол курдук мин балыгы да, куһу да бултаабакка төптөрү дьиэлээтэхпит дии.
Кэлин, Вячеслав Семенович, хомут палааткатын таһыттан биир саас Харыйалаах арыыга үлэлии сылдьан, өрөбүлбэр кэлэн биир түүҥ 53 куһу бултаабытым.
Дьиктитэ ол түүн аттыбар баар саамай кус түһэр «Долукаан» уутугар хомут совхоз директора Афанасьев Иван Иванович уонна Самсонов Илья Иванович биир да кус көтөрүн да көрбөккө да, ыппакка да хоммуттар. Ону, сарсыныгар Сиинэҕэ «Бөлүүн кус көппөтө, арай Үөдэй уолаттара итирэн баран, Ороннооххо халлааны ыта хоннулар» диэн кэпсээбиттэр.
«Үс хатыҥҥа муммуттар»
«Орджоникидзевскай» совхоз 6 отделениятыгар үлэ былааннара, куоталаһыылар, балаһыанньалара, үлэ түмүктэрэ Сиинэҕэ киин аппаракка оҥоһуллан тарҕатыллаллара. Сайыҥҥы от үлэтин түмүктэрин декада аайы отчут звеноларга тириэрдиигэ кулууп, Совет, партийнай олохтоох үлэһиттэри көмөлөһүннэрэллэрэ.
Арай биирдэ 1981 сыллаахха, Үөдэй олохтоохторо Филиппов Афанасий Николаевич, Макарова Галина Степановна, сылдьа үөрүйэх дьон быһыытынан Харыйалаах арыы отчуттарыгар куоталаһыы түмүктэрин уонна ааспыт декада түмүктэрин, сонуннарын кэпсээри, сарсыардаттан звенолары кэриийиилэрин саҕалаабыттар. 3-4 звеноҕа сылдьан баран, түөртүүр саҕана бүтэһик звеноларыгар «Бороҥҥо» мэлдьи сылдьар суолларын устун Бороҥунан Хатыы ходуһатыгар Самсонов Петр Марковичтаахха тиийбиттэр. Самсонов Петр Маркович күлүү-элэх оностор идэтинэн Галина Степановнаны «Эһиги Бороҥ өтөҕүн абааһылара көрсүбэтилэр дуо?» диэн бэлэһигэр түһэрэн хаадьылаабыт. Биллэн турар, кэлбит ыалдьыттара сөбүлүү истибэтэхтэрин биллэрэн «Петр Маркович, хайдах буоллуҥ ол биһиги туох куһаҕаны оҥорбуппутугар абааһылар дьээбэлээтэхтэрий» диэн ыйыытыы аҥаардаах Галина Степановна эппиэттээбит. Ол онон кэпсэтии бүппүт. Афонялаах, Галя бэйэлэрэ кэлбит соруктарын толорон кэпсэтиһэн, иһитиннэрин баран, Үөдэйгэ тахсаары төннүбүттэр. Дьиктиргиэхтэрин иһин «Дириҥ күөл» баһынан Бороҥҥо киирэр суолларын төрдүн булбакка 100-чэ миэтэрэ усталаах ходуһаҕа мунан 2-3 чааһы быһа төптөрү-таары хааман күннэрин киэһээрдибиттэр. Галина Степановна иккис кыыһынан оччолорго ыарахан буолан, дэлби сылайан аккааһын биэрэн олорунан кэбиспит «Тоҕо муодатай» диэн баран Афоня бэйэтэ ирдээри тэйээтин кытта, Галина өйдөммүтэ суолун төрдүгэр олорор үһү.
Кырдьыга Афоня үйэлээх сааһыгар бу суолунан сырытта ини, сылдьыбата ини, бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйэн «Галя, дьоҥҥо кэпсээрэҕин» диэн көрдөспүт. Афоня «Дириҥ күөлүнэн», Арамааскыннан, Бороҥунан сылдьан кус бөҕөтүн кустаабыт, соболообут дойдутугар муммутун мин итэҕэйиэ суох этим, ону Галина Степановна тус бэйэтэ эмиэ сылдьыбыт аҕай сиригэр муммутун кэпсээбититтэн, Харыйалаах арыыга дьикти күүс буолуталаабыт түбэлтэлэригэр сөп түбэһиннэрэн итэҕэйэргэ тиийэбин.
Аны Афоня ити түбэлтэ 2 сыл ааспытын кэннэ 1983 сыллаахха Үөдэй протокаларыгар ууга өлбүтэ эмиэ дьикти өйдөбүлү үөскэтэр.
Тохсунньу ый, 2006 с.
Харыйалаах кырдьаҕастарын остуоруйаларыттан кэпсиибин
Эрэй кыайыы төрүттээбит
Баһыкка кыргыс үйэҕэ төрөөн, олох кыра оҕо сааһыга төрөппүттэрин дьоннор өлөртөөннөр хара тыаҕа соҕотох, аһыыр аһа, олорор дьиэтэ суох хаалбыт. Хара тыаҕа төбөтө ханна салайар да ол хоту мээнэ сылдьан алҕаска булчуттар олохсуйбут үүтээннэригэр түбэспит. Дьолгор тыыннаах олоруохха сөптөөх баары барыта бара үһү. Ол үүтэҥҥэ төһө да кыра буоллар сайыны сайылаабыт да хаһаайына биллибэтэх. Тыыннаах буолар кыһалҕа толкуйдууру уонна элбэхтик үлэлиири күһэйбит. Үүтээнин кыһын сылытынар, аһыыр аһылыгын булунар, таҥнар таҥаһын оҥостунар эрэй, аһыкканы бэйэтэ үөрэппит. Тулалыыр айылҕатын, булдун-алдын сирин-аһын кытта алтыһан, көҥүл көччүйэн син соҕотоҕун олорон хас да сылы аһарбыт. Түбүгүрүү үлэтэ түүннэри-күнүстэри этин-хаанын эрчийэн, эдэр оҕо эр санаалаах, эр киһи мөссүөнүн тутан улаатан барбыт. Сатамматы да сатыыр, оҥоһуллубаты до оҥорон, көстүбэти да булар өһөс санаа, Иннин ылар кыһалҕа бэйэни иитэр оох хайысхата өйдүүр өйүн, саныыр санаатын сайыннарбыт. Көтөр кынаттааҕы, сүүрэр атахтааҕы ханна баҕар хаайан тутар, устар балыгы тала сылдьан таһааран сиир талаан үөскээн барбыт. Сыллар күннэр ааһан буутун этэ буһуута, холун этэ хойдуута турар маһы туура тардар, этэ-хаана эрчиллэн эр бэрдэ буолбут. Сүүрбэ сааһын туолуута сылдьар ыырын. Тулалыыр айылҕатын, биэс тарбаҕын курдук билэн, икки атахтааттан көмүскүүр, хатыылаах санаалартан харыстыыр хаһаайын буолбут. Бараммат баайдаах, уостубат уйгулаах, кэхтибэт кэрэ айылҕалаах киэҥ кэлиитигэр көҥүл көччүйэн, чубуку курдук туруук хайаҕа сылбырҕатык сылдьар, тииҥ курдук маһы төбөтүнэн ыстаҥалаан сылдьар кыаҕырбыт. Кыргыс дьонуттан саһа сылдьан санаатын ситиһэр, өһү-сааһы өлөрсөн иэстэһэр өйүн-санаатын дьыллар күннэр уу курдук сууйа уостан барбыт. Ол эрээри оҕо сааһыгар сүрэҕэр-быарыгар сөҥөн сылдьар, хаанынан ытатан харатыаҕа хаамтарбыт, кыргыс аҕа ууһун булан кэтэһэр санаа кэхтибэтэх.
Төһө да соҕотох сылдьан үөскээтэр, тэбэр сүрэхтээх төрүүр-үөскүүр айылҕа төрүт сокуона тумнан ааспатах. Арай биирдэ, Баһыкка сылдьар ыырыгар, өссө хаһан да тайаҕы кэнниттэн сырсан бултһар кытыгырас киһини көрө илигэ да бу сырыыга кыра буолан баран, олус чэпчэкитин сүүрэр киһини көрө биэрбит. Сүүрэрин тэтимигэр уолугун төлөрүтүммүт сарыы таҥаһа кэннигэр тэлээрэн испит. Баһыкка ону көрөн тохтотор санааннан, ох саатын оноҕоһунан маска харахалыы хам ыппыт. Били киһитэ сүүрэн испит күүһүгэр синньигэс биилигэр дылы сулбу көтөн, сыгынньах хаалбыт. Аттыгар сүүрэн кэлэн көрбүтэ, икки эмиийэ тэрэччи тэбэ сылдьар кыыс эбит. Киһи эрэ буоллар, соһуйбут омунугар тылыттан маппыт. Иккиэн балайда утарыта көрсөн саҥата суох турбуттар. Биһиги киһибит хойут өй булан, мастан хам ытыллыбыт таҥаһын ылан, кыыс санныгар сабы быраҕан кэпсэтиитин, эр киһи быһыытынан саҕалаабыт. Иккиэн да эттэрэ-хааннара сипит эдэр дьон буолан, түргэнник уопсай тылы булан кэпсэтиилэрэ эйэ дэмнээхтик саҕаланан, кыыс олорор үүтээнигэр дылы 5 көс сири билбэккэ иккиэн кэлбиттэр.
Кыыс аата Саһарҕа диэн эбит. Кыыс аҕалаах ийэтин эмиэ кыргыс аҕа ууһун дьоно өлөрүөхтэриттэн хос-хос эһээлээх, эбэтигэр олорбут үһү. Кинилэр төрөппүт уолларын эмиэ кыргыс аҕа ууһа кэргэнин уонна иккис кыра оҕолорун кытта өлөртөөбүттэр эбит. Оттон кинилэр улахан уоллара эһэлээх, эбээтигэр сылдьар, буолан тыыннаах халбыт. Ол сиэннэрэ кэрэннэнэн Саһарҕаны төрөппүттэр. Ону эмиэ кыргыс аҕа уустара, оҕонньор уола ыал буолан олордохторуна өлөртөөбүттэрин иэстэһэн, олорор алаастарын булан хас да ыалы сор суоллаталаабытын эмиэ иэстэһэн, анны Саһарҕа аҕалаах ийэтин өлөртөөбүттэпр үһү. Саһарҕаны төрөппүттэрэ таҥаска суулаан кистээбиттэрин булан аҕалбыт. Оҕонньор кинилэр олорбут үүтээннэрин айыырҕаан тугун да харайбатаҕын Баһыкка түбэһэн онно олохсуйбут эбит. Онтон кэнники оҕонньор «аны бултаһыахтара» диэн кыргыс аҕа уустарын кытта өлөрсөн өһүн-сааһын тохтоппут. Онуоха эбии сааһыран бүдүрүйэ кырдьалларын саҕана иитэр-аһатар уол оҕо хаалбатаҕыттан, Саһарҕаны уол оҕо курдук бултуурга-атыырга, оҕунан ытарга, кытыгырас кыанар гына иитэн үөрэтэн улаатыннарбыт эбит. Онон икки тулаайахтар кыра оҕо саастарыттан аймахтыы курдук олорор дьиэлэрэ, бултуур ыырдара, туттар эптэрэ, таҥнар таҥастара, эттэрин-хааннарын сайдыыта тэҥҥэ үөскэн дьон буолбуттар.
Оҕонньордоох эмээхсин уолбут уонна сиэн уолбут оннугар, Баһыкканы таҥара бэйэтинэн оҕо гынарга өлөр-хаалар күммүтүгэр ыыппыт диэн үөрүүннэн, элбэх кэпсэтиитэ суох, Саһарҕаларын Баһыккалыын ыал оҥортообуттар.
Баһыкка оҕонньор кэпсээниттэн, урукку өһү-сааһын ситиһэр санаата хос уһуктубут. Оҕонньор ол кыргыс аһа ууһа ханна олороллорун, кэпсээн биэриэҕиттэн кистии-саба кыргыһар сэбин-сэбиргэлин оҥосто сылдьыбыт. Биирдэ бултуу барбыта буола сылдьан, 10 көстөөх сиргэ олорор алаастарын булбут. Кэтии сылдьан 10-ча буолан бултуур ыырдарыгар сырыттахтарына, Баһыкка: «Аҕалаах ийэбин өлөртөөбүккүтүн иэстэһэр санаалаах кэлэн турабын» диэн баран аһаҕас сиргэ киирэн турунан кэбиспит. Ону охторунан ытыалаан куһуйбуттар. Көрөн турдахтарынан биир да оноҕоһу быһа аһарбакка тарбахтарыгар түһэртээн ылбыт. Бэйэлэрин охторун оноҕосторун иннилэригэр, оноҕосторун ортотугар дылы сиргэ батарыта ытан баран: «Аны уонча хонугунан кэлиэҕим бэлэмнэниҥ» диэн масс төбөтүгэр тахсан эрэр курдук гынан иһэн, абааһы курдук сүтэн хаалбыт. Көрдөөн көрбүттэр да булбатахтар. Хаһан да көрбөтөх дьиктилэригэр түбэһэннэр аҕа баһылыктарыгар тиийэн, илэ абааһы сылдьарын курдук кэпсээбиттэр.
Чугастааҕы биирдиилээн олорбут аҕа уустарын кэрийэ сылдьан, аҥардастыы айбардыы, кэлтэччи кэрдэн өлөртөөбүт кыргыс халыҥ аҕа ууһун баһылыга киһи эрэ буоллар уйатыгар уу киирбит, алааһыгар аймалҕан буолбут. Кэлэр суолун кэтииргэ, барар суолун маныырга ох сааларын оҥостон, сылдьыа диэбит сирин аайы айа иитэн түүннэри-күнүстэри манаан, эр дьон утуйар ууларын умнубуттар.
Баһыкка дьиэтигэр тиийэн туох да кыһалҕата суох туттан, бултаан-алтаан, күлэн-үөрэн дьиэтигэр киирбит. Ол да буоллар аҕа кырдьаҕас кынна оҕонньор сэрэйэ санаабыт да тугу да тыл кыбытан кыргыс аҕа уустарын ыйыыталаспатах. Онус хонугар бэлэмнэнэриттэн сэрэйэн оҕонньор Саһрҕаҕа эппит: «Хоонньоһо сытар холоонноох доҕорун, саныыр-санаатын самнарбат, өс санаатын өһүлбэт киһи быһылаах. Кыргыс аҕа уустарын кытта кыргыһаары оҥостор. Кинилэр олус халыҥ аҕа уустаран өһүн-сааһын өссө дириҥэтиэ. Биһигини сүгүн олордуохтара суоҕа. Сэрэтэн көрөөр» диэбит.
Саһарҕа даҕаны уруккуттан кыргыс аҕа уустарыгар кыһыйа саныыр этэ да кыаҕа кыра буолан саҥрбакка сылдьыбыта. Баһыккаҕа эргэ тахсыаҕыттан халыҥ хаххалаах, суон турдалаах, көмүскүүр киһилээх буолан, бэйэтигэр эрэнэрэ күүһүрбүт. Эһээтэ оҕо эрдэҕиттэн тайаҕы, табаны тэҥҥэ сырсар гына эргийэн кытыгырас кыыһы ииппит. Ох сааннан иһэр хааһы табан, өлөн түһэн истэҕинэ, сиргэ тиийиэр дылы өссө икки оноҕоһунан таба ытар, түргэн туптуруулаах «Саһарҕа курдук» ох сааннан көтөн ытааччы диэн номох үөскээбит». Саһарҕа Баһыкка туһунан номох баарын истэр этэ да Баһыккаҕа эргэ тахсыам диэн өйүгэр да суоҕа. Ону биирдэ Баһыкка хайыһарынан сылдьыбыт суолун көрөн баран эрэ итэҕэйбит, «Баһыкка курдук» хайыһарын суола хаарга хаалбат сырыылаах түргэн киһи диэн номох сөптөөҕүн. Ити курдук аҕыйах бириэмэҕэ, икки номоххо киирбит Саха ыччаттара бэйэ-бэйэлэрин кытта билсиһэн, кыргыс аҕа уустарын кытта күөн көрсөргө бэлэмнэммиттэр. Баһыкка бэйэтин кыанар күүстээх уонна тииҥ курдук сылбырҕа эрэ буолбатах өссө муударай сытыы өйдөөҕүнэн биллэ-көстө сайдыбыт.
Саһарҕа эһээтэ эппитинэн, кыргыс аҕа ууһа элбэхтэрин уонна өс санааны ситиһээри бэйэбит олохпутун окдолутуохпутун сөбүн. Баһыккаҕа сэрэппит. Онуоха Баһыкка эппиэтэ маннык буолбут «Сөпкө этии сүүйүүлээх, кыттыһан сылдьар кыайыылаах. Соҕотох сор суоллаах. Өйдөөх сырыы өрүһүйүө, толкуйдаах кэпсэтии тобулуо, хааннаах хапсыһыы ханарыйыа. Сотрутааҕыта төһө кыахтаахтарын билээри, бэлэмнэнэллэригэр сэрэппитим. Ону билэн кэлиэм. Онтон иккиэн тиийэн өлөрсүү куһаҕанын өйдөтүөхпүт, хааннаах хапсыһыы хайдаҕын санатыахпыт, эйэлээх олох ордугун оройдотуохпут, саҥа сыһыаҥҥа андаҕатыахпыт» диэн баран, сэрэнэн сэбилэнэн эппит кэмигэр тиийээри аттаммыт.
Кыргыс аҕа күүһүн эр дьоно хонууга хонон, сыһыыга сытан, кэтэспит сирдэригэр ыҥырыыта суох ыалдьыттара кэлбэтэх. Дьиктиргиэхтэрин иһин, дьиэлэрин иһигэр киирэн, өлөртөөбүт дьоннорун үөрэ буолан, ойохторун, оҕолорун быаннан өһүөҕэ өлөртөөбөккө ыйаталаан баран сэрэтэн барбыт. «Аны 10 хонугунан алааскыт ортотугар кырдьаҕас кэрэх маскыт төрдүгэр аҕа баһылыккыт андаҕар этэн», «Өс санааннан өлөрсүөм суоҕа» диэн тобуктаан туран, таҥараҕа кириэстэммэтэҕинэ, кырыыс айыы итэҕэлинэн кыргыллыаххыт, ааттын-суоллуун сиртэн симэлийиэххит, өбүгэ төрүттэнэн өлүөххүт».
Андаҕар тылгытынан айыыгыт-буруйгут ыраастаннаҕына уоттаах оноҕостор кэрэх мас төрдүгэр аҕа баһылыккытын күрүөлүөхтэрэ. Өлөрөр-өһөрөр, киһини-сүөһүнү кыргар сэпкитин-сэбиргэлгитин алаас ортотугар мунньан «айыы-таҥара харай» диэн араҥастаан бэлэмнээҥ. «Ону толорботоххутун өлөртөөтүбүт дьоҥҥут Үөр буолан, бэйэҕит сэпкит-сэбиргэлгит күрүлүүр күнүс көстүбэккэ сылдьан бэйэҕитин кэйгэллиэхтэрэ» диэн кытаанах сэрэтии аҕа баһылыгы барар сирин баҕана үүтүгэр, киирэн сирин кэлии үүтүгэр киллэрбит.
Баһыкка сылбырҕа, өйдөөх сырыытынан иккис күнүгэр дьиэтигэр, эмиэ туох да буолбатаҕын курдук тиийбит.
Баһыкка кыра оҕо сааһыттан эрэйдээх олоҕо кыһалҕаны кыайарга этэ-хаана эрчиллэн, өйө-санаата сайдан кэскиллээх олоҕу саҕалаары Саһарҕатын кытта эппит кэмнэригэр кыгыс аҕа ууһун төрүт сирдэригэр төлкө быһаарса кэлбиттэр.
Кыргыс үйэтин аҕа баһылыга кэбирэх өттүттэн кэрбэтэн, санаабатах сиригэр сиэттэрэн, үҥэргэ-сүктэргэ үтүрэттэрэн, кэрэх маһыгар төрдүгэр кэлэн андаҕайбыт, ытык баһыгар ытаабыт. Баһыккалаах Саһарҕа кэтэх тыаларыгар кэтэһэн туран, уоттаах оноҕоһунан ытан сэриилэһэр сэптэрин-сэбиргэллэрин уоттаабыттар, ытык мастарын ытыктаан, кэрэх мастарын кэскиллээн оноҕоһунан күрүөлээбиттэр.
Онтон бэттэх кыргыс үйэтэ бүтэн Саха сиригэр саҥа эйэлээх олох саҕаланан, Баһыккалаах, саһарҕа кэлэр кэскиллээх ыччата төрөтөн, Саха дьонун үйэ-саас, тухары эйэлээх олохторун төрүттээбиттэрэ эбитэ үһү.
Олунньу ый 4 күнэ, 2006 с.
Сүлүүкүн туһунан
Былыр биһиги оҕо эрдэхпитинэ сүлүүкүттэр ойбонтон ороһуоспаҕа тахсан баран былыргыннан саҥа дьылы түөрт хонук аһаран бара 19 чыыһылаҕа төптөрү дойдуларыгар киирэллэрэ. Сүлүүкүттэр тахсан баран хас ыал аайы бэйэлэрэ көстүбэккэ дьуккаахтаһан олороллор дииллэрин олус итэҕэйэрбит. Сүлүүкуттэртэн, абааһыттан куттанан түүн соҕотохтуу ыалга барбат, таһырдьа тахсыбат буоларбыт кэпсиир кэмнэригэр атахтарбытын орон үрдүгэр олорон истэрбит.
Маайа диэн дьахтар уһун кыһыҥҥы түүнү быһа ардыгар абааһы, чөчүөккэ, сүлүүкүн тустырынан кэпсэбитттэн билигин биири өйдөөн кэлбиппин суруйабын.
Былыр «Тумус» алааска сүөһү ииттэн, бултаан, балыктаан өбүгэ саҕаттан Манаахаптар аҕа уустара «Күөнэхтээх» диэн төгүрүк улахан күөллэрин тула тэйиччи-тэйиччи түөлбэллэн ыаллыы буолан, бэрт эйэлээхтик олорбутар.
Икки хараҕа суох кэрэ Малаанньа диэн эмээхсин бүтэһик кыра Сэрбэкэ диэн кыыһынаан туспа дьиэҕэ ыал буолан олорбуттар. Күнүс кыыһа онно-манна бардаҕына, икки хараҕа суох эмээхсин ханна барыай, соҕотоҕун олорохтуур эбит. Арай биирдэ Сэрбэкэ ороһуоспа кэнниттэн иккис күнүгэр кэпсэтэр да кыаҕа суох буолуор дылы ыалдьан хаалбыт. Кыыһа киһи өйдөөбөт тылларынан саҥарар мэрэнийэр, туран дьиэтин иһигэр ийэтин баарыгар да, суоҕа да кыһаллыбакка аһыыр-сиир, иһитин-хомуоһун хомунар уонна кими эрэ кытта кэпсэтэр курдук сылдьыбыт. Ол курдук син түүн утуйардыы сыппыттар. Кэрэ Маланньа утуйан уһуктубута кыыһа бара биллибэт үһү. Баран оронун харбыалаан көрбүтэ суох үһү. Үтүө буолан ханна эрэ бардаҕа диэн толкуйдаан баран, оронугар төптөрү баран сыппыт. Биллэн турар, эмээхсин оҕолоро, аймахтара элбэх буолан, кыыһын көрдөөһүҥҥэ бука бары туруммуттар да, таһырдьа сыа хаарга суола да суох сүтэ хаалбыт.
Ол курдук сураҕа суох үс сыл ааспыт. Арай биирдэ сайын кэрэ Малаанньа дьиэтигэр соҕотоҕун сыттаҕына, чэпчэки баҕайытык үктээн биир киһи аттыгар кэлэн тохтообутун билбит. Эмээхсин соһуйуон иһин «Кыыһыҥ Сэрбэкэ оҕоломмута, барыах» диэн тыллаах буолбут. «Тоҕойуом, икки хараҕа суох эмээхсини күлүү гыныма, мин кыыһым өлбүтэ үс сыл буолла» диэн эппиэттэһэн көрбүт. «Эн кыыһыҥ миэхэ кэргэн тахсыбыта үс сыл буолла. Бэйэҕэр сэрэппэккэ илдьэ барбыппын бырастыы гын. Мин аатым Кирийэ Сүлүкү. Чэ, түргэнник хомун. Мин манна өр буоларым сатаммат. Мин дойдум бу дойдутта атын. Кыыскын күрэппит буруйбар кыыскын уонна кыра сиэҥҥин көрдөрөөрү кылгас кэмҥэ көрдөһөн көҥүллэтэн эрэ кэллим» диэн үчүгэй сонуннаах киһи кэлбитигэр итэҕэйиэм дуу, итэчэтимиэм дуу, билбэккэ тылыттан матан кылгас кэмҥэ эппиэттэспэккэ кирийэн олордо. Онтон «Мин туох хомунардаах буолуохпунуй, сатанар буоллаҕына бу маннык барсабын» диэн сөбүлэспит. Онуоха сөп-сөрүүн илиилээх киһи илиититтн сиэтэн таһааран ат үрдүгэр мииннэрэн кэбиспит. Сотору буолан баран ата күөл уутун кэһэр тыаһын истибит. Өр буолбатах кэллибит диэн баран ат үрдүттэн көтөҕөн түһэрбит. Дьиэтин иһигэр сиэтэн киллэрбит уонна тарбаҕын төбөтүнэн икки хараҕын имэийбитигэр көрөн кэлбит. Сырдык диэҕи хараҥа, хараҥа диэҕи сырдык, сахалыы туруору оһохтоох дьиэҕэ, иннигэр, кыыһа Сэрбэкэ кыра оҕону эмтэрэ олорор үһү. Үөрүүтүттэн чочумча дөйбүт курдук саҥата суох турбут. Онтон үөрэн түүлү түһээн эрэбин быһылаах дии санаан итэҕэйбэккэ бэйэтин уонна кыыһын туппалаан эрэ баран киһилии кэпсэтэн кыыһын, сиэнин күтүөтүн кытта билсиһэн үөрүүтүн үллэстибит. Ол курдук үөрүүтүттэн итирик киһи курдук кыыһын, күтүөтүн кытта тото кэпсэтэн төгүрүк суутканы билбэккэ да хаалбыт. Күтүөтэ Кирийэ Сүллүкү төптөрү барар сэрэппит кэмэ туолан: «Мантан тугу илдьэ барсыаххын баҕараҕын да соччону төһө кыайаргынан илдьэ таҕыс» диэн соруйбут күтүөтэ. Эрдэ кыыһа сүбэлээбитин өйдөөн суол ааныгар мунньуллубут «бөҕү» ылабын диэбит.
Кирийэ Сүллүкү суоҕар, Сэрбэкэ: «Күтүөтүҥ харчы биэр дэҕинэ ылаараҕын, ол дойдугар тиийдэххинэ күөл ньамаҕа буолан хаалыаҕа. Ол суол ааныгар сытар бөҕү ылаар, ол кыһыл көмүс манньыат харчы буолуоҕа» диэн сүбэлээбит.
Күтүөтэ таһырдьа таһаараары туран эмээхсин икки хараҕын уонна оргуйа турарүүт үрүмэтинэн сотон баран эппит «Киһи эрэ буолларгын манна сылдьыбыккын дьоҥҥо кэпсээрэҕин. Кэпсээтэххинэ онно да, манна да көрөр хараххыттан матыаҥ» диэн сэрэппит. Уонна икки хараҕын саба баайан баран, таһырдьа таһааран атыгар мииннэрэн баран «Бу ат дьиэҕэр тиэрдиэҕэ, хараҕын баайыытын дьиэҕэр тиийдэххинэ сүөрээр» диэбит «Барыта үчүгэй буоллаҕына аны кыһын ороһуоспаҕа көрсүһүөхпүт» диэн баран, аты ыытан кэбиспит.
Эмиэ хайдах киирбитин курдук ата ууну кэһэр тыаһа иһиллибит. Онтон ата дьиэтин таһыгар тохтообутугар хараҕын баайыытын сүөрбүт. Арай хараҕа олус үчүгэйдик көрөр буолан хаалбыт. Атын оннугар күөл хомуһун миинэн кэлбит эбит. Били ботуоҥкатыгар симпит бөҕө тобус толору кыһыл көмүс харчы буолбут. Барарыгар иччитэх дьиэтигэр кэлбит.
Дьоҥҥо «үтүө санаалаах дьоннор түбэһэннэр көрөр харахтаан ыыттылар» диэн тыл тарҕаппыт.
Ол курдук күтүөтэ сүбэлээбитинэн тугу да кистэлэҥин кэпсээбэккэ кыһын тохсунньу ыйга дылы олорбут ороһуоспа түүн 2 чааска кыыһа Сэрбэкэ, күтүөтэ Кирийэ Сүллүкү уонна хаамар буола улааппыт уол сиэнэ дьиэтигэр киирэн кэлбиттэр.
Эргэ саҥа дьыл буолуор дылы, Кэрэ Малаанньа саҥа дьолу бэлэхтээбит дьиэ кэргэттэрэ түүнүн көстөллөр, күнүһүн ханна бараллара биллибэккэ сүтэн хаалаллар эбит.
Сүлүүккүттэр киирэр кэмнэрэ кэлбитигэр сүлүүкүн дьиэ кэргэттэрэ дойдуларыгар төннүбүттэр.
Ол кэнниттэн Малаанньа эмээхсин үөрүүтүн кыайан туттуммата кистээн биир уруккуттан табаарыстаһар эмээхсинигэр Сэрбэкэ тыыннааҕын оҕолооҕун туһунан кэпсээбит.
Сотору буолан баран Тумус алаас дьоно бука барылара Малаанньа үөрүүлээх сонунун билбиттэр. Кэрэ Малаанньа биир түүн утуйа сытан түүһээтэҕинэ кыыһа Сэрбэкэ, күтүөтэ кирийэ киниэхэ утары хааман кэлэн баран, тарбахтарынан икки хараҕын ыйбыттарыгар уһуктан кэлбитэ харахтара көрбөт буолан хаалбыттар.
Малаанньа сүлүүкүн күтүөттэммитин туһунан кэпсээбэтэҕэ буоллар, мин баҕар бу сүлүүккүттэр туһунан билэн суруйуо суох этим.
Тохсунньу ый 11 күнэ, 2006 с.
III чааһа.
Достарыңызбен бөлісу: |